Полная версия
Үһүйээннэр, номохтор
БӨТҮҤ ЭМЭЭХСИН
Кырдьаҕастар этэллэринэн, Кэнньэ биис ууһугар Бөтүҥ диэн эмээхсин үөскээн, элбэх оҕоломмут. Эмээхсин дииллэрэ оруннаах быһыылаах. Улахан уола Маһарах. Өссө Тиэтэйбит Боотур, Ураанай Бэргэн эҥин диэн эбиттэрэ үһү.
Дөксө Кураандаҕа наахаралар олордохторуна Бөтүҥ уолаттарын сөҕөн, сирэн, Бөрө Бөтүҥнэр дииллэрэ үһү. Наахаралары сэриилэһэн самнарыахтарыттан ыла үөскээн, дэлэйэн, Кэнньэ нэһилиэгэр Ураанай аҕатын ууһа Хотуйаҕа олохсуйбут, ити Ураанай Бэргэн удьуордара; Маһарах оҕолоро Молуода Кэнньэтинэн ааттанара; Күөттээн аҕатын ууһа Күөттээн алааһынан Амма эҥэригэр олороллоро; Соморсун хоту өттүгэр Бадараан Кэнньэтэ биир аҕа ууһа олорбута.
ЭМИС ХОТУН
Эмистэр төрдүлэригэр Эмис Хотун баара үһү, киниттэн эмистэр үөскээн үөдүйбүттэрэ үһү диэн Афанасий Васильевич Жирков бартыһаан кэпсиирэ. Онон эмистэр сахалары нууччалар Россияҕа холбуохтарын быдан инниттэн бааллара биллэр.
СҮҺҮӨХТЭЭХ ААТТААХТАР
Былыргы сахалар, киһи улаатан, ситэн-хотон иһиититтэн көрөн, ааты уларытан иһэр үгэстээхтэрин туһунан номох, кэпсээн дэлэй этэ. Уһулуччу биллэр-көстөр, уратылаах дьон хас да сүһүөх ааттаах буолаллара биллэр. Холобурга Бороҕон улууһун өбүгэтэ Бэрт Хара маннык ааттардааҕа: Майаҕатта, Борогутта, Бэрт Хара.
Тойон Мүрү соҕуруу өттүгэр биир тыаны туораатахха, Кыыс Хаҥа диэн күөллээх алааска олохтоох ыалга уол оҕо төрөөбүтүн Майаҕатта диэн ааттаабыттар. Уол уонуттан тахсыар диэри Майаҕатта буола сылдьыбыт. Ол тухары уол даҕаны, төрөппүттэрэ даҕаны ити ааты бэркэ сөбүлүүллэрэ.
Биирдэ Төҥүлүгэ олохтоох Доллу диэн ойуун оҕонньор Майаҕатта аҕалаах ийэтигэр ыалдьыттаабыт. Дьиэлээхтэр Доллу кырдьаҕаска сүөһү миэстэтин арааттаабакка эрэ буһаран күндүлээбиттэр. Оҕонньор аһыы олордоҕуна, ураһаҕа Майаҕатта киирэн, аһыы олорор Доллу ойууну ымсыырбыт хараҕынан тонолуппакка одуулаабыт. Онуоха Доллу оҕонньор сүөһү биир мүһэтин: «Айаххын хамнат!» – диэн быраҕан биэрбитин, Майаҕатта уол хабан ылан, быһахтаммакка эрэ, тииһинэн хадьырыйан, сии охсубут уонна уллук уҥуоҕун төбөлөрүн тоһута ыстаан, силиитин «сооп» гына оборбут. Ол кэннэ уҥуох көҥдөйүнэн оҕонньору көрө турбут. Доллу ойуун уолу сөҕөн-махтайан: «Оҕом Борогутта, аһаатаҕыҥ баҕас бэрдикэтин!» – диэбитэ үһү. Онтон ыла Майаҕаттаны Борогутта диир буолбуттар. Уол даҕаны, кини төрөппүттэрэ даҕаны ити ааты сирбэтэхтэр. Бары дьон Борогутта диэбиттэрэ үһү. Уол Борогутта диэн аатынан улааппыт, күүстээх-уохтаах булчут эр бэрдэ буолбут.
Аммаҕа, Соморсун сиригэр Борогутта Хайата диэн таас хайа баар. Ол хайа баарын уонна Бэрт Хара олоҕор сыһыаннааҕын туһунан 1935 сыллаахха Тандаҕа олохтоох Вензель диэн оҕонньор кэпсээбитин истибитим.
Борогутта, ситэн-хотон баран, Дыгын дуу, онтон атын дуу баай киһи ыһыаҕар илии-атах оонньуутугар кыайан-хотон, Бэрт Хара диэн ааттаммыта биллэр.
Итинтэн көстөрүнэн, Майаҕатта, Бэрт Хара диэн ааттарынан саха норуотун биир сүдьү киһитэ, үүнэн-сайдан иһиитинэн, тус-туспа ааттарынан олбу-солбу ааттаммыт эбит.
Онтон да атын былыргы сахалар хастыы да сүһүөхтээх саҥаттан саҥа ааттаналлара биллэллэр. Адьас да саҥардыы дьон сүһүөхтээх ааттаахтарын мин билэрим. Туллай, Малаһаак, Дорбоох диэн таптал, хос, өһүргэнэр ааттары илдьэ сылдьыбыта Борисов Николай Николаевич – Соморсун олохтооҕо. Кыбыах, Мээлгээр, Хатырык диэн ааттары сүгэ сылдьыбыта Гоголев Василий Алексеевич – Абаҕа олохтооҕо. Мин санаабар, мөлтөхтөр биир аатынан муҥурданар быһыылаахтар.
БОЙУОТ
Амма улууһугар Дьоҥку нэһилиэк баара. Үс аҕа уустааҕа: Үөгэй (сир аатынан), Булгунньахтаах (алаас аатынан), Бойуот (киһи аатынан). Хаһааҥҥыта биллибэт, бэрт өрдөөҥҥүтэ Амма өрүс сааскы халаанын уута наһаа улаханнык кэлбит. Мас атахтаах уу дииллэрэ үһү. Өрүс сүнньэ туолан, икки эҥэрин тыатыгар диэри киэптии устубут. Мууска олорон, биир оҕо өрүс баһыттан устан кэлэн, Амма өрүс илин эҥэригэр мууһа сыстан, онно уол тахсан, олохсуйан, хантан эрэ быстах дьон кыыстарын кэргэннэнэн, ыал буолбут. Оҕоломмут-урууламмыт. Ол мууһу кытары устан кэлбит киһи аатынан Бойуот хочото ааттаммыт. Кини оҕолоро биллэр-көстөр дьон буоланнар, Бойуот аҕатын ууһугар Ураҕастар, Саһыл Бытыктар, Быакаактар уонна Дааҕыйдар диэн ийэ уустара бааллара. Билигин бу дьон ыччаттара Абаҕа нэһилиэгэр Строд аатынан совхозка олороллор.
МААМЫРА КЫТАҔА
Абаҕаҕа, Арбаҕас ийэтин ууһугар Радион Старостин диэн өйдөөх, сытыы-хотуу баай киһи олорбута. Баай, өйдөөх буолан, Боотуруускай улууһугар кулуба буола сылдьыбыт киһи. Балта Маамыра диэн кыыһы Дьоҥку нэһилиэгин баайа, Тупсаан ийэтин ууһун оҕото Аммос Емельянов диэн киһи кэргэн ылбыт. Улахан уруу буолбут. Бу кыыс, Маамыра, элбэх ынах, сылгы сүөһү энньэтигэр оттоон, сүөһүтүн ииттин диэн, убайа, Арбаҕас баайын уола Радион Старостин Абаҕа дэриэбинэтин анныгар баар кытаҕы (намыһах ходуһаны) энньэ диэн анаан биэрбитэ. Ол кытах билигин да Маамыра Кытаҕа диэн аатынан ааттана сылдьар. 31 гектардаах үтүө ходуһа.
СЭМСЭ
Абаҕа нэһилиэгэр, Лыба диэн үрэххэ Сэмсэ диэн кыра ходуһа баар. Былыр, 1857–1958 сыл диэки, Аммаҕа, Саха сиригэр барытыгар даҕаны, халыҥ хаар дьыл буолан ааспыт. Ол хаар дьыл Лыбаҕа олохтоох Хонтой Хабырылла диэн 600 сылгы сүөһүлээҕиттэн, ото суох буолан, 400 сылгыта сутаан өлбүт. Онон улаханнык дьадайбыт. «Ходуһам кыараҕас, кыра буолан, сүөһүм сутаата», – диэн нэһилиэгин мунньаҕыттан көрдөһүү сурук түһэрбитигэр, ылынаннар, Лыбаҕа, Маралыкы төрдүн алын өттүгэр, икки элгээн икки ардын, өллүгэтин тас өттүнэн, аһынан, сэмсэ диэн ааттаан, эбии бэрсэн биэрбиттэрэ билиҥҥэ диэри Сэмсэ диэн аатынан ааттанар.
Иван Давыдович Терентьев (1926). I Чакыр. Билигин Соморсуҥҥа олорор, пенсионер. 1985 с. суруйбутум.
ЭЛЭЭН КЫТЫЛА
I Чакыр анныгар, Амма өрүс арҕаа кытыла Элээн Кытыла диэн. 50–60 га сир. Кыыс энньэтэ эбитэ үһү. Ол Элээн, бэрт мааны кыыс, Аммаҕа үөскээбит. Кини Бабаҕаҕа олохтоох Ефимовтар төрдүлэригэр эргэ тахсан, сүктүбүт. Ити кыыс энньэ сирин, Аммаҕа киирэн, бас билэн, өр кэмҥэ оттоон сииллэрэ үһү. Ону советскай былаас тохтоппут. Советскай былаас буолуутугар Василий Ефимов диэн баай баһылыыра үһү.
УРДААХ
Урдаах – тумул. Ол тумул аттыгар баар үрүйэни Урдаах Үрүйэтэ диэбиттэр. Ити тумулга Тиэтэйбити бырааттара быанан оҕуурдаан туппуттар уонна куйах кэтэрдибиттэр. Куйахтанан баран, Тиэтэйбит наахаралары кыргыбыт. Оҕуурдуулларыгар биир суон тииккэ быаларын сөрүү туппуттара, тиит хатырыга үрүҥ этигэр диэри быстыбыт. Ол быстыбыта кэнники улахан ур буолбут. Онон тумулу Урдаах диэбиттэр. Ол урдаах тиит саҥардыыҥҥа диэри баара үһү.
Спиридон Спиридонович Капитонов. Амма улууһа, Сулҕаччы. 1986 с. 62 саастааҕа.
ТОҤУС КЫЫҺА
Бу Соморсуҥҥа, Халаалы Үрэх төрдүгэр Тоҥус Кыыһа диэн улахан күөл баар. Ол үрдүгэр тоҥус кыыһын уҥуоҕа баар диэн. Онон ол күөл Тоҥус Кыыһа диэн аатырбыт.
Бу күөл тоҕо аатырбыта? Тоҕо диэтэххэ, илин Уус Маайа, Нуотара диэкиттэн былыр тоҥус дьахтара, кыыл табаны эккирэтэн, хайыһарынан айаннаабыт. Ол кэлэн, саамай үрдүк таас хайа оройуттан хайаттан мүччү ыстанан кэбиһэр. Соҕотохто көтөн хаалбыт, Халаалы төрдүгэр хонууга кэлэн түспүт. Ол Тоҥус Кыыһа диэн күөлгэ тиийэ халтарыйан кэлбит. Балай да ыраах сир. Икки километр курдук хочону. Ол кэлэн, эчэйиититтэн өлбүт. Ону оччотооҕу сахалар күөл үрдүгэр кистээбиттэр. Уҥуоҕун. Онон Тоҥус Кыыһа диэн ааттаммыт дииллэр.
Семен Семенович Дьячковскай. Амма улууһа, Чакыр нэһилиэгэ. Бырдах аҕатын ууһа. 1986 с. 86 саастааҕа.
МЭКЭ ТҮСПҮТ
Эмэкэт түспүт сирэ. Үрүйэ тахсан алааһыйаланан тарҕанар сирэ. Былыр манна бастаан чакырдар үөскээн, тыыллан-хабыллан олордохторуна баайдара (киһитин аатын урут өйдүүр этим да, билигин умнан кэбиспиппин) онно былыргы күрэхтэһиигэ табык көтүппүттэр. Абааһыны дуу, айыыны дуу. Сирин аата Кураанах Алаас диэн. Ол табыктарын икки сиргэ кынаттаан көтүппүттэр эбит. Маҥнайгы кыната бу Амма уҥуор Дьэрэкээн Хайатыгар, иккиһэ бу хоту Көрдүгэн Хайатыгар илпиттэр. Онтон, дьэ, ойуун, удаҕан бөҕөнү мунньаннар кыырдаллар. Ыһыах ыһаллар. Сир аайыттан ааттаах ойууттары мунньан. Тириилэрин ыйааннар тыаһаталлар. Хаппыт тириилэрин. Ол тыаһатан аат ыыталлар, табык көтүппүттэр диэн. Тоҕус түүннээх күнү быһа кыырдаллар. Дьэ, тыаһаттараллар. Ону абааһы бииһин ууһа, сир-дойду иччитэ барыта сөбүлээтэ диэн бырааһынньык бөҕө буолар, ыһыах. Онтон аһаан-сиэн, ыһыахтаан бүтэллэр. Ол ыйаабыт көҥүллэхтэрэ тыаһаан үөрүү-көтүү буолаллар. Ол кыырар кэмнэригэр эмэкэт түһэр. Билигин Мэкэ Түспүт буолбут.
ТҮӨРТ УОН ТҮӨРТ ЧӨҤӨЧӨК
Ити Ньимиддьиэрэн диэн. «Түөрт уон түөрт чөҥөчөктөөх сиргэ олоробун», – диэн Бөтүрүөп Уйбаан кириитикэлэспит сирэ. Уолаттары кытта кириитикэлэһэн, тугу да билбэт киһибин диэн. Ол ону ити сир аатын ааттаабыттар дии.
Егор Васильевич Гоголев (1913). Амма улууһа, Абаҕа нэһилиэгэ. 1976 с. кэпсэппитим.
АЛТАН ЫМЫЙА
Сүрдээх баай эмээхсин олорбута үһү диэн сурах иһиллэр. Ол эмээхсин сүрдээх аһатымтыа, кэлбити-барбыты сырытыннарар, сэниэ, баай эмээхсин. Былыр алтан ымыйа диэн иһит баар буолбат дуо? Ол иһиккэ кутан, дьону аһатар буоллаҕа дии бу эмээхсин.
Ол дьоннор: «Били алтан ымыйалаахпытыгар аһаан ааһыахха», – диэн кэпсэтэллэрэ иҥэн, аат буолбут диэн буолара.
Иван Иванович Нестеров-Уччугуй Уйбаан (1914). Амма улууһа, Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. суруйбутум.
КЫРГЫСПЫТ ҮРЭҔЭ
Дьэ, итиннэ содуом буолбут сирэ. Икки ини-бии баар эбит. Онтон быраатын аата Хааһы Токунай диэн эбит. Убайын аата, арааһа, Хатачча Бөҕө диэн эбит.
Хатачча Бөҕө буоллаҕына окко киириэх иннинэ куораттаабыт.
Хааһы Токунай Одуоччу диэн сир илин бас халдьаайытыгар, тыа иһигэр олорбут. Убайа буоллаҕына, оччолорго аата-суола суох үрэх буоллаҕа, үрэх баһыгар Чохулаах Алаас утарытынан үрэх халдьаайытыгар тумуска тыаны солоон, дьиэ туттан олорбут. Икки оҕолонон. Үһүс оҕотун хат эбит дьахтар. Ити олорон, Хатачча Бөҕө куораттыыр. Дьокуускай куората үөскээбитин кэннэ кэм быһыылаах. Ону истэн, Хааһы Токунай убайын кэргэттэрин өлөртүү кэлэр. Үрэҕи өрө таххан, тиийэн кэллэҕэ дии оттон. Дьиэ иһигэр киирэр даҕаны, туох да кэпсэтиитэ суох, дьахтары төбөтүн хайа дайбыырдыы батыйатынан сырбатар. Ону дьахтар, тиэрэ түһэн аһаран биэрбитигэр, иһин хайа дайбаан кэбиһэр. Оҕото сиргэ түспүтүн дьахтар, саатырҕаан, орон анныгар тэбэн кэбиһээхтээбит. Уонна өлбүт. Ону көрөн, сэттэлээх уол оҕо үрэҕи таҥнары куоппут. Ону эккирэтээри таһырдьа ыстанан иһэн, уот иннигэр ытыы турар кыыһы төбөтүн быһа дайбаан кэбиспит. Онтон уолу эккирэтэн иһэн, атаҕынан кыайан сиппэккэ, оҕунан ытыалыыр. Ох тиийэ-тиийэ оҕо көхсүгэр хатанан испит. Кыайан батары тэбинэн киирбэтэ үһү. Үрэх тумуһун быһа түһэн иһэн, кэннибин хайыһабын диэн, оҕо, силистэн иҥнэн, охтон тиэрэ таһылла түспүт. Ол тиэрэ түһүүтүгэр биир ох курдары киирэн оҕону онно өлөрбүтэ үһү.
Онтон ыла аатырбыт үрэх буомуттан аллараа өттө Абааһылаах диэн. Оҕо өлбүт сирэ. Үрэх буомуттан үөһээ өттө Хатачча Бөҕө өтөҕүн анна Кыргыспыт диэн ааттаммыт.
Оҕо өлбүтүн кэлэн көрөн баран: «Биһиги ийэ ууһугар хаһан даҕаны үөскээбэтэх-төрөөбөтөх бухатыыр оҕо төрөөбүтүн бу баҕайы, дьэ, сарбыйдым», – диэн аһыйбыта үһү.
Дьэ, бэйэтэ накааска түбэһэр ити кэнниттэн. Убайа куораттан эргиллэн кэлэр. Көрбүтэ, дьиэтэ-уота барыта кыа хаанынан ыһыллыбыт, кэргэттэрэ өлбүттэр, быраатым Хааһы Токунай үлэтэ буолуохтаах диэн, киниэхэ барар. Кэлбитэ, оччотооҕу бөҕө дьоннор мунньустаннар Хааһы Токунайы Одуоччу Күөл ортотугар оҥочонон киирэн олорорго күһэйбиттэр. Тута кэлбиттэрин, куотан киирэн күөлүн оттотугар оҥочонон олорбут. Ол кэмҥэ убайа кэлэр.
Ол күөл оттотугар ол киһи үс хоммута үһү. Үс хонон баран, кытыыга устан таххан биэрбит. Ол таххыбытын тутан ылаллар да, бэс ыйынааҕы бырдахха сыгынньахтаан баран, икки кыыс бэрбээкэйиттэн биир өтүүнэн кэлгийбиттэр. Олох өһүллүбэт гына. Икки бэгэччэгиттэн эмиэ кэлгийэллэр. Сөллүбэт гына. Уонна икки аарыма хатыҥҥа чыры-чырбаччы баайан кэбиһэллэр. Салгыҥҥа турар гына. Онно үс хонукка тыыннаах хаһыытыы турбута үһү. Уонна өлбүтэ үһү. Хаанын бырдах уулаан.
Оччотооҕу аҕа ууһун баһылыга айыытын-харатын манан боруостаан өллүн диэн дьаһалы таһааран, итинник оҥотторбут.
Егор Филиппович Сутаков (1913). Амма улууһа, Эмис нэһилиэгэ. 2001 с. кэпсэппитим.
КИНЬИИТ ХАППАРА
Сөдүөһэ Баабылабына уруутугар, төбүрүөннээн олорор дьону силэйэ-силэйэ, хайа хааман таххыбыта үһү. Миэнэ эбэм буоллаҕа. Онно ахтатыгар кыһыл көмүс чылыгырыардааҕа үһү. Ону истэн олорор дьон, кулгаах кулгаахтарыгар сибигинэһэн, кэпсэппиттэрэ үһү: «Киньииппит хаппардаах эбит», – диэннэр. Инньэ диэн кэпсииллэр.
Мин эбэм – Микииппэрэп Уһун Байбал кыыһа. Мааны кыыстара. Кыыспытын үчүгэйдик таҥыннарыахха, тугу булан тэрийэбит диэннэр, кыыл өлөрөннөр, кыыл иһинээҕи оҕотун тириитинэн туруусук тиктэрэн бараннар, ахтатыгар кыһыл көмүһүнэн симээн ыытыахха диэн быһаарсыбыттара үһү. Кыыл ол оҕотун тириитэ сүрдээх сырдык дьүһүннээх, маҕан солко курдук буолара үһү.
Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ (билигин Амма, Сатаҕай нэһилиэгэ). 1995 с. суруйбутум.
ЫТЫК АТЫЫР
Ити Саҥкычах Үрэҕэр Түргэн Күөлэ диэн салаа үрэх баар. Онно Судьуунап Ньукулай диэн оҕонньорго баара маҥан атыыр. Мин кыра оҕо сылдьаммын көрбүтүм. Маҥан дьүһүннээх. Үөргэ сылдьар атыыр. Сымнаҕас баҕайы сылгы быһыылааҕа. «Айдаарымаҥ, маһынан-отунан быраҕаайаҕыт. Кыыһырыаҕа», – диэн бакаат бөҕө буоллаҕа дии.
Ол сүөһү дьиэтиттэн ханна да ыраах барбат дииллэр этэ. Ону ойууттар кыырдахтарына, үрүүмпэҕэ арыгы кутан баран, бастыҥ түннүгүнэн 1 биэрэллэр эбит. Туох да сүрдээх ойуулаах, симэхтээх ити атыыр сылгы. Дьэ ол арыгытын түннүгүнэн кэлэн иһэн барар эбит. Биэрдэхтэринэ. Уонна үөргэ сылдьар эбит. Ол сылгыны ойууттар былыр ытык атыыр оҥорбуттар. Үөтэн. Хас да түүн кыыраллар үһү онно. Үс түүн кыырбыттар. Маһынан кыыл бөҕөнү оҥорон, алдьархай тэрээһиннээхтик оҥороллор. Саамай улахана – сэргэ. Ол сылгы, дьыл-күн туоллаҕына, саас дуу, күһүн дуу, онно дьиэ чугаһыгар кэлэн олорон эрэн, икки өттүнэн куоҕаҥныы-куоҕаҥныы, ытыһын таһынар эбит. Онно, арыгы баар буоллаҕына, арыгы илдьэн биэрэллэр эбит, хаан баар буоллаҕына, хааны илдьэн биэрэллэр эбит. Ол онно иһиттэрэ хааҥҥа туос тордуйа буолар эбит. Кыра. Арыгыга буоллаҕына – хатыҥынан оҥоһуллубут
үрүүмпэ. Былыргы дьон үрүүмпэлэрэ үксэ да хатыҥ буолар. Таас үрүүмпэ баай ыалларга эрэ баар. Улахан атыыһыт кэллэҕинэ эрэ аһыыр иһиттэрэ. Ол дьиэ таһыгар чугас арааһынай ойуулаах, кэрдиистээх сэргэлээҕэ үһү. Ол аан бастаан ытык буоларыгар онно баайбыттара үһү уонна эриэн ситиинэн симээн баран, күрүөлүү тардан кэбиһэллэрэ үһү. Чэ, бэйэтэ даҕаны киһи курдук кэпсииллэр этэ. Ол сылгыны. Сэргэтигэр кэлэр даҕаны, арыгы иһэр даҕаны. Оннооҕор түннүгүнэн кэлэн иһэр.
Ол Түргэн Күөлүгэр икки ыал олорбуттар. Онно сайылык дьиэттэн салгыы хаҥас диэки өттүгэр моойтурук ампаар 2, үп ампаара, баара үһү. Дьэ, онно туох ааттаах кини кэтэр таҥаһа, быата-туһаҕа барыта баар. Көнтөһө эҥинэ, тэһиинэ. Тэһиинэ, кыл буоллаҕына, эриэн буолар. Үс ынах быатын холбоон тиктэххинэ, дьэрэкээн ойуу буолан таххар. Баһын быата алтан тимэх курдук ойуулаах буолар. Чугас-чугас лаһыгыраччы тигэн кэбиһэллэр. Дьэ, ол ампаар иһигэр баар атыыр быатын-туһаҕын тыытыа суохтааххын. Тыыттыҥ да, ыалдьаҕын. Ону дэлби ыйаан-ыйаан кэбиһэллэр.
Атыырдара мэнэрийдэҕинэ, уокка-күөскэ ас биэрэллэрэ үһү. Ону оҕонньор аанньа кэпсээбэт этэ.
Ону Дьаакыбылап Сүөдэр Ыстапаанабыс диэн уол баһын быатын, үүнүн ылан оонньообут. Онтон өйүнэн ыалдьан, буккуллан хаалар. Саҥкычах Үрэҕэр Таҥнары Кэрэх диэн тумул баар, сирин аата Бөтүҥ Быыһа. Онно улахан тиит баар. Онно тахсан кэҕэлээн, суордаан, иирэн барбыт. Букатын бокуойа суох. Онно балай да өр иирбит быһыылаах. Онно бииргэ төрөөбүт эдьиийэ олорор. Маайа диэн. Онно олорон иирбит. Иирбит киһи кэргэннээх. Ол аҕата – ойуун. Сааба Ойуун диэн. Ол оҕонньор кэлэн, биир түүн тура кыырбыт. Ытык атыыр баһын быатынан оонньообутун истибэтэх буоллаҕа. Ону: «Онон ооннообуккун», – диэн көрүүлэммит. Онтон өр буолбатах, киһилэрэ үтүөрэн хаалбыт. Кынна оҕонньор кыыран, алҕаан кэбиспит.
Чэ, итинэн түмүктэнэр. Мин өйдүүрбүнэн. Киһи куттанар гына кэпсииллэр этэ.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Бастыҥ түннүк – дьиэ уҥа диэки өттө. Бастыҥ түннүк анныгар оҕону утуппаттар.
2 Моойтурук ампаар – хабарҕалаан баран, олорпут ампаардара. Былыргы ампаар. Ньэмиэскэй муннуктаах буоллаҕына, ньуучча дьиэтэ дэнэр. Моойтурук ампаар билигин да, өт уота сиэбэтэх буоллаҕына, сайылыктарга баар. Сорохтор уот кынан эҥин. Айыыргыыр киһи тыыппат. Былыргы өтөхтөн киһи куттанар. Иччитэ быстыбыт өтөх иччилээх, абааһылаах диэн буолар. Оннооҕор тахсан, өт уотун умуруорар ааттаах. Иччитэ тахсан.
Ойуун илгистэр бөҕө. Ойуун курдук кыырар, кыырдаҕа дии. Икки өттүнэн куоҕаҥныы олорор. Икки илин атаҕынан илиитин таһынар. Туйаҕынан охсуолуур. Сүрдээх тыастаах буолар диэн кэпсииллэр этэ. Мин кыыра олорорун көрбөтөҕүм. Сиэлэ, кутуруга хаһан да кыргыллыбатах, таах соһулла сылдьар. Ол гынан баран, кутуруга наһаа соһулла сылдьар буолбатах. Оттон сиэлэ уһун, сиргэ тиийэр, аһаатаҕына тиийэр. Көҕүлэ буоллаҕына сирэйин саба түһэ сылдьар. Олоччу. Сиэл быыһынан көрөр. Оҕо сылдьан көрөн бөҕө. Куттана-куттана. Харахпыт киниттэн арахпат буоллаҕа.
КЫЙЫТЫЫР УДАҔАН
Манна өкөр тиити миинэн барар удаҕан баара үһү. Балтараа сүүсчэкэ сыл анараа өттүгэр баар эмээххин. Ол илэ киһи эбит. Олоччу даҕаны. Аатын куттанан ааттаабаппын. Ол гынан баран, ааттыым: Кыйытыыр удаҕан диэн.
Маачаха эһэм кэпсиир этэ. Кыйытыыр удаҕан ойууттары кытта күрсэ барарыгар, талаҕы эриэннээн кымньыы гынан, өкөр тиити мииньэн, дьэ, айанныыр. Барарыгар икки киһини бэлэмниир. Бөҕөс дьону уонна уус балтатын бэлэмнэтэр. Ол дьон балталаах буолуохтаахтар. Ити чуурка курдук баҕайы баар дии. Баран-баран, үс хонон, сэттэ хонон, тоҕус хонон кэлэр. Ол кэллэҕинэ, балтаһыттар, дьэ, үлэлээн бараллар. Иккиэн тэҥҥэ үлэлииллэр, биллиргэтэллэр. Биирдэрэ хара быарга охсор, биирдэрэ көхсүн хараҕар охсор. Дьэ, оччоҕо эмээххиннэрэ өҕүйэн, хотуолаан барар. Дьэ, онно таххар удаҕан дьахтар төбөтүн уҥуоҕа, ойуун төбөтүн уҥуоҕа. Онон бүтэр. Оҕонньоро таххан, уҥуох тутар. Тыаҕа. Сороҕун таах бырахтарар. Куобах уоһугар. Сороҕун: «Оҥхотон баран, көмөн кэбис. Төрүт-уус киһи этэ», – диир. Итинэн интикэтэ бүтэр.
Ити быраан турар буолбат дуо? Ат Хайата диэн. Ити үрдүгэр ахсынньы биэһигэр, тохсунньу биэһигэр таххан, үс хонон төрөөн киирэр. Торбос чурумчу сыалыйалаах. Оҕото балык эҥин, ол-бу буолар үһү. Сордоҥ балык.
Оҕонньоро биирдэ эмээххинин кырбаары гыммыт. «Сүптүр, төрүүгүн-төрүүгүн да, туох гынаҕын? Оҕоҕун аҕал», – диэбит. «Чэ, оччоҕо сассын таххаар. Ат Хайатыгар таххыахпыт», – диэбит.
Иккиэн таххыбыттар. Оҕонньор охтубут мас өкөйөн, эндэйэн турарыгар, тойомсуйан, олорунан кэбиспит. Дьэ, эмээххин баран кэлбит уонна оҕонньоругар: «Оҕоҥ бу баар. Чэ, илдьэ киир», – диэбит. Ньилбэгэр туора быраҕан биэрбит биир сордоҥу. Оҕонньор ыксаабыт, куттаммыт: «Бу баҕайыны киэр гын», – диэбит. Онтон ыла оҕо көрдөөбөт буолаахтаабыт. Онон бүппүт, чэ.
Харитина Семеновна Яковлева-Көрөөхтөөбүт. Мэҥэ улууһа, Үөһээ Моорук нэһилиэгэ (билигин Амма улууһа, Сатаҕай нэһилиэгэ). 1989 с. кэпсэппитим, «62-бин туоларым ити курдук хаалла. Алтынньыга, 16-гар туолабын», – диэбитэ.
АРҔАА ӨТТҮНЭН ААННААБЫТТАРА
Биһиэннэрэ, Баачымалар, дьиэни даҕаны, хотону даҕаны уонна олбуору, тиэргэни хаһан да арҕаа өттүнэн ааннаабаттар. Аньыы. Тоҕо диэтэххэ, ойууттар, удаҕаттар сылдьар сырыыларын, суолларын ааныгар ыччатыҥ кэскилин, кинилэр дьылҕаларын сэмсэ ууран биэриэ суохтааххын, бүтэй бэлэх биэриэ суохтааххын. «Арҕаа өттүнэн ааннаах дьон эстэр дьылҕалаахтар», – дииллэр. Куһаҕан тыыннар сылдьар ыырдара. Бэл диэтэр арҕаа өттүнэн түннүктээбэт этилэр. Куһаҕан тыын, ыччат дьылҕатын курдары көрөн, быһа этэр диэн.
БУЛУҤ
Гаврил Константинович Шадрин (1933). Булуҥ улууһа, Хара
Уулаах. 1982 с. суруйбутум.
ТИКСИИ
Тиксии диэн ити мин аҕам уонна эһэлэрим кэпсээннэринэн истэр этим. Бу Тиксии диэн сиргэ балыгы элбэхтик өлөрөр этибит. Көһөн киирэн. Тууччах, муксуун балыгы атырдьах ыйын ортотун диэки. Тиксэр кэмигэр. Балык бултуу киирэллэр тыаттан. Таастан эбэтэр. Ити балыктар күн бүгүнүгэр диэри ити бириэмэҕэ биэрэккэ тиксэр кэмнэрэ. Ол иһин тиксиилии киирэллэр. Биһиэхэ манна ити балыктар эмиэ атырдьах ыйын ортотугар сысталлар. Ону биһиги эмиэ тиксиилиибит. Эбэтэр балыктыыбыт, бултуубут.
Лэгэнтэй Борокуоппайабыс Күөрээкин-Сэкэннэй (1918). Булуҥ улууһа, Түмэти. Хаҥалас ууһа. 2002 с. суруйбутум.
АЛАМПА МАЙААГА
Соппуруонап Остоолбото. Биһиги Алампа Майааҕа диэн ааттааччыбыт. Сорохтор Соппуруонап Майааҕа дииллэр. Оҕолор, кыралар. Билигин. Быһаҕынан быһан суруйталаабыттар. Муохтар үүнүтэлээбиттэр. Хаартыскаҕа да сатаан түһүө суох. Бастакы туруоралларыгар ЯЦИК чилиэнэ Слепцов Н. В. диэн баар эбит. Аата саамай үөһэ баар этэ. Соппуруонап гиэнэ баар этэ. Ол майаакка Өксөкүлээх Өлөксөй аата баар этэ диибин. Новгородов алпабиитынан суруллубут.
Туруорбут дьон олохтоохтор. Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан кэлэн олохсуйбут дьон. Охулуокап Сомсоон, Поппуоп Мэхээлэ, Перевалов Лэгэнтэй, Ыскырбыыкын Сэмэн. Сэниэлээх, кэпсэтэр, барар-кэлэр дьон. Кэлин мээнэ суруйар буолбуттар. Онно кыттыбатах дьону. Өссө Сахаарап Лэпсэй Кууһумуус. ЯЦИК чилиэнэ, үөрэҕэ суох оҕонньор. Кэнники эһэтэ Тордуйа аатынан, араспаанньатын уларытан, Тордуин диэнинэн өлбүтэ. Поппуоп Мэхээлэни Миһирийээн диэччилэр. Суон уонна иһиттэн саҥата ньиргийэн тахсар саҥалаах. Гражданскай сэрии саҕана бу диэки бандьыыттаабыт, өссө хамандьыыр буола сылдьыбыт. Итиэннэ өссө туруорууга Таспайар диэн баар этэ. Уус оҕонньор. Суоруутун эҥин ол оҕонньор суоран туруорбута буолуо. Уонна убайдыы-бырааттыы Татаарынаптар диэннэр бааллар. Өрүс уҥуоргу өттө да буоллар, тахсыбыттара буолуо. Оннук сурахха. Онтон маппатах буолуохтаахтар. Уйбаан уонна Бүөтүр. Туруорсубут буолуохтаахтар. Ааттара суох быһыылаах этэ.
СААМАЙДАР
Саамайдары киһини сиир дьоннор үһү диэччилэр. Олорго мин ийэм улахан убайын быраата, аата Бэрт Маалыҥкай, тиийэ сылдьыбыт диэн баар. Бэйэтэ ааттаах булчут, ааттаах ытааччы үһү. Уон кыылы көрдөҕүнэ, тоҕуһу өлөрөн баран тохтуур эбит. Биирин өлөрбөт үһү. Биирин хайаан да хаалларар үһү.
Бултуу сылдьан, уччуйан баран хаалбыт. Дьонун суолун суоллаан барбыт. Ол баран, атын дьоҥҥо тиийбит. Саамайдарга диэн буолуо дэнэр. Ураһаҕа. Аһатан, күндүлээн. Дьиэлэрин түгэҕинэн кииртэлээбиттэр. Кэлин. Быһахтарын эҥин сытыыланаллар эбит. Таһырдьа сылдьан, бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэр үһү. Туспа. Онтон дьаарханан, хайдах эрэ куотардыы сананан, олорор сиринэн ураһа түгэҕэ аһыллыбытынан тахсан, табатыгар тиийбит. Оҕунан ытыалаабыттар да, таппатахтар. Сүүрэринэн үчүгэй. Ол иһин Бэрт Маалыҥкай диэн аатырбыт. Уучаҕын миинэн баран, ытыалаан, хас да киһини өлөрбүт уонна куоппут. «Сирэйдэригэр ойуулаах этэ», – диэбит. Тигиилээх.
БҮЛҮҮ
Варвара Федотова. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут. 1973 с. үһүйээннэри киниэхэ аҕата Максим Степанович Федотов кэпсээбит.
БӨӨЧӨРӨ
Былыр Бөөчөрө диэн тоҥус хоһууна баара үһү. Бу хоһууну 40 дьиэ тоҥус батыһа сылдьара үһү. Бу дьон хоһуун бултаабыт булдун хомуйарга, сииргэ сылдьаллар үһү. Хоһуун улахан баайа суох эбит. Ол сылдьан, кини үйэтин иһигэр 99 эһэни өлөрбүт. Эһэҕэ сааламмата үһү, аҥардас батыйанан уонна баалка маһынан бултуур эбит. Биир күн сайын алыыга тиийбитэ, үс кыыл аһыы турара үһү. Бу үс кыылы үһүөннэрин өлөрбүт. Онтон биир кыыл элэмэс эбит. Ытан баран турдаҕына, алыы диэки тыас тыаһаабыт. Туох ааттаах тыаһай диэн хайыһан көрбүтэ, үйэтигэр көрбөтөх улахан, эмиэ да сиэллээх, кутуруктаах курдук эһэ сүүрэн иһэрэ үһү. Урут хаһан да уолуйбатах, соһуйбатах бэйэтэ, уолуйан, улахан тэҥкэ баарыгар сүүрэн тиийэн ыстаммыт. Эһэ кэлэн үөһэ ойуолаан баран, кырбаталаан көрбүт да, үс ойуунан хоһууну куоттарбыт. Эһэ сүрдээх улаханнык үс төгүл часкыйбыт. Хоһуун ол олорон ытыалаабыт. Ол аайы эһэтэ часкыйа-часкыйа өрө ыстаҥалаабыт. Хоһуун бүтэһик буулдьата хаалыар диэри ытыалаабыт. Хойут, элбэх ытыалааһын кэнниттэн, эһэ, ыстаҥалыыра уурайан, олорон эрэ часкыйбыт. Сайыҥҥы уһун күн киирэн эрдэҕинэ эһэтэ үс төгүл киһилии: «Бөөчөрөө», – диэбит уонна өлөн хаалбыт. Хоһуун, түһэ эккирээн, дьиэтигэр ыстаммыт. Дьонугар оннук моһуокка ыллардым диэн кэпсээбэтэх уонна кыылларын да, эһэтин да этин хомуйтарбатаҕа үһү. Оччо саллыбыт. Ол кэнниттэн үс сыл сылдьыбыттар. Биир түүн Бөөчөрө баттаппыт, дьоно нэһиилэ уһугуннарбыттар. «Хайа, атаас, тугу түһээн баттаттын?» – диэн кырдьаҕастар ыйыппыттар.
«Дьэ, хара тыам тэҥситтэттэ 1. Үс сыллаахха биир улахан эһэни үс кыылы кытта өлөртүм. Ону хара тыа иччитэ үөҥҥэ-көйүүргэ сиэттиҥ, үс хонон баран маннык ааттаах алыыга көрсүһүөхпүт диэтэ», – диэн кэпсээбит.