bannerbanner
Үйэ кирбиитигэр
Үйэ кирбиитигэр

Полная версия

Үйэ кирбиитигэр

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
6 из 6

Иван Галкин хаһаактара күнү быhа хас эмэ алааhынан эккирэтэн көрдүлэр да, кыайан сиппэтилэр. Сороҕор ааhан истэхтэринэ, тыа быыhыттан оҕунан ытыалыыллар. Онон хаһаактар сыалларын ситиспэккэ төнүннүлэр. Галкин санаата түстэ. Маннык буоллаҕына, сахалар сүгүн бэриниэ суохтар. Кинилэри кытта сайын сэриилэhэр куhаҕан эбит. Бүтүннүү тыа дойду. Ыаллара киэҥ сиринэн арҕам-тарҕам олороллор. Онон сирдэрин-уоттарын бэркэ билэр буолан, олох таба туттарыа суохтар.

Балаҕан ыйын эргэтигэр промысловиктар бултаары онно-манна тарҕастылар. Остуруокка хаһаактар, стрелецтэр, аҕыйах үлэhит эрэ хааллылар.

Алтынньы ый үүннэ. Күөл мууhа тоҥон, кыстык хаар түстэ. Хаһаактар тыаҕа тахсан, оттук мас кэрдиитигэр үлэлээтилэр. Бэлэмнэммит маhы сахалар оҕустаах сыарҕанан тастылар.

* * *

Саттаар үүтээнигэр тахсан бултаабыта уонча хонно. Икки кииhи, уон үс тииҥи өлөрбүтэ. Онон бултуйбут курдук сананар.

Үүтээнэ кыракый алаас хоту тумулугар баар. Муннугар кыра оhохтоох. Киэhэ бултаан кэлэн баран, оhоҕун отуннуҥ да, кыараҕас үүтээн иhэ сылыйан бырылыы түhэр. Аны олус сылыйан аанын сэгэтэр.

Хаар син халыҥаабыт. Күн аайы атын миинэн, ытын батыhыннаран, күндү түүлээҕи сонордуур. Киис саҥа суолун көрдөҕүнэ, ытын киксэрэн батыhыннарар. Ыта кииhи сонордуурга үөрэнэн эрэр. Киис ырааппат. Көс аҥаарынан ыта ситэн тииккэ таhаарар. Оччоҕо улахан чаачар саанан ытан түhэрэр.

Быйыл күhүн Бардыалаахха дьиэ, хотон, хоспох, кыбыы, дал тутуспута. Үлэлээбитин иhин Мымах баай тыhы борооскуну биэрбитэ. Онно дьоно үөрбүттэрэ. Таах олордоххо, ол хантан кэлиэй. Таhыттан киирбит таммах да хаалбат.

Сарсыарда туран оhоҕун оттон олгуйдаах ууну сылытан аhаата. Аhыы олорон бүгүн ханан барарын толкуйдаата. Мантан арҕаа Кэҥкэмэ үрэххэ диэри халыҥ сис. Илин онон-манан кыра чоҥолох алаастар бааллар. Оттон соҕуруу уонна хоту өттүгэр кэдээл быыстардаах сис тыа. Онон-манан булчуттар үүтээннэрэ баар. Сир төhө да киэҥин иhин, атын булчут кэлэн ааспыт суолугар түбэhэ түhээччи.

Ыта Баhырҕас аттыгар сытан тугу эмэ быраҕан биэрээрэй диэн кэтэhэр. Кыҥнах гына-гына көрөр. Өҥүргэс уҥуохтаах эт тобоҕун быраҕан биэрбитигэр, айаҕар хап гына түhэрэн, ыстаамахтаан иhэн ыйыстан баран салбанан эрэ кэбистэ.

Аhаан баран атын ыҥыырдаан, уулатаары, чүөмпэҕэ сиэтэн киллэрдэ. Тоҥмут ойбону сүллүгэс маhынан көҥүтэ анньыалаата.

Бүгүн арҕаа сискэ киирэн хаамтаран баран, сыыйа эргийэн соҕуруу диэки хайыhар санаалаах. Тыаҕа хаама үөрэммит ат сэдэх мастаах тэҥкэнэн иҥнибэккэ сылдьар. Сороҕор тиит лабаатын аннынан ыытан, көмнөҕү саккыратар.

Саттаар ыҥыыр үрдүгэр олорон бултуурун сөбүлүүр. Ыраас чэбдик салгын, сырдык тунал хаар, эдэр эрчим уонна сонор суолун кэтэhиилээх эрэлэ санааны көтөҕөр. Ытын төргүүгэ быалаан сиэтэ сылдьар. Мээнэ ыытан кэбистэххэ сороҕор сүтэн хаалан эрэйдээччи. Ыта сааhа үhэ эрэ. Эдэр ыт буолан мээнэ сүүрэкэлиир. Сороҕор куобаҕы эккирэтэн тыаhы-ууhу таhаарар, үлүhүйэн ыраатан хаалар. Үчүгэй киисчит ыт киистэн атыҥҥа кыhаммат буолар диэччилэр.

Тыаҕа булт суола-ииhэ элбэх. Үксэ эргэ суоллар. Ыта туох эрэ сытын ылан, сытырҕалаан тиҥсирийэн, быатыттан тардыhар. Эдэр ыт, булчут хаана тардан, кутуйах да сытын ыллаҕына, тиит көҥдөйүн, абырҕал аннын эҥин сытырҕалааччы.

Тииҥ куhугураан тахсыбытын иhиттэ. Уҥа диэки чугас турар намыhах соҕус тииккэ ыттыбыт эбит. Онно тиийэ охсон, Саттаар атыттан түhэн ытын баайда. Улахан чаачар саатын ылан, иитэн, оноҕоhун укта. Тииҥ тиит ортоку салаатын төрдүгэр олорор. Олус анныгар тиийбэккэ кыҥаан, ытан «дар» гыннарда. Тииҥэ табыллан түөрэхтэнэн түстэ. Сороҕор сыыhа ытан кэбиhэн, тииҥи үөhэ таhааран кэбиhээччи. Оччоҕо хаста эмэ ытан, оноҕоhун көрдөөн, күнүн ыытар. Сорох тииҥ атын маска ыстанан эбэтэр харса суох аллара түhэн куотара эмиэ баар буолар.

Кииhи да, тииҥи да ытарыгар ытын баайар. Баайбатаҕына, ыта үөhэттэн сууллубут булду айаҕар түhэрэн эбэтэр үрдүгэр түhэн тириитин алдьатыаҕа.

Эмиэ атын миинэн барбахтаан иhэн, киис суолун көрдө. Атыттан түhэн, чинчийэн көрөн баран эмиэ миинэн, аhара барда. Иллэрээ күн кэлэн ааспыт. Суола кырыаланан эрэр. Күн үөhэ ойон, тииттэр быыстарынан сандаарыччы тыгар. Кыhыҥҥы тыа иhэ ыраас, сырдык. Тугу барытын тунал хаар сабан, салгынныын ырааhырбыт. Күн тыкпыт сиригэр хаар кыырпахтара чаҕылыҥнаhаллар. Дьылҕан тииттэр уhаабыт күлүктэрэ көбүс-көнө курдуктар. Бултуу сылдьар киhи соҕотохсуйбат. Ата уонна ыта бааллар. Кэтэhэр кэтэhиилээх буолан, көрө-истэ, сэргэхтик туттан иhэр.

Ытын ыытан кэбиhэргэ сананна. Сарсыардааҥҥы уоҕа арыый ааста быhыылаах. Оччо ырааппат ини. Баҕар, саҥа суолу сонордоон, кииhи тииккэ таhаарыа. Эбэтэр эрийэ-буруйа сылдьан тубэhэ түhүө. Киискэ үөрэтээри, икки кииhи тииккэ таhааран үрбүтүгэр, сиикэй эт тооромоhун сиэбигэр укта сылдьарын ылан биэрбитэ.

Баhырҕас, босхолоноот, иннин диэки сүүрэн дыгыйда. Сотору тугу эрэ эккирэтэн, кэлин атахтарынан хаары хаhыйа тэбиэлээн ыhыахтаабыта көhүннэ. Намыhах симилэххэ киллэрэн, эккирэтэн маhы, талаҕы тыаhатта.

Булчут атын симилэххэ киллэрбэккэ, иҥнэри сиринэн эргийэ барда. Ыта ханна эрэ тиэрдэн тииккэ таhаарда быhыылаах – үрэр саҥата иhилиннэ. Саттаар сэдэх мастаах тэҥкэ тыаны батыhан, нөҥүө өттүгэр кэлэн көрбүтэ – ыта тииҥи эккирэппит эбит. Үрдүк баҕайы тииккэ таhаарбыт. Сонно тута киис суолун көрдө. Ат үрдүттэн көрдөххө – саҥа суол. Онон тииҥҥэ кыhаммакка, ытын ыҥыра-ыҥыра атыттан түстэ. Киис суолун үчүгэйдик сирийэн көрдө. Бөлүүн ааспыт. Ыта кэлбитигэр, киис саҥа суолун сытырҕалатта. Ыта сыт ылан батыста. Суолу батыhан үрдүк сиргэ тахсан барбахтаан иhэн эмиэ таҥнары түhүүгэ кэллилэр. Киис суола онон-манан эрийэ-буруйа сылдьыбыт. Ол үчүгэй. Айан кииhэ буолбатах эбит. Ырааппатаҕа буолуо.

Ытын эмиэ төргүүлэнэн илиитигэр тутан иhэр. Киис чугас баарын биллэҕинэ ыытыа. Киис суола ыарҕа быыстаах силээҥҥэ киллэрдэ. Ыарҕа быыhыгар киирэн туора-маары сылдьан тиҥсирийбит. Онтон эмиэ үөhэ тахсыбыт. Суолу батыhан, онон-манан сылдьан, тоҥ күөс быстыҥа10 сонордоотулар. Илин диэки иэҕиллэн барбахтаан иhэн, хатыҥ чараҥҥа киирдилэр. Суолу сытырҕалыыр ыта кутуругун куйбаҥнаппытын көрөн, булчут ытын быатын сүөрэн ыытан кэбиhэр. Ол аата ыта киис сыта суолуттан соччо сүтэ илигин биллэҕэ. Ырааппатаҕа буолуо. Ыт суолу батыhан, инники сүүрэн элэс гынан хаалла. Сотору үрэр саҥата иhилиннэ. Тииккэ таhаардаҕа. Хата, кииhи сонордуурга түргэнник үөрэннэ. Ымыылаах ыт эбит. Атын тиэтэтэн ытыгар тиийбитэ – кииhи хатыҥҥа таhаарбыт. Кыhыҥҥы хатыҥ иинэҕэс лабаатыгар олорор киис улахан баҕайы курдук көстөр. Ымсыырбыт санааҕа эбитэ дуу?

Булчут маҥнай ытын тутан, биирдэ сүөрэ тардан босхолуур гына баайда. Чаачар саатын иитэн, тиэтэйбэккэ кыҥаан, кииhи түҥнэри ытан түhэрдэ. Ситэ өлбөккө тэбиэлэнэ сытар кииhи көхсүттэн тутан ылан, агдатын хам тутта. Ытыгар сиэбиттэн тоҥ эт тооромоhун ылан биэрдэ. Бултуйбут киhи быhыытынан, охтубут тиит үрдүгэр олорон, киис түүтүн кылаанын үрэн көрдө. Түүлээхтэн эрэ үчүгэй булт. Ол иhин нууччалар умсугуйан эрдэхтэрэ. Арай кииhи сүлэргэ сыта куhаҕан буолааччы.

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Конец ознакомительного фрагмента
Купить и скачать всю книгу
На страницу:
6 из 6