bannerbanner
Биһиги Аан Дархаммыт
Биһиги Аан Дархаммыт

Полная версия

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
9 из 11

– Уу, мин эбитим буоллар, дьэ бырааһынньыкка сылдьа таарыйа барыам этэ, – ыалдьыт ис санаатын кистээбэтэ. – Раиса Максимовна оннооҕор Горбачев омук сиригэр бардаҕын аайы куруук кини иннигэр сылдьар курдук этэ дии. Һы-һы.

– Оо дьэ, этимэ даҕаны. Ааранан киһи кыбыстыах инньэ гынар этэ ээ. Мин дьэ, бысталыахтара да буоллар, государство салайааччытын иннигэр илин-кэлин түһүө суохпун. Саха дьахтара айылҕаттан сэмэйэ былыр-былыргыттан биллэр буоллаҕа… – Дора Никитична көрүҥэ холку, дуоспуруннаах. – Дьокуускайга кэлэн баран өр баҕайы үлэ булбакка сырыттым. Кэлин санаатахха, икки кыра оҕолоох буоламмын, миэстэ баарын үрдүнэн ылбаттар эбит. Бэрт өр кэминэн министерствоҕа статистик үлэтигэр ылбыттара. Онтон тыа хаһаайыстыбатын техникумугар преподавателинэн киирбитим. Бэркэ сөбүлээн үлэлии сырыттахпына, Михаилы 1970 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ыыппыттара. Мин выпускной группалаах буоламмын, хаалан балтараа сыл үлэлээн баран тиийбитим. Онно лабораторияҕа үлэлээбитим.

Дьиэбит благоустроеннайа суох этэ. Ону түүн 12 чааска диэри хачыгаардаан баран сарсыарда турдаххына, тымныйан уорааннаммыт буолара. Киһим куруук бара-кэлэ сылдьар, кыргыттарым кыралар. Маспын бэйэм хайытан кыстаан, мууспун киллэринэн олорбутум, хата кириэпкэй соҕус буолан тулуйбутум. Онтум диэн кыра, аны «диспетчер» буолан хаалаҕын ээ, туох баар кыһалҕаларын барытын биһиэхэ быһааттараллар. Түүн 12 чаас саҕана эрийэллэр: «Скорай кэлбэтэ», «ойоҕум төрөөн эрэр» диэн буолар, эбэтэр: «Биһигини кутуйах буортулаабыт бурдугунан оҥоһуллубут килиэбинэн аһаталлар, райком сэкирэтээрэ оннук килиэби сиэбэтэ буолуо», – дииллэр. Оттон биһиги ону быһан ылан быраҕа-быраҕа сиир этибит. Ол саҕана үүккэ уочарат да уочарат, бөтүөннээх бараммын турабын. Ону, сибигинэһэн даҕаны буолбатах ээ, аһаҕастык кэпсэтэллэр. «Көрүүй, ол пиэрибэй сэкирэтээр ойоҕо уочаракка турар. Кубулунан турар ини, үүттээҕэр буолуоҕу дьиэтигэр аҕалаллара буолуо», – диэтэхтэрэ үһү.

– Аата сүрүн, маҕаһыыҥҥа да кыайан сылдьыбат үлүгэрэ эбит дии!

– Сахаларыҥ нууччалар курдук буолбатахтар ээ, тойону тойон курдук көрөөччүлэрэ суох. Михаил ыалдьан балыыһаҕа киирбитигэр биир салайааччы, совхоз управляющайа дуу, дириэктэрэ дуу киһи, кэлэн сэтэрээбиттээх. «Дьэ эн да буолларгын ыалдьыбыккын дии, быраас илиитигэр киирбиккин. Бу быраас илиитигэр киирбит киһи өрүттүбэт идэлээх», – диэн ньиэрбэтигэр оонньоон аҕай биэрбитэ. Билиҥҥим эбитэ буоллар, таһырдьа анньан таһаарыам этэ. Оччолорго эдэр буолан тулуйбут эбиппин.

– Кырааһын кэриэтэ эбит дии!

– Оннугун кэриэтэ. Ол киһитин хата манна үлэҕэ аҕалбыта дии. Михаил итинник, киһиэхэ өстүйбэт идэлээх, киниэхэ куһаҕан санаалаах дьоҥҥо төттөрүтүн үчүгэйи оҥорооччу. Өйдүөхтэрэ, көнүөхтэрэ диэн иитэр, үөрэтэр быһыыта эбитэ ини. Дьэ оннук киһи. Оттон үлэтин чааһыгар бииргэ олорорбут тухары тугу өйдүүрүн-саныырын таһыгар таһаарбыта суох.

Тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар да үлэлии сырыттаҕына туорайдаһааччылар бааллар этэ. Кини наар сир боппуруоһун, сири оҥорууну туруорсара. Ону: «Саха хаһан сиртэн аһаабытай?» – диэн утараллара. Бэл «бэйэтэ бааһынай буолан сири өрө тутар» диэччилэр кытта баалларын атын дьонтон истэрим. Араастаан сирэй-харах анньалларыттан төһө да мунчаардар, олох биллэрээччитэ суох, өһү-сааһы туппат идэлээх, аһаран иһэр. Кэлин даҕаны кинини куһаҕаннык саҥарар дьонтон кыһыйан туох эмэ диэтэхпинэ, бэйэбин саба саҥарааччы. «Ол дьон эрэйэ, кыһалҕата. Ону олох саҥарыма. Кэлин өйдүөхтэрэ», – диирэ. Үҥсэргээһин курдук буолла быһыылаах да, баары кырдьыгынан этэбин. Дьон болҕомтотугар тахсара, баҕар, сатамньыта суох буолаарай? – Дора Никитична, ыйытардыы, утары көрдө.

– Тоҕо сатаммат буолуой? Олох кырдьыга, обществоҕа баар быһыы-майгы норуокка хайдах баарынан тиэрдилиннэҕинэ эрэ, өй-санаа уларыйыыта, быһыы-майгы тупсуута тахсыа этэ буоллаҕа. Итэҕэс-быһаҕас этиллибэккэ кистэлэҥҥэ хааллаҕына, обществоҥ сайдыахтааҕар сатарыйар буоллаҕа дии.

– Эмиэ да сөп курдук эбит. Кырдьык, итэҕэспитин-быһаҕаспытын норуоттан кистээн-кистээн, туох баар куһаҕаммыт олус мунньуллан, урукку уопсастыбабыт, арааһа, онтон да самыннаҕа.

Михаил дьиҥинэн сүрдээх үтүө санаалаах, оҕолорун наһаа таптыыр. Ол гынан баран үлэтиттэн ордубат буолан, оҕону иитиигэ соччо кыттыбатаҕа. Наар миэхэ эрэнэр да, эр киһи иитиитэ эмиэ наада буоллаҕа. Оҕолорун кытта истиҥник кэпсэтэр бириэмэтэ да суох курдук, көннөрү эттэ да барыта туолуохтааҕын курдук саныыр. Кэлин сааһыран баран арыый болҕомтотун уурарга кыһаллар.

Уопсайынан, дьон кыһалҕатын өйдүүр, хата бэйэтин оҕолоругар, аймахтарыгар соччо кыһаллыа суоҕа. Кыра кыыспыт Плеханов аатынан Академияны бүтэрэн кэлбитигэр Эргиэн министиэристибэтигэр үлэҕэ ылбыттара. Ону миниистир Готовцевка: «Саамай элбэх үлэлээх уонна саамай кыра хамнастаах үлэҕэ туруор», – диэн эттэҕэ дии. Кыыһа ону истэн баран: «Другие устраивают своих чад туда, где много получают. А он наоборот…» – диэбитэ. Кэлин бэйэтэ үлэ булан көспүтэ, билигин Англияҕа баар, эмиэ бэйэтэ үлэ булунан сылдьар.

– Дьикти баҕайы дии, атын ханнык даҕаны салайааччы туһунан итинниги истэ илигим. Дьиҥинэн бэлэмҥэ үөрэммэтин, самостоятельнай буоллун диэн эппитэ буолуо. Оттон ити дьон кыһалҕатын өйдүүрүн туһунан биир түбэлтэни мин тус бэйэм истэн турардаахпын. Сэттэ уонус сыллар бүтүүлэрин диэки, арааһа, Михаил Ефимович миниистирдии сылдьар кэмэ эбитэ буолуо, мин быраатым, Чурапчы Мындаҕаайытыгар олохтоох элбэх оҕолоох учуутал киһи, кыра кыыһа эмискэ муҥурдааҕа ыалдьан ууга-уокка түһүү буолар. Олохтоох балыыһаҕа хирург диэн суох, Чурапчыга илдьиэхтэрин оччотооҕуга суол-иис эмиэ суох кэмэ. Дьэ төрөппүттэргэ оҕолорун туһугар улахан куттал үөскүүр. Ол муна-тэнэ олордохторуна, арай биэрэк үрдүгэр спортплощадкаҕа вертолет кэлэн түһэр. Быраатым кэргэнин, оҕотун матасыыкылга олордор да, вертолекка ыга сүүрдэн киирэр. Вертолет туох эрэ таһаҕаһын түһэрэн баран көтөөрү өгдөҥнөөн эрэрэ үһү. Ону хаһыытаан-ыһыытаан, далбаатаан нэһиилэ тохтоппуттар. Пилот кабина аанын аһан уҥуор көтөрүн, Чурапчыга барбатын туһунан эппит. Мин дьонум, оҕолорун тыынын туһугар ыксаан, балаһыанньаларын өйдөтө, көрдөһө-ааттаһа сатаабыттарын киһилэрэ истибэккэ туораан, тэйэн биэрэллэрин модьуйбут. Ол кэмҥэ арай вертолет салонун аана аһылларын кытта Михаил Ефимович тахсан кэлбит. Түһэн дьоммор кэлэн ыйыталаһан билэн баран, оҕону ийэтин кытта суһаллык вертолекка ылан, Чурапчыга төттөрү көтөргө дьаһайбыт. Аара көтөн иһэн оҕолоох дьахтар аттыгар олорон, оҕо туруга хайдаҕын көрө-истэ, ыйыталаһа, сүбэ-ама биэрэ испит. Онон оруобуна кини түбэһэ баар буолан ол оҕону быыһаан-абыраан турардааҕын дьонум билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахталлар. Ол кыыс билигин бэйэтэ хас да оҕолоох ыал ийэтэ буолан Дириҥҥэ олорор.

– Ээ, оннук баар эбит дуу? Итинник дьыалаҕа кини дьэ дьон кыһалҕатын өйдөөччү. Кыаллар буоллаҕына, хайаан да көмөлөһөөччү. Оттон ол бэйэтин кыыһын төһө да самостоятельнай буоларга үөрэппитин иһин, онтуката киниэнэ наһаа туруору ээ. Ол урут чэ буоллун даҕаны. Билигин атын кэм, көмөлөһүөххэ наада, – Дора Никитична түмүктээһинэ холку, ылыннарыылаах, истээччини бэйэтигэр тардар истиҥ абылаҥ иэйиилээх. – Бырааһынньыктарга аймахтарбытын кытта син түмсээччибит. Кыыспыт уон аҕыһын туолбутугар тугу бэлэхтиигин диир. Ону: «Сүрэҕим иэйиитин, тапталбын», – диибин. Кырдьык, тугу бэлэхтиибиний диэн толкуйдаан баран, аан маҥнай хоһоон суруйдум. Дьонум күлэллэр. Онтон ыал буолбуппут 40 сылын туолуутугар Михаилга анаан эмиэ хоһоон суруйдум. Ону: «Эмээхсиним поэт буолаары гыммыт», – диэтэ.

– Тыый, ол хоһоону көрбүт киһи! – суруналыыс өрүкүйэ түстэ.

– Ээ, черновига манна чугас баар этэ, – хаһаайка туран кинигэ ыскаабын арыйан, чараас тэтэрээти ылан кэллэ уонна миэстэтигэр олорон эрэ доргуччу ааҕан барда:

Олохпут биһиэнэ оллурдаах да буоллар,

Оһох оттунан, оҕо төрөтөн,

Баччаҕа диэри бииргэ олорон

Этэҥҥэ кэлбиппин дьолбунан ааҕабын.

Маҥнай көрсүһэр түгэммэр

Ыал буолуом да диэбэт этим мин,

Ырааҕы, уһуну төлкөлөөн

Ырабын оҥостор кыах суоҕа.

Чэпчэки олоҕу ол сахха

Батыһар санаабыт да суоҕа.

Ас-таҥас кырыымчык да буоллар,

Кимнээҕэр дьоллоохпут дэнэрбит.

Тапталбыт кыымынан сирдэтэн,

Өктөмҥө тахсаммыт холбоһон,

Дьоллоох киэҥ ыллык суолунан

Барыахпыт дэспиппит биһиги.

Доҕорум, үөрэҕин салҕаары,

Омскай куоракка барбыта,

Оттон мин үлэһит буоламмын

Бороҕон диэн сиргэ тиийбитим.

Ол курдук үс сылбыт ааспыта,

Үөрэҕин бүтэрэн кэлиитэ,

Оля диэн оҕолоох көрүстүм,

Олохпут салҕанан барбыта.

Эдьигээн куоракка тиийэммит

Түбүктээх күннэри көрсөбүт,

Хоту сир олоҕо ыараханын

Бары да биһиги билбиппит.

Ол онно Танябыт барахсан

Аан маҥнай күн сирин көрбүтэ,

Балтыбыт Даарыйа батыһан

Күүс-көмө, өйөбүл буолбута.

Түөрт сылы үлэлээн бараммыт

Дьокуускай куораты булбуппут,

Комсомол хорохоото, партия байыаһа

Дьиэҕэ да көстүбэт буолара.

Түбүктээх олохпут быыһыгар

Дьол, үөрүү да баара,

Хомойуу, хоргутуу таарыйар

Саппах да күннэрэ бааллара.

Барытын кэпсиэҕи уһуна бэрт буолуо,

Онон мин кэпсээммин тохтотон,

Бүгүҥҥү күммүтүн таарыйа

Сылааһын этиэхпин көҥүллээҥ.

Олохпут дьоллооҕун туоһута –

Улахан оҕобут Олябыт,

Татыйык диэн күндү сэгэрбит,

Арылхай кустукпут Максиммыт.

Нап-намыын сиэн кыыспыт Марина,

Кыракый чуорааммыт Катюша,

Тирэхпит, эрэлбит, тапталбыт –

Оҕолор этэҥҥэ буоллуннар.

Күһүммүт кэлбитин көрсүһэ,

Доҕоруом, сиэрдээхтик олоруох,

Бар дьоммут алгыһын ылынан,

Эппиэттээн сылааһы сыдьаайыах.

Сүрэх сылааһа, санаа иэйиитэ толору этиллэр иһирэх тыллардаах, төһөнөн судургу, боростуой да, соччонон истиҥ бүтүн ыал олоҕун историята, харахха арыллар хартыына хоһооно ама ханнык көнө санаалаах, сытыары майгылаах саха киһитин кутун туппат, долгуппат буолуой? Кимҥэ да биллэ-көстө сатаабатах, куруук күлүккэ сылдьыбыт саха омук сэмэй далбар хотуна дьиҥнээх сахалыы уһун-киэҥ санаалаах, уйаҕас-нарын куттаах-сүрдээх, сытыары-сымнаҕас көнө майгылаах дьиэ кэргэн амарах ийэтэ, эбэтэ буоларын аныаха диэри истибит-билбит аҕыйах буолуо.

Дора Никитична, өйө-санаата аһыллан, туох да иҥнигэһэ-тутулуга суох чугас дьонун, сиэттэрин туһунан салгыы кэпсиир. Кини дьиэ кэргэттэрин, олоҕун туһунан истиҥ ахтыыта биһиги барыбыт олохпут, историябыт сорҕото. Бас-көс дьоммут дьиэ кэргэттэрин, хаан уруу аймахтарын бэйэбитигэр сыһыара, чугаһата тутан көрөрбүт биһиги дьиэтээҕи эйгэбит сыһыанын ситимниир, бөҕөргөтөр.

– Улахан сиэммит уон аҕыһын туолан эрэр, 11-һи бүтэрдэ, үөрэххэ киирээри сылдьар. Орто сиэн пиэрибэйи бүтэрдэ, аҕыһа буолан эрэр. Кырабыт, уолбут оҕото, үһүгэр сылдьар. Уол, Михаил диэн ааттаах, – Дора Никитична тэтэрээтин арыйбахтыы, эмиэ да ытыһынан имэрийэ олордо.

«Ыал ийэтинэн, эр киһи дьахтарынан» диэн сахалар мээнэҕэ этиллибэтэх, киэҥ өйдөбүллээх өс номохтоохпут. Өскөтүн биһиги бас-көс киһибит – бастакы президеммит холоонноох доҕорун, олоҕун аргыһын сахаттан атыны талбыта буоллар, кини норуотун дьиҥнээх уола, патриота буолуо этэ дуо диэн олохпут быһыытын-майгытын, омукпут иэрэҥ-саараҥ санаатын сиэрдээх ыйытыыта үөскүүр. Коммунистическай идеология, сэбиэскэй тутул ханнык да конституциятыгар, сокуоннарыгар суруллубатах национальнай республикалар бастакы сэкирэтээрдэрэ хайаан да улахан омуктан ойохтоох буолуохтаахтар диэн үһү-бадах курдук кистэлэҥ эрээри, олоххо бигэтик туттуллар үгэс үөскээн сылдьыбыта биллэр. Ону туоһулуур холобурдар ааспыт олохпутуттан көстөллөрө өртөн буолбатах.

Ыал ийэтин итии чэйин астына иһэн, сахалыы сайаҕас кэпсээнин дуоһуйа истэн, ыалдьыт, бэйэтэ эмиэ ыал ийэтэ, бүгүҥҥү күннээҕи үгүһү билбитэ туохха түмүллүөн сөбүн иһигэр буһара, ырыта-сыымайдыы олордо.

Кини иннигэр олорор саха ыалын көннөрү дьахтарыттан, ийэтиттэн, эбэтиттэн туох да атына суох, үүттээх итии чэйдээх, истиҥ, сылаас тыллаах-өстөөх, сахалыы быһыылаах-майгылаах, өйдөөх-санаалаах уонна саамай киһиэхэ чугаһа санаата-оноото, кыһалҕата эмиэ дьиэ иһинээҕи, оҕо-уруу, кэргэн, аймах-билэ, хаан уруу дьонун тула иэйэр-куойар, хоһоон айар аһаҕас куттаах-сүрдээх Дора Никитична киниэхэ, боростуой суруналыыска, итэҕэйбит олоҕун кэпсээнэ норуот духуобунай баайа-дуола, олох оскуолатыгар буһуу-хатыы чаҕылхай холобура буолар.

Туох суоҕай кини олорон кэлбит чэпчэкитэ суох уустук, үрдүккэ дьулуурдаах, тулуурдаах олоҕун суолун сырдык, киэҥ аартыгар? Утуу-субуу үөрэхтэрин бүтэрэн, тапталларын, олохторун холбоон ыал буолан, үлэ үөһүгэр, олох муудараһыгар уһаарыллыы. Бу судургу ааттаталааһыннаах Дора Никитична биографиятыгар саамай уустук, ыарахан миэстэнэн, арааһа, олох оскуолатын муудараһын күннэтэ көрсөр ыарахаттарын чиэстээхтик туорааһын бүппэт-бараммат түбүктэрэ буолуохтаах. Бэйэтэ хоһоонугар хоһуйбутунуу, үлэттэн ордубакка дьиэтигэр көстүбэт кэргэнин, дьиэ-уот хаһаайынын эр киһи үлэтэ, оҕо иитиитэ барыта кини намчы санныгар сүктэриллибитэ. Маны барытын, бэйэтэ этэринии, «кириэпкэй соҕус», ол эбэтэр оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллибит уонна спордунан дьарыктаммыт буолан тулуйбута. Бэйэтин тустаах үлэтэ, ону таһынан нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын быһаарсар ким да ыйааҕа-дьаһала суох киниэхэ соҥноммут эбээһинэһэ, дьон ордугургуур хатыылаах тыла-өһө, дьиэтээҕи үлэ, оҕо-уруу көрүүтэ-истиитэ – бу барыта мунньуллубут эт-хаан, өй-санаа, ньиэрбэ ыар сүгэһэрин уйуу диэн дьиҥнээх олох оскуолата, кытаанах экзамена, муудараһа буолбатах дуо?

Кэргэннии, доҕордуу Дора, Михаил Николаевтар эт-хаан, өй-санаа, быһыы-майгы өттүнэн биир иитиилээх, тэҥ сайдыылаах дьон буоланнар, бэйэлэрин омуктарын саамай үчүгэй хаачыстыбаларын: норуокка, дойдуга бэриниилээх, чиэһинэй, сүрэхтээх, үлэһит буолууну, эппиэтинэһи, тулууру, сэмэй быһыыны – барытын иҥэринэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, өйөһөн, норуоттарын, дьоннорун-сэргэлэрин туһугар үтүмэн үгүһү оҥоро, үлэлии-хамныы сырыттахтара. Суруйар киһи иэһэ, үлэтин-идэтин соруга маны барытын туох баарынан, тугу да уларыппакка, энчирэппэккэ норуокка, ааҕааччыга тиэрдии буолуохтаах.

Иккис түһүмэх

Өрө көрүү

Хорсун хардыылар

Михаил Ефимович олох укулаата, баһылыыр система тосту уларыйар, урукку ыһыллан, саҥаны олоххо киллэрэр тыырыллыбатах суолу тэлэр уустук, ыарахан кэмнэригэр куруук ааспыт историяттан тирэх, бүгүҥҥү күн боппуруостарыгар эппиэт көрдөөччү…

Ыраахтааҕы былааһа, олохтоох баайдар саха дьадаҥытын талбыттарынан баттаан-үктээн олороллорун көрө улааппыт, бэйэтэ алын дьадаҥы араҥаттан эрэйи-кыһалҕаны эҥээринэн тэлэн киһи-хара буолбут Былатыан аҕа көлүөнэ саха үөрэхтээхтэриттэн атын, саҥа кэмҥэ төрөөбүт, атын өйүнэн-санаанан салайтаран, уоттаах-төлөннөөх өрөбөлүүссүйэ суолун тутуспут киһи буолар. Тустаах кэм ирдэбилэ, олох уларыйыыта-тэлэрийиитэ дьиҥнээх чаҕылхай личностары ол курдук инники күөҥҥэ таһаарар, сайыннарар, история хаамыытын иилэһэр-саҕалаһар эппиэтинэһи сүктэрэр.

Кулаковскай интеллигенцияҕа туһаайан суруйуон сыл иннинэ төлөннөөх Былатыан Ойуунускай уон сэттэтин туолбута. Кини сыылынай марксистар сабыдыалларынан өйүн-санаатын, эдэр эрчимин сытыы кылаассабай охсуһуу идеяларыгар анаабыта. Учуутал семинариятыгар бииргэ үөрэнэр доҕоро Максим Аммосовтыын ыччат лидердэрэ, өрөбөлүүссүйэ буолан саҥа былаас олохтонуутугар эдэрдии эрчиминэн үлэлээн, эдэркээн саастарыгар бүтүн уобалаһы салайар дьон буолбуттара.

1921 сыллаахха кулун тутар 20 күнүгэр Москваҕа Кремль дыбарыаһыгар бассабыык партия Х съеһэ аһыллыбыта. Съезкэ Саха сириттэн Ойуунускай уонна Барахов кыттыбыттара. Бу мунньахха көрүллүбүт үгүс боппуруостары сэргэ партия национальнай политика боппуруоһун туруорбутун Ойуунускай олус үөрэ, биһирии истэн, ахтыытыгар маннык суруйбута: «Ол кэнниттэн турбута партия икки сэбиэскэй былаас икки омук омугу баттаабат, урут баттаммыт омуктар партия ыйбыт социализм ыллыгынан өрө көтөҕүллэн сайдалларын туһунан. Национальнай боппуруос туһунан большевик партия политикатын билээт, автономия ылар санааны сананныбыт Барахов биһикки…

Омскайга кэлэн баран, Сибнац суут үлэһитин Плич диэн табаарыһы кытта сүбэлэһэн баран (муус устар 9 күнүгэр этэ), табаарыстарбын Бараховы, Агеевы кытта сүбэ таһаардыбыт автономия кэлэрин туһунан. Бука барыбыт саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэммит миигин дакылаат оҥорорго анаатыбыт. Онон муус устар 13 күнүгэр бу дакылааты суруйаммын Сибнацка биэрдим…»

Ахтыыны аахтаҕын аайы ол тыйыс дьыллардааҕы быһыы-майгы эйгэтигэр киирэн өйүгэр оҥорон көрдө…

…Түөрт күнү быһа түүннэри-күнүстэри үлэлээн, дакылаатын бүтэрэн сарсыарда Пличкэ илдьэн туттарбыта. Күн иккис аҥаарыгар Пличкэ иккиһин киирэн дакылаатын туһунан ыйыталаһа сылдьыбытын сөбүлээбит уонна өйөбүл бэлэмнии таарыйа Чуцкаевы кытта кэпсэппит буолан биэрбитэ. Онон сарсын иккиэн ол киһиэхэ тиийиэхтээхтэр. Дьэ туох диэн тыллаах-өстөөх киһи буолар…

Былатыан уйуһуйан хойукка диэри, уута кэлэн биэрбэккэ, оронугар эргичиҥнии сытта. Күн-дьыл ааһара түргэнэ сүрдээх, иэрэгэй ойуун курдук, эргичиҥнээн, элэҥнээн олорор.

Икки сыллааҕыта саас Казанка дэриэбинэтиттэн сыылкаттан Максимныын аргыстаһан кэлиэҕиттэн ыла үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Кэлэн иһэн аара Иркутскайга бэрт элбэхтэ мунньахтаабыттара. Сибиир ревкома Саха уобалаһын Иркутскай күбүөрүнэҕэ холбоон оройуон оҥорон кэбиспит этэ. Ону бырачыастаан, бу алҕас, сыыһа диэн мөккүөр буолбута.

Сибиир ревкомун ыйааҕынан Максим Аммосов Дьокуускайга бэрэстэбиитэл быһыытынан кэлбитэ. Кэлээт, уопсай салайыыны бэйэтин илиитигэр ылбыта, оттон киниэхэ уокуруктарга, улуустарга, нэһилиэктэргэ былааһы олохтооһуну, кинилэр үлэлэрин сүрүннээһини анаабыта. Ревкомнары тэрийии, продразверстка, сир түҥэтигин курдук уустук соруктары таһынан өссө саханы Бодойбо көмүһүн үлэтигэр тутан ыытыы курдук сыыһа дьаһал тахсан улахан бутууру үөскэппитэ.

Сайын биир сарсыарда Былатыан саҥардыы туран эрдэҕинэ түрмэттэн төлөпүөҥҥэ ыҥырбыттара. Кэпсэппитэ, Амма улууһун ревкомун бүтүннүү: Сэмэнэп-Дэхсилээхэби, Уйбаан Емельяновы, Мэхээлэ Дьоскуоскайы-Тыытыйбаҕы, Уйбаныап-Кралины – милииссийэ начаалынньыга Зедгенизов диэн киһи тутуталаан ылан хаайталаан кэбиспит эбит. Ревкомун дьонун босхолотон баран кэпсэтэн билбитэ, сир түҥэтигин сөбүлээминэ, Амма баайдара Ксенофонтов, Белолюбскай Зедгенизовы кигэннэр ревкомнары хаайтаран бараннар, бэйэлэрин дьоннорун Артемьевы уонна Божедоновы олордуталаабыттар. Баайдар бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытары төттөрү былдьаан ылбыттар. Туох буолтун миэстэтигэр быһаарса Аммаҕа тахсыбыта, Артемьев, Ксенофонтов, Белолюбскай саһан хаалтар. Божедоновы ыҥыртаран, ревком дьыалатын дьонугар төттөрү туттарбыта. Зедгенизовы туттаран ылан, хаайан олорон доппуруостаан баран, куоракка атаарбыта. Күрээбит дьону, этиллибит болдьох иһигэр кэлбэтэхтэринэ, сокуон таһыгар биллэриллэллэр диэн дьаһал биэрэр. Оттон ревком үлэһиттэрэ таҥастара-саптара мөлтөҕүн көрөн уонна хас да улуус мунньахтарыгар урут көрдөһүү киирбитинэн кыһыҥҥы итии таҥас тутуурун көҥүллээн баран Дьокуускайга төннүбүтэ.

Кыһыныгар ЧК-лар туран партия комитетыгар Ойуунускай наһаалаабыт, итии таҥаһы кимтэн да көҥүлэ суох хомуйтарбыт, дьону сокуон таһыгар биллэрбит диэн дакылаат түһэрбиттэрэ. Бэрт өр мөккүөр буолар, партия комитета өйүүр: итии таҥас тутуура саамай сөптөөх уонна ол дьону сокуон таһыгар биллэрбитэ эмиэ сөп, кулаак бастаанньата буолбутун хайдах дьаһайбакка киириэй диэн буолар. ЧК дакылаатынан Сибиир ревкомуттан кини ревкомтан, партия комитетын бюротуттан, бары эбээһинэһиттэн уһуллар, бары матырыйаалларын, бэйэтин көрүүгэ-дьүүлгэ партия Сибиирдээҕи бюротугар ыыта охсуҥ диэн бирикээс кэлэн, түптэ-түрүлүөн үөһэ түһэн хомуммутунан бардаҕа дии.

Сарсыардааҥҥы дьаамынан бараары докумуоннарын, кумааҕыларын бэрийэ сырыттаҕына, үлэлиир хоһугар убайа Никиитэ киирэн кэлбитэ. Сирэйэ-хараҕа суулбут, үтүлүгүн, бэргэһэтин устан ыскамыайка үрдүгэр быраҕаат, остуол утары турар олоппоско олоро түспүтэ.

– Дьэ, Былатыан, эрэпкиэммиттэн уурат диэн этээри анаан кэллим, сатаан үлэлиэ суохпун. Нэһилиэгим дьоно бары даҕаны кырыы харахтарынан кынчыатыы көрөр буолан эрэллэр.

– Ноо, сатаммата диэн туох баарый? Ол баайдартан хайҕабыл истээри гыммытыҥ дуо? Ким сирин-уотун бэйэтин баҕатынан туран биэриэй? Уураах туолуутун ситиһэ сатыахха. Дьон саҥатын-иҥэтин хоту сырыттаххына, кырдьык, сатаан үлэлиэҥ суоҕа.

– Оттон ол сирбитин аҕыс айдаанынан, тоҕус моргуорунан өлбүгэ быһыытынан түҥэтиннибит да, дьэ харахтарын аалларааччылар аҥаардас баайдар эрэ диэтэҕиҥ дуу? Кыра-хара да дьонуҥ иһигэр араастар бааллар, бээ, – Никиитэ инитэ элэккэй, эрчимнээх бэйэтэ хайдах эрэ уларыйбыт арбы-сарбы көрүҥүн, тыйыс тылын-өһүн атыҥырыы көрбүтэ.

– Өрөбөлүүссүйэ ханнык да дьыалата айдаана-моргуора суох барбат. Күн-дьыл ааһыа, айдаан сыыйа симэлийиэ, олох даҕаны сыыйа оннун булан иһиэ.

Никиитэ симиттэ быһыытыйан, инитин сирэйин-хараҕын чинчилиирдии одууласпахтаабыта, киһитэ кумааҕыларын хомунан остуолун дьааһыктарын тилир-талыр аһан-сабан талырҕатарын саҥата суох көрө олорон, хамсалаах саппыйатын таһааран, табах уурунан хамсатын оборон соппойбохтообута.

– Былатыан, хайа, үлэҥ-хамнаһыҥ хайдаҕый? Бу ханна эрэ хомунаҕын дуу, тугуй?

– Хомунан. Сууттана, дьүүллэнэ бараары, – Былатыан, кумааҕыларын суумкатыгар симэ туран, дьуххатык хардарбыта.

– Бай, ол ханна?

– Соҕуруу дойдуга, ыҥыттарбыттар.

– Оо, өлүү эбит, доҕоор, ол туох дьыалаҕа иҥинниҥ?

– Быһайын Амма баайдара күрээбиттэрин дьаҕырыйбытым, итии таҥас хомуурун көҥүллээбитим иһин маннааҕылар үҥсүбүттэр.

– Арба, эрэпкиэмнэри хаайталаабыттар этэ дии. Ону дьаҕырыйбыкка туох сыыһа баар үһү?

– Баар үһү дьэ, былааспын таһынан туттубут, наһаалаа-быт үһүбүн…

Никиитэ, эмиэ саҥата суох баран, хамсатын умнаһын арааран, быһах уһугунан ыаһын ыраастаан бодьуустаһа олорбута.

– Хаһан бардыҥ?

– Сарсын.

– Кирдик да сөпкө этэҕин, хайа муҥун муннубутуттан сиэттэрэ сылдьыахпытый? – мунаарбыт курдук тохтуу түһээт, быраатын диэки кылап-халап көрөн ылбыта. – Оттон эйигин наһаа улаханнык дьүүллээбэттэр ини?..

– Туох билиэ баарай? Баҕар, бэйэбин саа уоһугар туруоруохтара.

– Оо, үлүгэрин, доҕоор, ама оннукка тириэттэхтэрэй?

Былатыан, убайын сирэйэ-хараҕа аһара суулбутун көрөн, аһыммыттыы мүчүк гыммыта. Кыйахаммытыгар тэптэрэн олус туруору саҥарбытын өйдөөбүтэ.

– Чэ, Никиитэ, ити өскүөрүтүн этэбин, сүрэххэр олус чугастык ылыныма. Барыбытын ытыалаан кэбистэхтэринэ, саҥа олохпутун ким тутуой, ким үлэлиэй-хамныай?

– Э-ээ, оттон оннук ээ, – убайын сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэргэ дылы гыммыта. – Чэ, Былатыан, этэҥҥэ сылдьан көрөөхтөө, мин хаалан үлэлээтэхпинэ сатаныыһы.

Никиитэ, үтүлүктээх бэргэһэтин үрдүгэр түһэн, сорунуулаахтык хамсанан, таһырдьа тилир гынан хаалбыта. Былатыан, көөнньүбүт санаата уостан, хоһун иһигэр төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, убайын хайгыы санаабыта. Эрэйдээх, эмиэ хаана тардан, кинини өйөөн нэһилиэгин бастаахтарын кытта тиниктэһэ төннөөхтөөтө эбээт.

Бары уларыйыы, саҥа олоҕу туругурдуу ревкомнар эрэ тыйыс, эрдээх үлэлэринэн ыытылла турдаҕа. Уостуу тахсыбатар, этэҥҥэ эрэ буоллар ханнык…

Омскайга Барахов, Фреерман буолан аргыстаһан кэлбиттэрэ. Саҥардыы олохторун булунан нам-нум буолан эрдэхтэринэ, Москваттан Ярославскай кэлбит, Ойуунускайы ыҥыттарар үһү диэн суһал сурах иһиллэн соһуппута. Былатыан ону үөрэ да, дьиксинэ да соҕус истибитэ. Маннааҕылар дьүүллэригэр мин туспар дурда-хахха буолар ини диэн эрэх-турах санаа үөскээбитэ. Иккис өттүнэн, алыс ордук-хоһу туттан, дьону-сэргэни түүрэйдээһин курдук көрүө, мөҕүө-этиэ диэн дьиксиммитэ.

Ярославскай, кинини дьэҥкир таас ачыкытын курдат эбии улааппыкка дылы буолбут киэҥ эрилкэй харахтарынан тонолуппакка супту одуулаабытынан, утары туран кэлбитэ. Хойуу хара бытыга ибирдиириттэн сылыктаатахха, биллэ-биллибэттик мүчүҥнээт, кини дьоҕус илиитин икки кэтит баппаҕайдарынан бобо тутан илигирэппэхтээн ылбытыгар, Былатыан ыйыллыбыт санаата өһүллэн, тута чэпчии түһэргэ дылы гыммыта.

– Туох айдаанын тартыҥ? Сиһилии кэпсээ, – Емельян Михайлович холку намыын куолаһынан ыйыппыта.

– Сир үллэһигин сөбүлээминэ, Амма улууһун баайдара бу ааспыт сайын Зедгенизов диэн милииссийэ начальнигын, уруккуттан бэйэлэрин кутурук киһилэрин кигэннэр, түөрт нэһилиэк ревкомнарын туттаран хаайыыга уктаран бараннар, кинилэр оннуларыгар бэйэлэрин дьоннорун туруортаабыттара уонна урукку бэйэлэрин сирдэрин охсуллубут оттору кытта төттөрү былдьаталаан ылбыттара. Ону тахсаммын миэстэлэрин буллартаатаҕым дии, – Былатыан туох буолбутун баарынан, кыһыытын-абатын кыатана соҕус да буоллар, омуннаах соҕустук тоҕо-хоро кэпсээн биэрбитэ.

– Ол миэстэлэрин буллараргар конкретно туох миэрэлэри тутуннуҥ?

– Кинилэр туруортаабыт дьонноруттан дьыалаларын былдьаан ылан урукку ревкомнарга төннөрбүтүм. Зедгенизовы тутан доппуруостаан баран Дьокуускайга утаарбытым. Бэйэм хаалан, баайдар сирдэрин дьадаҥыларга төттөрү үллэрбитим, күрээбит баайдары этиллибит болдьоххо кэлбэтэхтэринэ, сокуон тас өттүгэр биллэрбитим. Ревкомнарым кэтэр таҥаһа суох сылдьалларын көрөн, кыһыҥҥы итии таҥас хомуурун ыыталларын көҥүллээбитим.

– Да-а, крутые дела развернулись у вас, – Ярославскай эмиэ биллэ-биллибэттик мүчүҥнээн ылбыта.

На страницу:
9 из 11