Полная версия
Эр киһи уонна дьахтар
Иккиэн да төрүү илик оҕону аһыйан ах бардылар, устудьуоннарга аһаан кэлбит буоланнар, чэйдээбэккэ эрэ баарыан тиэтэйэн хаалларбыт иһиттэрин хомуйдулар уонна тута утуйаары сыттылар. Уу чуумпу. Ыалларын остуолбаҕа ыйаммыт лаампаларыттан түннүк сабыытын быыһынан сырдык кутуллар, ол биир дьирбиитэ хартыынаҕа бугул тэллэҕэр олорор уоллаах кыыһы сырдатар. Аны санаатахха, тоҕо кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр көхсүлэринэн буоллулар? Арааһа, иирсибиттэр быһыылаах. Оок-сиэ, олох обургу уустук даҕаны, Толустуой эппитигэр дылы, хас биирдии дьоло суох ыал уратылаах. Билигин кинилэр эмиэ атын сири көрөллөр, Ксенья улаҕа хайыһан мунна сурдургуур, кэм да ытыыр быһыылаах, оттон Бэргэн икки илиитинэн кэтэх тардыстан тиэрэ түһэн, өһүө боруоран көстөрүн одуулаһар.
Кэргэнин аһынарыгар буолан, оҕо үөскээбэт буолбутун туһунан сонуну аан маҥай хайдах эрэ кулгааҕын таһынан аһарбыта, билиги санаатахха, сүрдээх дьыала эбит – дьиҥ бэйэтин оҕото суох буоллаҕына, бу орто дойдуга кэлэн барбыт бэлиэтэ – этэ-сиинэ, хаана-сиинэ кэлэр көлүөнэлэргэ хайдах да хаалыа суох бэйэтэ буоллаҕа. Иитиэх оҕо диэн иитиэх оҕо буоллаҕа, саатар хаан аймахтарыттан атын, ол Дина кылгас кэмҥэ имэҥнээх тапталын түмүгэр хайа киһиэхэ оҕо оҥорторбутун бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…
Бэргэн туран, остуолга тиийэн, чааскытын ылан, тымныы ууну куттан испитэ буола олордо, оттон кэргэнэ атын сир диэки хайыһан сытан тохтоло суох сиигирэр хараҕын кистии-саба ытыһын тэллэҕинэн соттор, маны барытын будул-идил туманы быыһынан устаҥныыр ыйдаҥа үөһэттэн одуулаһар.
8
Итинтэн ыла уонча сыл ааста. Бэргэннээх ол тухары хоту улууска үлэлээн баран, болдьоспут кэмнэрин хас да бүк толорон уонна кырдьыгынан эттэххэ, кэнникинэн ыраах, кытыы сиргэ олох уустугурбутуттан, ас-таҥас сыаната сиэрэ суох ыараабытыттан сиэттэрэн, нуучча өһүн хоһоонугар «балык уу дириҥэр, киһи үчүгэй олоххо тардыһар» дииллэринии, киин сиргэ чугаһаан, куорат таһынааҕы дэриэбинэҕэ көһөн кэллилэр. Ксенья ыал буолан, училище кэнниттэн салгыы үөрэнэ сатаабатаҕа, билигин оскуолаҕа биэлсэрдиир, оттон геолог идэлээх киһи Бэргэн сөптөөх үлэ көстүбэккэ эрэйдэнэн баран, хата, куоракка биир тэрилтэҕэ харабылынан ылбыттарыгар да үөрдүлэр. Ксеньяҕа учууталлар уопсайдара диэн ааттанар – уунан ититиллэр эрээри, туалета таһырдьа, ууну массыынанан аҕалтаран буочукаҕа кутар дьиэҕэ икки хостоох квартира биэрэн абыраатылар, үөрэхтэрин бүтэриэхтэрин эрэ иннинэ Дина уол оҕоломмутун кинилэр көрдөһөн ыланнар, бэйэлэрин анныларыгар суруйтаран, Эллэй диэн ааттаабыттара манна кинилэр оскуолаларыгар кыра кылааска үөрэнэ киирдэ.
Биэс сыл устата сылаас уйа буолбут Сэргэлээх барахсантан араас сиргэ ыһыллыахтарыттан, Бэргэннээх тэйиччи улууска олохсуйаннар, бииргэ үөрэммит оҕолорун кытта көрсүбэтэхтэрэ быданнаата. Сэргэлээхтээҕи да сыллар ыраах суол тоҕойун кэтэҕэр сүппүт курдуктар, билигин Сэргэлээҕи, эдэр саастарын уйатын биирдэ эмэтэ быһа оҕустахтарына, олох атын көлүөнэ эдэркээн уолаттар, кыргыттар сылдьаллар, хаһан эрэ кинилэр курдук күн кыһалҕата суох оонньуунан-көрүнэн туолбут уопсай дьиэлэргэ туран, туох баҕарар ааһарын, умнулларын, олох олус кылгаһын, сааһырыы кэлэрэ түргэнин туһунан курус толкуй долгуна харааһыннара кууһара.
Бииргэ үөрэммиттэриттэн үгүстэр куораттан барбатахтар, Эллэйдэрин ийэтэ Дина саастаах соҕус эрээри, улахан дуоһунастаах уонна үптээх-астаах киһи ойоҕо буолбут сураҕын истэллэр. Ол эрэ улахан дуоһунаска сылдьан, уларыта тутуу долгуна саба халыйан кэлбитигэр долгуйбакка-уолуһуйбакка баантан улахан иэс ылан, маҥнай чааһынай маҕаһыын аспыт, онтон сылтан сыл улам уопутуран, Кытайынан, Турциянан, Араб дойдуларынан үлэһиттэрин ыытан, эргинэн-урбанан, чахчы да «кыһыл көмүс үрүччэни таба тайанан» – куоракка хас да маҕаһыыннаммыт, массыыналаах, дьиэлээх-уоттаах «саҥа сахалар» кэккэлэригэр бигэтик киирбит, кини көмөтүнэн дуу – Дина эмиэ салайар үлэҕэ эриллэн, бэлиитик-дьахтар аатыран, республиканы сирэйдиир-харахтыыр араас делегациялар састааптарыгар киирсэн, онно-манна сотору-сотору барар-кэлэр үһү диэни истэн, сорохтор үөхсэллэр, оттон үгүстэр ордугургуу саныыллар. Оттон Бэргэннээх Ксенья: «Оҕобут ийэтэ кыахтаах киһилиин холбоспут уонна бэйэтэ эмиэ салайар кэккэҕэ киирбит буоллаҕына, баҕар, биирдэ эмэ Эллээйчикпитигэр көмөлөһүө», – диэн үөрэ саныыллар.
Бэргэннээх Ксенья хаар түһүөн иннинэ биир субуота күн, оптуобуһунан куораттаатылар, анаан-минээн маҕаһыыннары кэрийдилэр, улахан тугу да атыыласпаталлар даҕаны, хас да сиргэ сылдьан, киэһэлик болуоссаты туораан эрдэхтэринэ, кэннилэригэр массыына бээҕинээтэ уонна: «Бэргэн! Бэргэн!» – диэн ыҥырдылар. Эргиллибиттэрэ – бас сыгынньах эрээри, нуорка саҕынньахтаах Дина уулусса кытыытын киэптии багдаллыбыт «Лан крузер» массыынатын сэгэппит аанын үрдүнэн быган, мичээрдии турар, моонньугар эриммит маҥан былаата ала-чуо туртайар.
– Хайа, Ксенья, Бэргэн, дорооболоруҥ! – диэтэ.
– Тыый, Дина! – урукку дьүөгэтин көрөн, Ксенья саҥа аллайда: – хас сайын, хас кыһын ааста?! Оок-сиэ, кыыс оҕото, өлөн-охтон биэрбэт, билиҥҥи үйэ саамай модун «Лан крузер» массыынаҕыттан көрдөххө, олох-дьаһах да люкс быһыылаах дии?
– Наһаа улаханнык саҥарыма, ол эрээри мин дьылҕабар үҥсэргиирим сатаммат, – Дина астыммыттыы күллэ.
– Былыргы сүктэр кыыс маҥан атынан наскылдьыта сырыттаҕа, билиҥҥи үйэ кыргыттарын көр…
– Биир ат оннугар сүүһүнэн аты миинэ сылдьыбыт ордук, үйэбит оннук, хайа эһиги ханна бараҕыт? Мин быраҕан биэриим.
– Бэйи, Дина, биһиги маҕаһыыҥҥа сылдьыахтаахпыт… – диэн Бэргэн аккаастыах курдук гыммытын Ксеньята хааман сылайбыт быһыылааҕа, эгэ-дьаҕа сөбүлэспитэ:
– Ээй, чэ, маҕаһыын буоллар хааллын, хата, бэлэм массыынанан дьиэбитигэр бырахтарыахха.
– Доҕотторбун илдьэн бөҕө, көрсүбэтэхпит да ыраатта, эһиги куоракка көспүт сураххытын истибитим, – Дина үөрдэ-көттө, тирии кууркалаах дыгдаллыбыт суоппара тахсан дорооболосто уонна кэлин аанын аспытыгар, Бэргэннээх Ксенья киирэн олордулар, кинилэр миэстэлэрин булбуттарын кэнниттэн массыына оннуттан тыаһа-ууһа суох хоҥунна.
– Хайа, доҕоор, дьэ сүрдээх да массыыналаммыккын, – диэн Ксенья хатылаан чиҥэтэн этэн, дьүөгэтин эмиэ хайҕаата, – тэрилтэҥ массыыната дуу, бэйэҥ киэнэ дуу?
– Бэйэм… – Дина соччо дьалайбатах быһыынан хоруйдаата.
– Бадарааны-идэрээни билиммэт сэп быһыылаах, биһиэхэ хоту дойдуга сылдьарга бэрт буолуо эбит, сыаната да тос курдук буолуохтаах, – диэн баран Бэргэн, харда эрэйэн кыыһы көрдө.
– Тос курдук… – Дина кини саҥатын ой дуорааныныы хатылаата, массыына сыаната төһөтүн чопчу эппэтэ, бука, кинилэр курдук дьон санаммат сыыппаралара буолуохтаах, ону бигэргэтэрдии кыыс сөбүлээбэтэх быһыынан: – туох ааттаах массыынаны сөҕөн хааллыгыт, массыына диэн кэлэргэ-барарга атах тардыстар эрэ аналлаах, атыны кэпсэтиэҕиҥ… – диэтэ.
– Үүммүт үйэ ирдэбилин эн кэмигэр өйдөөн сөпкө дьаһаммыккын, оттон биһиги, сэссиэлиисим сырдык саарыстыбатын оҕолоро, өйбүт-санаабыт уруккулуу – маҥнай норуот туһугар олоруохтаахпыт, бар дьон туһугар кыһаллыахтаахпыт диэн курдук… – диэтэ Ксенья, эргим-ургум көрбөхтүү-көрбөхтүү. – Дина кэргэннэммит үһүгүн дуу? Туох үлэһитий?
– Бизнесмен…
– Ким диэний?
– Карп… – эмиэ биир тылынан кылгастык хардараат, кинилэргэ лаппа хайыста, – бэйи эрэ, оттон эһиги тугунан дьарыктанар буолаҕыт?
– Мин идэбинэн биэлсэрдиибин, оттон Бэргэн харабыл, – диэтэ Ксенья уонна санаатын эбии эттэ, – куоракка өр буолан баран төннүннэххэ, уларыйыы-тэлэрийии буолбут, биһиги тыаҕа олорон олохтон хаалбыппыт быһыылаах, оттон эн курдук доҕотторбут билиҥҥи олох киэҥ хардыытын кытта тэҥҥэ барсан иһэр эбиккит, маладьыастар.
– Киһи олоҕун оҥостуохтаах буоллаҕа дии, – диэтэ Дина, проспекка киирэргэ уулусса быһа охсуһуутугар светофорга тохтообуттарыгар, суоппар хотунун диэки көрдө:
– Динара Игоревна, ханна барабытый?
Дина кинилэр диэки хараҕын быраҕан ылла:
– Бэйи, бу дьону маҥнай тиэрдиэххэ, аадырыскытын этиҥ эрэ, – уонна тиийэр сирдэрин истэн баран соһуйда, – онно тугуй, ол дэриэбинэҕэ дьиэ туттубуккут дуо?
– Суох, туох дьиэтэ кэлиэй, манна саҥа олохсуйбут дьоҥҥо, – диир Бэргэн, – итиннэ Ксенья оскуолаҕа биэлсэрдиир буолан, киниэхэ уопсайга квартира биэрбиттэрэ.
– Уопсайга квартира даа? – Дина соһуйбут курдук хатылаан ыйытта уонна бэйэтэ бэйэтин уоскутардыы саҥарда: – Ол эрээри тыаттан саҥа киирдэххит, барыта – иннигитигэр.
– Биһиэхэ ол да сөп, үҥсэргээбэппит, – диэтэ Бэргэн кыйыттыбыттыы.
– Оҕолоор, бэйэ-бэйэҕитин кытта көрсүбэтэххит ыраатта дии уонна атын кэпсээн суоҕар дылы баайы-дуолу аахсымаҥ. Кырдьык, Дина, биһиги, куоракка саҥа киирбит дьон, ити да дьиэ көстүбүтүгэр үөрэбит. Бэйэҥ туох эрэ уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар быһыылааххын дуу? – диэн Ксенья ыйытта.
Дина мүчүк гынна:
– Бар дьоммут туһугар кыһаллыахтаах буоллахпыт дии, ол иһин араас уопсастыбаннай хамсааһыннарга харса суох кыттабын, олус уустук, норуоппут кэскилэ барыта быһаарыллыан сөптөөх мүччүргэннээх кэмҥэ кэллибит, оннук түгэҥҥэ мунукка-ханныкка саһан сытар табыллыбат. Оҕолоор, кэлэр субуотаҕа биһиэхэ кэлэ сылдьыҥ эрэ, кэргэммин билиһиннэриэм, дьиэбин-уоппун көрдөрүөм.
– Туох эрэ бырааһынньык буолар дуу? – Бэргэн чуолкайдаста.
– Суох, субуоталарга мин кэргэним бизнескэ бииргэ үлэлиир дьонун ыҥыртаан сынньанааччылар, үксүн тыаҕа бултуу-алтыы барааччылар, бу сырыыга халлаан тымныйда, ыраата үүтээннэригэр айанныахтарын өрүс мууһа тура илик, онон дьиэбитигэр бырааһынньыктыахпыт диэн эппитэ.
– Эс, эн кэргэҥҥиттэн хайдах эрэ толлобут, партнердара да олус сүрдээх-кэптээх буолуохтара, онно биһиги курдук судургу дьон туох диэн тиийиэхпитий? – Ксенья салла санаабытын кистээбэтэ.
– Мин кэргэним Карп киһи курдук киһи, баҕар, омос көрөргө тоҥкуруун курдук буолуо да – билсэн-көрсөн бардахха, кимтэн кэпсээннээх-ипсээннээх, оттон билигин кыратык кыаҕырбыппыт диэн улахан кэпсээҥҥэ киирбэт. Сахалар төрдүбүтүн ырыттахха, оннук тиэрэ байбыт, аан дойду миллиардердарын кытта тэҥҥэ турар киһибит былыр да суоҕа, билигин да тахсара ыраах, онон бары биир төрүттээх-уустаах, тэҥ дьоммут диэн кэбиһиҥ.
Чочумча ах бардылар, түннүк нөҥүө Туймаада киэҥ сыһыыта элэгэлдьийэр, от-мас кэмчи, иинэҕэс иирэлэр, сэппэрээктэр ааһаллар, ол оннугар массыына быыһа-арда суох субуллар, тэйиччи түөртүү-биэстии этээстээх дьиэлэр аттыларыгар араас саҥа тутуулар көстөллөр. Суоппар хотунуттан көҥүллэтэн баран араадьыйатын холбоото – ыраах хоту дойду, туундара туһунан ырыа дьүрүһүйэр, бары ону иһиллиирдии чуумпуран олордулар, Бэргэн хоту олохторун, кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга дьүкээбил уота халлааны барытын сырдата күлүмнүүрүн-чаҕылыҥныырын туоххаһыйа өйдөөтө, оттон Ксенья дьүөгэтэ кыаҕырбыт-байбыт эрээри, биир да тылынан Эллээйчик туһунан ыйыппатаҕын дьиктиргээтэ эрээри, иһигэр оҕотун син саныыр быһыылаах, көрүөн баҕарара буолуо, ол иһин биһиги курдук быта да суох дьадаҥы дьону бэйэтигэр ыҥырар диэн санаата, кэмниэ-кэнэҕэс хоту дойду туһунан ырыаттан өй булбуттуу Дина саҥарда:
– Эһиги аны туундара түгэҕэр олорор буолбатаххыт, куорат дьоноҕут, аныгыскы субуотаҕа бу суоппарым Сааска кэлэн эһигини дьиэҕититтэн ылыаҕа, хайаан да ыалдьыттааҥ, эдэр сааскыт дьүөгэтин дьиэтин-уотун көрүҥ, кэргэммин кытта билсиҥ.
– Бииргэ кытыйанан-хамыйаҕынан бырахсан улааппыт Динам ыҥырарын кэннэ баран бөҕө буоллаҕа, – дии оҕуста Ксенья, – эн этэргэр дылы – аны куорат дьонобут.
Ити икки ардыгар кинилэр дэриэбинэлэригэр кэлэ оҕустулар, Ксенья: «Киирэн чэй иһэн тахсыбаккын дуо?» – диэбитин Дина ыксыыбын диэн аккаастанна, массыына хоҥунна, онтон эмиэ тохтоото, хотун түннүгүн тааһын түһэрэн баран: «Ксенья!» – дии-дии ыҥырда, дьүөгэтэ хап-сабар сүүрэн тиийбитигэр, тугу эрэ иһиллибэт курдук эттэ уонна таас сабылынна, «Лан крузер» төттөрү эргийэн, улахан суол устун субурута турбутун кэнниттэн одуулаһан туран Ксенья:
– Киһи түргэнник да көнөр буолар эбит, уонча сыллааҕыта маҕаһыынтан кырбас эти булан мииннэннэхэ үөрэр, уопсай дьиэҕэ биир ороҥҥо атахтаһан утуйбут кыыһым сылдьар диэтэххэ, арааһа, ким да итэҕэйиэ суоҕа, аны биһигини бэйэтигэр тэҥнээбэт…
– Ити ыҥыран тугу эттэ? – диэн Бэргэн ыйытта.
– «Оҕото суох бэйэҕит эрэ кэлээриҥ, Карпым сөбүлүө суоҕа», – диэннээх, саатар оҕом хайдаҕый, кистээн көрдөрүҥ, хайдах-туох сылдьарый да диэбэтэ, – диэтэ Ксенья чахчы абаран.
Икки этээстээх уопсай дьиэлэрин диэки хаамыстылар, добдугураччы тоҥмут суолга кыраһа үрдүгэр атахтарын суола харааран хаалар, Бэргэн кэргэнин хонноҕун анныттан ылла уонна уоскутардыы саҥарда:
– Ити эрээри кимиэхэ да ымсыырар наадата суох, үөһэ дойдуга быалаах кинигэҕэ ким хайдах олоруохтааҕа барыта суруллан турар дииллэр, оннук эркээйибит эрдэттэн охсуллубут буоллаҕына хайыахпытый, хата, аныгы өрөбүлгэ эн дьүөгэҕэр, оҕобут ийэтигэр ыалдьыттыахпыт, төһө да байдар, кыаҕырдар, син аймах, доҕор тэҥэ санаан, биһигини билбэт курдук туттубатыттан, дьиэтигэр эҥин ыҥырарыттан үөрүөххэ эрэ сөп буоллаҕа.
9
Субуоталара бу тиийэн кэллэ. Дина кэргэниниин маҥнай билсэргэ тугу илдьэллэрин толкуйдаан бараннар, көмүс солотуулаах икки үрүүмкэни бэлэхтиирдии быһаарыннылар, сыаната наһаа ыарахан да буолбатар, көстүүлэрэ үчүгэйдэр. Субуотаҕа үөрэҕин кэннитэн Эллэйдэрин Бэргэн таайа аахха хааллардылар, эбиэт чугаһыгар суоппар бу сырыыга судургу соҕус «Тойота» массыынанан кэллэ. Хатыҥ Үрэххэ асфальт суолунан тиийэннэр, туох да көстүбэт гына тимир лииһинэн ыга саайыллыбыт олбуордаах дьиэ ааныгар тохтоотулар. Бэстэри быыстарынан икки мэндиэмэннээх кирпииччэ дьиэ кытарымтыйан көстөр. Олбуор айаҕар «Осторожно! Злая собака!» диэн суруктаах. Суоппар кэлииккэ чанчыгар баар звоногу баттаабытыгар автоматическай күлүүс тыаһа халыр гынна уонна домофонтан дьахтар саҥата иһилиннэ: «Астым».
Иһирдьэ киирбиттэригэр, сыап кылыгыраата да, улахан ыт аһыыта килэйбитинэн, ардырҕаабытынан сүүрэн кэлэн иһэн, суоппар буойбутугар, кинини билэн, кутуругун куймаҥната-куймаҥната нуучча остуоруйатыгар баар дьиэҕэ маарыннатан оҥоһуллубут, түннүгүн, аанын хаптаһын бүүрүктэрэ киэргэтэ быһан оҥоһуллубут кыһыл-күөх кырааскалаах уйатыгар төттөрү барда. Кэлииккэ ааныттан ыла тротуар – түөрт муннуктаах билииккэлэр тэлгэтиллибиттэригэр тиит көтөҕөтө таммалаабыт. Дьиэ сүрдээх улахан эбит, тыа кулуубуттан итэҕэһэ суох быһыылаах, олбуор иһигэр эбии дьиэлэр, гаражтар, баанньык, бу тутуулары барытын гааһынан сылытар хочуолунай бааллар.
Бүтүннүү өстүөкүлэ таас улахан күүлэни уҥуордаан дьиэҕэ киирбиттэригэр, будьурхай уһун баттаҕын саннын байаатыгар ыспыт, маҥан эмиийдэрин куоһааҕа көстөр аһаҕас уолуктаах хараҥа былаачыйалаах Дина кыламаннара тэрбэһэн, арылыччы көрбүтүнэн кэлэн, Ксеньяны кууһа түһэн, уураан ылла:
– Дьүөгэм, маладьыас, хата ханна да атын сиргэ барбатаххыт, дорообо, Бэргэн.
– Бу эһиэхэ, – Ксенья хоруопкалаах үрүүмкэлэри туттарыбытын Дина аһан көрөөт, хаһан да итинник үчүгэйи көрбөтөх курдук «уой-аай» бөҕөтүн түһэрдэ (Бэргэн иһигэр: «Ильф, Петров хоһуйбут Эллочка-людоедкатыгар дылы буолан», – дии санаата), баай, кыахтаах дьахтар итинник омуннаахтык үөрбүтүттэн ыалдьыттар эгди буоллулар, Дина онтон кинилэри иһирдьэ ыҥырда:
– Баһыыбаларыҥ, чэ, ааһыҥ, табаарыстарбыт кэлитэлээбиттэрэ…
Өссө икки хас хоһу ааһан, бүтүннүү от күөҕэ өҥнөөх киэҥ саалаҕа киирдилэр, хоһу тилэри халыҥ сымнаҕас көбүөр тэлгэммит, биэс-алта нуучча-саха эр дьон бинсээктэрин устан, хос ортотугар турар улахан бильярдыыр остуолу тула көтө сылдьан, шариктары охсуолаан оонньууллар, кинилэр холоонноох доҕотторо быһыылаах – мааны дьахталлар дьыбааҥҥа олорон, бэрт килбэчийбит-чаҕылыйбыт өҥнөөх ойуулардаах сурунааллары арыйталаан көрөллөр, саҥа ыалдьыттар киирбиттэригэр, харахтара кинилэргэ буолла.
– Карп, – диэн Дина ыҥырбытыгар, кыыдаа маҥан баттахтаах, атыттар хаалтыстаах буоллахтарына, уолуга аһаҕас ырбаахынан нэлэлдьийэ-хотолдьуйа сылдьар дьиэлээх киһи тиийэн кэллэ.
– Бу билсэн кэбис, мин устудьуон сыллартан табаарыстарым – дьүөгэм Ксенья уонна кини кэргэнэ Бэргэн.
Кырдьаҕас киһи кинилэргэ лобуой курдук эттээх эрээри, сып-сымнаҕас ытыһын туттарда:
– Карп…
– Чэ, Карп, саҕалыырбыт дуу, ыалдьыттар бары муһуннулар.
– Сөп-сөп, мин билигин… – хаһаайын бинсээгин олоппос өйөнөрүгэр кэтэрдибитин ылла, моонньугар үрүмэччилии быһыылаах хаалтыһын иилиннэ уонна халыҥ ытыстарын лобурҕаччы охсунна:
– Чэ, доҕоттоор, болҕойуҥ, билигин үөһэ саалаҕа тахсан, кылгас эҕэрдэ кэнсиэри истиэҕиҥ, – диэбитигэр, ону эрэ күүтэн турбуттуу, бары бинсээктэрин кэтэ-кэтэ, дьыбааҥҥа олорор дьахталларыгар чугаһаатылар.
Билбэт дьонун ортотугар өр моруу буолбакка, атын хоско тахсалларыттан үөрбүт курдук Бэргэннээх хап-сабар киһилэрин батыһан, дуобат курдук чочуонайдык оҥоһуллубут өйөнөрдөөх, саһархай кыраасканан лаахтаммыт эрийии кирилиэс көпсөркөй көбүөр тэлгэммит үктэллэринэн иккис этээскэ дабайдылар. Эмиэ киэҥ хоһу ааһан, сымнаҕас кириэһилэлэр хас да эрээтинэн кэккэлээбит саалаларыгар киирдилэр, дьоҕус сцена, кэтэҕэр «Встреча друзей» диэн сурук ыйаммыт кэтит хаптаҕай экраҥҥа сырдаабыт, быһата, тыйаатыр кыра саалатын курдук. Ыал дьиэтин иһигэр сценаны, сааланы хаһан да көрбөтөх буолан, Бэргэннээх дьиктиргээн эргичиҥнээтилэр, оттон ыалдьыттар сылдьа үөрэммит сирдэрэ быһыылаах – киирэн инники эрээккэ хоноспуттарыгар, биһиги дьоммут кэлин турар олоппосторго олордулар, ол кэмҥэ экраҥҥа хартыынаттан хартыыналар солбуһан киинэ өҥнөөх кадрдара элэҥнэһэн бардылар, түөһүгэр депутатскай значоктаах киһи трибунаттан этэн-тыынан кэҕийэ турар, ону пальмалар, күөх муора, крокодиллар ынырык айахтарын аппаҥнатан ардай аһыылара килэҥнэһэ солбуйдулар, килэриспит-молоруспут хайа эрэ Африка биис ууһун дьонун ортолоругар саха киһитэ омуктар нэлэкилэрин эринэ тардынан, төбөтүгэр туох эрэ куорсуннардаах бэргэһэни анньынан, илиитигэр үҥүү тутан, үөрэ-көтө турар, аны Республика Президенэ кими эрэ кытта эйэ дэмнээхтик кэпсэтэр, онтон булчуттар таас хайа үрдүгэр аһыы олороллор, бултарын – хас да чубукуну хаарга тэлгэппиттэр, аны ыһыах быһыылаах – бары сахалыы таҥастаахтар, оһуохайга хааман хотолдьута сылдьаллар. Мааны ыалдьыттар киинэни көрө-көрө үөрдүлэр-көттүлэр:
– Хайа, ити эйигин хаһан түһэрбиттэрэй?
– Африка ханнык дойдутай?
– Чубукулары кыайбыккыт, Дьааҥы хайалара дуу?
Киинэ бүттэ, экран умулларын кытта дьиэлээх хаһаайын Карп сцена үөһэ баар буола түстэ уонна артыыстардыы хаҥас илиитин тарбахтарын бинсээгин эҥээригэр батары анньан баран, аҕыйах тылы эттэ:
– Биһиги күндү доҕотторбутун көрсүһэр күҥҥэ маҥнай бэрт кыратык уруккуну санатар түгэннэри көрдөрдүбүт, эмиэ саҥаттан дьиэҕэ-уокка наллаан сынньанар субуота үүммүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна эһиэхэ анаан, саха эстрадатын «сулустарын» күүһүнэн эҕэрдэ кэнсиэри саҕалыыбыт. Мантан ыла тылы ылар биллиилээх конферансье уонна диджей Куллугуратыы Куонаан, кини салайан ыытыа.
Хаһаайын саҥатын дорҕооно да сүтэ илигинэ, хантан эрэ баар буола охсубут муус маҥан көстүүмнээх хатыҥыр эдэр киһи кирилиэскэ наадыйбакка, сценаҕа биир ыстаныынан эрчимнээхтик ойон тахсан, кытарбыт хобордооххо үктэммиттии, биир сиргэ таба турбакка тэйиэккэлии сылдьан, маҥнай уустаан-ураннаан эҕэрдэлээтэ, бэрт элбэх үчүгэйи, ол иһигэр үрүйэ уутунуу үллэ турар үгүс үптээх буолалларыгар баҕарда уонна биллэрэн чоргутта:
– Билигин кэнсиэрбитин саҕалыыбыт – эстрада сулуһа Туналҕана Куо, дохсун ытыс тыаһынан көрсөбүт!
Бэргэн маны көрөн олорон, сүрдээҕин дьиктиргээтэ – эстрада ырыаһыттарын тыйаатыр сценатыгар хам-түм көрөр эбит буоллаҕына, ол дьоно чааһынай киһи ыҥырыытынан кэллэхтэрэ, оок-сиэ, харчы баар буоллаҕына, тугу баҕарар оҥоруохха сөп үйэтигэр үктэннэхтэрэ. Түргэнник да хаппыталыысым дойдутугар кубулуйа оҕустулар, бу артыыстар барахсаттары туох диэн буруйдуоҥуй, хамнастара быыкаайык, ол иһин аҕыйах да солкуобайы эбинэр баҕаттан, кыһалҕаттан араас бырааһынньыктарга кыттан эрдэхтэрэ.
Оттон үп-харчы эргийэр тымырдарын тутан олорооччу тойотторго билигин сиэр-майгы, чиэһинэй быһыы, сэмэй буолуу диэн өйдөбүллэр ыраах быраҕыллан, быылынан-буорунан сабыллан эрэллэр быһыылаах, Москваттан саҕалаан, кинилэр Дьокуускайдарынан түмүктээн, ханна баҕарар арыычча кыаҕырбыт киһи өйө-санаата – байарга, байарга уонна байарга эрэ диэн. «Бил баһыттан сытыйар» дииллэринии, салайааччылар судаарыстыба харчытыгар үлэлэри оҥортороллорун манньатыгар араас «откаттарынан» сирэйэ-хараҕа суох уоран-халаан тиэрэ байбыттарын көрө сылдьан, кыра да дуоһунастаах киһи үпкэ-харчыга сыстар түгэн эрэ тоҕоостор, «сатабыллаах – саһыл саҕалаах» диэн баран, уоруу суолунан бара турарыгар тиийэр. Ол киһи уоран үчүгэй олоххо тиийбит буоллаҕына, мин оннук гынарым тоҕо табыллыа суохтааҕый диэн саныыллар.
Үөһэ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Таҥара диэн баар буоллаҕына, маннык дьаабыттан төһө эрэ кэлэйэн-хомойон эрэр, тулуйа сатаан баран уҕараабат уотунан уматан дуу, уостубат уунан тумнаран дуу Бэстилиэнэй Тыһыынчаны аҕаллаҕына да көҥүлэ курдук…
Кэнсиэр кэнниттэн Карп сценаҕа тахсан, кэргэнигэр Динаҕа бирилийээннэрдээх биһилэҕи:
– Мин тапталбар, эдэр сааспын эргитэр кэргэммэр, үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн, – диэн бэлэхтээтэ, Дина саҥардыыҥҥыта кинилэр судургу үрүүмкэлэриттэн омуннаахтык үөрбүт буоллаҕына, арааһа, эриттэн күндү бэлэхтэри ыла үөрэммит быһыылаах, күндү таастаах биһилэҕи ээл-дээл тутта, суолтатыгар уураһан ыллылар. Мантан Ксеньялаах сөхтүлэр, «үтүөккэн субуота күн үүммүтүнэн» итинник сыаналаах бэлэх оҥоһуллар буоллаҕына, эгэ төрөөбүт күнүгэр эҥин тугу биэрэн эрэрэ буолла?!
Кэнсиэр кэнниттэн бары субуруһан, остолобуойга киирдилэр. Манна уонтан тахса киһиэхэ остуол тардыллыбыт, икки өттүнэн үтүктүспүт курдук кылгас бэскилээх, хара бүрүүкэлээх, маҥан ырбаахылаах икки официант уол соттор тоҥолохтонон турар, хас биирдии ыалдьыт аата-суола кумааҕыга суруллан, прибордар аттыларыгар ууруллубут. Бэргэннээх Ксенья уһук миэстэлэргэ түбэстилэр. Саҥардыы оннуларын булалларын кытта, кылгастык бааммыт хаалтыһа түөһүн тылынан сылдьар, ньаччаҕар сүүстээх, хойуу хара баттаҕын кэннин диэки тарааммыт үскэл киһи сотовай төлөпүөнэ тыаһаабытыгар, ойон туран олоппоһу туора тардан, кинилэр кэтэхтэригэр баран кимниин эрэ кылгастык кэпсэттэ, итиэннэ бэйэтэ эрийэн, атын киһини мөҕөр саҥата иһилиннэ:
– Бэрт түргэнник оҥоһуллубут түннүктэри сыахтан Сэргэлээххэ тутуу бара турар сиригэр илдьэ оҕус, антах үлэ сырыыптанаары гыммыт…
Ол кэмҥэ аны ачыкылаах эдэрчи киһи төлөпүөнэ «Үрүмэччи үөрүн курдук» ырыанан эрчимнээхтик чугдаарбытыгар, аны кини төлөпүөнүн ылан истимэхтээтэ уонна:
– Грейдер бэтэрээ учаастактан бүттэ да тиийиэҕэ, – диэтэ.
Карп кэргэнин Динаны кытта остуол баһыгар олордулар уонна графины луоска кырыытынан тоҥсуйан тыҥкынатта:
– Доҕоттор, эһигини мүнүүтэҕэ да иллэҥнээбэттэрин, бары олус эппиэттээх үлэҕэ сылдьаргытын билэбин… – дии-дии күлбүтэ буолла, – ол эрээри бу киэһэ саатар аһылык кэмигэр сынньаныҥ, төлөпүөннэргитин араарыҥ, үлэбит туһунан сыыйа-баайа кэпсэтиэхпит…
Кырдьык даҕаны диэбиттии, бары төлөпүөннэрин араартаатылар. Ыалдьыттар кимнээхтэрин билбиттэрэ – бары да туспа тэрилтэлээхтэр, тутуу, суол оҥоруутун эҥин курдук улахан тыын боппуруостарынан дьарыктанар араас фирмалары салайаллар эбит. Ол иһин хара ааныттан кэпсэтии-ипсэтии үп-харчы хамсааһынын, барыстаах үлэхтэри ылыы, ханна хас мөлүйүөннээх үлэ оҥоһуллубутун, ким тугу барыыһырбытын-ночоотурбутун туһунан буолла. Иһит-хомуос тыаһаата, бары уруккуттан билсэр буолан, тута кэпсэтии, күүгүнэһии саҕаланна.
Бэргэннээх бу хампаанньаҕа күһүҥҥү уойбут-топпут хоҥор хаастар ортолоругар кэлэн түспүт ырбыт-дьүдьэйбит сааскы чыккымайдардыы сананнылар, олох бу бырааһынньыгар туспа дьон курдук буолан, саҥата суох сукуһан олордулар, бэл аһыах да санаалара кэлбэт, бакаалларга кутуллубут отон уутун сыппайбыта буоллулар. Кинилэри кыраҕытык кэтии кэннилэригэр турар официант уолаттар, кураанахтаатылар да, сонно толортоон иһэллэр. Ыалдьыттар тириттилэр-хоруттулар, эр дьон бинсээктэрин эмиэ устан, олоппосторун өйөнөрүгэр иилэ бырахтылар. Күлсүү-салсыы, ол олорон кэпсэтиилэрин хайысхата син биир үлэлэригэр иэҕиллэ турар, өй-санаа барыта хантан, хайдах гынан бизнеһи тупсарар туһунан буолла. Ол быыһыгар тыл этэллэр, бары бастаахтар бүппүттэрин кэнниттэн хаһаайын Бэргэҥҥэ дьэ тыл биэрдэ:
– Динам бииргэ үөрэммит доҕотторугар – Ксенья, Бэргэн Ивановтарга… – диэн буолла.
Бэргэн турда уонна маннык үтүө дьиэни-уоту туттубут дьонун хайҕаата, билиҥҥи кэмҥэ үгүстэр соһуйан-уолуйан, сорохтор урукку былааска бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыттарынан саҥа үйэҕэ оннуларын булбакка сылдьалларын бэлиэтээтэ («ол иһигэр мин» дии сыста) уонна кэпсээҥҥититтэн иһиттэххэ, баар дьон бары бизнестээх, үбү-харчыны оҥорор дьон эбиккит, үйэ уларыйбытынан аны судаарыстыба буолбакка, эһиги курдук дьонтон барыбыт кэлэр кэскилбит, норуоппут, ыччаппыт дьылҕата тутулуктанар диэн баран:
– Сүрэххитигэр чэпчэки, сиэпкитигэр ыарахан буоллун! – диэн тост көтөхтөрдө.
Кини этиитин сөбүлээтилэр, ким эрэ: «Тугунан дьарыктанаҕын?» – диэн ыйыппытыгар, Бэргэн хоноччу туттан баран, дорҕоонноохтук эттэ:
– Кэргэним оскуолаҕа биэлсэр, оттон мин харабылбын, дуоһунас кирилиэһигэр боростуой норуоту кытта баарбыт уонна онон киэн туттабыт! Кэргэним наар оҕолору кытта бодьуустаһар, ити курдук ким эрэ материальнай уйгунан, оттон ким эрэ дьоҥҥо духуобунай баайы иҥэриинэн дьарыктанар, – диэтэ.