Полная версия
Түҥкэтэх ырай
Е.В. Слепцова-Куорсуннаах
Түҥкэтэх ырай
Маҕан переулога. Чүөчэ Маня
I
— Төһө да бу дойдуга төрөөбөтөҕүм иһин, туохтааҕар да хаар түһэрин күүтэбин…
Уокка сыраллыбыт муос куукула курдук мырчыстаҕас, ол эрээри хайдах эрэ оҕолуу сирэйдээх эмээхсин, баран хаалыа диэбиттии, сымнаҕас илиитинэн миигин харыбыттан тутан олорон кыыгыныыр. Өтөр-наар кими да кытта кэпсэппэтэх быһыылаах. «Быһыылаах» буолуо дуо, кэпсэппэтэх буолан сэргээн истэр киһиэхэ түбэһэн, умнулла сыспыт кэһиэхтээх куолаһа саҥа холбоммут араадьыйалыы хардьыгыныы-хардьыгыныы көбдьүөрэр. Бу – субан туруйа курдук собус-соҕотох ыалым эмээхсин. Кини олбуоруттан быкпатаҕа сыл аҥаара буолла. Хайа эрэ көстүбэт киһи кэлэн, тыаһа-ууһа суох ас сыыһа быраҕан ааһар.
Биһиги уулуссабыт – Строителлар уулуссаларыттан Халтурин уулуссаҕа киирэн аҕыйах хардыыны оҥордоргун эрэ, «Маҕан переулога» диэн ааттаммыт куорат кииниттэн алыс ырааҕа суох да сыттар, билигин дьэбэрэҕэ тимириэхчэ буолбут кэтэх дьиэлэрдээх, өтөхсүйэ быһыытыйбыт түөлбэ оҕото. Оттон урут манна балачча кыахтаах дьон олорбутун туоһулуур модьу-таҕа көрүҥнээх, киин хочуолунайтан оттуллар буолан хаһан да кырыарбат дьэндэспит улахан түннүктэрдээх дьиэлэр уулусса икки өттүнэн кэчигирэһэн тураллара. Нуучча хаһаактара эрэ кыайа тутан оҥорбут, олбуор аҥаарын бүтүннүү нэлэс гыннарар сүҥкэннээх мас аартыктардаах, үрдүк эркиннэрдээх күрүөлэр киэҥ тиэргэннэрин истэригэр туох да ааттаах буола турарын сатабыллаахтык кистииллэрэ. Суола-ииһэ кыһыл кумахтан кутуллубут бэрт дэхси, ыраас буолан, оҕо аймах таптаан оонньуура. Оччолорго уулусса чуумпута, бүччүмэ олохтоохтору барыбытын үөрдэрэ.
Манна 70-с сыллар бүтүүлэригэр аҕам түөрт хостоох, таһыгар баанньыктаах, улахан ыскылаат сарайдаах уораҕайа турбута. Маҥнай куоракка киирдэхпит утаа уулуссабыт олус сэргэх, ача күөх мастарынан суугунуур палисадниктардаах, бэйэ-бэйэлэригэр киэптэһэрдии бииртэн-биир дьэрэкээн оһуордаах ыстаабаннарынан симэммит дьиэлэрдээх, уу-хаар хоммотох кураанах миэстэтэ этэ. Дэлэҕэ даҕаны, переулокпытыгар киирдибит даҕаны атахпыт таҥаһын туура тэбэн атах сыгынньах дыгыһа сүүрүөхпүт дуо. Дьиэбититтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ кыһыл кирпииччэнэн тутуллубут халыҥ истиэнэлэрдээх, кыараҕас түннүктэрдээх, быһыыта, былыргыта хайа эрэ баай киһи туттарбытыгар сөптөөх, хас да кырыылаах кырыыһалаах дьиэ баара. Ити дьиэ күнүһүн аана лип хатааһыннаах буолара. Оттон түүнүн биһиги харахтаабатах мааны массыыналарбыт кэлэн, үйэбэр үөйбэтэх үчүгэйкээн хоруопкаларбын адьас тыаһа-ууһа суох тиэйэн баралларын утуйар хоһум түннүгүнэн дөрүн-дөрүн көрөрүм. Онон сылыктаатахха, кистэлэҥ маҕаһыын быһыылааҕа.
Биһиги обургу олбуорбутуттан кыра аҥаарын хайа охсон ылан, атын ыал буруо таһаарбыттар. Ол дьиэ муҥур хотуна – бу мин орой мэник оҕо илиибин салыбырыы тутан олорор чүөчэ Маня. Кини дьиэтин киһи дьиэ диэҕин хайдах эрэ тыла тахсыбат. Үүтээнтэн эрэ обургу, орук мас арбаҕаһыныы адьарыттыбыт кырыыһалаах самнархай ыыспа. Дьэ манна ким да таайбатах таабырына буолбут дьэбириэй эмээхсинэ чүөчэ Маня чуҥкук олоҕо биһиги харахпыт ортотугар түмүктэммитэ. Оччолорго, сэбиэскэй былаас күннээн турар кэмэ буолан, бары кэриэтэ айыыттан-абааһыттан аккаастаммыт атыйыыстар этибит. Оттон эмээхсин, икки харахтаахтан кистээн-кистээн, түүннэри таҥара холоругун иннигэр бүк түһэн олорон кириэстэнэн сапсынарын хомсомуол оҕолор, биһиги, саалабыт түннүгүнэн сүөргүлүү көрөрбүт. Чүөчэ Маня, билигин санаатахха, таҥараһыт эбит. Арыт түүн кыра наадаҕар таһырдьа таҕыстаххына, аана лабырҕаан олорор буолара. Биһиги олбуорбутугар киирэр куруук сабыылаах түннүгүн нөҥүө көрдөххө, сүүнэ улахан киһи күлүгэ таҥараҕа үҥэн тоҥхоҥнуура. Онтон эппит салаһан түргэнник атахха биллэрэрбит. Эмээхсин дьиэтиттэн оччолорго да дэҥҥэ быгара. Ол таҕыстар эрэ уораҕайын иһэ куоска ньааҕынааһынынан, ыт моргуорунан туола түһэрэ. Кэлин бүдүгүрэ кырдьан баран, чүөчэ Маня килиэп да ыла барара ыараабыта. Арай биирдэ тахсыбытым, олбуорун иннигэр тайахтанан олорор. Улаханнык кэпсэппэт бэйэтэ миигин ыҥыран ылан, аҕыйах харчы биэрэн, килиэп, үүт атыылаһарбар көрдөстө. Онтон ыла олбуорум иннигэр тоһуйан ону-маны атыылаһыннарар идэлэннэ. Мин куттанан дьиэтигэр киирбэппин. Эмээхсин тимиччи түспүт, моҕой курдук төгүрүк хара хараҕа туох эрэ дьикти тымныы суостааҕа, онон уулусса дьоно бары да дьиксинэрбит, толлорбут.
– Хаар сып-сырдык суорҕанынан бу кирдээх куораты бүрүйдэҕинэ, мин санаам арыый сырдыырга дылы гынар.
Эмээхсин тугу эрэ кэпсээри оҥосторун таайан аттыгар намыһах мас лаабыска олордум.
– Мин тугу кэпсиирбин истиэххин баҕараҕын дуо? – диэн баран ааттаһардыы илиибин имэрийэр.
– Ыы-һы, – кэҕиҥниибин.
Күһүҥҥү күн хараҥарыа эрдэ. Хаар хантан эрэ ыраахтан сүрэҕэлдьээбиттии кыырайан кэлэн, ириэнэх сири булаат, тута ууллан, уостан хаалар. Тэйиччи оҕолор тустан булумахтаһаллар.
II
«Мин оҕо сылдьан Саха сирэ баарын букатын билбэт да, истибэт да этим. Бэйэм Одесса диэн кэрэ куоракка төрөөбүтүм. Оо, ол билигин да мин түүлбэр киирэр – кыараҕас уулусса, тапталлыбыт туой лоскуйдарыттан оҥоһуллубут кырыыһалаах кирпииччэ дьиэ, аһаҕас түннүк, герань сибэккитэ уонна ийэм. Мин аатым, дьиҥэр, Марисель диэн этэ, ону манна кыайан ааттаабат буолан Маня дииллэр. Ньиэмэстэри кытта сэрии иннинэ олус бэркэ олорбуппут. Сэрии саҕаланарын кытта аҕабын аармыйаҕа ыҥырбыттара. Кини аптекарь этэ, онон тугу кыайан сэриилэһиэй, сотору өлбүтүн туһунан сурук туппуппут. Убайым Клим иккис сылын артыыс үөрэҕэр үөрэнэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн бары музыканан үлүһүйэрбит. Тоҕо диэтэххэ, эһэм аатырбыт скрипач этэ. Оттон ийэм бэйэтэ арфа диэн кэрэ тыастаах инструмеҥҥа оонньуура. Миигин кып-кырабыттан рояльга оонньуурга үөрэппиттэрэ.
Клим араас инструмеҥҥа барытыгар дэгиттэрдик оонньуура, онон консерваторияҕа тута киирбитэ. Сэрии буоллаҕын үһүс сылыгар, артыыстары кытта фроҥҥа бара сылдьан, сураҕа суох сүппүтэ. Мин оччолорго уон тоҕус саастаах этим, оскуола кэнниттэн үөрэххэ киирэр кэммэр сэрии буолан хаалан, тута таҥас тигэр баабырыкаҕа үлэлэтэ ыыппыттара. Түүннэри-күннэри фроҥҥа таҥас тигэрбит. Арай биирдэ икки сменаны быһа үлэлээн баран дьиэбэр кыратык утуйа түһээри кэлбитим, аҕам барыаҕыттан тыаһаабатах ийэм арфата оонньуур. Акаары санаабар, аҕам кэллэҕэ диэн, дьиэҕэ көтөн түспүтүм, ийэм биир байыаннай таҥастаах киһи иннигэр хойуу баттаҕын ыһан баран, арыгы истэҕинэ буоларыныы, күлэ-күлэ, арфаҕа оонньуу олорор. Кини сүрдээх кыраһыабай дьахтар этэ, онон эр дьон харахтара арахпакка хатанара. Киһи мин киирбиппэр ойон туран тоҥхох гынна, оттон ийэм ымыр да гыммата, оонньообутун курдук оонньуу олордо. Тута хоспор аастым. Кыыһырбыт уохпар ааны тааһа салыбырыар диэри күүскэ бырахтым. «Аҕам уонна убайым өлө сыттахтара, оттон кини итинник… Оо, аҕам муҥнаах хайдахтаах курдук кинини таптаан таҥара оҥосторой, оттон кини… Ол иһин миигин иккис симиэнэҕэ ыыппыт эбит дии, манна ити киһилиин күүлэйдээри. Мин өллөхпүнэ эмиэ кыһаллыа суох…» дии санаан, абаккабыттан ытаан сыҥырҕыы сытан, устунан утуйан хаалбыппын. Арай ким эрэ баттахпыттан соһон сиргэ түһэрбититтэн уһуктан кэлбитим, итирэн хаалбыт ийэм ытаабыт-соҥообут сирэйэ көстөн ааста, уонна:
– Кини оннугар эн барбытыҥ буоллар, эн!!! Мин оҕом ханна эрэ хаайыы тымныы муннугар өлөөрү сыттаҕа, онтон эн манна сылаас ороҥҥо сытыахтааххын!!! Өссө кыыһырбыт буола-буола. Оҕом туһугар сыалай батальону да кытта күүлэйдиэҕим, ону эн өйдүөҥ суоҕа, акаары!!! – диэн ытыыр икки, ынчыктыыр икки ардынан, миигин кырбыы-кырбыы, кыбдьырынар. – Билэҕин дуо, акаары, кинини ньиэмэс билиэниттэн босхолоон баран ытан кэбиһээри гыммыттарын арыычча алы гыннаран ыраах Сибииргэ хаайыыга ыыттарбыттарын? Ону ким оҥордо? Ити эн сиргэнэр киһиҥ!!! – сарылыы-сарылыы, аан диэки ыйар.
Итирик киһи көһүүн хамсаныытыттан сылбырҕатык куотан таһырдьа ойдум. Ийэм тугу туойарын билээри театрга сүүрэн иһэн, Клим итинник дьылҕаламмытыгар ийэм миигин буруйдуурун дьиктиргии санаатым, дэлби хомойдум. Театр биһигиттэн чугас этэ уонна иккис дьиэбит курдуга. Эһэм, ийэм, убайым бары бу дьиэттэн быкпаттара, онон харданы мантан буларбар бүк эрэнэрим. Ытаабытынан театр администраторыгар тетя Софаҕа саба түстүм.
– Клим туох буолбутуй? Уонна ийэм онно тоҕо миигин күтүрүүрүй? – диэн ытыырым быыһыгар ыйытабын.
Тетя Софа, эр киһилии улахан илиитинэн миигин имэрийэ-имэрийэ:
– Клим олус талааннаах уолчаан этэ. Оттон эн аҕаҥ курдуккун… Убайгын таҥнарыахсыт диэн Сибииргэ хоту хаайыыга ыыппыттар. Ийэҥ ол иһин кыһыытын таһаарар. Дьиҥэр, ытарга уурбуттарын маннааҕы хамандыыр көрдөһүү түһэрэн ыппатахтар, – диир.
– Онно мин туох буруйдаахпыный?
– Талааннаах киһини судургу киһитээҕэр ордук аһыйаллар. Клим эһэтин туйаҕын хатарыа хааллаҕа дии… Чэ, итинник курдук… – тетя Софа бэйэтэ да мунаахсыйан саннын ыгдаҥнатар.
Ити күнтэн ийэм миигин абааһы курдук көрөр буолла. Рояльга оонньоору гыннахпына, «бездарь!» диэн хос хайа баҕарар муннугуттан хаһыытыыр. Остуолга да олордохпуна, туора көрөн олорон аһыыр. Ханна да барыым-кэлиим, букатын кыһаммат. Онтон сылтаан музыкабын букатыннаахтык бырахпытым.
Сэрии кэнниттэн ийэм улаханнык ыалдьан сыттаҕына сурук кэллэ. Ол Клим суруга этэ. Кинини босхолообуттар уонна Дьокуускайга музыкальнай оскуолаҕа учууталынан ылбыттар. Куораттан ханна да барбат гына боппуттар. Ону ааҕаат, ийэм миигин онно бар диэн олордубат да, туруорбат да буолла. Бэйэтэ арыычча сытар. Ол курдук түһээн да көрбөтөх дойдубар айаннаабытым. Өр да өр айаннаан, оччолорго куоракка да майгыннаабат Дьокуускайы булбутум. Клим миигин киһи билбэт киһитэ, буор иһээччи буолан көрсүбүтэ. Уопсайга кып-кыра хоско симиллэн олорбуппут. Мин почтаҕа телеграфистканан үлэлии киирбитим. Онон син ас-таҥас булунар кыахтаммыппыт.
Арай биирдэ түүн хоспут аанын дибдийбиттэригэр туран көрбүтүм, биир байыаннай таҥастаах саха уола ис ырбаахынан турар убайбын кытта тугу эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэр. Быһыыта, кинини бэрэбиэркэлии киирбит.
Мин быыс кэнниттэн тахсан кэлбиппэр:
– Бу дуо балтыҥ? – диэн ыйытта.
Онтон тохтуу түһэн баран мин докумуоммун көрдөөн ылла Уол сэриигэ сылдьыбыт быһыылааҕа, тыла-өһө олохтооҕо, туттара-хаптара холкута хайдах эрэ миигин биһирэппитэ.
Тахсыбытын кэннэ убайым:
– Ити арыычча киһилии милииссийэ. Атын буоллар эйигин манна олордорбун бобуохтаах этэ. Хата, үүрбэтэ дии… Эн кинини кытта куттаммакка үчүгэйдик кэпсэтэр буол, кини миигин бэрэбиэркэлиир эбээһинэстээх, – диэтэ.
Ити итинэн ааста. Биирдэ почтабар телеграмма тута олордохпуна ханна эрэ истибит куолаһым түн- нүк нөҥүө саҥарар. Төбөбүн көтөхпүтүм, били милииссийэ уол турар. Мин билэр киһибин көрөн тоҕо эрэ олус үөрдүм. Ити кэмнэргэ Клим алыс арыгылаан, ардыгар дьиэ кирилиэһигэр олорон хонорум. Онон кэпсэтэр киһи көстүбүтүттэн үөрдэҕим буолуо, «туох сонуннааххын?» диэн сахалар көрсөөт ыйытар ыйытыктарын биэрдим. Уолум эмиэ үөрбүт курдук тута кэпсэтэн барда. Сотору Федя миэхэ сылдьара элбээтэ. Мин киниэхэ биһиги Одессаҕа хайдах олорбуппутун, Клим талааннаах музыкант буолуохтааҕа хаалбытын кэпсиибин. Оннук сыл аҥаарын курдук бодоруһан сырыттыбыт. Сыыйа мин Федята суох тэһийбэт-тулуйбат буолан бардым. Кини номоҕон, холку бэйэтин көрдүм даҕаны, сүрэҕим өрө мөхсө түһэр. Оттон бардаҕына аныгыскы көрсүһүүгэ диэри тэһийбэккэ күүтэрим. Ол сырыттахпытына, «ийэҥ улаханнык ыарыйда, оронтон турбат, кэлэн көр» диэн тетя Софа сурук ыытта. Тута Федяҕа ол суругу көрдөрдүм. Уолум саҥата суох тахсан барда. Хас да хонон баран мин барардыы хомуна сырыттахпына, Федя көтөн түстэ. Үөрбүтэ чаҕылыҥнас хараҕар көстө сылдьар. Клим биһикки тугу этэр эбит диэн кэтэһэн олор. Федя бартыбыалыттан кумааҕы ороон таһааран, Клим иннигэр уурда. Убайым сирэйэ уларыйа түспүтүгэр сулбу тардан ылан көрбүтүм, кинини ханна баҕарар барарыгар көҥүл сурук эбит. Үөрэн иккиэн тэбис-тэҥҥэ Федяны кууһа түстүбүт.
Онуоха уолбут:
– Билигин балтыгын кэргэн ыларбын көҥүллүүр инигин? – диэн симиктик ыйытта.
Клим Федяны чэпчэкитик көтөҕөн ылан кулахачыта сылдьан:
– Марисель сөбүлүүр буоллаҕына, үөрүүнэн!!! – диэн хаһан да үөрбэтэҕин үөрэн хаһыытаата.
Мин чугурус гына түстүм, онтон аны, куотан хаалыа диэбиттии, Федя моонньугар иилиһинним.
Клим суһаллык хомунан айаннаабыта. Мин, төһө да сайыстарбын, Федябыттан арахсар санаам букатын суоҕа. Биир күн дьонугар илтэ. Ийэлээх аҕата, икки балта уонна быраата миигин олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Сотору сыбаайбалыах буолан араҕыстыбыт. Ити сарсыҥҥы күнүгэр тетя Софаттан эмиэ телеграмма туттум. «Клим кэлбэтэ, ийэҥ бу күннэргэ быстар туруктанна» диэн. Киэһэ Федя кэлбитигэр ытыы-ытыы ону көрдөрдүм. «Хайыаххыный, барар буоллаҕыҥ дии» диэн буолла. Мин ыксалынан айаннаатым. Ол эрээри ийэбин баттаспатаҕым. Онно ый курдук буолаары Сахам сирин, доҕорбун ахтан аҥаарым эрэ хаалла. Дойдум хайдах эрэ атын, хаҕыс баҕайы курдук буолан хаалбыт. Онно хаалар да санаам суоҕа, онон төттөрү айаннаатым. Дьокуускайга кэлбитим, ким да миигин көрсүбэтэ. Дьиктиргии-дьиктиргии почтабар тиийдим. Арай бииргэ үлэлиир дьонум миигиттэн тугу эрэ кистиирдии кирик-хорук тутталлар. Тулуйа сатаан баран «туох буолла?» диэн ыйыттым. Начаалынньыгым Егор Саввич санныбыттан ылан олоппоско олорто уонна: «Нэдиэлэ анараа өттүгэр Федяҕын күлүгээттэр уулуссаҕа өлөрбүттэрэ…» – диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ ойон турдум да, Федя дьонугар тэбинним. Тиийбитим дьиэ барыта хара таҥаһынан сабыллан турар. Ийэбит арыычча хаама сылдьар. Быраата Петя тахсан: «Эйигиттэн телеграмма күүтэрэ, эмиэ ол сиэринэн киэһэ хойут почтаҕа баран иһэн түбэспит…» – диэн курутуйа-курутуйа кэпсээтэ. Мин таһырдьа ыстанным. Ханна хаамарбын бэйэм да билбэппин, арай биирдэ өйдөммүтүм, таҥара дьиэтин иннигэр сытар эбиппин. Ханнык эрэ эмээхситтэр көтөҕөн киллэрэн, хас эмэ күнү быһа биэбэйдэһэн арыый бэттэх аҕалбыттара. Онтон оччолорго собус-соҕотох баачыка бэйэтигэр сыһыаран баччаҕа кэлиэххэ тыыннаах сырыттаҕым. Дойдубар төннүөхпүн, Федям эрэйдээх уҥуоҕун ким харайыай?» – эмээхсин хараҕа ууланан ылар.
Арай хаар кыһалҕата суох кыыдамныыр. Ханна эрэ үөһэ тыалтан хамсыыр боруобат «Марисель, Марисель…» диэн ыллыырга дылы.
– Ычча! Тетя Маня, тоҥноҕуҥ буолуо, дьиэҕэр киирэ оҕус…
Эмээхсин түөрэҥнээн туран эргэ калиткатын арыйан киирдэ уонна идэтинэн иһиттэн хатаан халыгыратта.
Мин дьиэбэр дьылыс гынным.
III
Уларыта тутуу куоракка соһуччу кэлбитэ. Сойуус сууллуутун биһиги маҕаһыыннарбыт бары суйдаммыттарыттан билбиппит. Ас-таҥас кырыымчык буолан, устудьуоннар аччыктыырбыт элбээтэ. Дьиҥэр, дьоммут аһы хото ыыталлара эрээри, ким дьиэтэ суох, ким харчыта бүппүт, араас кыһалҕалаах биһиги ааммытын саппаттар. Ол дьоммут сүгүн да сылдьыбаттар, ардыгар айдаараллар, онон уулуссабыт кы- раһаабыссата, утары ыалбыт бэрэдэбиэс Валя сотору-сотору үҥсэргии киирэр буолла. Олус иэдэйээри гыннахпытына, иним Бүөккэ дойдутуттан тахсан куобах тиэйэн киллэрэн, «Строитель» маҕаһыын иннигэр туран атыылаан харчыланабыт. Ону бастакы сонун тылынан «бизнесмен» диэн сүрэхтээтибит уонна киирбит киһиэхэ барытыгар киэн тутта кэпсиибит. Киһибит онтон санаата кэллэҕэ буолуо, аны тоҥ отонунан эргиннэ, онон хоргуйууттан ыалларбытын кытта быыһыыр кыахха киириэх курдук гынныбыт. Лаппа кыаҕырыаҕын, биирдэ аҕам түбэһэ киирэн: «Бу сааты, били олоҥхоҕо абааһы бухатыыра Тоҥ Дуурай Долонуҥса тииһинэн эргиммитигэр дылы. Хаһан эргиэмсик буолаары, бэйэҕин да, дьону да албынныыгын», – диэн бобон кэбистэ.
Киһи барыта да уларыйан барда. Оччолорго бэркэ олорбут «Юность» маҕаһыын бэрэдэбиэһэ, көмүс тииһин көрдөрөөрү бииргэм күлэн ыппайа сылдьар хохулууса Валябыт үлэтэ суох хаалла. Инитэ Сэргэй, аармыйа иннинэ үчүгэй үөрэнээччи, ол дойдуттан кэлээт, кимнээҕи эрэ кутуруктаһан, «фарцоман» ааттааҕа буолан, сымыйа-кырдьык джинсынан онно баҕалаах дьону барыбытын тотордо. Ол сылдьан, аны «валютчик» аатыран, хаайыыга түбэстэ. Көмүс тиистээх Валябыт, дьоно өлөн, инитэ хаайыллан, көҥүл-босхо баран, аны арыгыны амсайар буолла. Сотору-сотору хампаанньа хомуйан, биһигиттэн «Романтик» магнитофоммутун уларсан сыгааннары баһыйар аймалҕаннаах бэчэрииҥкэлэри тэрийэр идэлэннэ. Кыыстаах уола арыт куотан киирэн биһиэхэ хоноллор. Муннукка олорбут кэриэйдэрбит уулусса биир да дьэллик ытын хаалларбатылар. Бэл, биһиги минтай балыгынан аһаан бөскөччү уойбут Найда диэн харабыл ыппыт чэччилии сырыттаҕына, оҕуурдаан ылан олбуордарыгар соһо сылдьалларын оҕолор көрөн кэпсээтилэр. Хайыахпытый, «аччык дьону ымсыырдан, тоҕо онон ыырдаммытай?» диэн, бэйэтин буруйдаатыбыт.
Сэргэй ол икки ардыгар хаайыытыттан тахсан аны дьиэлэри халыыр идэлэннэ быһыылаах. Биһигини билэрдии иккитэ ыраастаата. Сүнньүнэн били бэйэтэ буһарбыт «варенкаларын» сойботор. Ити кэмҥэ уулуссабыт маҥан туллуга буолан барыбытын ымсыырда барар-кэлэр, байыы чыпчаалын бэлиэтэ курдук көстөр «Жигули» массыыналаах түгэх олорор ыалбыт аҕалара үлэтиттэн уурайан, харчыны баһан ылаары таксилыы барбыта иһилиннэ. Сотору кэргэнэ, толуу нуучча дьахтара олбуорун иннигэр тахсан ытыы-соҥуу олорорун көрдүбүт. Киһибит массыыналары майырдары сирдээн да тимирбитэ, халлааннаан да көппүтэ биллибэт гына таһы мэлийэн хаалбыт.
Саҥа үйэ көстүүтэ буоллаҕа, биһиги олбуорбут кэннигэр, кэтэх дьиэлэри алдьархайга тэбэр икки этээстээх обургу уопсай тутулунна. Аанньа турбаланыа дуо, онон-манан тоҕута баран чугастааҕы олбуордары уунан толорон, ыйбыт-хайбыт элбээтэ. Били чуумпутук олорбуппут сыччах, аны сыгааннар таабардара ордууланан, Сэргэйтэн уонна кэриэйдэрбититтэн хаалбыппыт сыыһын барытын ыраастаатылар. Ойоҕоспутугар олорбут нууччаларбыт, дьиэлэрин эрэмээннэргэ атыылаан баран, көһөн хааллылар. Ол дьон атыынан дьарыктаналлар. Атыыларын тааратын, ууну хаайар аатыран, суолга куталлар, онон уулусса орто холлоҕоһунан бөҕүнэн туолла. Били ыт этэ бэрэскинэн эргиммит кэриэйдэрбит балачча кыаҕырдылар быһыылаах, сүүрэр уу тымырын бүөлүү кумаҕы томточчу куттаран, аарыма гараж туттаран, били кураанах уулуссабыт эмискэ күөх ньоҕох уунан туола түстэ. Бэл, ыттыын уоруйах буолан, миигинник киһини сорбун сордоотулар. Ити кэмҥэ ас өлүүскэ буолла диэн, халбаһыга, арыыга, эккэ уонна арыгыга араас өҥнөөх талоннары тарҕаттылар. Оттон ол астарбыт биирдэ эмэ маҕаһыыҥҥа кэллэхтэринэ – кыама суох кыргыһыы, амырыын ампаалык. Ол курдук биирдэ «Строитель» маҕаһыыҥҥа халбаһы аҕалбыттарын истэн, ыйдааҕы таломмутун барытын хомуйан, атыылаһа таҕыстым. Киһи тыыммат анньыһыылаах уочаратын ааһан, биир палка суон халбаһыга тигистим. Кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан, быһа дайбаабытынан дьон халыҥ халҕаһатын хаба ортотунан аан диэки талаһан истэхпинэ, арай аллараттан халбаһыбын ким эрэ харбаата да мэлис гынан хаалла. Дьэ доҕоор, өлөр хаһыыбын хаһыытаабытынан кэнниттэн түһүннүм. Ыйдааҕы аспын былдьаппыт киһи аанньа буолуом дуо? Иннибэр улахан булууламмыт күөрт ыт кутуруга элэктээбиттии аҕыйахта куйбараҥнаан хаалла. Бу акаары алларанан, кинилэр сылдьар сирдэринэн, көөчүктүү тэйбэҥнэтэн испиппин мүччү туттардаҕа дии. Ол иһин атыыласпыт дьон бары былаах курдук өрө анньан иһэр буолаллар этэ ээ… Эккирэтэн тахсыбытым, ол миэхэ ситтэрэр кыыл буолуо дуо, хайа сах маҕаһыын анныгар дьылыс гынан хаалла. Саатар, сыбаайалары бүөлүү күрүөлээбиттэрэ киһи батыыһык дуо, симиллэн көрдүм да, мэлийдим. Абаккабар, быыкаа хайаҕас баарынан кылатан көрдүм. Дьэ, били баҕайы бултуйбут быһыынан, муннукка тиийэн мин тоҥ халбаһыбын бөкүнүтэ сылдьан көмүллүү аҕай сытар. Үөрбүт хараҕын уота ыраахтан көҕөрөн көстөр. Мин силбин эрэ быһа ыйыста турдаҕым дии. Ити курдук, ыйдааҕы халбаһыбын ыкка былдьатан турабын. Ол кыбыстыыбын дьоммор кэпсээбэтим, «таломмун сүтэрдим» диэтим.
Чүөчэ Маня букатын иэдэйдэ, ас да ылларбат буолла. Биирдэ ыксаан дьиэтигэр киирбитим, дьиэтин муостата көппөх көтөр курдук күөрэҥнээн олорор уу. Сиик икки, куоска, ыт сыта икки диэн ыар никсиктэрэ манна баар эбит. Намыһах хараҥа дьиэ биир муннугар иконалары кылбачыта чүмэчи умайан барыгылдьыйар. Олор быыстарыгар саһаран борооно арыычча көстөр буолбут байыаннай таҥастаах номоҕон саха уолун хаартыската саамай мааны араамаҕа угуллан мичээрдии турар. «Ити Федята буоллаҕа» диэн, билэр киһилии тоҥхох гынан ыллым. Мин киирбиппин истэн, эмээхсин эрэйдээх түгэхтэн ыҥыран ынчыктаата. Тиийбитим, холто буолбут таҥастаах ороҥҥо ыран букатын бачыр оҕотугар түспүт чүөчэ Маня сытаахтыыр. Тугу эрэ буллугуруур да, саҥата иһиттэн тахсыбат. Таҥаралара абыраабат буолбуттарын сэрэйэн, ыйыта барбакка быраас ыҥыра ыстанным. Сотору кэлэн илдьэ бардылар. Онтон эргиллибэтэҕэ. Ый курдугунан биир эрэстиин кэлэн, олбуорун ыбылы тоһоҕолоон кэбиспитэ. Ол дьиэ биһиги көһүөхпүтүгэр диэри турбута, ким да биллибэтэҕэ.
«Уларыта тутуу» диэн ааттаммыт абытайдаах сут-сутаакы сыллар итинник саҕаламмыттара. Өссө да инники төһөлөөх ыар кэмнэр мөҥүрүү туралларын хайа да ааттаах тымтыктанан көрбөтө. Кыра-хара дьон аас-туор олохпут кыһалҕаларын моойторуктанан хараҕа суох ыт оҕотунуу иннибит диэки олус бытааннык сыыллан испиппит. Улуу итэҕэлбит – Коммунистическай партиябыт – тугу эрэ тобулар ини диэн куруук бэлэм толкуйу олоххо киллэрэ эрэ үөрэммиппитинэн, туох эрэ маны муоһалыыр быһаарыныыны «үрдүктэр» ылыналларын бүтэйдии кэтэһэрбит, эрэнэрбит.
IV
Ити кэмнэргэ, куорат дьокутааттарын талар буоллугут диэн, хаста да агытаатардар кэлэ сырыттылар. Биһиги кыһалҕабытын кэпсиибит да, ону олох да аахайбаттар, «бу киһиэхэ куоластааҥ» диэн сурук туттаран кэбиһэллэр да бүтэр. Ким, туох киһитин ыйытыы эҥин суох. Билигин санаатахха, бэлиитикэҕэ олох бэлэмэ суох эбиппит, ол эрээри аны кырдьык-хордьук куоластыы диэн ааттаан барабыт. Быһата сэбиэскэй былаас сүөһү курдук үүрэ сылдьарыгар бас бэринэн хаалбыт быһыылаахпыт, онон талымастыы барбакка, аата эрэ суруллубутун аанньа талаахтыыбыт. Онтукабыт билигин даҕаны ааһа илик курдук. Тоҕо эрэ куруук, куорат да баһылыгын таларбытыгар, халлаанынан көтөн иһэр хараҥаччылары тутан ылан дьиэтитэ сатыыбыт да, онтуларбыт тото тоҥсуйан баран хараҥаччыланан хаалаллар. Эбэтэр, били киһи көлүүрү таларын курдук, иһин эриэнин билбэккэ эрэ «дьэ бу сырыыга сөптөөҕү таллыбыт ини» дии санаабыппыт, биирэ, хаһаатын бэлиэтиир курдук суол кытыыларын күрүөлүүр дьикти үлэни хотуулаахтык оҥорбута күн бүгүҥҥэ диэри өйдөммөт архитектура омоонноро буолан сыталлар; иккиһин оҕуруоппутугар киллэрбиппит, бэйэбит тиэргэммитин кирэн баран, аны атыны күрүөһүлүү сатыыр улахан ороскуоттаах буолан тахсыбыта; үһүс, олох даҕаны кэтэрпит бурҕалдьыбытын кыайан тардар кыаҕа суох буолан, иннинэн да, кэннинэн да барбакка, биир сиргэ тэпсэҥнии турар көлөөк көлүүр түбэһэн сордообута.
Оттон биһиги дойдубут көстөр сирэйэ буолуохтаах Дьокуускай куорат билигин даҕаны ити мин Маҕаным переулогын курдук ыһыллыбыт-тоҕуллубут түөлбэтэ баһаам элбэх. Бии Алампа эппитинии, биһиги дойдубут өрөбөлүүссүйэ иннинэ хаар-муус билиэнигэр хам хаптаран нуктуу сытар улуу бухатыыр курдук хараҥа, түҥкэтэх этэ. Онтон өрөбөлүүссүйэ да кэнниттэн Былатыан Ойуунускайбыт «Улуу дойдуга уот моҕойдору ыспыппыт былахыны эрэ биэрдэ» диэн Хаарыл Мааркыс хомойбута үһү» дииринии, кырдьык тылга эрэ илбис буолан өрөбөлүүссүйэ уот балаһанан тыынан ааспыт курдук. Кэм хардыытыттан хас эмэ бүк хаалан, муус килиэ суорҕанын бүрүнэн, Дьокуускай сүһүөҕэр турбакка дөйө тоҥон сытыа эбитэ буолуо эрээри, аҕыйах сылтан бэттэх улуу бухатыырбыт уһуктубукка дылы буолла. Кини билигин модун күүһүн холоноору тулатын көрүнэ, тыыллаҥныы турар.
Чэ, онно тиийиэхпит ыраах… Мин эһиэхэ, күндү ааҕааччыларым, уларыта тутуу биһиги кыра куораппытыгар уонна биһиги улугурбут өйбүтүгэр хайдах өтөн киирбитин, тапталлаах куораппыт номохторун-үһүйээннэрин бэйэм олоҕум биир хаттыгаһынан ханыылаан ойуулаан көрдөрүөҕүм.
Сайсары. Күөрэгэй уонна Бээгэй
I
Биһиги ити Маҕан переулогар турбут дьиэбит биир күн харгы тоҕо барбытын курдук хантан эрэ эмискэ кутуллар уунан туолла. Баар-суох баайбыт, аҕабыт үйэтин тухары муспут араас кинигэлэрин бибилэтиэкэтэ, урукку олохпут истиэнэтэ суулларыныы күр гынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыттан хаһыаттартан кырыйан муспут паапкалардыын ууга былдьаннылар. Арай Иосиф Сталин мэтириэтэ паапкаттан хостонон чаалыйбыт ууга дагдайа уста сылдьарын тоҕо эрэ ким да быыһыы сатаабатаҕа. Хайыахпытый, быраас идэлээх аймахпыт киһи Бүөтүр Ыстапаанабыс Сайсарыга турар дьиэтигэр көстүбүт. Кэлин санаатахха, мин куорат биир муннугар хаһан да өр олорбокко, биир кэм дуобат хараҕын ааҕардыы куорат сирэйин мэҥнээх түөлбэлэригэр күһэйиллэн көһө турар дьиэктээх эбиппин.
Сайсары. Саха дьоно үксэ манна түөлбэлээн олороллорун уруккуттан билэрбит. Бүөтүр эргэ дьиэтэ аатырбыт поэт Серафим Романович Кулаачыкап-Эллэй аатын сүктэр да, Эллэй сирэйин элээмэтэ да көстүбэт хаарбах уулуссатыгар турар. Төһө да үс хостоох буоллар, орто киһи оройунан охсуллуох намыһах өһүөлээх, өрүү тэйэ турар, мин оҕонньорум төҥкөйөн киирэр халҕаннаах, биир да мал атаҕын булбакка, мөҕүүк сылгы курдук түөрэм үктүү турар, чоху көхсүнүү инэн-манан бөлтөрүһэн тахсыбыт муосталаах икки кыбартыыралаах уһун субурҕа дьиэ биһигини атыҥырыы көрүстэ. Утуйар хоспутугар, били, ыһыллыы баайын үллэстиини туоһулуур тимир атахтаах быраас ыарыһаҕы иттэни ууран иһин-үөһүн чинчийэр тымныы, тилиргэх ороно эрэ турар. Быһыыта, оччолорго кэлбэт буолбут хамнас суотугар тыырыллан манна кэлбитигэр сөп.