Полная версия
Кырыыстаах таас
Салаа үрүйэни өрө икки уллуҥах кэтитэ киэҥ чигдитийбит орох суол оҥойор. Суолу батыстылар. Толору биэс уон саһаан сири бара иликтэринэ, үрүйэ кытыытыгар хаарынан бүрүллүбүт икки чөмөх буор өрөһөлөнө сытарын көрдүлэр. Аттыгар кэлэн икки дириҥ иин айахтара оҥоһон сыталларын көрөн, оҕонньор өмүрэн бабыгыраата. Туох суолталаах ииннэр буолалларын таайа сатаан, кыайан быһаарбатылар. Суолларын салгыы батыстылар. Эмиэ хаарынан бүрүллүбүт чөмөхтөр, чөҥөрүһэ оҥоспут ииннэр көһүннүлэр. Тэйиччи өссө икки чөмөх харааран сытар. Буордара саҥа таһаарыллыбыт. Мэктиэтигэр буруолуурга дылылар. Ханна эрэ сир анныгар тугу эрэ охсуолуур бүтэҥи тыас иһилиннэ. Оҕонньор соһуйан ньолох гынна. Атын тохтотон бэргэһэтин хаҥас кулгааҕын сэгэтэн, тыас хоту иҥнэйэн олорон сэрэхэдийбиттии иһиллээтэ. Иччитэ суох харахтара мээнэнэн килэҥнэстилэр. Ону көрөн Миитэрэй иһигэр күлэ санаата да, таһыгар биллэрбэтэ. Кини бу ииннэри төһө да маҥнай көрдөр, кимнээх үлэлииллэрин сэрэйэр. Былырыын күһүҥҥүттэн ыла татардары көрсө илик. Бу ойууну кытта аараттан ыла аргыстаһан иһэр. Сиридикээн баһыгар Хоболоох төрдүттэн көһөн тахсыбыт эбээннэргэ Миитэрэй бастыҥ тордохторугар көтөн түспүтэ, оҕонньор саҥардыы аҕай кыыран бүппүт этэ. Ыалдьыбыт дьахтар тыынын араҥаччылаан, маанылатан, аһыы-сии олороро. Миитэрэй киирбитин көрөн үөрэ түспүтэ. «Аргыстаһыахпыт» диэн быһаччы сөҥөдүйэн кэбиспитэ. Ойуун иһиллээн көрө-көрө, атын аргыый тыас хоту хаамтарда. Чугаһаатылар. Үөлэс айаҕын курдук, кытыылара кырыарбыт икки кэккэлэһэ иинтэн итии салгын бургучуйар. Оҕонньор ыйытардыы Миитэрэй диэки эргилиннэ. Анарааҥҥыта тугу да билбэтэхтии саннын ыгдаҥнатта. Оҕонньор чугаһыан саараата. Бэргэһэтин кулгааҕын иккиэннэрин аһан, айаҕын атан, иһиллээн олордо. Ол икки ардыгар бүтэҥи көҕүс тыаһа тиҥиргээтэ уонна тугу эрэ хадьырыйар тыас иһилиннэ. Ойуун хараҕын өҥүргэһинэн өрө көрөн кэбистэ. Ата сиргэнэн туора ойуутугар, куһаҕаннык саҥа таһааран көөҕүнээбитинэн тас уорҕатынан тоҥуу хаарга тиэрэ таһылла түстэ. Хата, охторугар атаҕын тэһиинигэр кэтэ биэрэн, ата биирдэ-иккитэ ойоот, тохтоото. Миитэрэй бастаан соһуйан хаалан тугунан да көмөлөһүөн билиминэ олорбохтоото. Онтон өй ылан, ойутан кэлэн атыттан ыстанан түстэ. Бүтүннүү хаар буолбут, көлөттөн мөхсө сытар оҕонньору икки окумалыттан туруору тарта. Ойуун кутталыттан саҥата иһиттэн тахсыбат буола бөтүөхтээбит. Ити икки ардыгар чугастааҕы иин иһиттэн сирэйдиин-харахтыын, таҥастыын-саптыын бүтүннүү буор буолбут хара бэкир киһи орҕостон оронон таҕыста.
– Бабат! Багдайа сытыйбыт баҕайы эбит дуу? Күтүр тоҕо улаханай?!.. – оҕонньор сирэйин хаарын ньиккэринэ туран, туох эрэ атыҥҥа күтүрүү санаабыта киһи буолбутуттан кэҥээбит курдук буолла. Иинтэн тахсыбыт киһи таҥаһын-сабын тэбэнэ, хойуу бытыгыттан сыстыбыт буору-сыыһы ыраастана турда. Ол эрэ кэнниттэн кэһиэҕирбит куолаһынан дорооболоһон сөҥүдүйдэ. Миитэрэйи билэн, сирэйэ сырдыы түстэ. Утары кэллэ.
– Кэпсээҥҥит?
– Бай, сахалыы саҥарар эбит дуу? – оҕонньор соһуйан саҥа аллайда. Сэргэҕэлээбит курдук буолла.
– Туох да суох. Эн тугу сэһэргиигин? – иккис иинтэн тахсыбыт Сафейка диэки чарапчыланан көрдө.
– Суох. Хайа, Миитэрэй, хантан иһэҕин?
– Сылгыларбын көрө сылдьабын. Бу кырдьаҕас эбээннэртэн иһэр.
– Но, ол эбээннэр ханна баалларый?
– Сиридикээн баһыгар бааллар, – Борискалаах Сафейка үөрбүт курдук утарыта көрсөн кэбистилэр. Ойуун Миитэрэйдээх Борисканы уорбалаабыттыы көрүтэлээтэ. Бу дьон урут билсиспиттэрин күүппэтэх быһыылаах.
– Туох ииннэрин хастыгыт?
– Бу аата, кырдьаҕаас, биһиги кыһыл көмүс көрдүүбүт.
– Кыһыл көмүс да?!. – ойуун истибитин итэҕэйбэккэ иккиһин ыйытта. – Ол сээбэс манна үөскээбитин эһиги хантан билэн бачча элбэх иини хастыгыт?
– Кыһыл көмүс сир үрдүгэр сыппат ээ. Сир анныгар баар. Төһө элбэх иини хаһаҕын да, соччонон элбэх көмүһү булаҕын, – Сафейка бу оҕонньор тойомсуйардыы туттан-хаптан саҥарбытын сөбүлээминэ, хадьар соҕустук хардарда.
– Таах сири-уоту алдьаппыккыт. Бу дойду кыһыл көмүс үөскүүр-төрүүр сирэ буолбатах.
– Манна кыһыл көмүһү урут булан тураллар. Ол иһин үлэлиибит, – Бориска көмүскэнэрдии аргыый саҥарда.
Лөкөй Лөгөнтөй быһаас кыһыл көмүс булан, ханнык эрэ атыыһыкка атыылаабытын оҕонньор истибитэ. Онно сылдьыспыт илэчиискэлэр кэлбит буоллахтара диэн сэрэйдэ.
– Көмүс буллаххытына, атыттар эмиэ суудайыахтара. Эһиги хантан кэлбиккитий да, эрдэтинэ ол диэки кэбэлийбиккит ордук буолуо.
Оҕонньор сэмэлэтэлээн, кэнникинэн холдьохсон барбытыгар, дьон симиттэ быһыытыйдылар. Биирдэ санаан көрдөххө, кини этэрэ эмиэ да сөп курдук. Сирдээх-уоттаах дьон көрүүлэригэр төһө да киэҥин, иччитэҕин иһин, дойдуларын буорун туора сиртэн кэлэн талбыттарынан куорҕаллыыллара сүөргү бөҕө буоллаҕа дии. Оттон дьиҥин ыллахха, бу кураанах тоҥ хайалар быыстарыгар үйэлэр тухары туһата суох сытар хаспах сирдэри харыһыйар, эмиэ да оруна суох курдук.
– Алыс айманыма, кырдьаҕаас, биһиги туох да куһаҕаны оҥоруохпут суоҕа. Уорары, алдьатары бэйэбит сөбүлээбэппит. Бу үрүйэттэн атын сиргэ уларыйарбыт биллибэт. Мэлийдэхпитинэ букатын даҕаны барыахпыт.
Оҕонньор сөбүлээбэтэхтии чолбоодуччу көрүтэлээтэ. Сиэбиттэн сиэдэрэй оҕуруо ойуулаах сарыы саппыйаны таһааран, хамсатыгар табах уурунна. Уматынаары саппыйатын сиэбиттэн кыа, чокуур таас куһуогун ылла. Онтон хататын көрдөөн, сиэбин ааҕа хастан мэлийдэ. Туй-сиэ, охторугар хаарга эһиллибит буоллаҕа. Көрдөөн да диэн булара биллибэт. Сатаатахха, ата мөхсөн тула холоруктуу сылдьан, суолларын дэлби тоҕута кэһэн кэбистэ. Оҕонньор моһуогурбутун көрөн, Сафейка сиэбиттэн испиискэ ылан биэрдэ. Ону анарааҥҥыта хап-сабар хаба тардан ылла. Хамсатын уматтыбакка испиискэлэри саппыйатыгар симээт, сиэбигэр угунна. Атын төттөрү эргилиннэрдэ. Сиэппитинэн суол устун хааман хоочугуруу турда. Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Миитэрэй кыбыстыбыт көрүҥнэннэ. Дьоҥҥо чугаһаан сибис гынна.
– Ити оҕонньор улахан хомуһуннаах ойуун ээ. Киниэхэ олус утарыласпаккыт ордук буолара дуу?
– Ол иһин да алыс үүрбүт-түрүйбүт эбит дии. Кырдьык, киниттэн тэйиччи соҕус сырыттахха сатаныыһы, – Бориска бастаан кыһыйа санаабыта арыый уҕарыйарга дылы буолла. Миитэрэй оҕонньору эккирэтэн, атын миинэн, ойоҕоско тиҥилэхтээтэ.
10Сэйимчээн нэһилиэгин кинээһэ Сиидэр Мандыырап кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн, быйылгы кытаанах дьыл эндирдэрин эргитэ саныы сытар. Быйыл кыһын куорат атыыһыттарыттан бу дойдуну ким да өҥөйбөтө. Былырыын баччаларга Кушнарев атыыһыт бирикээсчигэ Ыспаагы кытта болдьоһон турардаах. Кэлэр дьыл сааскытыгар диэри нэһилиэгин түүлээҕин хомуйан бэлэм олоруох буолбута. Сиидэр ону толорбот бэйэлээх буолуо дуо? Быһаас Ыспаак кыайан батарбатах табаарын тобоҕунан, Халыма икки эҥэрин түүлээҕин үксүн Ороһуоспа иннинэ хомуйан киллэрэн, ампаарыгар ыгыччы симэн туруорар. Оттон Ыспаак мэлийдэ. Сотору суол алдьаныа. Түүлээҕин ханна батарыай? Уолаҕа киллэрэн эмэрикээннэргэ былдьатыан кэрэйэр. Урут ону эт хараҕынан көрөн турардаах. Биирдэ саас Уолаҕа киирэ сылдьан, эмэрикээннэр пароходтара кэлбитин көрбүтэ. Пароходтан уонча киһилээх улахан оҥочо биэрэккэ тиксибитэ. Биэс-алта солоҥдо курдук сундулуспут дьон дэриэбинэҕэ тахсан, күөс быстыҥа тилийэ сүүрбүттэрэ. Көстүбүт түүлээҕи барытын имири хомуйан ылбыттара. Түүлээх туттарбыт дьоҥҥо чек диэн суруктаах кумааҕы лоскуйдарын биэрбиттэрэ. Сарсын чеккит быһыытынан барыгытыгар табаар түҥэтиэхпит, билигин хараҥаран хаалла диэн буолбута. Ол түүн пароход туох да тыаһа-ууһа суох тумаҥҥа куустаран хоммута. Сарсыарда турбуттара пароходтара ханна да суох этэ. Сиидэр ону санаатаҕына этэ тардар. Тугу гыныахха?! Сайыҥҥа тиэртэҕинэ түүлээҕэ сытыйар.
Балаҕан кырыарбыт аана хаахынаан аһылынна. Тымныы салгын өрүһүспүттүү дьиэ иһигэр кутулунна. Будулҕан туманы бүрүнэн Тысхаан ойуун мааһалдьыйан киирдэ. Салгыннаабыт хараҕынан ол-бу диэки килээриччи көрүтэлээтэ. Мас кыстыыр сиргэ силлээн «палк» гыннарда. Үтүлүгүн, бэргэһэтин устан бытыгын кырыатын тоноомохтоото. Уҥа ороҥҥо кэлэн олорунаат, дьиэ иһин эмиэ сирийэн көрдө. Хараҕа сыыйа үөрэнэн барда. Дьиэлээх киһи сытарын барыгылдьытта. Сөҥ куолаһынан көбдьүөрдэ.
– Хайа, бу кэпсээниҥ?
– Суох! Эн кэпсээниҥ, кырдьаҕаас?
– Киһи үөрэ-көтө кэпсиирэ суох. Арай бүгэн, бүөмнээн олорбуппут мантан инньэ бүтүүһүк быһыылаах, – оҕонньор сарыы саппыйатын таһааран табах уурунна. Били Сафейка испиискэтинэн уматынна.
– Тыый, ол туох иирээни дуу, иэдээни дуу билгэлээтиҥ?
– Бэҕэһээ эн сылгыһыт уолгунаан, Миитэрэйдиин, Сиридикээҥҥэ икки нууччаны көрүстүбүт.
– Бай, ол тугу гына сылдьар дьонуй?
– Үүтээн туттан кыстаабыттар. Муҥур үрүйэҕэ иин бөҕөнү хаһан тиэрэ сүргэйэн кэбиспиттэр. Кыһыл көмүс көрдүүллэр үһү.
– Ноо, хантан кэлбиттэрий?
– Эн сылгыһытыҥ билэттиир эбит. Былырыыҥҥы Ыспаак атыыһыт ындыыһыттара үһү. Сахалыы билэллэр эбит.
– Ээ, били, татардар буоллахтара. Быһайын манна биир атыыһыты кытта Уолаттан тахса сылдьыбыттара. Оттон былырыын Ыспаагы кытта Дьокуускайтан ити уҥуор ыскылаакка кыстаабыттара дии.
– Дьэ, ону билбэтим. Мин кинилэри саҥа харахтаатым.
– Ол дьону манна ыҥыран кэпсэтиэххэ баар эбит, ээ.
– Ким билэр, кэлиэхтэрэ диэтэҕиг дуу! Сири хаһартан атыны билбэт эрэстииннэр быһыылаах. Холдьохсон көрбүппүн, хата, күлүөх курдуктар.
Кинээс оронуттан туран хаҥас диэки соҕуруокка кэтэҕэр иистэнэ олорор дьахтарыгар ордоотоото.
– Ыл эрэ, бу дьахтар, остуолу тарт. Чэйдии охсон кэлиллиэ-барыллыа этэ.
Кинээскэ эрэл санаа үөскээтэ. Ол татардары кытта сибээстэстэххэ сатаныыһы. Кинилэр Уолаҕа Солобуйуоп диэн киһини билэр буолуохтаахтар. Кини Кушнарев атыыһыт табаарын тутар сурахтааҕа. Былырыын Ыспаак ол татардарынан түүлээҕин Уолаҕа икки төгүл бырахтарбыта уонна таһаҕас таһаарбыта. Арааһа, саас, суол куурдаҕына, ол дьону кэпсэтэн Уолаҕа ындыы түһэттэрииһи. Сиидэр кинээс санаата көтөҕүлүннэ. Сүөгэй үүттээх хойуу чэйи өрүһүспүттүү сыпсырыйа олорор ойуун диэки ньымааттаабыттыы көрдө.
– Кырдьаҕаас, ол нууччалар бу дойдуттан көмүс булаллара биллибэт. Эрэйдэрэ тиллибэтэҕинэ бэйэлэрэ даҕаны тэскилиэхтэрэ. Олус санааҕар тутума, күн-дьыл көрдөрөн иһиэ.
– Итинник мэлийдэллэр, онто суох, баҕар, тохтуо этилэр. Дьэ, бэйи, кэтэһэн да көрүөххэ син.
Аһаан бүтэн, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну суолтатыгар эрэ ыаспайдаһан баран, оҕонньор сотору дьиэлээтэ.
11Бытархан тымныылар намырайан, сааскы ылааҥы кэм буолла. Сафейка тохтоон, тыын ылла. Хайыһарын быатын чиҥэтэ тардан биэрдэ. Сүгэһэрин көннөрүннэ уонна суолу кытыытынан тоҥ хаарга уйдаран икки илиитинэн хардарыта эрчимнээхтик анньынан, тэбэн халыһыта турда. Элбэх үөр таба тоҕута үктээн ааспыт суолун ойоҕолуу, муус курдук чиҥээбит хаарга устурууһунан аспыттыы, наарта суола килэбэчийэр. Бу сарсыарда ааспыттар. Суолтан тэйиччи шурфаларын иһигэр үлэлии сылдьар буоланнар, билбэккэ хаалбыттар. Күнүс дьиэлэригэр чэйдии тахсан иһэн, суолларын көрөн соһуйдулар. Бастаан кыыл таба үөрэ ааспыт буоллаҕа дии санаабыттара. Онтон сирийэн көрбүттэрэ, кэннилэриттэн икки-үс наарта суола барбыт этэ. Үөрэн утарыта көрсөн кэбиспиттэрэ. Бу түгэҥҥэ кинилэр иккиэн биири санаабыттара. Астара баранан быстарар кутталга киирбит кэмнэрэ этэ. Сүбэлэһэн бу күннэргэ Сэйимчээнниэх буола сылдьыбыттара. Бу күһүн Лөкөй Лөгөнтөй бэрсибит этигэр бултаан хаһааммыт-сүүсчэкэ кустарын эбэн баччаҕа тиийдилэр. Үлэлэрин быыһыгар чугастааҕы тыалары кэрийэн сороҕор тииҥ, сороҕор хабдьы киллэрэн эбинэллэр. Бурдуктарын наар хааһылаан сиэн бүтэрдилэр. Кыс ортотун саҕана Миитэрэй ойууннуун кэлэ сылдьыыларыгар, Сиридикээн баһыгар эбээннэр баар сурахтарын бэркэ сонургуу истибиттэрэ да, чуолкай хайа сиргэ баалларыи билбэт этилэр, онон барбатахтара. Соло да суох этэ. Кыһыны быһа тоҥ буору, тааһы кытта тиниктэһэн тахсыбыттара. Муҥур үрүйэҕэ уонча иини хаспыттара уонна соторутааҕыта Утары салааҕа көһөн үлэлии сылдьаллар.
Сафейка сирин ортолоото бадахтаах. Аны көс кэриҥэ хаалбыт буолуохтаах. Кинилэр сабаҕалааһыннарынан, эбээннэр бу түүн Сиридикээн баһыгар тиийэн хайаан да хонуохтаахтар. Күн киэһэрэн, уота өһөн, сөрүүкээн барда. Хаар чаҕылыттан хараҕа саатара арыый буолла. Хаста даҕаны үөр хабдьылар көтөн тирилэһэн тахсан, иннигэр баран түһэллэр. Табалар ааспыт сирдэригэр хаар аннытан от сыата, тоҥ отон тахсыбытын сииллэр быһыылаах.
Суол наар хочо уҥа өттүнэн хайа эҥэрин батыһа барар. Туора үрүйэлэр сүнньүлэрин тутуһан киирэр тумус тыалар суол икки өттүгэр силэллэн биэрэрдии арахсаллар. Баччааҥҥа диэри хочо хаҥас эҥэрин хайытан түспүт үрэх көҥүһэ эмискэ уҥа диэки хайысхаланна. Суолу быһа охсон, хайа туруору эмпэрэтин аннынан ааһар. Сафейка көҥүс хааһын үрдүгэр хорус гына түстэ. Көрбүтэ, үрэх мууһа тааҥнаабыт. Үрдүнээҕи хаара чэйинэн мэһиллибит убаҕас хааһылыы саһарымтыйан көстөр. Сорох сиринэн сүүрүгүрдэ сытар. Табалар суоллара тааҥы үрдүнэн туора бырдааттаһан ааспыттар. Тумнар сири көрдөөн Сафейка үрэҕи өрө-таҥнары хаамыталаан көрдө да, ханан даҕаны быстаҕаһы булбата. Хайдах даҕаны уҥуор туораатаҕына сатанар. Тугу гыныан мунааран турбахтаата. Туруору эмпэрэ сыыры сэрэнэн түстэ. Уу кытыытыгар киирдэ. Хайыһарын устара сатаныа суох. Уулаах хаарга батыллан хаалыыһы уонна муус хайдыбытыгар да түһүөн сөп. Синигэр түһэн, хайыһардыын киирдэ. Араҕас сиҥэни бокуойа суох кэһэн киллиргэттэ. Дириҥэ бэрбээкэйин ааһан сорох сиринэн сототун ортотунан буолла. Хаатыҥкалара ууну оборон атахтара соҕотохто ыарыы түстүлэр. Атаҕар ууну киллэримээри өрүсүһэн күүһүн муҥунан түһүөлээтэ. Охтубатах эрэ киһи диэн баҕалаах. Хаста даҕаны уу хайа охсубут куоһаахтарыгар түһэ сыста. Кутталыттан санаата тууйуллан, тыына кылгаан, сыыһа-халты туттунара элбээтэ. Халты-мүлчү тэбинэн, охтон иһэн өрүһүнэн ылаттаата. Сатаан бардахха, хайыһарын тумса хаар сиҥэни аннынан баран, кыайан салаллыбакка эрэйдээтэ. Айаҕалыы сатаан атаҕын өрүтэ көтөҕөлөөн, хайыһарын төбөтүн тааҥы үрдүнэн чолоҥнотон хааман баһыахтаата. Онтуката эбии ыараан олус сыралаах буолла. Санаатыгар наһаа уһуннук айаннаата. Хаатыҥкатын курдат уу өтөн тымныынан хаарыйталаата. Уҥуоргу биэрэк чугаһаата. Күүһүн мунньунан эбии нэмийэн хамсанна. Төһө да ыксаатар тиһэх хардыыларын бэркэ сэрэнэн оҥортоото. Дьолго, охтубакка кытыыны булла. Тахсан хайыһарын уһулла. Хаарга үктэнэрин кытта хаатыҥкалара соҕох курдук мууһуран хааллылар. Омуна суох биирдии бэйэлэрэ боппууда ыйааһыннаннылар быһыылаах. Сафейка куругар иилинэ сылдьар быһаҕын таһааран бэрт тиэтэлинэн хаатыҥкаларын мууһун кыһыйда. Хайыһарын ыраастанна. Атаҕын устубута, куллуката, хата, улаханнык сытыйбатах быһыылаах, көннөрү сиик эрэ билиннэ. Хайыһарын үрдүгэр туран хааман көрбүтэ халтарыйбат. Иккистээн уһулан алын өттө бүтүннүү муус быдьына буолтун быһаҕынан кыһыйан, хаарынан сууралаан кылаадьылыы сатаата. Бу сырыыга арыый ордук халтарыйарга дылы буолла. Ити икки ардыгар күн хайа кэтэҕэр киирэн, хараҥа күлүк сабардаата. Халлаан эмискэ тымныйбыт курдук буолла. Сафейка тиэтэйдэ. Хараҥарыан иннинэ аналлаах сиригэр тиийдэҕинэ сатанар. Хаатыҥката кыһайбыттыы улам хам ылан истэ. Кини ирээри эрчимнээхтик тирэнэн хаамар. Айаннаары туран, төрүт даҕаны кырыымчык астарыттан, тиэтэйэн аанньа аһаабатаҕа, куртаҕа кураанахтанна. Сылайбытын сыыйа билинэн истэ.
Сотору икки салаа арахсыытынааҕы тумус хайа тэллэҕэр кэллэ. Табалар суоллара хаҥас салааны тутуспут. Санаа хоту буоллар, эбээннэргэ диэри үс-түөрт эрэ биэрэстэ хаалбыт буолуон сөп. Сафейка кыратык тохтуу түһэн, тыын ылла, сүгэһэрин көннөрүннэ. Төһө кыалларынан харса суох хамсанан кэнникинэн ирэн, өссө тиритиэх курдук буолла. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сиэҕинэн дьукку сотунна. Бэргэһэтин сэгэччи өрө анньынна. Айанын салҕаан хаампытынан барда. Маһа суох сырыынньа хотоол сири өрө дабайда. Хобочооҥҥо түһэр дабаан саҕаланна. Быһаас Уолаҕа киирэн иһэн, эмиэ бу аартыгынан ааспыттара. Манна элбэх таба аһылыктаах сир буолан, саас аайы эбээннэр кэлэн тохтоон, табаларын уотан ааһар сурахтаахтара.
Ыраах туман будулуйан көһүннэ. Сотору ыттар үрэн моргустулар. Сафейка чэпчээбиттии иһин түгэҕиттэн дириҥник өрө тыынна.
12Бориска түөрт ортолуу хаһыллыбыт шурфаларга толору уот отунна. Бэлэмнэммит чөмөх мастарыттан кыра тобох орпутун мыыммыттыы көрдө. Эбии мас булуннаҕына сатаныыһы. Чөҥөчөк үрдүгэр олоро түһэн, улахан санааҕа ыллардаҕына буоларыныы, киһи төбөтө ойуулаах таас хамсаҕа табах уурунна. Санаата наар Сафейка туһунан. Этэҥҥэ сылдьан, тугу эмэ булан кэллэҕинэ дьон буолаллар. Быйыл кыһын сүүрбэччэ иини хастылар. Сайын сууйуута уһуура буолуо. Онон хайдах эмэ гынан аһылыктарын хааччыннахтарына сатанар. Сааларын сэбэ аҕыйаата. Көтөрү дэлэйдик бултууллара аҕыйыыр.
Табахтаан бүтэн, хамсатын күлүн дүлүҥ маска тэбээмэхтээт, саппыйатыгар суулаан сиэбигэр уктан кэбистэ. Күһүн Лөкөйтөн бэлэхтэппит хататын ылан сүгэтин биитин көннөрдө. Туран үрэх төрдүгэр үүммүт куруҥах мастар диэки хаамта. Хас даҕаны сонос маһы охторон бысталаан, иинин таһынааҕы чөмөххө таста. Ииннэрин көрүтэлээбитэ, мастара умайбыттар. Чох бөҕө тахсыбыт. Уһун сиэрдийэни ылан чохторун чөмөхтүү тардыалаата. Ииннэрин айаҕын эрдэттэн бэлэмнэммит болбукта лабааларынан хос-хос сабыта уурталаата. Итинник буоллаҕына сылааһын тутумтуо, тоҥо иримтиэ, оччоҕо хаһарга табыгастаах. Үлэтин бүтэрэн, астыммыттыы көрөн турбахтаата. Өссө тугу гыныан толкуйдуурдуу ол-бу диэки көрүөлээтэ. Иҥнэри түһэ сытар улахан солуурчаҕы, лаппаакытын уонна хойгуотун маҥнайгы иин таһыгар аҕалан биир сиргэ уурталаата. Телогрейкатын таһынан тула эринэ сылдьыбыт түөрт-биэс былас усталаах бирээдьинэ быаны сүөрэн, аҥаар төбөтүн солуурчаҕын кылдьыытыттан баайда. Иинин сабыытын арыйан болбукталарын лабааларын биир сиргэ чөмөхтүү уурда. Иин таһыгар сытар хас даҕаны сиринэн үктэнэргэ аналлаах хабарҕалыы кэрдиистээх сонос маһы шурф муннугунан иһирдьэ түһэрдэ. Хойгуотун, лаппаакытын туппутунан иинин иһигэр киирбитэ, буруо сыттаах сылаас салгын аҥылыйда. Иинэ дириҥээбит эбит. Лаппаакынан кыайан эһиэ суох. Тахсан солуурчаҕын киллэрдэ. Хаста да кырынан чоҕун таһаарда. Сирин ириэнэҕин лаппаакынан хаһан хас да солуурчахтаах буору эмиэ үөһэ таста. Солуурчаҕар кута-кута, үөһэ тахсан быаттан тардан ылар. Бу соҕотох киһиэхэ олус бытаан, сылаалаах үлэ. Иккиэ буоллахтарына, солбуһа сылдьан биирдэһэ кутан биэрбитин иккиһэ өрө тардан ылан иһээччи, онон үлэлэрэ кэм кудуххай, көхтөөх буолара. Санаатыттан Сафейка олох арахпат. Бэҕэһээ эбээннэргэ тиийбит буоллаҕына, бүгүн төннөр кэмэ кэлэн эрэр. Сиридикээн баһыгар тохтообут буоллаллар, ситиэ этэ. Оттон тохтообокко аһара барбыт буоллахтарына, иэдээн. Оччоҕо доҕоро таах ыт өлүүтүн өлөр. Төттөрү төннөрүгэр сэниэтэ эстэр. Санаатыгар ииниттэн киирэ-тахса сылдьан, тыас-уус иһиллии сырытта. Аралдьыйаары харса суох үлэлиир. Ииннэрин кэрийэ сылдьан ириэнэх үрдүкү араҥалары ылаттаата. Сылайда. Аһыан алыс баҕарда да, соҕотохсуйан, санаата айманан иһигэр ас да аанньа киириэ суох курдук. Күн киэһэрдэ. Халлаан былытыран түргэнник хараҥаран барда. Хотугулуу арҕааттан сытыы тыал түстэ. Бориска тыалтан саһа таарыйа иинигэр киирэн, харыс кэриҥэ ылыллыбыт ириэнэх араҥа аннынааҕы тоҥу хойгуотунан көйбөхтөөтө. Көөрөммүт кумаҕын үөһэ таста. Иинин иһэ сып-сылаас. Сынньана таарыйа хоонньуттан буспут тииҥ этин таһааран көмүллээтэ.
13Үс түүннээх күн хаар силлиэ ытыйда. Сафейка мэлийдэ. Барбыта биэс хонно. Кини кэнниттэн икки хонон баран, Бориска көрдүү бараары тэриммит күнүгэр буурҕа саҕаламмыта. Онон хаайтаран хаалла. Бу кэм устатыгар түүннэри-күнүстэри арааһы барытын эргитэ санаата. Аанньа утуйбакка, аһаабакка өйүкү-төйүкү сырытта. Тугу да гынар кыаҕа суох, бэйэтин кытта бэйэтэ үөхсэн баллыгырыыр буолуталыыр. Абатыттан оту-маһы эрэ кытта охсуспата. Иккиэн барбатахтарыттан бэйэтин сэмэлэннэ.
Сиридикээн баһыгар эбээннэри сиппэтэҕинэ, Сафейка хайаан да төннүөхтээх этэ. Оннук кэпсэтиспиттэрэ. Мантан Хобочооҥҥо түһэр дабааҥҥа диэри икки аҥаар көс буолуохтаах. Онно күнүнэн тиийиэхтээх этэ. Иккитэ аһыыр өйүөлээх, чаанньыктаах барбыта, онон төннөрүгэр сэниэтэ олус эстиэн сөбө суохха дылыта. Түүн хараҥаҕа муммут бэйэтэ дуу, баҕар, адьырҕа үөрүгэр түбэспитэ дуу? Саата суох барбыта, биэрэн көрбүтүн, таһаҕас буолуо диэн ылбатаҕа. Этэҥҥэ буоллаҕына, буурҕа иннинэ холкутук кэлэр кыахтааҕа. Сафейка барбытын алтыс күнүгэр Бориска хойутаан уһугунна. Түүн хойукка диэри кыайан утуйбакка, төбөтө дьалкыҥнас буолбут. Муус түннүгүнэн бороҥуй сырдык киирэр. Бориска ойоҕоско астарбыттыы олоро түстэ. Сыгынньах атахтарын хаатыҥкаларыгар батары биэрдэ, аанын нэһиилэ аһан таһырдьаны өҥөйдө. Силлиэ уурайбыт. Ааҥҥа кыбылла-кыбылла Бориска таһырдьа таҕыста. Дьиэтин хаҥас эркинин үрдүгэр тиийэ хаарынан типпит. Хайыы-үйэҕэ үөһэ ойбут күн быһытталаммыт былыты быыһынан чэмэличчи тыкпыт. Бориска бэрт тиэтэлинэн сиирэ-халты аһаабыта буолла. Өссө үнүр бараары бэлэмнэммит ботуоҥкатын, саатын сүгээт, хайыһарын үрдүгэр түстэ. Туох да суола-ииһэ биллибэт тыал мэндээриччи охсубут чиҥ килэм хаарга уйдаран харса суох анньынан истэ. Санаатыгар тулатын эргиччи көрүммэхтиир. Өр гыммата, Сафейка кэһэн туораабыт уулаах үрэҕэр тиийэн кэллэ. Били үнүргү тааҥнаабыт үрэх киһи билбэт гына уларыйбыт. Мууһурбут чэҥи хаар халыҥнык саба тибэн кэбиспитин үрдүнэн Бориска тугу даҕаны уорбалаабакка туораата. Лиҥкинэс мастаах хара тыа киэҥ хочону икки эҥэринэн ыга анньан үүммүт. Кыһын устата халыҥ хаар суорҕанынан үллүктэнэн хамсаабакка нуктуу турбут аарыма тииттэри бу ааспыт буурҕа сымнаҕас сабыыларын саралыы тардан, сылаас ууларын уйгуурдан кэбиһэн, билигин суоһурҕаммыттыы суодаһан хамсыыры эрэ барытын харбаан ылыахтыы сарбаҥнаһа, барыҥнаһа турарга дылылар. Тула тугу эрэ чуҥнаабыт курдук, кулгаах чуҥкунуур уу чуумпу. Бориска санаатыгар кини аҕылыыра, хайыһарын тыаһа тулалыыр эйгэни бүтүннүү аймыыр курдуктар. Тоҕо эбитэ буолла, кини сэрэммит быһыынан тыаһаабакка эрэ айанныырга кыһаллар. Наҕыллык тыына сатыыр. Киһи кэнникинэн эбии ыгылыйда. Сирин аҥаарын холобурдааҕы барда да, туох да сибики биллибэтэ. Тула өттүн сирийэн көрө иһэр. Ханна кыра томтор, хаар чөмөхтөммүт сирин аайы тохтоон, тайах маһынан анньыалаан, бигээн көрөр. Онтукалара хаарынан тибиллибит чөҥөчөктөр, дулҕа төбөлөрө, охтубут мастар буолуталаан истилэр. Ол аайы чэпчии түһэргэ дылы гынар. Доҕоро өлүөр, тыыннаах буоларыгар эрэмньитэ күүһүрэн истэ. Итинник айаннаан күн киэһэриитэ эбээннэр олохторугар тиийдэ. Кураанах тэлгэһэни көрөн курус гына түстэ. Ураһа атах мастара чөмөх-чөмөх тииттэргэ өйөннөрүллүбүттэр. Сорохторун силлиэ түһэрбит. Көспүттэрэ ырааппыт быһыылаах. Сафейка баттаспатах эбит буоллаҕа. Оччоҕо тоҕо төннүбэтэ. Аһара эккирэтэн барбыта буолуо дуо? Ханна баалларын билэн мээнэ барыай? Бориска тугу гыныан билиминэ, тайаҕар өйөнөн, бытыгын кырыатын соттумахтыы турда. Өйдөөн көрбүтэ, тэлгэһэ илин кырыытын диэки тыа саҕатыгар туох эрэ томтойон көстөр баар. Онно барда. Ол иһэн эмискэ бачымах курдук хойуу суолу көрө биэрдэ. Сүрэҕэ биирдэ «парк» гына түстэ. Бөрөлөр… Бөлүүн… Өссө ол иннинэ сылдьыбыттар. Сорох суолларын хаар типпит. Били томтору хаспыттар. Туох эрэ уҥуохтарын хостоон көмүллээбиттэр. Онно-манна хаан симэһиннээх уҥуох бытархайдара көстөллөр. Эбээннэр күрдьүктэрин сүргэйбиттэр диэх курдук санаан иһэн, хардаҕас саҕа икки туох эрэ хаарынан бүрүллэн сыталларын көрдө. Тайах маһынан бигээн көрбүтэ, кытаанахтар. Дьиибэргээтэ. Хам тоҥмуттарын хоҥнорон эргитэ быраҕаттаабыта, арай хаатыҥка буоллулар. Сафейка мууһурбут хаатыҥкалара! Бориска сүрэххэ астарбыттыы ынчыктаан ылла. Түөһүн туттубутунан күрдьүк үрдүгэр олоро түстэ.
14Бөлүүн, уһун түүнү быһа хараҕын симмэккэ кутаа оттунан бөрөлөрү кытта чуҥнаһан таҕыста. Эрдэттэн сэрэхэдийэн түүннэри айанныы сорумматаҕа. Аллараа мастаах сиргэ киирэн, улахан сыгынаҕы булан, ол хоонньугар уот оттунан хонорго быһаарыммыта. Сырдыкка түүн уматар маһын дэлэччи тиийэр гына бэлэмнэммитэ. Хаары уулаан чэй оргутунан, буспут хабдьы уонна тииҥ этин үссэнэн итии киллэриммитэ. Саатын ботуруоннарын бэлэмнэммитэ. Ботуруона уонча эрэ, онон ыксал тирээтэҕинэ туттар санаалаах. Бөрөлөр хайаан даҕаны кэлиэхтээхтэрин сэрэйэрэ. Ол иһин көмүскэнэргэ бэлэм олорбута. Сафейканы сиэбиккит курдук, ол аайы эһиги айаххытыгар киирэн биэриэм суоҕа. Кини даҕаны саалааҕа буоллар, тыынын көмүскэниэ этэ диэн иһигэр абара-сатара олорбута.
Күүппүтүн курдук, хараҥарыыта утуу-субуу тула өттүгэр бөрөлөр улуйсубуттара. Сотору мустан ырааҕынан кутааны тула сундулуспуттара. Киһи, куттаммыт санаатыгар, халлаан сулуһунуу элбэх уоттаах харахтар тыа иһиттэн кинини суптурута одуулуурга дылылара. Күөх толбонунан килбэчиҥнэһэр суостаах тымныы харахтар уоттарыттан этэ салаһан саатын кууспутунан сыгынаҕын улаҕатыгар эргичиҥнии олорбута. Сотору-сотору уотугар мас быраҕан күөдьүтэн биэрэрэ. Ол курдук түүн үөһүгэр диэри өрө мөхсө сылдьыбыта. Сороҕор суоһурҕанан уоттаах маһынан далбаатанара. Чугаһаатахтарына быраҕаттаан ыытара. Кэнникинэн кыыллара дьулахачыйа быһыытыйан, төттөрү-таары сүүрэллэрин тохтотон, тэйиччи баран төгүрүччү сытынан кэбиспиттэрэ. Бориска эмиэ сылайан сынньана түһүөн санаан, саатыгар өйөнөн көхсүн сыгынахха анньан олорбохтообута. Кыылларын эргиллэн көрө-көрө, уотугар мас быраҕан биэрэрэ. Төһө өр оннук олорбутун билбэт. Биирдэ көрө түспүтэ, хатат уотун саҕардыы, ойоҕоһунан уоттар чаҕылыспыттара. Кыыллара сыылан чугаһаабыттар эбит. Киһи тура эккирээт, чугастааҕы кыылы харахтарын икки ардынан туһаайа тутаат, ытан хабылыннарбытыгар, хатан суоһар сарылааһын иһиллибитэ. Ону кытта тэҥҥэ, оһох кыыма ыһыллыбытыныы, уот харахтар үрүө-тараа төттөрү бырдаҥаласпыттара. Табыллыбыт кыыл ханна эрэ тыаҕа баран оҕунна быһыылааҕа. Ол диэки киһи этэ салаһар кылгас хапсыһыы кэнниттэн, тугу эрэ мамыктыыр, тырыта-хайыта тыытар тыас, ардырҕас саҥа түүҥҥү хараҥаны аймаабыта. Адьырҕа үөрэ биир хааннаахтарын эттэри-тириилэри аһыыларын төбөтүгэр үллэстэн уҥуох туппуттарын сэрэйбитэ. Онтон сарсыардааҥҥа диэри кыылларын кэтээн таҕыста. Хаста да чугаһаан киирэ сылдьыбыттарын, ботуруонун харыстаан ыппакка, уотунан тамнааттаан үүртэлээбитэ. Бөрөлөр халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ күрэммиттэрэ. Киһи, төһө да сылайдар, утуйуон куттанан, хайыһарын кэтэн төттөрү айаннаабыта.