Полная версия
Туоһахта уонна Лэкиэс
Ити дойду үрдүнэн репрессия саҥа ааҥнаан эрэр ынырык дьыллара, 1937 сыллаахха бадахтааҕа. Оо, кэм-кэрдии ырааппыт да эбит…
* * *Туоһахта маҥнайгы түүннэргэ олустук дьэгдьийбитэ. Ийэтэ, дулҕалаах, үөр хаһыыта таарыйбатах, тыал охсубат күлүк сиригэр хаары хаһан оту таһааран, сытан сири ириэрэн, Туоһахтаны онно сытыаран хоннороро. Сөп-сөп аттыгар сытан, сылаас суоһунан ириэрэн ылара. Бэйэтэ түөрт атаҕын үрдүгэр туран утуйара. Саха сылгыта, Дьөһөгөй оҕото барахсан, оннук дьикти айылгылаах айыллыбыт буолан, бу кыыдааннаах кыһыннарга аһаҕас халлаан анныгар тулуктаһар. Бэл, сүрэҕин тэбиитин бытаардан, тыынарын аҕыйатан, бэйэтиттэн итии салгын тахсыытын аччатар, түүтэ көҥдөй, хойуу буолан тымныыттан көмүскэнэр. Өссө биир сүрүнэ – тириитин иһинэн тас сыата бүрүөһүн буолан, хайдахтаах да тымныыны тулуйарга анаммыт. Ол сиэринэн Туоһахта ийэтин иҥэмтэлээх үүтүнэн эмсэхтэнэн, түргэнник бороохтуйбута. Ийэтин кэнниттэн өкчөччү туттан, байааттаҥнаан ыла-ыла, батыһан үөргэ тиийбиттэрэ. Харачаас уолун көрөн, ыраахтан иҥэрсийэн эҕэрдэлии тоһуйбута. Чугаһыыр бокуой биэрбэккэ, үрүҥ хаары өрө ытыйан, хара сиэлэ үрэллэҥнээн утары сүүрэн кэлбитигэр Туоһахта дьулайан, кутуругун кэнники атахтарын икки ардыгар кумуччу тардынан, кулгааҕын ньылатан, көмүскэтиэҕэр, ийэтин хонноҕун анныгар, сыстыаҕынан сыстыбыта. Онтон ийэтэ дьоһуннаахтык туттан хаамарын тохтоппотун иһин уоскуйа быһыытыйбыта. Харачаас Сиэллээх биэтигэр хаары күрдүргэччи кэһэн кэлэн, аттыгар тохтуу биэрбитэ, сииктээх муннунан арҕаһыттан ньуххайталаабыта. Онтон оччугуйкаан уолун оргууй сэрэнэн туоһахтатыттан сытырҕалаан ылбыта уонна хатыылаах тылынан кулгааҕын кэнниттэн салаамахтаталаат, аҕалыы нүһэрдик иҥэрсийэн ылбытыгар Туоһахта сүрэҕэ сэлибирээн, бүдүрүйтэлээн, байааттаҥнаан ылбыта. Оо, бу сир үрдүгэр олох диэн кэрэ да эбитин оччугуйкаан сүрэҕинэн ылынан, бэйэтэ да билбэтинэн, быыппастан оонньохолоон ылаталыан баҕарталаабыта. Онуоха билигин да борбуйун кыана илигэ мэһэйдээбитэ. Онон аҕатын билэн, кутурукчаанын эймэҥнэтэн, сип-синньигэс куолаһынан кистээн дьырылаппыта. Бу дьикти дьүрүскэни, бу кэрэ көстүүнү бэйэтин туох эрэ таайыллыбат соругар ыксаан, көтөн күпсүйэн иһэр суор обургу, үөһэттэн соһуйа истэн, халаахтаан, эҕэрдэлээн ааспыта. Биэлэр бары Сиэллээх биэ, Туоһахта диэки астыммыт, ымсыырбыт харахтарынан көрөн, чочумча турбахтыы түспүттэрэ. Онтон биир-биир кэлэн Туоһахтаны сытырҕаталаан ылбыттара. Кинилэр сүрэхтэрин анныгар илдьэ сылдьар кулунчуктарын аҕалара Харачаас инник истиҥник көрсүөн ыраланан ылбыттара…
Ити курдук сааскы күн ылааҥыран, сотору-сотору биэлэр төрөтөлөөн барбыттара. Бииртэн биир кулунчук күн сирин көрөн испитэ. Туоһахта ийэтин иҥэмтэлээх үүтүн эмсэхтэнэн сотору төлөһүйбүтэ. Икки сиэнчэртэн хаан тардыылаах буолан, сытыы туйахчааннардаах, уһун дьылыгыр атахтардаах буола улаатан барбыта. Кэлин төрөөбүт кулунчуктарга барыларыгар убай курдук сыһыаннаһара. Эрэйдээхтэр салыбыраһан-илибирэһэн диэн, элэктиэх, мэниктиэх-тэниктиэх санаата кииртэлээн, аттыларынан оонньохолоон ылаттыыра. Ардыгар алҕас таарыйан кэбиһэн, анараа кыра кулунчуктар тас уорҕаларынан баралларыттан тохтоон, сорохторугар туралларыгар хоҥоруутунан өйөөн, көмөлөһөн абырыыра.
Сааскы хатааһыннар саҕаламмыттара. Күнүһүн лаппа сылыйар буолан, кулунчуктар күн сыралҕаныгар угуттанан абыраннылар аҕай. Оттон түүн дьыбардар син биир түһүтэлииллэр эрээри, Туоһахта бороохтуйа быһыытыйан, улаханнык дьагдьайбата. Айылҕа оннук айдаҕа эбээт.
Биир түүн Туоһахта улахан сүпсүлгэнтэн уһуктан тура эккирээтэ. Ийэтэ сиэлэ үрэллэҥнээн, таныытын тыаһа сотору-сотору улахан баҕайытык тарылаталаан ылара. Харачаас кистии-кистии, үөрэ туохтан эрэ үргэн, үрүө-тараа сүүрэкэлии, булумахтана сылдьар биэлэрин күөйэн, сиэлэ өрө үрэллэҥниирэ хараҥаҕа өссө дьулааннык көстөрө. Туоһахта туох алдьархай ааҥнаан эрэрин өйдөөбөккө, эмиэ туора-маары ыстаҥалаталыан баҕарбыта. Хайдах эрэ уйуһуйан оонньохолоон сүһүөҕүн имитэн ылбыта. Ийэтэ ыарыылаахтык хоҥоруутунан ойоҕоско охсон, кырыктаахтык иҥэрсийэн буойбута. Бэйэтэ Харачааска көмөлөһөн, үөрү биир сиргэ ырааһыйаҕа түмпүттэрэ. Борук-сорукка кутталларыттан бу уһулу ойон тахсыахтыы быччаспыт харахтаах биэлэр, туохтан эрэ тэһииркээн, таныыларын тардырҕата-тардырҕата үөртэн туораары гыннахтарына, Харачаас арҕастарыттан хадьырыйталаан, күөнүнэн күөйэ көтүтэлээн, «уоскуйуҥ, мин көмүскүөм» диирдии, иһин түгэҕиттэн ыардык иҥэрсийэн ылара. Сиэллээх биэ эмиэ Харачааска көмөлөһөн, биэлэри күөйсэн бураллаҥныыра. Ол аайы Туоһахта ийэтин аттынан эмиэ ойуолаан эрдэҕинэ, ийэтэ, кыланарга дылы иҥэрсийээт, Туоһахтатын үөр диэки эһиллиэр диэри, мууһурбут хоҥоруутунан ойоҕоско кибилиннэрбитэ. Ол түгэҥҥэ туох эрэ дьаардаах сыт Туоһахта муннугар биллэн ааспыта, ону кытары аттынан киниттэн арыый намыһах туох эрэ кыыла хараҕа уотунан сириэдийэн, өһүөннээхтик чаҕылыҥнаан, кини хараҕын кытары кыл түгэнэ харсыһан ааспыттара. Туоһахта эт-этэ барыта дьигиһийэн, биллибэт дьикти сүүрээн сүрэҕин битигирэппитэ. Ийэтэ, кулгааҕын ньылатаат, ол күтүрү сытыы туйахтарынан сиирэ-халты табыйбыта, онуоха ол харамай туора ойбута. Үс аһыҥастаах кыыллар сибиэннээх, уоттаах харахтара чаҕылыҥнаһан, үөртэн биир эмэ кулунчугу дуу, биэни дуу үргүтэн, быһа анньан ылаары, төгүрүччү сүүрэн сундулуспуттара. Туоһахта туох ааттаах ити кинитээҕэр намыһах сур кыыллартан куттаналларын дьиктиргии саныыра да, син биир эт-этэ саласпыта. Үчүгэй атыыр маннык түгэннэргэ үөрүн көмүскээн, Сиэллээх биэтэ тэҥҥэ охсуһар буоллахтарына, сүтүктэммэккэ быыһаналлара. Харачаас обургу түөрт түөрэм туйахтарынан табыйан, тэбиэлэнэн, сытыы тииһинэн лаҕырҕаччы хабыаланан, сиэлэ өрө бураллаҥнаан, дьулаан киэбин ылынан үөрүн эргийэ атаралаан, охсуһан бурҕалла сылдьыбыта. Лэгиэн кырдьаҕас, мындыр сылгыһыт, күһүн үөрү хаһыыга үүрүөхтэрин иннинэ, Харачаас кутуругун сорох утахтарын өрбүтэ. Дьэ ону билбэккэ биир аһыҥастаах Харачааска ыстанаары сыыһа туттан, кутуругу хабан аһыытыттан иилистэн, арахсаары мөхсөн тилигирэйбитэ. Харачаас дьилэй-муос сытыы туйахтарынан аһыытыттан иилистэн соһулла сылдьар кыыл эҥил баһын, сымыыт хаҕын курдук, хампарыта тэбиэлээн кэбиспитэ. Ити дьулаан хапсыһыыны көрө охсон, атын аһыҥастаахтар дьаадьыйан, тыас хомунар аатыгар түспүттэрэ. Оттон били кыыл Харачаас кутуругар иилистэн, хаанынан хардыргыы соһуллан сылдьымахтаһан баран, кэмниэ-кэнэҕэс арахсан хаарга умса түһэн сытан хаалбыта.
Амырыын түүн кэнниттэн Туоһахта олоҕор улахан үөрэҕи ылбыта. Уоттаах харахтаах кыыл сыта муннугар үйэтигэр сүппэттии иҥэн хаалбыта. Харачаас үөрүн ити алаастан атын алааска көһөрөргө күһэллибитэ. Инньэ гынан, Сиэллээх биэ бастаан, атын биэлэр батыспыттара, оттон Харачаас кэннилэриттэн, үөрүн күөйэн былыргы омоох ыллыгынан, хаара арыый оҥхоччу түһэн чарааһаабыт сиринэн халдьаайы сыырын дабайан, бары субуруһан тахсан бара турбуттара. Туоһахта куттаммыта ааһан биэрбэккэ, били дьаардаах сыт кэлээрэй диэбиттии, оччугуйкаан таныыларын тардырҕахпахтаталаан ыла-ыла, ийэтин ойоҕоһугар сыстыаҕынан сыстан хаампыта. Арай эмискэ аттыттан туох эрэ үрүҥ дьүһүннээх, уһун кулгаахтаах харамай сүрэҕэлдьээбиттии ойуоккалаабытыгар соһуйан, кута көтө сыспыта. Ийэтэ, хата, онно эрэ кыһаллыбат, онтон эр ылан Туоһахта уоскуйа быһыытыйбыта. Ити дьулаан түүнтэн ыла аны туохтан эрэ тэһииркээтэҕинэ, ийэтигэр ойор идэлэммитэ. Ийэ барахсан хонноҕор-быттыгар хорҕойортон ордук эрэллээх туох да суоҕун кыракый мэйиичээнин долоҕойугар хатаабыта. Хата, били аа-дьуо ньохороҥноон чөҥөчөк кэннигэр кирийбит бэдиккэ сэрэнэн сытырҕыы-сытырҕыы чугаһаабыта. Ол да буоллар, сэрэххэ ийэтин диэки хайыһан ыйытардыы көрөөт, оччугуйкаан оҥоспут таныыларынан тыбыыран тарылаппахтаан ылбыта. Ийэтэ онно кыһаллыбата. Хата, били кирийбит маҥан түү кыыл соһуйан ойуур диэки бөчөөхтөөбүтэ. Туоһахта эр ылан дыралдьыйбыт сытыы туйахчааннардаах атахтарынан кэнниттэн ыстаныахтыы оонньохолоон ылбыта. Били кыыл онтон өссө эбии соһуйан икки хараҕа тэстэринэн, туора-маары ойуоккалаат, сыбарга түспүтэ. Сааскы күн куула тыа үрдүнэн тэмтэйэ санньыйан күлүктэр уһаабыттара. Ити курдук Туоһахта олоҕор маҥнайгы арыйыыларын бииртэн биир билэн, олох оскуолатын маҥнайгы хардыыларын оҥорон испитэ.
* * *Лэгиэн ыаллыы сытар «Кыһыл агроном» холкуос сылгыһытыттан икки бөрө биир биэни тардыбыттарын истэн дьиксиммитэ. Онон бэрдээнин ылбыта, үс-түөрт сүнньүөхтээҕин уктаат, атын ыҥыырдыы охсон, суһаллык арҕаа Барыллыалаах алааска айаннаппыта. Лэкиэс оскуолаттан кэлэн баран, ийэтиттэн ол сураҕы истэн аймаммыта. Кини аччыгыйкаан Туоһахтата бөрө айаҕар кииримээри куотан, тоҥуу хомурахха батыллан эрэрин хараҕар оҥорон көрөн аһарбыта. Ийэтэ хотоҥҥо тахсыбытын кэннэ, кэтэҕириин орон улаҕатынан муннукка турбут субуйааҥканы сулбу таһыйан ылаат, таһырдьа тахсан аҕата булка кэтэр хайыһарын кэтээт, сыыйа тэбэн арҕаа диэки соруктаах баҕайытык бурҕаҥната турбута. Күлүктэр уһаан, сааскы күн намтаан эрэрэ.
Лэгиэн Барыллыалаахха көс аҥаарын уһаппакка, илин баска айаннатан тиийбитэ. Сэрэххэ, саатын бэлэм тутан, атын аргыый хаамтаран, мастары күлүктэнэн алаас сыырын түһэн эрдэҕинэ, ата туохтан эрэ сиргэнэн туора ойбута. Лэгиэн кыл түгэнэ ыҥыырын хоҥсуоччутуттан харбаан, тутуһан нэһиилэ өрүһүммүтэ. Бэрдээнин төлө тута сыспыта.
– Бу адьарайдар манна охсуллубуттар эбит, оо, Харачааһым барахсан хайаспыта буолла? – диэн ботугураан ылбыта. Араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Алааска киирбитэ – Харачааһын үөрэ суох буолан биэрдэ. Арай куула тыа аннынан ыраах туох эрэ хараара сытарын көрдө.
«Оо, кыайардар кулунчугу туппуттар дуу?» – сүүһүгэр сарт түспүт көлөһүнүн ытыһынан киэр хаһыйаат, саҥа аллайбыта. Онтон эмиэ да мунаара санаабыта. «Өскөтүн кулуну туппуттара буоллар, сиэҥнэригэр баар буолуохтарын сөп этэ. Эбэтэр киһи иһэрин билэн, тыаҕа түһэн чуҥнуу сыталлара дуу? Харачаас хайаан мүччү туттарбытай?» – диэн саныы-саныы, оргууй хаамтаран испитэ. Арай чугаһаары гыммыта, доҕоор, ата сиргэнэн таныытын тардырҕаппыта, өрө холоруктаталаан ылбыта. Лэгиэн атыттан ойон түһэн, үүнүн кэбиһиилээх от күрүөтүн тоһоҕотугар иилэ быраҕан, атын хаалларан, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ ыкса чугаһаабыта.
«Оо, ол иһин да», – диэн саҥа аллайбыта. Харачааһа обургу ардай аһыылаах баһын хампырыта тэбиэлээн өлөрбүтүн борукка балыйтаран бастаан билбэтэҕэ, онтон дьэ өйдөөн көрөн, салгын сиэн хараара килэйбит сирэйэ мүчүк гыммыта. Лэгиэн иннигэр сүүнэ атыыр бөрө ардьаллыбыт араҕас аһыыларыгар Харачаас кутуругун хара кыллара сыыйыллан быга сыталлар эбит. Лэгиэн бөрөнү бэрт эрэйинэн кутуругуттан соһон, балай да бодьуустаһан куула тыа саҕатыгар илдьэн баран, чугастааҕы чөҥөчөк хаарын хаһыйан, сынньана олордо. Табаҕын таһааран тарда олорон, Харачааһын хайгыы санаата: «Барахсаным, төһө эрэ охсуһан бураллаҥнаата буолла, дэҥнэммэтэ ини». Итинник саныы олорон көрдөҕүнэ, ата эмиэ чөрбөҥнөөн, миэстэтигэр тэпсэҥнээн ылаттаата. Лэгиэн дьаарханан бэрдээнин тымныы уоһуттан харбаан, бэлэм тутта. Арай алаас уҥуор илин бас сыырын үрдүгэр боруҥуйан эрэр халлааҥҥа туох эрэ хамсыырын көрдө. Сылгы диэҕи кыра курдук, бөрө диэҕи эмиэ атыҥҥа дылы. Онтон сыныйан көрбүтэ – хайыһардаах киһи омооно сүүрэн бурҕатан иһэр эбит.
– Бай, бу хайалара сааланан-саадахтанан иһэр буоллаҕай? – диэн ботугураат, Лэгиэн туран саатын сүгэн, атын диэки хардыылаабыта. Хайыһардаах киһи элэҥнэччи сүүрэн бурҕачытан иһэн, тугу эрэ хаһыытыыр саҥатын истэн, Лэгиэн ытырыктата санаата. Арай өйдөөн көрбүтэ, бэйэлээтэр бэйэтин уола Лэкиэс буолан соһутта.
– Аҕаа, Туоһахта? Туоһахта?! Тыыннаах, тыыннаах дуо? – аҕылыырын быыһыгар хаһыытаан ыйыта-ыйыта, сүүрэн сырылатан кэллэ. Лэгиэн, дьэбир, аҕыйах саҥалаах аҕамсыйа барбыт киһи, салгыҥҥа хараара килэйбит сирэйигэр мичээр оҕото сыдьаайан ылбыта. Уола саҥа төрөөбүт кулунчугу булан, кини саҕа дьолломмут киһи суоҕа. Тута Туоһахтанан сүрэхтээбитэ уонна оҕо оҕо курдук кутун Туоһахтатыгар туттарбыта.
Лэкиэс аҕатыттан чугас хаарга туох эрэ хараара сытарын көрөн тохтуу биэрбитэ. Кэҥээбит хараҕынан ыйытардыы аҕатын көрбүтэ.
– Бөрө, бөрө, нохоо, Харачаас обургу ити ардай аһыылаах адьарай эҥил баһын хампы тэппит.
– Оттон Туоһахта, Туоһахта?
– Туох ааттаах Туоһахтанан сүрэхтэтэн хааллыҥ? Тыыннаах ини. Харачаас үөрүн мээнэ былдьаппатах атыыр буолуо. Үөрүн нөҥүө алааска күрэппит.
Лэкиэс тиийэн өлө сытар бөрөнү көрөн этэ саласта. Төһө да өлө сыттар, ыстанан туран килбэспит дьулаан аһыыларынан хабарҕаҕа түһүөхтүү, тоҥон уота өспүт хараҕынан Лэкиэһи одуулуу сытара. Лэкиэс этэ салаһан кэннинэн чинэриҥнээтэ.
– Баччалаах сири хараҥаҕа былдьатаары мээнэ сүүрэкэлиир сэрэхтээх буолбатах дуо, нохоо? Бу үлүгэр адьырҕалар киһилиэхтэрэ дуо. Билигин торҕонноон аҕай сырыттахтара.
– Эс, аҕаа, субуйааҥкылаахпын дии.
– Дьэ, хас ботуруоннааххыный?
– Биир, – Лэкиэс бөрөттөн куттаммытын биллэрбэт буола сатыы-сатыы, боччумнаахтык туттан хоруйдаата.
– Ол биир ботуруон диэн, үөргэ түбэстэххинэ тугу абырыай? Чэ, ити хайыһары ол тииккэ өйөннөр. Барыахха, хараҥаҕа аһары былдьатыахпыт. Баран иһэн Тоҥуулаахха сылдьан, Харачааспыт үөрүн көрөн ааһыахпыт. Ити кыылы кэлин сыарҕалаах атынан кэлэн дьаһайыллыа, – инньэ дии-дии, тоҥ мас лабааларын тоһуталаан, бөрө үрдүгэр сабыта быраҕаттаата. Аттарын мэҥэстэн, атыыр үөрэ барбыт суолун бата, сиэллэрэ турдулар.
Туоһахта бөрө айаҕар киирэн биэрэ сыһан, ийэтиттэн ыарыылаахтык арҕаһыттан хадьырыйыллан, үйэтин тухары умнубат улахан үөрэх ылбыта. Сотору биир ханнык эрэ алаас куула тыатыгар кэлбиттэрэ. Харачаас чуҥнаан чөрбөлдьүгэс кулгаахтара уҥа-хаҥас эргичиҥнээбиттэрэ. Сыт ылан төбөтүн үөһэ көтөҕөн, таныыларын тардырҕатан тыбыырбахтаабыта. Онтон аллара туруору сыыр хаарын сэрэнэн тэлэн, кырыытынан хаама-сүүрэ былаастаан, алааска киирэн мастар быыстарыгар сүтэн хаалбыта. Атын биэлэр, Сиэллээх биэ хамсаабакка күүтэн турарын иһин, эмиэ иһийэннэр, ол-бу диэки тыас иһиллээн турбуттара. Сотору алаас диэкиттэн Харачаас кистиир саҥатын истэн, Сиэллээх биэ куула сыырын налыы сирин талан аллара түһэн, биэлэр, кулунчуктар бары субуруһан батыспыттара. Иннилэригэр эмиэ киэҥ алаас нэлэһийбитэ. Харачаас утары сүүрэн кэлэн үөрүн күөйэн, хаһыылаах сиргэ илдьибитэ. Туоһахта иннин-кэннин кэтэнэр, туох эмит туора сыт муннугар охсуллан аастаҕына, тэһииркээн ийэтин быттыгар сыстар буолла. Бары да уйулҕалара көппүтэ, си-дьүгээр ааһа охсон биэрбэккэ, тыаһырҕаан тахсыбыттара. Ол да буоллар, Харачаас уонна Сиэллээх биэ кинилэргэ үрүҥ тыыннарын өллөйдөөччү, көмүскээччи буоланнар, налыйан хаһыыларыгар тарҕаспакка, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сылдьан, киирэн эрэр күнү сайыһа көрбүттэрэ. Кулунчуктар сөп-сөп ийэлэрин соппойон, анаан хаһыллыбыт оттоох дулҕалар быыстарыгар сытаталаан барбыттара. Туоһахта саҥа нухарыйан эрдэҕинэ, Харачаас сүр улаханнык суос бэринэн кистээн дьириһиппитэ. Бары, эмиэ туох эрэ куттал суоһаата дии санаан, чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Арай Туоһахта көрбүтэ, арҕаа чугастааҕы тумулга аҕатын Харачаас курдук бөҕө-таҕа атыыр үрдүгэр урут көрөн аһарбыт икки атахтаах харамайа аны иккиэлэһэн көстүбүттэрэ. Харачаас иҥэрсийэн ылбытыгар анараа ат эмиэ кистээн дьырылаппыта. Аттаахтар ол кэлэн чочумча тохтоон, тугу эрэ даллаахтаһан, кэпсэтэр дорҕоонноро сааскы дьыбардаах киэһэ быһыта-орута иһиллэн ааспыта. Туоһахта туох да куттал суоһаабатын, ийэтин майгытыттан эндэппэккэ билэргэ үөрэммитэ.
Чугаһаан иһэн Лэгиэн Харачааһа кистиирин истэн долгуйан ылбыта. Хата, онто кини иһэрин билэн кистиир эбит. Лэгиэн Харачааһын хаста да баайан сүүрдэн, ыһыахтарга мүһэ ылаталаан тураллар. Онон миннэрин бэркэ билсэллэр. Оо, Дьөһөгөй оҕото барахсан өйүн оҕото сыттаҕа дии. Харачаас кулунуттан төрөлкөйө харахха быраҕыллан, кыра эрдэҕиттэн маанылаан, борсоон улаатыннарбыта. Кырдьаҕастар үтүө атыыр оҕото утумнуур, онон кэлин дьоһун атыыр тахсар чинчилээх диэн сабаҕалаабыттара оруннаах буолбута. Үөрүн энчирэппэккэ бу илдьэ сырыттаҕа. Лэгиэн, Харачааһын хайгыы саныы-саныы, үөрүн аахпыта. Оттон Лэкиэс Туоһахтата тыыннааҕыттан олус үөрэн, оҕотук сүрэҕэ сылааһынан битийэ тэппитэ.
Оччолорго биэни мээнэ ыабат этилэр, ыһыахтарга анаан кымыска эрэ ыыллара. Ол иһин кулуннар сайыны быһа ийэлэрин эмсэхтэнэн, күһүн бэркэ төлөһүйэллэрэ. Туоһахта дьылыгыр уһун атахтардаах күөкэйбит үрдүк моойдоох, сытыы туйахтарын үрдүгэр чэпчэкитик дугунан, кырыытынан оонньохолуурун киһи эрэ астына көрөрө.
* * *Лэкиэс үөрэҕин быыһынааҕы уһун өрөбүллэригэр Лэгиэн айааһаабыт сиэр соноҕоһунан, аҕатыгар көмөлөһөн, алаастары, үрэхтэри сыыйсара. Ол сылдьан түгэн көһүннэҕинэ, Туоһахтатын көрөн, хараҕын сымнатан ааһара. Тоҕотун бэйэтэ да билбэтэ. Туоһахтаҕа кутун олус туттарбыта. Ол баҕар, Туоһахта саҥа төрөөн күн сирин көрөр түгэнигэр туоһу буолбутуттан эбитэ дуу? Эбэтэр инники олохторун тоҕооһуннаран тургутар туску тардыыта эбитэ дуу? Туох билиэ баарай. Ол да буоллар, Лэкиэс биир бүччүм санаалаах. Ол – сиппит-хоппут Туоһахтатын миинэн, ыһыахха ат сүүрдүүтүгэр биэтэккэ тыал курдук маҥнайгынан сүүрдэн кэлэр ыратын сүрэҕэр бүөбэйдээн, иитиэхтии сылдьар.
Кэм-кэрдии ааһан испитэ. Туоһахта чөрөгөр сытыы кулгаахтардаах, көҕүлүн аннынан кэлтэгэй ый курдук туоһахталаах, уһулу ойуох курдук дьэргэлдьийбит өйдөөх харахтардаах, тардырҕас киэҥ таныылардаах, киһи эрэ умсугуйа көрөр кулуна буолбута. Дьылыгыр уһун атахтарын түөрт түөрэм сытыы туйахчааннара эрчимнээхтик иһэҕинэн бырдааттанан, быыппаста сүүрэр идэлэммитэ. Кулун бэйэтэ, күһүн хаар түһүүтэ, убаһаҕа кубулуйбута. Харачаас үөрүн убаһаларыттан саамай төрөлкөйдөрө буола улааппыта. Оччолорго убаһалары араарбат этилэр, онон үөргэ дьаалаларынан бүөбэйдэнэллэрэ. Туоһахта ити курдук балтараа сааһыгар тый, үс сааһыгар соноҕос буолан, тыыллан-хабыллан тахсыбыта.
Лэкиэс эмиэ оҕо эрдэҕиттэн хара үлэҕэ миккиллэн, эриллэн, буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, төрөлүйэ улааппыта. Үрдүкү кылаастарын уһун сынньалаҥнарыгар холкуоһун күүстээх, түбүктээх үлэтигэр төбөтүн оройунан түһэрэ. Лэгиэн уолун астына көрөр, туйахпын хатарыах киһим диэн, иһигэр эгди сананар буолбута. Онон Лэкиэһин бэйэтигэр сыһыаран илдьэ сылдьара. Лэкиэс оҕо эрдэҕиттэн акка сыстаҕас буолан уонна Туоһахтатын миинэр, айааһыыр баҕаттан үөрүүнэн тук курдук сылдьара. Сылгыһыт үлэтэ диэн, тоҥуулаах-хатыылаах, сыра-сылба баранар, ылбычча киһи манан аҕай ылыммат да, кыайбат да үлэтэ этэ. Манна аҥаардас күүс-күдэх эрэ быһаарбат, акка сыстаҕас, ат майгытын-сигилитин үчүгэйдик билэр, мындыр, тулуурдаах, дьулуурдаах эрэ киһи кыайар идэтэ этэ. Дэлэҕэ да Лэгиэн эдэр сааһыгар Ааллаах Үүнүнэн таһаҕас көтөҕүүтүгэр элбэхтэ сылдьан, Көмүстээх Бодойбо бэртэрин кытары алтыһан, кииллийэ чэрдийбит сүрэҕэ билигин дьэ эмэхсийии модьоҕотун атыллаан эрдэҕэ. Онон олоҕор тугу билбитин-көрбүтүн уолугар уһуйарга санаммыта. Биир ыра санаатын толорон, Лэкиэһин ат баайыытын ымпыгар-чымпыгар үөрэтэн барбыта.
Саас Харачааһы кытары икки кытыылыыр соноҕоһу тутан быалаан баайбыттара. Соноҕостортон биирин Лэгиэн бэйэтэ айааһаабыта. Оттон иккиһин, күндүл-хаҥыл, айаас буолан өрө мөхсөрүн иһин, Лэгиэн айааһаамаары гыммытын уола Лэкиэс буолуммакка, бэйэтэ айааһаабыта. Ат баайыытын ымпыгын-чымпыгын тутуһан, син аттарын бэлэмнээбиттэрэ. Дьэ күүтүүлээх кэмнэрэ кэлэн, хаар бидиргэхтиирин саҕана, Лэгиэннээх үс баайбыт сүүрүк аттарын сэтиилэнэн, оройуон киинигэр тиийбиттэрэ. Ол саас Харачаас бүтэһигин сүүрбүтэ. Хатыһыылаах икки аҥаар көскө хол аҥаара сырдыктаах, биэтэккэ иккис кэлбитэ. Сүүрдүү кэнниттэн Харачаас уоскуйбутун кэннэ, Лэгиэн атыырын көлөһүннүрбүт моонньун оргууй таптайа-таптайа:
– Дьэ, нохоо, саас ылан, күүһүҥ-күдэҕиҥ бэйэбэр дылы өһүллэргэ бараахтаан эрэр эбит. Онон аны уолуҥ Туоһахта туйаххын хатарар кэмэ кэллэ быһыылаах, – диэбитигэр Харачаас иччитин өйдөөх харахтарынан көрбүтэ уонна сөпсөһөрдүү иҥэрсийэн ылбыта.
Оттон соноҕостортон биирэ, аһара тэһии, күндүл-хаҥыл буолан, суолуттан туораан хаалбыта. Иккиһэ сааскы чигдигэ халты тэбинэн, бүдүрүйэн ортоку кэлбитэ. Инньэ гынан, илиилэрин соттуохтарын, хата, Харачаас бириистээх миэстэни ылан, санаалара син бэттэх кэлбитэ. Атын холкуостар сылгыһыттара аттарын бэркэ баайан кэлбиттэрэ харахха тута быраҕыллыбыта. Аттара кырыыларынан тыкаарыйан, үҥкүүлээмэхтээн сүрдээхтэрэ. Чэ ол да буоллар Лэгиэн санаатын Туоһахтаҕа уура сылдьар, онон бөҕөх. Бу сааскы сүүрдүүгэ харыстаан айааһаабакка, хаһаана сылдьыбыта.
АЙААҺАНЫЫ
Туоһахта да кини барыллаата төрүөхтэр, бары улаатан төлөһүйэн барбыттара. Онон аҕалара Харачаас хааннааҕынан көрөн, көмөр күдэрик сиэлинэн илгистэн, сыыһа-халты хабыалаан лаһырҕатан, соноҕостор дьалты туттар буолбуттара.
Хаар ууллан, күөххэ үктэнэн, Харачаас үөрэ тотон төлөһүйүү бөҕөтө буолбуттара. Харачаас, Сиэллээх биэ уонна хас да биэ буоланнар, алаас ортотугар баар булгунньах үрдүгэр тахсаннар, сарсыарда аайы күн тахсыытын уруйдаан кистээн дьырылаталларын Туоһахта астына көрөрө. Аллараттан эмиэ хардаран кистээн ылаллара. Оо, Туоһахта эмиэ аҕатын Харачаас курдук хаһан эрэ бэйэтэ бас билэр үөрдэннэҕинэ, итинник күнү уруйдуоҕун санаан, оргууй тыбыыран ыла-ыла сири табыйбахтыыра. Кини обургу ситэн-хотон, ордук күөх от минньигэс ньаассын сүмэтиттэн сүүлэ киирэн, сөп-сөп били тэрилэ кытаатан, хаатыттан тахсан, уһаан бөскөйө тыҥыыра. Этин сааһа хайдах эрэ дьикти минньигэстик, иһин түгэҕин диэки дьырылаан ылара. Этэ-сиинэ тыҥаан, быыппаста ойуолаан, бэйэтин барыллаата соноҕостору үтэн-анньан, күөнүнэн түһүтэлээн, сиирэ-халты хабыалаталаан ылара. Анарааҥҥылара да эргичис гынаат, салгыны тэбиэлээн куһурҕатыһа оонньууллара. Икки кэлин атахтарыгар туран табыйсан да ылаллара. Биллэн турар, ол хамсаныылар хайа да уолҕамдьы оҕотук харамай олоҕор кэлин көрсүөхтээх, үрүҥнэрин-хараларын быһаарар түгэннэригэр, тургутууларыгар туһалыаҕын долоҕойдоругар анааран да көрбөттөрө. Айылҕалатан, ис хааннарыттан оонньуу былаастаах эрчиллиилэрэ этэ.
Ол курдук күөх сайын кэхтэн, көмүс күһүн күлүмүрдээн ааспыта. Маҥнайгы хаар кыраһалаабыта. Сир тоҥо быһыытыйбыта, түүнүн дьыбардар түһүтэлииллэрэ. Биир үтүө күн били аттаах харамайдар кэлэн кинилэри, хас да соноҕоһу, үөртэн быһа анньан арааран, күөйэ көтүтэн, кэккэлэһэ сытар алааска үүрэн киллэрэн, хааччахха хаайбыттара. Туоһахта хайдах эрэ уйуһуйан хаалбыта. Тоҥ күөнүнэн түһүөлээн хааччах сиэрдийэлэрин тоһутуохча тииһэн эрдэҕинэ, били икки харамайдартан биирдэһэ уһун ураҕаска туох эрэ быатын иилэн баран, кини диэки сыбдыйан эрэрэ баара да, моонньун төрдүн диэки быа иилиллэ түспүтэ. Туоһахта онтон соһуйан, таныытын тардырҕатаат, туора ойон иһэн, моонньуттан эпсэри ылбыт быа кытаанахтык тардыбытыттан сөһүргэстии түспүтэ. Оо, аймалҕан бөҕө буолан эрэрин кулгааҕын уһугунан истэн аһарбыта. Ойон тураат, аны төттөрү өттүгэр ыстаммыта. Ок-сиэ! Били моонньун ыбылы ылбыт быа быһа ыстанан, «тас» гыммыт тыаһыттан соһуйан, Туоһахта хааччах үрдүнэн көтөн күдээрийбитэ. Уонна кэннигэр били харамайдар хаһыыларын хаалларан, иннин хоту ойуолаабыта. Лэкиэс Туоһахтата быатын быһа түһэн, түөрт үүт күрүө үрдүнэн күндүл сиэр сиэлэ өрө үрэл гынан ойон кыырайаат, сабыдыал кутуруга субурус гынан уохтаахтык ойуолаабытын астына көрөн турдаҕына, аҕата хаһыытаан тоҕо барбыта:
– Хайа, нохоо! Тугу даллайан баран турдуҥ?! Оҕуургун уонна ол кылгас ураҕаскын ыла тарт, ситэн тутуохха!
Лэкиэс онно эрэ өй ылан, оҕуурдаах ураҕаһын харбаан ылаат, сымса үлүгэрдик эрийэ тутан салҕыы турдаҕына, Лэгиэн атын бөҕө быһыылаах хатыс оҕууру уолун диэки элиппитэ. Бэйэтэ атыгар сүүрбүтэ. Лэкиэс аҕата кыыраппыт оҕуурун хапсаҕай үлүгэрдик хабан ылаат, атын үрдүгэр мохсоҕол курдук хатана түспүтэ. Уонна атын быттыкка тэбэн кибилиннэрээт, өрө холоруктатан, аҕатын кэнниттэн ойута турбута. Оҕуурун дьоҕус ураҕаһыгар аҕата такайбытын курдук үөрүйэхтик бэрийэ охсубута уонна быатын уһугун ыҥыырыгар баар быатыгар сэтиилэнэр гына туомтуу тардыбыта.
Оттон Туоһахта сабыдыал кутуруга субуллаҥнаан, оол иннилэригэр тэйиччи ойуолаан ууннаран эрэрэ. Лэкиэс аҕатын ситэн кэлэн ойоҕолуу ойутан иһэн:
– Аҕаа, сиппэппит буолуо ээ, – диэн долгуйбут куолаһынан аҕатыттан ыйыппыта.
– Ситиэхпит, нохоо, тот буоллаҕа дии, сотору өрөһөтө тыҥатын хам анньыа, ити маҥнайгы уоҕугар эрэ быыппастаахтыыр, – диэбитэ.
Туоһахта балайда сири ойуолаан баран, сотору тохтоон, уйуһуйбут сүһүөҕүн үрдүгэр үҥкүүлээмэхтээт, кэннин хайыһан көрбүтэ, доҕоор, икки аттаах харамайдар кинини супту көрбүтүнэн ойутан аҕай иһэллэр эбит. «Дьэй эрэ, ити буоллаҕына!» – дии санаат, Туоһахта иннин хоту түһүнэн кэбиспитэ. Тот буолан сотору-сотору утуруктаан бирдиргэтэрэ. Өр сүүрбэтэҕэ, тыҥатын күүгэнэ икки дьабадьытынан тохтубута. Дьэ ол курдук уоҕа уостан, Туоһахта сир өппөтөҕө, сотору бытаарбыта. Сылгыһыттар үөрүйэх, баайыылаах аттара өр гыныахтара дуо, сотору ситэ баттаан ылбыттара. Кэннигэр туйах тыаһа бөҕө өрө батыгыраабыта. Туоһахта уҥа диэки туора ыстаммыта, арай били харамайдартан кырдьаҕаһа бу сирэйэ мэлэйэн иһэр эбит. Туоһахта онтон соһуйан аны хаҥас ыстанан эрдэҕинэ, били кутталлаах, муомахтаан тыынын хаайан тумнара сыспыт эдэрэ, быатын ураҕаска иилэн баран, бу көтүтэн иһэр эбит. Лэкиэс оҕуурдаах ураҕаһын Туоһахтаны ойоҕолуу көтүтэн иһэн, кэнниттэн сиэлин үрдүнэн аҕалаат, күөйэн төбөтүн угар гына иилээт, атын тэһиинин хаҥас салайа тарпыта. Эмискэ ол быа обургу, эриэн үөннүү куһуурбутунан, моонньугар эриллэ түспүтэ. «Оо, иэдээн!» – диэн санаа Туоһахта төбөтүгэр күлүм гынан ылбыта, ону сэргэ били быа харса суох моойун хам тарпыта. Туоһахта ону күүппэккэ испит буолан, бүдүрүйэн, кыраһалаабыт алаас халтаҥ хадьымалыгар халты тэбинэн тас уорҕатынан барбыта. Түөрт түөрэм туйахтара сири булбакка, үөһэ адаарыс гыммыттара. Инньэ гынан, сүүрэн испит уоҕар буолан, биэс-алта хаамыы холобуру халтарыйан тас иэнинэн сырылаабыта. Онтон өй ылан ойон тураат, иннин диэки ыстаммыта. Били моонньугар эриллибит быа хам ылан, тыынын бопторон өссө иэдэйбитэ. Сэниэтэ дэлби эстэн барбыта. Оттон икки өттүттэн ыга астаран кэлбит эккирэтээччилэр ситэн, иннигэр түһэн, ойутан испиттэрэ. Онтон бытааран сиэллэрэн барбыттара. Туоһахта өһөстөҕүнэ, өссө хам тардылларын билэн, тэҥҥэ сиэлсэргэ эрэ тиийбитэ. Ол гынан, сотору били хааччахха чугаһаабыттара, кэтэһэн турар биир харамай суон сиэрдийэлэри нэһиилэ иҥиннэрэ-иҥиннэрэ субуйан ааны аһан биэрбитинэн Лэгиэннээх обургулар Туоһахтаны мөҕүһүннэрбитинэн, соһо былаастаан, хааччахтарыгар киллэрбиттэрэ. Ол киирээт да, эдэрэ атыттан ойон түһэн, Туоһахта баайылла сылдьар быатын чугастааҕы баҕанаҕа эрийэ тардыбыта. Туоһахта быатын өссө быһа түһүөх санаата киирэн тиргиллэн көрбүтэ да, били мааҕыҥҥы уоттуйбут хатыстан атын бөҕө-таҕа, оҕус тириититтэн тэлиллэн оҥоһуллубут хатыс быа быстыахтааҕар өссө хам ылбыта. Лэгиэннээх Туоһахтаны уоскута түһэргэ, бэйэлэрэ да тыын ылан сынньанарга быһаарыммыттара.