Полная версия
Үһүйээннэр, номохтор
Кэлбитигэр, илимнэрин ыйаабыттар. Төгүрүйэ сылдьан ыллыыр үһү. Илимин. Ол бүтэригэр эппитин өйдүүр үһү. Ол илимнээх киһи. «Таастыганныын таллырҕаа, хотоҕостуун куллурҕа-а-а», – диэбит үһү бэрт уһун тыынынан.
Дьэ, киирэннэр, үппүттэр. Үһүөн. Үс киһи. Үс күннээх түүн үтэ сатаан кээспиттэр. Балык туппатах. Балыктар көстө сылдьаллар үһү. Балыктар кэлэ-кэлэ төттөрү ыстана тураллар үһү. Хонуктарын соруога бүтэн хаалбыт. Онон көмүс үүннээх, ыҥыырдаах атын ылан барта үһү. «Сүрдээх да кыыл буолар эбит ырыа киһи», – диэн дьулайта үһү баар киһи.
Ити биир эрэ түбэлтэ буолбатах. Бэрт элбэх араас буолбутун кэпсииллэр этэ. Онтон мин ити биири кэпсиибин.
Отут ырыалаахпын диэн кэпсэнэрэ үһү бэйэтэ. Сайын хаппыт титирик төрдүгэр олорон ыллаатаҕына, көҕөрөн хаалар үһү. Күөх титириккэ ыллаатаҕына, хагдарыйан хаалар үһү.
Мария Ивановна Соркомова. Муома, Иҥнигир нэһилиэгэ. 1976 с. 76 саастааҕа.
ҮС БЫРААТ УОННА ЭДЬИИЙДЭРЭ
Үс быраат биир эдьиийдээх олорбуттара үһү. Төрүттэрэ – Үрүҥэй. Ол булчут-алчыт дьоннор эбиттэрэ үһү. Эдьиийдэрэ, суох буолан хаала-хаала, кэлэрэ эбитэ үһү. Үтүлүктээх илиитинэн күөстүүр буолбута үһү. Сүтэрин саҕана.
Былыргы кыыс бөҕөхтөөх, ытарҕалаах, хабарҕа симэхтээх, уолукка уонна быалаах кириэс диэннээх.
Сарсыарда биирдэ, күһүн үһү, кыраһа түспүт. Онно, уолаттар көрдөхтөрүнэ, кырдьаҕас суола кэлэн киирбит үһү дьиэлэрин муннугар. Арҕахха. Ону уолаттар бултаабыттара үһү. Кырдьаҕас үһү. Тыһы кырдьаҕас үһү. Ону иһин тыырбыттарыгар кириэһэ, хабарҕа симэҕэ тахсыбыт үһү. Илиитин быспыттарыгар, тыырбыттарыгар – бөҕөҕө. Ону көрөннөр, билбиттэр үһү – эдьиийбит диэн.
Үс аҥы олороннор, атахтарын үрдүгэр олороннор, ытаспыттар үһү. Эдьиийбитин кыайбыппыт диэн.
Итинэн бүттэ.
КЫЫС УҤУОҔА
Арҕаа Үрэх аартыгын анараа өттүгэр Кыыс Уҥуоҕа диэн баар. Онно сээкэйи бэлэх биэрэллэр. Сибилигин даҕаны биэрэ тураллар үһү. Сылдьыбыт дьоннор.
Үрэх ортотугар субу оһох курдук босхо таас баар. Оччо туохтан да тутулуга суох. Түгэҕиттэн эрэ өйөнөн турар. Аттыгар тумуллар, таастар бааллар. Ол оһох курдук таас сурааһыннаах, хайдыбыт курдук хайаҕастаах. Улахан. Ол иһигэр киирэн олорон, биир омук кыыһа иистэнэрэ эбитэ үһү. Онтон көрдөхтөрүнэ, кыыстара таас буолан хаалта үһү. Хойут. Иистэнэр сиригэр сээбэһин барытын, мэҥкэрэтин 1 тойун барытын аҕалта эбитэ үһү. Онто барыта таас буолта үһү. Сээбэһэ барыта. Иистэммитинэн, бөкчөйбүтэ бөкчөйбүтүнэн таас буолта үһү. Олорор этэ. Тааһы бэлэх биэрэннэр, көмөн кэбиспиттэр дииллэр этэ.
Онтон ыла Кыыс Уҥуоҕа диэн ааттаммыта эбитэ үһү. Билигин даҕаны кэлбит-барбыт барыта бэрик биэрэ турар. Табаҕы тойу, ойуулаах кыраһыны, сээкэйи уураллар.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Мэҥкэрэ – ити омуктар иистэнэр таҥастарын-саптарын ууруналлар.
Араас аҕырыалаах, ойуулаах маанылара. Хаппаҕа барыта дьэрэкээн. Холобур, бу суумка курдук гына тигэллэр этэ. Таба ойоҕоһугар сөп кына. Сиксиктээх, төп-төгүрүк гына тигэллэр этэ. Таба сарыытынан тигэллэр, тыһы да аттаран тигэллэр. Таба да баһын аттаран тигэллэр. Сахалыы эрэмэдэй, омуктуу мэҥкэрэ.
Лидия Романовна Черемкина. Муома улууһа, Улахан Чыыстай нэһилиэгэ. «Үрүҥэйдэрбит. Оҕонньорум Байды этэ. Сааспын 95-пинэн суруй. Чэ, кэм сөп түбэһэрэ буолуо. Улахан кыыһым сааһа 70-гар тиийдэ буолуо. Эмиэ таайыы буоллаҕа», – диэбитэ. 1975 с. Муома Соболооҕор суруйбутум.
ХАЙДАХ ОЛОХ ЭТЭЙ
Наар бэһинэн, бэс үөрэтинэн аһыыр этибит. Уонна – араас булт. Сылгыны тутаммыт – кымыс. Сылгыны ити пиэрмэ ынаҕын курдук тутар этибит. Чубукка диэн баар дии тааска. Мас кыыла. Итиэннэ – наар балык. Элбэх сүөһүлээх киһи суох этэ. Ити ымыйах диэн баар. Ону ас оҥорон, бэс быыһыгар, бэстэн салтахпытына, ас оҥорон аһыыбыт. Быһата, хааһы курдук. Чыыста барытын хостоон, түөрэн ылабыт. Дьэҥдьийэ сылдьан. Ыраах буоллаҕына, атынан сылдьабыт. Үрэхтэр мэйиилэригэр, туора үрэхтэргэ балыкка барабыт. Онно туулаан, онно илимнээн.
Балыгы. Иһин ылабыт, аһылыгын уонна буһарабыт сороҕун. Кыратын. Буһаран баран, хоруудаҕа кутабыт. Дьааһык курдук. Ону, тоҥмутун кэннэ, кыһын баран, тиэйэн ылабыт. Тиэйэр тиэйэр, ыҥыырдар ыҥыырдар.
Дьарҕаа, сүрү, чоос, чугачаан, чуочаан, сордоҥ. Араас балык барыта баар. Ити аата – сыма.
Лабыкталаах дайды тиитэ ураты үчүгэй буолар. Киһи сиир тиитэ маннык буолбат. Ол тииппитин киллэрэбит. 2–3 миэтэрэлээх дүлүҥү киллэрэн хатырыктыыбыт. Онтон бэһин кыһыйабыт. Сыппах быһаҕынан. Сытыы быһаҕынан буоллаҕына, маһа кэлиэ буоллаҕа дии. Онтубутун маска кырбыыбыт. Кээбил бэйэлээх гына. Бурдук курдук. Ол кырбаан бараммыт, уу оргуйбутун кэннэ, сыматын кутан бараммыт, кутабыт уонна булаан, булаан кэбиһэбит.
Итиэннэ кыабаҥна диэн баар. Чэйгэ, үрэххэ. Оннугу уурабыт хайаан да, хайаан да. Уһаакка хаһаанабыт. Суорат буоллун, күөнэх диэн кыра балык. Ону барытын мэлийэммит, уһаакка уурабыт.
Чэйгэ үүнэр сүрдээх үчүгэй амтаннаах буолар. Хортуоска диэн үүнээйи кэлэр дии. Онуоха майгынныыр. Кыабаҥнаны да, ымыйаҕы да ончу кыһамматтар. Былыргы киһи эрэйдээх, кыһанан, барыны ас оҥорор.
Ол илдьикиҥ аатын биһиги ымыйах диибит. Оо, сүрдээх үчүгэй буоллаҕа дии. Хатарабыт. Сынньан-сынньан-сынньан баран.
Акулина Егоровна Слепцова. Муома улууһа, Төбүлэх бөһүөлэгэ. «Үрүҥэйдэрбит. Аҕам Үрүҥэй этэ. Оҕо аҕатынан барар. Ийэм да Үрүҥэй кыыһа», – диэбитэ. 1975 с. кэпсэтэрбэр 63 саастааҕа.
ҮРҮҤЭЙТЭН МАҤНАЙ…
Эһэ сыатынан, үөһүнэн эмтэнэллэр. Ыарыйдахтарына. Ол Үрүҥэй аҕатын ууһугар эрэ эмтиир диэн. Үрүҥэйтэн маҥнай киһи эһэ буолбут диэн. Ону бэйэтин аймаҕар эрэ эмп буолар диэн саҥарсар буоллаллара.
Куба – Байды төрдө. Хатыным төрдүн өссө ынараатынааҕы киһи. Ол онно туохтуур үһү, кубаны өлөрөн баран. «Төйүҥүнү бултаатым. Кэдьиги таҥалайгын кэт», – диэн ыһыытыыр үһү.
Эгэ итини сиэтиэҕэ дуо. Сиэппэт. Эр дьоннор бэйэлэрэ эрэ сииллэр. Ол аата кийииттээтэхтэрин аата үһү. Төрдө диэн, ытыктаан. Итини, кубаны, билигин да кийииттиир эмээхсин баар. Өлүүттэ Арамаанабына диэн. Ол ити Байдыга кэлбит буолан. Мин Байдыга кэлбитим да, аныгы дьон буоламмыт, кийииттээбэт этим. Куба – Байды төрдө үһү. Былыргылар Байды төрдө дииллэр. Кубаны.
Соболоохтор – байдылар. Биһиги, төбүлэхтэр, үрүҥэйдэрбит.
Софрон Григорьевич Слепцов. Муома улууһа. «Үрүйэ Төрдүгэр төрөөбүтүм. Байды аҕатын ууһа», – диэбитэ. 1975 с. 98 саастааҕа.
ЭҺЭ ҮРҮҤЭЙ ТАҤАРАТА
Үрүҥэйдэртэн биир дьахтар сүппүт. Сүтэн хаалбыт.
Дьэ, дьиэлээҕи булаллар. Киһи тардыһан, элбэх киһи киирэллэр. Дьэ, өлөрбүттэр. Тыһы эһэ быһыылаах үһү. Бу атаҕын сүлээрилэр, хайыппыттара, быһахтара олох хоппот сирдээх үһү. Ону көрбүттэрэ, арай, көмүһү быһа сатыыллар үһү. Арааран, барытын сүлэн көрбүттэрэ, били сүппүт дьахтар бөҕөҕө үһү.
Онтон Үрүҥэй Таҥарата диэн ааттаабыттара дииллэр.
Николай Николаевич Старков-Сэбиэт Коля (1956). Муома, Төбүлэх бөһүөлэгэ. Үрүҥэй аҕатын ууһа. 2001 с. суруйбутум.
АРАҤАСКА ТУРАР УДАҔАН УҤУОҔА
Тирэхтээххэ биир удаҕан уҥуоҕа араҥаска турар. Туох баар симэҕин кэтэ сылдьар үһү.
Дьокуускайга музей аһыллыбыта. Соболооххо хомсомуол сэкиритээрэ, онно экспонаттары хомуйуу буолбутугар сөп түбэһиннэрэн, ол удаҕан уҥуоҕуттан били симэҕин, арааһынай киэргэллээх ыытаары, Муома сиригэр маннык баар диэн, ылан кэлбит. Дьиэтигэр. Ити сүүрбэччэ километрдаах сир. Сатыы сылдьар буоллаҕа. Дьиэтигэр чэйдии олордоҕуна, эһэккэтэ таһырдьа тахса сылдьар, аҕалбыт малын көрөр. Сиэнигэр киирэн этэр: «Тоҕо маны ыллыҥ. Улуу дьоннор. Киһи тыыппат, быһа саҥарбат куолута. Сэттээх, сэтэриилээх буолар. Ол иһин миэстэтигэр төттөрү илдьэҥҥин, хайдах баарынан симээн кэбис», – диэбит. Ону уола буолуммат: «Дьокуускайга ыытыам», – диэбит.
Ону оҕонньор, түүннэри илдьэн, удаҕан уҥуоҕар тиийэн, симээн, көрдөспүт. Онуоха биир таммах хараҕын уута түһэн, хааҥҥа кубулуйан баран, сүтэн хаалбыт. «Эдэр оҕону араҥаччылаа, саҥа үүнэн эрэр киһини баалаама, бырастыы гын», – диэбит. Ону ол хараҕын уута тахсар.
Ол курдук олороллор. Туох да уларыйыы суох. Уол үлэлиирин курдук үлэлиир. Онтон, саас ортотугар тиийэн баран, бу киһи илиитэ уонна атаҕа тарбахтарыттан ууллан тохтор. Дьокуускай куоракка тиийэн көрдөрө сатаан баран, төннөн кэлбитэ. Кэнники ытынан өлбүт этэ. Талааннаах эҥин, артыыс эҥин, ырыаһыт эҥин, кыайыылаах-хотуулаах киһи. Холкуос, сопхуос биир тутаах киһитэ. Ону удаҕан уҥуоҕун тыыппытыттан буолуо диэн сабаҕалыыллар этэ. Быраастар кыайан быһаарбатахтар. Ити 50–60-с сылларга.
Ити удаҕан уҥуоҕа турар сиригэр, Тирэхтээх Үрэҕин үрдүгэр, иккитэ баһаар буолбута. Бастакы баһаарга кэлии киһи, күтүөт Федоров Николай Гаврильевич, хос аата Доодорон диэн, тулуйа сатаан баран, көрдөһөр курдук этэр: «Эдьиийбит, баччалаах уоту көрөн тураҥҥын, бэйэҥ уҥуоххун харыстаабаккын дуо?» – диэбит. Онуоха бэргэһэ саҕачча былыт тахсыбыта дииллэр. Ардаҕы түһэрэн, умулларан кэбиһэр.
Иккис сылыгар ол сиргэ эмиэ умайар. Ол онно дьоннор көрдөһөллөр. Ардах түһэр, мөлтөхтүк түһэр уҥуоҕу сиэн кэбиһэр.
МЭҤЭ ХАҤАЛАС
Данил Иванов. Мэҥэ Хаҥалас, Чыамайыкы нэһилиэгэ. 1967–1968 сс. Бүлүүтээҕи педучилищеҕа II кууруска үөрэнэ сылдьан суруйбут. Киниэхэ Чыамайыкы төрүт олохтооҕо Ион Семенович Федоров (1898) кэпсээбит.
ЧЫАМАЙЫКЫ
Былыр Чыамайыкы диэн эмээхсин олоро сылдьыбыта үһү. Кэлии дьон кини кыргыттарын кэргэн ылан, манна олохсуйбуттара үһү. Бу нэһилиэккэ саамай улахан күөл Чыамайыкы дэнэр эбит. Ону харыс тылынан солбуйан, Эбэ дииллэр. Бу күөл нэһилиэк кииниттэн 10 км таҥнары Тамма сүнньүгэр сытар.
Тихон Егорович Никитин (1915). Илин Хаҥалас улууһа, I Хаптаҕай нэһилиэгэ (билигин Мэҥэ Хаҥалас оройуона, Хара нэһилиэгэ). Айалаах аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.
ХАПТАҔАЙДАР
Хаптаҕайдар тустарынан былыргы оҕонньоттор кэпсээннэрин истэр этим.
Хаптаҕайга, өрүскэ, Тииттээх диэн аҕа ууһа баар. Мыла үрэх төрдүгэр олохтоох. Онно, дьэ, былыргы оҕонньоттор кэпсииллэринэн, өрүһүнэн, тиити миинэн, устан кэлэн олохсуйбуттар. Онтон кэлбит дьоннор ол Тииттээххэ олохсуйан үөскүүллэр.
Онтон кинилэр уҥа өттүлэригэр Харгыйа аҕатын ууһа баар. Огдураан да диэн ааттыыллар. Олор Тииттээхтэр кэннилэриттэн харыйаны миинэн кэлбиттэр диэн кэпсииллэр. Ол атааннаһар эрдэхтэринэ ааттыыллара эбитэ дуу.
Кинилэри онно тохтотумаары, Тииттээхтэр ох саанан ытыалаан тоһуйбуттар. Ол кынан баран, Харгыйа аҕатын ууһа элбэхтэр. Күүстэринэн олохсуйан хаалбыттар.
Хаптаҕайдар ситинник үөскээбиттэр уонна тыаҕа тахсан испиттэр. Мыла үрэх устун. Тииттээхтэр Мыла үрэх устун тахсыбыттар. Харгыйалартан эмиэ мыраан үрдүгэр Харыйалаахха олохсуйбуттар. Харыйалаах аҕатын ууһа үөскүүр.
Чэ, итинник.
НӨӨРҮКТЭЭЙИЛЭР
Нөөрүктээйилэр тустарынан Нөөрүктээйи оҕонньотторо кэпсииллэринэн.
Нөөрүктээйигэ маҥнай Петровтар диэннэр олохсуйбуттар. Биллэн турар, соҕуруу диэкиттэн кэлбиттэрэ буолуо. Өрүһүнэн. Кинилэр кэннилэриттэн Нөөрүктээйилэр диэннэр кэлбиттэр. Элбэх киһи. Эмиэ өрүһүнэн устан.
Ол Нөөрүктээйи аҕатын ууһа халыҥ дьон, өрүскэ үөскээн баран, тыаҕа тарҕанан барбыттар. Кэнники, арахсаннар, түөрт Нөөрүктээйи буолбуттар. Олус ыраах-ыраах үөскээннэр, тэнийэн хаалбыттар. Ити билиҥҥи Павловскайынан, Мооронон, өрүһүнэн-тыанан. Саамай улахан нэһилиэк хаалан хаалар.
Онтон бу диэкинэн, ити Түүйэнэн, Көлөт Нөөрүктээйитэ арахсар. Туспа нэһилиэк буолар. Уонна Нөөрүктээйиттэн Тыараһа диэн нэһилиэк арахсар. Бу Мыла үрэх халдьаайытынан уонна Хомпу куулатынан, икки өттүнэн, сүнньүнэн. Биир нэһилиэк гынан баран, эмиэ нэһилиэктэри туораан, Тыыллыма нэһилиэгин туораан.
Уонна өрүскэ, Ороссолуода соҕуруу өттүгэр, Дьөппөн бэтэрээ өттүгэр, ити икки ардыгар, Быллараат Нөөрүктээйитэ диэн кыра нэһилиэк баар этэ. Ол билигин Дьөппөҥҥө киирэн турар.
Көлөт Нөөрүктээйиттэн, Түүйэттэн хоту билигин Мөҥүрүөн диэн ааттанар. Чоочо үөскээбит сирэ былыр.
Ороссолуода Түмэти диэн ааттаах былыргыта, Торуой Тыыллыма диэн. Ити Ороссолуоданан тыаҕа тахсар. Ыраах тахсар. Түөрт көскө тиийэ тахсар. Хаатылыманан.
Николай Михайлович Сидоров (1922). Мэҥэ Хаҥалас, Өлөчөй. Хара ийэтин ууһа. 1989 с. суруйбутум.
ХАРА ИЙЭТИН УУҺА
Хара ийэтин ууһа. Хара нэһилиэгиттэн хара оҕустаах хара уол көһөн кэлбит манна. Ол кэлэн, олохсуйбут. Ол олохсуйбут сирэ Кыыл Аабыт. Уулаабыт диэн быһыылаах. Ону кылгаппыттар. Кыыл Аабыт – ити кыстыга. Сайын буоллаҕына, бу Өлөчөйгө сайылаабыттар. Кэлин.
Хара ийэтин ууһа түөрт араспаанньа үөскээбит: Сиидэрэптэр, Хабырыллайаптар, Ородьуйуонаптар, Стручковтар. Төрдүлэринэн дьадаҥы дьоннор. Холобура, бу мин эһэм Иһиччит Мааркап диэн үһү. Үйэтин тухары мас иһити оҥорор.
Биһиги төрүппүтүгэр Матаатай диэн киһи үөскүү сылдьыбыт. Аатырар охсооччу.
Алексей Андреевич Петров (1919). Мэҥэ улууһа, Бахсы нэһилиэгэ. 1982 с. Чурапчы Чыаппаратыгар суруйбутум.
ҮРҮҤ ОҔУСТААХ ОҔОННЬОР
Мэҥэ Хаҥаласка, Дойдуунускайга Дойду Бахсыта диэн баар. Улуу Арыы диэн. Ол арыыны Мэҥэҕэ биэрэн тураллар. Көһүү саҕана. Ол арыыны олохтоохтор, кырдьаҕас өттө, Бахсы Арыыта дииллэр. Диэх тустаахтар.
Ити Бахсы, Танда Бахсы уонна бу Орто Бахсы барыта биир эбит.
Былыр биир үрүҥ оҕустаах оҕонньор сири ааттаталаабыт үһү, кэрийэ сылдьан, диэн кэпсииллэр этэ. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ. Баҕар, биһигини албыннаан этэллэрэ буолуо.
Биир сир хас да ааттаах буолар. Аата суох сир олох суох. Ханнык да дүөдэ-хаада, үрүйэ-харыйа ааттаах.
Прокопий Кириллович Соломонов. Арҕаа Хаҥалас улууһа, IV Малдьаҕар. 1991 с. кэпсэтэрбэр 77 саастааҕа.
МЭҤЭ ХАҤАЛАС ХАПТАҔАЙЫГАР
Кыргыспыт диэн төбүлэх баар. Ити төбүлэх үрдүгэр үс киһи харыйа маһы болуот оҥостон кэлэн баран, харгыга иҥнибиттэр диэн аатырар. Нэһилиэнньэ буолабыт диэн олохтоох хаптаҕайдары кытта кэпсэтэн көрбүттэр. Ону олохтоох хаптаҕайдар сөбүлээбэтэхтэр, сэриилээбиттэр. Холдьоҕон.
Ону Хабыкый диэн киһилэрэ, арыычча сытыы киһилээхтэр эбит, куоракка үҥсэ киирбит. Ол киирэн, кумаакы таһаарбыт. Сурук. Онон олохтоох дьон нэһилиэнньэ гыммыттар.
Торбос Харах, биир Куукуй диэн үһү. Хайдах эрэ дүлэй киһини Куукуй дииллэр дуу.
Торбос Хараҕы буоллаҕына Алаас диэҥҥэ олохтообуттар. Куукуй диэни Огдорооҥҥо олохтообуттар, Хабыкый диэни – Харыйалаахха. Онон олохсуйан хаалбыттар. Ол дьон хантан да кэлбиттэрэ биллибэт. Сахатынан сахалар эбит.
Иннокентий Михайлович Неустроев. Мэҥэ улууһа, Баатара нэһилиэгэ (билигин Бэдьимэ нэһилиэгэ). 1983 с. кэпсэтэрбэр 62 саастааҕа.
АТЫЫР ТИРИИТЭ
Атыыр Тириитэ ааттаммыта – былыр айаннаан иһэр дьахтар, суолга оҕолонон баран, кулун тириитигэр оҕотун суулаан баран, чабычахха уган, тиит мутугар ыйаан кэбиспит. Ону олохтоох кырдьаҕас оҕонньор, түбэһэ түһэн, оҕо ытыырын истэн, дьиэтигэр кэлэн, оҕо оҥостубут. Ол оҕоттон Боппуоктар төрүттэрэ үөскээбит. Ити дьоруойдар төрүттэрэ. Кинилэр былыргы хос ааттара Масхалар диэн эбит. Маска ыйааммыттар, Масхалар, диэн.
Сайылыгы Атыыр Тириитэ диэн ааттаабыттар – сонтон.
Семен Никонович Стручков (1912). Мэҥэ улууһа, Дьабыыл нэһилиэгэ. Баргыдай аҕатын ууһа. 1991 с. суруйбутум.
АМПААРДААХ АЛААС
Ампаардаах Алаас диэн улахан сир баар. Дириҥ уулааҕынан, улахан соболооҕунан аатырбыт сир. Былыр-былыргыттан киһи аймах тоҕуоруйан олорбут сирэ. Бу сир былыргы аата Муҥха Баалы диэн эбитэ үһү. Илин бас, баһын халдьыытыгар былыр сэриилэһээри, кыргыс үйэтигэр, ампаар туппуттара турар. Бу алаас олохтооҕо Поповтар төрүттэрэ мин оҕо эрдэхпинэ Бөлтөккөй Бөтүрүүс диэн оҕонньор баара. Кини кэпсээнинэн, бу ампаар тула киһи уҥуоҕа уонна сылгы уҥуоҕа мээнэ ыһылла сытара үһү. Ону айыырҕааннар, хомуйтаран ылан, көмнөрбүттэрэ үһү диэн буолар.
Бу Поповтар төрүттэрэ баай дьон уолларыгар илин улуустар баайдарын кыыһын ойох ылбыт. Хайа улууһа биллибэт. Просто илин диэн. Ол кыыһы уол сүгүннэрэн киирэн испит. Бу сир халдьыы өттүнэн Халдьыы Үрэҕэ ааһар. Ол Ампаардаах Алааһы аппанан сибээстиир. Аппа киирэр буоллаҕа. Онон ол аппанан киирэннэр, ол Ампаардаах Алааһы өҥөс гына түспүттэр. Дьахтар буоллаҕына, бу сири өҥөйөөт, ат миинэн иһэн, эригэр сыста түһэн, эппит: «Бу дьүһүннээх сиргин арбаан-хайҕаан кэпсээбитиҥ дуу?» – диэбит.
Онтон ата бүдүрүйбүт. Сотору соҕус буолан баран. Кыыс атыттан сууллан түспүт. Ол түһэн, тыла суох буолан, өлбүт.
Баай ыал кыыһа туох да баһаан симэхтээҕэ, энньэлээҕэ эбитэ үһү. Ону ол алаас халдьыытыгар атын симэхтэри, дьахтар симэхтэри көмөн кээстэр. Онон сир аннынан ханан эрэ кылаат сытар диэн сабаҕалыыллара. Ханан сытара, ханан көмпүттэрэ букатын биллибэт.
Илин улуустар истиилэригэр кыыскытын күтүөккүт өлөрөн кээспит диэн тиийбит. Онтон илдьит ыыппыттар илин улуустар: «Сэп курдук сэрэнэн олоруҥ, ох курдук оҥостон олоруҥ. Биһиги сэриилээх тиийэбит», – диэн.
Онно күтүөт, сэриилэһэргэ бэлэмнэнэн, туттарбыт ампаара диэн кэпсииллэр. Дьэ, онно күтүөт сэриилэһэрдии бэлэмнэнэн, бу ампаары туттарбыта үһү.
Кырдьык да, тула өттө барыта чуолҕаннаах этэ. Ол уоттанан хаалбыт. Ол чуолҕана букатын сир кырсыгар тиийбит этэ. Дьэ онон, бу сир аата уларыйан, Ампаардаах Алаас диэн аатырбыта үһү.
Алексей Дмитриевич Артемьев-Мойук Өлөксөй (1911). Мэҥэ улууһа, Үөһээ Алтан нэһилиэгэ. Саҥкычах аҕатын ууһа. 1989 с. кэпсэппитим.
КҮРДЬЭХ КӨППҮТ
Былыр аҥаардас биир эмээхсин олорбут. Ити Күрдьэх Көппүккэ. Ол буоллаҕына соҕотох ынахтаах эбит. Саас хойутаан кэлбит. Ынаҕар хаар күрдьэн биэрэр үһү. Хонуу таһааран. Дулҕаҕа.
Күрдьэҕин батары анньан баран, сынньана олорбут. Онно күрдьэҕэр кэлэн кэҕэ эппит. Эмээхсин үөрбүт. Күөххэ үктэнэр киһи буоллум диэн. Ол гынан баран, ол түүн өлөн хаалбыт.
НАМ
Василий Николаевич Попов-Бочоох (1909). Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ. Дьаакынаан аҕатын ууһа. 1982 с. кэпсэппитим.
СИЭЛЛЭЭХ ОЙУН
Сиэллээхтэр Өтөхтөрө диэн сир баар. Сиэллээх ойун, дьону бэтиэхэлээри итиэннэ ардах иҥин түһэрээри гыннаҕына (тууһут идэлээх эбит), киирэн, төбөтүн ууга уган баран илгиһиннэҕинэ, быыкаайык былыт тахсан баран, ардах түһэр идэлээх эбит.
ХАТЫРЫКТААХ САННЬЫЛҔА
Ити киһи Чурапчыга үөскээбит киһи эбит. Нэһилиэгин билбэппин. Бүөкээни диэн алааска үөскээбит. Бээтин аҕатын аата Күөттээни диэн эбит. Ийэтин аата биллибэт. Ити киһи биир сүрдээх улахан, киэҥ алаастаах эбит. Ол алааһын түөлбэтигэр олорор эбит. Саамай дьиҥнээх киинигэр. Ити кини алааһа биир улахан саар булгунньахтаах эбит. Ол булгунньаҕын хаҥас тэллэҕэр хотуттан ааҥнаан киирбит бөдөҥ томороон тииттээх тумул баар эбит. Ол тумулга кэлбит-барбыт дьон бары тохтоон, тоҕуоруйан, аһаан-сиэн бараллара үһү. Бу Күөттээни диэн оҕонньор сүөһүнэн байбыт баай-дуол киһи эбит.
Улахан уола Хатырыктаах Санньылҕа бэт эдэр сааһыттан ойун киһи буолбут. Ол киһи, ол ойуннаан, барытын чугастааҕыны билэн, эмтээн-томтоон, дьэ, Хатырыктаах Санньылҕа дуо диэн аатыран барбыт.
Иккис уола Лыгый Бөҕө диэн. Кини сүөһү-ас иитэр, хаһаайыстыба тэринэр, дьиэни-уоту көрөр киһи эбит.
Үһүс уола Адаҕымда Бэт наар бөдөҥ булду бултаан, тайаҕы, эһэни өлөрөн, дьэ, онон аһаан-сиэн, иитиллэн олороллор эбит.
Төрдүс уола Быһый Чөөкүмдэ араас күндү түүлээҕи, көтөрү-сүүрэри бултаан, онон дьонугар көмөлөөх. Куһу-куобаҕы, саһылы, солоҥдону, кырынааһы бултаан, аһаан-сиэн олорбут дьон эбит.
Кыыһа Көтөр Бүөбэх дьүһүнэ адьас харахтыын, кыламанныын туус маҕан эбит. Адьас хастаххай маҕан 1 дьахтар эбит. Таҥаһын буоллаҕына, кыһыҥҥытын бэргэһэлиин, үтүлүктүүн бүтүннүү маҕан куобаҕынан, кыһыҥҥы куобаҕынан, түүтүн таһыгар гына таҥнар эбит. Сайыҥҥы таҥаһа буоллаҕына, от-мас сибэккитин мунньан, ону тигэн, тайах, таба тириитин, ону сарыылаан, маҕан таҥаһы таҥнар идэлээх эбит. Итиэннэ кырынаас эҥин тириитин, мугучаах 2 тириитин таҥнар эбит. Үксэ ойуу оҥостор курдук кэпсииллэр этэ.
Дьэ, ити дьахтар тохсунньу ый тоҕус күнүгэр кыһын хас сыл аайы хадыһа оҥостон тахсар. Ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор буолбут. Бу дьахтар, сайынын буоллаҕына, от ыйын 12 күнүгэр эмиэ ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор идэлэммит.
Бу сүөһүлэрин, баайдарын иһигэр саамай бэлиэ икки сүөһү баар. Ол сүөһүлэриттэн бэлиэтэ диэн атыыр оҕус баар эбит. Ол атыыр оҕус сүүһүгэр туоһахталаах, икки өттүгэр саппыйалаах, кутуругун төбөтө үрүҥнээх. Биир ассыын, ол аата түөт чиэппэр, уһун муостаах. Кутуруга сиргэ сыһыллыбытын ордуга биир ассыын.
Сиргэ тиийэн баран, биир ассыын сыһыллар эбит. Итиэннэ иккис бэлиэ сүөһүтэ биир атыырдаах эбит. Ол атыыра кыталык элэмэс. Ол аата кугас элэмэс диэн буолар. Ити атыыр көҕүлүттэн үөһээ өттө, сиэлэ икки өттүнэн силэллэн түспүт, сиһэ бүтүннүүтэ эмиэ арҕаһын, моонньун, сиэлин курдук, сиһин икки өттүнэн хайдан, намылыйан түһэр уһун сиэллээх эбит. Кутуруга быһаҕаһыттан үөһээ өттө маҥан, такымыттан үөһээ өттө, аллараа өттө хара уонна уһун, суон хойуу кутуруктаах эбит.
Дьэ бу сүөһүлэнэн, байан-тотон олордоҕуна, аччыгый уола Быһый Чөөкүмдэ тыаҕа бултуу тахсыбыт. Ол тахсан, уон ордуга икки куобаҕы уонна саһыл, кырынаас, солоҥдо сүгэн киирэн иһэн, баараҕай булгунньах хаҥас тэллэҕэр баар тумул бөдөҥ тиит аннынан суолун устун киирэн истэҕинэ, улахан тиити үстэн бииринэн холобурдаах үрдүк, улахан, суон киһи барыйан көстүбүт.
Бу киһи Быһый Чөөкүмдэни: «Тохтоо эрэ, нойоон», – диэбит.
Быһый Чөөкүмдэ эргиллэ түспүт. Киһитин диэки. Киһитэ барыйан туран эрэ эппит: «Ааттаах быһый Быһый Чөөкүмдэ буоллаҕыҥ дии. Үс тоҕус түһүлгэтэ оҥор», – диэбит. Ол аата тоҕуста кылый, тоҕуста ыстаҥалаа, тоҕуста куобахтаа диэн. «Мин кэннигиттэн батыһан көрүөм», – диэбит.
Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ, куттаммыта да бэт буолан, үс тоҕус түһүлгэни оҥорон түһэр. Куобаҕын, таһаҕаһын түһэрбэккэ эрэ, сүкпүтүнэн.
Били түһэн истэҕинэ, бүтэн истэҕинэ, кэнниттэн атах тыаһа либиргээн иһиллэр уонна сөҥ саҥа эмиэ иһиллэр: «Нойоон, биир сүөмү аһардым ээ. Аны эн мин киһим буолаҕын», – диир.
Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ дьиэтигэр, таһаҕаһын сүкпүтүнэн, сүүрэн дэгэйэн киирэр. Аанын тэлэйэ баттаан, таһаҕаһын сүкпүтүнэн аҥаар атаҕынан аан боруогун атыллаан турдаҕына, киллэрбэккэ эрэ, тойон убайа Хатырыктаах Санньылҕа үс сырҕан эһэ тириитэ олбохтонон билирик ороҥҥо кэтэҕиттэн тардыһан тиэрэ түһэн олороро үһү. Өйөнөн. Кини эппит: «Дьэ, нойон, алдьархайы оҥордуҥ. Иин уутун курдук, иҥнэри үктээн киирдиҥ. Ити Үөһээ Халлаан Былытын уола түһэн турарыгар түбэһэ кэлэҥҥин, кылыйаҥҥын, ыстаҥалаан, куобахтаан, кыаттардыҥ. Ол кыаттарбыккын ити абааһы уола аны мин киһим диир. Онон, үс хонукка тохтотон бараммын, ити киһини илдьэ барабын диэн этэр. Сэргэҕэ дьэргэлгэн элэмэһим баанан турар. Ол үрдүгэр түһэҥҥин, төттөрү сүүрдэн таҕыс, тииккэ өйөнөн турара буолуо. Ону: Тойон убайбар киириэҥ үһү диэ. Оччоҕо батыһан киириэ”», – диир.
Ол ыккардыгар Хатырыктаах Санньылҕа суол ааныттан уҥуо ороҥҥо дылы хара эһэ тириитинэн сиргэ тэлгэтэн, уҥуо ороҥҥо үс хос сырҕан эһэ тириитин тэлгэттэрэн, үс баҕанаҕа сур бөрө тириитин салама ыйатан тоһуйар.
Быһый Чөөкүмдэ били аты миинэн тахсан Былыт уолун ыҥырар: «Тойон убайбар киириэҥ үһү», – диир. Диэт, атын төттөрү салайа баттыыр да, дьиэтин диэки тибилиннэрэр. Ол иһэн иһиттэҕинэ, киһи атаҕын тыаһа либийэр. Атын сэргэтин биир салаатыгар иилэ быраҕар да Быһый Чөөкүмдэ дьиэҕэ киирэр. Дьиэҕэ киирбитин кэннэ, аан тэлэллэ түһэр. Биир хара күлүк киһи киирэн кэлэн, уҥа ороҥҥо олорбут курдук күлүгэ көстөр.
Хатырыктаах Санньылҕа, ойон туран, түҥүрүн ылан, кыыран илгистэр: «Бу бырааппын ылыма. Хааллар. Ол оннугар мин атын тугу баҕарар биэриэм», – диир.
Кыыран бүтүүтүн түмүгэр – кэпсэтии. Абааһы уолунаан сөбүлэһэллэр икки өттүттэн. Сөбүлэһэннэр, тоҕус хонукка тохтотор буолар. Итиэннэ илдьэ барарын тохтоппот Абааһы уола.
Дьэ туран, кэпсэтиилэрин түмүгэ – үс суол муус ураҕаһынан үүрбэ үүрдэрэргэ диэн. Үүрбэ диэн сэттэ эргэ бара илик кыыс, сэттэ ойох ылбатах уол итиэннэ маҥан түүлээх үс сэттэ ынах сүөһү. Барыта эдэр, үс саастаах, икки саастаах сүөһү. Итиэннэ үс сэттэ сылгы сүөһү. Бу сүөһүнү үс муус маҕан таҥастаах, үс маҕан ураҕастаах, ол аата тэтиҥ маһы сулуттаран, бу сүөһүнү, бу икки сэттэ киһини барытын, ол ынахтары, сылгылары барытын, саар булгунньах тэллэҕинэн үстэ эргиттэрэн баран, тумул баараҕай тииттэр, абааһы уола тохтообут тиитин, аннынан хоту диэки үүрдэрэр кинэ кэпсэтэллэр.
Ити бириэмэ балаҕан ыйын эргэтин, алтынньы ый саҥатын диэки буолуо дииллэрэ.
Дьэ, ити тоҕус хонуктара туолан, ити үүрбэни бүтүннүү үүрдэрэн, Быһый Чөөкүмдэ, тугу да аһаабакка-сиэбэккэ хаҥас ороҥҥо сытан, өлөн хаалар. Ону Хатырыктаах Санньылҕа көмтөрөр.
Дьэ, ити уоллара өлөр, икки сэттэ уоллаах кыыһы кытта, үс сэттэ сүөһүнү үүрдэрэн бүппүтэ төгүрүк сыла туолбутун кэннэ, Бүөкээни диэн алаастаах Күөттээни оҕонньор улахан уолун Хатырыктаах Санньылҕаны соруйар: «Бу Былыт уолугар өрө кыыран таҕыс. Тоҕус олоххо кыыран баран, тиийэриҥ буолуо. Мин атыыр оҕустаахпын. Ону киллэрэн, атыыр оҕуһунан хассыһыннаран, кыайдын».