bannerbanner
Түҥкэтэх ырай
Түҥкэтэх ырай

Полная версия

Түҥкэтэх ырай

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 2

Ыалбыт буоллаҕа, чобугураабыт саха дьахтара, дьиэлээх киһи быһыытынан, төтөлө суох көтөн түһэн, айдаарбаппытыгар, тиэргэни сиппийэрбитигэр, бөҕү ыспаппытыгар дьаһайда. Тахсаары туран, «киэһэ олбуору хатыыр буолуҥ» диэтэ даҕаны, бүтүннүү кэриэтэ суулла сытар олбуор ол биһиги олуйбуппутуттан ороспуойдары хааччахтыах быһыыта суохха дылы. Ол үрдүнэн этиллибитин аанньа хатаабыта буолабыт. Сайынын уулусса уу саппыкыта суох атыллаабат гына алдьархайдаах бадараанынан дьэргэччи көрөн тахсар эбит.

II

Мин үлэлиир тэрилтэм оччолорго Саха Государственнай филармонията диэн ааттанара. Сайсарыттан чугас Каландаришвили уулуссатыгар турар. Онон, хата, абыранан аҕай сылдьабын.

Биир күн театрга сүпсүлгэн бөҕөтө. «Аны филармония буолан бүтэр үһүбүт, атын ааттанар буолбуппут…» – диэн администратор Сэргэй Көстөкүүнэп ыһа-тоҕо кэпсиир. «Ол тоҕо? Оттон былыргыттан оннук ааттаах этэ дии, уларыйбытыттан туох буолуой?» – кырдьаҕас вахтер Уйбаан сөбүлээбэтэхтии ыйытар. Филармония куорат биир былыргы тутуутун пааматынньыгар, аҥаара урусхалланан сытар Троицкай собуорга, обургу сааланы бас билэн симиллэн аҕай олорор. Таҥара дьиэтэ өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн «искусство храмыгар» кубулуйан бастаан мунньахтыыр сир, онтон театр, билигин филармония буолбута. Эргэ собуор кистэнэн турар муннуктара бииртэн-биир арыллан тахсан, барыбытын соһутар. Былыргы үйэтээҕи модун истиэнэлэр тугу саһыаран туралларын ыччат билбэт, билэ да сатаабат. Арай үйэтин тухары мантан арахпакка үлэлээбит Уйбаан эрэ билэн эрдэҕэ.

– Хаһаайыстыбаннай малга сэрэбиэй тардар үһүбүт.

– Саамай улахан «Малютка» диэн таҥас сууйар массыына үһү.

– Чээн, кимҥэ эрэ түбэһэр…

Артыыстар, хамнас, ас-таҥас суоҕуттан дьадайан, ыал устун барыахча айылаахпыт. Биир кылапачыгас билиэскэ туһугар тугу барытын туран биэрэр алдьархайа. Оттон сыалай таҥас сууйар массыына – өтөр көстүбэтэх «роскошь». Суугунаһан, соҕотох саалабытыгар мустан, ДВП-нан быыһанан оҥоһуллубут кыракый хоско киирэн, профком Бүөтүр Бэстирикиэп сиэгэн тириитэ бэргэһэтин иһиттэн сууламмыт кумааҕыны биир-биир тардабыт. Миэхэ лаампа түбэстэ. «Ээ чэ, били таһырдьааҥҥы лаампаны эмиэ уорбуттар этэ, онно ыйаныллыа» дии санаатым. Туох барыта кырыымчык, онон урут туһаныллыбатах билигин идэтэ тахсар кэмэ. Дьүөгэм Вера наскыны тардыбыт. «Кэм буолуо, онтукалара эр киһи киэнэ үһү. Арай этэрбэһим иһинэн кэтээ инибин…» – Вера үөхсэр, эмиэ да уоскутунар. Ростик мыыла хаатын туппут: «Мантыкайбын илдьэ баанньыкка барыахпын, аны мыылата суох. Арай үнүрүүн «Елочка» маҕаһыыҥҥа хара мыыланы көрбүтүм, ону ылан угууһукпун, хайдах мыылата суох сылдьыай… Господа артисты, ким мыылаҕа харчы иэстиир?» Ким да хардарбат, ол аата бары кураанахпыт. «Аныгыскы ыйга хамнас кэлиэ дииллэр, онуоха диэри сууммакка сырыт…» – ким эрэ таһырдьа тахсан иһэн хаһыытыыр. Бөдөҥ-садаҥ Савва саҥатыттан матан, сирэйэ дьэс кыыһан, тахсан уоскуйардыы ыскамыайкаҕа олордо.

– Хайа, тугуй?

– Көрүҥ эрэ, арааһа… – диэт, сулбу тардан ылабыт.

– Тыый, дьоллоох да киһигин, истэрээлинэйи туппуккун дии…

Уолбут, тугу эрэ уорбут киһи курдук кумуйан, кумааҕытын туппутунан суһаллык тахсан барда.

– Бэрт дии, хата оҕолоох киһиэхэ оруобуна түбэспит, – Уйбаан вахтаттан көбдьүөрэр. – Ким эмэ кипэтиилинньиктээх дуо, тиэрмэһим алдьанан хаалбыт, чэйэ суох хааллым. Саатар, бөлүүн аанньа утуйбакка барытын уһаардан кэбиспитим.

– Миэхэ баар. – Сэргэй Уйбаанабыс бэлэм баҕайытык хантан эрэ ойутан аҕалар. – Ити тиэрмэс сатана кэбирэҕэ диэн. Дьэ омуктарга баар эбит, алдьархайдаах бытыылка. Өтөрдөөҕүтэ кэргэним омук сиригэр бара сылдьан туох эрэ утах аҕалбыта. Көр, ол бытыылката үчүгэйэ бэрдин иһин биһиги уура сылдьан туттабыт. Бэйэтэ эриллэр хаппахтаах, сиргэ да бырах алдьаммат муос, балтараа лиитэрэ уу киирэр. Омуктар барахсаттар киһиэхэ туһалаатын диэн айдахтара үчүгэйин…

– Ноо, булка илдьэ сылдьыахха бэртээхэй тэрил эбит дии, балар намчылара бэрт. – Уйбаан ол улуу бытыылканы тутан олорор курдук бүччүччү көрөр.

– Аа, «Кока-Кола» бытыылкатын этэр быһыылаах. Чахчы үчүгэй сэп. Кырата-улахана барыта баар буолар, биһиги омук сиригэр бара сылдьан аҕалыы бөҕөтө, – Мааппа Колесова чаҕаарар.

Кини, бааттаах киһи, банаары тардан астыммыта сүр. «Тыаҕа гастролга илдьэ сылдьыллыа, хараҥатыттан киһи убуорунай хайаҕаһын да булбат. Дьэ абыранаа инибит», – диэмэхтиир.

– Ол бытыылка сыаната төһө буолар? – Уйбаан ымсыыран ыйытар.

– Босхо. Утаҕын истиҥ да, уктан кэбиһэҕин, олох ыйааһына да суох. Таҥас быыһыгар да уктаххына, хомуруйбат, – Мааппа, дьыаланы билэр киһи быһыытынан, аахайбатахтыы хардарар.

– Аата, оннук айылаах туох аптаах тэрилин айбыттарай. Биирдэ эмэ убайгытыгар кэһии гынан аҕалаарыҥ эрэ, – Уйбаан үлэһэр.

– Убайбар аҕалан бөҕө буоллаҕа дии.

Ити кэмҥэ таһыттан Эдуард Красильщик диэн Чита куоратыттан кэлэн хаһыс да сылын үлэлии сылдьар дьэбириэй киһитэ үөхсүү бөҕөтүн түһэрэн киирдэ:

– Гааттар Нинка биһикки арыгыбыт талонун уоран ылбыттар. Таах сибиэ ылан иһэн кэбиспэккэ, билигин испэр сылдьар буолуо этэ.

Ким да саҥарбат, тоҕо диэтэххэ арыгы талона сүтүүтэ – билиҥҥи кэмҥэ саамай ыарыылаах сүтүк. Арыгыта суох туох да үлэ барбат, онон харчытааҕар сыаната үрдээн турар. Эдиктээх Нина саҥа ыал буолан сылдьаллара. Ханна олороллорун ким да билбэт. Арай оронноро суох буолан баата матараас булаары талоннарын мунньалларын бары билэрбит.

– Блин, даача халыы барабын, Нинка сиргэ сытартан бүөрэ ыалдьан өлөрүгэр тиийдэ…

– Эдик, өйүүн гастролга барар буоллубут. Онон биир ый ыалга хоно, аһыы сылдьыаххыт дии. Суточнайгытын мунньан, кэллэххитинэ ылыныаххыт, – Сэргэй Уйбаанабыс балаһыанньаны быыһыырдыы холкутук этэр.

– О, как хорошо, чем скорее уедем, тем лучше. Нинканы уоскута бардым оччоҕо, – диэт, Эдик унньулуйан тахсан барар.

– Чэ, тарҕаһыҥ. Киэһэ ыраатта, – Уйбаан ити икки ардыгар дьаһала киирэр.

Дьон сыыйа тарҕастылар. Биһиги бүгүн Уйбаантан көҥүллэтэн Дима Колосовтыын репетициялыы хааллыбыт. Күнүс соҕотох саалабыт тобус-толору, онон биһиги обургу нүөмэрбитин репетициялыырга табыгаһа суох. Оҕонньор, баҕар, доҕор оҥостоору, баҕар, биһиги кыһалҕабытын өйдөөн, көҥүллээччи.

Түүн биир диэки ыйдаһан-хайдаһан бүттүбүт. Димам, эр киһи буолан, куттаммат, онон сатыы дьиэлии турда. Мин бачча түүн ханна барыамый, Сайсаар Дьокуускай куоракка күлүгээннэр ордууларынан биллэрин билэбин. Онон сырдыар диэри манна сылдьарбар тиийэбин. Сынньана таарыйа Уйбааҥҥа киирэн чэй иһэбин. Ким эрэ ааны тоҥсуйда. Уйбаан кыыһырбата, үөрүйэхтик батыччахтаан тиийэн тимир күлүүһү төлөрүттэ. Саҥа-иҥэ суох. Көрөн олордохпуна, сэттэлээх оҕоттон эрэ обургу, илбиркэй таҥастаах, бүтүннүү уоспа быһыта сиэбит сирэйдээх сааһыра барбыт карлик киһи киирэн, дьиэтигэр ааһардыы күөрэ-лаҥкы түһэн сытар эргэ саала диэки ааста. Билигин онно муостата түөрүллэн, истиэнэтэ сиҥнэн, хайа да бэйэлээх атаҕын укпат дойдута буолан турар. Киһи саалаҕа киирэн сүтэн хаалла. Уйбаан кэлбитигэр саҥата суох быһаарыы күүтэн көрөн олордум.

Оҕонньорум баҕарбатах курдук түҥнэри хайыһан баран:

– Сиимэн эрэйдээх кэллэ… – диэтэ.

– Ол кимий?

– Ээ, маннааҕы… – Оҕонньор чэйин сыпсырыйар. – Ити ыскамыайкаҕа сытан утуйан ыл…

– Убаай, ити туох киһиний? – Билэ иликпинэ арахсыбаппын Уйбаан билэр. Былыр манна театр реквизитин оҥорооччунан мин таайым Пантелеймон Михайлович Оруоһун үлэлээбитэ үһү. Кини Уйбаан аллар атаһа эбит, онон оҕонньор миигин олох сиэнин курдук көрөөхтүүр. – Быраҕыллыбыт саалаҕа тугу гынарый?

– Саалаҕа буолбатах. Манна итинтэн ураты баһаам хос баар. Түгэҕэр киирдэххэ, ииччэҕэ-бааччаҕа элбиир, билбэт киһи мунуон да сөп. Чэ, син биир утутуо суоххун, эн манна мин соммун тэлгэнэн сыт, мин кэпсиим. – Уйбаан аттыгар турар ыскамыайкаҕа ыйанан турбут истээх сонун тэлгиир. – Уоту умуруоруом, куттанаайаҕын. Таһырдьаттан бу баар курдук көстөр, онон ааһан иһээччилэр бары тоҥсуйаллар.

Уйбаан, уоту умуруоран, кыра кыраһыын лаампатын таһааран уматар. Театр хараҥаран туох эрэ таабырыннаах чуумпуга куустарар.

III

«Ити хас сыллаахха эбитэ буолла, быдаарыйдаҕа дии, манна арҕам-тарҕам сылдьар артыыс дьоҕурдаах дьону мунньан театр курдук тэрийбиттэрэ. Мин оччолорго уончабыттан эрэ тахсыбыт оҕо этим. Аҕам былыргыттан бу дьиэҕэ оһох оттооччунан үлэлиирэ, онон бу дьиэ олбуоругар кыракый бараакка олорорбут. Ол билигин онно да суох. Бу эркин барыта киһи уҥуоҕа этэ. Оччолорго собуор сэргэх уонна куорат биир улахан тутуута буолан, туох улахан мунньах, кэнсиэр барыта манна буолара. Сиимэннээх биһигини кытта дьукаах олорбуттара, аҕата лөчүөк этэ. Дьиҥэр, кини миигиттэн икки-үс эрэ сыл аҕа. Бу кини сүрэхтэммит бэйэлээх бэйэтин дьиэтэ ээ. Итинник кыра киһи буолан төрөөхтөөбүт. Аҕалаах ийэтэ өлбүттэригэр ким да ыарыһах оҕону көрүөн баҕарбатах, ол иһин бу дьиэ ыстаарастатыгар Ньыыкан кырдьаҕаска иит диэн баайан кэбиспиттэр. Кинилэр дьиэ уҥа кынатыгар түгэххэ олорбуттара. Таҥараны суулларан да баран, Сиимэни ханна да барар сирэ суоҕунан хоһуттан үүрбэтэхтэрэ, онон билиҥҥээҥҥэ диэри онно олорор. Күнүһүн ханна эрэ барар, түүнүн кэлэр. Дьиэлээх киһини ханна үүрүөмүй уонна үөлээннээҕим буоллаҕа дии. Манна кини баарын ким да билбэт даҕаны. Быһыыта, бу дьиэни кытта бүтүннүү силбэһэн хаалбыт курдук. Мин кинини кыра эрдэхпиттэн Бээгэй диэн ааттыыбын, өһүргэнээхтээбэт.

Ити, быһыыта, ньиэмэс сэриитин кэнниттэн этэ бадахтаах, эчи умнан да кэбистим, арай манна эдэркээн бэйэлээх, чап-чарааһынан арылыччы көрбүт, мап-маҥан сирэйдээх, киһи эрэ таптыах сөп баҕайы эттээх-сииннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах кыысчаан киирэн кэлбитэ. Кинини хайа эрэ оройуонтан аҕалбыттара. Аата Күөрэгэй диэн этэ.

Биирдэ, Бээгэйдиин Ньыыкан ыстаараста хоһугар чүмэчи ууллара олордохпутуна, оһох үөлэһинэн кыталык кыыл кыҥкыныырын курдук кылыгырас куолас иһилиннэ. Ол хоско сценаҕа туох буолара барыта оһох үөлэһинэн иһиллэ турара. Бу истиэнэлэр истэрэ барыта оһох үөлэстэрэ ээ. Уонна бачча улахан дьиэни хайдах ититиэҥий. Сорох сирдэринэн букатын хос да курдук чуулааннар бааллар. Ону барытын ити Бээгэй эрэ билэр. Оо, аҕам биһикки ол топпот оһохтору оттон да аҕай биэрэрбит. Дьэ туран, ырыаны истээт, биһиги иккиэн балкоҥҥа сүүрэн тахсан чохчойон олорон уоран өндөрөҥнөөн көрөбүт. Сцена мөлтөх уотугар маҥан чүөчэҥкэни кэппит, чараас былаачыйалаах, чачархай баттаҕын ыспыт аанньал курдук кыыс ис-иһиттэн иэйэн ыллыы турар. Оо, бу барахсан ыллаатаҕа уратытын, куолаһа биһиги дьиэбит хас биирдии муннугун сырдата өрө кылыгыраан абытай. Бэл, саала ортотугар ыйаммыт курустаал лүүстүрэ лыҥкыныы ыллаһар. Биһиги сөҕөн да, таптаан да тыыммакка истэн олоробут. Кыыс дуоһуйа ыллаан баран, тэлээрис гынан хаалла. Итинтэн ыла Бээгэй киэһэ буолла да эрдэттэн балкоҥҥа тахсан атаҕа көһүйүөр диэри чохчойон олорон Күөрэгэй бэлэмнэнэ тахсарын кэтэһэр буолла. Кыыс ыллаабатах киэһэтигэр санаата алдьанан, тэппини көрбөт алдьархайа.

Сыл аҥаарын курдук Күөрэгэйи дьон иннигэр таһаарбатылар, тоҕо эбитэ буолла, артыыстар таҥастарын бэрийээччи буола сырытта. Оччолорго театр саамай бастыҥ ырыаһыта, сүрдээх бардам майгылаах Любовь Сметанина диэн дьахтар баара. Арай биирдэ кэнсиэргэ бэлэмнэнэ сырыттахтарына, Любовь Титовна ыһыллаҥнаан аҕай киирдэ уонна: «Бүгүн саҥа кыыһы таһаарар буоллаххытына, мин ыллаабаппын», – диэн тимирдии этэн кэбистэ. Ол күн хас эмэ түүнү мэлдьи бэлэмнэммит Күөрэгэй эмиэ тахсыбата. Мин кини хоһун аттынан ааһан истэхпинэ, ытаан сыҥсыйара иһиллэр этэ. Бээгэй ити күн эмиэ хоһуттан быкпата. Сарсыныгар театрга улахан айдаан таҕыста. Любовь Титовна икки мааны былаачыйата бүтүннүү тырыта тыытыллан баран муннукка сыталларын булбуттар. Дьахтарбыт Күөрэгэйи күтүрээн улахан мунньах тэрийдэ. Онуоха мин Күөрэгэй ити күн хоһуттан быкпатаҕа диэн тылбай-өспөй буоллум. Хата, үүрбэтилэр. Аҕыйах хонугунан Любовь Титовнаҕа саҥа көстүүм тигэн аҕаллылар. Ол эрээри кини ыллыыр кэмигэр ойоҕос аан аһыллан хаалан, күөмэйэ ыалдьан, сарсыныгар театрга кэлбэтэ. Ким ааны аспытын көрдүү сатаатылар да, булбатылар. Дьиҥэр, ол хаһан да аһыллыбат аан этэ ээ. Иккис күнүгэр Сметанина эмиэ кэлбэтэ, «бэргээбит» диэн буолла. Хайыахтарай, билиэт барыта атыыланан турар, онон Күөрэгэйи таҕыс диэн модьуйдулар.

Мин ол киэһэни бу баардыы өйдүүбүн. Долгуйара бэрдиттэн илиитин ханна да гыныан булбат буолбут хара солко былаачыйалаах, театр муостата мууһунан да көрөн сыттар, чап-чараас түүппүлэлээх, чачархай баттаҕар маҥан чөмчүүктэри анньыммыт, тэтэрэ кыыспыт имнэрдээх көрүөхтэн кэрэ кыысчаан тахсан кэлбитигэр, дьон саҥа ырыаһыты айхаллаан ытыстарын тыаһа хабылла түспүтэ. Рояль дьикти музыката туох эрэ кэрэни арыйардыы маҥнай симиктик, онтон күүһүрдэр күүһүрэн эрдэҕинэ, хантан эрэ халлаантан кэлэр кылыкынас куолас кыттыспыта. Ол абылаҥнаах ырыа дьиэрэйдэр дьиэрэйэн бүүс-бүтүннүүбүтүн дуоһуйуу кэрэ эйгэтигэр көтүппүтэ. Бээгэй биһикки, баар-суох мааны таҥаспытын таҥнан, сцена утары аллара баар чуулаан оҕотугар киирбиппит. Ол киирэн, тимир эрэһээҥкилээх чуолҕан түннүк сыыһынан симсэ-симсэ, Күөрэгэй ыллыырын абылаппыттыы көрөн турбуппут. ¤э, биһиги билиэт диэҥҥэ наадыйбат дьон этибит, биһиги театрбыт ол оһох үөлэһэ ааһар кыракый чуулаана этэ. Бээгэй хантан эрэ ылан бааммыт эргэ хаалтыһа, киниэхэ алыс улахан, аҕатын кубарыйбыт, тоҕоноҕо абырахтаах бинсээгэ, үрдүү сатаан хос улларбыт сойуустаах хаатыҥката, ньалҕаарыччы тарааммыт баттаҕа бүтүннүү көмөр буолан тураахтыыра. Кини уоспа быһыта сиэбит иэдэһигэр икки сурааһыны ойуулуу хараҕын уута суккуллан түспүтүгэр, мин ытаан ыгыстаҥнаан ылбытым. Тоҕо диэтэххэ, мин эрэ билэрим кини кыракый сүрэҕэ хайдахтаах курдук хардата суох буолуохтаах таптал уотугар умайбытын. Мин эрэ билэрим Күөрэгэй дьон иннигэр тахсыахтаах суолун көстүбэккэ сылдьан кини хорсуннук солообутун…

Ити күнтэн Күөрэгэй дьоҥҥо биллэн барбыта. Кинини көрөөрү-истээри элбэх киһи үмүөрүһэрэ. Тойоттор-хотуттар сотору-сотору бырааһынньыктарыгар ыҥыран ыллаталлара. Ол кэмҥэ театрга хантан эрэ соҕурууттан аатырбыт ырыаһыт кэллэ. Кини, кэлээт, биһиги Күөрэгэйбитин ухаасыбайдааһын бөҕө. Ханна барар да, сиэтэ сылдьар. Биирдэ бэлэмнэнии кэмигэр сценаҕа тобуктаан туран илиитин уураа да уураа буолла. Онуоха саала түгэҕэр оһох үөлэһиттэн көрөн турбут Бээгэй: «Хватит, нахал!!!» – диэн хаһыытаата. Иккиэн эргиллэ түстүлэр – ким да суох. Куттанан түргэн үлүгэрдик атахха биллэрдилэр. Ити курдук Бээгэй, кыра буолан, бары хайаҕаска барытыгар батарынан туһанан, ханна тураллар да, онно тиийэн көстүбэккэ саҥарар «абааһы» оруолун толорор идэлэннэ. Онтукатын ол киһи барбытын да кэннэ тохтоппото, оннооҕор Күөрэгэй соҕотоҕун олордоҕуна кытта дьээбэлиир. Сотору театрга уһун тыллаахтар Күөрэгэйи театр абааһыта буулаабытын туһунан сурах тарҕаттылар. Онон дьон кинини кытта бүччүм кэпсэтэртэн туттунар буоллулар.

Балтараа сыл курдугунан Күөрэгэй соҕуруу баран үөрэнэн иһэн, ыалдьан төннөн кэлбитэ. Ол дойдуга кини ырыатын пластинкаҕа устубуттарын туһунан кэпсээн, үөрүүбүт үрдээтэ. Сотору биһиги урут харахтаабатах хап-хара лаахтаах пластинкаларбыт кэллилэр. Ону харыстаан театр ыскылаатыгар кыстыы ууран туруордулар. Бээгэй хантан эрэ патефон була охсон, Күөрэгэй пластинкатын түүннэри-күннэри истэр. Сэрэйдиҥ ини, кини ити үөлэстэр истэринэн дьиэ ханнык баҕарар муннугар тиийэрэ. Ол ыскылааттан пластинканы уорар диэн киниэхэ улахан дьыала буолбатах.

Ити кэмҥэ Күөрэгэй ханна эрэ өрүс нөҥүө гастроллуу бара сылдьан, биир уолу таптаабыта билиннэ. Кыыспыт сотору-сотору өрүһү туораан ханна эрэ баран кэлэр. Биир күн театрга сүргэтэ көтөҕүллэн аҕай кэллэ уонна дьүөгэтигэр бүгүн кэнсиэргэ ол киһи кэлиэх буолбутун туһунан кэпсээбит. Бээгэй ону истэ охсон силбиэтэнэн аҕай киирдэ. Ити киэһэ кини эрдэттэн оһоҕун үөлэһигэр киирэн олордо. Сүүрэлэс буолбут хараҕын көрөөт, мин тугу эрэ оҥороору гыммытын сэрэйдим, онон: «Сиимэн, ону-маны гынаайаҕын. Күөрэгэй дьоллоох буолуон баҕарбаккын дуо?» – диэн сэрэтэрдии ыйыттым. Киһим буугунаан эрэ кэбистэ.

Кэтэһиилээх кэммит дьэ үүннэ. Кэнсиэр буолуо аҕыйах мүнүүтэ иннинэ саалаҕа үрдүк уҥуохтаах, эҥкилэ суох ыраас таҥастаах, хара сэлээппэлээх сахаҕа олус интеллигентнэй киһи үрүҥ сибэкки дьөрбөтүн тутан киирдэ. Дьон бары кинини кэтии көрөллөрүттэн симиттэн, төҥкөйө-төҥкөйө, кытыы диэки баран миэстэтигэр олордо. Оччолорго сибэккилээх кэлэр киһи сэдэх этэ… Ол сибэкки сыта сааланы толорон кэбистэ. Бээгэй, үөлэс иһиттэн ону сытырҕыы-сытырҕыы, сиргэ силлээмэхтээтэ. Хараҕа күнүү биитинэн кынчыатыыр. Күөрэгэй ол киэһэ хаһан да ыллаабатаҕын ыллаабыта. Кини абылаҥнаах куолаһыгар таптал нарын иэйиитэ бигэнэргэ дылыта. Хаһан да умнуллуо суохтаах истиҥ тыллар атын киһиэхэ ананалларыттан хараҕын үүтэ көстүбэт буола күнүүлээбит Бээгэй сүр баҕайытык тоһугур гынан хаалбыта. Мин кини тугу эрэ куһаҕаны оҥоруохтааҕын сэрэйдэрбин да, Күөрэгэй тиһэх ырыатын дуоһуйа истээри батыспатаҕым. Күөрэгэй бүтэрин кытта, били киһи дьон бары көрөн олордохторуна холкутук хааман тиийэн сибэккитин туттарбыта. Долгуйбут көрөөччү хабыллар ытыһын тыаһынан доҕуһуолланан мин чуулаантан подвалга тахсыбытым, туох эрэ хампырыта барар тыаһа бу баардыы иһиллэ түстэ. Тыас ыскылааттан кэлэрин истэн онно ойдум. Тиийбитим, Бээгэй Күөрэгэй саҥа кэлбит пластинкаларын хампарыйбыт урусхалларын ортотугар туран, күллэрэстии-күллэрэстии дэлбэритэ быраҕаттыыр. Хаһыытаабытынан ойон тиийэн икки ордубут хоруопканы харбаан ылаат, ииримтийбит Бээгэйи хоһугар соһон илтим.

Ити түүн Бээгэй уоскуйбата, туран таҥнан баран ханна эрэ тилир гынан хаалла. Мин кинини маныы сытыам дуо, дьиэбэр таҕыстым. Күөрэгэй пластинкаларын аһыйан хайдах буоларын өйбөр оҥорон көрөн, олох утуйбатым. Сарсыарда эрдэ Бээгэйгэ тахсыбытым, киһим улаҕа хайыһан сытар, кирдээх муостаҕа хантан эрэ баар буолан хаалбыт били киһи маҥан сибэккилэрэ ыһыллыбыттар. Туох эрэ бөрүкүтэ суох буолбутун сэрэйэн туруора сатаатым да, Бээгэйим ыт сиэбэт гына итирик.

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Конец ознакомительного фрагмента
Купить и скачать всю книгу
На страницу:
2 из 2