bannerbanner
Биһиги Аан Дархаммыт
Биһиги Аан Дархаммыт

Полная версия

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
10 из 11

Онтон Бараховы ыҥыттаран ыланнар, партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун мунньаҕар Ойуунускай дьыалатын туһунан дакылааттатан баран Слепцов-Ойуунускайтан ЧК буруйдааһынын устарга, ууруулаах куоластаах делегат быһыытынан партия Сибиирдээҕи III конференциятыгар кыттар делегация састаабыгар киллэрэргэ уонна Бүтүн Россиятааҕы бассабыык партия Х съеһигэр сүбэ куоластаах делегатынан Москваҕа ыытарга диэн уураах ылыммыттара. Онон, алдьархайтан ас таһаарыммыт диэбиккэ дылы, эбиитин Москваҕа тиийэн съезкэ кыттан, Ленини илэ бэйэтин көрөн, тылын-өһүн, ордук национальнай политика туһунан этиитин олус биһирээн, онтон сиэттэрэн автономия боппуруоһун туруорса, бүтүн норуот дьылҕатын быһаарар дакылаат суруйан, ону туруулаһа бу кэлэн сыттаҕа. «Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, иккис күн ат уорҕатыгар» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Сибиир ревкомун бэрэссэдээтэлэ Смирнов Москваҕа сылдьар кэмэ этэ, оттон партия Сибиирдээҕи кэмитиэтин бюротун саҥа сэкирэтээрэ Яковлев үлэтигэр кэлэ илигэ. Онон Чуцкаевка сүбэлэһэ киирбиттэрэ. Былатыан Саха сирин олоҕо бүгүҥҥү күннээххэ хайдаҕын, дьоҥҥо-норуокка, үөрэхтээххэ-үөрэҕэ суохха туох быһыы-майгы баарын, сэбиэскэй былаас турбутун кэнниттэн туох туһуттан Оросин уонна тохсунньу саагыбардара үөскээбиттэрин сиһилии кэпсээн биэрбитэ. Сибнац үлэһитэ Плич уонна Барахов истэ олорон сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ.

– Мин урут даҕаны саха норуотугар автономия кэлэрэ сөп диэн этэр этим. Олорор сирдэрэ бэрт табыгастаах, Саха сирин большевик партията күүстээх, онон салалтата суох буолуо диэххэ, куттаныахха сатаммат, – Плич сахаларга эрэллээҕин, өйүүрүн аһаҕастык эппитэ.

Кини этиитин хаба тардан ылан, Барахов:

– Автономия билигин кэлэрэ наадалаах, кэмэ бэрт тоҕоостоох. Национальнай боппуруос атаҕар турбатаҕына, кэҥээн-уһаан хааллаҕына, саагыбардар үөскүү туруохтара. Баҕар, бүтүн норуот даҕаны өрө туруон сөп, – диэн эбэн биэрбитэ.

Барыларын санааларын истэн баран, Чуцкаев Саха сиригэр аналлаах паапканы арыйан, докумуоннары бэрийбитинэн барбыта. Ытыллыбыт уонна көскө анаммыт дьон бириигэбэрдэрин ааҕан билсиһэн баран, Дьокуускайтан кэлбит телеграмманы көрдөрбүтэ. Ону ааҕан билбиттэрэ, букатын даҕаны кинилэри утары ис хоһоонноох буолан соһуппута: автономия туһунан Сибнац боппуруоһу туруорарын бассабыык партия Саха сиринээҕи тэрилтэтэ сөбүлээбэт, күн-түүн аайы саагыбардар тахса тураллар, партия күүһэ мөлтөх, сэбиэскэй былаас дириҥник олохсуйа илик диэн. Дьэ «бабат» дии түспүттэрэ.

– Саагыбардар тахса туралларын, сэбиэскэй былаас дьон санаатын өссө да тута илигин туһунан сөпкө этэллэр. Ол гынан баран автономия боппуруоһа онтон тутулуктаах курдук саныыллара сыыһа, онон автономияны биэриини кэпсэтиигэ ити этиилэр болҕомтоҕо ылыллыа суохтаахтар, – Былатыан туруорсар боппуруоһуттан харыс да халбаҥнаабат кытаанах санааны ылыммытын, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбытын көрөн, Барахов кинини тута өйөөн тыл эппитэ.

– Автономияны өйөөбөт, норуот баҕатын утары санаалаах дьону Саха сириттэн атын дойдуларга ыытан үлэлэтэр сөп буолуох этэ. Ону эһиги өйдүүргүтүгэр баҕарабыт, – диэн түмүктээбитэ.

Эмискэ бүрүүкээбит тыҥааһыннаах түгэни балай да саҥата суох аһарбыттара. Чуцкаев, эр хааннарын ылыммыт саха дьонун чинчилиирдии эр-биир хардарыта одуулаан көрбөхтүү түһээт, эйэ дэмнээхтик хардарбыта:

– Чэ сөп, биһиги сорох дьону көрөн манна ыҥыртыахпыт. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр манифест тахсарыгар сөбүлэһэбин.

Урутаан эттэххэ, ол дьыл манифест (амнистия) тахсыбатаҕа. Манифест автономия ылыныллыбытын кэннэ маҥнайгы бастаанньа дьонугар тахсыбыта. Онуоха таарыччы 1921 сыллаахха тохсунньутааҕы саагыбарга холбоспут дьон кытта амнистияҕа хабыллыбыттара.

Саха автономиятын боппуруоһун көрүүгэ аналлаах Сиббюро мунньаҕа 1921 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр буолбута. Дакылааты Былатыан бэйэтэ оҥорбута.

– Сибиир ревкомун председателэ табаарыс Смирнов хайа да кыра омукка автономия кэлэрин сөбүлээбэтин истэ-истэбин, сахаҕа автономия кэлэрин туһунан дакылаат оҥорон эрэбин. Большевик партия ыйыытынан советскай былаас Октябрь өрөбөлүүссүйэтын маҥнайгы күннэригэр аан дойду кырахара омуктарын көмүскүүр, араҥаччылыыр, омук омугу баттаабат политикатын ылынна, онон хайа да омук көҥүлүн тутара, автономия ылара төрүт эбээһинэс буолуохтаах диэн эппитэ. Саха уобалаһа буоллаҕына, бырааба аччаан, Сибревкомун ууруутунан Иркутскай губернияҕа холбонон оройуон буолан хаалла. Онон советскай былаас национальнай политиката атаҕар турбакка саагыбардар үөскүү тураллар, – итинник, бэрэссэдээтэл аадырыһыгар хомуруйсуулаах соҕус киэҥ киирии тыллаан, дакылаатын чаас кэриҥэ ааҕан, Былатыан маннык баҕа санаанан түмүктээбитэ: – Саха автономиятын иһигэр Охотскай муора биһиги диэки биэрэгэ киириэхтээх. Оччоҕо сибээс баарын быһыытынан партия үлэтэ, советскай былаас ордук түргэнник атаҕар туран, салаллан-дьаһаллан иһиэх тустаах.

Олунньу ый саагыбарын дьонугар амнистия оҥоһуллара буоллар, партия да агитациятыгар, советскай былаас да үлэтигэр бэрт улахан көмөлөөх буолуох этэ. Онон манифест тахсыах тустаах.

Дакылаат бүтэрин кытта Хотимскай диэн киһи далбаатаммытынан ойон туран, харса-хабыра суох утары тыл этэн барбыта:

– Бу сахалар, син биир дьоппуоннар курдук, империалистическай өйдөөх-санаалаах, улахан кутталлаах норуот. Автономияланнахтарына, онно тирэҕирэн, советскай былааһы утары сэрии тэрийиэхтэрэ, Японияҕа холбоһуохтара. Автономия бэриллэрэ сөбө суох.

Былатыаннаах Исиидэр сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиспиттэрэ. Дьыалалара бөрүкүтэ суох хайысхаланаары гыммытыгар Былатыан бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта, дакылаатын олус толоостук саҕалаан кэбиһэн, тойотторун өһүргэттэ быһыылаах. Смирнов, ону бигэргэтэрдии, кумааҕыларын остуол улаҕатын диэки хаһыйа анньан баран, икки илиитин холбуу тутан олорон, холку эрээри кытаанах куолаһынан сыыйан саҥарбыта:

– Табаарыс Слепцов-Ойуунускайы саха диэммин убаастаан эрэ дакылаатын бүтэттэрдим. Итинник тыл-өс сатаммат, Дьокуускайга баар коммунистар автономия кэлэрин сөбүлээбэт эбиттэр. Мин да санаабар, автономия биэрэр эрдэ буолуо. Оттон бу Слепцов-Ойуунускай табаарыс, быһыыта, саха үөрэхтээхтэрин, саха баайдарын илиилэригэр билиэн тутуллан сылдьар киһи быһыылаах, – Смирнов, сөмүйэтинэн дьөлө үүттүүрдүү, Ойуунускайы түөһүн тылынан супту ыйбахтаабыта.

Былатыан өһүргэнэн ойон турбутун бэйэтэ даҕаны билиминэ хаалбыта:

– Табаарыс Смирнов, дьыала ис дьиҥин билбэт эрээри, бас-баттах киһини буруйдуургун эрэ билэҕин. Саха баайдарын сокуон таһыгар этэн буруйдана сылдьаммын аны кинилэр билиэн илдьэ сылдьар киһилэрэ аатырдаҕым. Дьыалабын, бэйэбин быгыһын ыҥыттаран ылан, соторутааҕыта дьүүллээбиккитин умна оҕустугут дуо?

Этиһии аҥаардаах мөккүөр өрө күөдьүйбүтүн намырата сатаан, Барахов, Агеев тыл этэн көрбүттэрэ туһалаабатаҕа. Куоласка туруорууга икки киһи автономия бэриллэрэ сөп диэбиттэрэ, иккитэ сөбө суох диэннэр, куоластара тэҥнэһэн хаалбыта. Онон автономия боппуруоһа аһаҕас Москваҕа барбыта.

Мунньах кэнниттэн уку-сакы тарҕаһан, Плич кабинетыгар киирэн сүбэлэһии буолбута. Онно кэнники арай Дьокуускайга тиийэн, автономия боппуруоһун сөп дэттэххэ эрэ бу боппуруос атаҕар турууһу диэн түмүккэ кэлбиттэрэ…

Саха сиригэр судаарыстыбаннас олохтонуутун туоһулуур бу сүдү докумуон кэлин хайдах олоххо киирбитин Ойуунускай бэйэтин ахтыытыгар маннык суруйбут: «Ол бириэмэлэргэ Максим Аммосов Москваҕа сылдьан автономия барарын сөбүлүүбүт, онон Якутскайга олохтооҥ диэн ыйдарбыт. Онон бу боппуруос Якутскайга партия маҥнайгы конференциятыгар туруоруллан, онно бэрт аҕыйах куолаһынан автономия кэлэрэ сөп дэммитэ.

Браташ онуоха диэри сөбүлээбэккэ, Степан Васильевы кытта бииргэ сылдьан баран, конференция саҕана тиийэн төттөрү агитация оҥорон, автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаата. Ол сайын мин Өлүөхүмэҕэ үлэлээбитим, онон автономия туһугар бэрт күүстээхтик норуокка даҕаны, партия да иһигэр үлэлээбитим. Онон Өлүөхүмэ делегацията бука барылара автономия кэлэрэ сөп диэн куоластаабыта».

…Михаил Ефимович ирдэһэн, хасыһан туран саха норуотун историятын дьаныһан үөрэтэн үөйбэтэх өттүттэн үгүс өйгө-санааҕа кэлбитэ. Төрөөбүт омуга түҥ былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри олорон кэлбит историятыгар буолан ааспыт сүрүн сабыытыйалары, олорго сыһыаннаах биллэр-көстөр дьонун олохторун, үлэлэрин-хамнастарын, мөккүөрдэрин-туруулаһыыларын үөрэтэн, ырытан билэн баран биири бигэтик өйдөөбүтэ: саха дьоно көҥүлгэ тардыһыылара, бэйэни салайыныыга дьулуһуулара, государстволаах буолар туһугар турунуулара барыта үүнүү-сайдыы иһин, инники кэскилгэ дьулуһууттан тахсар эбит диэн. Өбүгэлэрбит бэйэлэрин айар-тутар дьоҕурдарын, кыахтарын толору туһаныахтарын, олоххо киллэриэхтэрин куруук баҕараллара. Ол инниттэн, үс үйэ тухары саба үктээн турбут колониальнай батталтан төлөрүйэр санааттан, национальнай босхолонуулаах хамсааһыҥҥа саха норуота кыттыбыта. Маныаха ханнык даҕаны сепаратизм төрүөтэ суоҕа. Биир эрэ баҕа санаа баара – көҥүллүк тыыныы, көҥүл сайдыы суолун тобулуу. Ол иһин Саха сиригэр автономияны ылыныы Ойуунускайга, Аммосовка уонна кинилэр соратниктарыгар суолтата олус улахан этэ. Бу иннинэ ханнык быһыыга-майгыга олорон кэлбиппитин умнуохха сатаммат. Дьиҥинэн бу иннинэ Александр I туора урдустарга аналлаах устаабынан ыраахтааҕы чиновниктара салайан кэлбиттэрэ. Оннооҕор, сахалары көс омуктарынан ааҕан, Степной Дууманы тэринэллэрин боппуттара.

М.К.Аммосов «Саха автономиятын тутуу тезистэрэ» диэн үлэтигэр автономия сүрүн сыалынан көҥүл сайдыылаах экономика буолар диэн суруйбута… Олохтоох усулуобуйа уратыларын учуоттаан, култуураны былааннаахтык сайыннарыы буолуохтааҕа. Бэйэ государстволаах буолуута, төһө да төрүт силиһэ-мутуга кэрдилиннэр, норуот хараҕа аһыллыытыгар, уһуктуутугар улахан суолталаммыта. Саҥа үөскээбит республика салайааччылара маны таба көрбүттэрэ. «Норуот иһигэр хаатыйаламмыт кута-сүрэ, өйө-санаата төлө көтөн саҥа олоххо тардыспыта. Саха сирэ экономика, культура балысхан сайдыытын иннигэр турар. Саха автономиятын иннигэр норуот материальнай, духовнай күүһүн сайдыы, барҕарыы суолунан салайыы соруга турар», – диэн М.К.Аммосов бэйэтин ахтыытыгар эппитэ. Саха сирин салалтата, автономияны ылаат, 1922 сыллаахха саҥа бырааптары, кыахтары туһанан, РСФСР тас эргиэҥҥэ народнай комиссариатын нөҥүө Лондоҥҥа кыһыл көмүһүнэн үс мөлүйүөн солкуобайга түүлээҕин батарбыта уонна аҥаарын бэйэтигэр ылары ситиспитэ. Инньэ гынан ылбыт харчытыгар Россияттан уонна омук сириттэн араас табаар, эмп-томп, үөрэх тэрилэ, инструмент атыылаһар кыахтаммыта. Бу холобур Саха сирин баайа республика бэйэтин бас билиитэ буолбутун туоһулуур. Маны таһынан, республика статуһунан туһанан, олохтоох салалта Москва былааһын структураларыгар, урукку курдук Иркутскай, Сибревком, Сиббюро нөҥүө буолбакка, быһа тахсар кыахтаммыта. Кредити, харчынан көмөнү Москваттан быһа ылар буолбута. Ол эрээри үүнүү-сайдыы бэйэ кыаҕар, норуот күүһүгэр эрэ тирэҕирдэххэ ситиһиллиэхтээҕин республика салалтата үчүгэйдик өйдүүрэ. Ону туохтан саҕалыахха сөбүй? Маныаха эдэр салайааччылар инникини өтө көрүүлэрэ киһини сөхтөрөр.

«…Бастатан туран, Саха сирэ бэйэтин ис кыаҕын билиэхтээх, – диирэ М.К.Аммосов, – кини айылҕатын баайын, дьонун кыаҕын, бэйэтин историятын, культуратын билиэхтээх. Саҥа олоҕу тутарга, инники кэскили оҥосторго, таһаарыылаах күүстэри сайыннарыыга суолу буларга Саха сирэ бэйэтин урукку олоҕун уонна билиҥҥитин үчүгэйдик билиэхтээх, үөрэтиэхтээх».

Киһи сөҕөрө баар, саха салайааччылара Саха сирин оҥорумтуолаах күүстэрин, айылҕатын баайын киэҥ далааһыннаахтык чинчийиигэ Москваны тылларыгар киллэрбиттэрэ буолар. Наукалар академияларын Дьокуускайдааҕы анал комиссията тэриллибитэ. Чинчийэр үлэҕэ ССРС икки сүүстэн тахса бөдөҥ учуонайдара кыттыыны ылбыттара. Кинилэри биллиилээх специалистар, академиктар С.Ф.Ольденбург, В.Л.Комаров, А.Е.Ферсман, Ф.Ю.Левинсон-Лессинг, В.В.Радлов, В.В.Бертольд уонна да атыттар салайбыттара. Саха сиригэр наука тэрилтэлэрэ баар буолбуттара. Республика музейа, библиотеката саҥардыллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Холбоһуктаах киэҥ чинчийии түмүгүнэн айылҕа баайын уонна оҥорумтуолаах күүстэри туһаҕа таһаарыыга быһаччы сүбэлэрдээх наука үлэлэрин уонна чинчийиилэрин 58 тома суруллубута.

Бастатан туран, үөрэхтээһин таһымын үрдэтии соруга турбута. Аммосов өссө 1919 сыллаахха бэлиэтээн турардаах: «…норуоту үөрэхтээһиҥҥэ үп кэмчилэниэ суохтаах, уобаластааҕы нэһилиэнньэ оскуола уонна оскуола таһынааҕы үөрэхтээһин ситиминэн эргиччи хабыллыахтаах». Биһиги дьолбутугар, оччотооҕу салайааччылар үөрэҕи өрө тутуулара саамай сөптөөх хайысха этэ. Оннооҕор саамай ыарахан 20-с сыллардаахха сүүһүнэн саха ыччата киин университеттарга, институттарга үөрэммитэ. Ол түмүгэр бэрт сотору култуура таһыма үрдүк кэрдиискэ тахсыбыта. Былыр-былыргыттан биллэринэн, үтүө үгэстэрдээх, айар дьоҕурдаах, үрдүк духовнай баайдаах норуот табыгастаах усулуобуйаҕа үгүс талааннаах дьону таһаарар. Ол курдук, кылгас кэм иһигэр чаҕылхай талааннаах суруйааччылар, артыыстар, художниктар, музыканнар, наука, норуот хаһаайыстыбатын араас салааларын үлэһиттэрэ баар буолбуттара.

Эмиэ онуоха маарынныыр хартыына биһиги бүгүҥҥү күннээх олохпутугар көстөр. Музыка үрдүкү оскуолата аҕыйах сыллааҕыта аһыллыбыта эрээри, кини үөрэнээччилэрэ хайыы-үйэҕэ аан дойду, Россия таһымнаах бириистэргэ, дипломнарга тикситэлиир буоллулар. Ол эрэ буолбатах, үөрэх, искусство, наука араас көрүҥнэригэр ыытыллар олимпиадалар, конкурстар, күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара аҕыйаҕа суохтар. Онон этиллиэх тустаах: өскөтүн 20-с сыллардаахха биһиги салайааччыларбыт сайдыы үөһүгэр үөрэхтээһини туруорбатахтара буоллар, саха норуота атын дьылҕаланан, билигин атын таһымҥа турар буолуо этэ. Кинилэр саамай сөптөөх хайысханы талбыттара, ол иһин биһиги кинилэргэ махталбыт муҥура суох.

1923 сылтан ыла Алдан кыһыл көмүһүн туһаҕа таһаарыы үлэтэ саҕаламмыта. Бу иннинэ Алдан уонна Төмтөөн кыһыл көмүһүн Амур уобалаһын дьоно хостууллара. Кинилэр 1895–1923 сыллардаахха 16 тонна кыһыл көмүһү хостообуттара. Сахалар бу үлэҕэ ылсаннар, 1923–1924 сылларга 4,5 тоннаны, оттон 1925 сыллаахха 9,5 тоннаны сууйбуттара.

Саха АССР правительствота республика норуотун хаһаайыстыбатын төрдүттэн уларытар генеральнай былаан оҥостубута. Хайа промышленноһын олохтооһун, суолу тутуу, сибээһи сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын, массыына-трактор пааркаларын элбэтии боппуруостара турбуттара. Үп-харчы олохтоох тэрилтэлэртэн, киинтэн, бэл омук инвестициятынан даҕаны киирэр этэ. Саха сирэ, оччотооҕу кэм сыанабылынан, элбэх үбү кыһыл көмүһү хостооһунтан уонна түүлээхтэн киллэрэрэ. Көмүһү таһынан платинаны уонна исландскай шпаты хостооһун, тимир рудатын промышленноһын сайыннарыы саҕаламмыта. Тимири Японияҕа уонна Дальнай Востокка таһаарар былааннаахтара. Дальнай Восток Крымтан тиэллэр тууһунан хааччыллара, ол иһин ону Кэмпэндээйи тууһунан толору хааччыйар былааннаахтара. Япония эмиэ бэйэтин мөлтөх хаачыстыбалаах тууһун оннугар атын дойдулартан үчүгэй тууһу аҕалар ханаалы көрдүүрэ. Саха сирин тас өттүгэр балыгы, тутуу маһын таһаарар санаалаахтара, Американы кытта оннук кэпсэтии ыытылла сылдьара. М.К.Аммосов Саха сиригэр тимир суолу аҕалар туһунан боппуруоһу көтөҕө сылдьара.

Билиҥҥи кэминэн сыаналаатахха, сүдү былааннар туруоруллубуттара уонна утуу-субуу олоххо киирэн испиттэрэ. Республика көҥүл сайдыытын далааһына күүһүрэн, кэҥээн иһиитин соҕуруу тоталитарнай систиэмэ киин былааһын барыны бары бас билэр, талбытынан дьаһайар, былаанныыр политикатыгар баппатын, сөп түбэспэтин курдук ылыммыттара.

Саха интеллигенцията, өлүөх-быстыах быатыгар, киин былаас политикатын сөбүлээбэтин олус аһаҕастык биллэрбитэ. БСК(б)П НЭП утары ыытар дьайыыларын, демократия көҥүлүн хааччахтааһыны, национальнай политикаҕа сыһыаны уларытыыны, тоталитарнай режим олус күүһүрүүтүн бырачыастыыр бөлөх тэриллибитэ. П. В. Ксенофонтовтаах «Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства (конфедералистов)» диэн ааттаналлара. Кинилэр Конституцияҕа этиллэр быраабы көмүскээһини, демократия дьиҥнээхтик сайдыытын, уопсастыба, политика, экономика уонна норуот маассатын актыыбынаһа үрдүүрүн турууласпыттара. Сүрүн сыалларынан Саха АССР суверенитетын, көҥүллүк сайдыы быраабын кэҥэтии этэ. Бу хамсааһын салайааччыта П.В.Ксенофонтов хаан тохтуулаах саба баттааһын иннинэ киэҥ тайҕа түҥкэтэх ыырын иһигэр эппит тиһэх тылларын маннык түмүктээбитэ: «История биһиги дьыалабыт кырдьыгын бигэргэтиэ…» Павел Васильевич этиитин история кырдьык, олус хойутаан да буоллар, бигэргэппитэ. Оччотооҕу 1927–1928 сыллардааҕы Саха сирин салалтата уонна интеллигенцията хабырдык, киэҥ далааһыннаахтык репрессияламмыта. Уон сыл буолан баран, 1937–1939 сылларга, тутулуга суох көҥүл өйү-санааны репрессия катога өссө төгүл үлтү мэлийэн ааспыта…

Саха чулуу уолаттарын хорсун турунууларын өйдөөн-санаан кэллэр эрэ, Михаил Ефимович туох да буолбутун иһин, хайдахтаах да эрэй-муҥ, быстах кэмнээх былаас түүрэйдээбитин иһин норуот ортотуттан төрөөбүт дойдуларын дьылҕатын туһугар эттэринэн-хааннарынан, сүрэхтэринэн-быардарынан дьиҥнээхтик ыалдьар, саҥаттан-саҥа бас-көс дьон үүнэн тахса туралларынан киэн туттар. Кинилэр олус уустук кэмҥэ Саха сирин экономическай, социальнай-духовнай сайдыыта, төһө да Максим Кирович Аммосов саҕанааҕы курдук түргэн тэтиминэн барбатар, кэм иннин диэки тохтообокко сыҕарыйа туруохтааҕын туруулаһа сатаабыттара. Михаил Ефимовичка өссө атын ыйытар санаа киирээччи… «Конфедералистар тыыннаах хаалар уонна бэйэлэрин идеяларын көмүскүүр кыахтаахтара дуо? Таба суолу талар кыах баара дуо?» Биллэн турар, баара. Тыыннаах хааларга саамай эрэллээҕинэн күүһүн-кыаҕын ылынан эрэр систиэмэни билинии, кини ирдэбиллэригэр бас бэринии этэ. Оттон кинилэр атын суолу тутуспуттара. Ол гынан баран репрессия көлүөһэтэ син биир интеллигенция үрдүнэн барыахтаах этэ. Ол эрээри көдьүүһэ суох охтубуттара диир сыыһа. Төһө да уонунан сыллар ааспыттарын иһин, кинилэр ыспыт сиэмэлэрэ таах хаалбатаҕа. Аҕа көлүөнэ баҕа санаата олоххо киирбитэ.

Таба суолу талыы хаһан да судургу буолбат. Михаил Ефимович ССРС Минфинигэр уонна Гохраныгар алмааһы ыытыыттан аккаастанар суолу тоҕо талбытай? Барытын уруккутунан хаалларан, моонньоох баһын уган биэрбэт хайысханы тутуһара киниэхэ тус бэйэтигэр быдан ордук буолуо этэ дии. Ол эрээри кини төрөөбүт Сахатын сиригэр, норуотугар суоһаабыт тыыннаах хаалар эбэтэр эстэр күчүмэҕэй кэм тирээн кэлбит быһаарыылаах түгэнигэр кэннин хайыһан, норуотун чулуу уолаттара маннык ыар кэмҥэ туох өйү-санааны ылынан быһаарыылаах хардыыны оҥорбуттарын, кинилэр чиэстэрин-суобастарын санаан, бэйэтэ быһаарыммыт хорсун хардыытын, чиэһин-суобаһын кинилэри кытта тэҥнии тутар өй-санаа киириитэ киниэхэ күүс-күдэх эппитэ саарбаҕа суох. Кини норуотун, дьонун-сэргэтин туһугар быһаарыылаах хардыыны оҥоруон иннинэ бэрт элбэҕи толкуйдаабыта. Бу иһин кини улахан буруйдааһыҥҥа, туоратыллыыга түбэһиэн сөп этэ. Ол гынан баран, бииринэн, кэмэ атын этэ, киин былааска бэйэлэрин истэригэр кыайан быһаарсыбакка сылдьаннар, Саха сиригэр куруубайдык орооһор кыахтара суоҕа.

Иккиһинэн, дуона суох төлөбүр иһин 50 кыраадыстаах тымныыга тоҥ буору кытта хатыһар дьон хара көлөһүннэринэн хостоммут караттар ханна, туох сыалга-сорукка туттуллаллара биллибэккэ сэттэ бэчээт нөҥүө кистэлэҥҥэ сыталлара сиэрдээх быһыынан ааҕыллыан сөп этэ дуо? Алмааска сыһыаннаах кистэлэҥи, бука, генсектэн уонна правительство бэрэссэдээтэлиттэн ураты ким да билбэтэ эбитэ буолуо. 1991 сыл бүтэһигэр генсек да, правительство бэрэссэдээтэлэ даҕаны иккиэн туораабыттара. Онон республика бэйэтин сиригэр-уотугар хостонор бородууксуйаны мүччү туттарарыгар тоҕоостоох кэм үүммүтэ. Ону туһаныыга саамай таба суолу талбытыттан билигин астыммат буолуон сатаммат.

Алмаас тула кэлин тахсыбыт айдааннар оччотооҕу дьиксиниини толору туоһулууллар. Оттон республика экономиката 1991 сыллаахха дойдуга ылыныллыбыт дьаһал түмүгэр «шоковай терапия» дэммит реформаттан быыһаммыта. Алмаас, чох, газ, кыһыл көмүс промышленноһа үбүлэнэр кыахтаммыта, алмааһы кырыылыыр саҥа салаа тэриллибитэ, социальнай-культурнай объектар тутуулара, транспорт, сибээс, тыа хаһаайыстыбатын салаалара үбүлэммиттэрэ. Республика салалтата ылыммыт хорсун дьаһалларын сыаната итинник этэ.

Кини дойдутун, дьонун-сэргэтин иннигэр быһаарыылаах күчүмэҕэй кэмҥэ таба суолу талан, сүктэриллибит итэҕэли чиэстээхтик толорбутун туһунан биир дойдулаахтарыгар, оҕолоругар, сиэттэригэр кэпсиир толору бырааптаах. Ол ханнык даҕаны бэйэни арбаныы көрүҥэ буолбатах, кинини бас-көс киһинэн билиммит, ол аата хорсун хардыылары оҥороругар толору быраап биэрэн бэйэтин итэҕэлин, эрэлин сүктэрбит бар дьонун иннигэр отчуота буолар.

Үрдүк трибунаттан

Сэбиэскэй былаас сылларыгар Россияҕа да, Саха сиригэр даҕаны аҕыйаҕа суох үчүгэй дьыала оҥоһуллубута. Ону барытын мэлдьэһэр табыгаһа, махтала суох быһыынан ааҕыллыан сөп. Михаил Ефимович бэйэтэ уһуннук ол систиэмэҕэ үлэлээбитэ, үлэтин түмүгүнэн астынар, киэн туттар түгэннэрэ элбэх этилэр. Ол гынан баран административнай-хамаандалыыр систиэмэ судаарыстыбаҕа оҥорбут хоромньута туохха да холооно суох улахан этэ. Саха сирэ, биллэн турар, онтон туора туран хаалбатаҕа. Хаһан даҕаны бэйэтин олоҕун, дьылҕатын көҥүллүк оҥостор бырааба суоҕунан ССРС үрдүнэн биир кыаммат-түгэммэт республиканан ааҕыллара. Кырдьыгынан эттэххэ, партия, баһылыыр-көһүлүүр күүс эрээри, олох, история хаамыытын билиммэт буолуута киһи сөҕүөн курдуга. Күн-дьыл ааһан истэҕин аайы дьон эрэ буолбакка, арааһа, партия программалара, идеология, салайар систиэмэлэр эмиэ кырдьан, эргэрэн иһэллэр быһыылаах. Ол да иһин 80-нус сыллар ортолоругар партияҕа даҕаны киэҥ далааһыннаах реформа ыытыллара тоҕоостоох олох ирдэбилэ буолбута. Уларыта тутуу чэбдик салгына өй-санаа бары өрүттэрин хабан, төһөлөөх үөртэ-көтүттэ, инникигэ кынаттаата этэй?..

Михаил Ефимович саҥалыы хайысхаҕа үктэнэн эрэр Сахатын сиригэр президенинэн талыллар дьылҕатыгар бастакы оҥорбут хардыытынан 1989 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Саха АССР Верховнай Советын Президиумун председателинэн анаммыт күнүн ааҕар. Онно барыта 9 кандидат кыттыбыта, олор истэригэр кэлин 1991 уонна 1996 сылларга президеҥҥэ тура сылдьыбыт И.Д.Черов, А.Н.Алексеев, П.Д.Осипов бааллара. Ол кэмҥэ Верховнай Совет оруола бэрт дуона суоҕа. Республика олоҕор улахан суолталаах, боччумнаах боппуруостарга депутаттар ылынар уураахтарын партия обкомугар суруйаллара уонна бигэргэтэллэрэ.

Норуот талбыт депутаттарын былааһын хайдах гынан бөҕөргөтүөххэ, баар быһыыны-майгыны хайдах уларытыахха сөбүн туһунан Михаил Ефимович бэрт өр толкуйдаабыта. 1990 сыл кулун тутарга Саха АССР Верховнай Советыгар быыбардар ыытыллыахтаахтара. Маны туһанан, кини Парламеҥҥа төһө кыалларынан саҥалыы өйдөөх-санаалаах дьон киирэллэрин ситиһэ сатаабыта. Верховнай Совет инникитин компартия обкомуттан наһаа тутулуктамматын туһугар кини боломуочуйатын үрдэтэр, күүһүрдэр аналлаах сокуон бырайыагын бэлэмниир үлэни эрдэттэн ыытыллыахтааҕа. Республика парламенын бөҕөргөтөр сыалтан РСФСР парламенын быыбарыгар кыттыыны ыларга быһаарыммыта. Россия депутатын статуһа, олохтоох партноменклатура араас киириититтэн-тахсыытыттан көмүскэнэр кыаҕы биэрэр эрэ буолбакка, өссө Россиятааҕы, дьиҥинэн ыллахха, бүтүн Союзтааҕы да трибунаҕа тахсар суолу аһара. 1990 сыл саҥатыгар Михаил Ефимович Саха АССР уонна РСФСР парламеннарыгар талылларга баллотировкаламмыта.

Оччолорго хайыы-үйэ уруккутааҕар чыҥха атын, ССРС народнай депутаттарын съезтэрэ административнай-хамаандалыыр систиэмэ режимэ төһө бигэтин бэрэбиэркэлээн көрөр бириэмэтэ этэ. Көҥүл этэр-тыынар, кэпсэтэр-ипсэтэр, кулгаах-харах аһыллар, өй-санаа уһуктар кэмэ туругуран эрэрэ. Дьон кинилэр күүс-көмө, тирэх буолар баҕа санааларыттан туох эрэ тутулуктанарын итэҕэйэр буолан барбыттара. Саха Республикатын Верховнай Советыгар үгүс хоодуот дьон талыллан киирбиттэрэ. Кинилэр истэригэр учуонайдар, улахан холбоһуктар, тэрилтэлэр салайааччылара, айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ бааллара. Үгүстэрэ, ол иһигэр «Саха омук», о. д.а. уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ, хамсааһыннарга кыттан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит дьон, дойдуга уонна республикаҕа буола турар уларыйыыларга актыыбынай кыттыыны ылар сыаллаах-соруктаах парламеҥҥа кэлбиттэрэ. Саҥалыы туттунуу-дьаһаныы уоҕа улахан этэ.

1990 сыл муус устарга Саха АССР Верховнай Совета маҥнайгы сессияҕа мустубута. Сессия иннинэ партия обкома Верховнай Совекка бэрэссэдээтэлинэн обком бастакы сэкирэтээрин талларар үлэни ыыта сатаабыта табыллымына, чугуйарга күһэллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн Михаил Ефимовиһы талбыттара. Ити 1990 сыл муус устар 25 күнүгэр буолбута. Үрдүк дуоһунаска талыллыбытыттан үөрүүнү атын иэйии баһыйбыта. Ол түгэҥҥэ кини төрөөбүт сирин, дьонун-норуотун иннигэр олус эппиэттээх, ыарахан эбээһинэһи сүкпүтүн толору өйдөөн, бэйэтигэр олус үрдүк ирдэбиллээхтик сыһыаннаспыта. Хайдах эрэ омуга олорон кэлбит историятын сүрүн түгэннэрин төгүрүк сыыппаралара туолар кэмигэр үрдүкү былааска кэлиитэ көннөрү күн-дьыл хабааттаһыытын эрэ курдук сыаналамматын, туох эрэ үрдүктэн, үөһэттэн тутулуктааҕын санатар дьикти иэйии дьэбир күүһэ хам кууспута.

Ол курдук, икки сүүсчэкэ сыллааҕыта Сэһэн Ардьакыап Екатерина II ыраахтааҕыны кытта көрсүһэн «Сахалар тустарынан былаанын» туруорсан элэ-была тылын ылыннара сатаабыттааҕа. 350-ча сыллааҕыта номох буолбут Тыгын кырдьаҕас тумус дьоно, уолаттара өрө турууларын күүрээннээх кэмнэрин өрөгөйө этэ. Оччотооҕу кэмнэр мөккүөрдэрэ биир өйгө-санааҕа түмэллэрэ: көҥүлү күөмчүлэппэккэ эрэ, бэйэ кыаҕын, дьоҕурун туһанан, үүнүү-сайдыы, инники кэскили оҥостуу суолун тутуһуу буолуохтааҕа. «Билигин эмиэ оннук кэм тосхойбута буолуо дуо? Ама үс аҥаар үйэ тухары үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх саха омук муҥнаах үрдүккэ тардыстар көҥүл күнэ күөрэйэн эрдэҕэ буолуо дуо? Судаарыстыбаннас дьиҥнээх көрүҥэ Саха сирин бары омуктарыгар тиксэн, сирбитин-уоппутун, баайбытын-дуолбутун бэйэбит дьаһанарбытын, туһанарбытын ситиһэр кыах үөскээбитэ буолуо дуо? Дьылҕа Хаан ыйааҕа ону туруулаһар, олоххо киллэрэр сүдү сыалы-соругу ама миэхэ анаан сүктэрбитэ буолуо дуо?»

На страницу:
10 из 11