bannerbanner
Санатыма дуу, ааспыты…
Санатыма дуу, ааспыты…

Полная версия

Санатыма дуу, ааспыты…

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
3 из 4

«Ол эрээри… ол эрээри, мин Толяны таптыырым бэрт буоллаҕа. Кини кэннэ миэхэ бу орто дойдуга кимим да суох. Арай ийэм, аҕам бааллара буоллар ньии, мин да син атыттар курдук кыанан, талбыппынан кэтэр таҥастаах, сирэ-тала хонор сирдээх буолуом эбитэ ээ. Билбэт куораппар муммут кус оҕотун курдук соҕотоҕун сылдьыам суох этэ. Хата, Толя мин ыарахан кэммэр аттыбар баар буолан элбэхтэн быыһаатаҕа, олохпун уларыттаҕа. Дьиҥэр, ис санаатын барытын эппитэ буоллар дуу… Мин син биир өйдүөм этэ. Миигин туох да диэн албыннаабатах буоллаҕа дии. Эйигин кэргэн ылыам диэн баран, ол тылын кэспитэ буоллар, кырдьык, хомойуохха төрүөт тахсыах эбит. Ону баара, кырдьыгынан, кини тугу да эрэннэрбэтэҕэ, мин эмиэ ыйыппатаҕым, көрдөспөтөҕүм. Букатын да сыбаайба туһунан санаабатахпыт буолбаат? Чэ, хайыамый, буолар буолбут. Ытаан да диэн. Мин курдук элбэхтик ытаабыт кыыс суоҕа буолуо. Бу да сырыыга тулуйаа инибин. Бэйэм буруйдаахпын. Ээ, тоҕо, туохха буруйдаахпыный? Толя атын кыыһы таптаабытыгар дуо? Ол… кини көҥүлэ буоллаҕа, бобор суох. Хата, мин таптыыр киһибиттэн оҕолонуом, биһиги хайдах эмэ гынан иккиэн олоруохпут. Мин хайаан да үөрэниэм, үлэм уопсайыгар олоруохпут, кэнники, баҕар, өссө дьиэлэниэхпит, бүттэҕэ дии. Оҕобун таптыам да таптыам, син биир Толяны курдук күүскэ таптыам. Икки киһи оннугар соҕотох оҕобун таптыам, хайаан да… дьоллоох буолуохпут. Көрөөр да истээр, биһигини атаҕастаммыттар курдук ким да көрүө суоҕа». Аанчык эрэйдээх хараҥаран эрэр сааскы киэһэ, сырдык лаампалардаах уулуссанан хааман иһэн, уйа-хайа суох ытаата.

Элбэҕи эргитэ санаата, уруккуну-хойуккуну тэҥҥэ ытыйда, ардыгар киһи аҕыйах сиригэр бөтүөхтүөр диэри төлө биэрэн, соруйан тыынын таһаарда. Ол быыһыгар «билигин дьиэбэр тиийэрбэр уоскуйуохтаахпын, мин тус кыһалҕабын кимиэхэ да биллэриэм суоҕа» диэн иһигэр кытаанахтык сананна.

* * *

Ити киэһэ кини эрдэ сыппытын көрөн, смената бүппүт аттынааҕы кыыһа сыбдыйан киирэн сэмээр чэйдээтэ, остуол лаампатын холбоон тугу эрэ өр аахта, онтон устунан сыппытынан утуйда. Аанчык сүрэҕэ мааҕын тэбэн кэбиспит тэтимин тоҕо эрэ намыраппат, биир кэм битигириир. Ол иһин быһыылаах, уута кэлбэт, сыта сатаан баран туран уопсай көрүдүөргэ таҕыста.

Сибэкки бөҕө силигилии үүммүт дьоҕус саалатыгар икки дьыбаан турар. Сынньанааччылар манна телевизор көрөллөр, сээкэйи сэлэһэллэр. Түүн ыраатан, ким кэлиэй, имик-самык уот барбах аҕыйах сиргэ холбоммут. Кыыс баран дьыбааҥҥа олордо. Санныгар бырахпыт саал былаатынан бүрүнэ сатаата. Ким да суоҕунан туһанан курастыйбыт дууһатын ыарыылаах хомолтотуттан ыгыллар хараҕын уутун эмиэ көҥүл ыытта…

Дойдутугар, эчикийэ, оннук чугас дьүөгэтэ да суоҕа.

Кимниин да иирсибэтэ, бэйэтэ-бэйэтигэр мэлдьи сөрү-сөп сылдьааччы. Үөрэҕэр да ортоһуор буолан соччо-бачча ким да болҕомтотун тардааччыта суох. Билигин дьикти үйэ диэн дьон бары бэлиэтиир. Хас биирдии киһи тус кистэлэҥ сыаллаах, онтун ситиһээри туохха баҕарар тииһэр. Оттон халыҥ аймаҕа, билсиитэ-көрсүүтэ суох буоллаххына, эйигинниин куодарыһа оонньооччу суох буолар. Саатар үөрэҕэр уһулуччу буолан Аанчык атыттары сабырыйар кыаҕа суоҕа абаккалаах. Оччоҕо, баҕар кими эмэ өмүтүннэрэн тумнарыа эбитэ буолуо дуу… Биир өттүттэн көрдөххө, ол эмиэ даҕаны туохха наадалаах буолуой?

– Анютка, бу бүгүн тоҕо арбы-сарбыгыный? Туох буоллуҥ? – уурайбыт вахтер уол оннугар кэлбит эбэтэ, наһаа намыын майгылаах Марыына эмээхсин, таапачыкалаах атаҕынан сыр-сыр үктэнэн, ханна эрэ ааһан иһэн киниэхэ халыйда.

– Ээ, суох, таах… – хараҕын уутун кистээн түҥнэри хайыспыт кыыһы эмээхсин сэҥийэтиттэн ылан бэйэтигэр эргилиннэри тарта.

– Хотуой, ол-бу буолума, миигин кырдьаҕас киһини албынныаҥ суоҕа. Хат сылдьаҕын буолбат дуо?

Ити Толя уолтан диэ? Тугуй, албыннаата дуо, этэ тарт, күн сарсын мин кинини үчүгэй аҕайдык… – Марыынаны ситэ саҥарпакка Аанчык кини айаҕын саба тутта:

– Толя туох да буруйа суох, кими да албыннаабата. Мин онтон ытаабаппын… – диэтэ.

– Оччоҕо? – эмээхсин кыыс илиитин туора садьый-да. – Бай, хат кыыс уонна туохтан итинник айманыахтааҕый? Эр киһи эппит тылыттан туораатаҕына буолбакка?!

– Эбээ… оннук буолбатах. Мин тулаайахпын, кыраттан да ытыырым кэмнээх буолуо дуо… – титирэстэс куолас, төһө да кистээбит, онон-манан аралдьыппыт иһин, син биир төлө көтөн тахсан, бүгүн күнү быһа илистибит кыыһы эбии ытатта.

Марыына эмээхсин кыыһы дэллэритэн илдьэн кэбиниэт дэнэр быыкаа холлороон курдук хоһугар киллэрдэ. Итии мүөттээх чэйи буруолаппытынан сибэкки ойуулаах чааскыга толору кутан кэри-куру кыыс иннигэр ууран биэрдэ. Остуолун тардарыттан ыһык гынар суухаратын кытта хас да кэмпиэти таһааран кыракый бүлүүһэҕэ үөрүйэх баҕайытык тэлгэтэ оҕуста. Бэйэтэ хаһан да арахсыбат, таба ойуулаах дьоҕус чөҥкөйүн хойуу үүттээх чэйинэн толороот, сонно иҥнэрэн, муус маҥан бүлүүһэҕэ ыы-быччары кута охсон, сойута уурунна.

Итиэннэ, ийэ эрэ сатыыр албаһынан буолуо, муунтуйбут кыыһы дэлби ааттаан, ыраахтан таайтаран, устунан уоскутан олус иһирэхтик, истиҥник кэпсэттэ. Сааһыгар кими да кытта маннык наллаан, ирэ-хоро сэлэспэтэх Аанчык бастаан кистэнэн кумуччу туттубута сыыйа ааста быһыылааҕа. Кинини бэркэ өйдүүр, курдары көрөр кэриэтэ санаатын сыыһын наһаа чопчу быһааран кэбиһэр, олоҕу олорбут, арааһы билбит эбээ барахсаҥҥа кыыс оҕо туҥуй сүрэҕин дьол икки, таҥнарыы икки сытыытык кэйиэлиир кистэлэҥин сыыһын барытын тоҕо сүөкээтэ…

– Мин Толяны буруйдуох санаам кэлбэт… Кини олус үчүгэй, киһи да быһыытынан миэхэ саамай күндүм, мин кинини син биир таптыыбын… таптыам даҕаны, – Аанчык эрэйдээх букатын оҕолуу, туох да ситимэ суох булкуур быһаарыыта итинник.

Оҕо барахсан, хата, итиччэ этиннэҕэ диэн эмээхсин күлүгэр имнэннэ. Таҥнардылар диэн таҥнастар суолга киирэр толкуйа суоҕуттан кини үөрдэ даҕаны, төрөппүт кыыһын, сиэнин кэриэтэ олус аһынна даҕаны.

Таптаабыта буруй буолбатаҕын, оҕо кэлэрэ дьылҕа бэлэҕэ дэнэрин эмээхсин боростуойдук, ылыннарыылаахтык өйдөттө. Ытыыр-соҥуур, куһаҕаны саныыр, ыраланар сыыһатын, ол барыта киһи буолан кэлиэхтээх оҕо түһүн эрдэттэн сатарытыа, айгыратыа диэн, куттаабакка, кырдьыгынан ууран биэрдэ. «Кыыс оҕолонуохтааҕын билэн, уол, баҕар, кинини харыстаан, атын кыыһы кэргэн ыларын аһаҕастык эппэтэх буолуон эмиэ сөп» диэн өйдөөх баабыска балаһыанньаны бары өттүттэн быһаарыста, үөһэ-аллара ыараҥнатта. Кими да сэмэлээбэккэ, буруйдааҕы ирдээбэккэ, буолбут балаһыанньа хайа диэки үтүөнэн салаллыахтааҕын туһунан бэйэтин санаатын эттэ.

Инньэ гынан эмээхсиннээх кыыс иккиэн эрэ билэр тыын кистэлэҥнэрин кимниин да үллэстиэхпит суоҕа диэн сүбэлэстилэр. Тиһэҕэр Марыына:

– Анютка, эн, кырдьык да, сөпкө гынаҕын, тоойуом. Оҕоҥ аҕата тоҕо куһаҕан санаалаах, төттөрү кэмэлдьилээх, ыраас кыыһы албыннаабыт дэниэхтээҕий? Биллэн турар, төрүөхтээх оҕону эрдэттэн хомотор сыыһа. Кини аҕата эн таптыыр киһиҥ, күн сиригэр саамай соҕотох күндү диэн эн таллаҕыҥ эбээт! Онон оҕоҕун да оннук иитиэхтээххин. Чэ, кытаат, тоойуом, сарсыарда буолара субу кэллэ. Бар, утуйа тарт! Үүнэр күн саргылаах санааны салайдын, – диэн быһа кутугунатан, сып-сылаастык сыллаан-уураан, санааҕа баттаппыта саҥардыы өһүллүөхчэ кыыһы хоһугар утута үүрдэ…


Аанчык муҥнааҕы, аата, ким да итинник ийэлии имэрийбэтэҕэ эчи ырааппытыан! Марыына эбээ илиитэ сымнаҕаһа, саҥата намыына, экчи ийэ эрэ оҕотун ити курдук таптыа буолуо. Ол эрээри Аанчык итинник сыһыаны сэрэйэр эрэ.

Кини өйдүүрүн тухары аҕатыныын бииргэ этилэр. Эр киһилии модун көрүҥнээх аҕата, тардына да буоллар, дэҥ-дуҥ үөрэн күө-дьаа буолара. Оччоҕо, бэйэтиттэн көҥөммүт курдук, суһал үлүгэрдик кыыһын сүүһүттэн «һык» гына сыллаан ылара, төбөтүттэн имэрийэрэ. Онтон ордук истиҥ сыһыаны билбэккэ улааппыт кыыс соччо-бачча туорхаһыйбата.

Аҕатын хараҕар куруук даҕаны курус күлүгэ хаһан да арахсыбаттыы олохсуйбут быһыылааҕа. Омуннаах оонньуу да кэнниттэн Аанчык, биирдэ эмэ алҕаһатан, күлэн-салан күйгүөрбүтүнэн дьиэтигэр киирэригэр аантан били курус дьикти ыар тыына илгийэ түһэрэ. Ийэтэ суох олох, кырдьыга даҕаны, үөрүү-көтүү сырдык араҥатын мэлдьи күлүктүү түһэр быһыылааҕа. Ону улаатан эрэр кыыс син сотору өйдөөбүтэ. Ытаан-соҥоон аҕатын аймаабат буола сатыыра, бэйэтин күннээҕи кыһалҕатын кистэнэргэ, хороччу улаатар киһичээн түбүгүн сатаан дьаһанарга түргэнник үөрэммитэ быһыылааҕа.

Онон Аанчык атаах оҕолуу буолбакка, судургутук, арааһа, эр киһилии соҕустук улааппыт эбит. Ордук-хос тугу да көрдөппөт, туруорсубат, баары баарынан, суоҕу суоҕунан ылынан, соҕотохсуйбут аҕа боростуой оскуолатын ааспыта.

Итини барытын эргитэ саныы сытан Аанчык утуйан хаалла.

Арай түһээтэҕинэ, үрдүк да үрдүк хайаҕа ытта сатыыр. Иһэ улааппыт аҕай, ол иһин сэрэнэр курдук, таах дабайа сатаабат, хайата үрдүгүттэн эмиэ да саллар. Үөһэ диэки көрө сатыыр, ол быыһыгар тоҕо ити хайаҕа ыттар баҕалааҕын өйдүү сатыыр. Суох, ыттыахтаах быһыылаах да… мэһэйэ элбэҕэ бэрт. Ыарахан дии, хайдах соҕотоҕун ыттыай? Онтон түһэригэр хайдах буолуой, ким кэлэн көмөлөһүөй? Ити икки ардыгар хайа үрдүгэр Толя турарын көрөр уонна, туох баар хос санаатын илгээт, иннин диэки дьүккүйэр… Тиритэ-хорута били тыаллаах чыпчаалга тарбачыһан тиийбитэ, аны ким да суох. Хайдах баҕайыный? Сибилигин баара дии? «Суо-ох, Толя мааҕын түспүтэ-э, эн хойутаабыккы-ын…» – диэн тыал сипсийэргэ дылы. «Чэ, буоллун, сотору, сынньанан баран, бэйэм да түһүөм буоллаҕа. Толя, бука, тиэтэйдэҕэ. Мин да киниэхэ ыттарбын эппэтэх буоллаҕым дии». Иһигэр итинник саныы-саныы, сэрэнэн-сэрэнэн сыыртан түһэ сатыыр. Наһаа туруору сиргэ кэллэҕинэ олоро биэрэр, онтон атаҕын иминэн дугунан, иһин күөйэ туттубутунан, түһэ сатыыр да, хайа тэллэҕэ чугаһаан да бэрт…

Уһуктан кэлбитэ, хайыы-үйэ сарсыардааҥҥы күн чаҕылыйбыт. Хата, мучумааннаах сырыыта түүл буолбутуттан үөрэн, Аанчык санныттан сүгэһэри түһэрбит курдук сананна. Ону-маны эргитэ саныы барбакка, куолутунан күннээҕи түбүгэр түстэ…


Марыына эбээ аныгыскы сырыыбар сэһэргэһиэхпит диэбитин өйдөөн, эмээхсин дьуһуурунайдыыр күнүгэр Аанчык күнүс халаачык астаата. Онтун итиитинэ саахары уулларан үрдүгэр саба кутан ордук минньигэс гынна. Эбээни күндүлээтэҕинэ төһө эрэ үөрүөн санаан кыыс мичээрдээн ылла. Ол эйэҕэс түгэни сүрэҕинэн баҕаран бэйэтэ биири да ылан амсайбата, бүтэйдии билэр, син биир сөбүлүөҕэ. Маннык халаачыгы астаатаҕына, Толята наһаа хайҕааччы. Ааспыкка оннооҕор: «Бу кэннэ миэхэ атын туох да аһылык наадата суох», – диэмэхтээбитэ, кууһан туран истиҥник да истиҥник уураабыта. Ол астыныы бэлиэтэ хайҕабыл буолбакка, тугуй? Кыыс бэркэ көнньүөрэн аһын тэриэлкэҕэ тэлгэтэ ууран сойутта уонна, киэһэ нам-нум буолары күүтэ таарыйа, сээкэйин гына сырытта.

Марыына эбээ бу киэһэ сэһэргэһии ис хоһоонун эрдэттэн толкуйдаабыт кэриҥнээх. Аанчык оҕолонуохтааҕын уонна хайа баҕарар төрүүр-ууһуур аналлаах туҥуй дьахтар тугу билиэхтээҕин, туохтан сэрэниэхтээҕин быраабыла курдук наардаан, оргууй аҕай кэпсээбитинэн барда. Эбээ барахсан үөрэтэрдии такайара олус сатанар, бэйэтигэр наһаа барсар. Кырдьык да, биэнсийэҕэ барыар диэри сааһын тухары учууталлаабыта чуо көстөр, куолаһа сүрдээх намыын, истиҥ уонна ылыннарыылаах.

Инньэ гынан Аанчык, ийэ-аҕа үөрэҕин ситэри ааспатах дьылҕалаах кыыс да буоллар, манна диэн эттэххэ, хата сорох-сорохтортон орто да быһыылаах. Эбээ Марыына кыһамньылаах үөрэҕэ хайдахтаах да энциклопедияҕа суруллубуттааҕар ырылхайа, астыга уонна, хайа, өйдөнөрө судургута сыттаҕа. Ийэлэр бары да кыыс оҕолорун, эбээ Марыына курдук иннилэригэр тутан олорон, маннык такайбыттара сэрэйиллибэт. Бу олус уустук уонна тустаахха да көһүппэтэх өттүттэн соһуччу сонуну дьахтар эрэ барыта оҕотугар кыайан кэпсээбэт буолуохтаах…

– Дьэ, тоойуом, эппэтэҕэ диэйэҕин, тулуйа үөрэммиккинэн саҥата суох барытын искэр хаайа сылдьаайаҕын? Киһи тутула чараас, туох баҕарар буолуон сөп. Хайа да түгэҥҥэ, эттэргин эрэ барыны учуоттааччылар, билээччилэр ити быраастар ананаллар. Кинилэр эбээһинэстэрэ эбээт. Онон харса суох мунаарбыккын этинэ сырыт, билбэккин ыйыталас. Эн оннугар ким да ону оҥорботун билэҕин. Хайа, уонна оҕоҥ туһугар барыта этэҥҥэ буолуохтаах, – Марыына бүгүҥҥү уруогун мас-таас курдук түмүктээтэ.

– Кыра аайы улахан дьону, быраастары кутугунатарым сыыһа буолбатах дуо? – Аанчык саарыыр.

– Хотуой, ол кыратын-улаханын хаһан төрөөн-ууһаан эн биллэххиний? Өйдөө, хайдахтаах да улуу дьыала, үтүөтэ-мөкүтэ барыта быыкааттан саҕаланар. Дьолуҥ эмиэ оннук, өлүүҥ кытта соннук буолааччы. Биэбэйим сыыһа, арааһы саҥардаҥҥын, бу да кыыс. Киһи тылын ылын, чөмчөкөҕөр хатаа уонна мөккүһүмэ. Илдьэ сылдьар оҕоҕор эппиэттээх соҕотох эн буолбаккын дуо? – эмээхсин, күлэ-күлэ, бүлүүһэлээх чэйин үрдүгэр түстэ, сырылаччы үрэн кэбиһэ-кэбиһэ, минньигэс бэйэлээхтик сыпсырыйан барда.

– Оҕом хотоку, хата, бу асчыт бөҕө киһи саһа сылдьар эбиккин дии? Минньигэһин эриэхсит, – эбээ халаачыгы хайҕаан, Аанчык имэ тэтэрэ кыыста.

Кини ити халаачыгын кыратыттан буһара үөрүйэх. Биирдэ аҕата лааппыга остуорастыыр эмээхсини дьиэтигэр анаан-минээн ыҥыран ылан кыыһын алаадьылыырга үөрэттэрбитэ. Аанчык киһилээбэтэҕэ, улгумнук үөрэҕи ылыммыта. Ол үөрүүтүгэр эмээхсин сиэннэрин күндүлүүр халаачыгын хайдах оҥорору биирдэ эрэ көрдөрбүттээх. Онтон ыла кыыс өрөбүлүн аайы, бурдук бөҕөҕө булкуллан, халаачыктыыр айдааннаммыта. Кэнники туттара-хаптара түргэтээн, улам сааһыланан, наада буоллаҕына, көрүөх бэтэрээ өттүгэр астыыр буолбута.

– Аанчык, бар, утуй. Кыра-кыратык, иллэҥсийдэргин эрэ сытан ылар буол. Онтуҥ оҕоҕо наада. Киэһэ баҕас наһаа уһаама, ол-бу куһаҕан түүлгэ тиксээри… Эрдэ сытар киһи түһээбэт баҕайы. Оттон ону-маны үлүгүнэйбэккэ утуйдаххына, ол аата сүрэхтиин-быардыын налыйаҕын, астыктык сынньанаҕын, – Марыына куолута бүппэт, иһитин дьаһайарын быыһыгар, суоһурҕаммыта буолан, Аанчыгын эмиэ утута үүрдэ…


Толик биллибэтэҕэ ыраатта. Били сыбаайба салонугар алҕас көрсүү (көрсүү буолаахтаан… кыыс бэйэтэ түбэһэ түстэҕэ эбээт) кэнниттэн Аанчык биллэн турар сүрэхтиин-быардыын аймаммыта. Ол эрээри онтун таһыгар биллэрбэтэҕэ. Ити Марыына эбээттэн ураты кини ытабылын-соҥобулун көрбүт суох.

Үлэтинэн аралдьыйа сатыы сылдьар кыыс тугу эмэ тобулар кыаҕа да суоҕа. Арай биир киэһэ эмиэ сынньанар хоско дьыбааҥҥа олорон телевизорынан кэнсиэр көрөр баҕалааҕа баара, нухарыйан ылбыт быһыылааҕа. Марыына баабыска аттыгар кэлэн чөкөллүбүтүн билиминэ да хаалбыта. Дьиҥэр ити киэһэ эмээхсин үлэтин күнэ буолбатах этэ.

– Аанчык, ити… Туолук дьонун мин кыыһым аах билэллэр эбит ээ. Кырдьык, Уля диэн куорат биир мааны кыыһын ылан эрэр дииллэр. Сыбаайбаҕа ыҥырыллыбыттар. Ол хаартыскатын көрөн соһуйдум. Кыыс, сураҕа, үөрэҕиттэн уоппуска ылбыт курдук, ыарахана эбитэ эрэ, билбэтим. Эдэрдэр сыбаайба кэнниттэн аны сайын соҕуруу күүлэйдии барыахтара үһү. Истэҕин дуо?

– Истэбин, эбээ, – Аанчык, төһө да кыатаннар, хараҕын уута субурус гынна.

Эмээхсин кыыһы кууста, кэтэҕиттэн сыллаата уонна:

– Эн аналыҥ буолбатаҕыттан хомойума. Олоххо араас буолааччы. Биири санаа. Мин Туолуктуун… бу кэпсэтэн баран иһэбин. Толкуйа суох, тураах мэйиилээх уол эбит. Биитэр мин сатаан өйдөөбөтүм дуу, Уля ханна эрэ кыраныысса таһыгар баран үөрэниэҕин кэргэнэ итээбит, ол иһин ылабын диэх курдук эттэ дуу, хайа үөдэн… Бэйэм да бутуллан хааллым. Эйиэхэ кэлэ сылдьыам диир, – диэн истэҕинэ, кыыс эмээхсин илиитин төлө көтөн тилигирии түстэ:

– Кэлбэтин хайаабатын… Мин… мин сурук суруйуом, эбээ, эн ону тиэрдиэҥ буолбат дуо? – кыыс уулаах-хаардаах харахтарынан көрдөһөрдүү көрдө.

– Сэгэриэм, биэриминэ, күн сарсын да биэриэм.

Эн уоскуй, суруй уонна миэхэ аҕал, тиксэриэм, – Марыына оргууй намылытта, өрө тиргиллибит кыыһы оннугар олорто.

* * *

– Ульзана, уоскуй, ити таах ээ, таах көннөрү… табаарыһым кыыһын суруга дии… Тиэрдиэхтээхпин умнубуппун… – бобулла-бобулла, кыл түгэҥҥэ туох диэҕин бэлэмнэнэ сатыы-сатыы, Толя төлүтэ биэрдэ.

– Ничего себе, эн миэхэ свадьбабар подарогыҥ бу что-ли?! Ты итак никто, бедный студент с переулка, спасибо, что я подбираю тебя, женю на себе, а ты… – мап-мааны, куба ньаарсын түүтүн санатан күндү куруһубанан бэрт дэлэгэйдик симэммит үүт маҥан былааччыйалаах, үрдүк бүрүчүөскэтигэр иҥиннэриллибит кылгас дьэҥкир фаталаах кэрэчээн кыысчаан уостара толлойбут, кип-киэҥ харахтара ууламмыт, куолаһа титирэстээбит.

– Чыычаах… – уол ааттаһар тылыгар тугу да хардарбакка кыыс, кылгас фататын салгыҥҥа чэпчэкитик көтүтэн, түҥнэри хайыһар, куттаан, аҕала сатаан санныларын ыгдаҥнатар.

Аһаҕас аанынан барыта иһиллэн турар быһыылаах. Эмиэ маанытык таҥныбыт, туттубут-хаптыбыт хотун хаан хобулугунан тоһугураан киирэн эдэрдэр сирэйдэрин-харахтарын одууласта уонна туох да буолбатаҕын курдук холкутук:

– Бу үлүгэрдээх ыксалга холку соҕустук быһаарсыҥ эрэ. Ыалдьыттарбыт мусталлара чугаһаата, – диэтэ.

– Мамочка, ты как всегда, в первую очередь твои гости! Оттон соҕотох кыыһыҥ судьбата мало кого интересует. Толика ты, да-да, ты сама выбирала. Все уши прожужжала: «Перспективалаах, талантливай студент, честнай гражданин, не пьет, к тому же курить вообще не умеет. Дьоно дьадаҥылар эрээри, порядочнайдар. Надежная стена тебе, то есть мне, с моими запросами кстати, очень кстати. Ха-ха! Господи, как я устала от вас? Ну и вот, что и предполагалось ожидать! Смотри, с кем он переписывается. Поди, собирался жениться на другой?! Чужого жениха арканить слабо мне?! В общем, я отказываюсь от него! Не пойду замуж! – тыҥ-тыҥ диэбит курдук лыҥкынас куолаһа биир кэм тыҥкынаан, тыла тылыбыраан кыыс оҕото.

– Ульзана! Не время рассуждать! Я категорически против твоих истерик! Хватит! Всему есть объяснение, что случилось? – ийэтэ кыйаханна, тииһин быыһынан чуумпутук эрээри, кытаанахтык быһыта баттаталаан, кыыһын саба саҥарда.

Кэргэн барарыттан кини саҕа дьоллоох суоҕун курдук сарсыарданы быһа сиэркилэ иннигэр уруһуйдана оонньообут кыыс, аны, өстөөхтөрүн кытта киирсэргэ бэлэм куосканы санатан, сүүһүн аннынан көрдө, мэктиэтигэр көхсө кытта курдьугунуурга дылы буолла. Лаахтаах уһун тыҥырахтарыгар кыбытан хантан эрэ кумааҕы сыыһын ойутан таһаарда уонна ийэтин диэки элээртэ.

Дьахтар түргэн үлүгэрдик суруллубуту үрдүнэн-аннынан сүүрэлэттэ уонна:

– Ну и что? Бу тугуй? Манна киһи айманара туох баарый? – ыйытардыы кыыһын диэки көрдө.

– Мин… эмиэ инньэ диибин ээ, Розалия Аманатовна, ити… мин табаарыспар доҕор кыыһа ыыппыт суругун тиэрдибэккэ сылдьабын. Ону Улечка булан ылан миэхэ күтүрүүр… – Толя сирэйэ-хараҕа турдар да, ымыр да гыммакка, өрүсүһэ соҕус кыбытан биэрдэ.

– Я тебе не Улечка! О, сколько можно, а? Дурак! Меня зовут Ульзана-а… аа-аа… – аны кыыстара кыра оҕолуу маккыраччы ытаата.

– Зана! Слышишь, успокойся! Иначе я вынуждена буду действительно прекратить этот базар! – ийэтэ куолаһын үрдэттэ.

Кыыс аһыннарыахтыы сыҥсыйбытынан киниэхэ кэлэн саба түстэ да, бу сырыыга тоҕо эрэ оннук айылаах ис киирбэхтик буолбакка, көнтөрүк соҕустук таҕыста быһыылаах. Онтуттан абарбыттыы кыыс иэҕэс-куоҕас охсуллаамахтаата. Дьахтар да оҕотугар олус уулла-тохто ымманыйбата. Күтүөтэ буолан эрэр уолга уордайбыт көрүҥэ ханан да суох, кыыһын кэмэлдьититтэн хайа сах сылайбыттыы тутунна уонна нэһиилэ тардына соҕус:

– Доченька, ну, хватит. Все невесты перед свадьбой находят повод, чтобы поплакаться. Толя завтра же отнесет это письмо по адресу. Это вас не касается же? Ну, все, успокойся, моя хорошая, – төһө да итиччэлээх сылаас тыллары (кини буолан сатаан эрдэҕэ) бэрт хаҕыстык, тымныы соҕустук эттэр, дьахтар санаатын ситтэ, тылын ылыннарда.

Уля, Ульзана, Зана диэн араастаан эриллэр-этиллэр таптал ааттардаах кыыс оҕото өр буолбата, сибилигин аймаммытын мэлдьэспитинэн күлүм аллайда. Ытыы-ытылла охсон, бэйэтэ да төрүкүттэн киэҥ харахтарын чалбах курдугунан көрөн, суунан-тараанан диэбит курдук, ыраастана оҕуста. Инньэ гыммытыгар тупсаҕай кырааскалаах кэрэчээн харахтара өссө тупсубукка дылы буолбуттар. Таҥаһын көннөрдө, баттаҕын сахсатынна, күөкэгэр моонньун хоҥкук гыннаран фататын кэннин диэки эстэ, үрдүк түөстэрин эргин аатыгар эрэ онон-манан тэбэннэ, синньигэс биилин имэриннэ. Аны, омуна бэрт ээ, икки илиитинэн сараҕар бэйэлээх былаачыйатын тэллэҕин үөрүйэхтик хомуна тарта, үрдүк хобулуктаах, чупчугур тумустаах мааны түүппүлэтигэр чэпчэкитик дугунан, бэрт тэбэнэттээхтик өрө ыстана түстэ, бэтиэхэлээх бэйэлээхтик ырым-тырым көрө-көрө, Толикка баран сөрөннө. Уол бу да сырыыга маннык туттууттан-хаптыыттан тоҕо эрэ соһуйбата, оргууй аҕай кыыһы биилиттэн харбаан ылан иннигэр туруорда уонна:

– Ульзана, эн миигин кырдьык таптыыгын дуо? – диэн ыйытта.

– Если честно, сама даже не знаю… – кыыс үчүгэйкээн бэйэлээх сэбэрэтэ сырдыы түстэ, эмиэ үөннээх баҕайытык харахтарын, кыламаннарынан оонньоон, сабыччы көрө-көрө, өрө тэрбэтэн таһааран, уос-тиис оҥостон, моонньун куоҕаҥнатан, күллэ-салла. – Но нет, не дождешься, дорогой, я тебя никуда не отпущу! Вот! Син биир таптыыр буолан сөбүлэннэҕим дии, или ты не просил моей руки, а?

– Просил?! Руки?! – уол соһуйбута буолла даҕаны, сонно кистэннэ, устунан сонньуйда.

Ити икки ардыгар:

– Чэйиҥ эрэ, эдэрдэр, ханнаҕытый? Массыына бэлэм. Оттон эһиги барарга бэлэмҥит дуо? – диэбитинэн кураанах бакаал тутуурдаах аҕамсыйбыт киһи көөһөкөччүйэн киирэн кэллэ.

– Ух ты, моя ласточка, ну-ка, повернись к папе! Ульзана, ты краше всех, впрочем как всегда, – Томмот Савельевич наһаа астыммыт киһи быһыытынан, икки илиитин саратан, кыыһын кэлэн сыллаата-уураата.

Бэрт сыыдам туттунуулаах-хаптыныылаах киһи суонугар букатын мэһэйдэппэт. Имигэс-имигэстик эргичиҥнии охсор, тыастаах соҕустук аҕылыырын быыһыгар балачча эбиллибит моҕоҕо илибирээн ылар. Күтүөт уол диэки бу киһи хараҕын кырыытынан да көрбөтө. Толя эмиэ аҕа кылына буолан эрэр тойонтон эйэргэһиини кэтэспэтэ, саҥата суох кыыстаах аҕа мөөмүкэйдэһэллэрин көрөн эрэ турда…


Сыбаайба сылаалаах этэ. Дьокуускай куорат саамай киинигэр турар улахан ресторан бу сырыыга баҕас, дьэ, кырдьык, киэптэппитэ быһыылаах. Мааны бэйэлээхтик киэргэммит киэҥ сааланы ыы-быччары ыалдьыт мустубутун Толя тоҕо эрэ атыҥыраабыта. Дьон быыһыгар нэһиилэ аҕыйах билэр киһитин ыраахтан көрөн тоҥхох гынан дорооболоспута. Хараҕын далыгар балта кыыс тоҕо эрэ быраҕыллыбатыттан сэрэхэдийэ быһыытыйбыта уонна куруук кытыы сири кыһанан тутуспуттуу, бу киэһээҥҥи эйгэттэн халты соҕус, хайдах эрэ тэйиччи сылдьар ийэлээх аҕатын муодарҕыы көрбүтэ. Ити тоҕотун уол бэйэтэ эрэ билэрэ. Кини ийэлээх аҕатын иннигэр иһигэр олус диэн буруйдаммыттыы санаммыта…

Тыл этээччи тойоттор, кинилэри хартыына курдук арыаллааччы хотуттар уһуннук да эҕэрдэлээн эккэлэспиттэрэ. Дьүүлүн-дьаабытын арааран өйдүү сатаабыт да киһи бу күүгээҥҥэ, ньамалаһыыга чуо маннык эбит диэн этиини-тыыныыны иилэ хабан өйдүүрүгэр уустук курдуга. Киһи тугу да сатаан долоҕойугар тиэрпэтин хатылаан да биэрдилэр. Тараҕай буолара чугаһаабыт, чолбодуйбут кытаанах харахтаах тамада тулуйбакка тиэтэтиитэ, устунан кыйахана сыһыыта да лаппа итийбит-кутуйбут эҕэрдэлээччилэри тохтоппотоҕо.

Үксэ үөрүү өрөгөйдөөх тыллара, сааһыламматах нууччалыы-сахалыы омуннаах соҕус тойук барыта Ульзанаҕа уонна кини төрөппүттэригэр ананна. Кыыһы хайгыыртан быыс булбатах дьон булгуччу уураһар сокуоннаахтарыттан Толя да салҕа быһыытыйда. Бакаал тутуурдаах ыалдьыттар бэлэхтэрин, баһаам үлүгэр бакыаттаах үптэрин кэлэ-кэлэ, кэтит остуолу нөҥүөлээн, тардыллыбыт аһы тоҕо көтүөхтүү тарбачыһан, кыыс нарын илиитигэр куду анньаллар. Зана-Заночка ону барытын атаҕын анныгар кумааҕы суумкаҕа уга олорор. Ол тухары күннүү сырдык мичээрэ кини сирэйигэр кыра да түгэҥҥэ уостубат. Сотору-сотору кыыс атаҕын иминэн били суумканы бигээн көрөр түбүктээх, онтон эмиэ да сандаарыс гына түһээт, Толяҕа эргиллэн чап-чараастык лыҥкыныыр:

– Толик, свадебнай путешествиебытыгар туттуохтаах долларбыт суумкабытын толороору гынна дии. Өссө биэрдэхтэринэ, эн сиэпкэр угуом, сөп дуо? Онтон кэнники ылыам буоллаҕа дии, – киһи эрэ таптыахтык эйэргээн, араастаан кылап-халап көрөн, минньигэс-минньигэстик мускуллаҥнаан, Заночка барахсан эппитин толортороо ини.

Туораттан көрөөччүлэр таптал уотугар умайан баран билигин да умулла, уоскуйа илик кэрэчээн кыыһы манньыйа одуулууллар. Дьол диэн ити буоллаҕа дии саныыллар. Күтүөт уол чахчы дуоспуруннаах дииллэрэ кырдьык быһыылаах, солуута суох саҥарбыта да иһиллибэт, биирдэ алҕас мүчүк гынан ылбакка, арааһа, саҥа аймахтарын, олор сибээстэрин иһигэр «буһара» олордоҕо диэн дьон быһалыы тойонноон кэбистилэр.


Ити тухары Толя атыны саныы олорбута. Киниэхэ сөбө суох эйгэҕэ күүс өттүнэн буолбакка, бэйэтин көҥүлүнэн киирдэҕэ. Киирдэҕэ да диэн, киирэн биэрдэҕэ эбээт. Ульзананы билбитэ үс сыл буолла бадахтаах. Хаһан эрэ, ханнатын өйдөөбөт, биир быстах хампаанньаҕа билсибиттэрэ. Кини хаһан да бу кыыһы сэҥээрбэтэ ээ. Олус атааҕын, ону ааһан кыратык акаары соҕустук быһыыланарын сонньуйа көрөрө.

Дьэ, быстахха былдьатыы диэн Толя туһугар тоһуйан туран тосхойоохтообута. Сураҕа, уол аҕата Ульзана ийэтиниин урут бырайыактыыр институкка бииргэ үлэлээбиттэрэ үһү. Биирдэ ол өлүү түбэлтэлээх, алҕас биллэн, иһиллэн ааспыттаах.

Былырыын этэ. Розалия Аманатовна, кэм да түбэһиэх быатыгар диэ, тобус-толору суумкалары туппутунан, куттаммыт тугут оҕотун курдук көрбүтүнэн, халтарааҥҥа охтумаары нэһиилэ чирэстэһэн иһэрин көрөн, уол дьиэтигэр тиэрдибитэ.

Ааны Зана аспыта. Куолутунан омуннуран-төлөннүрэн, чыычаах курдук чыбыгыраан, аара көрсө биэрбит «аанньалы» – Толяны, маамата барахсаҥҥа күүстээх илиитин ууммут дьиҥнээх «джентльмены» уруйдаан-айхаллаан саалаҕа аһара охсубута. Чэйдии олорон кэпсэтиигэ уруккуттан үөлээннээхтэр оҕолоро буолаллара биллибитэ. Толя аҕатын Розалия Аманатовна олус хайҕаабыта, элбэҕи да элбэҕи кэпсээбитэ. «Дьиҥнээх сахалыы өйдөөх, букатын президент буолар киһи этэ» диэн өссө омуннурбута. Онтон уолу ыйыталаһан, токкоолоһон, Толя да үөрэҕэр ой-бото бэрдин истэн сэҥээрбитэ, харахтара дьиктитик оонньоон ылбыттара.

На страницу:
3 из 4