bannerbanner
Кырыыстаах таас
Кырыыстаах таас

Полная версия

Кырыыстаах таас

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 6

Киһи ах барда. Өттүгэстээн сыппытын кубулуппакка тугу эрэ санаан уоһун ньимийэн, өрө-таҥнары көрүтэлээн эрилиҥнэттэ. Ол аайы салгын сиэбит үрдүк сүүһүн мырчыстаҕастара, сытыы быһаҕынан быһыта баттаабыттыы, синньигэс дириҥ сурааһын буолан кэккэлэһэ сүүрэлэстилэр. Лөкөй Борисканы саллыбыттыы көрүтэлээтэ. Кини маннык дьулаан кэпсээни истэ илигэ. «Бодойбоҕо дьону ытыалаабыттар үһү» диэн көннөрү үһүйээн курдук сураҕы Сэйимчээҥҥэ сылдьан былырыын истэн турардаах да, ону ымпыгын-чымпыгын ким да билбэт этэ.

– Тыый, доҕоор, ол туох буруйдаах дьону кимнээх кыргаллар?

– Буруйдара диэн муҥнарын-сордорун туона, тойотторго тылларын иһитиннэрээри тиийбиттэрин, анарааҥҥылар ыраахтааҕы саллааттарынан ытыалаттарбыттар. Билигин киһи олоҕо биир алтан харчыга турбат буолла. Оттон биһигини ууруммут табаҕы үстэ-түөртэ эҕирийбэт кэм иһигэр ныһыйбыттара. Аны билигин сэрии буолбут дииллэр. Онно төһөлөөх киһи сэймэктэнэрэ биллибэт. Туох кырыыстаах үйэтэ саҕаланна буолла? Ыраахтааҕыбыт бэйэбитин кыргар. Ол өҥөтүгэр биһиги кинини көмүскээн сэриигэ өлүөхтээх үһүбүт. Биһигини эмиэ саллаакка ыҥыраллара буолуо. Дьэ, ыҥыран көрдүннэр. Бэйэлэрэ сэриилэһэ сылдьыахтара ээ. Туох иһин онно баран өлүөхтээхпиний? Бу кырыыстаах олоҕу көмүскээн дуо? Суох! Ол кэриэтин бу хайалар быыстарыгар көҥүл сылдьан хоргуйан дуу, тоҥон дуу өлбүтүм ордук.

Бориска быыппастан олоро түстэ. Икки тоҥоноҕун тобуктарыгар өйөөн, хатырыктыйбыт модороон тарбахтарынан будьурхайдыҥы хара баттаҕын өрө-таҥнары имэриммэхтээтэ. Умса түһэн олорбохтоото. Уоскуйа быһыытыйда. Лөкөй хаһан да истибэтэҕин истэн, улаханнык долгуйда. Бу эрэйи-кыһалҕаны эҥэрдэринэн тэлэн, төрөөбүт-үөскээбит сирдэриттэн бачча ыраах кырыы дойдута тэбиллибит эдэр дьону аһына санаата.

– Дьулаан дьыаланы кэпсээтиҥ, доҕор. Хата, тыыннаах орпуккут. Туох сибикини, сылтаҕы булан биһиги дойдубутугар кэлээхтээбиккит буолла?

– Кырдьык, ол кырыктаах күн тыыннаах ордубуппутунан бэйэбитин дьоллооҕунан ааҕынабыт. Бастаан барыах-кэлиэх сирбитин бэйэбит даҕаны билбэт этибит. Дьону кытта куотан Витимҥэ кэлбиппит. Онно үлэһит дьон олорор бараахтарыгар хоно сытан, биир оҕонньору кытта кэпсэппиппит. Кини «Саха сиригэр барыҥ. Онно Өймөкөөн диэн сиртэн чугас көмүстээх үрэх баар. Мин табаарыһым суруйбута», – диэн сүбэлээбитэ. Биһиги, атын ханна да барар сирэ суох дьон, ол оҕонньор сүбэтин ылынан, саас маҥнайгы пароходунан Дьокуускайы булбуппут. Онно кэлэн муна-тэнэ сырыттахпытына, Дьокуускай биир улахан атыыһытын бирикээсчигэ Шпак диэн киһи бириистэҥҥэ киирэн, өймөкөөҥҥө диэри ындыыһыттар наадалар диэн ыйыталаһа сылдьарыгар түбэһэн, үөрүүнэн сөбүлэммиппит. Өймөкөөнү бэрт өр айаннаан булбуппут. Онно көмүстээх үрэх туһунан ыйыталаспыппытын ким да билбэт этэ. Ааспыт кыһын кыстаан баран, саас түүлээх ыҥырдан Уолаҕа киирбиппит. Уолаттан Шпакпыт түүлээҕин пароходка тиэнэн, соҕуруу барбыта. Биһиэхэ хамнаспыт оннугар айаҥҥа сылдьыбыт аттарын хаалларбыта. Онтон, хата, Ян Юльевич Розенфельд диэн, били, эн көмүскүн атыыласпыт киһини көрсүбүппүт. Кини Халымаҕа диэри сирдьит дьоҥҥо уонна көлөҕө наадыйар буолан биэрбитэ. Онон төннөр буолбуппут. Таарыччы көмүс көрдүөхпүт диэн сэп-сэбиргэл, таҥас-сап ылыммыппыт. Хата, аспытынан татым соҕуспут. Кыстык аһылык булуннарбыт, үлэлиэх этибит.

– Дьол-соргу көрдөһөн диэхтиигин да, бу үлүгэрдээх дөйө тоҥмут тымныы дойдуга хайдах үлэлиэххитин өйүм хоппот ээ, – Лөкөй умуллан хаалбыт хамсатын кураанаҕынан соппойо олордо.

– Биһиги сааспыт тухары көмүс үлэтигэр мискиллибит дьоммут. Эрэйбит тиллэрин биллэхпитинэ, сырабытын харыстыахпыт суоҕа. Оннук буолбат дуо, Сафи?

Баччааҥҥа диэри саҥата суох, доҕорун кэпсээнин сөптөөх миэстэлэригэр төбөтүн кэҕиҥнэтэн бигэргэтэ олорбут Сафейка соһуччу ыйытыыга тута булан хардарбата. Ыстаабытын ыйыстан дьүккүйбэхтээтэ. Онтон кэһиэҕирбит куолаһынан:

– Оннук… Биллэр дьыала, – диэтэ.

– Ол эрэйгит тиллэрэ саарбах ээ.

– Бастаан саарыыр этим. Онтон эн көмүскүн көрөн баран эрэлбит улаатта. Бу үрэх салааларын барыларын да сүргэйэн туран көмүһү булуохпут дии саныыбын. Оччоҕо эн өҥөҕүн саныахпыт.

– Мин өҥөм диэхтээн туох кэлиэй, алҕаска көстүбүт түбэлтэ буоллаҕа дии.

– Ити түбэлтэ баар буолан биһиги манна кэлэн сыттахпыт эбээт. Онтон атын биһиги Балыгычааҥҥа барар санаалаах этибит.

– Арба, били, быһааскы тойоҥҥут ханна барбытай? Барахсан бэрт сымнаҕас киһи быһыылааҕа.

– Сэрии буолбут сураҕын истэн, соҕуруу барбыта. Онтон атын манна, биһигини кытта баар буолуо этэ. Атыыһыт аймахтан кини эрэ киһи быһыылаах, сирэйэ-хараҕа суох албыннаабат. Оттон Шпак диэн дьиҥнээх адьырҕа диэтэҕиҥ. Былырыын биһиги ыҥырдан аҕалбыт табаарбыт улахан аҥаара наар испиир этэ. Дьону итирдэн баран, түүлээхтэрин босхо кэриэтэ хомуйталыыра.

– Ол былыргыттан идэлэрэ. Биһиги дьоммут эрэйдээхтэр бу аска умса түһэллэр, – Лөкөй эппитин бигэргэтэрдии куруускатын түгэҕэр оппут арыгыны сыппайан кэбистэ.

– Кырдьык, бу хотугу дьон арыгыга олус хоттороллор эбит ээ. Туох дьиибэтэ буолла? – Сафейка ыйытардыы дьонун диэки көрүтэлээтэ. Бытыылкаҕа баар тобоҕу тэҥҥэ үллэрэн кутуталаата.

– Арыгы диэн ордук кыра омуктарга олус кутталлаах ас быһыылаах. Киин сирдэргэ көрдөххө, боростуой норуот өттө төһө да испитин иһин олус балык буолбаттар ээ. Эттэрэ-хааннара арыгы дьаатыгар утарсар өрүттээх буолуон сөп. Оттон маннааҕы норуоттарыҥ диэн айылҕа оҕолоро буоллахтара дии. Урут аһаабатах астарын ыыра-дьаара кинилэргэ содуллаах, кэбирэхтик иҥимтиэ буолара чахчы.

Лөкөй тиһэх өлүүтүн дьонун иннинэ түһэрэн кэбистэ. Бориска кэнники тылларын өйдөөбөтө. Кураанахтаммыт бытыылка диэки хомойбуттуу көрөн ылла. Онтон санаа булан куруускатыгар уокка турар чаанньыктан итии чэйи кутунна. Өрүһүспүттүү бокуойа суох сыпсырыйбахтаата. Төбөтүгэр ситимэ суох сылаас, наҕыл санаалар, туман курдук устан киирдилэр. Кини хатырыктыйбыт халыҥ уостарын ыттатан, төрүөтэ суох үрүтүн-үөһэ ымаҥныы олордо. Ону көрөн Сафейка хараҕынан Борискаҕа имнэнэн кэбистэ.

– Да, буоллаҕа… Бопсуохха наада. Бу ас дэлэйдэҕинэ алдьархайы эрэ аҕалыаҕа, бүтүн норуоту эһэр кыахтаах, – Бориска бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэрдии уоһун иһигэр ботугураата.

– Хайдах тохтотуоххунуй, атыыһыттар ымсыылара улаатан иһэр буолтун кэннэ? – доҕоругар Сафейка сибигинэйэн эрэрдии хардарда.

– Сөпкө этэҕин, арыгыны хаһан да суох оҥоруоҥ суоҕа. Олохтоохтор бэйэлэрэ өйдүүллэрэ наада, бу алдьатыылаах ас содула кинилэргэ тус бэйэлэригэр эрэ буолбакка, үүнэр көлүөнэлэрин дьылҕатыгар кытта кутталлааҕын.

Лөкөй дьоно тугу кэпсэтэллэрин аахайбата. Кинилэри кэлтэччи хайгыы эрэ саныы олордо. Бэрт сайаҕас, көнө барахсаттар быһыылаах. Көмүс көрдүөхпүт этэ диэн бачча ыраах, билбэт дойдуларыгар кэлэн испиттэрэ баар ээ. Эр сүрэхтээх, хоодуот дьон буолан сананнахтара. Кыһыл көмүстэрин сири хаһан көрдүүллэр эбит дуу? Оттон мин үрэх сүнньүттэн уу анныгар көстө сытарын булбутум дии. Лөкөй устунан былырыын күһүн булбут кылбачыгас тааһа хайдах кыһыл көмүс буолан хаалбытын аттара саныы олордо.

6

Сиридикээн орто сүүрүгүн хаҥас салаатын төрдүгэр хатырыктаах маһынан саҥа охсуллубут кыракый үүтээн турар. Дьиэ уҥа өттүнэн ыраас уулаах үрүйэ чырылыы сүүрүгүрэр. Тулалаан турар саһарбыт мастар көтөҕөлөрүн тыал ыһан үргэҥнэтэр. Таһырдьа уот оттуллубут. Сымалалаах хаппыт болбукта умнаһа, буораҕы бырахпыттыы, сирилэччи умайар. Хойуу, өһөх хара буруо үрэҕи өрө унаарар. Уоттан чугас кураанахтаммыт табаар дьааһыгын үрдүгэр тимир курууска, миискэ уонна алтан чаанньык тураллар. Онно-манна лабааларга уонна титириктэр төбөлөрүгэр ыйаммыт куллукалар, соттордор тыалга тэлибирэһэллэр. Уот таһыгар Бориска чууркаҕа охсуллубут килиин сүгэ үрдүгэр кытарбыт хойгуо уһугун чохороон ончоҕунан балталаан чыҥыйар. Сойорун өрүсүһэн эргитэ сылдьан балайда өр сырбаппахтаан баран, аттыгар турар уулаах солуурчахха укта. Уу сырдьыгыныы түһээтин, сииктээх сылаас туман сирэйигэр илгийдэ. Хойгуотун балайда өр тутан сойутта. Онтон таһааран ньилбэгэр соппохтоото уонна игии ылан аалан кикирийэ олордо.

Аттыгар Сафейка мас мастаан бачырҕатар. Охсуутун аайы тыастаахтык көхсүн этитэн тиҥиргэтэр. Халыҥ сүгэ олуга кыырайан кэлэн, Бориска хаҥас иэдэһин ыарыылаахтык дьукку түстэ.

– Тууй-сиэ, мааҕын хойгуом анныттан таас бытархайа ыстанан чуут харахпын дэҥнии сыспыта. Аны бу мас иэдэспин дьуккурутта дии. Куһаҕаны биттэммиккэ дылы тоҕо түбэлтэтэй?

Сафейка хонос гына түстэ. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сиэҕинэн ньухханан кэбистэ.

– Да, Бари (кини Борисканы куруук дьиҥнээх аатынан ыҥырара) дьыалабыт баһа саллайаары гыммытын биттэнэн эрдэхпит буолуо. Ый устата кураанахха сордоннубут дии.

– Алыс мунчаарыма, Сафи, ыстараатал үлэтэ эгэлгэтин бэйэҥ билэҕин. Сылы сылынан мэлийэн баран, баарт биэрдэҕинэ, биир күн байыахпыт. Эрэлбитин эрдэ сүтэрдэхпитинэ, кырдьык, дьыалабыт сатарыйарыгар тиийэр.

– Оннугун оннук да, аспыт кырыымчык ээ. Тугу аһаан кыһыны туоруубут?

– Балтараа куул кэриҥэ бурдуктаахпыт дии. Чэйбит, табахпыт даҕаны син баар соҕус. Сэйимчээҥҥэ баран сорҕотун эккэ-аска эргитиэххэ сөп этэ. Эн биһиги дьолбутун, бу үрэх тоҥ буорун харса суох хаһыстахпытына эрэ, булар кыахтаахпыт. Атын ханна да барар сирбит суох. Эн дойдугар талаһаргын өйдүүбүн. Төрөөбүт сирбин мин эмиэ ахтабын. Ол эрээри онно тиийэн син биир үчүгэй олоҕу көрүөҥ суоҕа. Баай хабалатыгар киириэхпит. Ханна да бар – барыта оннук.

Сафейка саҥарбата. Абарбыттыы маһын харса суох үлтү барчалаан мастыы тарда. Бари этэрэ олохтоох. Ханна да баран түптээх олоҕу олорор биллибэт. Кини Бориска тылыттан хаһан да тахсыбат этэ. Кэнники биэс-алта сылга бииргэ сылдьыахтарыттан ыла киниэхэ бас бэринэ үөрэнэн хаалбыт. Төрөл көрүҥнээх, толлугаһа суох сытыы тыллаах-өстөөх Борис Шафигуллины бириискэ үлэһиттэрэ бары сөбүлүүллэрэ. Кинини судургутутан Бориска диэн ыҥыраллара.

Кылгастык тохтоон ылбыт сиккиэр тыал эмиэ күүһүрэн кэллэ. Бориска эргиллэн көрдө. Киэһэрбит күн чараас үрүмэ былыт быыһынан өлбөөрөн көстөр. «Маһын көтөҕөтүн түһэрдэ, сотору хаарын аҕалара буолуо» диэн Бориска сылыктыы олордо. Бу киһи, омос көрдөххө, харса суох тыллаах-өстөөх да буоллар, ис санаата киэҥ, олохтоох этэ. Бачча ыраах сир уһуга дойдуга тэбиллэн баран, олохтоох дьону-сэргэни кытта бодоруспакка эрэ тыыннаах хаалар күчүмэҕэйин өйдүүрэ. Хаар түһүөн иннинэ Сэйимчээҥҥэ бара сырыттахтарына сатаныыһы. Онно билэр киһилэрэ диэн Миитэрэй эрэ баар. Кини нөҥүө олохтоохтору кытта чэйдэрин, табахтарын дуомун аска эргитэн көрүө этилэр. Атын билэр киһилэрэ Лөкөй Лөгөнтөй баар да, соҕотоҕун ойуччу олорор. Ойууннаахтар, кинээстээхтэр дииллэр. Олор хайдах сыһыаннаһаллара биллибэт. Кэлии, туора омук дьонун, бука, туораталлара буолуо. Хайа кыалларынан үчүгэй сыһыаны олохтуохха наада.

Сафейка маһын дьиэҕэ таста. Аҕыйах саҥалаах, үлэҕэ-хамнаска кыайыгас, судургу доҕорун Бориска сөбүлүүр. Сафей Гайфулинныын кинилэр эт саастыылар. Отут биэстэригэр сылдьаллар. Дьиҥэр, Сафейка курдук үлэһит, киниэхэ бэриниилээх доҕоро суоҕа буоллар, Бориска бачча ыраах дойдуга соҕотоҕун кэлбэтэҕэ чахчы. Билигин төһө да быстан-ойдон сырытталлар, кэм иккиэ буоллахтара дии, хардарыта өйөнсүһэн сылдьыахтара. Лөкөй оломун таһыгар биэс-алта сиринэн дьөлүтэ хаһан сууйдулар да, мэлийдилэр. Бэрт аҕыйах, киһи хараҕар көстөр-көстүбэт көмүс «суолун» эрэ буллулар. Хомойбуттарын иһин, хайыахтарай, ол оннугар Сиридикээн бэйэтин хочотугар көмүс суоҕа билиннэҕэ дии. Билигин ханна эрэ салаа үрэххэ түһүөххэ наада.

7

Лөкөй хаста даҕаны кырынан Тураҥнаах үрүйэтин төрдүттэн өлөрбүт икки чубукутун этин таста. Күһүн аайы хаар эрэ түһүөн иннинэ үөр чубуку эбэтэр кыыл таба туустаах буору салыыр сирдэригэр кэтэһэн, үстүү-түөртүү кыылы охторооччу. Быйыл хайа да дьыллааҕар эрдэ бултаата. Ол эмиэ туспа төрүөттээх этэ. Үнүр нууччаларга сылдьан кэлиэҕиттэн ылата Лөкөй хайдах эрэ уларыйбыт көрүҥнээҕэ. Санаатыгар санаа, түбүгэр түбүк эбиллэн солото суох курдук сылдьар. Бэйэтэ даҕаны сөҕөр, олох биир сиргэ тэһийэн турбат да, олорбот да буолан хаалла. Ону Алааппыйа бэлиэтии көрө охсон этэн турардаах:

– Хайа, Лөгөнтөөс, туохтан бу туоххаһыйдыҥ? өрүү аанньа аһаабат, олоро, сынньана да түспэт буоллуҥ? – диэн.

Лөкөй ону куолутунан истэн эрэ кэбиспитэ. Бориска кэпсээнэ кини санаатын улаханнык аймаата. Били, сибэтиэй таҥара кэриэтэ санаабыт күн ыраахтааҕыта айыыны-хараны кэриэстээбэт баҕайы эбит дии. Хайдах оннук дьон хаанын халытарга хара дьайдаах ыйаахтары биэрэрэ эбитэй? Киһи итэҕэйиэн айыыргыыр суола. Ол эрээри сиргэ-дойдуга барытыгар тарҕаммыт сураҕы суох оҥорбоккун. Ити Барыыска диэн уйан сүрэхтээх барахсан эбит. Кэпсииригэр хаана-сиинэ бэркэ алдьаммыта. Эгэ, илэ хараҕынан көрбүтүгэр дэлэлээх аймаммыта, хараастыбыта буолуо дуо? Сөпкө этээхтиир, оннук харыстаабакка кыргар буолтарын кэннэ туох иһин баран сэриилэһиэй? Туох иһин… бээ-бээ, арба ыраахтааҕы суола диэн харчынан түһээн түһэрбит сурахтаахтара. Кини өссө төлүү илик ээ. Хайыах баҕайытай? Дьиҥэ, этинэн, арыынан төлүүр кыахтаах. Ону биэриэн билигин сүрэҕэ баҕарбат буолла. Оттон биэримиэн куттанар. Бээ, дьэ, бэйэлэрэ кэллэхтэринэ көрүллүө дии саныыр. Кини Сэйимчээҥҥэ барыа суоҕа. Ол оннугар Лөкөй билигин Сиридикээҥҥэ бараары тэринэр. Ампаарыгар киирэн ыйанан турар этин астыммыттыы көрүтэлээтэ. Илии тастаах икки улахан бууту арааран ылан, эр-биир ыараҥнатан көрдө. Арааһа, балтараалыы эрэ бууту аннынан тардыыһыктар. Тахсан бэрэмэдэйин кичэйэн тэбээн киирдэ. Этин угуталаан тиһиликтэрин бэркэ дьаныһан тистэ. Сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, биир кэм мичээрдиир. Бэрэмэдэйин бэлэмнээн баран дьиэҕэ киирдэ. Ол киирбитэ Алааппыйа күнүскү чэйин тарда сылдьар эбит.

– Хайа, бу туохтан көнньүөрэн уоһуҥ ыпсыбат буолла? Кэл, чэйдээ. Ханна бараары тэринниҥ?

– Били, нууччаларга кыра эт илдьэн биэриэм этэ. Быстардахтара буолуо.

– Ээ, эрэйдээхтэри. Арба үнүр кэпсээтиҥ этэ дии? Илдьэн биэрдэргин абырыаҥ этэ буоллаҕа дии. Хата, били, көмүстэрин хайдах көрдүүллэрин көрөөр эрэ.

Күн дьааһыгырыыта Лөкөй Сиридикээҥҥэ, урут көмүс булбут оломугар, кэллэ. Хайдах эрэ бу сирэ кини хараҕар кэрэтийэн көһүннэ. Урут атын мииммитинэн кэстэрэн туоруур бэйэтэ бу сырыыга атыттан түстэ. Тоҕо сатыылаабытын бэйэтэ даҕаны өйдөөбөккө хаалла. Уу улаханнык түспүт. Аатын эрэ сыккырыыр. Баҕар, эмиэ туох эмэ көстөөрөй диэбиттии Лөкөй туораан иһэн, уу түгэҕин кыҥастаста. Ол аайы бу сырыыга туох да кылабачыйары таба көрбөтө. Атын сиэппитинэн көмүсчүттэр хойгуонан быраҕаттаммыт алыыларыгар тиийдэ. Ол тиийбитэ чугас-чугас хаһыллыбыт оҥкучахтар чөҥөрүһэн көһүннүлэр. Лөкөй хас да оҥкучаҕы кэрийэ хаама сылдьан өҥөйөн көрүтэлээтэ. Ол кэрийэ сылдьан иһигэр үлэ да бөҕөнү көрсүбүттэр диэтэ. Уот оттон ириэрэ-ириэрэ хаспыттар дии. Чоҕун, ситэ умайбатах мастарын биир сиргэ чөмөхтөөбүттэр. Бу тоҕо бачча элбэҕи хаспыттара буолуой уонна тоҕо дириҥнэрэй. Арааһа, балтараалыы, иккилии саһаан баар быһыылаахтар. Көмүс булбут буоллахтара дуу? Хайа оттон таһаарбыт буордара ханнаный? Лөкөй муодарҕаан тула көрдө. Суох. Оҥкучахтар тастарыгар барбах маҥнай сыппыт суолларын омооно эрэ баар. Лөкөй ити мунаарбыт ыйытыытыгар кыайан харда булан ылбакка тэпсэҥнээмэхтээн баран, элбэхтэ киһи сылдьан тэпсиллибит ыллыгын батыста. Барбахтыырын кытта Муҥур үрүйэ төрдүгэр саҥа үүтээн дьиэ көһүннэ. Турбаттан буруо бургучуйар. Дьиэ таһа им-дьим. Лөкөй атын аан аттынааҕы тииккэ баайда. Бэрэмэдэйин сүкпүтүнэн дьиэҕэ көтөн түстэ.

– Дьэ, Лөгөнтөй, оруобуна бараары олордохпутуна кэллиҥ. Ботуоҥкабытын хааланан адьас аттанаары бэлэмнэнэн олоробут. Сарсыарда эрдэ туран Сэйимчээҥҥэ айанныахтаах этибит. Хата, эн бэркэ баттаһа кэллиҥ. Биһиги кыһалҕабытын хантан биллиҥ? – Бориска үөрүүтүттэн хойуу хара бытыгын быыһыттан айаҕа оҥойон көстүбүтүн, Лөкөй тоҕо эрэ били чөҥөрүспүт ииннэр айахтарыгар маарынната көрдө.

– Ээ, оттон үнүр кэпсээбиккитин истэн, быстаран эрдэхтэрэ диэн сэрэйбитим.

– Дьэ, улахан махтал. Оччоҕо Сэйимчээҥҥэ барарбытын тохтотобут. Хата, улаханнык тымныйа илигинэ, бу күннэргэ хостообут кумахпытын сууйан кэбиһиэхпит.

– Ити сүрдээх да дириҥ оҥкучахтары хаспыккыт. Тугу эмэ буллугут дуо? – Лөкөй хойуу чэйи итиилии алтан куруускаттан сыпсырыйа олорон ыйытта.

– Мэлийдибит. Сиридикээҥҥэ бэйэтигэр, арааһа, киһи эрэйэ тиллэр көмүһэ суох быһыылаах. Ол иһин бу салаа үрүйэҕэ сир уларыйдыбыт.

Лөкөй саҥарбата. Куруускалаах чэйин ситэ испэккэ остуолга уурда. Бу дьон мэлийбиттэригэр хайдах эрэ бэйэтин буруйдаах курдук сананна. Сатана тааһа оттон хантан ойо ыстанан кэлэн кини хараҕар көстүбүтэй? Туох барыта аргыстаах, үөрдээх-сүүрүктээх буоларга дылы этэ дии. Хайдах кини ала-чуо соҕотоҕун сыппытай? Аны атын сири көрдөрбүт диэн дьонум уорбалыыллара дуу? Лөкөй кыбыһынна. Мэктиэтигэр сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын ытыһын тилэҕинэн туора соттон кэбистэ. Мух-мах баран, дьонун хараҕын таба көрбөккө олордо.

Бу оҕолуу ыраас, көнө сүрэхтээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһини Бориска маҥнай билсиэҕиттэн сөбүлээбитэ. Кини сэмэй, холку көрүҥэ, олохтоох сымнаҕас тыла-өһө кинини уолуһуйбат, бэйэтигэр эрэмньилээх көрүҥнүүрэ. Ол бэйэтэ бу биһиги кыһалҕабытын үллэстэн, өссө бэйэтин сэмэлэнэ олордоҕо. Бориска ыалдьытын ис санаатын өтө көрөн аһына санаата.

– Лөгөнтөөй, кыһыл көмүс үгүс сырата, өй-санаа алдьаныыта суох көстүбэт. Ону биһиги өйдүүбүт. Ити улахан үрэҕэр суоҕун иһин, кини салаа үрүйэлэригэр хайаан да баар буолуохтаах. Ону биирдэ таба тайанан булар кытаанах буолааччы. Билигин бу үүтээммит турар үрүйэтигэр үлэлиибит. Манна булбатахпытына уҥуоргу утары салааҕа тахсыахпыт. Онон тулуур, элбэх сыра эрэйиллэр.

– Дьэ, буоллаҕа. Эһиги идэлээх дьон билэн эрдэххит. Туох үлүгэр суолталаах таас буолан, дьон-сэргэ көлөһүнэ итиччэ тохтон эрдэҕэ буолла?

– Суолтата диэн баай, киэргэл эмэгэтэ ини. Атыттар көдьүүстэрэ кэм биллэр ээ. Тимиртэн холобур сүгэ, быһах, сэп-сэбиргэл оҥостоҕун. Алтаныҥ иһит-хомуос, боробулуоха буолар. Оттон көмүһүҥ диэн аҥаардас ымсыы, сор-муҥ, өлөрүү-алдьатыы эрэ эҥэрдээх баҕайы. Биһиги эмиэ киниттэн сылтаан тэлэһийэн сырыттахпыт эбээт, – Бориска күлэ-үөрэ олорбут бэйэтэ, өстөөҕүн санаабыттыы хаана-сиинэ ыараан, тыйыһыран барда. Ону көрөн Лөкөй ыйыппытын кэмсиннэ. Көрдөххө, кырдьык, күн сардаҥатыныы килбэчиҥнээн, сиэдэрэй таас киэргэлгэ туттуллумуна. Ол эрээри кини бу дьоҥҥо тоҕо сүрэх бааһа, олох эрэйэ буолан эҥэрдэспитин сатаан өйдөөбөтө.

– Кырыыстаах таас сиэдэрэй өҥүнэн сиртэн хостонор баай хайа да көрүҥүнээҕэр урут дьон хараҕын абылаабыта, – Бориска Лөкөй санаатын таайбыттыы салгыы саҥарда. – Быдан былыргыта киһи аймах туттар сэбэ-сэбиргэлэ өссө таас эрдэҕинэ, кинини үрэхтэр кытыыларыттан, таас харгылартан үгүстүк булаллара үһү. Оччолорго сир үрдүгэр ыһылла сытар көмүс дэлэй буолуохтаах. Кинини бастаан сүөһү иитэр көс омуктар булбуттар. Ол өйдөнөр. Мэччирэҥнээх сирдэри батыһан, хочоттон хочоҕо, өрүстэн өрүскэ көһө сылдьан, кинилэр килбэчигэс кэрэ өҥүнэн оонньуур тааһы ылан киэргэлгэ тутталлара. Кэнники харчы оҥостор буолбуттар. Онон былыр үйэҕэ сир үрдүнээҕи кыһыл көмүс хомуллан бүппүт. Кэнники сир анныттан хостуур идэлэммиттэр. Нуучча сиригэр кинини хойут булбуттар. Маҥнайгы балысхан көмүһү биһиги төрөөбүт дойдубутуттан, Уралтан, хостообуттара. Билигин даҕаны хостууллар.

Бориска тохтоон, сойбут куруускалаах чэйин биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Тыастаахтык өрүтэ тыыммахтаата. Ырбаахытын сиэҕинэн уоһун сотунна. Лөкөй Бориска номохтуҥу кэпсээнин биһирээн иһиттэ. Хамсатыгар табах уурунан мас сыыһын ылан тимир оһохтон уматынна уонна холкутуйдаҕына буоларыныы, оһох иннинээҕи дүлүҥ олоппоско оллоонноон олорунан кэбистэ. Лөкөй истэрдии оҥостуммутун көрөн, Бориска кэпсээнин салҕаан барда.

– Кыһыл көмүс көстүбүт сиригэр олохтоох дьон көлүөнэттэн көлүөнэ аайы муҥҥа-сорго түбэһэллэр. Кинилэр саастарын тухары хаатырга үлэтиттэн итэҕэһэ суох хабалаҕа сылдьаллар. Ону мин бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Эһэм, аҕам саастарын тухары абааһы тыына иҥмит араҕас тааһын хостуу сүүһүнэн саһаан дириҥнээх, сиҥнэ турар үрүттээх, киһини тобугунан уулаах, хараҥа ииҥҥэ киирэн хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сыыла сылдьан үлэлииллэрэ. Ол ыарахан үлэттэн сыыстаран сөтөл ыарыы буолан эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Мин аҕыстаахпыттан үлэлээбитим. Оҕолору таһырдьа үлэлэтэллэрэ. Аһаҕас халлаан анныгар силлиэни-ардаҕы аахсыбакка, таачыканан инчэҕэй буору таһарбыт. Таҥаһа суох буолан ордук кыһын иэдэйэрбит. Куруук туос аччык сылдьарбыт. Күннээҕи сорудаххын толорботоххуна таһылларбыт. Хамнаһы адьас дуона суоҕу аахсарбыт. Ыйга улахан дьон балтараа, дьахталлар биирдии солкуобайы, оттон кыра оҕолор биэс уоннуу харчыны ыларбыт. Үлэһит илии тиийбэт буолан, түүннэри-күннэри солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Самнархай бараахтарга уончалыы ыал бииргэ симсэн олорорбут. Сыыҥкалаан, ымынах буолан, ис ыарыытынан ыалдьан дьон сылбах курдук охтоллоро. Оччолорго эмп-томп диэн суоҕа. Эгэ, балыыһа диэн кэлиэ дуо?! Ыарыһахтар тымныы бараахха дьахтардыын, эр дьоннуун бииргэ сииктээх муостаҕа сыталлара. Бириискэ үрдүнэн биир эмэ лиэкэр үлэлиирэ. Сорохторго олох да суох буолара. Улаатан баран, ону тулуйумуна төрөөбүт дойдубуттан атахпынан куоппутум. Атын сиргэ ордук олоҕу көрүөм дии саныырым. Онтукам баара, баай ымсыыта икки, дьадаҥы киһи кыһалҕата икки ханна баҕарар биир эбит, – Бориска санаатыттан кыйаханан тура эккирээтэ. Төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, баттаҕын өрүтэ анньымахтаата. Лөкөй киһитэ аймаммытын аралдьытаары тыл көтөхтө.

– Эһиги билэн эрдэххит дии, сир үрдүгэр төһө улахан сомоҕо көмүстэр көстөллөрүн?

Бориска хонос гына түстэ. Хайдах эрэ сэргэхсийбит көрүҥнэннэ.

– Сөпкө эттиҥ. Биһиги идэбит буоларын быһыытынан, кыһыл көмүс остуоруйатын сүрүн өттүлэрин син билбэхтэһэбин дии саныыбын. Былыргы даҕаны, билиҥҥи даҕаны кэмҥэ сомоҕо кыһыл көмүһү булуу, соһуччу тосхойбут дьолунан, баайынан ааҕыллара. Ол эрээри олоххо куруук оннук буолбат эбит. Хастыы да килограмм, сороҕор уонунан килограмм ыйааһыннаах сомоҕолор көстүбүт түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар. Мин аҕам кэпсииринэн, оҕо эрдэҕинэ Урал диэн хайалаах биһиги төрөөбүт дойдубутугар, биир маастар икки буут уон муунталаах сомоҕо көмүһү булбут. Ити нуучча сиригэр көстүбүттэртэн саамай улаханнара эбит. Онтукатыгар сокуон быһыытынан солуотунньугун аайы 15-тии харчыны биэрэн, 1266 солкуобайы төлүөхтээх эбиттэр. Хайа баай ону толору төлүөй? Онон-манан баайсан барбах дуомун эрэ биэрбиттэр. Ол сордоох онтон хомойон-хоргутан буор иһээччи буолан хаалбыт. Үлэтигэр тахсыбакка сылдьыбытын иһин, илиитин-атаҕын кэлгийэн аҕалан, тойоттор дьаһалларынан бириискэ үлэһиттэрин хараҕын ортотугар оруосканан таһыйбыттар. Кэлин быста дьадайан ыалдьан өлбүт, – Бориска эмиэ хараастан тыла-өһө чиҥээн барда.

– Итиннээҕэр улахан ыйааһыннаах көмүс көстүбүтэ буолуо дуо? – Лөкөй өрүһүспүттүү лаппыйан ыйытта.

– Атын дойдуларга көстүтэлээбит сомоҕолор өссө баараҕайдар, ону ымпыгын-чымпыгын билбэтим, – диэн Бориска кырдьыгын эттэ. Былыр-былыргыттан уос номоҕор сылдьар, сорҕотун киһи итэҕэйиэн да саарыыр эгэлгэ кэпсээннэр элбэхтэр. Олортон иккилии аҥаар тонна ыйааһыннаах икки олус аарыма кыһыл көмүс сомоҕото булуллубута биллэр. Биирдэрэ Бируни диэн илиҥҥи дойду былыргы үөрэхтээҕэ суруйарынан, билиҥҥи Афганистан соҕуруу өттүгэр, оччотооҕуга ааттанарынан Зарубаҥҥа көстүбүт. Кини кээмэйэ эргиччи өттүнэн тоҥолох устатын саҕа эбит. Иккис аарыма көмүс сомоҕотун 1145 сыллаахха Богомея диэн сиртэн булбуттар. Сөҕүмэр улахан сомоҕолор үгүстэрэ Австралия уонна Америка сирдэриттэн көстүтэлээбиттэр. Ордук Австралияттан «Холтерман плитата» диэн аатырар. Кини үрдүгэ, кэтитэ турар киһи саҕа, ыйааһына 280 килограмм, халыҥа 20 см эбит. Ол гынан баран, кварц тааһы кытта бииргэ сылдьар буолан, чыыстай көмүһэ 100 килограмм кэриҥэ эбит. Урут Чехословакия, Перу, Куба сирдэригэр 60–70 килограмнаах көмүстэр булуллубуттарын туһунан ахтыылар эмиэ бааллар. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтээхтэр ааҕалларынан, 10 килограмтан ордук ыарахан ыйааһыннаах сомоҕолор ахсааннара 8–10 тыһыынча кэриҥэ. Кинилэртэн аарыма улаханнарын ахсаана уонунан эрэ ааҕыллар үһү. Маннык сомоҕолору үксүгэр көмүс үлэһиттэрэ анаан-минээн көрдүү сылдьан булуталаабыттар. Ол эрээри алҕас түбэһэ түһэн булуллубут түбэлтэлэр эмиэ бааллар. Холобур, «Оливер Марти» диэн Америкаттан көстүбүт 36,3 килограмм ыйааһыннаах көмүһү биир старатель өлбүт доҕорун көмөөрү иин хаһа сылдьан булбут. Бу олус саталлаах киһи эбит. Кини көмүһүн тиэйэ сылдьан, Америка куораттарыгар харчыга көрдөрөн 10.000 доллары хомуйбут. Онтон кэлин 22.700 долларга атыылаан кэбиспит.

Бориска итинтэн төһөнү билэрин сэһэргээбитин, Лөкөй бэркэ болҕойон олорон иһиттэ.

9

Икки ыҥыыр аттаах киһи Сиридикээни таҥнары айаннаан иһэллэр. Инникитэ чоккуруос харахтаах, хара элэмэс акка нүксүччү олорбут кыра хатыҥыр оҕонньор икки өттүн өлбөөдүччү көрүтэлиир. Иэдэһин этэ уостан, икки омурда хапсыйбыт. Энньэйбит уһун сыҥааҕын аннынан күрэҥсийбит сэпсигир бытыктаах. Эҥэрин түүтэ бүтэн, лаҕыыр курдук хара сарыы буолбут арбаҕаһын, иһин түгэҕинэн тирбэҕэ быанан бобо тардыммыт. Сотору-сотору куобах чомпойун өрө анньынан, бакыр уҥуох тарбахтарынан төбөтүн тарбаммахтыыр. Иккиһэ, Сиидэр кинээс сылгыһыта Миитэрэй, маҥнайгы ат кэнниттэн олук үктэһэн иһэр маҥан аты мииммит. Хайа тэллэҕинээҕи тумус тыа эргииригэр саҥа охсуллубут үүтээн турарын соһуйа көрдүлэр. Суолтан туораан, дьиэни эргийэ хаамтардылар. Дьиэ таһыгар киһи хараҕар быраҕыллыахха айылаах туох да көстүбэт. Аан баттатыылаах. Ол кэннигэр истиэнэҕэ тимир күрдьэх өйөнөн турар. Кыс маска аҕыйах кураанах дүлүҥ кыстана сытарыттан, биирдэстэригэр тэрээк сүгэ батары охсуллубут.

На страницу:
2 из 6