Полная версия
Түүл буолан сүтүмэ
Кыргыттар бэйэ-бэйэлэрин диэки көрсөн кэбис-тилэр, сибилигин олус туоһулаһар наадата суоҕун тоҕо эрэ түргэнник өйдөөтүлэр.
Дашалаах Оля киэһэ өттүгэр, сарсын докумуон туттара барар дьон быһыытынан, бэлэмнэннилэр. Өтүүктэннилэр, сууннулар-тарааннылар.
– «Куорат дьиэтэ ончу салгына суох буолар» диэ-битэ маамам. Оруобуна, дьиэбин аҕыннахпыын. Ил-лэрээ күн араҕыстахпыт дии. Оннооҕор оройуон киинигэр тэһийбэккэ эрэйдэнним ахан. Сенчикпин ахтарым биир муҥ эбит. Суруйан эрэрэ дуу, – Оля раскладушкатын тэнитэн оронун оҥостон барда.
Дашаны маанылаан дьыбааҥҥа сытыарар буоллу-лар. Даша тоҕо эрэ утуйуох санаата кэлбэт эбит, дьиэтин, тэлгэһэтин санаан бардаҕына, эчи, сиби-лигин да ытыах курдук.
– Оттон эн биһикки бу форточкабытын аһан утуйуохха. Кырдьык, наһаа да итии. Мин дьиэбэр эбитим буоллар билигин күүлэм боруогар сөрүүкүү олоруом этэ-э. Эн биллэн турар, Сенчиккиниин үрэх диэки хаамса сылдьыаҥ буолуо, – Даша дьээбэрэн дьүөгэтин ахтылҕанын «бэргэтэн» ааста.
– Дьээдьэ Вадим ханна барбыт буоллаҕай, дьикти баҕайы дии, – Оля дьиэ хаһаайына суоҕуттан соһуйбута ааспат.
– Тётя Идаҥ настарыанньата соччо үчүгэйэ суох быһыылаах дии. Баҕар, туох эрэ проблемалаахтара буолуо. Онно өссө биһиги эбилиннибит, – Даша эмиэ утуйардыы оҥоһунна.
Кыргыттар, отур-ботур кэпсэтэ түһэн баран, күнүс-кү сылаалара таайан, нухарыйан бардылар.
* * *Дашалаах Оля сарсыардаттан докумуоннарыгар сүүрдүлэр. Иккиэн бэһис автобуска олорон СГУ тэл-гэһэтин булбуттара эрээри, тус-туспа сиргэ туттарсар дьон сиэринэн икки аҥы сырсан хааллылар. Киэһэ үлтү сылайан дьиэлэрин буллулар. Иккиэннэрин да үөрэҕэ конкурстаахтарынан биллэллэр эбит. Сарсыҥ-ҥыттан консультацияларга сылдьар, библиотекаҕа дьарыктанар былааннаннылар. Ираида Никоновна киэһээҥҥи чэйгэ олорон иккиэннэрин дэлби «доппу-руостаата», ким ханна, хайдах дьарыктанара наадатын сүбэлээтэ-амалаата. Кыргыттар, эдэр дьон сиэринэн, куорат дьоно, үөлээннээхтэрэ хайдах таҥна-сапта сыл-дьалларын эмиэ үөрэтэ, көрө охсубуттар. Иккиэн бу сайын муодунай буолбут платформа хобулуктаах түүппүлэҕэ ымсыырбыттар.
– Ону маҕаһыынтан булбаккыт. Өрөбүл буолла-ҕына ол кэпсиир борохуолкаҕытыгар барыахпыт. Онтон тугу баҕар булуохха сөп. Ол эрээри хаачысты-бата суоҕу, эргэни-урбаны ылартан сэрэниҥ. Дьэ, уонна кыргыттар, мантан инньэ сылдьан бардаххы-тына көрүөххүт, универмаг уонна «Детскэй мир» тулата барыта цыганкалар. Дьылҕаҕытын таайабыт, кырдьыгы этэбит дии-дии сырса сылдьыахтара. Ончу сэргээмэҥ. Олус албын-түөкэй омуктар. Саҥаларынан аралдьыта туран харчыгыт сыыһын тэбээн ылыахтара. Кинилэртэн тугу да атыылаһымаҥ, – Ираида Нико-новна соркуой кута-кута кэпсиир.
– Пахыый, бу кыыс хата атыылаһа охсубут, – Оля Дашатын диэки кыҥнах гынна.
– Уой, тугу, Даша? – Ираида Никоновна соһуйан тэрбэччи көрө түстэ.
– Помадаҕа наһаа ымсыыран ылан кэбистим. Биир кыыстыын универмагтан тахсан иһэн түбэстибит, – Даша, буруйдаммыттыы тутта-тутта, халаатын сиэбит-тэн кыһыллыҥы тэтэркэй помаданы ойутан таһаарда.
– Оо, дьэ, хайыахпытый. Кинилэртэн киһи да кут-танар ээ. Бу араас ыарыы иҥин элбэҕэр. Сабыс саҥа помада эбит, сибиэһэйэ көстөр. Дьэ итиэннэ сэрэнэр буолуҥ, оҕолор, – Ираида Никоновна помаданы ылан эргим-ургум туппахтаат, сыттаан ылла.
Кыргыттар салгын сии, сөрүүкүү таарыйа кэпсэтэр пуун дьиэтин диэки хаамыстылар. Иккиэн дьонно-ругар төлөпүөннээн, үчүгэйдик сылдьалларын, арах-сыбакка бииргэ олороллорун иһитиннэрэн, анарааҥ-ҥылары эмиэ үөртүлэр. Арай Оля кыратык хомойон төнүннэ. Сенятыгар телефоннаабыта дьиэтигэр суох, сайылыкка оҕолорго барда диэтилэр.
– Күнү быһа хайдах дьиэҕэ олоруой. Оҕолоругар сэргэхсийэ бардаҕа дии, – Даша саҥата аҕыйаан хаалбыт Олятын уоскута сатаата.
– Сыбыс-сымыйанан, «оттоон кэлэн баран киэһэ өттүгэр ханна да барыам суоҕа» диэбитэ. Икки да күн буолбата, сүүрэн хаалбыт, – Оля мөҕүттэр.
– Ээ, чэ, Оля, санаарҕаама. Табылыннаҕына, эн биһикки, доҕоччуок, Сэргэлээх уолаттарын билсиэх-пит турдаҕа. Араас оройуон уолаттарын, Сиэнньис-тээҕэр быдан үчүгэйдэри, – Даша дьээбэлэнэн кыы-һын күллэриэн баҕарда.
– Бэйэҥ көрөөр, Даша. Мин Сиэнчиккэ тахсыба-тахпына ыал буолбаппын. Бүттэ, – Оля өссө буугунаата.
– Чэ, чэ, сөп бырастыы гын. Оччоҕо кыра аайыт-тан кыыһырыма. Дьиэбитигэр ыксыахха, тётя Ида хойутаамаҥ диэбитэ. Утуйуохха баран, сарсын эрдэт-тэн библиотекаҕа олоруохха наада.
Дьиэлэригэр кэлбиттэрэ хаһаайкалара ыалдьыттар-даах олорор. Кэргэнниилэр быһыылаах, саастарынан Ираида Никоновна курдуктар.
– Оо, оҕолорум кэллилэр. Настя, дьэ бу баар Ларабыт кырасаабыссата, – Ираида Никоновна Оля-ны ыҥыран ылан ыалдьыттар иннилэригэр туруоран кэбистэ. Медицинскэйгэ бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ кэргэниниин ыалдьыттыы кэлбиттэр эбит.
Арай, Даша өйдөөн көрдөҕүнэ, Ираида Никоновна хараҕа иһэн, сирэйэ кытаран хаалбыт эбит. Ытаабыта көстөр. Даша хайдах эрэ олус ыксаан ылла. Кыратык чэй испитэ буолаат хосторун буллулар.
– Оля, өйдөөн көрдүҥ дуо, тётя Ида ытаабыт дии.
– Мин эмиэ биллим ээ. Ити Настя диэн дьүөгэ-лэрэ, Мирнэйгэ олороллор ээ. Эмиэ хирург кэргэннээх.
– Медиктэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыал буолаллар эбит ээ. Эн да куоппатыҥ буолуо, – Даша бэйэтэ да билбэтинэн дьүөгэтин эмиэ кыыһырда сыста.
– Даша, эн Сеняны абааһы көрөҕүн дуо, туох ааттаах суох гына сатаатыҥ?!
– Эс, туох диэн эттэҥий. Оттон наһаа убай, быраат курдук саныыбын быһыылаах. Чугаһа бэрт. Үчүгэй уол, хотуй, ол да иһин таптаан эрдэхпит.
Бу кэмҥэ хосторун аанын тоҥсуйдулар. Ыалдьыт Анастасия Яковлевна киирэн кэллэ. Киирэн дьыбааҥ-ҥа Оля аттыгар чугас олорон ону-маны ыйыталаста. Онтон эмискэ Дашаны эмиэ чугас кэлэригэр ыҥырда.
– Кыргыттар, биһиги бу түүн соҕуруу көтөбүт. Сочига сынньана баран иһэбит. Эһиги баһаалыста тётя Идаҕытын үчүгэйдик көрө-истэ сылдьыҥ. Арыый аралдьыйыа эһигини кытта. Вот, предатель, а-а, пре-датель, – диэн бэркэ кыһыйбыт-абарбыт куолаһынан нууччалаан кэбистэ.
– Тётя Настя, өйдөөбөтүбүт, ити кими эттиҥ? – Оля соһуйан өрө көрө түстэ.
– Ээ, кистээн муҥнанар эбит дии. Оля, дьээдьэ Вадиммыт бу дьиэттэн букатын барбыт. Саҥа кэргэн-нэммит. Ити чүөчэ иэдэйбит, өссө таҥнарыахсыты көмүскэһэ олорор. Чэ, өйдөөтүгүт? Нам пора! – Анас-тасия Яковлевна эмискэ ойон туран хайдах киирбитин курдук түргэнник тахсан барда.
Кыргыттар, бэйэ-бэйэлэрин диэки саҥата суох көр-сөн баран, аргыый утуйардыы тэриммитинэн бардылар.
– Аан тыаһаата, ыалдьыттар бардылар. Оля, тётя Идаҕа бара сылдьыбаккын дуо? – Даша ис иһиттэн долгуйан отуора хамсаан хаалла.
– Ээ, суох, саллабын. Биһиги чугаһаатахпытына өссө айманыа. Ытаан-соҥоон арыый чэпчээтэ ини, – Оля түннүк сэҥийэтигэр өйөнөн таһырдьаны одуулаһа турда.
Даша сууна сылдьан көрбүтэ, Ираида Никоновна хоһугар киирбит, утуйдаҕына буоларыныы аана «лип» сабыылаах. Кыргыттар, истибит сонуннарыттан айма-нан, хойукка диэри ону-маны кэпсэтэн, сибигинэһэ сыттылар.
* * *Экзамен туттарар итии-буһуу күннэр көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэн-оһон хааллылар. Олялаах Даша иккиэн да үөрэххэ дьаныардаах, дьулуурдаах буолан биэрдилэр. Даша баҕарбыт үөрэҕэр историко-фило-логическай факультет саха тылыгар уонна литерату-ратын салаатыгар киирдэ. Иккис улахан баалы ылбыт абитуриенка буолла. Оскуолатын, оройуонун комсо-мольскай тэрилтэтин эрэллэрин түһэн биэрбэтэҕиттэн үөрэн ахан сылдьар. Үөрэҕэ олус улахан куонкурустаах буолан Оля кыратык ыксыы сырытта. Биир абиту-риены кытта баала тэҥнэһэн хаалан, Ираида Нико-новна оройуонуттан целевой миэстэ оҥорторон абыраата.
Күһүн үөрэх саҕаланыар диэри практикаҕа куорат таһынааҕы оройуоннарга барар буоллулар. Ираида Никоновна иккиэннэрин таҥастарын-саптарын тэри-йэн сүүрдэ-көттө. Кыргыттар иккиэн уопсайга миэстэ ылар буоланнар үөрүүлэрэ өссө үрдээтэ. Дойдула-рыттан суруктар элэҥнэһэн олороллор, үөрэххэ киир-бит оҕолордоох төрөппүттэр үөрүүлэрэ муҥура суох.
* * *– Оо, оҕобут дьэ кэлээхтээтэ. Эйигин күүт да күүт. Төрөөбүт күнүҥ остуола бэлэм, – Людмила Доро-феевна Лилия кэлэн ааны звоноктаабытыгар үөрэ түстэ.
– Трамвайга наһаа элбэх киһи, олус анньы-һыылааҕын иһин биири көтүттүм ээ. Хата, дьээдьэ Игнат тулуурдаахтык күүппүт дии.
– Дьаһал оннук буоллаҕа. Кэлэн хааллаҕына мө-ҕүллүө дии, – Людмила Дорофеевна саҥа кэргэнигэр былаастааҕын балтыгар киэн тутта иһитиннэрдэ.
– Суумкаларбын илдьэ хаалла дии. Гаражка сыл-дьан баран киирэр үһү.
– Ама эн соһо сылдьыаҥ дуо. Туох иһин эр киһилэниэхпитий, доҕор. Чэ, суун-тараан, чэйдиэх-пит. Маамаҥ бырааһынньыктааҕы менюта манна көһөн кэллэ. Сибилигин телефоннуу сырытта, тэһий-бэтэх быһыылаах.
Сотору Людмила Дорофеевна кэргэнэ Игнат Иванович икки улахан суумканы сыһан-соһон, аҕылаан-мэҥилээн киирэн кэллэ.
– Эчи ыарахан да маллар, доҕор. Кыргыттар таһа-ҕастара өрүү элбэх буолар. Оттон Антоша спортивнай суумканы сүгэ-сүгэ барар-кэлэр дии, – Игнат Иванович көлөһүнүн туора сотто-сотто куукунаҕа уу иһэ тиэтэйдэ.
– Бу айылаах мааны кыыс баайа-дуола буоллаҕа. Рабкооп хотунун оҕотун отунан-маһынан оҥорбоккун. Игнат Иванович, чэ, сууна оҕус. Оҕобут төрөөбүт күнэ. Өссө билигин тыбыс-тымныы шампанскай иһиэхпит, – Людмила Дорофеевна суумкалар быылларын сото-сото хос диэки илдьитэлээтэ.
Остуолга олорон күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй-дээн бардылар. Людмила Дорофеевна дойдутун дьо-нун, аймахтарын сураһар. Лилия билэрэ да аҕыйах эбит. Игнат Иванович бэйэтэ да кэмчи саҥалаах-иҥэлээх киһи быһыылаах, саҥа күтүөт буолбут киһи билэрэ да аҕыйах буоллаҕа, оччо кыттыспат. Сэргээн иһиллээн олорор, сөп-сөп тыл кыбытан ылар. Сотору саалатыгар барда.
– Дьахтар киһиэхэ олус кэскилэ суох идэни тал-быккын. Оҕолоннуҥ да тохтууруҥ буолуо дии, үҥкүү-лээн куйаара сылдьыаҥ дуо, – Людмила Дорофеевна Лилия культурнай-сырдатар училищеҕа үҥкүү идэти-гэр туттарсар былааннааҕын соччо сэргээбэтин биллэрдэ.
– Эс, эдьиэй, ол кэргэн тахса охсор үһүбүн дуо. Сылдьа түһэр былааннаахпын. Эдэр сааспын төһө кыалларынан уһатыам ээ!
– Олус уһатар эмиэ куттала баар. Миигин, эдьиий-гин, көр даҕаны, сааһыран баран өйдөнөн олоҕу билэ сатыыбын. Кэмигэр, эрдэ дьаһаммытым буоллар оҕо уруу да баар буолуо этэ. Ханна баар тапталларын кэтээн олорбутум буолла?
– Таптал баар, эдьиэй! Киинэҕэ, кинигэҕэ сымы-йаны көрдөрбөттөр.
– Эчи, романтичнайгын. Эдэриҥ бэрт буоллаҕа-а. Чэ, үөрэххэ киирэриҥ туһугар, – Людмила Доро-феевна шампанскайдаах бакаалын өрө көтөхтө.
Людмила Дорофеевна, бэйэтэ эдэригэр олоҕун оҥостубакка оҕоломмотох буолан, балтын оҕолорун олус күндүтүк саныыр, бэрт кыраларыттан тэбис-тэҥҥэ бэрийсэр. Урут сайын уоппуската буоллар эрэ тыаҕа баран сайылаан, бырааттарын, балтын кытта бодьуустаһан астынан ахан төннөрө. Сыл – хонук. Аҕалара төһө да быраҕан бардар, Валя өһөс, туруу дьахтар буолан, оҕолорун атахтарыгар туруортаан эрэр. Уолаттар этэҥҥэ улаатан, дьиэ иһинэн-таһынан барыны бары кыайа тутар дьон буолан, ийэлэрин абыраабыттарыттан Людмила сэмээр үөрэр. Лилия аҕатын курдук көнө уҥуохтаах-арҕастаах, киһи хараҕар быраҕыллар кынталдьыйбыт бэйэлээх буола улааппыт. Сирэйинэн эмиэ аҕатыгар дылы сырдык. Ол оннугар уолаттар ийэлэрин хаанын батан хара барааннар, орто уҥуохтаахтар.
– Лилька, чэ билигин утуйан сынньан. Сарсын докумуоҥҥун туттара иккиэн барыахпыт. Хоскун бэлэмнээбитим, телевизор кытта баар.
– Эдьиэй, оттон эһиги саалаҕа таҕыстыгыт дуо?
– Оннук буолумуна икки киһи. Кыра хоско бап-паппыт. Итиитэ бэрт, аанньа да утуйбат буола сылдьабыт. Наһаа куйаарда, кыратык да ардахтаан сөрүүкэтэ түспэт ээ.
– Ээ, арба, маама эйиэхэ сээкэйи ыыппыта, – Лилия ийэтэ ыыппыт бакыат суумкатын эдьиийигэр туттаран кэбистэ.
Үчүгэйиэн куоракка кэлбитэ! Дьэ, итиэннэ Сарда-ҥаҕа төннөн да бэрт! Үөрэххэ кыайан киирбэккэ да хааллаҕына эдьиийин аахха олорон тугу эмэ үлэлиэ. Дойдутугар төнүннэҕинэ ферма диэки ыйан кэбиһэл-лэрэ чуолкай. Сарсын тугу кэтиэххэ, хайдах оҥос-туохха? Лилия суумкатыттан хас да суол сайыҥҥы таҥастары ылан өтүүктэнэргэ сананна. Куйааһа да бэрт, баттаҕын өрө таһааран бүрүчүөскэ оҥостон баран сылдьыыһы. Кулгааҕы үүттэтэ охсуохха баар эбит, көмүс ытарҕалар таах сытыахтара дуо.
Аан хоско телефон өрө тырылыыр тыаһа иһилиннэ.
– Лилька, туруупканы ыла оҕус эрэ. Маамаҥ эри-йэр, – Людмила Дорофеевна хос аанын өҥөйөн туран Лилияны ыҥырда.
– Маамуо-уо, хайа, тоҕо утуйбакка эрийэ сытаҕын?
– Эн хайдах тиийбиккин истэ иликпинэ уоскуйуом суох. Кыргыттарыҥ кэлэн бардылар, төрөөбүт күн-нүөхтэрин баҕарбыттар быһыылаах.
– Кэһэйдиннэр! Походка баралларыгар умнубутта-ра бэрт этэ. Зинка кэлэ сырытта дуо? Кимнээҕи батыһыннарбыт?
– Уля, Лена кэлсибиттэр.
– Хотонноругар барбакка тугу хаамса сылдьаллар? – Лилия походтан хаалбыт кыһыыта-абата өссө күөдьүйэн кэллэ.
– Аргыый эрэ, Лилька. Наһаалаама. Чэ, төрөөбүт күҥҥүнэн! Этэҥҥэ куораттааҕы дьиэҕин булбуккун, эдьиийдээх күтүөҥ тылларын истэ сырыт. Куорат Сардаҥа буолбатах, мээнэ дискотеканы кэрийимэ. Сэрэнэн сырыт, иһиттиҥ дуо? Мээнэ эрийбэтим буолуо, саҥа табаар бөҕө кэлэн эрэр. Мантан инньэ түүннэри ыскылаакка сылдьар буолуохтаахпыт, – Валентина Дорофеевна үгэһинэн кыыһын үөрэтэ-такайа сатаата.
– Сөп, маама. Барыта өйдөнөр. Сарсын эдьиэй-диин докумуон туттара барабыт. Үөрэхпэр бэлэмнэ-ниэм дии.
– Чэ, кытаат. Эдьиийдээххэ улахан бирибиэт. Ыыппыт таҥастарым сөп буолсулар ини. Кэлин этээриҥ. Бакаа!
Лилия таҥас өтүүктэнэрдии оҥоһунна. Куоракка, туттарсар училищетыгар – сарсын бастакы күнэ эбээт.
* * *Таһырдьа сайыҥҥы ардах курулаччы кутар. Өр ардаабакка турбут халлаан, «дьэ тыыммын таһаарыам ээ» диэбиттии, аны тохтоло суох хаһыс да күнүн кутан салгыталаан эрэр.
Лилия бүгүн күнү быһа утуйан таҕыста. Уһуктуон баҕарар да кыаллыбат, минньигэс бэйэлээхтик утуйан бара турар. Эдьиийдээх күтүөтэ ханнык эрэ табаа-рыстарын даачатыгар үбүлүөйгэ барбыттара, кэлэллэрэ дуу, суоҕа дуу. Арааһа, Игнат Иванович аймахтарыгар быһыылаах. Людмила Дорофеевна «аны кийииттэрин сириэхтэрэ» дии-дии кичэйэн оҥостор-симэнэр быһыылааҕа. Быдан уларыйбыт ээ, наста-рыанньаламмыт. Лилия улам сэргэхсийэн турарга сананна. Киэһэ ырааппыт, сэттэ чааһы ааспыт эбит. Киһи эрэ буоллар бүгүн Игорь эрийбэтэ дии. Ли-лияны бииргэ туттарсыбыт уола сөбүлээн кэбиһэн училищеҕа сүгүн хаамтарбат. Өһөс уолчаан. Иккитэ-үстэ киинэҕэ сырыттылар, биирдэ дискотекаҕа баран кэлбиттэрэ. Кини эмиэ устудьуон буолла, дьэ арах-пакка сымала курдук сылдьыыһы быһыылаах. Лилия идеала буолбатах, уопсайынан үҥкүүһүт уолаттартан долгуйбат. Лилия хата бэйэтэ ыксыы сырытта, баала хапсыбакка хаала сыста быһыылаах. Игнат Иванович барахсан, көлөһүнүн туора сотто-сотто, сүүрэн-көтөн биэрдэ. Хантан эрэ даача түгэҕиттэн аптарытыаттаах преподаватели аҕалан дьыаланы көннөрдүлэр быһыы-лаах. Аны тыаҕа практикаҕа ыыта сатыыллар. Ханна эрэ ыраах, Өлүөхүмэҕэ. Эдьиийэ ыспыраапкалаһан училищеҕа өрөмүөн үлэтигэр хаалар буолла. Эчи, уһуна да бэрт, ыйы быһа бу үлүгэр ардахха-саппахха ханна баран иһиэй. Хата, ыыталлара буоллар, дьиэ-тигэр баран кэлиэ эбит. Ийэтин, убайдарын аҕынна ахан! Уолаттар билигин оттоон бүтэн киирэн сын-ньана сыттахтара. Сотору манна кэлэллэрэ да буолуо. Никитка үөрэнэр куоратыгар Дьокуускайтан көтөр, оттон Антоша убайа кыһыны быһа куоракка чугас сылдьыа. Убайдардаах буолан Лилия өрүү хайдах эрэ көмүскэллээхтик, эрэллээхтик сананар. Кинилэр эмиэ балтыбыт диэн ымманыйан ахан биэрэллэр.
– Хайа, сэгээр, Лилька, утуйа сытаҕын дуо? – диэбитинэн эдьиийэ хоско көтөн түспүтүттэн соһуйан эрэ хаалла.
Санааларыгар буолан дьоно киирэллэрин исти-бэтэх эбит.
– Эдьиэй, төһө бэрт бырааһынньык буолла?
– Бэрт биэчэр буолла. Ардахтан куотан дьиэҕэ оло-рорго тиийдибит. Дьиҥинэн, балаакка иҥин тардан бэлэмнээбиттэр эрээри, ардах дохсуна сүрдээх. Тур, Лилька, чэйдиэххэ. Оҕурсу, помидор бөҕө аҕаллым. Салат оҥоро охсуом. Игнат Иванович утуйда, сыла-йаахтаата.
– Чэйдиэххэ-чэйдиэххэ. Мин соҕотох буолан аһаа-бакка да сытабын.
– Били уолуҥ телефоннаан наһаа чуҥкуппата ини?
– Игоры этэҕин дуо? Хата, эрийбэтэ. Айыкка, түргэнник тыаҕа бара охсоро буоллар, – Лилия эдьии-йин кытта куукунаҕа тахсан чэй бэлэмнэстэ.
– Лилька, эн уопсайга олоруоххун баҕараҕын дуо? – Людмила Дорофеевна баарыан сарсыарда бал-тын кытта кэпсэппитин санаан ыйытта.
– Маамам инньэ диир дуо?
– Даа. «Баҕалаах буоллаҕына оҕолорго ыытарыҥ дуу» диэннээх. Кырдьык, бэйэҥ бил. Ол эрээри уопсай олоҕо дьалхаана элбэх, хайдах кыргыттары кытта түбэһиэҥ иҥин биллибэт.
– Оннук. Эдьиэй, мин баҕарбаппын уопсайга. Ити Игорь да сүгүннүө суоҕа.
– Наһаа сиримэ. Мин көрдөхпүнэ, олус куһаҕана суох уол. Сахаҕа уһуна иҥинэ, омук курдук дии.
– Ньоҕойо баар ээ. Олус бэрпин дии сананар бы-һыылаах. Кини сөбүлээтэ да дьыала быһаарылларын курдук. Мин бэйэм таптыахпын баҕарабын!
– Оок-сиэ, олоҕу билэ илик барахсан саҥата. Олоххо дьахтар таптыыра улаханы быһаарбат. Маамаҥ туох диэн сүбэлиир?
– Оннук таптал диэн суох диир. Барыта ааһар, бүтэр үһү. Эйигин, оҕолоргун хааччыйар, хамнастаах, баай киһиэхэ тахсар туһунан санаа диир. Сороҕор сө-бүлэспэппин. Маамам бэйэтэ табыллыбатаҕын иһин, наһаа таптаһар истиҥ сыһыаннаах кэргэнниилэри кө-рөбүн ээ. Ол аата дьиҥнээх таптал диэн баар буоллаҕа дии. Өссө маамам арыт этээччи ээ, «куһаҕан киһиэхэ кэргэн буолан атаҕастаныаҥ кэриэтэ соҕотох сылдьыбы-тыҥ ордук» диэн.
– Дьэ ол сыыһа этэр. Киһи бу күн сиригэр биирдэ олоро кэлэр. Олох биэрэр күндүтүн табылыннын-табыллыбатын билэ сатыахтаах. Этэбин дии, таах сибиэ эрдэ ыал буолан хаалбаккабын. Саатар оҕолоох буолуом этэ. Эбэтэр эрдэ кыанар эрдэхпинэ оҕо ииттибэккэбин. Хата, таҥара олус атаҕастаабакка ити оҕонньору көрүһүннэрдэ дии. Эрэйдээҕим сыыһа, кыра оҕону биэбэйдиир курдук көрө-истэ сатыыр. Икки соҕотохсуйбуттар булсан үүнэр күнү үөрэ көрсөбүт. Урут сүрэҕим ыалдьан, хааным баттааһына тахсан сытан хааллахпына бэйэм бэйэбиттэн куттанар этим. Билигин холкубун, иннибэр-кэннибэр түһэ сыл-дьан «хайа, хайдаххыный?» диир киһилээхпин. Сар-сыарда харахпытын хайа тардыахпытыттан кэпсэппи-тинэн турабыт, киэһэ эмиэ оннук сэһэргэспитинэн сытабыт. Эйиэхэ диэн эттэххэ, маамаҕар эмиэ доҕор булар киһи. Эһиги улааттыгыт, билигин үөрэххитин бүтэрэн ханна үлэлии тарҕаһыаххыт, ханна олохсу-йуоххут биллибэт. Кыанар эрдэҕинэ кими да батыһа сатаабат буолуохтаах.
– Эдьиэй, Сардаҥаҕа дьэ кимиэхэ кэргэн тахсыай? Кандидат да суох. Паапабыт төннөбүн диэн суруйа сатаабыта дии, ону аккаастаммыта.
– Ол сөпкө гынар. Алдьаммыт иһити килиэйдиир туохха нааданый? Эһиэхэ саамай наада кэмигэр, кып-кыра эрдэххитинэ ытаппытынан быраҕыталаан баран, сирэйэ сааппакка өссө сурук суруйа сатыыр. Бэлэмҥэ кэлээри. Уолаттара аны кэлэн бырастыы гымматтар ини. Күүскэ хомойбуттара хаалбыт. Маамаҕын манна ыҥыран оһуокайга эҥин сырытыннарыахха баара, баҕар, биир эмэ киһини сөбүлүү көрүө этэ.
– Биирдэ эмэ ыҥыран көрүөххүн. Мин санаабар, соҕотоҕун сылдьарын сирбэт, оннук олоххо үөрэнэн хаалбыт курдук.
– Дьэ, быйылгыттан соҕотохсуйуон сөп. Уолаттар барбыттарын кэнниттэн эн баар буоллаҕыҥ дии. Үлэт-тэн кэллэҕинэ ким да суох буолуо, тыбыс-тымныы дьиэ көрсүө. Өссө куоракка соҕотох дьахтар кыһалҕата кэм аҕыйах. Оттон тыаҕа ото-маһа, уута-хаара… Саныы-саныы саллабын. Аҕаҕыт барбытын кэнниттэн куоракка көһөрө сатаабытым, буолумматаҕа дии.
Лилиялаах Людмила Дорофеевна түүн үөһэ ааһыар диэри кэпсэтэ олорон хааллылар.
* * *Даша бүгүн дьонуттан сурук тутан үөрэн олорор. Ийэтэ, соло буолан сотору-сотору Даша суруктарыгар эппиэттэһэр кыаҕа суох. Этэҥҥэ олороохтууллар эбит. Биллэн турар, үтүө эрэ сонуннары суруйар, аҕаларын доруобуйата мөлтөөбүтүн Даша дьонтон истэн ыксыыр. Хайдах эрэ эмискэ дьүдьэйэн хаалбыт үһү, улуус киинигэр көрдөттөрө ыыта сатыылларын исти-бэт дииллэр. «Роза сотору-сотору киирэ-тахса турар. Ирочка эн бэлэхтээбит хаһаайыстыбаҕын тэнитэн оонньуур да оонньуур. Киирдэхпинэ үөрүү-көтүү буолар. Оляҥ ийэтигэр ончу суруйбат үһү. Лариса Саввична тулуйбакка-тэһийбэккэ почтаттан кэлэн сурук сура-һааччы. Биһиэхэ суруйбат, уолга суруйа сытар ини диэн мөҥүттэр этэ» диэн суруйбут ийэтэ.
Оляны бэйэтэ да көрсүбэтэҕэ ыраатта. Олус ыарахан үһү медиктэр үөрэхтэрэ, бириэмэ булан кэлэн да барбат. Ираида Никоновнаҕа ыалдьыттыы барыах буолбуттара ыраатта да, Оля солото суоҕа бэрт. Онно холоотоххо Дашалаах үөрэхтэрэ кэм холку быһыылаах, тугу ирдииллэрин сыспакка-соспокко бириэмэтигэр оҥорон истэххэ үчүгэй. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттах-тарына учууталлар «устудьуоннуу бардаххытына кэһэ-йиэххит, эһиэхэ ким да наадыйыа суоҕа. Препода-вателлэр киирэн лекция ааҕа-ааҕа тахсан иһиэхтэрэ, эһиэхэ эрэ кыһаллыбаттар» диэн куттууллар этэ. Дашалаах үөрэнэр салаалара хайдах эрэ сылаас, ураты эйэҕэс эйгэлээх. Бука бары, ханнык да курска үөрэ-нэллэриттэн тутулуга суох, биир улахан дьиэ кэргэн курдуктар. Ыал түс-бас аҕаларын санатар преподава-теллэр эрэллээх эркиннээх, дурда-хахха дьонноох курдук санааны үөскэтэллэр. Үөрэммиттэрэ аҕыйах ый буолла эрээри, үөһээ курстардыын билсэн, «эн-мин» дэһэн ырааттылар. Аны улахан курстар кинилэргэ эмиэ туспа сылаастык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар.
Оттон Сэргэлээх, устудьуоннар түһүлгэлээн олорор уопсайдара, эмиэ киэһэ аайы тырымнас, чаҕылыҥнас уоттарынан сандаарыйан ураты уйаҕас, истиҥ иэйии-ни саҕаллар. Ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоммут Сэргэлээх уопсайдарын хас биирдии хоһугар эриэккэс эдэр саас күлэн-үөрэн чаҕаарыйар, тапталтан дьоллом-мут сүрэхтэр сипсиэрдэрин, өйдөспөккө үрүө-тараа сырсыбыт, ыҥырсар эрээри, ыпсыспакка эрэйдэнэр эдэрдэр санньыйбыт санааларын барытын Сэргэлээх уопсайдарын истиэнэлэрэ бэйэлэригэр иҥэринэн кэпсэммэт кистэлэҥҥэ кубулуппут курдуктар.
Дашалаах хосторугар билиҥҥитэ ким да тапталтан дьолломмута, эрэйдэммитэ да биллибэт. Арай, төрдүөн тугу эрэ бүтэйдии күүтэллэрин бэйэ-бэйэлэригэр билинэн ылар түгэннэрдээхтэр. Даша бииргэ олорор кыргыттарыгар эмиэ табыллыбытыттан астынар. Икки кыыһын Марианнаны, Аняны кытта бииргэ үөрэнэл-лэр, арай, хосторугар төрдүс киһинэн эбии киирбит Варялара төрдүс курска үөрэнэр. Син бары тус-туспа майгылаахтар, ол эрээри чэпчэкитик өйдөһөн күлэ-үөрэ, дьээбэлэһэ-хаадьылаһа олороллор.
Даша Анялыын эт саастыылар. Аня куорат таһы-нааҕы улуустан сылдьар, оскуоланы эмиэ саҥа бүтэр-бит. Марианна оскуолатын кэнниттэн Бүлүү педагоги-ческай училищетыгар үөрэммит, туохха барытыгар бэрт сэргэх. Варваралыын саастыы соҕустар.
Онон хосторугар кыра, улахан бөлөхтөөх курдуктар. Кыралар, Дашалаах Аня, эдьиийдэрин тылыттан тахсы-баттар, барыга бары сүбэлэтэн сылдьаллар. Улахаттар, Марианналаах Варя, кинилэрдээҕэр олоҕу көрүүлэрэ атын, арааһа, таптал да диэннэрин тугун-ханныгын бэйэлэрэ быктаралларынан «быһаара» сыспыттар бы-һыылаах.
– Дьиэбин наһаа да ахтыбыт эбиппин. Дьоммуттан сурук ыллахпына онтум бэргиир эбит, бүгүн быһаар-дым, – Даша бүгүн сыта мээрик буолла, сибилигин да оронуттан хоҥнуон баҕарбат.
– Эн сурук бөҕөтүн тутаҕын дии. «Бу тоҕо миэхэҕэ кимим да суруйбат, сурук суох, суох да суох» диэн ырыа баара дии. Инньэ диэн ыллыырым эрэ хаалла, – Аня үөһэ тыынан ылла.
– Эн дьиэҥ чугаһа бэрт дии.
– Оннук буоллаҕа. Уолум суох, армияҕа кими да атаарбатаҕым. Даша, хата, мин ити историк уолу наһаа сөбүлээн эрэбин. Куукунаҕа арыт көрсөбүт ээ.
– Виталийы диэ? Үчүгэй уол. Ол эрээри улахан курска тахсыар диэри соҕотохсуйбатах буолуохтаах. Инньэ дии санаабаккын дуо?
– Диибин. Оннооҕор биһиги кыра курспутугар бэйэ-бэйэни көрсүү баар дии. Эйигин Рома сөбү-лээбит, өссө практикаттан биллэр этэ. Мин бэйэбит биэс уолбутун убай, быраат курдук көрөбүн. Наһаа күндүлэр, чугастар, – Аня дьуһуурунайдыыр эбээһи-нэстээх күнэ буолан остуолу бэрээдэктиир, ас бэлэм-нээри тэринэр.
– Аанчык, эһиги тоҕо Романы дьээбэлиигит. Бэйэҕит холбуугут, туох да суох.
– Оо, дьэ, көстөр ээ. Саҥа-иҥэ буола олорон эн киирэн кэллэххинэ чуумпуран хаалар, барыах-кэлиэх сирин булбат. Марианна аһынан биэрэр дии. Эн кытаанах баҕайытык туттаҕын. Уой, чаһы ырааппыт. Эдьиийдэрбит кэлэллэрэ чугаһаабыт. Аһыы охсон баран тугу эбит суруммут киһи.
– Этимэ даҕаны. Марианна кэлэн үөһэ-аллара туруортуор диэри сыттахпыт-олордохпут. Сарсын биб-лиотекаҕа барыллыа этэ, дьиҥинэн конспект мунньул-лаары гынна.
– Чэ, Даша, мин куукуна диэки хаамтым. Ас астаа-быта буола-буола, историк Виталийы көрөн астыныам…
– Кытаат, ситиһиилээхтик сырыт!
Даша оронуттан ойон туран үгэһинэн түннүккэ чугаһаата. Халлаан тымныйаары гыммыт быһыылаах. Бачымах сулус бөҕө тахсыбыт. Сэргэлээх киэһээҥҥи уоттарыттан киэркэйиэҕинэн киэркэйбит, кэлии-барыы элбээбит. Устудьуоннар библиотекаттан, куо-ракка араас наадаларыгар сылдьан баран төннөллөр быһыылаах. Сорохтор түөртүү-биэстии буола-буола төттөрү автобус тохтобулун диэки тиэтэйэ-саарайа хаамаллар. Киинэлээн, театрдаан эрдэхтэрэ. Оттон пааралар… Киэһээҥҥи Сэргэлээх устун сиэттиһэн хаамар уолаттары, кыргыттары кини долгуйа, кыратык ымсыыра даҕаны көрөр! Дьоллоох да буолуохтара, эмискэ бэйэ-бэйэлэрин булсубут, харах көрүүтүнэн хайҕаспыт, сүрэхтэрэ тардыһалларын билбит эдэркээн сүрэхтэр… Чэ, бэйи, этэргэ дылы, биһиги да уулус-сабытыгар күн тыгар, бырааһынньык кэлэр ини?! Кинилэр да 57-с хосторун аанын долгуйа тоҥсу-йуохтара, көрсүһүүгэ ыҥырыахтара. Тохтуу түһэн баран ол барыта кэлиэ!
– Хайы-ы, бу кыыс түннүгү одуулаһан хоһоон суруйа олорор дуу? – Марианна тоҥон-хатан, омун-нуран киирэн кэллэ.