Полная версия
Үһүйээннэр, номохтор
Түөрэчээн чиэһигэр ити үрэҕи Түөрэчээн диэбиттэр.
Екатерина Кузьминична Григорьева. 1965 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн. Үһүйээннэри аҕата Кузьма Дмитриевич Григорьев-Быычыгырас (1899) кэпсээбит.
БААЙ ЭБЭ
Баай Эбэ диэн улахан күөл. Былыр бу Баппаҕаайы нэһилиэгэр, киһи-сүөһү үөскүү илигинэ, саамай бастаан, Баай Эбэҕэ сутаан өлөөрү сылдьар сэттэ дьиэ тоҥустар хантан эрэ хотуттан көһөн кэлбиттэр. Баай Эбэ куруҥ тыатыгар куобахтаах, салаҥ элбэх саһыллаах, табата, тайаҕа ахсаана биллибэт элбэх эбит. Балыгын туһунан этэр буоллахха, Баай Эбэ кыыһыран, дохсун долгун баалынан быраҕаттаннаҕына, собото-мундута таска килэс гына түһэрэ үһү. Дьэ маннык баай сиргэ кэлэн, сутаан өлөөрү гыммыт тоҥустар балыгы хомуйан сиэн, сэниэ ылан, олохсуйан, Баай Эбэ бастакы хаһаайыннара буолбуттар. Кинилэр Баай Эбэҕэ Хампа Чинэкэ диэн аат биэрбиттэр. Өлөөрү сылдьан, мантан чирэстэһэн-чирэстэһэн киһи буоллубут диэн итинник ааты биэрбиттэр.
Былыргы дьон ханнык баҕарар сири, үрдүгэр сылдьан, аатынан ааттаабаттар. Айыырҕаан. Ол иһин таптаан, Баай Эбэ диэбиттэр. Ол саҕана Баай Эбэ 2 көс усталаах, көс кэриҥэ туоралаах, былыргы саха дьонугар муораҕа тэҥнээх күөл үһү.
Бу маннык баай сиргэ олорон, 7 дьиэ тоҥустар, хоргуйан өлүөхтээҕэр буолуох, байалларыгар күн солото суох буолбуттар. Манна уонча сыл барҕара байан, бөскөйө уойан олорбуттар.
Ол саҕана Бүлүү, Дьокуускай икки ардыгар сылдьыһыы суола баар буолбут. Ол суолунан Баай Эбэни хоту өттүнэн, Чоогдоор диэн хайанан ааһаллар үһү. Манан ааһан иһээччи биир атыыһыт, Баайга сылдьан, тоҥустары кытта билсибит. Кини ол дьонтон уонча сыл муспут үрүҥ-хара кылааннаахтарын көһөрөн ылбыт. Ити курдук сайын аайы кэлэр буолбут. Кини нуучча аһын, таҥаһын тарҕаппыт.
ЭНЭЛГЭН
Биирдэ тоҥустар атыыһыты, албынныыгын диэн, үлтү сынньан кэбиспиттэрэ тыына эрэ куоппут. Онтон бэттэх кини кэлбэт буолбут. Үс сыл буолан баран дьэ кэлбит. Өссө элбэх аһы-таҥаһы аҕалбыт. «Иллэһэ кэллим», – диэбит. Тоҥустар сөбүлэммиттэр. Аһын аһаан, таҥаһын таҥнан барбыттар. Атыыһыт түүлээҕин ылбыт да, хоммокко эрэ төннүбүт. Тоҥустар, куттанар дии санаан, кыһамматахтар.
Ол саҕана Дьокуускайга Улахан Маама диэн буоспа ыарыыта турбут кэмэ үһү. Ону аһыгар, таҥаһыгар булкуйан аҕалбыт эбит. Сылаабай доруобуйалаахтар ол киэһэтиттэн ыалдьан барбыттар, сарсыҥҥытыттан өлүтэлээбиттэр. Ситэ уонча хоммотохтор, ураһалар күнтэн күн кураанахтанан испиттэр.
Саамай кэлин биир уон икки саастаах кыыс эрэ тыыннаах ордубут. Кини туох баар дьону барытын биир оҥкучахха көмпүт. Арай бэйэтин аҕатын эрэ кыайбакка, ураһатын айаҕар соһон кэбиспит. Аҕата балтараа саһааннаах, Улахан, бухатыырдыы көрүҥнээх киһи үһү.
Кыыс соҕотоҕун ытыы-соҥуу олордоҕуна, арай кугас баттахтаах, сараппааннаах нуучча кыыһа киирэн кэлбит. Кини кыыһы аһынар, саататар эбит. Аралдьыйан, оонньуур буолбуттар. Биирдэ нуучча кыыһа эппит: «Бүгүн Дьокуускайтан күөх элэмэс аттаах киһи кэлиэ. Эн кини кэнниттэн барардыы быһаарын. Үс буур табата булун. Биирин миҥэ гын (миинэр таба), иккитин көтөл гын (ырдар). Онно саамай үчүгэйин, наадалааҕын ырдан бараар. Оттон мин, бастаан суор буолан, халарыктыам, онтон, табах буруота буолан, симэлийэн сүтүөм. Эн миигиттэн куттанар буолаайаҕын. Мин Улахан Маама иччитэбин. Эн оҕолоргун, эн харыһыйар дьоҥҥун хаһан да өлөрүөм суоҕа, чэпчэкитик сылдьар буолуом», – диэн баран, мэлис гынан хаалбыт.
Кырдьык, кини эппитин курдук, киһи кэлбит. Дьоно өлбүттэрин туһунан эппэтэх. «Бултуу барбыттара», – диэбит. Айан киһитэ, наҕылыччы аһаан-сиэн баран, салгыы аттаммыт. Сотору буолан баран, кыыс эмиэ батыспыт. Дьонунаан байан-тотон, көрүлээн-нарылаан олорбут сирин быраҕан, собус-соҕотоҕун арҕаан айан суолун тутан бара турбут. Ол саҕана сыарҕа суох үһү. Ыҥыыр атынан, табанан сылдьаллар эбит. Суоллара да суол буолбатах, мас дьүөккэни батыһан ыллык устун айанныыллар эбит. Ол эрэйдэнэн-сордонон айаннаан, Бүлүүнү ааһан баран, олохсуйбут. Элбэх оҕолонон-урууланан, байан-тайан олорбут. Төһө да үчүгэй олоххо олорбутун иһин, тоҥхойо кырдьыар дылы дьонун санаан эрэйдэнэр, ытыыр эбит. Ол иһин эмээхсин дойдутун Энэлгэн нэһилиэгэ диэн ааттаабыттар. 1936 сыллар саҕана итинник ааттаах нэһилиэктэн сылдьабыт диэн обуоһунан ааһаллара үһү.
ТАРТА АРЫЫТА. КИРИЭС ЭЛГЭЭНЭ
Баай Эбэ хоту өттүгэр Тарта Арыыта диэн арыы уонна ол анныгар Кириэс Элгээнэ диэн түгэҕэ биллибэт кыра элгээн оҕото баар. Ити тоҕо итинник ааттаммыта эмиэ остуоруйалаах. Былыр Бүлүү диэкиттэн баай бөҕөлөөх дьоннор Дьокуускайга көһөн испиттэр. Ол иһэн, биир элгээҥҥэ тохтоон, хонорго быһаарыммыттар. Икки турбут уолаттардаах оҕонньордоох эмээхсин эбиттэр. Түөртэр эбит да, түөрт көмүс ыҥыырдаах, биирдии көмүс үүннээх, кычымнаах баай ыаллар. Элгээн кытыытыгар чаайдыы олордохторуна, икки орулуос кустар, көтөн куһугураһан кэлэннэр, элгээн ортотугар тэлээрэн түспүттэр. Уолаттар обургулар, оччону көрүөхтэрэ дуо: «Биһиги аспыт», – дэспиттэр да ох сааларын үрдүгэр түспүттэр.
«Ама итини баҕас. Ийээ, хата миини өр. Билигин таһааран, бэлэмҥэ угуохпут». Ийэлэрэ буойбут: «Үрэх баһа, аата-суола биллибэт сиргэ, аргыый саҥарыҥ эрэ. Иччилээх буолуо. Ийэ сир буолуо. Аргыыйыҥ, нохолоор», – диэбит. Ону аҕалара: «Ээй, эмээхсин, хаалары саҥарыма. Ама, ити кус хараҕын саҕа чалбахха түһүөхтэрэ диэтэҕиҥ дуу?» – дии-дии күлбүт.
Уолаттар, сырсан бөтөҥкөлөһөн киирэн, орулуостары хоннохторун анныгар түһэрэн, тыла суох ыыппыттар уонна бултарыгар иккиэн ыстанан кэбиспиттэр. Харбаан ыһыахтанан иһэн, ылыахча буолан иһэн, иккиэн хаһыытаһа түспүттэр: «Атахпытыттан туох эрэ тардар. Абыраа, таҥараа!» – диэн хаһыытаһа-сарылаһа сылдьыбыттар. Мөхсө-мөхсө тимирэн ылаттаабыттар.
Оҕонньор, атахтарын иҥиирэ тартаҕа дуу дии санаан, соччо кыһаллыбатах. Былыргыта бэрт ууһут киһи үһү. Бэйэтэ харбаан барбыт. Ол эрээри кини тиийиэн иннинэ икки уола тимирэн хаалбыттар. Ол элгээнтэн оҕонньор да тыыннаах тахсыбатаҕа үһү.
Эмээхсин эрэйдээх, хайдах да быыһыыр кыаҕа суох буолан, ити алдьархайы көрөн, уолуйан, элгээни тула сүүрэ сылдьыбыт. Өлбүттэрин эрэ кэннэ өйдөнөн, икки салаалаах муҥураат, хаппыт бэһи кэрдэн түһэрэн, бүтэй анныкытын саҕа сиэрдийэнэн куормаланан киирэн, тордуохтаах маһынан дьоннорун состорон булаттаабыт. Үрдүк арыыга таһааран, үс аты сэптэрин-сэбиргэллэрин кытта үс киһитин көмпүт. Ол элгээн кытыытыгар сүрдээх улахан баҕана олордубут уонна кириэс саайбыт. Ол иһин бу элгээни Кириэс Элгээнэ, арыыны Тарта Арыыта диэн ааттаабыттар.
ТАХТАҔАС ЭЛГЭЭНЭ
Былыргы суол ыал ханан олорорун батыһа барар. Баай Эбэҕэ дьон суох буолбутун кэннэ, арыый быһалыытын иһин уонна ыал баарын иһин, Силээнинэн сылдьар буолбуттар. Ол саҕана Силээн аата суоҕа үһү. Билиҥҥитэ Бэс Күөлэ диэн дьиэлээх эҥин, сайын дьоннор оттуур сирдэрин аттыгар биир элгээн баар. Онно Тахтаҕас диэн собус-соҕотох эмээхсин дьахтар олорбут. Сүрдээх сытыы-хотуу үһү. Ол эмээхсин суолунан киһини аһарбат эбит. Эдэригэр үчүгэй дьүһүннээх. Кэлбит киһи, ыал буолла да, хонор эбит. Ону түүн, утуйбутун кэннэ, төбөтүн сүгэнэн быһа охсор эбит уонна, Луҥха диэн Танара үрэх салаатыгар киллэрэн, ууга тимирдэр эбит. Ону ким билиэй? Эмээхсин байа олорор эбит.
Кэнники, биир эрэ киһи куотан, биллибит ол эмээхсин киһини өлөрөрө. Ол маннык буолбут. Бүлүү диэккиттэн испит. Кини билэрин тухары, 4–5 сылтан бэттэх, Дьокуускайтан иһэбит диэбит киһини көрсө илик эбит. Онон дьиктиргии сылдьыбыт. Тахтаҕас эмээхсиҥҥэ кэлбитин үөрүүнэн көрсүбүт. Киһи дьиксинэ-дьиксинэ хоммут. Эмээхсин хойут, түүҥҥэ дылы, утуйбакка сылдьыбыт.
Эмээхсин таһырдьа тахсыбытыгар, дьиэ сыбаҕа сулламмытынан көрдөҕүнэ, сүгэ аалынан килэбэчитэ олорор эбит. Ону көрөн, киһи этэ саласпыт, куйахата күүрбүт. Сотору соҕус буолан баран, сүгэтин туппутунан эмээхсин киирэн кэлбит. Киһи уһукта сытарын көрөн, сүрүргээбитэ буолуо, көрө сытар киһини өлөрүөн. Утуйбута буолбут. Утуйда ээ быһыыта дии санаан, киһи, түүн туран, күрүүр. Тахсаат, үүт маҕан атыгар түһэр да, уута киирэн турар Луҥханы харбатан ортолоон эрдэҕинэ, кэннигэр эмээхсин ыһыы-хаһыы бөҕөнөн сүүрэн тэйэн иһэр эбит. «Хара түөкүнү, били, киирээт өлөрбөккө, куоттардахпын көр эрэ!»
Үрэҕи туораан баран хайыһан көрбүтэ, үрэххэ кэлээт, Тахтаҕас эмээхсин сүгэтинэн быраҕан кыыратар. Үтүө киһи буолан, киһи, хаптас гынан, аһаран биэрбит. Төбөтүн үрдүнэн ыһыыран ааһан, сүгэ тииккэ угугар дылы батары түһэн хаалбыт.
«Оо, абам да баар эбит! Хайдах гынан ситиэм баарай», – дии-дии кыыһырбыт эмээхсин эккирии хаалбыта үһү.
Ол кэнниттэн итиннэ икки атах үктэммэтэх. Хайдах олорон өлбүтэ биллибэт. Ол элгээни билигин да Тахтаҕас Элгээнэ дииллэр.
СИЛЭЭН
Силээҥҥэ ити эмээхсин олорбутун кэннэ Дагдаҕар Силээн диэн киһи (кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа биллибэт), буруо-тараа таһаарынан, олорбута үһү.
Ити олордоҕуна, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, Уһуктаах Түмэппий диэн киһи Силээни булбут. Ол эрээри былыр икки киһи биир сиргэ сатаан олорботторо үһү. Ол да иһин буолуо, үс хонук бэлэмнэнэн баран, кыргыһарга диэн хааннаах хабала, буордаах баппыыска бэрсибиттэр.
Уһуктаах Түмэппий улахан уҥуохтаах, модун быччыҥнардаах, бухатыырдыы майгыннаах киһи үһү. Дагдаҕар Силээн, төһө да дагдайдар, дьулайа көрбүт, онон сарыы аһатын көстүбэт өттүн суллаан ылбыт. Уотугар муҥураат тиит чөҥөчөгүн анньан кэбиспит. Онтуката үс күн буруолуу турбут. Уонна күрээн хаалбыт. Уһуктаах Түмэппий көрдөҕүнэ, уота быстыбакка буруолуу турбут, ураһата, кини көрдөҕүнэ, турар.
Үс хонон баран, кыргыһардыы хонууга тахсан күүтэр да киһитэ кэлбэт. «Куттанан сытаҕын дуо? Дагдайа сытыйбыт Дагдаҕар Силээн, көҕөрө сытыйбыт күөх көппө!» – диэн үөхсэ-үөхсэ кэлэр.
Киһитэ суох. Хата, сарыы ураһа аҥарын туһанан хаалар.
Ол курдук Уһуктаах Түмэппий Силээн олорбут сирин күүс өттүнэн былдьаан ылбыт. Ол да буоллар, сир Силээн диэн ааттаммыт. Онно Уһуктаах Түмэппий киһи төрдө буолбут.
СЭТТЭ СОРТУОЛЛАР
Сортуолга олохсуйбут киһи улуу ойуун үһү. Ол киһи, дойдутугар олорон, быраатын кытта иирсэн баран, былыкка олорон, сири-дойдуну кэрийбит. Ол сылдьан, бүтэй оттоох-мастаах Бүтэйдээх Алаас диэн баар эбит диэн, онно көһөн кэлбит. Ол Сортуол ойуун 7 уол оҕоломмут. Онтон буолуо, Сортуоллары Сэттэ Сортуоллар диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин үгүстүк истэр этим.
АҤКЫР ИККИ МОРУОТ ИККИ
Кэлин Силээҥҥэ күүстээх дьоннор үөскээн-төрөөн олорбуттар. Аҥкыр Уйбаан уонна Моруот диэн бырааттыы дьоннор олорбуттар. Ол соторутааҕыта – биһиги хос эһэбит саҕана. Моруот да, Аҥкыр да күүстэринэн сири-дойдуну кэрийбэтэх дьоннор үһү. Кистэнэн сылдьыбыттар.
Биирдэ Моруот оҕонньор уолун киһи кырбаабыт. Онно кыыһыран, кырбаабыт киһи үтүлүгүн 80-ча ынах киирэр хотонун ортоку өһүөтүн өгдөтөн, маҕана уоһугар кыбытан кэбиспит. Ону хайдах да сатаан ылбатахтара үһү.
Кыра сылдьан Аҥкырдаах Моруот, ийэлэрэ саҥа түнэ сон тикпитигэр үөрэн, тустубуттар. Туста сылдьан, сиэхтэрин турута тутуһан кэбиспиттэр. Онтон кыыһыран, саҥа түнэ соннорун хайыта тыытыспыттар.
Былыргы дьиэ хотону кытта бииргэ буолар. Ахсынньы саҕана кыһын хотоннорун биир өһүөтэ тостон, 30-ча ынахтарын баттыырыгар тиийбит. Хаба тардан ылан угар тирээбил мас көстүбэтэх. Оҕонньор санныгар сүгэн турбут. Ахсынньыга таһырдьаттан кэрдэн киллэриэхтэригэр дылы күүтэ сатаабыт. «Хайа, нохолоор, тоҕо бытааҥҥытый?!» – диэбитэ үһү.
Биирдэ Атамай аатырбыт бөҕөһө, кинилэр сурахтарын истэн, туста кэлбит. Ол бөҕөс улахан кур оҕуһу икки илин атаҕыттан өрө тутан баран, иннинэн, кэннинэн хаамтарар үһү.
Аҥкыр Уйбаан, тустаары, таҥаһын устубутугар этэ-сиинэ толорутуттан, күүстээх көрүҥүттэн Атамай бөҕөһө дьулайан, тустубатах. Аккаастанан кэбиспит. «Киһи илиитин, атаҕын өлөрүө. Чэ, бэйэҕит хайдах саныыргытынан. Баҕар, хоттордо да диэҥ. Ол эрээри тустубаппын», – диэн баран, баран хаалбыт.
Онтон бэттэх Аҥкырдаах Моруот оҕуһунан оонньуур буолбуттар. «Чэпчэки да эбит дии», – дэһэллэрэ үһү.
Биирдэ Быраабаҕа улуус мунньаҕа буолбут. Онно, сынньалаҥҥа, куба оҥкумалын уҥуоҕун тоһута сатаабыттар да, ким да тоһуппатах. Арыынан дэлби уунуохтаабыттара, киһи илиитэ таба туппат үһү. Муннукка олорор Моруот оҕонньорго илдьэн биэрэллэр: «Оҕонньоор, куба уҥуоҕун тоһутуоҥ этэ дуо?»
«Ама кус уҥуоҕун тоһуппат бүлгүркэй баар үһү дуо?»
«Хайа, аны кус уҥуоҕун тоһуппакка, саакка киирээйэҕин», – дии-дии күлбүттэр үһү.
Оҕонньор көрөн баран: «Үтүлүктэ аҕалыҥ эрэ. Тоһуннаҕына, киһи илиитин өлөрүө», – диэбит.
Оҕонньор тутан эрдэҕинэ уҥуох тосту ыстаммыт. «Хайа, тутан-тутан, кэбирэтэн кэбиспиккит дии. Ол иһин да туох аанньа буолуой? Илиим да билбэтэ», – диэбитэ үһү.
ЧУЧУҺУ ӨТӨҔӨ
Сортуол учаастагар өссө Үрэх Үөһэ диэн улахан сир баар. Луҥха үрэх быһа охсон ааһар сирэ. Оттонор ходуһата баһаан элбэх. Сортуолтан баран, сайылаан олорон оттууллар. Сүрдээх үчүгэй айылҕалаах. Ходуһата от үрэх. Уһун, барыта бэйэ-бэйэлэрин кытта силбэһэллэр. Сирэ дулҕалаах, алааһа суох. Үрдүк хайалардаах. Ол үрдүгэр тахсан, аллара көрдөххө, сүрдээх үчүгэй буолар. Күөллэр, элгээннэр, самолеттан көрөр курдук, көҕөрөн көстөллөр. Хайа анныгар хатыҥнар төбөлөрө будьуруйан көстөр. Маһа – хатыҥ чараҥ, талах. Хайа маһа бэс, тэтиҥ. Кырдала, киһи хомуйбутун курдук, ыраас, сырдык.
Былыр манна Мыһынтык Хабырылла диэн киһиттэн ыла баай дьоннор олорбуттар. Ол киһи уола Чучуһу Ньукулай өссө байбыт.
Билигин Үрэх Үөһүгэр үс өтөх баар. Чучуһу өтөҕө. Сайылык диэн. Харыйа, тиит хараҥа ойуурун быыһыгар хап-хара дьиэ боруоран турар. Дьиэҕэ сыста саһыл иитэр ампаар баар. Дьиэ иһэ былыргы ыал олорорун курдук. Онно-манна талах олоппостор иҥнэритэ түспүттэр. Оһоҕо сууллубут. Оһох иннинээҕи кырыыһаҕа сүгэ уга, хотуур, дүлүҥкэскэ кыстык бааллар. Хаҥас диэкки кыра төгүрүк остуолга ытык, хайдыбыт хамыйах, долбуурга хайдыбыт мэһэмээннэр тураллар. Хоһун иһигэр мас ороҥҥо таҥас сытар быһыылаах. Ороҥҥо сыста уулан хаалбыт. Үөһээ кырыыһаҕа эмиэ таҥас ыйаммыт быһыылаах. Илби сытыйан, ньолҕойон турар.
Хаҥас диэкки сыста тутуллубут саһыл ампаарыгар киирэбин. Хабыс-хараҥа. Кубарыччы, хайыта хаппыт ыаҕайалар, мэмэһээннэр кубарыһа сыталлар. Киһи куттаныах ынырык дьиэтэ!
Манна, ити таҥастаах хоско, Чучуһу Ньукулай саамай үчүгэй, ылгын кыыһа, кыһыҥҥыга олорон кэлэн, бэйэтин хоһугар ыйанан өлбүт. Онтон бэттэх бу дьиэҕэ ыал олорботох.
Дьиэттэн ыраах соҕус, үрдүк сиргэ икки ампаар баар. Биирэ хатааһыннаах. Хаһан эрэ, 70-ча сыл анараа өттүгэр, хатаммыт күлүүс. Дьэбин быһа сиэбит. Биирдэрэ аһаҕас, аана да суох. Булууһа сиҥнибит. Кыһыҥҥы өтөх эмиэ үрдүк сиргэ турар. Тулата оччотооҕуттан турар. Былыр туоһа хаҕыламмыт кырдьаҕас хатыҥнар, ону бэтэрээ өттүнэн эдэр хахыйахтар, өтөх диэкки сырсан эрэр оҕолор курдук, үмүрүччү үүнэн эрэллэр. Дьиэтин көһөрөөрү көтүрбүттэр. Ампаардаах. Дал, кыбыы, остолбо бөҕө баһаан. Сааскы диэн кыараҕас соҕус өтөх дьиэтин, хотонун онно да суох. Уот сиэбитэ дуу, хайдаҕа дуу? Ампаара хатааһыннаах. Ампаар быыһынан көрдөххө. Торбуйах тириитэ, тайах баттаҕа долбуурга аргылана ууруллубуттар, түүлэрэ дэлби ыһыллыбыт. Ыйанан турар куобах тириитин түүтэ сиргэ тохтон хаалбыт. Бука, көйүүр кыймаҥнаан, тириитэ нэһиилэ иҥнэн эрэ турар быһыылаах. Оо, хас сыл итинник туруохтарай уонна турбуттара буолуой?!
Антонина Петровна Борисова. Бүлүү, Мастаах. 1966 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ДЬАЛКЫҤДА
Аатырбыт улахан эбэ күөл. Бу күөл дьиҥнээх аата Дьалкыҥда диэн. Ону кырдьаҕас дьон олох ааттаппаттар. Биир-икки сыллаахха диэри кини дьиҥнээх аатын билбэт этибит. Ыйытабыт да, ким да эппэт. Онтон биирдэ, окко сылдьан, биир оҕо: «Бу күөл аата Дьалкыҥда үһү», – диэбитигэр Мыйа диэн кырдьаҕас дьахтар быһа тарда сыспыта.
Наталья Бакарова. Бүлүү, I Чочу. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
НООЛУР ЫТААБЫТ
Ноолур Ытаабыт – I Чочу оттуур ходуһата. Бу ходуһаҕа былыр Ноолур диэн баай киһи, хаартыга элбэх сүөһүтүн сүүттэрэн баран, биир улахан баҕайы харыйа мас үрдүгэр тахсан ытаабыт. Уонна өссө ол харыйатын төбөтүн суорбут үһү. Ол иһин бу сири Ноолур Ытаабыт диэн ааттаабыттар.
Юлия Алексеева. Бүлүү, Баппаҕаайы. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
МААРЫЙА КҮӨЛЭ
Маарыйа Күөлэ манныктан ааттаммыт. Былыр ити сиргэ быстар дьадьаҥы оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара эбитэ үһү. Кинилэр итиннэ баар күөлтэн балыктаан сиэн олорбуттар. Онтон олох кэнники балыктара киирбэт буолан барбыт. Кэлин, аны тугу да аһыыллара суох буолан, оҕонньордоох эмээхсин маннык сүбэлэспиттэр: «Өскөтүн сарсын балык ылбатахпытына, хайыахпытый, кыыспытын Маарыйаны сиэхпит. Инньэ диэн өлүллүө дуо», – диэбиттэр. Сарсыныгар оҕонньордоох эмээхсин нэһиилэ ойбон алларан барбыттар. Алларалларын аҕай кытта, муус үрдүгэр собо бөҕө төлө тэппит. Онон кыыстарын сиир былааннара уурайан, оҕонньордоох эмээхсин үөрэн-көтөн, дьиэлэригэр соболорун нэһиилэ сүгэн тахсыбыттар. Кыыстарын өлөртөн быыһаабытын иһин, бу күөлү кыыс аатынан Маарыйа диэн ааттаабыттар.
Розалия Романовна Алексеева. Бүлүү, Баппаҕаайы. 1970 с. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн. 67 саастаах К. Д. Григорьев-Быычыгырас кэпсээбит.
БАППАҔААЙЫ
1916 сыллаахха Харлампьев Петр-Дьалдьыык уола Павел Харлампьев кинээс суруксута эбит. Бу Павел Харлампьев аҕатыныын Петрдыын манна, Өбүгэҕэ, мунньахтаабыт. Бу бириэмэҕэ биһиги нэһилиэкпит Өргүөт нэһилиэгэр киирсэрэ эбитэ үһү. Дьэ ол мунньахха биһиги нэһилиэктэн сайабылыанньа баар, онон Өргүөт нэһилиэгиттэн арахсабыт диэн уураах таһаартарбыт.
Кинээһинэн Николаев Филипп-Бадык диэн киһини талбыттар. Оттон нэһилиэк аатын ким диэн ааттыахха сөбүй диэн боппуруоска, били, саҥа туруоруллубут кинээс, Бадык, олорор сирин аатынан ааттыахха сөп диэн быһаарбыттар. Ол саҕана Бадык Баппаҕаайы үрэҕин үрдүгэр олорбута үһү. Онон, онтон ыла биһиги нэһилиэкпит Баппаҕаайы диэн ааттаммыт.
Нэһилиэк нэһилиэктэн арахсан, саҥа ааттаммытын чиэһигэр Дьабдьакыын баайтан биир сылгы атаҕын ылан, тоҥнуу үлтү сынньан сиэбиттэр. Арыгы суох буолан, арыгылаабатахтар.
Ирина Алексеева. Бүлүү, Мастаах. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
СОХООБУТ
Балаҕаччыттан чугас Хаҕын диэн дэриэбинэ баар. Бу дэриэбинэ аттыгар Сохообут күөл сытар.
Былыр тоҥустар Хаҕын олохтоохторугар сэриинэн саба түспүттэр. Күнү быһа ох саанан ытыаласпыттар. Ким да кими да хотуо суох диэн, үс тоҥус, тыыга олорон, Сохообуту туоруурга санаммыттар. Тыыга олороотторун кытта, хаҕыттар ытыалаан барбыттар. Ох кэллэҕинэ, тоҥустар тарбахтарыгар түһэрэн иһэллэр эбит. Кинилэр оннук түргэн-тарҕан, сымса туттуулаах эбиттэр.
Хаҕыттар санааҕа ылларбыттар, хайдах гынан бу дьону өлөрөбүт диэн. Толкуйдаан-толкуйдаан, дьэ, тобулбуттар. Тыыны тэһитэ ытыалыахха диэн буолбут. Бары тыыны тэһитэ ытыалаан барбыттар. Тыы тэстэн, уу киирэн барбыт. Тоҥустар хайыыр да кыахтара суох буолбут. Инньэ гынан, күн киириэр дылы ытаабыттар-соҥообуттар. Күн киириитэ тыылара туолан, тимирэн барбыттар. Өссө күүскэ ытаабыттар. Ол курдук үс тоҥус бу күөлгэ тимирэн хаалбыт. Ол иһин бу күөлү Соҥообут диэн ааттаабыттар. Кэлин уларытан, Сохообут диэбиттэр.
ХАРА УУЛААХ
Былыр Бүлүү оройуонугар араҥ диэн ыарыы кэлэ сылдьыбыта үһү. Бу ыарыыны ол кэмҥэ кыайан эмтэниллибэт эбит. Элбэх киһи өлбүт. Билиҥҥи Мастаах совхоз сиригэр ол ыарыы эмиэ кэлбит. Ол бириэмэҕэ дьон тус-туһунан өтөхтөргө бытанан олороллоро үһү. Дьэ, хас да ыалга дьоннор ол ыарыынан ыалдьыбыттар.
Дэриэбинэттэн соччо ырааҕа суох Одуҥда диэн күөл баар. Ол күөл кытыытыгар, тыа быыһыгар хас да ыал кыттыһан дьиэ туппуттар. Уонна ол дьиэлэригэр били ыалдьыбыт дьоннорун аҕалан, хаайан кэбиспиттэр.
Бу ыарыһах дьону ким да кэлэн көрсүбэт, ким да кинилэри аһаппат эбит. Ыарыһахтар дэлби сэниэлэрэ эстиэр диэри ытаабыттар. Ол олордохторуна, дьиэлэрэ аллара тимис гынан хаалбыт. Ол дьиэ оннугар уу бычалыйан тахсыбыт. Дьиэ оннугар, дьэ, онон күөл үөскээбит. Ол күөл билигин кып-кыра көлүччэ. Киһи уонча мүнүүтэ иһигэр төгүрүйэн кэлэр: көлүччэтэ. Уутун өҥө хап-хара. Оттон баһан ыллахха, син биир көннөрү уу курдук уу. Уута харатын иһин Хара Уулаах диэбиттэр.
Ксения Акимова. Бүлүү, Баппаҕаайы. 1960-с сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан суруйбут курсовой үлэтиттэн.
ТИИСТЭЭХТЭЭХ
Тиистээхтээх диэн күөл баар. Ол туһунан манныгы кэпсииллэр.
Былыр биир киһи, алта мастаах болуот оҥостон баран, бу күөл ортотугар киирбит. Балыктыы. Эмискэ болуота күөрчэхтии ытыллыбыт. Долгуннуран барбыт. Киһи көртө, болуоту икки өттүнэн көстөр харахтаах ханнык эрэ харамай тахсыбыт. Киһи куттаммыт. Нэһиилэ тыаны булбут. Ол биллибэт харамай кустар көтөн кэлбиттэриттэн биири сиэбит. Онтон тиистээх баар күөлэ диэн буолбут уонна Тиистээхтээх диэн ааттаммыт. Урут өссө этэр этилэр, бу кыыл биир аты уонна ыҥыыры сиэбит диэн.
Василий Николаевич Захаров. Бүлүү, Тылгыны нэһилиэгэ. 1970 с. 84 саастааҕа.
ҺААРАА ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ
Тыһыкыыс диэн улахан күөл баар. Былыргыта Тыһы Кыыс диэн дьахтар олорбут. Ол аатынан ааттаммыт. Биһиги Эбэ диибит. Арҕаа Эбэ.
Тылгыны диэн эмиэ дьахтар олорбут үһү. Тылгыныга үөс арыы баар. Тиит арыы. Онно дьаамалаахтар сэриилэспиттэр. Оҕунан. Тыаттан омуктар кэлэн ытыалаабыттар. Онно сорохторо өлбүт, сорохторо куоппут. Сүрдээх угут эбитэ үһү онно. Икки тииккэ олуктаабыт олуктара тураллар үһү.
Хотторуу буолан, Мөкү диэн киһи харбаан тахсыбыт. Ол тумул билигин Мөкү Тумула дэнэр. Иккис киһи Тааһыкы Тумула диэҥҥэ тахсыбыт. Тааһыкы. Ол икки киһи, харбаан, куотан тураллар.
Тыатааҕы дьон, киирэннэр, тутаттаан ылбыттар бэриммиттэрин. Биир дьахтары ордорбуттар. Тойоннорун ойоҕун ордороннор, илдьэ бараллар. Ныһыйан кээһэн бараннар. Дьэ, баран, били арыыттан тахсаннар, тыаҕа истэн турдахтарына, арыыга иһиллэр кыланыы: «Мин хара түөкүттэри син биир ситиэҕим», – диэн. Ону төннөн киирээри гыммыттар. Киһи орпут эбит диэн. Ону дьахтар эппит: «Бу алдьархайдаах сибиэн сир. Киһи буолбатах, сибиэнэ», – диэбит. Ону кирдиктэнэн, дьэ, бараллар.
Били дьахтар сэттэлээх уоллаах эбит. Ол уол буоллаҕына, били хотторуу буолбутугар – көҥдөй баҕайы умнастаах хочуон от диэн баар, билигин да үүнэр – ол оту быһан ылан, ууга тимирэн сыппыт. Саһан. Барбыттарын кэннэ, билигин турар тииттэр төбөлөрүгэр тахсан, хаһыытаабыт. Сөөп. Дьэ, баран хаалаллар. Көһөн иһэллэр. Эмиэ сэрии көрдүү көһөллөр. Ол иһэн, дьахтар туой кэлбит суолун дьуолка охсон иһэр үһү. Дьэ, ону: «Бу тугуҥ дьиктитэй. Тоҕо дьуолкалыыгын, тугу батыһыннараары гынаҕын?» – дииллэр үһү. Ону дьахтар эппиэттиир үһү: «Суола-ииһэ суох сиринэн сылдьар дьон эбиккит. Хаһан эрэ мунан-тэнэн сырыттахха, бу үчүгэй сир эбит, ааспыт сирим эбит диэҕим», – диир үһү. Ээх дэһэн баран, бара турбуттар.
Кинилэр ураһанан сылдьар дьон. Биир сиргэ ураһанан олороллор. Уол, дьэ, киһи буола улаатар. Сүүрбэччэлээх киһи буолар, сэп булунар. Тугу да киһилээбэт киһи сүрдээҕэ буолан тахсар. Дьэ, били дьуолканы көрдүүр. Ону батар. Сүтэрэн кээһэ-кээһэ булан, биир ураһаҕа кэлэр. Саһа сытан чуҥнуур уол. Ол чуҥнаатаҕына, ийэтэ баар эбит. Эр киһи биир да суох эбит. Бултана барбыттар быһыылаах. Ийэтин илиитинэн саһа сытан эрэн, ыҥырар. Ийэтэ кэлэр. Ийэтэ уҥан хаалар. Имэрийэн, тилиннэрэр.
«Хайа, дьонноруҥ?»
«Дьоннорум бултана бартара. Сэрии да көрдүүллэр».
«Эн кэргэниҥ, аҕабын өлөрбүт киһи, баар дуо?»
«Баар. Миигин ойох гына сылдьар. Дьэ, тоҕойуом, эн бар. Туох да алдьархайдаах киһи. Оҕунан ыттахтарына, ырааҕар кыбытан ылар. Атын сиргэ бар».
«Суох. Барбаппын. Хайаан даҕаны өлөрүөм».
«Чэ, оччоҕуна мин сүбэлиим», – диир дьахтар.
«Чэ эрэ. Хайдах сүбэлиигин?»
«Олох хараҥаҕа кэлэллэр. Мин эт буһаран уурабын. Онно бу ураһабыт хаба ортотугар аһыыллар. Төгүрүйэ кэчигирэһэ олорон эрэн. Чүмэчилээх буолабыт. Күлүктэрэ бу олорор буолуоҕа. Биир киһи үөһэ олорор буолуо. Мин кэргэним устуулга олорооччу. Ураһаны көхсүн туһунан маһынан дьөлө анньыаҕым. Бэйэҕин бэйэҥ билинээр».
Уол көрбүтэ – кэлэллэр. Сүгэһэр бөҕөнү аҕалан, таһырдьа тамнаан баран, аһаан-сиэн дьаабыланан бараллар. Ийэтэ эппитин курдук, кэчигирэһэн олороллор. Биир киһи үөһэ олорор. Ийэтэ буолуо, ураһаны дьөлө анньар. Онон курдаттыы тыыннарар. Киирэн ныһыйталаан баран, ийэтин илдьэ барар.
Мас үйэтэ бэрт эбит. Ол тииттэр билигин даҕаны тураллар.
Һаараа эмээхсин диэн балтараа сүүһүн туолбут эмээхсин баар этэ. Ол эбэм сэһэргиир этэ диэн сэһэргиирэ. Иккис тиис үүнэн баран өлбүт эмээхсин ол Һаараа. Ол эмээхсинтэн, син улахан киһи буолан баран, истибитим. Отучча саастаахпар.
Федор Павлович Кононов. Үөһээ Бүлүү улууһа, III Күүлэт нэһилиэгэ. 1970 с. Бүлүү Үгүлээтигэр суруйарбар 73 саастааҕа.
ҮГҮЛЭЭТ ТӨРҮТТЭНИИТЭ
Үгүлээттэр тоҥус төрүттээхтэр. Төпүрүүн диэн. Онтон эбиллибиттэр Наахара аҕатын ууһа, Дьаархан аҕатын ууһа. Дьаарханнар – Марха быстахтара. Хааһыналарын онно киирэн төлүүллэр үһү. Тоҥус аҕатын ууһа: Чорду тоҥустар, Оһоҕостоох аҕатын ууһа.