bannerbanner
Үйэ кирбиитигэр
Үйэ кирбиитигэр

Полная версия

Үйэ кирбиитигэр

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
3 из 6

– Холбоһуо этилэр. Үчүгэйдик тэрийдэххэ. Дыгын кырдьаҕас тылын ыытара буоллар.

– Ол кырдьаҕас уруккута буолбатах. Ыалдьан, кырдьан буорайан олорор. Сураҕа дьиэтиттэн ханна да барбат үһү. Уонна киниэхэ өстүйбүт элбэх. Эдэригэр бардам, дохсун киһи этэ. Аҥаардастыы айбардаабыт аньыытын-харатын, бука, умнубаттара буолуо.

– Оттон уолаттара?

– Уолаттарыгар даҕаны дьону сомоҕолуур уһулуччу киһи баара көстүбэт. Аһаа, доҕор, бу бэҕэһээҥҥи хатыыс этэ баар, – Өйүк балыктаах кытыйаны ыалдьытыгар чугаһатар.

– Арыый көрсүөлэрэ Бөдьөкө Бөҕө дуу?

– Кини. Убайдара Өлкөрөй майгытынан хадаар. Чаллаайы харса суох даҕаны, тылынан-өһүнэн дьону кыайан түмпэт, сомоҕолообот киһи.

– Оттон кыра уолаттара хайдах дьон буолууһулар?

– Чабыыдалаах Эттээни уу ньуулдьаҕай оҕолор. Сүүрбэлэрин да туола иликтэрэ буолуо. Ыбаах да эдэрэ бэрт. Күүстэринэн биир да аҕаларыгар тиийэр киһи суох дииллэр. Бөдьөкө Бөҕө бэйэтин лаппа кыанар да, олус дьиппиэн, аҕыйах саҥалаах киһи.

– Онон нууччаларга бүк бэринэн олоробут дуу? – Мымах дьиэлээх киһини утары көрөр.

– Ньим бааччы олорбуппут ордук буолуо диибин мин.

– Дьон айманар. Олус ыган-түүрэн бардахтарына, бука, туох эрэ буолара буолуо. Оннооҕор кутуйах, үктээтэххэ, «чыып» диир…

Саҥата суох истэн олорбут дьиэлээх хотун Мылаҥныыр тыл кыбытар:

– Күтүрдэр дьүһүннэриттэн даҕаны киһи этэ тардар, куттанар. Муннулара улахана, аны бытык үөһэ бытык буолан. Харахтара муус курдук. Адьас абааһы уолун курдуктар.

– Кырдьык, сахаттан атын сирэйдээх-харахтаах дьон, – Мымах дьахтары көрөн ылар. – Билэллэрэ, сатыыллара да сүрдээх. Уу аалынан өрүскэ усталларыгар, таҥаһы тиирэ тардан тыалга оҕустараллар эбит. Ол ааллара икки өттүнэн үстүү эрдииһиттээх. Инньэ гынан, ууга түргэнник усталлар.

– Ол иһин онно-манна тиийэн эрдэхтэрэ, – Өйүк чороонноох кымыһын ылан иһэр.

* * *

Атырдьах ыйа. Бэс ыйыгар ардаан, быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Окко киирбит кэннэ, былыт кэлэ-кэлэ ардах түһэн, сүгүн оттотумаары гынна диэбиттэрэ, хата, кэнники бэркэ курааннаан абыраата. Быйыл от үүнүүтэ үчүгэй буолан, дьон абыраныыһылар. Ходуһа хойуу ото кыра да сиккиэргэ күөгэлдьийэ долгуйарын саха киһитэ үөрэ көрөр. Өҥ дьылга саха олоҕо тупсар. Сүөһү этэҥҥэ кыстыыр. Ардахтаах дьылга күөл уута туолан, балыга элбиир. Дьадаҥы ыал уһун кыһыны туоруур сүрүн аһылыктара диэн балык буолааччы. Сайыны быһа туулаан балык сииллэр, хаһааналлар.

Саттаар уол токур хотуурун сүгэн, ыаҕастаах ымдаанын тутан, инитин уончалаах уолу Өрөөбөнү батыһыннаран, оттуур сиригэр кэллэ. Өйүөлэрин ыаҕастаах ымдааны, хаппахтаах улахан тууйаска угуллубут үөлүллүбүт мундуну сынньанар сирдэригэр аҕалан, талах күлүгэр уурдулар. Ходуһаларын отун оттоон, бугуллаан бүтэрэн эрэллэр. Сүрэхтээх киһи оту оттуур. Ол-бу кытах, хоннох, күөл кытыыта эҥин элбэх. Үлэҕэ туруохтарын иннинэ олоро түстүлэр. Күн да уһун.

Саттаар хотуурун биитин сытыылаан, кыра аҕаанынан сотуолуур. Өрөөбө көтөн кэлэн от быыһыгар түспүт үгүрүөнү маһынан быраҕаары тула көрүөлээтэ. Туран, хаппыт синньигэс талаҕы тоһутаары бүк баттыыр, туллаҥнатар. Маһын тоһутан, быраҕаары, аргыый үөмэн хаамар. Тула көрүөлүүр. Сотору үгүрүө, «чаарт» диэн саҥараат, ойоҕоһуттан көтөн тахсар. Ону кэнниттэн быраҕан хаалар. Убайа туран, бэҕэһээ охсубут хадьымалын таһыгар кэлэн, охсубутунан барда. Токур хотуурун төбөтүн үрдүнэн эргитэн, хаптас гынаат, охсон «куус» гыннарар. Сытыы хотуурга быһа охсуллубут от тэлгэнэ түһэр. От охсуута – илистиилээх, сылаалаах үлэ. Сүүрбэччэ хаамыы сири охсон баран, сынньана таарыйа тохтоон, эмиэ сытыыланна. Чараас тимирдээх хотуур күн уотун тэйитэн килбэс гынна.

Саттаар улаатан, күүһүрэн, үлэни кыайа-хото тутан үлэлиир буолбут. Бэйэтин төһө да ситэ илик оҕо киһи курдук сананан, сыппаҕын, килбигин иһин, кыргыттары бэлиэтии, талымастыы көрөр сааһыгар сылдьар. Кини хайа да кыыстааҕар Нуҥнууру сөбүлүүр. Ол кыыс улаатан, эмиийэ тэрэччи тэбэн, төлөһүйэн, тупсан хаалбытын, маанытык таҥнар буолбутун кэрэхсии көрбүтэ. Ааспыт күһүн муҥхаҕа сылдьан, бэйэтигэр сөрү-сөп бэдэр саҕынньахтаах, тииҥ бэргэһэлээх, таба тыһа этэрбэстээх, тэп-тэтэркэй имнээх, үчүгэй дьүһүннээх мааны кыыһы көрөн, бэйэтин түүтэ саралаабыт эргэ таба саҕынньаҕыттан, убаһа тириитэ бэргэһэтиттэн, ынах этэрбэһиттэн кыбыстыбыта. Урут хаһан да оннук буолбат этэ. Кини эрэ куһаҕан таҥастаах буолбатах. Онтон кыһын ыччаттар мустан биһилэх кутуһа оонньуулларыгар, ол кыыстыын кэккэлэһэ буолан хаалбыттара. Кыыс кэмчиэрийбэккэ күлэн-салан, Саттаары кытта кэпсэппитэ. Хайдах эрэ сөбүлүүр курдук туттара.

Кыыс аҕата Аамылаан сүүрбэччэ сүөһүлээх, атыыр үөрдээх сэниэ киһи. Ол иһин Нуҥнуур куруук маанытык таҥнар. Дьүһүнүнэн даҕаны кыргыттартан эрэ ордуктара. Оттон Саттаар аҕата Тордуох – дьадаҥы киһи. Үс эрэ ынахтаахтар. Айахтарын нэһиилэ ииттинэн олорор ыал. Онон сайын мундуга туулаан, балык хаһааннахтарына эрэ, уһун кыһыны аччыктаабакка кыстыыр дьон. Биир аттаахтар, көлүнэр оҕустаахтар.

Отчуттар маҥнайгы омурҕаннарыгар таҕыстылар. Күн үөһэ ойон куйаарда. Атырдьах ыйыгар үөн-көйүүр намтыыр да, билигин даҕаны бырдах баар. Итии даҕаны. Сөрүүн ымдааннарын кэмчилииллэр. Аҕыйахта ыймахтаан бараннар, мундуларын сиэтилэр. Сойбут бөдөҥ мунду – үчүгэй аһылык. Сэниэ ыал отчуттара окко кымыһы аҕалан иһээччилэр. Кинилэргэ хантан кымыс кэлиэй. Саттаар бу олорон, эмиэ Нуҥнууру санаан кэллэ. Кинини төһө да сөбүлээбитин иһин, хаһан эрэ дьиэбэр сүгүннэрэн аҕалыам дии санаабат. Аҕата Аамылаан биэриэ суоҕа. Биир эмэ баай уола кэлэн кэргэн кэпсэтэр ини. Киниэхэ тэҥэ суох кыыс. Үнүр кыыс дьүөгэтиниин иһэллэрин ыраахтан көрөн билэн баран, кыбыстан, көстүмээри, суолтан туораан, суон тиит кэннигэр саспыта. Эргэ торбос сонуттан кыбыстыбыта. Кыргыттар кинини көрбөккө ааспыттара. Атын кыргыттартан кыбыстыбат ээ. Оттон Нуҥнууру көрдө да ханна да барыан билбэт.

– Убаай, нууччалар диэн абааһылар дуо? – Өрөөбө эмискэ ыйытан, Саттаар саныыр санаатын ситимин быста.

– Суох. Нуучча диэн туора омук киһитэ.

– Оттон сирэйдэрэ түүлээх үһү дии.

– Ким инньэ диирий?

– Маппай уол.

– Түү буолбатах, бытык. Хойуу бытыктаахтар.

– Оттон сорохторун хараҕа күөх үһү дии. Муннулара буоллаҕына наһаа улахан. Харахтара тоҕо күөҕүй?

– Ону мин билиэм дуо! Чэ, туруох. Бүгүн эрдэ бүтүөхпүт.

Өрөөбө эрдэ охсуллубут оту икки салаалаах атырдьаҕынан хаһыйан мунньар. Саттаар охсуллуохтаах отун охсон бүтэрэн, уол муспут субуутун бугуллаата. Бүгүн эрдэ бүтэн дьиэлээтилэр. Баран иһэннэр эргиллэн, чиҥии илик улахан күөх бугуллары көрөллөр. Үлэ түмүгүн эргиллэн көрөр үчүгэй буолааччы.

* * *

Тордуох туу өрөр идэлээх. Үөhэ үс мастаах кыраадаҕа тыырыллан бэлэмнэммит уhун синньигэс туу мастара ууруллан намылыспыттар. Арыттаах туу маhын өрөн баайарга сутука быаны мас силиhинэн оҥорор. Уhун көнө суон силиhи түөрэн ылан, сииктээх умуhахха ууран ыаннарар. Онтон хатырыгын суллаан, хайыталаан, тыырар. Быhах өнчөҕүнэн кыhыйан уутун ыгар. Ол аата эллиир. Эллээтэҕинэ, силис маhа сымныыр. Эллэммит силис төhө баҕарар өр сытыан сөп. Туттарыгар ууга сымнатан баран, үктүү-үктүү тардыалаан имитэр. Оччоҕо быа быанан буолар.

Дьиэлээх дьахтар Сэлгээнэй киэhээҥҥи аhылыктарын бэлэмниир. Күөрчэххэ унньуула5 суурадаhынын кута-кута ытыйар.

– Оккун охсон бүтэрдиҥ дуо? – Тордуох аhаары сибиэҕэ кэлэр.

– Бүтэрэн. Аны биир күн баран мустахпытына, мунньуубут да бүтэрэ буолуо, – Саттаар күөрчэхтэн баhан сиир.

– Мымах баай илдьиттээбит. Быйыл хайаан даҕаны киис булдугар тахсан бултуур үhүбүт. Аттаах, ыттаах ыаллары барыларын соруйбут. Нууччаларга биэрээри киис тириитин хомуйаллар үhү, – Тордуох уолугар сонунун кэпсиир.

– Ол мин кииhи тугунан өлөрөбүн? Ох саам суох дии, – Саттаар ох саа оҥорторуон баҕарар. Идэлээх оҕонньоттор ох сааны тамыйахтаах ынахха оҥорооччулар.

– Ыт кииhи, тииҥи тииккэ таhаардаҕына, чаачар саанан да өлөрөр баҕайыта. Мин айа көхсүнэн улахан чаачар саа оҥоруом. Бу уол оонньуур саата кыра буолуо.

– Мин эмиэ барсыам, – Өрөөбө ыйыппыттыы аҕатын диэки көрөр.

– Хайа таҥаскынан барсаары гынаҕын. Убайыҥ хаар түстэҕинэ, кыhыҥҥы тымныыга барыаҕа, – диэн Тордуох буойа саҥарар. – Ыппыт кииhи үрүө дуо?

– Моҕотойу, тииҥи тииккэ таhаардаҕына үрэр. Кииhи да үрүөҕэ, – Саттаар үөрэттэн ыймахтыыр.

– Маҥнай сонордуурга үөрэт. Киис саҥа суолун көрдөххүнэ, ону батыhыннар. Биирдэ көрөн тииккэ таhаардыҥ да, үөрэниэҕэ. Булчут ыт өйдөөх, сотору үөрэнэр.

– Хайа тыаҕа бултуубун? Кэҥкэмэ үрэх диэки барабын дуо?

– Кэҥкэмэ бэтэрээ тыатыгар эhэҥ үүтээнэ баар. Сотору тахсан, ат сиир отун оттуохпут. Мымах аны сыл аайы бултатара буолуо. Нууччалар бу дойдуга букатын олохсуйа кэлбиттэр быhыылаах дииллэр.

– Миэхэ хаhан ох саа оҥортороҕун?

– Байдахпытына. Быйыл куобах элбиэх курдук. Идэhэҕэ оҕус тиҥэhэни тутуннахпытына, дьылы туоруохпут. Тыhы тиҥэhэбит этэҥҥэ буоллаҕына, эhиил ынах буолуо. Оччоҕо кырдьаҕас ынаҕы биэрэн, эйиэхэ ох саа оҥорторуо этибит.

* * *

Петр Бекетов ат хомуйан, дьонун үксүн акка олордор буолла. Уон үчүгэй ыҥыырдаах аты Лөгөй тойон ыыппыта. Уон аты Өйүктэн атыыласпыттара. Уонна онтон-мантан биирдии-иккилии аты хомуйбуттара. Хаһаактар бэйэлэрэ даҕаны акка сыстаҕас дьон. Балаҕан ыйыгар тэринэн, оҥостон, сирдьиттээх, илиҥҥи улуустары кэрийэ бардылар. Илин эҥээргэ ыал элбэх дииллэр. Онон суоллаах-иистээх буолан үчүгэй эбит.

Төҥүлүгэ тиийбиттэригэр, олохтоохтор, бэрт сыппахтык да буоллар, утарыластылар. Олору эрэйэ суох бэриннэрдилэр. Дьаhаах төлүүргэ тылларын ыллылар. Эмиэ дьон аатын кумааҕыга суруйдулар. Бахсыга, Сылаҥҥа тиийбиттэригэр эмиэ утарыластылар. Сорохторо куттанан, тыаҕа түстүлэр. Утарыласпыт дьону бэриннэрэн, эмиэ дьон аатын суруйдулар. Дьаһаах төлүөн сөптөөх сэниэ ыал аҕа баhылыгын аатын суруйаллар. Икки ат оххо таптаран бааhырбытын атын атынан уларыттылар.

Хатылы ууhун улуу баайа Аан Үөчэй ыар ыалдьыттар дьиэтигэр чугаhаабыттарыгар, утары тахсан, кэрэмэс саhыл тириитин түөhүгэр туора тутан сүгүрүйэн көрүстэ. Маанылаан, аhатан хоннордо. Туох да эгилэ-бугула суох дьаhаах түhээнин төлүөх буолла.

Нууччалар, ханна да хоммуттарын иhин, харабыллаах хоноллор. Сааларын-сэптэрин чугас уураллар. Таҥара сэрэҕи таптыыр. Олохтоох туора биис тойонун астаах-үөллээх остуола, эйэҕэс мичээрэ албын буолуон сөп.

Этэҥҥэ утуйан турдулар. Дьон ааттарын ыйыта-ыйыта суруйбуттарыгар, Үөчэй баай «тоҕо суруйаҕыт» диэтэ. Дьиибэргиир, куттанар быhыылаах. Петр Бекетов үчүгэйдик көрсүбүккүт иhин диэн дьиэлээх хотуҥҥа алтан хочулуокка оҕуруо кутан биэрдэ.

Суол ыйдаран, Иэгэдэй аҕатын ууhугар бардылар. Кыра аймахтарга сылдьыбаттар. Тиэтэйэллэр. Сахалар олус киэҥ сиринэн ыhыллан олороллор эбит.

Иэгэдэй аҕа ууhун баhылыга Модьукаан нууччалары эмиэ үчүгэйдик көрүстэ. Кини Модьукааны сааhырбыт киhи диэтэххэ, бөдөҥүн-садаҥын, бухатыыр көрүҥнээҕин сөҕө-ытыктыы көрдө. Сахаҕа да бөдөҥ, улахан киhи баар эбит.

Аны Таатта үрэх сүнньүгэр олорор Баатылы ууhугар барыахтаахтар. Элбэх киhилээх улахан аҕа ууhа дииллэр. Иэгэдэй аҕатын ууhуттан чугас, быысаhа олороллор эбит.

Модьукаантан ол дьон туhунан ыйыталастылар. Ону аҕа баhылыктара Дьинтиис баай кырдьан олорор, Ноҕой Боотур баhылыыр буолуохтаах диир. Мин аҕай дэммит, үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт киhи үhү.

Нууччалар баатылылар ордууларыгар чугаhаан эрдэхтэринэ, туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох үс аттаах киhи көрүстэ. Тылбаастатан истибиттэрэ, «мантан олох барыҥ» дииллэр эбит.

Биллэн турар, Бекетов онно сөбүлэспэтэ. Өскөтүн төнүннэхтэринэ, ону истэннэр, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Оччоҕо олох сатамматтар.

Петр Бекетов суос бэринэ таарыйа «тойоҥҥутугар тиийэн этиҥ, сэриигэ бэлэмнэнниннэр» диэн илдьиттээтэ. Кини сахалар охторуттан тоһуур куйаҕынан хаххаланыахпыт, бэйэлэрин үрэр тимир саанан ытан дьулатыахпыт диэн бүк эрэнэр. Хаһаактар адьас эдэр саастарыттан сэриилэhэ үөрэммит дьон. Онон син биир тулутуохпут суоҕа диэн санаалара бөҕөх.

Ол эрээри Баатылы ууhун дьоно олус дьаныардаахтык утарыластылар. Күнү быhа быыстала суох барбыт кыргыһыыга уонтан тахса киhилэрин охторбуттарын кэннэ, дьэ бэринэн, тобуктуу түhэн, илиилэрин өрө ууннулар. Сорохторо тыаҕа куоттулар. Ноҕой Боотур төгүрүйбүттэрин кэннэ, икки баатыры кытта мүччү түhэн тыаҕа куотта.

Нууччалартан икки киhи өллө. Уонча киhи бааhырда. Иилэҕэс тимир куйахтаах, охтон хаххаланар щиттээх буоланнар, элбэх сүтүк тахсыбата. Хаһаактары бэриннэрэн баран, сэриигэ кыттыбыт дьону барыларын умса сытыартаан, үс хос тирии кымньыыларынан таhыйдылар. Дьинтиис оҕонньору бэйэтин эмиэ таhыйан сордоотулар. Кэhэлтэ буоллун.

Петр Бекетов санаата түстэ. Сир аайы маннык буоллаҕына куhаҕан буолсу. Туох да бэрээдэккэ, дьаhаах төлүүргэ үөрэммэтэх дьиикэй сахалары хайдах көннөртүүр? Утарыласпыт дьоҥҥо сымнаан биэрэр эбэтэр чаҕыйбыты, куттаммыты биллэрэр олох табыллыбат. Оччоҕо ким даҕаны дьаhааҕы төлүө суоҕа. Бачча ыраах сиргэ бэрт эрэйинэн кэлэн баран, дьиикэй омуктары государь кытаанах илиитигэр киллэрдэххэ табыллар. Киллэриэм диэн күүстээх санааны ылынан кэллэҕэ дии. Мантан төннүүhүлэр. Икки аҥыы хайдыhан, атын улуустарынан барыахтаах этилэр. Киhитэ аҕыйах. Соҕурууттан дьон эбии кэлэллэрэ буоллар…

Бэриммит сахаларга иин хастаран, өлбүт табаарыстарын көмтүлэр. Үрдүлэригэр кириэс туруордулар. Төннөллөрүгэр, олохтоохтору «утарыластыгыт, икки киhибитин өлөрдүгүт» диэн буруйдаан, хонууга мэччийэ сылдьар сүөhүлэрин көрбүттэрин барытын хомуйан, үүрэн илтилэр. Биир атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар. Бааhырбыт аттарын саҥанан уларыттылар.

* * *

Амма өрүс киэҥ хочотугар Болугур ууhун аҕа баhылыга Боло Күүлэкээн оҕонньор улахан уолун Хомуоhу кытта олорор. Орто уолун Омоллоон боотур дьиэтэ-уота кинилэртэн чугас баар. Улахан хаhыы иhиллэр сирэ.

Оҕонньор дьиэтигэр олордоҕуна, таhыттан кулут уол киирэн, илинтэн аттаах киhи кэллэ диэн биллэрдэ. Ону «ортоку сэргэҕэ түhэриҥ» диэн дьаhайда.

Аан аhыллан түөhүгэр, санныгар куйахтаах баатыр киhи киирэн сүгүрүйэр.

– Нөрүөн нөргүй!

– Нөрүөн нөргүй! Бу хайа дьуортугунуй? Хантан кэллиҥ? – диэн Күүлэкээн ыйытар.

– Баатылы ууhа Дьинтиис баай уола Ноҕой боотур ыытта. Киэҥ киэлитигэр киллэрдин, тиэтэйэн иhэбин диир, – киирбит киhи ааҥҥа туран этэр.

– Дьинтиис баай уолугар ааным аhаҕас, – диэт, Күүлэкээн дьиэлээх дьахталларга ас бэлэмнииргэ соруйар.

Сотору сүүрбэттэн тахса аттаах, кураахтаах саалаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, тиэргэн иhэ туола түhэр. Ноҕой боотур дьиэҕэ киирэр. Хардарыта эҕэрдэлэhэллэр.

– Олорон түспэтийэр кыах суох. Нууччалар кэлэннэр сүөhүбүтүн үүрдүлэр. Ону эккирэтэн иhэбин. Эн үтүө ааккар үҥэ-сүктэ кэллим. Көмөлөс, – Ноҕой кэлбит соругун быhаччы этэр.

– Үүрдүлэр даа? Оттон эн бэйэлээх көрөн тураҥҥын хайдах былдьаттыҥ?

– Иhэр сурахтарын истэммин иҥэhэм быатын кылгатан6 көрсүбүтүм. Үрэр тимир сааларынан тоҕута ытыалаан кыайдылар. Бастыҥ баатырдарбын өлөрдүлэр. Кэлэн иhэммин Таатта үрэх сүнньүгэр олорор Нарыкааҥҥа уонна Кумаhаҕа сылдьаммын бастыҥ баатырдарын ыллым. Эйиэхэ эрэнэн кэллим. Көмөлөhүө диэн. Сүөhү үүрэр дьон айаннара бытаан буолуо.

– Оо, сүрүн! Төhө сүөhүнү үүрдүлэр?

– Элбэҕи. Атыыр үөрүн эмиэ холбоотулар.

– Бу атаҕастаатахтарын көрүҥ эрэ. Нохойдоор, Омоллоону ыҥырыҥ. Баатырдары мунньуҥ. Чэ, түргэнник, – диэт, саҥата суох истэн олорбут Хомуос туран кэлэр.

Кэлбит дьон, аhаан бараннар, ыраах айаҥҥа барыахтарын иннинэ утуйан ыллылар. Омоллоон баатырдарын ыҥыртаан, сарсыарда халлаан сырдыыта айаҥҥа турдулар. Барыта түөрт уонча киhи суолга киирэн субуhан, айаннатан дьигиhиттилэр. Уонча солбук аты сэтиилэнэн бардылар.

Омоллоон боотур дорҕоонноох аата, дьоhун сураҕа аатырбыта өр буолла. Ат бөҕө, кус быhый, бөдөҥ-садаҥ киhи. Уон сааhыттан кыргыс үөрэҕэр үөрэммитэ. Оҕоттон эрэ улахан уҥуохтаах, быhый, бэргэн буолан хайҕалга сылдьыбыта. Бухатыырдар тустарынан элбэх кэпсээни истэн улааппыта. Кини эмиэ бухатыыр буолан аар-саарга аатырыан баҕарара. Ким да утары көрбөт буолан, эдэригэр кыра тэппини истибэт, өhүргэс, хадаар майгылааҕа. Ону дьоно улаатан, өйдөннөҕүнэ, көнүө диэн мөхпөт, мээнэ сэмэлээбэт этилэр. Улаатан силгэтэ ситтэҕинэ, аҕа ууhун көмүскүө, араҥаччылыа диэн эрэнэ саныыр ыччаттара диэн кини этэ.

Биирдэ Төҥүлү баайа Быйаҥ ойуун кэлэн ыалдьыттаабыта. Боло Күүлэкээн ытык ыалдьыт кэлбитигэр, байтаhын биэни өлөртөрбүтэ. Онно Быйаҥ ойуун, уол аhамньытын сөҕөн, «бу уол моҕуhа бэрт эбит, Боруку Омоллоон диэн ааттыахха сөп эбит» диэбитэ. Уол ону өhүргэнэ истибитэ. Ити итинэн ааспыта.

Онтон үс сыл буолан баран, Быйаҥ ойуун дьиэтигэр олорон, уохтаах кымыстан сүһүөҕэр оҕустаран, дьиэ таhыгар тахсан сөрүүкүү олордоҕуна, эмискэ быыра ох кэлэн быарыгар батары түспүтэ. Быйаҥ иҥиир ситиитин таттаран, өрө титирэстии түhээт, өй ылан: «Бу хайа өстөөҕүм кэлэн өлөрдүҥ?» – диэн хаhыытаабыта. Онуоха тыа диэкиттэн: «Боруку Омоллоон кэллим!» – диэн хаhыы иhиллибит. Быйаҥ уолаттарыгар: «Болугур ууhугар сылдьан, орой мэник уолу оонньоон Боруку Омоллоон диэн ааттаабытым, бука, кини кэлэн өлөрдөҕө буолуо, ситиhиҥ», – диэн баран тыына быстыбыт.

Омоллоон ыар буруйу оҥорон баран Бүлүүгэ күрээбитэ. Быйаҥ аймахтара, түөрт уонча киhини тардан, Болугурга кэлбиттэрэ. Омоллоону көрдөөн баран булбакка, өс ситиhэн, Боло Күүлэкээн кыра уолун Чааппара диэн тоҕустаах оҕону өлөрөн, сэптэрин хааннаан баран төннүбүттэрэ. Оттон Омоллоон Бүлүүгэ тиийэн саһан үс сыл олорон баран эргиллибитэ.

Оттон Хомуос эмиэ кыргыс үөрэхтээх да, майгытынан көрсүө. Күүhүнэн бэйэтин уйуттар диэбит киhилэрэ. Ол эрээри бэрдимсийэ сатаабат, көннөрү урууга, ыhыахха эрэ тустар. Ханна да барбат-кэлбэт. Сүөhүтүн-аhын үчүгэйдик көрөр, үлэhит киhи. Күүлэкээн эдэр ойоҕуттан төрөппүт үhүс уола Чоху уончалаах эрэ оҕо.

Хаһаактар, сүөhү хаамыытынан айанныыр буоланнар, бытааннар. Эккирэтээччилэр ыаллартан сураhан, ханна тиийбиттэрин билэ истилэр.

Хаһаактар Чаачыгый диэн сиргэ кэлэн хоммуттар. Аара олорор оҕонньор бу сарсыарда туран барбыттара, ырааппатахтара буолуо диэтэ. Ону истэн, Төҥүлү диэн киэҥ алааска тиийэн хоно сыттахтарына, түүн саба түhэргэ быhаардылар.

Аны тиэтэйбэккэ, тохтоон утуйа-утуйа, бытааннык айаннаатылар. Төҥүлү киэҥ алааhын илин саҕатыгар кэлиилэригэр, уһун сиппэрэҥ ардах түhэн барда. Ох саа кирсэ ардахха сытыйдаҕына, сымнаан, уунан, ырааҕы кыайан тэппэт буолар. Онон куhаҕан буолсу. Хаһаактар чокуурунан эстэр тимир саалара ардахха эмиэ моhуогурууһу.

Хараҥарбытын кэннэ, күүтэ түhэн баран, аттаах дьон хайдыhан, киэҥ алаас икки өттүнэн субуhан бардылар. Алаас иhигэр элбэх сүөhү ыhылла тарҕанан мэччийэ сылдьар. Сүөhүлэри анараа өттүлэринэн эргийэн, саҥата суох хомуйан, илин диэки үүрдүлэр, ол кэмҥэ хаһаактар харабыллара айдааны тарта.

Ардах күүhүрэн, таҥаhы сытытта. Сарыы сонноро тымныынан хаарыйар. Хабыс-хараҥа. Күhүҥҥү ардах силбигэ куhаҕан. Киhини тоҥорор.

Сүөhүнү үүрэн киэҥ алаас илин өттүгэр чугаhаан эрдэхтэринэ, хаһаактар аттаах сэриилэрэ боруора харааран ситэн кэллилэр.

Омоллоон, иҥэhэтигэр туран, ынан кэлбит нуучча атын батыйатынан баска сырбатар. Ат, чугурус гынаат, төбөтүн хойуоллаҥнатта. Иккис хаһаак атын эмиэ төбөҕө биэрэн буксутта. Баатырдар охсуhан, кылыс тыаhа бачырҕас буолла. Сахалар, охсуhа-охсуhа, сүөhүнү кытта чугуйаллар. Нууччалар, охсуhан иhэннэр, бэйэлэрин тылларынан хаhыытаhан тохтоотулар. Бекетов сахалар, баҕар, соруйан чугуйбуттара буолуо, тыа саҕатыгар илдьэн, элбэх буолан эргийэн саба түhүөхтэрэ диэн сэрэхэдийдэ. Хараҥаҕа төhө да сэрииhит киhи хорсун санаата мөлтүүр.

Баатырдар, хаһаактар чугуйбуттарын билэн, үргэн ыhыллыбыт сүөhүлэри хомуйан суолга киллэрдилэр.

* * *

Петр Бекетов үүрэн иhэр сүөhүтүн былдьатан кэлэн баран, Мэҥэ баайын Босхоҥ Боруохалы баран боҕутуннарар санаалаах. Ааспыкка онно тахсан тэриллиилээх утарсыыны көрсөн, улахан ордууларыгар тиийбэккэ төннүбүттэрэ. Ол куhаҕан. Таатта үрэҕэр олорор сахалар, баҕар, ону истэннэр улахан утарсыыны оҥорбуттара буолуо. Саатар, хоннохторун анныгар баар чугас улууhу самнардахтарына сатанар. Бу дойдуга таах таалалыы кэлбэтэхтэрэ.

Үс хонукка сынньанан баран, эмиэ оҥостон-тэринэн бохуокка бардылар. Урут сылдьыбыт сирдэрэ буолан, суолун-ииhин билэллэр. Түүн утуйа сыттахтарына тиийэн саба түhэр былааннаахтар.

Босхоҥ Боруохал баатырдарын мунньан баран, туох да харабыла-тойо суох утуйа сыттахтарына, эмискэ ыт үрэрин кытта, дьиэлэрин сарт7 түннүгэ эhиллээт, сүрдээх улахан тыас дэлби барбытыгар соhуйан уhугуннулар. Сонно тута аан тэлэйэ бараат, хаһаактар улахан тэрэгэр сүгэлэрин туппутунан көтөн түспүттэригэр, уолуйан хаалбыт баатырдар утарсыыны оҥорботулар даҕаны.

Оhоххо от, туос быраҕыллан умайан сырдаабыт дьиэҕэ, хаһаактар баатырдар сааларын-сэптэрин суйдаан, үлтү көбүөлээн таhырдьа таhааран сиргэ умса сытыардылар. Оттон иккис кыра дьиэҕэ утуйбут баатырдар сүгүн бэриммэккэ охсуhуу буолла. Ол эрээри кинилэр да уhаабатылар. Тимир сааны тыаhатан, уолутан, сотору бэриннэрдилэр. Биир киhи орон анныгар киирэн саспытын атаҕыттан соhон таhаардылар. Хаhыы-ыhыы, күргүйдээhин, тыас-уус, оҕо ытааhына, дьахталлар сарылаhыылара, олоппос түҥнэри тэбиллиитэ эҥин, күөдэл-таhаа бөҕө буолла. Бэриммит эр дьону барыларын таhырдьа таhаартаан кэккэлэччи сиргэ сытыартаан баран кымньыынан таhыйдылар. «Аны утарыластаххытына өлөртүөхпүт» диэн Петрушканан этиттэрдилэр. Босхоҥ Боруохалы бэйэтин эмиэ таhыйдылар. Эбиитигэр «дьаhааҕы төлүөхпүт» диэн тылларын ыллылар.

Утарыласпыт дьоҥҥо кымньыы хайаан да наада. Сымнаан биэрдэхтэринэ, ким даҕаны дьаhаах төлүө суоҕа. Дөксө бастарын быhыахтара. Ханна баҕарар, хаhан баҕарар күүстээх уонна баламат буоллаххына ытыктыыллар, куттаналлар. Күүс өттүнэн күhэйии хайаан даҕаны баар буоллаҕына табыллыах курдук буолан иhэр.

* * *

Петр Бекетов Иван Колмогоров диэн десятник баhылыктаах биэс хаһаагы кытта промысловиктары өрүс үөhээ өттүгэр ыытта. Онно тиийэн бэлэм симиэбийэҕэ кыстаан олорон, тоҥустартан дьаhаах хомуйуохтара, бултуохтара.

Дьыл ыраатта. Бекетов мантан күhүн ханна да аралдьыйбакка, остуруок тутуутугар үлэлиир санаалаах. Дьонун барытын үлэҕэ туруорда. Тымныы түhэ илигинэ саҥа дьиэҕэ көстөхтөрүнэ табыллар. Остуруок тутуллара хайаан да наада. Сахалар, баҕар, түмсэн кэлэн саба түhүөхтэрэ.

Бу дойду элбэх балыктаах, бултаах дойду эбит. Аҕыйах киhи өрүскэ киирэн муҥхалаан, сибиэhэй балыгы сииллэр. Үксэ күстэх, алыhар, сордоҥ кэлэр.

Билигин күн аайы тутууга үлэлииллэр. Сахалар эмиэ кэлэн көмөлөhөллөр. Нууччаларга кэлэн үлэлиир дьон эт сиэн абыраннылар. Оттон дьиэлэригэр буоллаҕына, эти идэhэ өлөрдөхтөрүнэ эрэ сиэччилэр.

Нууччалар сытыары эркиннээх олорор дьиэ, ампаар туталлар. Сорохтор уhуктаах төбөлөөх, үрдүк, сонос баҕаналары сири хаhан хороччу туруораллар. Оннук уhуктаах баҕаналары дьиэ тула кэккэлэччи туруоран, киhи кыайан киирбэт хахханы оҥороллор. Ол иhин остуруок диэн ааттанар.

Сахалар икки туруорбах балаҕаны тута сылдьаллар. Сорохтор остуруок таhыгар улахан хотонноох балаҕаны, кыбыы, дал туталлар. Хаһаактар кыhын уон ынаҕы ыатар санаалаахтар. Онно олохтоохтору аҕалан үлэлэтиэхтэрэ. Билигин ол ынахтарын ыалга туруораллар.

Үлэ элбэх. Сүгэ тыаhа бачырҕас. Икки саха, тутуллан эрэр дьиэ үрдүгэр тахсан, үрүт мастары кэккэлэччи уурталаан ыпсарар. Икки нуучча дүлүҥ үрдүгэр сынньана олорор. Биирдэрэ үрдүк уҥуохтаах, кугас бытыктаах. Иккиhэ намыhах, кыра хара бытыктаах.

– Смотри, как мастерит, – диэн улахан уҥуохтааҕа саҥарар.

– Он же человек, – кырата көхсүн этитэн баран сиргэ силлиир.

– Он, конечно, человек. Но странный.

– Они тоже думают, наверно, что мы странные.

– Ихнюю душу Христос даже не ведает. Прости, господи. Ведь они не христиане.

– А вот Петрушка крещеный. Он тоже якут.

– Петрушка наш. А этот якут рубанет тебя топором по башке и не подумает, что согрешил.

Кыра муруннаах, кэтит мэлтэгэр эттээх сирэйдээх саха доҕоруттан ыйытар:

– Ити нууччалар тугу кэпсэтэллэрэ буолуой?

– Киммилэр, доҕоор. Бука, тойоттор көрбөттөрүгэр сынньана түhүөххэ дииллэрэ буолуо. Ити улахан уҥуохтааҕа сүрэҕэ суох киhи быhыылаах, сотору-сотору сынньанар. Кыратык сыҕарыт эрэ, – иккиhэ үлэлиирин тохтоппокко эрэ саҥарар.

* * *

Күhүн буолан сөрүүдүйэн, үлэлииргэ үчүгэй буолла. Сахаларга тутуу маhын тыаттан оҕустаах сыарҕанан сыылларан таhаллар. Сорох маhы мыраан үрдүттэн түhэрэллэр. Элбэх киhи күргүөмүнэн үлэлээн, балаҕан ыйын бүтүүтэ хас да дьиэни тутан бүтэрдилэр. Саҥа дьиэлэри уhуктаах мас кириэппэhинэн эргиттилэр. Аллара көhөн, үрдүттэн олорон үлэлииллэр.

Петр Бекетов маннык улахан событиены суруйтаран, государга биллэрэргэ сананна. Суруксут кэлэн, суруйаары кумааҕытын иннигэр ууран, хаас куорсунун төбөтүн чэрэниилэҕэ уган бэлэмнэммитин кэннэ, атамаан, төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, тугу суруйуохтааҕын этэр. Маҥнай, үгэс быhыытынан, государь чыынын-хаанын, аатын, сылы, күнү суруйтарда.

– Того же году сентября в двадцать пятый день по государеву цареву, – диэн баран Бекетов суруксут суруйан бүтэрэрин кэтэhэ түhэр. Онтон салгыы этэр: – Цареву и великого князя Михаила Федоровича всея Руси, указу поставил я, Петрушка, с казаками… Нет, не пиши с казаками. Пиши с служивыми людьми. Написал? Дальше так. С служивыми людьми на Лене реке острог. Острог для государева величества в дальней окраине и для государева ясачного сбору. Написал?

На страницу:
3 из 6