Полная версия
Үһүйээннэр, номохтор
Биир каһаакка эппит: «Таһааран ити киһини хаайыҥ», – диэбит. Ону: «Тахсыбаппын. Хоруйдат», – диэбит.
Ол кэнниттэн тойон 12 буолуохтарыгар диэри каһаактары мунньубут, Сүлэни хаайыыга таһаартараары. Сүлэ сис туттан турбута турбутунан, хамсаабат даҕаны. 8 буоланнар каһаактар үтэн-анньан кыайбатахтар. Дьиэлэригэр баппаккалар, быалаан баран тардыбыттар. 11 киһи тардарыгар бэриммэтэх. 12 киһи тардарыгар ат буолбут уонна муннунан, айаҕынан хаана баран өлбүт.
Доҕор киһитэ түүннэри-күнүстэри дойдутун былдьаһар уонна Онокуга: «Аҕаҕын нууччалар өлөрдүлэр», – диэн этэр.
Оноку, дьэ, Дьокуускайга киирэр. Ыаллартан ыйдарар, аҕаҕын оннук сиргэ көммүттэр диэн. Ону баран хаһар, бөрө саҥыйахтаах киһини сулбу тардан таһаарар. Онтон 3–4 тиити суулларар уонна кэччиктээбэккэ эрэ бүтүннүү аҕалтыыр. Аҕалан баран, кэччиктэтэлээн кутаа оттор. Бөрө саҥыйахтаах киһитин бу уотугар быраҕар. Маныаха туран били киһитэ үс төгүл аттыы сүүрэн тахсыбыт. Ону ураҕаһынан ылан уокка быраҕан испит. Ону көрбүт дьоннор, нууччалар даҕаны, сахалар даҕаны: «Бу Кыйаар дьоно илэ абааһылаах дьон эбиттэр», – диэбиттэр.
Оноку ити кэнниттэн аҕатын уҥуоҕун ыырдан тахсыбыт уонна, Нымылах икки Ньурбачаан икки ардыларыгар толоон баар, ол ойоҕоһугар алаас сир баар, ол ортотугар булгунньахха оҥкучах хаһан, көмөн кэбиспит. Оҥкучах хаһыар дылы бэрэмэдэйдээх уҥуоҕун ачаахтаах тииккэ ыйаан турбут. Ол тиит билигин охто сытар. Охтубута уонча сыл буолла. Урут, мин уончалаах эрдэхпинэ, өкөйөн турар эбит этэ. Ачааҕа онно турара. Кэлин ачааҕа хайа барбыт этэ. Бу тиит туһунан миэхэ эһэм оҕонньор, Степанов Алексей, мин уончалаах уол эрдэхпинэ, 69 сыллааҕыта, кэпсээбитэ.
Бу сири, Сүлэ уҥуоҕа көмүллүбүтүн кэннэ, Мэҥэ, Чээнэр 2 Мэҥэтэ диэн ааттыыллар. Былыр киһи уҥуоҕун тутабыт диэбэттэр, киһи мэҥэтин эргийэбит дииллэр. Уҥуох диэхтэрин харыстаан, ыарырҕаан этэллэрэ эбитэ дуу.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Өлөссүбүттэр – охсуспуттар, илиилэспиттэр.
2 Чээнэр – Сүлэ оҕонньоро. Петр Иванов диэн. Ити сир кини ходуһата этэ.
УОҺА СУОХ УОҺАРАП
Быырта икки ойохтоох. Тус-туһунан дьиэлээн олорбут. Улахан ойоҕуттан икки уоллаах: Муҥур Илии Буолкап, Сантаҥа диэн. Оччугуй ойоҕуттан биир уоллаах – Уоһа Суох Уоһарап. Бу уол үөһэ уоһа сиирэҕэс эбит.
Былыр куһаҕан дии санаабыт оҕолорун, ыаҕаска уган, ыйаан кэбиһэллэр эбит. Ол курдук Уоһа Суоҕу ийэтэ: «Ыаҕаска уган кэбиһиэххэ», – диэбит.
Тас эмээхсин киирэн кэлбитигэр: «Эдьиэй, ити оҕону ыаҕаска уктарыахпын баҕарабын», – диэбит. Ону туран: «Аҕал эрэ, хотуй, ыаҕаска угар оҕоҕун», – диэн баран, оҕону ньилбэгэр ууран олорон, арыынан уҥунуохтаабыт уонна: «Лик курдук. Киһи ньилбэгэр биллэр. Хойут киһи төрдө буолсу. Ыаҕаска уктарыма», – диэбит.
БАСКАРДЫЫР УЙБААН
Баскардыыр Уйбаан кылгас киһи эбит. Үс ынахтаах ыалга аҥаардаан үлэлиир эбит. Үлэлиир киһитин аата Гоморов диэн. Гоморов баай киһитэ үһү. Бөтүрүөптэн хотуур ортотугар диэри аҥаарыгар 8 былас оту оттонон, кээһэн бүтэрэн кэбиһэр. Хотуур ортотуттан (атырдьах ыйын 19 күнэ билиҥҥи стилинэн) күһүҥҥү өттүгэр, дьэ, ардах да ардах бугул барыта ууга барбыт. Ону, дьэ, кээһэн, куурдан, маска-окко ыйаан, сүгэнэн кэрдэр кэриэтэ сүөһүлэригэр сиэтэн кыстаабыттар.
Күһүөрү кыһын, Бокуруоп саҕана (билиҥҥилиинэн алтынньы 14 күнүгэр), эмээхсин туран ыалга сорукка ыытар (урут ынахтарбытын туттуох диирин сөбүлээбэт эбит) уонна үс ынаҕын сүүскэ биэрэн кээһэр. Хаанын сүүрдээри сырыттаҕына ойоҕо тиийэн кэлэр. «Хайа, бу иирдиҥ дуо? Туох буолан сүөһүгүн кыдыйдыҥ?» – диир.
Маныаха оҕонньоро күлэр: «Хата, бу тоноҕун сиэҥҥин, аны кыһын дьыл кыстыаҕыҥ», – диэн.
Инньэ гынан баран, кыһыҥҥытын аҥаарын Гоморовка үлэлиир, аҥаарыгар бэйэтигэр от-мас булунар.
Дьыллара эрдэ соҕус, Дьөгүөрүйэп саҕана (билиҥҥилиинэн ыам ыйын 6 күнүгэр) кэлэн, үрэх хаайар, онтон Ньукуолун саҕана (ыам ыйын 22 күнэ) күөх от үүнэн, сүөһү лаппа кирэр буолар. Маныаха туран, үс харыс хаар түһэн 12 хонукка турбут. Кыһын курдук. Ыал-ыал сүөһүтэ бу мантан элбэхтик сутаан өлөр. Маны буус сут диэбиттэр эбит. Ити 148 сыллааҕыта буолбут.
Бу сукка Баскардыыр Уйбаан үс ынаҕын көҥдөйүн үс талыы сөбүлээбит ынаҕар биэрэр уонна отун, биэс гынан баран, 4 ынахха биэрэр. Отун биэс гыммыт биирин 7 ынаҕар сиэтэр. Гоморов сүөһүтэ имидиэр (туох да орпокко) өлбүт уонна Уйбаан 7 ынахтааҕын (барылара төрөөбүттэр) истэн, суорат сии кэлэр. Дагдалаах суорат сиир. Дьиэтигэр кэлэн иһэн, дүлүҥ үөһэ олорон, ытаабыта үһү: «Басхардыыр Уйбаан курдук, оппор кэмнээн сүөһүм сороҕун ордорбут буолуум», – диэн.
Ити сут дьыл кэнниттэн улам үчүгэй буолан испит эбит Баскардыыр Уйбаан.
ААТТААХ ОЙУУН ДЬААРЫН
Дьаарын – Кэтирэй уола. Бордоҥҥо кинээс эбит. Ааттаах ойуун идэлээх киһи эбит.
Нэлэкэй Кылаа диэн баар эбит. Ол атыырын аата Мүлдьү Босхоҥ диэн. Бу атыыра – дьикти боруода. Сиэлиттэн кутуругун төрдүгэр диэри, арҕаһын бата, кыра сиэл үүнэн барбыт. Ити гэннэ бу илин атаҕа кытта сиэл буолан түспүт. Дьэ, ол атыыр ытыктаах эбит, ытык дабаттарар эбиттэр.
Ити биһиги Эбэбит хотугу өттүгэр арыы сытар. Күөл эрдэҕинэ. Кэлтэгэй Арыы аннынан, Илин Дэриэбинэ аттыгар. Атынан кэстэрэн киирэллэр эбит. Илин Дэриэбинэ диэккинэн. Ол арыыга олороллор эбит сайын бу дьон. Онно Соҕотох Тиит диэн соҕотох тиит баар үһү. Бу аҕыйах сыл буолла эмэх буолан охтубута. Ол тиит таһыгар бу киһиҥ ыһыах уурбут. Ыһыах ууран баран, бу Дьаарын ойууну баран ыҥырар: «Бараҥҥын, ытык дабатан, кымыспын ыһан кулу», – диэн.
Чэ, онуоха ол ыһыаҕар барар. Алҕаан, ытыгын дабатан, кымыһын иһэрдэн, баҕаҕар ыһан, атыырыгар иһэрдэн. Онтон, дьэ, кэлин дьоннор испиттэр ол кымыстарын. Ол гынан баран, кэлэригэр Нэлэкэй Кылааттан атыырын көрдүүр. «Миэхэ бу атыыргын аҕал», – диэн. Маны туран, дьэ: «Биэрбэппин», – диэбит. Онуоха туран: «Миигин бачча дойдуга күлүү гынан, элэк гынан ыҥырбыккын. Биир атыыр иигин харыһыйаҕын 1. Атаҕым соболоҥун биэрдэргин да ылыам, биэрбэтэргин да ылыам», – диир. Ону: «Эн хайдах гынан ылаары гынаҕын? Биэрбэппин!»
Дьэ, этиһии барар. Дьаарын кыһыл талаҕы хабырҕа эриэннии кыһар эбит. Атын кымньыытын. Ол кымньыытынан сири түөрт өттүнэн далбаатаабыт. «Ол уолум кэлэн ылыҥ, ол кыыһым кэлэн ылыҥ», – дии-дии. Алгыы-алгыы арыыттан кэстэрэн, Куочайы арҕаа өттүнэн дьиэтигэр, Оҕуруоттааҕар, барар.
Били атыыра, тииккэ икки көнтөһүнэн бааллан турар атыыр, өрө тура-тура, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы мөксөр. Инньэ гынар да суларын быһа түһэн кээһэр. Онтон били Дьаарын тахсыбыт суолунан сүүрэр. Дьэ ону, мунньустубут дьоннор күөйэ көтөннөр, ыыппаттар. Атыырдара арыыны тула сүүрэн барар. Ол баран, Бөрө Тумула диэн сиргэ күөлгэ көтөн түһэр.
Бу дьоннор туос тыынан сырыһыннараллар. Дьэ, ол харбаан, тыылаах дьон сэргэ тиийсэллэр. Хонууну булан баран, туруо дуо, чыҥха арҕаа тэбинэр дии. Дьэ онон, ол атыыры ойуунунан былдьаан барта үһү диэн сэһэргиир этилэр.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Биир атыыр иигин харыһыйаҕын – биир атыыр туран буоһаппытын харыһыйаҕын.
ДЬААРЫН КЭБИН ТУОММУТА ҮҺҮ
Дьаарын биир кыыһа хара ыалдьарга ыалдьыбыт. Ону кытта (хара ыарыы абааһытын, иччитин кытта), күөх эбириэн оҕус буолан, харсыбыт. Куттаан, өлөрсөн. Хоту Муустаах муораҕа кыйдыам диэн биитэр Хаҥас Диэкилэргэ (абааһылар бааллар эбит) илдьэн туттарыам диэн. Куттаан куоттаран.
Бу Бүлүү төрдүгэр Нүдүлү диэн күөл баар эбит. Ол күөлгэ тиийбит. Абааһыта күөлгэ уртуус курдук ундьулус гынан хаалбыт.
Онно Дьаарын кэбин туоммута үһү: «Ундьулус гынан хаалла. Кэнэҕэс эргиллэрэ буолуо. Кэннин хайыһан, чарапчыланан баран куотта», – диэн.
ДЬААРЫН УОЛА ДЬАЛАҔАЙ КИИЛЭЭН
Дьаарын Дьалаҕай Киилээн диэн хаччаҕайдыы маҕан сирэйдээх уоллаах эбит. Ол киһи сайын Бөтүрүөп саҕана, окко киириэх иннинэ, Дьокуускайга киирбит. Ол киирэн ыһыахтарыгар тиийбит. Онно Тыгын удьуора киһи Хара Бытык Маһары диэн баар эбит. Ол, ыраахтааҕыны көрсөн кэлэн баран, ыһыах уурдаран кэлэн олорбут. Хааннаах эһэ тириитэ олбохтонон, балааккатын иһигэр, ыраахтааҕыны көрсүбүт үөрүүтүгэр. Ол Маһары күтүөттээх эбит, бөҕө киһи. Ыһыахтарын кымыһын иһэн бүтэн баран: «Дьэ, көр буоллаҕа, мин күтүөппэр бөҕөтө киллэриҥ», – диэн буолбут. Онно: «Суох. Биһиэхэ бөҕө киһи суох», – диэбиттэр.
Оччоҕо бу Бүлүүнү Бүлүү диэн ааттаабаттар. «Кыйаар киһитэ баар», – диэбиттэр. Маһары Киилээни ыҥыртаран ылан: «Мин күтүөппүн кытта тустан, холоһон көр. Эйиигин үчүгэй дииллэр. Көргүтүн көрдөрүҥ», – диир.
Ону, сөп дэсиһэн, дьэ, тустабыт диэн тылын биэрбит. Онтон олохтоох киһини сарыынан бүрүйэн киллэртэр. Биһиги киһибитин ким бүрүйүөй. Былыргы киһи тустар сыалыйалаах буолар. Анал. Адьарай онтун илдьэ сылдьар эбит буоллаҕа. Билиҥҥи ити туох курдук, үөһэ өттө таҥаһа түнэ, үөһээ бүүрүгэ кыыл иҥииринэн хатыллар. Быһа тарпат гына. Ол сыалыйатын кэтэн киирэр.
Сарыы бүрүөтүн быыһынан киһи илиитэ быкпыт. Ону лап гыннаран ылбыт уонна соҕотохто түөрэ холлоруктаан түһэрбит. Ол түөрэ быраҕан баран, кыһыыта кыһыылаах, үрдүнэн ойон ааспыт. Ол иһин кыыһыран: «Хаппыт оҕус тириитинэн өйдөтүөххэ», – диэбит бу Маһары. Мэник абааһы эбит, ама охтортун иһин диэн.
Таҥаһын баран таҥнар. Ол олордоҕуна эппиттэр: «Эйигин таһыйтараары гынна. Хаппыт оҕус тириитин имитиэххэ диэтэ», – диэбиттэр.
Атыгар сүүрэн барар, атын миинньэр. Батыйатын илдьэ сылдьар эбит. Маһарыга утары дьоруолатан кэлэр: «Дьэ, тутан имит эрэ», – дии-дии иннинэн быһа сүүрдэн ааһар.
«Ити хара ыты тутан кэлиҥ», – диэн уонтан тахса киһи сырыһыннараллар. Хара Бытык Маһары хараҕыттан сүтүөр эрэ дылы сырыһыннартар уонна төннөн кэлтэр. «Куотан хаалла, ситтэрбэтэ», – диэннэр.
Ол иһин кыһыныгар, саас кулун тутар ый саҕана Хара Бытык Маһары биир тойонноон, биир саамай улахан бөҕөтүн талан, Кыйаарга ыытар. Бу тойон Дьаарын таһыгар түһэр. Кинини ыҥыртарар: «Быһайын эн уолуҥ киирэн, Хара Бытык Маһары уолун охторто. Уолгун аҕал, туһуннар», – диир. Ону: «Мин уолум билигин суох. Кысчыттыы, тыалыы тахсыбыта. Хантан булуомуй», – диир. Ону: «Булгу буллар. Уолгун баар гын», – диир. «Сэттэ хонукта аҕал. Көрдөтүөхпүн», – диир.
Ону үс хонугу биэрбит. Онно Оноку уола Дьэгин Бөҕө диэн Арҕаа Үрэххэ бултуу тахсыбыт. Ону Дьаарыныҥ ылларар. Дьэ, ол гынан баран, баай киһи арыылаах кымыһы иһэрдэ-иһэрдэ этин уҥунуохтуур. Үс хонуга туолар.
«Хайа, уолгун буллуҥ дуо?»
«Бэҕэһээ киэһэ буллум. Атаҕынан тыалаан сылдьар киһи. Сэттэ хонукта аҕал. Сынньаннын».
Анарааҥҥыта: «Мин сүүс көстөөх сиртэн кэлтим. Күн сарсын туһуннар», – диир.
Дьаарын: «Саатар үс хонукта аҕал».
Дьэгин буоллаҕына: «Булдум хаалла. Туһуннар», – диир.
Иккиэннэрин сарыынан сабан киллэрэллэр. Тутуһа түһэллэр, тустан иэмэхтэспитинэн бараллар. Дьэгинэ туран тиэрэ быраҕан кэбиһэр. Тойон, Дьэгин таҥаһын арыйа тардаары, сүүрэн кэлэр. Дьаарын, таҥаһын арыйтарымаары, тутуһуу буолар. Дьэгин туруо дуо. Баран хаалар.
«Уолгун көрдөр. Атын киһинэн охтоттордуҥ, быһыыта», – диир.
«Бөҕөҕүттэн ыйыт», – диир.
Ол курдук хааһа сатаан-сатаан баран, уурайан хаалаллар.
ОЙУУНУ ИТЭҔЭЙИМИНЭ
Ойууттары итэҕэйиминэ гынара дуу, соруйан гынара дуу? Биир ойуун: «Кугас сылгылаахтар бааллар», – дии-дии кыырбыт. Ону дэлби таһыйар: «Бу кугас сылгылаах кыыһын миэхэ ойох аҕал. Кырдьык баар буоллаҕына», – диэн.
Маныаха ойуун кугас сылгылаахха кыыран тахсар буоллаҕа. «Дьаарын кинээс уола Дьалаҕай Киилээн үрүҥ дууһабын тутан сиэри, хара хааммын тоҕоору гынна. Ол иһин тиийэн кэллим», – диэбит. Дьэ ону: «Ол саха урааҥхай миигин сөбүлүө дуо?» – диир. Ону дьэ: «Булгу ылабын диэн миигин үлтү сыста. Эн сөбүлүүр киһиҥ. Миигин абыраа. Өлөртөрүмэ», – диир.
Дьахтара туран этэр: «Эчи муҥун. Ыйбар тиийэн ыксаан олоробун, хат буолан ханайан олоробун. Онон оттон барыам эни, барыам эни», – дэтэр.
Онуоха били ойуун төттөрү эргийэн: «Түҥүр, ходоҕой иһэр. Тэһииннэ тутуҥ», – диэн төттөрү эргийэр.
Онуоха тахсан, таһырдьа көрбүттэрэ, ити Бордоҥҥо Ыылаах диэн сир баар (Дьалаҕай Киилээн олоҕо), онно тумул үтэн киирэр. Онно тэҥкэ харыйатын курдук, арыт уот буолан көстөр дьон барыҥнаспыттар. Онтон туран, дал аанын тыаһа аһыллар. Аан умса түһэттээбит.
Дьоннор онтон, абааһы умса түһэрэн аспыта диэн, ааннарын иттэннэри, кэдирги анньан аһар буолтар.
Онтон туран, дьиэ ортотугар ынах ханнын курдук хара кэҕэй 1 бөкүнүҥнээбит. Дьэ, бу киһи туран, иттэннэри түһэн сытан дьиктиргээбит.
Былыргы киһи дьиэтин хаҥас өттүгэр хатырыгынан бүрүйэн хаппахчылаах орону оҥостор эбит. Онно арай дьахтар ынчыктаан дьиэрэһитэр, талыыта киирэн. Онтон туран, кыһыл оҕо ытаан марылыыр. Дьэ туран, били киһи ойуунун үнтү сынньан барар: «Аҕалтаабыт дьоҥҥун киэр гын!» – диэн.
Сынньыллыбыт ойуун көрдөһөр: «Сөбүлээбэтэ. Баран көрүөххүт буолуо», – диир.
Маныаха туран, били дьахтара этэр: «Эриэн ыт элэгэ, күөрт ыт күлүүтэ гыннаҕыҥ. Сүгүнүнэн араҕыам суоҕа. Атаҕым соболоҥун төлөөн араар», – диир.
Маныаха туран, били киһи, дьэ, тугун да биэриэн булбат. Арай били ойууннаах дьахтара этэллэр: «Сэттэлээх уол оҕоҕун биэрэр буоллаххына, сүгүнүнэн араҕабыт», – дииллэр. Ону сөбүлэһэр. Дьахтар барбыт. Сэттэлээх уол оҕо өлөн хоммут.
* * *Бу ойуун аны үөһээ Хара Сылгылаахтар бааллар диэн кыырар эбит. Ону эмиэ үнтү сынньар: «Хара Сылгылаахтар бааллар диигин. Онтон отчуттарда түһэрэн кулу», – диэн.
Үөһэ таҕыстым диэн үҥэн-сүктэн тиийэр. Онуоха: «Дьэ, үлэлиэм, түһүөм», – диир.
Онтон ити Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ биир киһи кэлэн, сүөдэс гына түһэн баран: «Оттуур сириҥ ханна баарый? Ыйан кулу», – диир. Онуоха ыйыталаан биэрэр. Хотуур тыаһа тыаһыыр, кыраабыл тыаһа тыаһыыр. Ходуһата күнүнэн бүтэн иһэр буолбут. Бугул бөҕө лаглыгыраан туран испит. Ыал иннигэр күһүн үлэтэ эрдэ бүтэн хаалбыт. Киһитэ: «Хамнаспын тугу биэрэҕит?» – диэбит. Онуоха: «Тугу сөбүлүүгүн, ону биэрэбин», – диир. «Аны кыһын, биир соноҕостоохпун, онтубун аҕалан аһатыаҕым. Биир түүтэҕинэн аһатааччыбын», – диир. Онуоха үөрэ саныыр. Биир ат айаҕа буоллаҕа дии диир. «Кыһын кэлэн олорор дьиэбит. Дьиэтэ ыйан кулуҥ», – диир. Онуоха биир иччитэх өтөҕү ыйан биэрбит. Күһүнүгэр ол киһитэ ол өтөҕөр кэлбит. Кини көрдөҕүнэ, киһитэ биирдэ кыбынан кэлэн аһатар эбит атын.
Сааскы өттүгэр Дьалаҕай Киилээниҥ сүөһүтэ барыта сутааран өлөн хаалбыт. Онон хойукку дьон Бөтүрүөп биир хонук ааспытын кэннэ окко киирбэттэр эбит. Абааһы окко киирбит күнэ диэн.
Ити курдук Дьалаҕай Киилээн, ойууну итэҕэйиминэ, уола икки баайа иккиттэн ааспыта үһү диэн сэһэргииллэр этэ.
Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:
1 Кэҕэй – ньирэй, кулун төрүөтэҕинэ бүрүнэн төрүүр дии. Ону кэҕэй дииллэр.
Степанида Павловна Иванова (1916). Ньурба, Сүлэ нэһилиэгэ. Одьолун аҕатын ууһа. 1964 с. суруйан биэрбитэ.
ОНОКУ ДЬААРЫННЫЫН СЭРИИЛЭСПИТЭ
Оноку Дьаарыннаахха 4 саастаах уол оҕотун илдьэ күүлэйдээбит. Оҕо оҕолору кытта оонньообут. Онтон, аһаан-сиэн баран, киирэ-тахса сылдьан, Дьаарын, аҕата көрбөтүгэр, Оноку уолун батыйанан өлөрөөрү турдаҕына, Оноку түбэһэ киирбит. Ону Оноку сэрэйэн, дьиэтигэр барбыт. Ол баран иһэн, оҕотуттан ыйытан билбитэ, дьиэлээхтэр кэпсэппиттэр, бу уол биһиги уолаттарбытын баһылыыр күүстээх, үчүгэй киһи тахсыыһы, онон улаатыан иннинэ өлөрдөххө сөп буолсу диэн.
Дьэ, онтон кэлин Оноку дьиэтин таһын туой киһи сойуолуур буолбут. Ону чуҥнаан билбитэ, Дьаарын бэйэтин бөтөстөрүн кытары үс буолан оҕону, бултуу бардахтарына, дьиэҕэ хаалларан барыахтара диэн, ону кэтэспиттэр, чуҥнаабыттар. Дьиэлээхтэр оҕолорун, соҕотохтуу хаалларбакка, илдьэ сылдьар буолбуттар.
Онтон эмиэ бултаан кэлбиттэрэ, үс аттаах киһи кинилэр дьиэлэрин эргийбит суолларын көрөн, үөгүлээн дэлбэриппит: «Бу туох оруспуойдара дьиэбин чуҥнуугут? Дьаарын хара түөкүн! Миигин билбэтэ буолуо диигин дуо? Туох иһин хааннаһарга соруннуҥ? Мин итини таах хаалларбаппын. Элбэхтэн – элбэх, аҕыйахтан – аҕыйах ордуо. Үс хонон баран, сир ортотугар сэриигин бэлэмнэн. Күн тахсыыта», – диэбит.
Маны Дьаарын истибит. Дьиэтигэр кэлэн, бэйэтин урдустарыгар эппитин, биир да киһитэ сэриилэһэргэ буолумматах. «Онокуну кытта тэҥнэстэр тэҥнэһиэх эн бэйэҥ бааргын. Биһиги тулуһар кыахпыт суох», – диэбиттэр.
Онтон үс хонон баран, сир ортотугар күн тахсыыта Дьаарын билиҥҥи Быарга, Бөкөрөөк Тумула диэн харыйа тумул баар, онно оччолорго бэрт аҕыйах ойуурдааҕа үһү, онно тоһуйбут. Оттон Оноку, Быартан Сэтиэнэх уҥуор Дьуохай диэн сир баар, онно тохтооччу. Икки ардын ырааҕа биэрэстэ аҥарыттан ордук буолуо.
Дьэ, ох саанан ытыаласпыттар. Икки өттүттэн тииттэргэ сөрүөстэн туран. Кэлин тиһэҕэр Оноку бүтэһик оҕугар Дьаарын улахан уола табыллан өлөөтүн кытта, даан биэрэн, дьиэтигэр куоппут.
Дьэ, ити кэнниттэн Оноку алакылыы, алакылыы өлөрбүт киһитин сүрэхтээх быарын батыйатыгар иилэн, үөһэ анньан туран, уу кытыытыгар туран алҕаабыт үһү. «Мин өстөөхпүн өлөрдүм, саастаахпын самнардым. Онон мин буруйа суохпун», – диэн.
Ол иһин ити сир Быар диэн ааттаммыта үһү диэн кэпсэтэллэр этэ. Мин бэрт кыра эрдэхпинэ. Оччоҕо Быар Сэтиэнэхтиин, биһиги олохпут эҥин үргүлдьү уута эбитэ үһү.
Ити билигин Бөкөрөөк Тумула диэн сиргэ мин билиэхпиттэн Оноҕостоох Тиит диэн ааттанар модьу, үрдүк баҕайы хатан хаалбыт тиит баар этэ. Урут, бадаҕа, абына-табына сорох лабааларыгар мутукчаланарга дылы этэ. Хойут олох хатан хаалбыта. Ити тииттэн мин аҕам уончалаах эрдэхпинэ хас да оноҕос тимирин булбуппут, үөһээ баҕайыттан, хатаастан тахсан, ылар этибит диэн кэпсиир этэ. Ол тиит билигин көстүбэт буолбут, охтубут быһыылаах. Сэрии кэннинээҕи дьылларга баар этэ.
Иван Васильевич Федоров-Алҕай. Ньурба, Андайбыт. 1968 с. суруйарбар 74 саастааҕа.
ҮРЭН, АЙБЫТТА УОННА ДА АТЫТТАР
Үрэн 1 диэн сиргэ былыргы дьиикэй омуктар, тоҥустар, үрэллибит, ыһыллыбыт, бүппүт сирдэрэ. Онно олоҕуран олорбуттар. Ол олордохторуна саха омук, оччоҕуна эмиэ кыргыһыылаах омуктар эбиппит ээ, ону кэлэннэр оҕунан, батыйанан кырганнар куоттартаабыттар.
Дьэ, ол үрэллибит сирдэрэ Үрэн диэн буоллун диэн ааты биэрбиттэр ол дьон, тоҥустар, омуктар. Биһигиттэн, сахаттан, куотаннар, ааттаабыт ааттара ити. Онтон аарыгыран ааспыт сирбит Айбытта буоллун диэбиттэр. Айаннаан, аарыгыран, аһаан-сиэн, күүлэйдииллэрэ буолуо. Үрэҥҥэ, Айбыттаҕа өтөхтөрүн онно тураллар.
Аймаһыйан ааспыппыт Арыылаах Маар буоллун диэбиттэр. Көрүлээбит сирбит Көрдүгэн диэн буоллун диэбиттэр. Дьиҥнээх сирбит Чиҥнээни диэн буоллун диэбиттэр. Былыргылар ону ааттаппаттар. Былыргыга Чиҥнээни дэппэттэр. Билигин Арҕаа Күөл диэн аатырар. Бэһэлэйдээн ааспыттара Бэрэ диэн баар. Уулаан ааспыппыт Улгумда Эбэ Хотун буоллун диэн. 8 миэтэрэ дириҥнээх. Кэнэнитэ. Ол аата саамай дириҥ сирэ. Олох үйэтигэр уолбат сир. Арба. Иэдэйбит сирбит Иэдээк диэбиттэр. Били дьоннор Лооглоорго күрээн тураллар. Онтон Өлөөнү булбуттар.
Онтон саха сабардаан, бу сири баһылаабыт. Ол кэнниттэн биһиги өбүгэбит Андайбыт тахсыбыт, балыктаан сиэн сыппыт.
Тылы быһаарыы:
1 Үрэн – эбэҥкилэр «дьаалатынан сылдьар, олох-дьаһах оҥосторго кыһаммат» диэн ис хоһоонноох тыллара буолуон сөп (Сравнительный словарь тунгусо-маньчжурских языков: материалы к этимологическому словарю. Т. 2. – Л.: Наука, 1977. С. 289).
Василий Николаевич Михайлов-Баһылайкаан. Ньурба, Чуукаар нэһилиэгэ. 1968 с. кэпсэтэрбэр 74 саастааҕа.
ЧУКЧА КЫРГЫТТАРА
Үс чукча кыыһа манна олоҕуран олорбуттар үһү. Манна өлбүттэрэ үһү үһүөн. Кыргыттар, мыраан төбөтүгэр үҥкүүлүү туран, үһүөн өлтөр үһү диэн таак сэһэн баар.
Биирдэрэ инньэ соҕуруу Малдьаҕарга барбыт үһү. Биирдэһэ – Өҥөлдьөҕө. Саамай улаханнара бу Эбэҕэ хаалбыт. Үһүөн үс күөл иччитэ буолтар: Малдьаҕарга – Киэҥ Күөл диэҥҥэ. Өҥөлдьөҕө – Хаарыҥда диэн күөлгэ. Улаханнара бу Чуукаар диэн күөлгэ иччи буолбут. Хаар маҥан баттахтаах эмээхсин.
Бастаан нэһилиэккэ кинээс буолбут киһи, быыбардаммыт киһи: «Нэһилиэгинэн хорон уутун түһэрэн, уолба оҥоруохха», – диэбит.
Инньэ дии сырыттаҕына, түүллээхтэргэ биллибит хаар маҥан баттахтаах эмээхсин: «Мин уубун хамсаппатын. Ийэ уубун хамсаттаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэн илдьиттээбит. Ону ол түүллээх киһи манныгы төһөөтүм диэн кинээскэ кэпсээбит. Ол иһин ол кинээс уурайан хаалбыт. Хордорботох.
Сааба аҕабыыт диэн аҕабыыт, мураанын төбөтүгэр мэлиибэн ыллаан, кириэс туруораары, кириэһин оҥотторон бэлэмнээн сыттаҕына, биир түүллээххэ биллибит эмиэ хаар маҥан баттахтаах эмээхсин. Илдьиттээбит аҕабыыкка: «Мин төбөбөр кириэс таһааран аспатын. Астаҕына, бэйэтэ бэйэтиттэн кэмсиниэҕэ», – диэбитин түүллээх киһи аҕабыыкка кэпсээбит. Ол иһин ол аҕабыыт, кириэс аспакка, уурайан хаалбыт.
Сергей Иванович Алексеев (1918). Ньурба, Таркаайы. Орто үөрэхтээх, учуутал. 1969 с. суругуттан.
ЧОЛОҺУЙА
Былыр киһиттэн ураты улахан, модьу, күүстээх Чолоһуйа диэн киһи олорбут. Ол олордоҕуна, Дьокуускайтан биир атыыһыт эргинэ, атыылаһа тахсыбытын, тугу да ордорбокко талаан баран, бэйэтин көннөрү ыыппыт. Дьокуускайга тиийэн кэпсээбитин кэннэ, ону иэстэһэ, Чолоһуйа аатыгар үс туус маҥан аттаах киһи тахсыбыттар. Чолоһуйа туу көрө барбыт. Дьиэҕэ эмээхсинэ эрэ баар эбит. Ол олордохторуна, тыаны ортотунан улаханнаах диэн киһи тымтайын сүгэн кэлэн, тиэргэҥҥэ «лип» гына ууран баран, үс аты дьэ өйдөөн, чарапчыланан көрөн баран «Тоҕо кыраларай, сүөһүлэр дуу, тугуй дуу?!» – диэн сөхпүтэ үһү. Дьиэтигэр үс киһи олорорун көрбүт да, тугу да саҥарбатах, хайыһан да көрбөтөх. Эмээхсинэ улахан баҕайы буор күөстэн улахан мас кытахха балык хоторон биэрбитин, аҕыйахтык сапсырыйбыт уонна, көхсүн этитэн баран: «Хантан сылдьар оҕолоргутуй?» – диэн ыйыппыт. «Дьокуускайтан сылдьабыт», – диэбиттэр. Онуоха: «Быы, тоҕо кыраларай. Дьокуускайтан сылдьабыт диэхтииллэр ээ», – диэбит.
Бу үс киһиттэн саамай бэртэрэ Бүгүллэ Хара диэн эбит. Ол эппит: «Эйигин кытта күөн көрсө, хол былдьаһа, буут мэмэһээннэһэ кэллибит», – диэбит. Ону истэн, күлэ түспүт уонна эмээхсинигэр этэн, хоспохтон охсуһууга, тустууга кэтэр иэн иҥииринэн хоһуланан тигиллибит сарыы, тураҕас сыалыйатын киллэттэрэн кэппит. Уонна этэр: «Ааттаан-суоллаан кэлэн баран, туох көр-нар оонньуунан оонньоору кэллигит, дойду дьоно?» – диэбит. Онно Бүгүллэ Хара: «Тарбах тардыһыахпыт», – диэбит. «Умсары садьыйдахпына, сиргэ сээкэйгитин өлөрдөххүтүнэ, кыыһырымаҥ», – диэбит.
Икки кыраларын кытта тарбах тардыһан, илиитин төбөтүнэн сиргэ умса садьыйталаабыт. Онтон Бүгүллэ Хара киирбитин иккис тардыытыгар, төҥкөйөн баран, иннин диэки сүүрбүт. Ол кэнниттэн Бүгүллэ Харалыын тустубуттар. Саҥа тустаары тарбахтарын төбөтүнэн тутуһан иһэн, Чолоһуйа хараҕын кырыытынан көрбүтэ, икки батыйа көхсүн хараҕар түһэн иһэр. Чолоһуйа, кылана түһэн баран хоспоххо батыйатын ыла сүүрэн киирэн эрдэҕинэ, үс киһитэ куттананнар, аттарын миинэн, күөлү кытыытынан куотан истэхтэринэ, хаһыыра-хаһыыра сыссан, ситиэх буолан истэҕинэ, эмээхсинэ сүүрэн кэлэн, иннигэр бүөлүү түспүт уонна эппит: «Тохтоо, болхой. Эн ити дьоннору өлөрдөххүнэ, элбэх киһилээх сэрии кэлэн, биһигини суох гыныахтара. Онон тыыннаах бардыннар. Тохтоо», – диэн көрдөспүт. Эмээхсинин тылын ылынан, төннүбүт.
Иван Самойлович Степанов. Ньурба, Үөдэй нэһилиэгэ. 1982 с. кэпсэтэрбэр 62 саастааҕа.
ОҔУҺУНАН…
Аан бастаан Тыгын саҕаттан, Тыгынтан куттанан, күрээн кэлбиттэр. Сатаҕа олохсуйбуттар. Олоруҥ буоллаҕына тимир ууһа, мас ууһа – мындыр дьоннор сайдан испиттэр.
Ити Хаҥалас эбэтин кытыытыгар Ойоҕос диэн киһи олорбут. Ол буоллаҕына, былыргы ыраахтааҕы суола диэн харчыны хомуйан баран, Дьокуускайга киллэрэн туттарар эбит. Оҕуһунан. Онно үс хонугунан тиийэр эбит.
Иннокентьев Афанасий Николаевич (1909). Марха улууһа, II Бордоҥ нэһилиэгэ. 1982 с. суруйбутум.
ДААДАППЫЙ ОҔОННЬОР
Былыр Тыалыкы баайа Бэкэй Оҕонньор 700 сүөһүлээх байан олорбута үһү. Мэҥэдьэк күөл кытыытыгар. Өтөҕө Бүдүргэй Бэс анныгар Бэкэй күөлэ диэн баар билиҥҥэ дылы.
Күрүөҕэ-хаһааҕа киирбэт кыыл атыырдааҕа үһү. Онтун абааһы көрөн, күһүн тутан сиэри сылгыһытын Даадаппый оҕонньору соруйбут. Үйэтин тухары таас дьүлэй оҕонньор. Ону хаста даҕаны, өйдөтө-өйдөтө, этэ сатаабыт: «Оҕуур быаҕын сырыһыннарар атыҥ агдатыгар баайан баран, атыыр моонньугар быраҕаар».
Ону кыайан өйдөөбөккө: «Бэйэм агдабар дуо?» – диэбит.
Этэ сатаан баран, баһын тоҥхох гыммыт. Бэкэй баай. Онто, бэйэтин агдатыгар маанан баран, атыырын моонньугар иилэ кээспит.
Ити аатырбыт Мэҥэдьэк күөлү эргитэн иһэн, Куртах Арыыта диэн алааска, иһин хайа тардан, куртаҕа хаалбыт. Моонньоох диэн тумулга моонньоох баһа хаалбыт.
Ити сирдэр билигин сити аатынан ааттана тураллар. Моонньоох Пиэрмэтэ диэн баар. Сурукка киирэр.
ДЬААРЫН ОЙУУН
Маалыкайга Дьаарын Түбэтэ диэн баар.
Дьаарын бу Бүлүү өрүс сүнньүгэр суох аатырбыт ойуун. Тоҕо диэтэххэ, былыр хара ыарыыны Бүлүү сүнньүттэн хоту дойдуга үүрдэрээри, үс түүннээх күн кыырдарбыттар. Ону, кыыра туран, көрүү көрбүт. «Тарбаҕым быыһынан биир сиргэ таммалаан хаалла. Кэнэҕэс бу ыарыы кыыбаҕа тахсара буолуо», – диэбитэ үһү.
Николай Федотович Осипов-Чоомуут. Ньурба, I Хаҥалас нэһилиэгэ. 1983 с. кэпсэтэрбэр 53 саастааҕа.