bannerbanner
Кырыыстаах таас
Кырыыстаах таас

Полная версия

Кырыыстаах таас

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
4 из 6

Күнү быһа сукуҥнаан сэниэтэ эстэн, киэһэ дьиэтигэр сыккырыыр тыына эрэ кэллэ. Дьиэтэ оттуллубакка тымныйбыт. Хаамтаҕын аайы атаҕын тыаһа уорааннанан, дуораһыйан иһиллэр буолбут. Бориска кэлээт, сыгынньахтаммакка да эрэ, барааҥка сонун төбөтүгэр саба быраҕынаат, умса түһэн утуйан хаалла. Түһээтэҕинэ арай эмиэ бөрөлөр төгүрүктээһиннэригэр түбэһэн, улахан кутааны оттубут. Уотун суоһа сүрдээх. Бориска итииргээн барааҥкатын уолугун арынна. Хантан эрэ муннугар буспут эт минньигэс сыта саба биэрдэ. Бу өйдөөтөҕүнэ, олус диэн аччыктаабыт эбит. Аһыан наһаа баҕарар да, күөс ханна баара көстүбэт. Ханна эрэ кутаа уҥуор дьон кэпсэтэллэр. Ол икки ардыгар бөрөлөр харахтарын уота кинини тымныынан дьөлүтэ үүттээтилэр. Бориска эмиэ адьырҕалары чуҥнаан, сыгынаҕын улаҕатыгар мөхсө сытта. Эмиэ ханна эрэ дьон кэпсэтэллэр.

– Буорайбыт. Аанньа аһаабакка аччыктаан да иэдэйдэҕэ.

– Санаарҕаан быһар быһаҕаһа эрэ хаалбыт. Чанчыктара маҥхайбыттар, баттаҕа күрэҥсийбит. Урут биир даҕаны маҥан баттах суох этэ.

Бээрэ ити ханна кэпсэтэллэр? Хайдах эрэ билэр куоластара. Бориска кутаа улаҕатын көрө сатыыр.

– Күөспүт буста. Хоторон аһыахха дуу? Киһибитин хайыыбыт?

– Турдаҕына аһыаҕа. Сынньаннын.

Сынньанан буола-буола. Мин сынньана сытар үһүбүн дуо? Бөрөлөртөн тыыммын көмүскэнэн мөхсөбүн дии. Ас сыта муннун кычыгылатта. Эмиэ уот уҥуортан бэркэ билэр саҥата дуораһыйда.

– Дьаабал баара, урут баччаларга бэйэм даҕаны улахан кыылы бултаһар этим. Ону баара быйыл бөрөлөр аймаан кэбистилэр.

Тууй-сиэ, Лөкөй Лөгөнтөй саҥарар буолбат дуо? Хайдах мааҕыҥҥыттан билбэтэҕэй?

– Аат адьырҕалар торҕоннообуттара тоҕо сүрэ буолла? Оннооҕор хаатыҥкабын тырыта тыыппыттар.

Оо, оо! Аны Сафейка эрэйдээх үөрүн ытатан эрээхтиир дии. Кырдьык даҕаны, санаата тууйуллан, хаатыҥкалары өйдөөн илдьэ киирбэтэх эбит. Саатар, кэтэн туһаныллыа эбитэ дуу? Ол эрээри ону сүгэн кэлэр сэниэтэ да суоҕа. Аттыгар эмиэ уоттар чаҕылыстылар. Киһи саатын көрдөөн мөҕүстэ. Булбата. Хабыс-хараҥа. Хараҕа сабыылаах. Күүһүн түмэн хараҕын атытта…

Уһуктан кэлбитэ, дэлби тириппит. Оронугар сытар. Тоҕо итиитэй? Барааҥкатын киэр элиттэ. Эргиллэн көрбүтэ… оттуллубут оһох иннигэр дүлүҥ олоппоско Лөкөй Лөгөнтөй куолутунан оллоонноон кэбиспит. Табахтаан бусхата олорор. Оһох таһыгар көхсүнэн буолан Сафейка күөс хоторо турар. Бориска олоро түстэ. Саҥата суох ытаан, икки санна титирэстээн барда.

15

– Соҕотох тордох турарыгар көтөн түспүтүм, биир эдэр уол солуурчаҕын толору эт буһаран аһыы олорор эбит. Быһыта-орута ону-маны кэпсэтиһээт, мин бэлэм күөскэ олорон аһаспытынан барабын. Үөрбүтүм баара, дьыала атыннык эргийэн таҕыста. Аҕата Байбаакаан оҕонньор эмээхсининээн, ойох ылбыт улахан уолаттарынаан үс тордох ыал үөр табаларын үүрэн Тааҥычаан үрэҕэр аһара түспүттэр. Ол хас да көстөөх, ыраах сир үһү. Оттон кини бултарын сэбин эһитэлээн кэлэн олорор эбит. Сарсын дьонун эккирэтэр үһү. Икки олох сыарҕаҕа көлүнэр түөрт эрэ табалаах хаалбыт. Онон миэхэ кураанах төннөр кыһалҕа тирээтэ, – Сафейка сойбут миискэлээх миниттэн ыймахтаан ылла уонна салгыы кэпсээн барда.

– Ыксаатым: «Биһиги хоргуйан өлөр дьон буоллубут. Туох көмөлөһөрдөөххүнүй? Кытаат, өрүһүй. Өҥөҕүн чэйинэн, табаҕынан төлөһүөм», – диэтим. Киһим тугу даҕаны тобулан сүбэлээбэтэ. Оччоҕо мин эйигин кытта барсабын диэн буол. «Мин атын сиринэн эргийэн барардаахпын, – диэтэ уолум. – Омуоһап Лөгөнтөйгө аҕам илдьитин тириэрдиэхтээхпин».

– Оччоҕо мин Лөгөнтөйгө диэри барсабын диэт, мин ойон турдум. Киһим мин муус кыаһаан буолбут хаатыҥкабын дьиктиргээбиттии көрдө. Аһынна быһыылаах. Олорбохтуу түһээт, тэллэҕин анныттан эргэ тыс этэрбэс ылан биэрдэ.

– Маны кэт. Хаатыҥкаҕын хааллар. Атахтарыҥ быстыахтара, – диэн илдьэргэ сөбүлэҥин биллэрдэ. Мин үөрүүбүттэн киһибэр испиискэ, кыра чэй, табах биэрдим. Сарсыарда халлаан сырдыыта турдубут. Мин эргэ соҕус эрээри, бүтүн, бэртээхэй этэрбэстэри кэтэн кэбистим. Хаатыҥкаларбын таһааран күрдьүк аттынааҕы тиит төргүү мутугун төрдүгэр үөһэ тииккэ сыһыары уурталаатым. Салгын охсон сараҕыйдыннар, кэлэн иһэн ылыам дии санаатым. Онтукаларбын силлиэ түһэрбитин аҥаарын бөрөлөр быһыта хадьырыйталаабыттар. Күнүс эрдэ Лөгөнтөйгө мэҥитэн тиийдибит. Киһим аҕатын илдьитин кэпсээтэ. Быйыл Сиридикээн баһынан, Буйуҥданан бөрө үөрэ олус хойдон табаны улаханнык аймаабыт. Ол иһин оҕонньор Тааҥычааҥҥа күрэммит. Онно төһө да мэччирэҥэ мөлтөҕүн иһин, табаларбын быыһыам диэбит. Лөгөнтөй ол бөрөлөргө айанан бултаһарыгар көрдөспүт. Эһиил өссө элбээтэхтэринэ табаларбыттан эстэбин диэн илдьиттээбит. Эрэйин кэнники саныа үһү. Мин эмиэ Лөгөнтөйгө кыһалҕабын барытын кэпсээн биэрдим. Лөгөнтөй олорбохтоон баран: «Этэ суох өлүүһүгүт. Оҕонньор сыҥааҕа ыарахан буолуохтаах. Арай мин барсыыһыбын», – диэтэ. Чэйдээт да, айаннаатыбыт. Ол күн түүннэри айаннаан Байбаакааҥҥа тиийдибит. Лөгөнтөй оҕонньору үчүгэйдик билэр эбит. Онон эрэйэ суох тылбытын ылынан түөрт табаны биэриэх буолла. Лөгөнтөйдүүн бөрөлөрү хайа сатанарынан чуҥнаһар табыгастааҕын кэпсэтистилэр. Булка сылдьарыгар биир олох сыарҕалаах табаны анаата. Онон сарсыарда түөрт эттээх табаны холбонон төннөр буоллубут. Ону баара, ол түүнүгэр буурҕа саҕаланан үс күн хаайтаран сыттыбыт. Тааҥычаан үрэҕэр кыһыннары өрө тыга турар итии уу тахсар сүүрээнэ баар эбит. Кини муус үрдүнэн халыйар сиригэр оҕонньор балаакка оннун саҕа сиргэ аппа хастаран уунан толорторбут. Үрдүнэн балаакка тардан баран онно киирэн угуттанар, сөтүөлүүр эбит. Илиим, атаҕым дьарҕатын сыл аайы манна эмтиибин диир. Лөгөнтөй биһиги эмиэ эмтэннибит. Били мантан барарбар ууну кэһэммин атаҕым бэрбээкэйдэрэ сүһүөхтэринэн дьаралыйан ыалдьаары гыммыттара угуттанан абыранным, тута оһон хаалла. Буурҕа уурайан, бүгүн сарсыарда эрдэттэн айаҥҥа туруммуппут. Аара кэлэн иһэн эн суолгун, хоммут сиргин көрбүппүт. Кэннигиттэн эккирэтэн көрөн баран, сиппэтэхпит, – Сафейка буруйдаммыттыы доҕорун бу кылгас кэм иһигэр кыырыктыйбыт баттаҕын көрүтэлээтэ.

16

Саас. Хаар ууллан, үрэхтэр уулара киирэн, сир-дойду уһуктан, араас көтөр үөрэ хотоол ууларыгар, үрэх хомолоругар үөмэхтэс буолбут. Кырдал кырыс сирдэр, сууйуллубут күөх сукунаны тиирэ тарпыт курдук, сырдык сибиэһэй өҥүнэн күн сардаҥатыгар көҕөрүмтүйэ толбоннуран көстөллөр. Мас-от тиллэн, симэһинэ ситэн, силигилии симэнэр кэрэ кэмэ кэлэн эрэрин кэтэһэн турардыы, үнүгэһэ үүнэн, хатырыга хаҥаан, сымала сытынан аҥылыйан, сыһыыны, хонууну бүтүннүү тунуйбут. Миитэрэй сөрүүн салгыны түөһүн муҥунан ыйырбахтаан ылла. Наҕыл хаамтарыынан Сиридикээн төрдүнээҕи киэҥ хомо сыырын таҥнары киирдэ. Хомо чычаас налыы уутугар араас кус үөрэ мустан аһыы, көччүйэ сылдьара. Күн уотугар көмүс куорсуннар кустук араас өҥүнэн күлүмүрдэһэ оонньууллар. Элбэх кус уҥуоргу кытыы бадарааныгар тахсан, төбөлөрүн кынаттарын анныгар кистээн утуйа сыталлар. Сорохтор кытыл устун хаамсан түөрэҥэлэһэллэр.

Миитэрэй хомону кытыытынан кэрийэ хаамтаран үрэҕи өрө барда. Чугастааҕы кустар саҥарса-саҥарса, утары устан бардылар. Миитэрэй кэтириинискэй доруобун ииттэн сүгэн иһэр. Аара халыҥ үөрдээх хаастарга түбэстэҕинэ ытар санаалаах. Саатар, иккини-үһү өлөрөн, кэһии кэриэтэ Барыыскалааҕы күндүлүө этэ. Ол дьоҥҥо тойонун илдьитин илдьэ иһэр. Кэлэ оҕустуннар диэн тиэтэтэр. Сөбүлэстэхтэринэ төрдүөн Уолаҕа түүлээх ыҥырдан киириэхтээхтэр.

Миитэрэйи үрдүнэн бэрт намыһаҕынан сүүрбэччэ үөрдээх хоҥор хаастар халыкынаһан аастылар. Иһэллэрин ыраахтан көрбүтэ. Арааһа, иккини хаһы түһэриэххэ сөп эбит да, соҕотох иитиитин ытан кэбиһиэн кэрэйдэ. Кини наҕылыччы киирэн, хостоон-хостоон баран, олоххо ытарын сөбүлээччи. Хаастара тиийэн хомону үрдүнэн иккитэ-үстэ эргийэн баран, ньалака уулаах чээл күөх атахха түһүнэн кэбистилэр. «Тууй-сиэ, арыый аһара түһэн хааллым ээ. Сатаналар тэһиилэрэ бэрт дуу. Өссө эргийбэхтээн баран түстүлэр дии». Миитэрэй биэрэстэ аҥаара сири төттөрү барыан кэрэйдэ. Төттөрү-таары тэлбиҥнээн тардыллан хаалсы. Миитэрэй тиэтэйэр быһыынан сулбу соҕус хаамтаран истэ. Алыы ууларын аайы араас кус үөрэ эймэҥнэс. Саҥалара-иҥэлэрэ киһи санаатын уйгуурдуох курдук. Быйыл уута дэлэйдик тахсан, көтөр син кэлбэхтээбит. Аара эмпэрэ аннынааҕы биир кытахха биэс эриэн түөс олорорун аттынан ааста. Мыынна. Күөс быстыҥа холобурдаах айаннаан сирин ортолоото. Кус аймаҕыттан ураты атын киһи хараҕар быраҕыллыахха айылааҕы көрбөтө.

Миитэрэй бу кыһын ойууннуун ыалдьыттыахтарыттан ыла Барыыскалаахха сылдьа илик. Саас быстаран өлө сыспыттарын Лөкөй быыһаабыт этэ. Бу дьон туох инниттэн бачча чиэски сиргэ кэлэн өлө оонньуулларын Миитэрэй өйдөөбөт. Ханна эмэ кэм дьонноох-сэргэлээх сиргэ, Сэйимчээҥҥэ дуу, Уолаҕа дуу, дьиэ-уот тэринэн, сүөһү ииттэн олоруохтарын тоҕо сатамматый? Бу үлүгэрдээх тымныыга тоҥ буору, тааһы кытта кыһыны быһа хадьырыһар олус да ыарахан, илистиилээх үлэ буолуо эбээт. Аны онтукалара көмүһэ суох буоллаҕына, биир харчыга остуойута суох кураанах эрэй буолар ээ. Бу хомолтотун, кыһыытын хайдах тулуйаллар. Чахчы дьон диэн кииллэрэ, тулуурдаахтара буолан сырыттахтара эбээт. Ити кыһыл көмүстэрэ диэн олус да сыралаах, күчүмэҕэйдэрдээх үлэнэн көстөр тэрил эбит. Күндүтэ, сыаната оччо улахан буоллаҕа. Барыыската кэпсээн-ипсээн, сайаҕас киһи. Доҕоро даҕаны төһө да саҥата-иҥэтэ аҕыйаҕын иһин, үлэһит, бэрт сытыары-сымнаҕас киһи быһыылаах.

Соҕотохто аттыгар аймалҕан буолла. Миитэрэй санаатыгар аралдьыйан тугу да билиминэ иһэн, көрө түспүтэ, үрэх тумус кумаҕар үөр хаас түһэн олорор эбит. Чугас баҕайылар. Сүүрбэччэ саһаан иһинэн быһыылаахтар. Миитэрэй аһара хаамтаран тумус күлүгэр киирдэ. Атыттан түһэн саатын илиитигэр ылла. Атын ойоҕоһугар сөрүөстэн кытыылыы соҕус эргийэ хаамтарда. Тохтоон көрдө. Сылаас кумахха сыламнаан, отучча хоҥор кураанах ыҥыырдаах акка кыһаллыбакка сорохторо утуйа, сорохторо түүлэрин-өҥнөрүн ыраастана олороллор. Дөрүн-дөрүн кэпсэтэн эрэрдии холкутук халыкынаһан ылаллар. Миитэрэй ханан киирэн ытарын сылыктыы олордо. Хойуу өттө кытылы батыһа олороллор эбит. Ону өйдөөмүнэ аһара хаамтаран кэбиспит. Билигин төттөрү эргиллэр кыаҕа суох. Көрүүһүктэр. Арай атын кэннинэн чугуттаҕына эрэ сатаныыһы. Биэс-алта хаамыыны чугуйдар сөптөөх туһаайыыны ылыа эбит. Балачча эрэйинэн туһааннаах сиригэр тиийдэ. Эмиэ тохтоото. Арыый тэйиччи буолла быһыылаах. Өссө кыратык киирэ түспүт киһи. Сэрэнэн иһирдьэ диэки хаамтарда. Дьэ, сөп буолара дуу. Үчүгэйдик олороллор. Аҕыс-сэттэ хаас хоһулаһан көстөр. Миитэрэй саатын өйөбүл атахтарыгар туруоран ыксаабакка холкутук маҥнайгы хааһы моонньун төрдүнэн кыҥаан элбэрээгин сыыйа төлө тарта. Сүллэр этиҥ сааллыбытыныы, саа күтүр үлүгэрдик төлө сөтөлүннэ. Ат хаһыҥырыы түһээт, туора ойдо да, тэһииниттэн иҥнэн тохтоото. Миитэрэй туран бүгү күннээххэ аны туһата бүппүт доруобун төргүүтүгэр баанна. Көппүт хаастар аймалаһан ырааттылар. Миитэрэй кытыл диэки көрбүтэ, хас да хаас хаптайбыт. Тиийбитэ биэстэр эбит. Бары тыла суох барбыттар. Хайдах баҕайыный, хоһо элбэххэ дылы этэ дии. Миитэрэй мыыммыт курдук бултарын ылан ыараҥнаппахтаан көрдө. Хата, эмис баҕайылар эбит. Хаастарын төргүүлэнэн түөртүүр ынах саҕана Муҥур үрүйэҕэ кэллэ. Дьиэ аана баттатыылаах. Дьонун үлэлии сырыттахтара диэн сэрэйдэ. Түһэн хаастарын сүөрэн дьиэҕэ киллэрдэ. Атын сыгынньахтаан баайан кэбистэ. Ыллыгы батыһан үрүйэни өрө өксөйдө. Арай ол иһэн өйдөөн көрбүтэ, үрүйэтэ буордаах уунан будулуйа уста сытар эбит. Хайа бу хайдаҕый? Миитэрэй олус дьиктиргээн, саҥа аллайда. Таайа сатыырдыы ол-бу диэки көрбөхтөөтө. Хантан бу буордаах уу кэлэрий? Халаан уута ааспыта быданнаата. Ардах эмиэ түһэ илик. Оннооҕор улахан үрэхтэр уулара билигин ыраас, уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн көстөр буолбут кэмэ. Миитэрэй мунааран турбахтыы түһээт, суолун салгыы батыста. Сотору, били, бу кыһын ойууннуун көрбүт ииннэригэр кэллэ. Сорохторо, намыһах сиргэ хаһыллыбыт өттүлэрэ, уунан туолбуттар. Атыттара син кураанах эрээри айахтара сиҥнэн түһүтэлээн эрэллэр. Миитэрэй биири атыҥырыы көрдө. Били, бугул-бугул саҕа хаарынан сабыллан сытар чөмөх буордара суох буолбуттар. Ханна гыммыттара буолуой? Соһуччу таабырынныы, саарбахтыыр санаан кини өйүгэр кылам гынна. Арба, былырыын кэпсээтилэр этэ дуу, көмүс сууйуутугар үлэлээбиппит, манна көмүс сууйсан көрүөхпүтүн баҕарабыт диэн. Ол аата били ииннэртэн хостоммут буордары сууйар эбит буоллахтара. Тууй-сиэ, хайдах мааҕыҥҥыттан таайбатаҕай? Бу кинилэр сууйбут буордарыттан үрүйэ уута будулуйбут эбит дии. Оксиэ, уу бачча киртийиэр диэри буору суурайар диэн, дэлэлээх элбэх үлэттэн тахсара буолуо дуо? Бээ, бээ, хата, баран көмүстэрэ диэни хайдах сууйалларын көрүөххэ. Аны хойутаан хаалыам диэбиттии, Миитэрэй тиэтэйэ быһыытыйда. Аарааҥҥа диэри уонча хаһыллыбыт иини аахта. Буордара сууйуллубут. Үрүйэ тоҕойун уҥуортан буруо унаарыйан көһүннэ. Миитэрэй өр гыммата. Тоҕойу эргийэ көттө. Үрүйэ кытыытыгар ыраастаммыт көнө сиргэ таас, кумах булкаастаах инчэҕэй буор чөмөхтөммүт. Ол таһыгар Борискалаах Сафейка кэккэлэһэ чохчоһон олороллор. Миитэрэй кэннилэриттэн чугаһаан кэлбитин көрбөтүлэр. Саҥата суох үлэлии олордулар. Миитэрэй көрдөҕүнэ, мас хорууданы ортотунан куоһаахтыы хаһыллыбыт дьоҕус иһиккэ толору кутуллубут буору ууга тимирчи олордон баран, кыра күрдьэхтии суоруллубут мастарынан, үтүктүспүт курдук иһиттээх буордарын түгэҕиттэн түөрэ эргитэн харса суох булкуйа олороллор эбит. Балайда булкуйан буорун, бадараанын суурайан баран, үрдүнээҕи бөдөҥ таастары хаһыйталаан кэбистилэр. Итинник хаста да хатылаатылар. Ол аайы анныларыттан болоорхой уу будулуйа сүүрдэр. Иһиттэрин ортотунан кумах былаастаах бытархай кырылас таас хаалбытын, дьон боччумуран олорон, хоруудаларын икки кырыытыттан тутан хардарыта иҥнэҥнэтэн, төттөрү-таары ууну сомсон эйэҥэлэтэн сууйан бардылар. Сотору-сотору мастарынан булкуйан түгэҕин көбүтэн биэрэллэр. Тоҥолохторугар диэри ньыппарыммыт илиилэрэ кытара тоҥмуттар. Онно кыһамматахтыы имигэстик бэгэччэктэрин эрэ хамсатан үлэлии олордулар. Тохтоло суох кыра-кыратык сомоон ылар ууларынан хачайдаамахтаат, долгун араҥатынан кумахтарын үрдүнээҕи таастары иһит таһыгар ыыталлар. Тиһэҕэр аҥаардас кумах сөҥөн хаалбытын сиксийэн иһиттэрин түгэҕин кичэһэн одууластылар. Онтон уларытыһа сылдьан көрбөхтөөтүлэр. Тугу эрэ ботур-ботур кэпсэттилэр. Кумахтарын барытын иһиттэриттэн сайҕаан кыракый ылтаһын хамыйахха сүөкээн ыллылар, уоттарыгар куурда уурдулар. Туран тыыллаҥнастылар, Миитэрэйи көрдүлэр.

17

Сиридикээн баһа атырдьах салбаҕыныы туора арахсар кылгас салаатын сырыынньа хочотун устун, суол сыыйа сис хайаҕа дабайар. Айанньыттар субуруһан дабааны бытааннык өрө тахсан иһэллэр. Ындыылаах аттар көхсүлэрин тыаһа тиҥиргэс буолбут. Тыыннарын былдьаһан, төбөлөрүн умса быраҕан бокуойа суох дьүккүһэллэр. Сотору-сотору бүдүрүйэн умса хоруйбахтыыллар. Ыраахтан көстүбүт, ыҥыыр олоҕун курдук, ортотунан кэдэгэрдээх сис хайа арҕаһа чугаһаата. Суоллара инчэҕэй муох үктэллэнэн барда. Аттар бадарааннаталаан ылаллар. Хочолорун баһыгар кэллилэр. Манна хара маһа баранан, онно-манна хаптаһан сытар бэс болбукталарынан солбулунна. Дьон тыын быһаҕаһынан тыынан, атахтарын тиҥилэҕин ат туйаҕыттан куоттаран, суолу ойоҕолуу хаамсан, көнтөстөрүн кылгастык тутан, умса-төннө түһэллэр. Эппэҥнэс гына аҕыластылар. Көлөһүннэрэ сарт түспүт. Төһө да сылайдаллар, тохтоон сынньаналлара сатаммат. Дабаан кэмигэр ыарахан ындыылаах ат тохтоотоҕуна көхсө сааллар.

Үөһэттэн хаһан да уҕараабат хайа сөрүүн тыала аргыйда. Дьон умсугуйбуттуу уолуктарын арынан, бэргэһэлэрин устан итииргээбит эттэрин салгыҥҥа оҕустардылар. Сотору кэтэһиннэриилээх кэдээллэригэр таҕыстылар. Манна тохтоон сынньана түһэргэ быһаарыннылар. Ындыыларын түһэртээтилэр. Аттар сөрүүкүөхтэригэр диэри, туруохтааҕар Бориска кэдээли батыһа чугас турар хайа оройун диэки хаамта. Арҕаһы батыһа чубукулар ыллыктара болбукта быыһынан эрийэ-буруйа тыргыллар. Ыллык устун хаамарга сирэ дэхси, тирэхтээх. Килбэчигэс хара өҥнөөх тырыыҥкаламмыт чараас таас бытархайдарын дэхси дьапталҕатын быыһынан, түүнүк курдук, күрэҥ муох үүммүт. Сылгы дьогдьоҕор саалыгар майгынныыр сыыйа үрдүүр арҕас оройугар таҕыста. Уйаара-кэйээрэ көстүбэт мэҥэһик-мэҥэһик салҕанан бара турар кэрискэ хайалары, ахсаана биллибэт үрэхтэр, үрүйэлэр хайыта солоон түспүт хаспах хочолорун эргийэ сылдьан сөхпүт хараҕынан дуоһуйа көрдө. Туохха да уолуһуйбат холку, улуу көстүү. Оол, арҕаа өттүнэн киһи хараҕа ыларын тухары Халыма салааларын эҥэр хайалара, кирээдэ курдук, туора кэккэлээн ыраах күөх тумарыкка тиийэн сыыйа симэлийэн хаалаллар. Улуу өрүс киэҥ хочото, сүдү улахан моҕой кыыл хамсаабакка бүгүллэн сытарыныы, онон-манан өҕүллэҕэстэнэн хоту диэки нэлэһийэн түһэ турар. Илин диэки эргиллибитэ хаарынан сабыллыбыт адаардаах сис хайалар кылааннаах өргөстөрө мөһүүрэ өҥүнэн күлүмнэһэллэр. Ок-сиэ, киэҥ, кэрэ да дойду!.. Ама маннык бэйэлээх баараҕай сир күөрэлэммит кураанах сымара таастарынан эрэ муҥурданыа дуо? Бу үлүгэрдээх сүдү кыраай ахсаана биллибэт үгүс үрүйэлэригэр, дириҥ хаспахтарыгар айылҕа күндү баайын араас көрүҥнэриттэн биирдэстэрэ эмэ хайаан да кистэнэ сытар буолуохтаах. Хайаан да баар, ону Лөкөй Лөгөнтөй булбут сомоҕо көмүһэ туоһулуур. Биһиги быйыл саас Муҥур үрүйэттэн мэлийдибит эрээри, атын үрэхтэри, үрүйэлэри билбэппит эбээт. Ханан эрэ элбэх, бөдөҥ көмүстээх сир баар буолуохтаах. Ону көрдүөххэ, булуохха эрэ наада. Туора салаа үрэххэ кыһын хаспыт уонча ииммитин быыс булан сууйбакка хааллыбыт. Кинээс тиэтэппитин кэннэ өрөлөһө сылдьар кэлиэ дуо?! Ол кэриэтин үлэ тохтууругар тиийэр. Бостуой холдьохсо, хайыы сылдьыа. Кэнники төннөн кэлэн да сууйуллуо. Бориска арҕас оройун эргийэ барда. Уһуктаах, кырыылаах үрүт өттүлэрэ түүнүгүрбүт таастар бэрээдэгэ суох күөрэ-лаҥкы дьапталана сыталлар. Түҥнэри сирэйгэ ситэ ууллубакка хаалбыт хаар лоскуйун алын өттүгэр эмиэ да маҥан, эмиэ да саһархайдыҥы бороҥ өҥнөөх көһөҥө таастары ылан көрбөхтөөтө. Бөдөҥ куһуоктары бэйэ-бэйэлэригэр үлтүрүтэ быраҕан, дьэбин сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх таас бытархайдарын сирийэн кыҥастаста. Кыһыл көмүс үрүҥ таастарга баар буоларын туһунан кини истэр этэ да, урут түбэһэн көрө илигэ. Бодойбоҕо даҕаны маннык таас баарын өйдөөбөт. Арай иллэрээ саас Дьокуускай бириистэнигэр көрсүбүт инженерин этиитин санаан кэллэ. Кини өлүөхүмэ бириискэлэригэр баран иһэрэ. Борискалаах өймөкөөнү хайдах баран булуохтарын билбэккэ муна-тэнэ сырыттахтарына, көрсүһэ түспүтэ. Кинилэр көмүс көрдүүр баҕалаахтарын олус сэргии истибитэ. Уонна сүбэлиир кэриэтэ этэн турардаах: «өйдөөҥ, кыһыл көмүс уот сиэбитин курдук бороҥ өҥнөөх кварц тааска баар буолааччы. Оттон бытархай көмүһү намыһах хайалардаах нэлэгэр хочолоох үрэхтэргэ көрдүөххэ наада», – диэн. Бориска кыра куһуок тааһы илиитигэр ылан, эргитэ-урбата тутан көрө-көрө, дьонун диэки барда. Бу иһэн үөһэттэн көрдөҕүнэ, Сиридикээн хочото, кырдьык даҕаны, өргөһө кылаана суох, мүлүркэй төбөлөөх хара тыанан саба үүммүт, сөбүгэр сырыынньа үрдүүр хайаларынан кэрэһилэммит, киэҥ нэлэккэй көрүҥнээх эбит.

Дьоно ындыыларын көтөҕөн хомуна сылдьаллара. Үстүү аты кутуруктарыттан холботолоон миҥэ аттарыгар сэтиилэммиттэр. Тойон Сиидэр кинээс эрэ атын сулумахтыы сиэтэн аллара диэки хаамта. Бу сис хайаттан соҕуруу диэки таҥнаран, Буйунда өрүс хаҥас салаатын тутуһан Хобочоон диэн үрэх хочотугар киирдилэр. Бу үрэх төрдүттэн биир көс аллара Буйунда соҕотох ыала Лөкөй Лөгөнтөй олоҕо баар. Сиидэр кинээс Лөгөнтөйгө сылдьар наадалаах буолан, хотугулуу-илин иэҕилиннилэр. Онон кэлэ-бара икки көс сири сүтэрэр буоллулар. Лөгөнтөйдөөххө хонуохтаахтар. Кинилэргэ хайата да биир. Хата, бу түүн Лөгөнтөйү кытта кэпсэтиэхтэрэ. Ону-маны ыйыталаһар да санаа баар. Ыаллара киэһэ аһылыктарын аһаан утуйаары олордохторуна тиийдилэр. Хоноһолор кэлбиттэригэр, ордук тойоннорун көрөн уот оттор, күөс буһарар түбүгэр түстүлэр. Кинээс дьиэҕэ киирдэ. Дьоно ындыыларын түһэрэ, аттарын сыбыдахтыы хааллылар.

– Хайа, бу кэпсээҥҥит? – тойон киирэн уҥа ороҥҥо олорон сөҥүдүйдэ.

– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Лөкөй улахан талах олоппоһугар олорон симиттибиттии хоруйдаста.

– Кэпсээн кэмчи. Хайдах олороҕут, туоххут кэллэ-барда?

– Кэммитинэн олоробут, кэлии-барыы суох.

– Быйыл от хайдах буолсунуй? Бачча бэдиктэрдээх киһи оту баҕас курулаамахтаатаҕыҥ буолуо, – кинээс чороччу улаатан эрэр уолаттары ордук санаабыттыы өтөрүтэ-батарыта көрдө. – Арба кыһыл көмүһүнэн эргинэр киһи оттооһун, сүөһү иитэр барыһа суох диэн эрдэҕиҥ буолуо. Ол да буоллар быйыл биир эмэ ынаҕы уостатар инигин, – кинээс тыла-өһө чиҥээн, кыйаханан барыах курдук буолла.

Лөкөй тугу даҕаны саҥарбата. Тойон киһи хайыай, үгэргээн эрдэҕэ. Дьиҥин баран эттэххэ, ол босхоҕо кэлбит табаар кини ынаҕын уоһугар биэрбит малынааҕар холооно суох элбэх этэ. Табаҕы бу билиҥҥэ диэри тарда олордоҕо. Хайа уонна оттон бэйэтигэр, уолаттарыгар тиктэрбит суккун сонноро саҥаларынан сырыттахтара дии.

Таһыттан Борискалаах Сафейка, Миитэрэй киирдилэр. Бориска Лөкөйү мичээрдээбитинэн кэлэн илии тутуһан дорооболосто.

– Лөгөнтөй, туох кэпсээн?

– Суох. Эһиэхэ туох баарый? – Лөгөнтөй сэргэхсийэ быһыытыйда.

– Суох. Бу Уолаҕа баран иһэбит.

– Ээ… Бүтэн баран эрдэххит дии.

– Дьэ, биллибэт. Баҕар, төннүөхпүт, баҕар, сир уларыйыахпыт, – Бориска икки саары икки ардынан хоруйдаата.

– Тугу эмэни буллугут дуо? – Лөкөй тойонуттан толуннар даҕаны, билиэх баҕата батарбакка, көмүс туһунан ыйытта. Туран күөһүн булкуйбута буолла.

– Мэлийдибит. «Суолун» сибикитэ баар эрээри, киһи туһанара суох.

– Ок-сиэ, таах эрэйдэнээхтээбиккит. Суох бэйэкэтэ эбит буоллаҕа.

– Дьэ, туох да билбэт. Өссө эбии атын үрүйэҕэ көрдөөбүт киһи хайыа эбитэ буолла? – Бориска атын үрүйэҕэ хайыы-үйэҕэ уонча иин хаһыллан баран сууйуллубакка сытарын туһунан кинээстэн мэһэйдэтэн Лөгөнтөйгө эппэтэ.

Алааппыйа эмис тайах этин кырбастарын улахан мас кытыйаҕа хоторон остуолга уурда. Дьон олоро түһэн, аһаабытынан бардылар.

– Бу хаһан бултаабыт кыылгыный, бэрт эмис тайах эбит ээ? – кинээс сыалаах эти ытыра-ытыра сытыы быһаҕынан элийбэхтээтэ.

– Быйыл быстар саас тоҥокко охторбутум. Байтаһын тыһы бэйэтэ этэ.

Лөкөй быһаас Борискалаахтан төннөөт, бөрөлөрү эккирэтиспитэ. Киэҥ сиринэн сылдьар ыырдарын хайан, эргиччи айа тардыталаабыта. Кини сытыы ырбаларыттан түөрт адьырҕа сыһыйбыта, иккини хааннаан ыыппыта. Онно таарыччы бу кыылы бултаабыта.

Хоноһолор тото-хана аһаан, аттарын ыыталыы таҕыстылар. Лөкөй чэпчэтинэ таарыйа кэннилэриттэн батыста. Кинээс аһылыгын ситэрэ Алааппыйаны утары остуолга олорон хаалла. Сайыҥҥы күн ырдьаччы киирбит. Уу-чуумпу нуурал түүн аргыый саба халыйан, сылаас суорҕанынан сир ийэни итииргээбэтин диэбиттии сэрэнэн сэгэччи сабан эрэрэ. Көлө көрөөччүлэр аттарын атах тардыталаан ыыталаатылар. Бориска Лөкөй таһыгар кэллэ.

– Биһиги Туора салааҕа уонча иини хаһан баран сууйбакка хааллардыбыт, онон төннөрбүт буолуо. Тугу үлэһэҕин? Аҕалыахпыт.

– Ээ, төннөр эбиккит дии, – Лөкөй хайдах эрэ үөрэ иһиттэ. – Тугу үлэһиэм буоллаҕай? Арай хотуур көстөрө буоллар бэрт этэ.

– Сөп, була сатыахпыт.

Сарсыарда эрдэ туран айанньыттар хоҥнубутунан бардылар. Лөкөй кыра уола Уйбааскы эмиэ соруктаах курдук эрдэ турда. Эргэ чабычаҕы толору хааламмыт элбэх араас таастары хасыһан биир хара өҥнөөх куһуогу булла. Онтун быыһыгар, кыбыталаан кэбиспит курдук, түөрт муннуктаах хараҥатыҥы саһархай өҥнөөх элбэх кыырпахтар килэбэчиһэллэр. Уйбааскы ат холунун тарда турар Борискаҕа сүүрэн кэллэ.

– Көр эрэ, бу маны, туох буолуой, ээ? – диэн синньигэс ыраас куолаһынан чаҕаарыйда. Оҕолуу симиттигэс мичээринэн кэтэһэрдии көрөн турда. Бориска чобуо уолчааны дьиибэргээбиттии көрдө. Тааһын ылан эргим-ургум туппахтаата. Дьиктиргээтэ. Били кинилэр Сиридикээҥҥэ сууйбут кумахтарыгар маннык килэбэчигэс эттиктэр олус элбэх этилэр. Ол аата кинилэр маннык хара тааска үөскээбит эбит буоллахтара.

– Тукаам, маны хантан ылбыккыный?

– Бу үрэх кытыытыттан булбутум.

– Но, дьэ, дьиибэ эбит, – Бориска тугу эрэ толкуйдуурдуу саҕах диэки мэндээриччи көрөн турда. Бу кыракый эттиктэр кыһыл көмүс аргыһа буолалларын Бориска уруккуттан билэр этэ. Кинилэр пирит диэн ааттаналлар. Өскөтүн Сиридикээҥҥэ көмүс көһүннэҕинэ, манна эмиэ баар буолуон сөп эбит дии. Уолчааны төбөтүттэн имэрийдэ, мичээрдээбитигэр хойуу бытыктарын иһиттэн бөдөҥ маҥан тиистэрэ биир тэҥ лэчигирээн көһүннүлэр.

– Дьэ, маладьыас киһигин, доҕоор. Бу тааскын миэхэ бэлэхтээ дуу?

– Ыл ээ, – уолчаан киһи күүппэтэх түргэнинэн чап гыннараат, сүүрэн тиийэн, Миитэрэйи кытта кэпсэтэ турар аҕатыгар сөрүөһүннэ.

– Лөгөнтөй, үчүгэй уолчааннаах эбиккин. Хойут киниттэн үчүгэй көмүс сонордьута тахсыыһы, – Бориска атын сиэтэн иһэн, быраһаайдаһан, илиитинэн далбаатаата. Айанньыттар Буйунданы өрө наҕыл хаамтарыынан ыллык тоҕойун, токурун ааҕа араастаан өҕүллэн субулла турдулар. Лөкөй оҕотунаан тиһэх ат бөлөх үөт кэннигэр сүтүөр диэри батыһа көрөн турдулар.

18

Уолаҕа Солобуйуоп атыыһыт олбуоругар тохтоотулар. Орто уҥуохтаах, халыҥ, киппэ эрээри түргэн хамсаныылаах киһи Борискалаах Сафейканы, былырыыҥҥы Шпак ындыыһыттарын, эндэппэккэ биллэ. Өртөн күүппүт курдук эҕэрдэлии тоһуйда. Бориска Солобуйуопка кинээһи билиһиннэрдэ. Туох соруктаах кэлбиттэрии аҕыйах тылынан кэпсээтэ. Түүлээх сураҕын истэн хаһаайын үөрбүтэ өтө билиннэ. Кэтит баппаҕайдарынан Сиидэр кинээс илиитин бобо тутан туран ибигирэппэхтээтэ. Тугу эрэ түргэн баҕайытык саҥаран куллугураабытын Бориска тылбаастаан биэрдэ.

– Кинээс тойон, эйигин кытта билсиһэрбиттэн олус үөрэбин. Хомойуох иһин, быйыл Кушнарев атыыһыт базатын пароходунан Халыма төрдүгэр көһөрбүтэ. Шпак соторутааҕыта табаарын онно илдьибитэ. Миэхэ кыра табаар баар, онон кэпсэтэн көрүөхпүтүн син. – Дьиэлээх атыыһыт көрүҥэр холооно суох түргэн туттунуулаах киһи буолла. Ындыылары тэҥҥэ көтөхсөн ампаарытар тастаран кэбистэ. Аттары сарай күлүгэр баайтарда. Суһаллык тардыллыбыт остуолга чэйгэ ыҥырда.

На страницу:
4 из 6