bannerbanner
Сайсары күөлгэ түбэлтэ
Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Полная версия

Сайсары күөлгэ түбэлтэ

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
3 из 3

– Капитолина, балтыҥ соно эмиэ маннык ээ, бииргэ ылбыккыт дуу?

– Мин ылбытым. Универмакка атыыланарыгар түбэһэн – иккини…

– Тугу эмэ биллэххинэ, Капитолина, кэлэ сылдьаар.

– Таҥара быыһаатын! – дьахтар саҥа аллайа түстэ уонна килбигийбиттии мичээрдээтэ. – Эһиги хонтуораҕытыгар киһи көнө сүнньүнэн үктэммэт дойдута буолуо ээ, хата, биһиэхэ сырыт – сынньана, аһыы, үҥкүүлүү.

Захар Захарович сонньуйан кэбистэ:

– Ыҥырыыҥ иһин махтанабын, ол эрээри эн балтыҥ туһунан туох эмэ сонуну биллэххинэ, биллэриэҥ этэ.

– Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Биллэн турар, биллэн турар…

ТЕЛЕФОНОГРАММА

Саха АССР прокуратурата, силиэдэбэтэл Элиэнэпкэ. Гражданка Александрова Г.С. кыбартыыратыгар сэтинньи 8 күнэ буолар түүнүгэр бэчээти алдьатан киһи киирэ сылдьыбыт. Буруйдааҕы буларга бары миэрэлэр ылылыннылар.

Салдын куорат прокуратуратын силиэдэбэтэлэ Васюков

«Олох – бу түүл»

Телеграмманы ылаат, Захар Захарович дьыаланы уталыппакка, киэһэ Салдынныырга быһаарынна. Сөмөлүөккэ билиэт үлэстэ, эбиэт кэмигэр буфекка биир ыстакаан кофены кытта бэрэски сиэн аһаабыта буолла, ол кэнниттэн кабинетыгар киирэн, Александрова дьыалатын саҥаттан арыйан барда: «Билиҥҥитэ инники хардыы, кыра да ситиһии суох… Өлөрүөхсүт Давыдов буолбатаҕа эрэ дьэҥкэрдэ. Оччоҕо кимий? Өлөрүөхсүт, сабаҕалаатахха, бииринэн, Александроваттан тыс көрдөөн баран аккаастаппыт, кинини абааһы көрөр, өстүйэр дьон буолуохтарын сөп. Онон тэрилтэтин үлэһиттэрин, табаарыстарын кытта үчүгэйдик кэпсэтиэххэ. Ким кимиэхэ хайдах сыһыаннаһарын билиэххэ. Иккиһинэн, өлөр күнүгэр сарсыарда киниэхэ төлөпүөннээбит киһи. Гелена Александрова билсэр дьонун, эйгэтин чуолкайдыахха. Кинилэр истэригэр сууттаммыт, хаайыллыбыт, буруйу оҥоруон сөптөөх киһи биир эмэ баар дуо? Үсүһүнэн, күөлгэ түбэһиэх көрсүбүт күлүгээттэри бэлиэҕэ ылыахха. Туоһулар наадалар. Тулатынааҕы ыаллары кэрийиэххэ, баҕар, ити киэһэ Александрованы көрбүттэр баар буолаайаллар? Өлүөхсүт Давыдовтан тоҕус саҕана барбыт, оччоҕо түүн үөһэ өлүөр диэри ханна, кимниин сырытта? Эмиэ туоһулар наадалар…»

Санаатыгар буолан, төлөпүөн өрө тырылыы түспүтүн маҥнай соһуйбут курдук көрдө, онтон туруупканы ылла, көхсүн этиттэ:

– Һм… Даа, истэбин.

– Захар, – Марианна үөрбүт-көппүт куолаһа чаҕаарыйда. – Син буллум ээ! Дьэ, уочарат да уочарат, арыычча… «Вооружен и очень опасен…»

– Ким?! – Элиэнэп, мэктиэтигэр, ходьох гынна, онтон дьэ өйдөөтө: – Ээ… киинэни этэҕин дуо? Сөп-сөп… Ээ, Марианна, дьүөгэҕин Дусяны илдьэ бар, мин бүгүн Салдынныыр буоллум, командировкаҕа.

– Оо, эмиэ? – кэргэнэ сибилигин аҕай үөрбүт-көппүт куолаһа уларыйда.

Захар Захарович кини сирэйин көрө олорордуу сананна – чаҕылыспыт харахтара соҕотохто курус гынан, уоһун өһөстүк ньимиппит буолуохтаах.

– Билиэт булан наһаа да үөрбүтүм, онтукам ханна баарый…

– Чэ, хайыахпытый, бырастыы гын. Аныгы сырыыга хайаан да…

– Төһө өр буолаҕын?

– Биллибэт, дьыала хайдах хаамарыттан…

– Дьиэҕэр таарыйбаккын дуо?

– Барарбар киирэн тахсыам, алтаҕа көтүөхтээхпин.

– Ол аата мин үлэбэр сырыттахпына… Чэ, үчүгэйдик сырыт, субуоннаар.

– Быыс буллахпына. Этэҥҥэ, – Элиэнэп туруупкатын уурарыгар Хомподоев таптаан туттар тылын эппитин өйдөөн мүчүйэн кэбистэ: «Ити гынан баран биһиги кэргэттэрбитигэр эрэйдээх үлэлээх дьоммут ээ. Сарсыарда тоҕустан киэһэ алтаҕа диэри күннэтэ ханна да хамсаабат, хам бааччы олорор идэлээхтэр дьиэҕэ-уокка туһалара улахана чахчы. Ол эрээри – тугу талбыккынан. Бары оһох үрдүгэр ээл-дээл сыттахпытына, ким куһаҕаны, түктэрини кытта охсуһуой, суох оҥорорго дьулуһуой?! Суох, сыыгынаан-сааҕынаан күл-көмөр буолуох кэриэтин күлүбүрэччи умайбыт ордук…»

…Элиэнэп эбиэттэн киэһэ Давыдовы аҕаларга соруйда. Батыһан киирбит милииссийэ үлэһитигэр силиэдэбэтэл тоҥхох гынна: «Тахсыаххын син». Иккиэйэҕин хаалан баран, Захар Захарович чочумча Давыдовы үөрэтэрдии көрдө. Баттаҕа арбайан, иирсэн, сирэйэ-хараҕа кытаран, дарбайан хаалбыт, таҥаһа-саба да имиллибитэ, кирэ сүрдээх. Дьиҥ иһээччи көрүҥнээх Давыдов кыбыччы көрбүт сырдык хараҕынан кабинет утары эркинин аахайбатахтыы одуулаһа олордо.

– Дьэ эрэ, билсэн кэбиһиэххэ. Мин Элиэнэп диэн силиэдэбэтэлбин. Эн Давыдов Федор Федоровичкын?

Киһитэ таас дьүлэй киһилии ибир да гыммата.

– Давыдов, мин эйигин босхолуур туһунан боппуруос туруора прокурорга киирээри олоробун. Буруйа суох эрээри, тоҕо киһини өлөрдүм диэн айаҕаламмыккыный?

Мээнэнэн көрбүт харахтара кэҥээн хааллылар, онтон бокуойа суох сүүрэлэстилэр, кэмниэ кэнэҕэс Давыдов дьэ силиэдэбэтэл диэки хайыста.

– Туох даа?!

– Истибитиҥ курдук. Сарсыҥҥа-өйүүҥҥэ диэри эйигин босхолуохтара.

Давыдов бүк түстэ, арбаллыбыт хара баттаҕа, өһөстүк чохойбут кэтэҕэ эрэ силиэдэбэтэлгэ көстөр буоллулар, онтон кэтэҕэ титирэстээн, муннун сыҥсыйан, ытаан бахсырыйан барда.

– Чэ-чэ, түксү, Давыдов, – Элиэнэп сөбүлээбэккэ сирэйин мырдыччы тутунна. – Эр киһи буоллаҕыҥ, тохтоо.

– Оо-уу, оо-уу… – Давыдов уһуутаамахтаата, сонун сиэҕинэн хараҕын дьукку анньынна. – Геля, Геля барахсан… Ол иһин да, көмүспэр, таҥарабар хайаан илиибин көтөҕүөмүй?

– Оттон өлөрбүтүм диэн тоҕо билиммиккиний?

Давыдов оннугар көннө, арбаллыбыт баттаҕын быыһынан Захар Захаровиһы уоттаммыт хараҕынан көрдө:

– Геля… Оо, Геля… Кини эрэ этэ миэхэ саамай күндүм, чугас киһим. Ол киэһэ атаспынаан дэлби арыгылаан, сарсыныгар төбөм дьап-дьалкыҥнас, сир-халлаан үллэҥнии-үллэҥнии улаатар-аччыыр, сүрэх өлөхсүйэр, тип-титирэс киһи үлэбэр тиийэн баҕыарыҥныы сырыттахпына, милииссийэ үлэһиттэрэ кэлэн тутан таһааран массыынаҕа чып гыннарбыттара уонна иккис отделениеҕа көтүтэн аҕалбыттара. Биир хоско олордубуттара, мин чараас хаптаһын быыс нөҥүө кинилэр кэпсэтэллэрин истибитим. «Ити туох киһини аҕаллыгыт?» Онуоха миигин аҕалааччы саҥата: «Александрова диэн дьахтары бөлүүн Сайсары күөлгэ быһаҕынан анньыбыттар. Онно уорбаланар…»

Итини истээт, кулгааҕым чуҥкунуу түспүтэ. «Геляны өлөрбүттэр…» диэн санааны атын солбуйбута: «Бэйэм буолаайамый?..» Милииссийэ үлэһиттэрин саҥаларын алах-былах истэбин: «Хомус быыһыгар сытар үһү…», «Халаабатахтар…», «Хара тирии сонноох, мааны баҕайы дьахтар…» Онно өйдөөтөхпүнэ, кырдьык, түүн Геляҕа хаһыытыырга дылы этим уонна, арааһа, хомуһу хачыгыраччы кэһэр быһыылаахпыт… Сатахха, биирдэ быһаҕынан далбаатаммыттаах этим. Ол иһин билиммитим, итиэннэ Геля өлбүтүттэн симмэр да түспүтүм…

– Даа, – Элиэнэп киһитин хараҕын көрө сатаата да, сүүрэлэс харахтары кыайан таба одууласпата. – Мин бу дьыаланы үөрэтээри, Давыдов, эн биографияҕын сиһилии үөрэттим. Сөхтүм уонна, Давыдов, олус бэйэмсэҕиҥ эйигин иэдэппит. Дьону хомоттоххуна, кинилэр эйигиттэн харааһыннахтарына улахан дуоһуйууну ылар эбиккин. Чэ, холобур, баардарынан-суохтарынан көрөн-харайан ииппит төрөппүттэргэр, эйигин улаатыннарбыт, оҕолообут, таптаабыт манньаларын тугунан төлөөтүҥ? «Албыннаабыттар» диэн сымыйанан сылтанан, кинилэртэн атырдьах салаатыныы арахсыбыккын, билигин өлөр өстөөхтөргүнүү саныыгын. Кэлин үлэҕэр эйиэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһа сатаабыт дьону, бэл, Геляны, кыраттан сылтаан кыыһырдыҥ да, «үтүө дьүһүммүҥ көрүҥ» диэххэ айылаах арыгылааҥҥын, араастаан дьаабыланаҥҥын кэлэтэн, тэйитэн кэбиспиккин. Киһи барыта Хамсеев курдук арыгы эрэ иһэр инниттэн эйигинниин табаарыстаһыа суоҕа. Өйдөн, Давыдов, өйдөн, эн оҕо буолбатаххын ээ! Эйигин сөбүлүү сылдьыбыт дьоҥҥун, төрөппүттэргин санаа, тоҕо кинилэр эйигиттэн хомойдулар?

Давыдов тугу да саҥарбата, сырдык харахтара сүүрэлииллэрэ бытаарда, онтон тохтоон муостаны чыпчылыйбакка одууластылар. Кэмниэ кэнэҕэс хатырбыт балларыттаҕас уостара хамсаатылар, кыратык кыыкынаан саҥарбыта нэһиилэ иһилиннэ:

– Гражданин силиэдэбэтэл, эн сүбэҥ хойутаабыт… Үтүөҕэ тиэрдиэхтээх киһим барбыта, букатыннаахтык…

2

Элиэнэп кыра суумкатын тутан, аҕыйах киһини батыһан Салдын аэровокзалын дьиэтигэр киирэрин кытта, үрдүк уҥуохтаах, саар-тэгил Васюков мичээрдээбитинэн утары кэллэ. Свердловскайдааҕы юридическай институкка Элиэнэп бүтэрэр сылыгар Васюков үөрэнэ киирбитэ. Атын-атын куурус устудьуоннара, оччолорго төһө да бодоруспаталлар, кэлин бэрт үчүгэйдик көрсүһэллэр, ол сиэринэн киһитэ эмиэ айхаллыы тоһуйда:

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Конец ознакомительного фрагмента
Купить и скачать всю книгу
На страницу:
3 из 3