bannerbanner
Үйэ кирбиитигэр
Үйэ кирбиитигэр

Полная версия

Үйэ кирбиитигэр

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 6

Эһиилги сааһыгар Антон Добрынскай уонна Мартын Васильев диэн хаһаактар баһылыктаах отучча киһилээх этэрээт тэриллэн, ыраах баар Лена өрүс диэки айанныыр. Дьон чулуутун, хорсунун, сырыыны сылдьыа диэбиттэрин талан ыыталлар. Сорохторо саллан барбаттар. Чугас эргин сылдьан бэйэлэрэ бултуулларын сөбүлүүллэр. Арҕаа Сибииргэ холоотоххо, киис элбэх. Айаҥҥа турбут дьон Бүлүүгэ тиийээри саас эрдэ хаардаахха айаннаан, эрэй бөҕөнү көрөллөр. Ол да буоллар, сындалҕаннаах айантан толлубакка, хаайтарбакка, Бүлүү төрдүгэр тиийэн, Ленаны өксөйөллөр. Сахалар түөлбэлээн олорор сирдэригэр кэлэн кыстыырдыы оҥостоллор. Киис тириитин хомуйаллар. Ол хомуйалларыгар ыаллары түүрэйдииллэр, кыһарыйаллар. Кымньыыны да тутталлар. Ат хомуйаллар. Сэрэххэ кыракый остуруок туталлар. Ол аата, симиэбийэлэрин эргиччи киһи кыайан киирбэт гына, уһуктаах сонос баҕаналары кэккэлэччи туруортууллар. Онно саха дьонун тутан аҕалан үлэлэтэллэр.

Бу дьон кыстаан олордохторуна, сахалар маҥнайгы саалаах-сэптээх утарсыылара буолар. Сэтинньи ыйга аттаах, куйахтаах дьон кэлэннэр, оҕунан ытыалыыллар. Маҥнай чугас кэлбиттэрин тимир (үрэр) саанан ытан соһутан, үрүө-тараа ыыппыттар. Онтон икки хонон баран, тыаҕа тахсан мас тиэйэ сырыттахтарына, сахалар ыраахтан оҕунан ытыалаабыттар. Ол эрээри куттанан чугаһаабаттар. Кыһын устата, хаста да кэлэн сэриилээн, үс киһилэрин өлөрбүттэр. Уонча киһи бааһырбыт. Саас, астара бүтэн, аччыктаабыттар. Өрүс эстэрин кытта тута тэскилииллэр. Эмиэ эрэй бөҕөнөн айаннаан, аҥаардара эрэ ордон, дьонноругар тиийбиттэр. Мартын Васильевы кытта алта киһини Москваҕа ыыппыттар. Москваттан «саҥа экспедицияны тэрийэн ыытыҥ» диэн сорудах кэлэр. Сэриигэ туттарга түөрт уон куйаҕы, олохтоохтору мэҥиэлииргэ элбэх оҕуруону, дьоҕус алтан хочуолу, хорҕолдьун тэриэлкэлэри ыыталлар. Мартын Васильевы уонна Антон Добрынскайы хааһынаҕа аҕыйах түүлээҕи туттардылар диэн экспедицияттан туораталлар. Мартын Васильевы солбуйуохтаах Воин Шахов диэн киһи Мангазеяҕа отут аҕыс киһилээх кэлэр. Кинилэр кэлин Бүлүү төрдүгэр кэлэн симиэбийэ тутталлар. Мангазеяҕа бэйэтигэр даҕаны элбэх киистээх сиргэ барыахтарын баҕалаах дьон, кыра бөлөхтөрү тэрийэн, илин ыраахха диэри бара сатыыллар. Ол баран сорохтор сураҕа суох сүтэллэр.

Оттон Енисейскэйгэ Лена өрүскэ үөһээнэн быһа барар суолу көрдүүллэр. Илим, Кут үрэхтэр сүнньүлэринэн барар суолу булаллар. 1630 сыллаахха атамаан Иван Галкин этэрээтэ барар. Идирмэ үрэх төрдүгэр баар симиэбийэҕэ кыстаан баран, кини этэрээтэ 1631 сыллаахха саас Кут үрэх төрдүгэр кэлэр. Аал оҥостон Ленаны таҥнары усталлар. Иван Галкин этэрээтэ өрүс орто сүнньүгэр кэлэн, хара ааныттан сахалар утарсыыларын көрсөр. Онтон Аллан өрүс төрдүгэр тиийэн, өрүһү өксөйөр. Аллаҥҥа эмиэ утарсыыны көрсөр. Тимир саалаах, куйахтаах буоланнар, боҕутуннараллар. Хаһаактар баарыстаах, эрдиилээх кочаларынан устан өрүһү өрө-таҥнары сылдьан, дьон бөлөхтөөн олорор, суоллаах-иистээх сирдэргэ тохтоон, сахалар саамай баай тойонноругар тиийэн, киис тириитин көрдөөн ылаллар. Эдэр саха дьонун тутан аҕалан, эрдииһитинэн илдьэ сылдьаллар.

Төннөллөрүгэр Хаҥалас сиригэр тахсан дьаһаах хомуйа сылдьан, утарсыбыттарыгар эмиэ тимир сааларын тыаһаталлар. Оҕунан ытыалаһаллар. Ол сэриигэ хаҥаластар хас да киһилэрэ өлөр, бааһырар. Күһүөрү нууччалар өрүс уҥа өттүгэр кыстыырдыы тэринэн, саха балаҕанын таһыгар симиэбийэ тутталлар.

Ити сайын Иван Галкины солбуйа диэн, сотник Петр Бекетов этэрээтэ Лена өрүскэ кэлэр. Бу дьон Лена орто сүнньүгэр кэлэн бараннар, Иван Галкины көрсүбэккэ, бука, аллара диэки устубута буолуо диэн төннөн, өрүһү өксөйөллөр. Саҥаттан саҥа сири арыйар, дөксө элбэх киистээх сири булар иҥсэлээх санаа биир сиргэ олордуо баара дуо, суллуруһуу бөҕө буолар.

Бекетовтаах бүрээттэр олорор сирдэригэр тиийэн, күүстээх утарсыыны көрсөн төннөллөр. Салаа үрэх төрдүгэр кэлэн, кыра остуруок туттан кыстыыллар. Тоҥустартан аманааттары тутан дьаһаах хомуйаллар.

Кыстаан бараннар, саас, өрүс эстэрин кытта, Ленаны таҥнары устан, Иван Галкин олорор симиэбийэтигэр кэлэллэр.

Петр Бекетов симиэбийэни табыгаһа суох сиргэ туппуккут диэн сэмэлиир. Тыата олус чугас. Кэлэн саба түстэхтэринэ кутталлаах буолсу диир.

Үөһэттэн, мыраан үрдүттэн, өрүс хочото үчүгэйдик көстөр. Дьонун кытта сүбэлэһэн баран, аллара, өрүс уутуттан чугас, киэҥ аһаҕас сиргэ остуруок тутарга быһаарар. Чугас олорор эйэлээх сахалары көмөлөһүннэрэн, үлэтин саҕалаабытынан бараллар.

Иван Галкин аҕыйах хаһаагы кытта хомуйбут кииһин илдьэ Енисейскэйгэ төннөр. Онно кэргэттэрэ олороллор. Түүлээҕи уһаппакка-кэҥэппэккэ Енисейскэйгэ аҕалан хааһынаҕа туттарыҥ диэн кытаанах сорудахтаах этилэр.

Галкиннаах Бекетов этэрээттэригэр үксэ ох саалаах хаһаактар сулууспалыыллар. Кинилэр төһө да нууччалыы дьүһүннээх уонна тыллаах буолбуттарын иһин, түҥ былыргыга атын омуктар этэ.

Былыр Волга, Дон, Кубань өрүстэр эҥээрдэригэр хазардар диэн Азия түгэҕиттэн кэлбит омуктар, модун холбоһугу тэринэн, күннээн-күөнэхтээн олорбуттара баара. Ол олордохторуна, маҥнай Месопотамияттан үүрүллүбүт еврейдэр кэлэннэр икки үйэ устатыгар Каспийскай муора эҥээринэн хазардарга чугас олорбуттар. Ол олорон, эр-ойох буолан, булкуспуттар, дьүһүннэрин уларыппыттар, тойон-хотун өттө кинилэр итэҕэллэрин ылынар.

Алтыс үйэҕэ эмиэ Азия түгэҕиттэн күөрэйэн кэлбит түүрдэр Волга өрүһү туораабыттарыгар, хазардар утарыласпатахтар. Уруулуу тыллаах түүрдэри кытта дөбөҥнүк өйдөспүттэр. Түүрдэр баһылыктарынан Ашина аймаҕа буолара. Хазардар баһылыктарынан эмиэ Ашина аймаҕа буолар буолбута.

Түүрдэр Иккис каганаттара эстибитин кэннэ, 965 сыллаахха, Киев кинээһэ Святослав хазардар сэриилэрин урусхаллаабыта. Ол кэннэ уһун сукка оҕустаран, итэҕэлтэн сылтаан иирсэн, хайдыһан, хазардар мөлтөөбүттэр.

Онтон нуучча государствотыгар холбоһон, христианскай итэҕэли ылыммыттара. Хас да үйэ устатыгар төрүт тылларын умнан, олоччу нуучча тылыгар көспүттэрэ. Эр-ойох ылсан, тас дьүһүннэрэ эмиэ уларыйбыта. Былыргыта Азия омуктара буолалларын төрүт да умнубуттара. Бэйэлэрин хаһаактарбыт диэн ааттанар буолбуттара. Түҥ былыргы өбүгэлэрин хааннара тардан, акка олус сыстаҕастар. Сэрииһиттэр. Бэрээдэги соччо билиммэт дьон. «Мы – вольные казаки» диэн тыллаахтар. Былыргы өбүгэлэрин абыычайдарын тутуһан, атамааны таллахтарына, кымньыынан таһыйбыта буолаллар.

Төһө да нуучча тылыгар көспүттэрин иһин, былыргы өбүгэлэрин тыллара, хайдах биир эмэ хаалбат буолуой. Казак, атамаан, аманаат, ясыр, ямщик, караул, кандалы, балаган, башмак, балык, камыш, туман, барыш, орда, улус эҥин диэн былыргы өбүгэлэрин тыллара билигин даҕаны кэпсэтэр тылларыгар баар. Кинилэри үтүктэн нууччалар эмиэ оннук саҥараллар. Былыр-былыргыттан омуктар бииргэ алтыһан олорон, эргинсэн эҥин, тылларын байытыһаллар, уларыталлар даҕаны. Былыргы түүрдэр аҕаны ата диэн ааттыыллара. Хаһаактар атамаан диэн тыллара ити тылтан тахсар.

* * *

Арҕааттан икки аттаах киһи аргыый хаамтаран кэлэн, үөһэ кытылга тохтоото. Эдэрэ атыттан чэпчэкитик сулбу ыстанан, кырдьаҕаһын өйөөн түһэрэр. Кэтит түөстээх маҥан ат, дьигиһийэн ылаат, күкээрбит намчы окко төҥкөйөн, сымнаҕас уоһун ибирдэтэн, кэбийэн барар.

– Нохоо, аттары баайыма. Мин өр буолуом суоҕа, – Дыгын аҕа баһылык икки илиитинэн баттыалаан, көһүйбүт сиһин көннөрөр.

Кырдьаҕас киһи бытааннык хааман баадаҥнаан, кытыл хааһыгар кэлэн, сиргэ тайанан, аргыый түөһүллэн олордо. Икки илиитин тобугар ууран, киэҥ эрилкэй хараҕынан өрүһү одуулаата.

Улуу Эбэ үллэр үөһүгэр сыҥаһа долгуннар уһуу сырдаабыт күрүлгэннэрин кэккэлэрэ сырсаллар. Аллара кытыыга үллэ-үллэ тимиҥниир долгун хараарбыт кумаҕы өрө сүүрэн, үрүҥ күүгэннэри кытыыга сыҕайан таһаараат, төттөрү эҕириллэн эрдэҕинэ, иккис долгун саба халыйар. Силлиэҕэ долгуйбут улуу Эбэ кытылга хаайтарбыт абатыгар аймаһыйа быыппастан кытылы охсуолаан ньиллиргэтэр буоллаҕа. Тыал намыраатаҕына даҕаны, модун бэйэлээх таһаата түргэнник уоскуйуо баара дуо.

Дыгын кырдьаҕас манна кэлэн, Эбэ киэҥ киэлитин анааран, ыйыллыбыт санаата өһүллэн, кыараабыт көхсө кэҥээн, арыый уоскуйбут курдук буолла. Тыал эмиэ намыраан, тохтуох курдук гынна. Аргыс киһи икки аты тэһииниттэн тутан туран, кырдьаҕаһа ыҥырарын кэтэһэр. Кини тойонун арыаллаабыта уонча сыл буолла. Аҕа баһылык өрүс кытылын хааһыгар олорон, тоҥхоҥнуу-тоҥхоҥнуу ботугуруур быһыылаах – уоһа хамсыыр. Аҕа баһылык кырдьыбыт, баттаҕа муус маҥан. Буолумуна, быйыл сэттэ уон бэһис хаара.

Аттар тыбыыра-тыбыыра мэччийэллэр. Өр буолбата, сотору оҕонньор ыҥырар саҥата иһилиннэ. Дыгын аты миинэригэр үтэри сөбүлээччитэ суох. Кэм да сэниэ баар диэбиттии, ыҥыыр хоҥсуоччутуттан тардыһан, ыараханнык да буоллар, мииннэ. Бастаата. Өрүс кытылын хадьы соҕус кытыынан бардылар. Аргыс киһи өтө сэрэйдэ – ичээн оҕонньорго барар буоллахтара. Сөргүллэ уола Нойохо сайылыга өрүстэн ырааҕа суох. Уонча сыллааҕыта дьиэтин сааскы халаан уута ылбыта да, атын сиргэ көһөрбөт. Өрүскэ балыктыырын сөбүлүүр киһи. «Сир түннүгэ» диэн аатырбыт ичээн кырдьаҕаһы Дыгынтан уон биэс сылынан аҕа дииллэр. Ол аата 90-на буоллаҕа. Истэр тухары кини курдук сааһырбыт киһи чугас эргин суох. Аҕа баһылыгы эрэ билинэр, ытыктыыр, тылын ылынар дииллэр.

Сотору кыра хоспохтоох, балык хатарар аргы мастаах туруорбах балаҕан таһыгар кэлэн тохтоон, аттарыттан түстүлэр. Дьиэҕэ киирбиттэрэ, маҥхайбыт суптугур бытыктаах аарыма кырдьаҕас киһи нүксүччү туттан, тайахха тирэнэн олорор эбит.

– Нөрүөн нөргүй, ытык кырдьаҕас! – Дыгын Тойон ааҥҥа туран сүгүрүйдэ.

– Нөрүөн нөргүй! Хайа бу эн, аҕа баһылык, бэйэҕинэн кэллиҥ дуу? Кэпсиэ, – оҕонньор билигин даҕаны хараҕа сытыы эбит. Биллэ.

– Улахан сонун суох. Хайа, хайдаххыный? – Баһылык уҥа ороҥҥо кэллэ. Аргыһа аан ороҥҥо олордо.

– Оттон тыыннаахпын. Эһиги хайдах олордугут?

Ытык кырдьаҕас сэргэхсийбит курдук буолан, ыалдьытын кытта кэпсэтэр. Тоҕус уоннаах оҕонньор диэтэххэ, сирэйэ-хараҕа сэргэх, өйө-санаата үчүгэй эбит. Дьиэлээх дьахтар оһоххо хардаҕас уурталыыр. Күөскэ уу кутан, сылытан уокка чугаһатар. Таһырдьаттан улахан хатыыһы хайыытыттан тутан намылытан киллэрэн, хаҥас диэки ас астыыр кыра сибиэ2 үрдүгэр уурда.

Аҕа баһылык оҥостон кэлбит сүрүн соругун уталыппакка толорордуу оҥоһунна. Оҕонньорго соҕурууттан (арҕааттан) туора омуктар кэлиэхтэриттэн ыла нус-хас олохторо огдолуйбутун, дьон айманарын туһунан кэпсиир. Оҕонньор буоллаҕына, онно оччо ымыттыбат киһи курдук, саҥата суох истэр.

– Арахсыбат абааһылар буулаатылар. Биһиги сирбитигэр-уоппутугар дьиэ-уот туттан, олох олохсуйардыы санаммыттар үһү, – оҕонньор дьэ саҥа таһаарда.

– Маҥнай улахан муруннаах омуктар кэлэннэр киис тириитин хомуйан барбыттара сэттэ дуу, аҕыс дуу сыл буолла.

– Ол үчүгэй дьон этилэр буолбат дуо?

– Сымнаҕастар этэ. Биһи да сонурҕаан үчүгэйдик көрсүбүппүт. Оттон бу кэлин кэлбиттэр адьас атар абааһы дьон. Аҕа уустарын кэрийэн, ыал аайы киирэн, киис тириитин көрдөөн дибдийэллэр. Утарыласпыт киһини кымньыынан таһыйаллар, тыыннарын да быһыах курдуктар. Киис тириитин сыл аайы биэриэхтээх үһүбүт.

– Эһигиттэн төһө кииһи хомуйдулар?

– Биһи аймахтан Уйбаан нуучча сүүсчэкэ киис тириитин ылбыта. Онно сөп буолбакка, дьахтар сабыс-саҥа киис саҕынньаҕын эмиэ былдьаан бардылар. Сүрдээх адьырҕа дьон. Онон эйиэхэ сүбэлэтээри кэллим. Хайдах буолабыт?

Оҕонньор саҥарбат, тугу эрэ эргитэ саныыр быһыылаах. Дьахтар уокка уурбут күөһэ оргуйаары үллүбүтүн кытыыга тардар.

– Дьон айманар. Сир-сир, уус-уус аайыттан баатырдары мунньан, үүртэлээн кэбистэххэ хайдах буолуой? Сүбэлээ.

– Кыайыаххыт дуо? Сураҕа, үрэр тимир сааларыттан баатырдар олус дьулайаллар үһү.

– Бары саба түстэхпитинэ, кыайыа этибит. Кырдьык, үрэр тимир сааларыттан дьон куттанар. Ол эрээри тимир саалара үчүгэй куйаҕы хоппот үһү. Оннук кэпсииллэр билбит дьон. Уонна тимир саалара аҕыйах быһыылаах дииллэр. Сорох сиргэ утарылаһан ытыаласпыттар үһү.

– Биирдэ нууччалар өрүһүнэн устан ааһан иһэн, биһиэхэ тахсан аһаан ааспыттара. Онно көрдөххө, көмүскэлэрэ дириҥэ бэрт, бука, өһүөн санаалаах дьон быһыылаах. Билигин үүрдэххитинэ даҕаны, кэлин элбэх буолан кэлэн имири эһиэхтэрэ. Быстах кыайыы кэлин улахан алдьархайга тиэрдиэҕэ.

– Оччоҕо хайыыбыт? Олорон биэрэбит дуо? Киис эрэ хомуйбаттар, аппытын ылаллар, сүөһүбүтүн үүрэн илдьэллэр.

– Бары саба түстэхпитинэ диэхтиигит. Урааҥхай саха үрэх бастарынан, кыйаар сирдэринэн, хоту таас дьааҥы нөҥүө тиийэ ыһыллан-тарҕанан хаалла. Өһү-сааһы тутааччы, хоргуппут-хомойбут да элбэх. Билигин кэлэн хос түмэр, сомоҕолуур бука кыаллыбата буолуо. Бар дьоҥҥун эрдэ түмпүтүҥ, сомоҕолообутуҥ буоллар ньии?!

– Сыыспыппын, кырдьаҕаас, буруйдаахпын. Эдэр сааска киһи эрэ хаҥыл, дохсун буолар… – Дыгын ситэ эппэккэ баһын санньытар. Кини кырдьыгын этитэн ытык кырдьаҕаска сүрүн баттатта.

– Эдэр эмньик сааскар мин эрэ бэрпин диэн атыыр оҕус буолан аҥаардастыы айаатаабытыҥ. Ол өһүөнүн, абатын атын баттаммыт уустар умнубуттара буолуо дии саныыгын дуо?

– Суох-суох, умнубаттар…

– Хата, Куллатыга хам бааччы олор. Кырдьан бараҥҥын кыаҕыҥ таһынан сорукка ылсыма, кыргыһы таһаарыма. Ыччатыҥ инники кэскилин санаа. Мин сүбэм оннук…

* * *

Улуу Туймаада килбэйэр киинигэр киэҥ Күөрээйигэ олорор Өйүк баай дьиэтэ ыраахтан көстөр. Сир тааһа3 түннүктээх, ортотугар тулааһын баҕаналаах улахан балаҕан, икки курдуулаах туос далла ураһа, хоспох, алта муннуктаах, ортотугар холумтаннаах мас ураһа, сарай, хамначчыттар дьиэлэрэ, күрүө-хаһаа баар.

Дьиэлээх тойон балаҕанын иһигэр кэтэҕэриин ороҥҥо чөмөхтүү хомуллубут утуйар таҥаһыгар өйөнөрдүү сытар. Оһоххо уоту быһымаары ууруллубут икки хардаҕас сэниэтэ суох умайар. Саҥа-иҥэ суох. Арай хаппахчы иһигэр кыргыттар күлсэр саҥалара иһиллэр.

Өйүк – сылгынан байбыт киһи. Уон атыыр үөрдээх. Ынах сүөһүнү элбэҕи туппат. Бу чугас эргиннээҕи ыаллар бары кини үлэһиттэрэ. Үлэлииллэрин иһин аһынан-таҥаһынан хааччыйар. Саас быстарыыга салгыыр. Сааһынан кырдьаҕаһа суох, түөрт уон аҕыһа. Икки ойохтоох. Иккис одьулуун ойоҕо сүөһүтүн көрөн туһунан олорор. Маҥнайгы ойоҕо Мылаҥныыр хотун киниттэн икки сылынан аҕа. Аҕата Ньыкка Өйүк уон алталааҕар уон аҕыстаах кыыһы кытта холбообута. Үөрэнэн хаалбычча, маҥнайгы ойоҕун кытта олорор. Иккис ойоҕор ыйга биирдэ баран, хас да хонон кэлээччи. Уонна манна уон сэттэ саастаах таптыыр мааны кыыһа Сэгэттэй олорор. Иккис ойоҕо эмиэ сааһырда. Түөрт уончалаах дьахтар. Киниттэн икки оҕолоох. Дьахтар түөрт уонуттан таҕыста да кэхтэн барар, онон үһүс эдэр ойохтонуон баҕарар. Киһи сааһырдаҕына, эдэргэ ордук тардыһар буолар эбит.

Хаҥалас үтүөлэрэ бары кини үйэ-хайа аймахтара. Эһэтэ Мунньан Дархан эмиэ хаҥаластары баһылаабыт ытык киһи этэ. Өйүк бэйэтэ эдэригэр даҕаны күүһүнэн өттөйбөтөҕө, кыргыска кыттыбатаҕа. Аҕатын баайын хаҥатан, билигин үчүгэйдик олорор. Дьон-сэргэ бары түс-бас, холку майгытын, дьаһаллааҕын иһин кинини ытыктыыллар, иннин быһа хаампаттар.

– Тойонуом, өрүс диэкиттэн нууччалар иһэллэр! – дии-дии, таһыттан кулут уол сүүрэн киирдэ.

Өйүк хайдах эрэ дьик гына түстэ:

– Иһэллэр даа?! Хас киһи иһэрий?

– Уончалар.

Өйүк туран хааман хааһалдьыйан тиийэн, хаппахчы аанын өҥөйөр.

– Хотуйдаар, тахсан дьалты буолуҥ! Мин ыҥыырдаах аппын мииниҥ. Нууччалар иһэллэр үһү. Чэ, түргэнник, – диэн, Өйүк кыргыттары тиэтэтэр.

Икки кыыс хаппахчыттан тахсан, таһырдьа куоталлар.

– Бу алдьархайы! – дьиэлээх дьахтар хаҥас ороҥҥо иистэнэ олорон, эмиэ куотуох курдук эрин диэки көрөр.

– Эн ханна да барыма. Тыыппаттар ини, ама хайа үлүгэрий, – Өйүк ыар ыалдьыттарын көрсөөрү тахсар.

Дьиэлээх киһи ыалдьыттары сүгүрүйэн көрсөр. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэр. Нууччалар сааларын-сэптэрин илиилэриттэн араарбакка тута сылдьаллар. Саха майгытын быһыытынан, ыраахтан кэлбит ыалдьыт, эйэ дэмнээх буоллаҕына, саатын-саадаҕын дьиэҕэ киллэриэ суохтаах. Сэрии, булт сэбин ыйыырга аналлаах үс көхөлөөх саадах сэргэ ат баайар сэргэттэн тэйиччи турар. Нууччалар, саха майгытын билбэт буоланнар, онно кыһамматтар. Баҕар, сэрэхэчийэллэрэ да буолуо. Өйүк ыалдьыттарын сирэйдэрэ-харахтара сымнаҕаһын көрөн уоскуйа санаата. Тоҕо кэлбиттэрэ буолла? Эйэ дэмнээх буоллаллар үчүгэй этэ. Киһи эрэммэт дьоно.

Петр Бекетов Өйүктэн, Петрушканан тылбаастатан, ханна кимнээх олороллорун, төһө элбэхтэрин, онно хайдах тиийиэххэ сөбүн эҥин ыйыталаһар. Сахалар биэрэстэ диэни билбэттэрин, сири көһүнэн кээмэйдииллэрин билэр.

Хамначчыт уолаттар ыалдьыттарга сиэтээри, эмис тыһаҕаһы өлөрдүлэр. Киэһэ ыалдьыттар далла ураһа иһигэр ыҥырыллан, аһаары сибиэҕэ олордулар. Өйүк ыалдьыттарын буспут эдэр сүөһү этинэн, өрүс бастыҥ балыгынан аһатта. Нууччалар кымыһы, кыыймыт үүтү иһэллэр эбит.

– Ыл, ыйыт эрэ, соҕуруу дойдуларыгар хаһан бараллар үһүнүй, – Өйүк аһыы олорон, маҥнай кэлбит нууччалар киис тириитин хомуйан баран төннүбүттэрин санаан, ыйытар.

– Мы будем жить у вас долго. Здесь земли много, а людей мало, – Бекетов быһаччы хоруйдуур. Ону Петрушка тылбаастыыр.

– Оттуур ходуһа тиийбэт. Кураан буоллаҕына, сүөһүбүт сутуур. Инньэ диэн эт.

– У нас в России если худое лето, скот тоже голодает. Вся якутская земля будет под великою государева руку.

– Туох диирий?

– Саха сирэ бүтүннүүтэ государь илиитигэр киириэ диир, – Петрушка, ыстаабытын ыйыстан баран, тылбаастыыр.

– Туох илиитигэр диэтиҥ?

– Государь диэн. Ол аата ыраах баар улахан тойонноро. Ону государь диэн ааттыыллар.

– Ол төһө ыраах сиргэ баар тойонуй?

– Ыраах да ыраах. Киһи биир сыл айаннаан тиийэр сирэ.

– Оо, кыраман ыраах дойду эбит.

– Скажи ему, Петрушка, пусть он соберет от всех своих родовичей ясак и принесет нам. А ежели не принесет, то мы его заберем в аманаты, – Бекетов сүрүн соругун чиҥэтэн быһа бааччы этэр.

– Тойон этэр: дьоҥҥуттан киис тириитин хомуйаҥҥын илдьэн биэриэҥ үһү. Аҕалбатаххына, эбэтэр киминэн эмэ ыыппатаххына, аманаакка тутуохтара, – Петрушка сахалыы саҥарар.

– Туохха тутуохтара даа?

– Аманаакка. Ол аата эйигин бэйэҕин эбэтэр оҕоҕун тутан илдьэн хаайыыга олордоллор. Хаһан киис тириитин аҕалыаххар диэри ыыппаттар.

– Оо, сор эбит! Ол төһө кииһи биэрэбин?

– Төһөнү кыайаргынан. Төһөнөн элбэҕи биэрэҕин да, соччонон үчүгэй. Эйигиттэн, бука, элбэҕи эрэйэллэрэ буолуо. Элбэх кииһи биэрбит киһиэхэ манньа биэрэллэр.

– Тугу биэрэллэр?

– Оҕуруо уонна алтан иһит биэрээччилэр.

– Киис тириитин эрэ ылаллар дуо?

– Киис эрэ тириитин.

– Еще скажи, Петрушка, если будут непослушны и начнуть побивать казаков и промышленных людей, то мы придем с огненным боем. Убьем и скот ваш угоним. А если привезут ясак, мы встретим их ласкою и приветом, – диэн Бекетов эбэн биэрэр.

Петрушка тойоно эппитин Өйүк өйүгэр түһэр гына быһааран биэрэр. Киһитэ бэркиһээн баһын хамсатар: «Сүрдээх да дьон, сүрдээх да дьон!» – диэмэхтиир.

Нууччалар дьаһааҕы төлүөн сөптөөх аҕа ууһун ыалларын аҕаларын аатын ыйыталаһан суруйдулар. Уон ыҥыырдаах аты босхону эрэ үрдүнэн атыыластылар. Өйүк харыһыйа санаата да хайыай, биэрбэтэҕинэ даҕаны, ылан тэйэр буолуохтаахтар…

Сарсыарда баралларыгар Өйүк дьаһааҕы кыһын түүлээх булда бултаммытын кэннэ ыытыах буолан тылын биэрдэ.

* * *

Бекетов дьоҕус этэрээти тэрийэн, Лена устун хоту ыыппыта. Хоту диэки тоҥустар уонна дулгаан сахалар олорор сурахтарын истибитэ. Барбыт дьон өрүс төрдүн ааһан, хоту төһө кыалларынан ыраах тиийэн билэн-көрөн кэлиэхтээхтэр.

Кыырт уйатын таһыгар баар куһу сойуолаабат. Ол кэриэтэ Иван Галкин чугас олорор саха ыалын кытта үчүгэй сыһыаны олохтообута. Отторун-мастарын тиэйтэрэллэригэр, аттарын көрдөрөргө, ынаҕы ыатарга, тутууга эҥиҥҥэ сахалары үлэлэттэҕинэ табыллар. Онон чугас олорор ыаллартан дьаһаах хомуйбаттар. Дөксө оҕуруо эҥин биэрэн албыннаһа сатыыллар.

Сахалар маһы таҥастаан үлэлииргэ дьоҕурдаах үчүгэй үлэһиттэр эбит. Остуруогу тутарга кинилэри көмөлөһүннэриэхтэрэ. Хайыы үйэ маһын тастаран эрэллэр. Сахалар аты сыарҕаҕа көлүйбэттэр эбит. Оҕустаах сыарҕанан таһаллар.

Нууччалар Өйүк баайга ыалдьыттаабыттарын курдук, чугастааҕы улууска тахсан, үчүгэй сыһыаны көрсүбэтилэр. Мэҥэ баайа Босхоҥ Боруохал баатырдара сулумах ох дьолуотунан сойуолаан көрүстүлэр. Кинилэри куйахтаах стрелецтэр тимир саанан ытыалаан үрүө-тараа ыыттылар.

Петр Бекетов өрүс чугастааҕы арыыларын «биһиги ылабыт» диэн тылбаасчытынан этиттэрэн, саха баайдарыттан көрдөөн ылбыта. Сахалар онно сөбүлэспит курдук буолбуттара. Кинилэр ханна баҕарар оттуохтара. Сирдэрэ киэҥ.

Ол арыыларга промысловиктары оттотоллор. Кинилэр сайынын туос иллэҥнэр. Күһүн онно-манна бултуу тарҕаһыахтара. Нууччалар саха дьонун хомуйан, кэпсэтэн эмиэ оттотоллор.

Хаһаактар ыраах улууска баралларыгар элбэх ат наада. Өссө ынах атыылаһан, ыатан, үүт иһиэхтэрэ. Остуруок таһыгар улахан хотонноох саха балаҕанын, күрүө-хаһаа туттаран, онно ыанар ынаҕы туруорар санаалаахтар. Ол сүөһүнү эмиэ саха дьоно көрүөхтэрэ.

* * *

Петр Бекетов киис тириитэ кэһиилээх саха тойоно кэлбитин истэн, киэргэлгэ кэтэр таҥаһын таҥнан көрсө тахсар. Икки дьабадьытынан намылыйбыт бытыктаах, төрөл саха киһитэ нуучча тойоно тахсыбытын көрөн сүгүрүйэр. Икки өттүгэр турар киис тириитин түрбэтин ураҕас төбөтүгэр хороччу туппут арыалдьыттара эмиэ сүгүрүйэллэр.

Бекетов, утары кэлэн тохтоон, ыйытан, кэпсэтиини саҕалыыр.

– Эн кимҥиний диэн ыйытар, – Петрушка диэн ааттаах тылбаасчыта сахалыы саҥаран, кэпсэтиини салгыы тылбаастыыр.

– Аҕа ууһун баһылыга Лөгөй диэммин, – саха тойоно аатын этэр.

– Откуда приехали? – Бекетов эмиэ ыйытар.

– Бороҕон сириттэн.

– Входи, будешь гостем, – Бекетов дьиэ аанын диэки илиитин садьыс гыннаран ыҥырар.

Бекетов ыалдьыттарын дьиэҕэ киллэрэн, остуолга ас тартаран күндүлүүр-маанылыыр. Петрушка аттыларыгар олорон кэпсэтиилэрин тылбаастаан биэрэр.

Өрдөөҕүтэ Пенда кэлэн ааһарыгар үс саха уолун соҕуруу дойдуга илдьэ барбыта. Ол уолаттар Енисейскэйгэ аҕыйах сыл олорон, нууччалыы иҥнибэккэ кэпсэтэр буолбуттара. Иван Галкиҥҥа Ивашка диэн тылбаасчыт баар. Сүрэхтэнэн, христианскай итэҕэли ылынан, нууччалыы ааттаахтар.

– Ты, Логуй, скажи всем тойонам, кто придет к нам с ясаком, то будет дорогим гостем. А на тех, кто будет побивать наших казаков, мы пойдем войною и будем громить, – Бекетов оҕоҕо өйдөтөр курдук бытааннык саҥарар, сөмүйэтин чочоҥнотор.

– Тойон киис аҕалбыт дьону күндүлүөм-маанылыам диир. Оттон утарылаһар буоллахтарына, сэриилиибин диир. Тойотторго этиэҥ үһү, – диэн Петрушка тылбаастаан биэрэр.

Итинтэн салгыы Бекетов Лөгөйтөн ханна кимнээх олороллорун ыйыталаста. Ыалдьыт этэрин суруксут киһи кумааҕыга суруйар. Ону Лөгөй дьиибэргээн одуулаһар. Петр Бекетов төһө элбэх киһи олорорун, тойонноро төһө баайдааҕын, онно ханан барыахха сөптөөҕүн ыйыталаһар.

Баралларыгар Лөгөйгө алтан хочуолга оҕуруо кутан биэрдилэр. Илиитигэр суулана эриллибит кыра соҕус холуста таҥаһы туттардылар. Лөгөй онно үөрэн, уон ыҥыырдаах аты ыытыах буолла. Онон бэркэ тапсан, үчүгэй сыһыаны олохтоотулар.

* * *

Мымах баай Эҥсиэлиттэн киэҥ Туймаадаҕа киирэн, өр айаннаан, Өйүк баайга ыалдьыттыы кэллэ. Утары тахсан тэһиин тутан, бастыҥ сэргэҕэ түһэрдилэр. Атыттан түһэн, көһүйбүт сиһин көннөрөн тыыллаҥнаата.

Кини кыҥаттарыгар Хаҥаласка сылдьыбатаҕа өр буолла. Эдэригэр Хаҥалас баайын кыыһын сүгүннэрэн илдьибитэ. Онон хаҥаластар күтүөттэрэ. Сааһынан Өйүктэн биэс сылынан балыс.

Дьиэлээхтэр ыалдьыты кытта саха үгэһин быһыытынан хардарыта ыйыталаһан олох-дьаһах, сүөһү-ас, дьон-сэргэ, дьыл эҥин туһунан кэпсэттилэр. Сибиэҕэ ас тардыллан аһаары олордулар.

– Дьэ нууччалар кэлэннэр аҥаардастыы айбардаан эрэллэр дии. Миэхэ тахса сырыттылар. Киис хабалатыгар киирэн, дьоммуттан хомуйан биэриэх буоллум. Хайаан да ылан тэйэр урдустар кэлбиттэр быһыылаах, ылбатахтарына сүгүн олордуохтара суоҕа диэн, биэриэх буолан тылбын биэрдим. Хайыамый. Эн тылгын истээри кэллим, – Мымах санаата аймаммыта биллэр.

– Улахан тойонноро уонча киһилээх миэхэ кэлэн хонон барбыта. Хааннаах хайгыаны4 анньар санаалара суох дьон дии санаабытым. Сураҕа утарыласпат, көрдөөбүттэрин биэрэр дьоҥҥо сымнаҕастар үһү, – Өйүк аргыый саҥарар.

– Мин киис хомуйан баран дойдуларыгар төннүөхтэрэ дии санаабытым. Барыа суохтар. Мин утарыбар, өрүс уҥуор, кыстыыр дьиэлэрин оҥостоллор үһү. Аны өрүс арыыларын ылан оттотоллор. Онон сирбитигэр-дойдубутугар букатын олохсуйаары кэлбиттэр быһыылаах.

– Миигиттэн дьон аатын ыйыталаһан суруйан барбыттара. Эмиэ тугун баҕайыта буолла. Аҕаларын аатын эмиэ ыйыталлар.

– Биһиэхэ эмиэ суруйбуттара. Аны кинилэр хамначчыттара буоларбыт буолуо. Кэлэн иһэн Тулагыга Ханайга хоннум. Ханай оттуур ходуһабын былдьатан, отчуттарбын ыраах алааска таһаардым дии олорор. Улахан Арыыны аны Нуучча Арыыта диэн ааттыыр буолбуттар.

– Биһиги, чугас олорор дьон, утарыластахпытына, эстэбит. Ол кэриэтэ эйэ дэмнээхтик олорбуппут ордук буолуо.

– Кииспитин, саһылбытын кинилэргэ биэрэн баран бэйэбит тугу таҥнабыт? Кэлин элбээтэхтэринэ, сүөһүбүтүн даҕаны былдьыахтара. Оччоҕо эстэбит буолбат дуо…

– Сүгүннүө суох буоллахтарына, утарылаһыахпыт даҕаны.

– Аҕыйах эрдэхтэринэ билигин тутуу былдьаһыахха баара. Бары мустан сэриилээтэхпитинэ, тулутуохпут суоҕа. Тимир саалара үчүгэй куйаҕы хоппот дииллэр.

– Ону ким тэрийиэй? Аҕа ууһун аайыттан баатырдары ким мунньуой? Бары тус-туһунан бара сылдьабыт буолбат дуо. Урукку өспүт-сааспыт баарына, дьонуҥ холбоһуохтара дуо?

На страницу:
2 из 6