bannerbanner
Санатыма дуу, ааспыты…
Санатыма дуу, ааспыты…

Полная версия

Санатыма дуу, ааспыты…

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 4

Манна үксэ ыалдьааччылар сыталлар, ол аата эмтэммэт, эбэтэр уустук ыарыылаах диэн, төрөөттөрүн кытта кинилэртэн ийэлэрэ аккаастаммыттар. Чэгиэн баҕайы кырачааннары ардыгар иһээччи, күүлэй дьон бырахпыт буолаллар. Сорохтору онтон-мантан булаллар. Олору кэтээн көрөллөр, доруобай буоллахтарына, оҕото суох ыалга ииттэрэ биэрэллэр. Онуоха халыҥ уочарат. Сороҕор быыһылаан атын куораттартан, омук дьоно эҥин кытта ылаллар дииллэр. Ол тоҕотун, төһө уустугун, көҥүллэнэрин-көҥүллэммэтин Аанчык билбэт, ыйыта да сатаабат. Иһигэр оҕолоруттан наһаа көҥөнөр, кимиэхэ да биэриэн баҕарбат да, бопсор кыаҕа, биллэн турар, суох. Кини тыын соруга – бу оҕолору күннэтэ көрүү-харайыы, хаста да аһатыы. Онон бүтэр. Ытыыр-ыгылыйар буоллахха, бириэмэҕин таах ыыттаххына, хайа эрэ оҕоҥ аччык хаалар кутталланар буолаахтаатаҕа.

Үлэтин кыһамньылаахтык уонна түргэнник толорорун иһин кыыһы хайгыыллар. Оннооҕор Саҥа Дьылга эҕэрдэни кытта бириэмийэ биэрэн турардаахтар. Эбиитин эһиил үөрэххэ киирэргэ мэктиэлиэхпит диэбиттэрэ.

Онтон Аанчык олус үөрбүтэ, бука, ити эппиттэрин хоту сөбүлэниэ даҕаны. Быйыл учуутал буолбут киһи дуу диэн таах туттарсан көрбүтэ да, баала ситэ хапсыбатаҕа, кыайан киирбэтэҕэ. Дьиҥэр, атын дьоҥҥо итинник кэпсиир эрээри, кини үөрэххэ киирэ сатаабыта иһэ истээх этэ. Биллэн турар, төгүрүк тулаайах кыыһы баала да үгүөрүтэ суоҕун үрдүнэн ылбыттара. Миэстэ кырыымчык, баҕалаах баһаам этэ. Кини үөрэххэ киирбитин истэн, докумуонугар илии баттаан деканаттан тахсан истэҕинэ, биир ытаабыт-соҥообут, кып-кыһыл уостаах, будьурхай баттахтаах дьахтар, арааһа, оҕото хапсыбатах быһыылааҕа:

– Ханнык эрэ илэчиискэлэр бырахпыт оҕолоро тулаайах аатыран куонкуруһа суох быһа киириэхтээх үһү! Оттон мин оҕом, ийэлээҕин-аҕалааҕын, үрүҥ көмүс мэтээллэммитин буруйугар «хапсыа» суохтаах!

Кини оннугар киирбит ити тулаайаххыт, көрөөрүҥ да истээриҥ, икки ыйынан итирикситтии барыа, син биир үөрэҕи ылыа суоҕа, – диэбитин эт кулгааҕынан истибитэ, иэнэ кэдэҥнээбитэ.

Кыыс, паркет муостаҕа хам хатаммыт курдук, биир да хардыыны оҥорор кыаҕа суох туран хаалбыта. Икки хараҕыттан сып-сырдык таммахтар төтөлө суох тохтон барбыттара. Туман быыһынан көрдөҕүнэ, кинини буруйдаабыттыы одуулуур харахтар онтон-мантан, төгүрүччү өттүттэн, «дьэ, хайыыр эбит» диэбиттии, дьөлө үүттүүллэрэ.

– Эһиги… миигиттэн сылтаан үөрэхтэн маттыгыт дуо? Бу мантан атыҥҥа барар кыаххыт суох?! Оччотугар мин барыам! Ылыҥ, киириҥ, үөрэниҥ, киһи буолуҥ. Ол эрээри, миигин сэнээмэҥ, илэчиискэлэр оҕолоро буолбатахпын, эһиги да үөрэҕэ суох син биир киһи буолуом, – диэт, сорунуулаахтык деканакка төттөрү киирбитэ.

– Докумуоммун ылыыһыбын, мин… атын сиргэ барыыһыбын, – диэн сымыйалаан кубарыппыта.

Онуоха дьиктитэ баара, бу икки ардыгар сибилигин үөрэн-көтөн тахсыбыт кыыс баччалаах былдьаһыктаах миэстэттэн тоҕо аккаастаммытын ким да туоһулаһа барбатаҕа, саҥата суох түргэн үлүгэрдик кумааҕытын була охсон утары ууммуттара.

Итинтэн эмиэ соһуйбут-хоргуппут кыыс, сап-салҕалас илиилэринэн били кумааҕылары куду харбаат, тахсар ааны былдьаспыта. Баҕар, ким эмэ хайдах-туох буоллуҥ диэбитэ буоллар, санаата уларыйыа эбитэ дуу. Ханна эрэ санаатын үгэҕэр күүтэ-эрэйэ санаабыта туолбакка, онтон ордук хомойон, синим биир диэт, иннин диэки дьүккүйэн испитэ. Ааҥҥа үмүөрүспүт оҕолору түҥнэри көтө сыһан көрүдүөр устун сүүрбүтэ. Өрөмүөннэнэ турар кураанах аудиторияҕа киирэн уйа-хайа суох ытаабыта дуорааннанан көрүдүөр нөҥүө уһугар иһиллибитэ быһыылааҕа да, кыыска ким да чугаһаабатаҕа. Бачча тухары атаҕастаммыт курдук санаммат буолара да, тыл баар эбит кыһыылаах да, ыарыылаах да. Кимнээх буолан көмүскэтиэй? Ханыыта суох эрэйдээҕи аҥаардастыы атаҕастаатахтара абатын… Кинини туора соторго хантан ылбыт бырааптарай? Кыл түгэнигэр, хаста да өсөһүөх, миэстэтин туран биэриэ суох курдук санаабыта эрээри, оо, ити харахтар… Бука бары кинини тымныытык, хаҕыстык, туохтарын эрэ былдьатан өһүрбүт курдук көрөр элбэх да элбэх сып-сытыы харахтар. Хайдах итинник дьулаан харахтары кытта биэс сыл эллэһэн, тэҥҥэ этэҥҥэ сылдьыахха диэтэххэ, ыарахан этэ. Ол иһин аккаастаммыта.

Дьиҥэр, ити кыһыылаах-абаккалаах түбэлтэ ааспытын да кэнниттэн, холкутуйаат, хайдах эрэ кэмсинээччитэ суох. Хата, туох имнэммитэ буолла, арааһа, дьылҕата харыстаабыт дьүһүнэ буолаахтыа, иннигэр кинини күүтэр туох эрэ улахан алҕастан мүччү туттаран быыһаан ылбыта буолуо дии саныыр. Кыахтаах баҕайытык атын үөрэххэ барыам да диэбитэ баара? Киһи да күлүөх, Аанчык докумуонун туттарарыгар хас да сиргэ туттарсарга холонор албаһы билээхтээбэтэ даҕаны ээ. Букатын да мантан атын үөрэх туһунан санаабакка сылдьыбыт кыыс толкуйа туора-маары сүүрэр кыаҕа суоҕа.

Онон, тиһэҕэр, туга да суох хаалбыт кыыс, ол күн саҥата суох малын хомунан, абитуриеннаан бүппүтэ. Уопсайтан тахсан, аа-дьуо хааман, хайа диэки барарын бэйэтэ да билбэккэ, оптуобус тохтобулугар тиийбитэ. Онно баар кыра киоска түннүгүн аттыгар, быһыыта, бэрт өрдөөҕүтэ сыстыбыт, ардах-хаар үлбүрүйэн, күн уота тобулу көрөн, дэлби саһаран хаалбыт биллэриигэ хараҕа хатаммыта. Дьэ, онто дьыалатын барытын бэрт судургутук быһаарбыта. Кыыс итиннэ этиллибит нүөмэрдээх оптуобуска олорон, олус судургутук оруобуна «Күнчээн» Оҕо дьиэтигэр тиийэн кэлбитэ.

Хата, бу үлэҕэ түбэһэ түһэн абыранна даҕаны. Тулаайаҕын истэн, үгүс кэпсэтиитэ суох тута уопсайга олохтообуттара. Бастакы кэмҥэ бииргэ олорор кыыһа сүбэлээн-амалаан, үлэтин сатыар диэри үөрэтэн абыраабыта. Хаһан да кыһыл оҕону көрбөтөх кыыс маҥнай утаа соһуйбута сонун буолбатах. Баҕалаах барыга үөрэнэрин сиэринэн, дьахтар да буоларын быһыытынан, хаана оонньоотоҕо, оҕону көрөрүн-бүөбэйдиирин бэркэ сөбүлээбитэ. Куттанан чугуҥнаабакка, харса суох, этии-үөрэтии хоту, сүнньүн да сатаан кыаммат, үстүү эрэ киилэлээх кырачааннары бүөбэйдээбитинэн, имигэс бэйэлээхтик туппутунан-хаппытынан барбыта.


Сааһыары ити дьоно төһө эмэ бороохтуйдулар, доҕор. Аны сууламматтар, ыстаан, ырбаахы сыыһын кэтэн баран, илиилэринэн таймаҥнаһан, батыһа көрөн, кураанах суоскаларын соппойоллорун быыһыгар өссө мичээрдээн ылаллар. Тура-олоро сатааччылар да бааллар, саамай сытыылара, икки илиилэринэн тардыһан тураат, уйаларын кэрийэ хааман муҥнаналлар.

Ыалдьар оҕо атын эбит ээ. Сыппытын курдук сыттаҕа, атыттар хайдах да сайынныннар-эбинниннэр, ол эрэйдээхтэр, кыайан эргийбэттэр, төбөлөрүн көтөхпөттөр, оннооҕор, ыйааһыннара эбиллибэккэ дылы…

Итинниктэри кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ, бодьуустаһыахха баара диэн мунньах аайы абаккаҕа этинэллэр да, үлэһиттэр кыамматтар.

Ньээҥкэ хамнаһа быыкаа, ол да иһин уһуннук тохтоон, олохтоохтук санаатын ууран үлэлиэн баҕалаах аҕыйах. Арай Аанчыкка табыгастаахха дылы. Ылар харчыта аһылыгар тып курдук тиийэр. Уопсайа босхо, күнүс үлэтигэр чэйдиир. Быстахха кэлбиттэр эн хайдахтаах да этиигэр-үөрэтиигэр кыһамматтар, аҕыйах кэмҥэ хамнастарын толуйдулар да, туох да иэһэ суох төттөрү ыстаналлар.

Ардыгар медик буолаары сылдьар устудьуоннары аҕалаллар. Олор хантан ньээҥкэ буолуохтарай, үрдүнэн-аннынан сууйан-тараан хайдах тутары-хабары билсэллэр эрэ, сүнньүнэн ыарыыны интэриэһиргиир буолан, сытар оҕоҕо ымманыйбаттар.

Оттон Аанчык үлэтин наһаа сөбүлүүр. Сороҕор, солбуһар ньээҥкэ кэллэҕинэ да, тардыллан, арыый иллэҥсийбиччэ, ыалдьар оҕолор хосторугар баран анаан бодьуустаһар идэлээх. Саха буоллун, нуучча буоллун, омук буоллун, наар сахалыы туһаайан саҥарар, кэпсэтэ сатыыр, ыллыыр, утуу-субуу барыларын көтөҕүтэлиир. Сытааччылар эрэйдээхтэр сороҕор кырдьык да билэр курдук туттаахтыыллар. Аанчык атаҕын тыаһын истээт, ах бараллар уонна кинилэргэ тиийэрин күүтэр курдук иһийэ түһээхтииллэр. Оччоҕо кыыс иккилии оҕону уйаларыттан ылан түөһүгэр ыга кууһан түннүккэ чугаһата аҕалар. Сырдык буоллун, хараҥа буоллун, туох да ситимэ суох аҥаар кырыытыттан иһирдьэни-таһырдьаны, киһини-сүөһүнү, ыты-куһу арааран кэпсээбитинэн барар…

Манна киириэҕиттэн иһигэр кистээн иитиэхтиир биир ыралаах. Хаһан эрэ кини үөрэнэн, идэлэнэн, хамнаһа үрдээтэҕинэ, туһунан дьиэлэниэ уонна булгуччу мантан биир эмэ эрэйдээҕи иитэ ылыаҕа. Ол оҕотун оннооҕор хайдах эрэ хараҕар көрөн ыларга дылы. Эмиэ да дьиибэтэ баар, кыыс хаһан эрэ кэргэн барыахтааҕын туһунан тоҕо санаабатаҕа буолла, ыал буоллаҕына бэйэтэ оҕолонуохтааҕын эмиэ учуоттаабатах дии.


Аанчык итинник арааһы эрийэн-буруйан, быстах-остох булкуйан-тэлкийэн уһуннук санаабытыттан илистэ быһыытыйда, оргууй үөһэ тыынна. Оо, санаа диэн түгэҕэ дириҥиэн, сыыйыллара түргэниэн! Уопсайыттан үлэтигэр диэри, омуннаатахха, баара-суоҕа икки хаамыы. Ол икки ардыгар санаата ырааҕынан да «айаннатан» оонньоколоон ыллаҕа үһү. Барыта иэйииттэн саҕаламмыта ээ. Ийэ буолар үөрүүттэн, кистэлэҥ дьолтон уонна… соҕотох буолбатах долгуйууттан. Ол иһин, хаһан эрэ ылыахтаах оҕотугар туһаайан оргууй аҕай: «Чыычаах, тохтуу түһүөхпүт, бастаан оҕолонуохпут, онтон эйигин син биир ылыахпыт», – диэн бэйэтэ эрэ истэрин курдук сибигинэйдэ.

Кыыс үлэтигэр кэлээт, муус маҥан халаатын кэттэ, эмиэ оннук туналыйбыт халпааҕын оройугар уурунна, кэтэҕэр ыга тардан баанна. Сиэркилэҕэ кини иннигэр атын Аанчык турар. Уулуссаҕа буоллар наһаа оннук киһи хараҕар быраҕыллыа суох эбит да, маҥан халаат кими баҕарар олус тупсарар. Кини симиттибиттии туттубут сэмэй баҕайы ыраас сэбэрэтинээҕэр быһыыта-таһаата ордук уурбут-туппут курдук. Орто уҥуоҕар сөрү-сөп сип-синньигэс бииллээх, көбүс-көнө атахтардаах. Онуоха эбии илиитинэн үлэлиир кыыс имигэс санныларыгар дьүөрэлии нарын илиилэрэ харахха чуо быраҕыллаллар. Хамсаныыта имэрийэн эрэр курдук сэрэхтээх, наһаа намчы буолан, оҕо эйгэтигэр айылҕаттан сыстаҕас буоларга анаммыкка дылы. Күлэн мичийдэҕинэ сирэйдиин сандаарыс гынар ис киирбэх мөссүөнэ киһи эрэ хараҕар чуо быраҕылларын бэйэтэ сэрэйээхтээбэт…

Былырыын баччаҕа дойдутугар этэ. Аҕата суох буолбут кэмин саныырыгар наһаа ыарахан, ол иһин хаһан да оһуо суох чинчилээх бааһы тыыппакка, мэлдьи тумна сатыыр. Ордук-хос ыйыталларын эмиэ сөбүлээбэт, судургутук: «Ийэм кырабар өлбүтэ, бу диэн үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Оттон аҕам былырыын оһолго бараахтаабыта, онон төгүрүк тулаайахпын», – диэн быһыта биэрдэҕинэ, ким да эбии туоһулаһааччыта суох.

Толялыын билсэллэригэр эмиэ ити курдук эппиттээх. Уол соһуйбута уонна тугу да саҥарбатаҕа. Ол күнтэн ыла кини кыыска сыһыана ордук иһирэх буолбута быһыылааҕа. Кинилэр Эргэ Саҥа дьылы атаарар саҕана түүҥҥү кулууп үҥкүүтүгэр көрсүбүттэрэ. Аанчык онно тиийиитэ соһуччу соҕуһа. Бииргэ үлэлиир кыыһын кытта таах сынньана таарыйа барсыбыта. Куорат сир ыччата сытыыта дэлэлээх дуо, уоллуун-кыыстыын тибийэн олороллоро. Онтон саллан кыыс муннукка турар остуолга турбаттыы сананан олорбута. Биир бытыылка суок атыыласпытын хороҥ от курдук өҥнөөх пластик туруупканан сыпсырыйа-сыпсырыйа, киэһэни быһа анаан үрдэрэр буруоларын быыһынан үҥкүүһүттэри одуулаабыта. Чахчы киэптэппитэ, эчикийэ хамсаналлара да эҥинин, эрийэн түһэн уустугун. Ол быыһыгар өссө өрүтэ ыстаҥалаһар эбиттэрэ. Бары да маарынныырдык хамсаналлара, онон, сэрэйдэххэ, саамай муодунай үҥкүү үгэнэ быһыылааҕа.

Арай, Аанчык ол туһунан тугу да билбэт. Тыас-уус, дирбиэн-дарбаан киһини да кытта кэпсэтиннэриэ суох айылааҕа. Аргыс кыыһа Люба, Аанчыгы барыах диэн ааттаһа сатаан баран, доҕотторун көрсөн бииргэ үҥкүүлүү ыстаммыта. Быыһыгар кыра хаалаах суоктарын күргүөмүнэн соппойоллор, арааһа, битийэ сырыттахха итиикэтэ да бэрт буолуо. Олорор киһиэхэ оннук үлүгэр сылаас буолбатах да, үҥкүүһүттэр хамсаныыларын күүһэ сыттаҕа. Имик-самык уокка киһи сирэйэ-хараҕа дьүүллээн көстүбэт. Онуоха эбии өтөр-өтөр туох эрэ буруотун саба үрдэрэллэр, оччоҕо букатын туман быыһыгар сылдьар кэриэтэ атын турукка киирэҕин быһыылаах. Ити сыттаах буруоттан тэттэн ордук кыыс аймах үөрэн ыстаҥалаһа түһэр, күлүү-салыы оргуйан олорор. Чахчы да куорат сир тыаттан атына манна ала-чуо көстөрүн сөҕөн, Аанчык кирийиэҕинэн кирийэн, ыраахтан көрө эрэ олорбута.

Танцпол ураты сэргэх «олоҕун» сонурҕаан-дьиктиргээн, барытын сыныйан көрө олордоҕуна, ааһан иһээччи уолаттартан биирдэстэрэ, дьоҥҥо үтүрүллэн быһыылааҕа, Аанчык илиитигэр кэтиллэн, иһэ олорор суога остуолга соҕотохто килэс гыммыта. Кыыс, соһуйан, бытыылкатын харбаан ылан олордьу уура охсубута. Ити икки ардыгар остуол сирэйиттэн саккыраан тохтубут суок дьууппатын балайда илиппитэ.

Кыыс, онтун тэллэҕин харбаабытынан, ойон турбута. Хайыан да билбэккэ, саатар тэбэнээри дуу нөрүйбүтүгэр, арай, илиититтэн ким эрэ харбаан ылбыта. Үрдүк уҥуохтаах, кип-киэҥ арылыйбыт харахтаах, тоҥсоҕор муруннаах, үөһээ уоһун үрдүгэр сип-синньигэс гына саҥардыы бытыгыраабыт бытыктаах, санныгар тиийэ уһун баттахтаах, ыраас сэбэрэлээх уол оҕото илэ бэйэтинэн турара.

– Кыысчаан, бырастыы гын, алҕас таарыйдым бы-һыылаах, – диэн кини кулгааҕар таҕайан обургу соҕустук саҥарбытыгар, Аанчык долгуйан туох да диэн булбатаҕа.

Ол икки ардыгар уол ханна эрэ элэс гыммыта. Өр-өтөр буолбатаҕа, сииктээх салфетканы салыбыраппытынан субу тиийэн кэлбитэ. Онтун Аанчыкка ууммута уонна таарыччы:

– Билсэргэ бэртээхэй төрүөттэнним быһыылаах, эн таҥаскын буортулаабыт буруйдаах Толя диэммин, – диэбитэ.

Кыыс күлбүтэ, букатын да буруйдуур санаата суоҕун биллэрэн эйэргээбитэ, аатын эппитэ. Салгыы сэлэһиэҕи, ирэ-хоро кэпсэтиэҕи бэрт тоҕоостоох түгэн этэ эрээри, дирбийэр-дарбыйар тыас-уус тугу да иһитиннэриэ суох курдуга. Ол сатамньыта суох балаһыанньаттан иккиэн да саараабыттарын уол урут бэлиэтии көрөн:

– Аня, таһырдьа тахсабыт дуо? Манна айдаана бэрт эбит, – диэн тыл кыбыппыта.

Ити, кылгас да буоллар, олус күндү киэһэ этэ. Кыыһы инчэҕэй дьууппалаах барыаҥ дуо, тоҥуоҥ диэн туруорсан, Толя тута таксинан уопсайыгар аҕалан биэрбитэ. Сарсын, буруйун суотугар киинэҕэ барсарга ыҥырбытын кыыс аккаастаабатаҕа.

Оо, ол түүн бытааныан, эчикийэ сарсыарданы күүтэн да биэрбитэ. Сүрэҕэ мип-минньигэстик ыгыта туппахтаабыта, битигир-битигир тэбиэлээбитэ, имнэрэ кэйбитэ. Аанчык хараҥаҕа кытта кистээн мичээрдиир диэн тугун аан бастаан билбитэ. Билбитэ да буолуо дуо, маннык эбит диэн, дьэ, өйдөөбүтэ.

Күнү быһа сүүрүүнэн үлэлээт, киэһэлик уопсайыгар тахсыытыгар, үөрүөн иһин, аанын таһыгар Толя хайыы-үйэ хоруопкалаах кэмпиэттээх кинини күүтэн турара.

Бүттэҕэ ол, Аанчык ол күнтэн ыла күннэри-түүннэри күүтэр киһитэ соҕотох кини, Толя эрэ. Уол архитектор буолаары үөрэммитэ үһүс сыла эбит. Манна куоракка үөскээтэр да, тыаҕа дьоннордоох буолан, сахалыы-нууччалыы барытыгар сыстаҕас, элэккэй, булугас-талыгас, турбут-олорбут, букатын сиппит эдэр киһиэхэ маарынныыр.

Аанчык соҕотохсуйбут сүрэҕэ ити кэмтэн ыла иччилэммитэ, кимниин да үллэстиэ суох күндү кистэлэҥнэммитэ. Кыыс санаатыгар кини бу уолу сааһын тухары (онтубут да, саллайбыт сааһа диэхтээн, баара эрэ 17-тэ эбээт) билэр курдуга. Хайдах эрэ оннук, орун-оннугар буолуохтааҕын курдук, кини сүрэҕин суос-соҕотох чопчута бу уол буолбута. Кинилэр, ол да иһин буолуо, уһаабатахтара, били билсиэхтэриттэн нэдиэлэ эрэ кэриҥэ буолбуттара, кыыс биир хоско олорооччута уоппускаҕа бараатын кытта, киэһэ киинэ кэнниттэн Толя киниэхэ хоно хаалбыта…

Онтон ыла, үөрэҕэ бүттэр эрэ, атын наадата суох кэмигэр уол куруук кэлэр. Аараттан атыыласпыт бэчиэнньэтин, ардыгар мороженайын кыбыммытынан иһэрин көрдөҕүнэ, Аанчык утары тахсан көрсөр уонна бу күн сиригэр кини саҕа дьоллоох суоҕун илэ итэҕэйэр. Тоҕо диэтэххэ, кини Толята куруук кинини таптыырын туһунан олус минньигэстик, элбэхтик да элбэхтик сибигинэйэр. Ардыгар бойобуой баҕайы тыллардаах, тапталга ханан да сыһыана суох эрээри, таптыыр бэйиэттэрин хоһооннорун төһө сатыырынан, иҥнэ-иҥнэ, өйүттэн ааҕан күллэртиир. Хаһан эрэ Аанчыкка эрэ анаан дьиҥнээхтик айыам диэн андаҕайар. Ити таптал буолбакка? Итинник дьиҥнээх нарын тапталтан иитиллэн, кини иһигэр оҕо үөскээбитэ, эчи, үчүгэйин эриэхсит.

– Анечка, анараа иккис палаатаҕа саҥа кырачааны аҕалбыттара, көрөөр эрэ, наһаа ытыыр этэ, – диэн кыыс солбуга эмискэ киирэн соһуппутугар, сиэркилэ иннигэр эргичийбэхтии турар бэйэтэ онтон өрө ходьох гынна, санаатын ситимин соҕотохто быһа баттаата.

– Ээ, барахсаны даа, сибилигин көрүөхпүт… – диэбитинэн, хостон көтөр кэриэтэ ойон тахсан, көрүдүөр устун чэпчэкитик дугунан хаама турда.

* * *

– Аанчык-баанчык, Анчик-бантик, көр эрэ, тугу аҕалбытым буолуой? – диэбитинэн Толя киэһэ кыараҕас хоско көтөн түстэ.

Үлэтиттэн кэлээт, хортуоппуй ыһаарылыы турбут кыыс утары кэлэн уолу моонньуттан кууһа түстэ уонна субу ууллаары гыммыт мороженайы ытыһынан бүөлүү уолга төттөрү аспыта буолла, дьээбэлээхтик уун-утары көрөн туран, оргууй аҕай сибигинэйдэ:

– Аанчык аны манныгы сиэбэ-эт, тоҕо буолуой?

– Бай, талиябытыгар туох үлүгэр куттала суоһаатай, эт эрэ миэхэ ону, сибилигин… – диэн уол тэҥҥэ оонньоһон эрдэҕинэ, кыыс кини уоһун саба тутта:

– Талияҕа куттал суох эрээри, аны бөгүүрэбит бэйэтэ битэмииҥҥэ наадыйар. Ол аата дьаабылыка, апельсин, банаан уонна… уонна туох эбитэ буоллар… – кыыс хараҕын симириччи көрөн уолга таайтара сатаата.

Биирдэрэ сатаан өйдөөбөтөҕүттэн мунааран, хааһын түрдэһиннэрдэ, тас таҥаһын устан хоско ааста. Аанчык таайбараҥа тута таайыллыбатаҕыттан хомойбото, сырылас хортуоппуйун, сэниэлээхтик булкуйбахтаат, күөх луугунан тумалаата, төттөрү хаппахтаата уонна:

– Толя, мин бүгүн гинекологка сырыттым. Кини этэринэн, аны… 35–36 нэдиэлэнэн мин кыып-кыра ньээньэлэнэбин! Оччоҕо эн уонна мин ийэ уонна аҕа буолабыт! Хайа, хайдаҕый, туох диэҥ этэй?

Уол, кырдьык, соһуйан эрэ хаалла. Сыыһа истибэтим ини диэн саараата:

– Мин? Аҕа?! Тугун… түргэнэй… – Толя чочумча турбахтаата, онтон күллэ. – Оттон бэрт буоллаҕа дии, Аанчык. Эн… ону сөбүлүүр буоллаххына… Ол эрээри, оччоҕо… үөрэҕиҥ хайыырый?

– Тыый, оттон үөрэниэм дии, ыксаатахпына, кэнники кэтэхтэн да көһүөм, – диэн, былыр үйэҕэ ити туһунан толкуйдаабытын биллэрэн, кыыс дьоһуннаахтык хардараат, остуолун тардар аакка барда…

Хайалара да холбоһор, ыал буолар туһунан тыл быктарбатылар, быһыыта, санааларыгар да оҕустарбатылар. Аанчык баары баарынан, судургутук ылынар буолан буолуо. Оттон устудьуон уол, ситэ үөрэммэккэ сылдьан кыраланнахха уустук балаһыанньа тириэҕин сэрэйдэҕэ буолуо, ордук-хос тугу да саҥарбата.

* * *

Ити итинэн аастаҕа. Сааскы күн, чаҕылыйан, сырдыга дьикти. Ыйтан ый үүннэҕин аайы кыра-кыралаан ыараан иһэр Аанчык халтарааҥҥа сэрэнэн хаамар. Билиҥҥитэ, иһэ оннук айылаах улааппатар да, кини сирэйдиин кытта төгүрүйбүт курдук. Хата, доруобуйата балачча этэҥҥэ, чэгиэн буолан ыарахан кэмин этэҥҥэ аһарыыһы.

Үлэтигэр кинини хат диэн өссө ким да өйдөөн-дьүүллээн билэ илик. Бииргэ олорор кыыһа уоппускатыттан кэлбитэ. Инньэ гынан Толялыын дэҥҥэ кэриэтэ көрсөллөр. Киинэҕэ сылдьары кыыс сылаарҕыыр, кафе, буфет аһылыгын аны тулуйбат буолан, урут сөбүлээн чэйдиир сирдэригэр да сылдьыбатахтара ыраатта.

Ону ааһан сааскынан уол, бэйэтэ этэринэн, үөрэҕэр аһара ыктарда, биир үксүн курсовойа, реферата ситэ-хото оҥоһуллан иһиэхтээҕэ кыайда. Кини итинник кыһамньытынан кыыс киэн туттар, эһиил бэйэтэ эмиэ олус кыһаллан үөрэниэ турдаҕа. Үлэлиир буолан хаһан чуҥкуйуой, куруук түбүк үрдүгэр сылдьар уонна бэйэтэ кырачаан киһилэнээри күн-түүн долгуйа күүтэр ураты туругунан үлүһүйэн кыраны аахсыбат. Онуоха эбии Толятын таптыыра бэрт, кини туһугар тугу баҕарар тулуйуох этэ.

Аанчык, быыс буллар эрэ, аттынааҕы сквергэ бэркэ сөбүлээн дьаарбайар. Онно саас буолуоҕуттан аҕалар, кэлээскэлээх кырачааннарын үтэн, өрөбүл күн элбииллэр. Атын күннэргэ ийэлэр бэйэлэрэ сылдьар буолаллар. Итини көрө-көрө, кыыс мичээрдиир, кинилэр Толялыын эмиэ оҕолорун кыһанан көрүөхтэрин санаан олус долгуйа астынар.

Биир күн кыыс маҕаһыыннары кэрийэргэ былааннанна. Санаатыгар, саҥа кэлиэхтээх киһитигэр тугу ылыахха сөбүн эрдэттэн суоттанаары уонна иллэҥсийбиччэ атыыны-эргиэни көрөн сэргэхсийээри.

Толя биллибэтэҕэ үһүс нэдиэлэтигэр барда. Бука, үөрэҕэр ыктардаҕа, сааскы сессия субу ыган чугаһаатаҕа. Онон, хата, өҥнөөх сап атыылаһан, быыска-арыкка кыра быысыпка анньарга сөбө дуу…

Оргууй сыыйыллан, турар бэйэҕин бэйэтэ күөгэччи көтөҕөн үөһэ мэндиэмэҥҥэ илдьэр кирилиэстээх улахан маҕаһыыҥҥа, үлэ кэмэ буолан, киһитэ аҕыйах эбит. Аанчык, биэс мэндиэмэн тухары бииртэн-биир лааппылары кэрийэн, балай эмэ илистэ быһыытыйда. Бүтэһиккэ тиийбэккэ сананна, ол иһин бэттэх соҕус сып-сырдыгынан сандаарар биир дьоҕус павильону көрбүтэ, сыбаайба таҥаһа-саба, киэргэлэ ааҥҥа тиийэ анньыллыбыт. Итинник эгэлгэ киниэхэ өтөрүнэн наадата суоҕун быһыытынан, төттөрү эргийиэх буолан эрдэҕинэ, хайдах эрэ наһаа билэр куолаһа хантан эрэ:

– Заночка, маны көрүүй, бу фата эйиэхэ ордук барсыа дии. Мантын ылаҥҥын сирэйгэр саба түһэринэҕин, оттон бу кэннэ ууп-уһун… ыраахха диэри соһуллар. Оруобуна эн биһикки олохпут курдук эмиэ уһун да уһун буолуохтаах, оннук буолбат дуо, чыычаах? – диэтэ.

Аанчык эргиллэн көрбүтэ – ким да суох. «Һуу» гыныан саарыы турдаҕына, өстүөкүлэ аан анараа өттүгэр иһирдьэ олус билэр көхсө көһүннэ. Ону кытта кини иннигэр, уп-уһун фатаны субуруппутунан, үрдүк бэйэлээх кэрэ куо хааман наскылдьыйар уонна нарын да нарын куолаһынан чуораан курдук лыҥкыныыр:

– Толи-ик, ама дуу… наһаа старомоднай буолбатах дуо? Мещанскай соҕус диэбэккин дуо? А не лучше ли, если тут прикрепить коротенькую фату, а? Что скажешь, будущий мой архитектор? Короче, эн дизайнер хараҕыҥ суох эбит диэн өссө биирдэ этэбин… Мне тут не нравится, пошли в другой салон, – кыыс оҕото били субуруппутун соҕотохто эһэ быраҕан, туохтан эрэ өһүргэммиттии туттан-хаптан, тоһоҕо курдук сип-синньигэс хобулуктарынан тоһугураан, муннун анныгар өс саҕа саҥалаах субу тахсан кэллэ. Кэнниттэн кини сөбүлээбитэ сөбө суох аатырбыт Толя, тоҕо эрэ үүтүн тохпут оҕолуу туттан, батыһан иһэр… Аанчык, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, түҥнэри хайыста, битириинэни одууласпыта буолан дьон быыһыгар кирийэ сатаата… Хараҕыттан сарк гыммыт сылаас таммахтар тохтоло суох иэдэһинэн сүүрдүлэр. Билигин да туох буолбутун төбөтүгэр ситэ тиэрдибэтэ эрээри, сүрэҕэ хайыы-үйэ сэрэйэн, туох эрэ олус суолталаах бүтэрэ бүппүтүн биллэрэн ыарыылаахтык ыгыта туппахтаата. Мэйиитэ маннык түгэни ылыныан баҕарбат быһыылаах, тоҕо эрэ Толяны көмүскэһиэх курдук гынна. Сибилигин эккирэтэн тиийэн ити кыһалҕаны билбэтэх, атаах, мааны кыыһы эргилиннэри тардан: «Толя саамай сөпкө этэр. Уһун фата уһун дьоллоох олох кэрэһитэ. Туох да мещанскайа суох, олус кэрэ көстүүлээх буолбат дуо?» – диэн мөккүһүөх, өйдөтүөх санаатыттан бэйэтэ да соһуйда.

Мух-мах баран, барыах-кэлиэх сирин булумуна, били түҥнэри хайыспытынан туран хаалла. Ааһан иһээччи тугу эрэ көрө турар диэ эбитэ буолуо да, кыыс хараҕа туманынан бүрүллэн тугу да көрбөт. Ити аата… тугуй? Толя туһунан кыыстаах, атын олохтоох? Хайдах баҕайыный? Тоҕо да эппэтэҕэй? Аанчык булгу өйдүөх этэ дии, кырдьыгынан кэпсиирэ кыаллыбатах муҥай… Аата, кэргэн ылыах кыыһа хамсыыр хартыына курдук кэрэтиэн, куолаһа минньигэһин, нарынын? Оо… Аанчыкка чахчы ханан да холооно суох мааны көрүҥнээх, имилдьигэс быһыылаах-таһаалаах. Аны… уруккуттан доҕордуу дьоҥҥо кини туораттан булкуспут бэйэтэ дуу, оччотугар Толя туох буруйдаах буолуой…

Итинник булкуур санааҕа ыктаран, саҥата суох ытыы турар ыарахан кыыһы битириинэ анараа өттүттэн атыыһыт дьахтар көрөн тахсан кэллэ:

– Кыысчааныам, туох буоллуҥ, көмө наада дуо? – диэн аһыммыт баҕайы куолаһынан сэрэнэн туоһуласта.

Аанчык, тугу да хардарбакка, ыараан хаалбыт атахтарын нэһиилэ сыҕарыталаан, халты хаамта. Мааҕын сып-сырдыгынан угуйбут салон, санаатыгар, бүдүк-бадык, имик-самык уоттарынан атаара хаалла… Эчи да… туох ааттаах, элбэх киһи сылдьарыгар табыгаһа суох көрүдүөрүй, хараҥа соҕус дуу диэн аралдьытыныах санаа баара да…

Биирдэ өйдөммүтэ, тула ыгылыйбыт дьахталлар ньамалаһаллар, кини сирэйин-хараҕын одуулаһаллар. Ким эрэ уу иһэрдэ сатыыр, ким эрэ, ханна эбитэ буолла, төлөпүөннүүр. Кинини ханна эрэ олоппоско киллэрэн олорпуттар. Ээ, атыыһыттар эбит…

– Хайа, тоойуом, бэттэх кэллиҥ дуо? Аатыҥ кимий? Саҥар эрэ, – эмиэ өҥөйөн көрөн ыйыттылар.

– Анябын… Туох буоллугут? – туох да диэн булбакка кини төттөрүтүн бэйэлэриттэн ыйытта, төбөтө тоҕо эрэ дыҥ курдук. Ити икки ардыгар туох буолбутун ситэн өйдөөбөтө. Арай, наһаа сылайбыкка, утуйуон баҕарарга дылы турук кинини нухарытан, сотору-сотору туймаарытар быһыылаах.

– Суох, суох, Анечка, мэ-мэ, бу диэки көр эрэ! Кыргыттар, түргэнник суһал көмөнү ыҥыра охсуҥ, эмиэ охтоору гынна, – ити кэннэ кыыс, чахчы утуктаабыт курдук сананан, уу чуумпутук төбөтүн хоҥкуччу түһэрэн кэбистэ…

«Бу иэдээни?! Пахай да, манна кэлэн аны уҥан охто оонньообут… Киһи кыбыстыах». Аанчык суһал көмө бырааһа тугу диирин аанньа истибэккэ, биир кэм ыытыҥ диэн көрдөстө, мэктиэтигэр ытаата, тиһэҕэр, төлө көтөн кэриэтэ, бу кыараҕас маҕаһыынтан тахса ойдо.

«Сүрүн баҕаһын, туох абааһыта буллаҕай, барыта этэҥҥэ курдуга, ээ, арба да… Толяны көрбүтэ этэ дуу. Кырдьык да оннук эбит, кини Толята манна кэрэчээн бэйэлээх кыыстыын сыбаайба таҥаһын сыымайдыыллар быһыылааҕа»…

– Оттон эмиэ да сөп дии, – Аанчык бэйэтин уоскутуна сатаата. – Мин диэн… үөрэх да суох, баай-дуол, дьиэ-уот эмиэ мэлигир, кэрэчээн кэргэн буолар кыыска туохпунан маарынныамый, – эмиэ бычалыйа охсубут хараҕын уутун аһарынаары хара күүһүнэн мичээрдии сатаата.

Кини маҕаһыынтан тахсан уопсайын диэки сатыылаата. Син тэйиччи сири мааҕын оптуобуһунан кэлбитэ, оттон билигин маннык ытаан-соҥоон, дьону толору тиэммит көлөҕө туох диэн киирээхтиэй?

На страницу:
2 из 4