bannerbanner
Таайыллыбат дьикти күүс
Таайыллыбат дьикти күүс

Полная версия

Таайыллыбат дьикти күүс

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 2

– Ол киһини көрөҕүн? Бүгүн эмиэ күнү быһа итинник туруоҕа, – диэтэ. Мин уол ыйар сирин диэки көрө сатаатым да, ким да баарын булан көрбөтүм.

– Кими этэриҥ эбитэ буолла, ким да баарын көрбөппүн ээ, – диибин.

– Оол турар дии… Күн аайы наар итинник биир сиргэ турар, – уол дьиэ инниттэн хараҕын араарбат.

Мин дьиибэргээн, соһуйан, туох диэн эппиэттиэхпин билбэппин. Халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мэндиэмэннээх дьиэ иннигэр киһи турара көстүбэккэ дылы. Арай, эриэн ыт, ханна эрэ ыксаабыттыы, соруктаах аҕайдык сүүрэн ааспытын көрүмүнэ хааллым. Чочумча буолаат:

– Хайа, киһиҥ билигин да турар дуу? – диэн уолбуттан, мүчүҥнүү-мүчүҥнүү, ыйытабын.

– Турар. Эн кинини көрбөккүн дуо?

– Суох.

– Тоҕо эрэ дьон бары көрбөттөр дии. Оттон миэхэ көстөр ээ, – диэт, уол өрө тыынна. – Кини күн аайы оҕотун көрө кэлэр. Подъезд иннигэр көрөн баран турар.

Мин кыра доҕорум боччумнаах сирэйин тонолуппакка көрөн олорон:

– Кини хайдаҕын миэхэ ойуулаан биэриэҥ дуо? – диэтим. – Сирэйин-хараҕын, таҥаһын-сабын…

– Киһи киһи курдук, – уолум сөбүлээбэтэхтии хардарар. – Сиэрэй ыстааннаах, сырдык халлаан күөҕэ ырбаахылаах. Бачыыҥкалаах. Ачыкылаах. Хара хойуу баттахтаах…

Дьэ дьиибэ эбит. Миэхэ илэ көстүбэт киһини харахпар ойуулуу сатыы олордохпуна, кыра доҕорум ыскаамыйаттан туран, уку-суку туттан, дьалты хаамта. Мин, бэйэбин буруйдаах курдук туттан, нүксүччү түһэн, мас олохпор хам хараҕаланан олорон хааллым.

Бүтэй эттээх биһигинньик дьон харахпытыгар көстүбэт чараас эйгэни кытта ситимнээх, айылҕаттан айдарыылаах дьон туһунан кэпсииллэрин истэр этим. Кинилэр күн сиригэр үөһэттэн этитэн, араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэллэрин, ураты, чэпчэкитэ суох аналлаахтарын өйдүүр буолан дуу, бу бүгүн айах атан кэпсэппит уолчааным оннук дьонтон биирдэстэрэ буоларын эт сүрэхпинэн сэрэйэн, кини инники олоҕо сырдык, дьоллоох буолуон олуһун баҕардым.

Таһырдьа биллэрдик сөрүүдүйбүт. Төһө өр маннык олорбуппун билбэккэ да хааллым. Бириэмэ ырааппытын өйдөөн, ыскаамыйам туорайыттан тайанан, ойон турдум. Дьиэбэр киирээт, сылайбытым таайан, ороммор сыта түһэргэ сананным. Харахпын симэн, нухарыйыах курдук буолан иһэн, икки ый анараа өттүгэр «Көстүбэт эйгэ кистэлэҥэ» диэн Ютуб ханаалга көрбүт «Көрбүөччү Арамаан» биэриини санаан кэллим. Ол биэриини олус умсугуйан туран, омуннаабакка эттэххэ, биир тыынынан көрбүтүм. Олоҥхо дойдута Сунтаар улууһун Маар Күөл нэһилиэгиттэн төрүттээх Саввинов Роман Сергеевич диэн эдэр киһи интервью биэрбитэ. Кини эмиэ, бүгүн кэпсэппит оҕом курдук, айылҕаттан айдарыылаах, баардаах киһи буоларын билбитим. Роман норуокка биллэр аата Көрбүөччү Арамаан диэн. Омос көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суох көннөрү киһи. Бэйэтигэр сөрү-сөп, толору соҕус эттээх-сииннээх, номоҕон дьүһүннээх эдэр уолан. Ол эрээри, кини кэпсээнин истэ олорон, чахчы айыылардыын биир утах тыыннаах, көннөрү киһи көрбөтүн көрөр, билбэтэҕин билэр дьикти дьоҕурдааҕын сөҕөҕүн. Салгыы кэпсээммин Роман аатыттан кэпсиирбин көҥүллээҥ.

«Мин көстүбэт эйгэ баарын олох кыра эрдэхпиттэн билэр буолбутум. Сэттис кылааска үөрэнэр кэммэр, кыһын куобахха туһахтыыр этим. Биирдэ туһахтарбын көрөн баран, МР-3 плеербэр муусука истэ-истэ, дьиэлээн истим. Дургун диэн оттуур сирбитигэр кэлбиппэр, плеерим арахсан хаалла. Мин тоҕо араҕыстаҕай диэн дьиктиргээн, плеербин эргим-ургум көрө турдахпына, эмискэ ханна эрэ чугас дүҥүрµ охсор тыас иһилиннэ. Олус соһуйдум. Хайдах-хайдаҕый диэн, тохтоон турдум. Арай, дүҥүрүм тыаһа улааттар улаатан, олох субу аттыбар тиийэн кэллэ уонна миигин тула эргийэ сылдьан, ким эрэ дүҥүрү охсо-охсо ыллаан-туойан киирэн барда. Мин ах баран, хаһан да манныкка түбэспэтэх киһи, олус куттанным. Куотуохпун, атаҕым турар сирбэр хам тоһоҕоломмут курдук ыараан хаалбыт, кыайан харыс да сири сыҕарыйбаппын. Ол курдук, дьиэбэр хайдах тиийбиппин өйдөөбөппүн. Арай уһуктубутум – дьиэбэр, ороммор сытар эбиппин. Ити быһылаан кэнниттэн ис-испиттэн ыллыахпын-туойуохпун, оһуохайдыахпын баҕарар буолбутум.

Биирдэ, өрөбүл күн алааска сылгыларбын аһата сылдьан, ис-испиттэн иэйэн-куойан туран туойдум. Соһуйуом иһин, арай көрдөхпүнэ, аттыбар чыычаахтар, суордар кэлэн түһэллэр, сылгыларым, умсугуйбуттуу кулгаахтарын чөрөтөн, иһиллии аҕай тураллар эбит. Ити кэмтэн ыла айылҕалыын ыкса ситимнээхпин өйдөөбүтүм. Мин олохпор араас дьикти-дьиибэ буолан барбыта. Ол курдук, түүлбэр диэхпин эмиэ да илэ курдук, түүн көтөр буолан хаалбытым. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, утуйа сытар ороммуттан, үөһэ халлааҥҥа, турар бэйэм көтөн тахсар этим. Хайдах оннук тахсарбын бэйэм да өйдөөбөт этим. Ол курдук көтө сылдьан, араас сирдэргэ тиийэрим. Ойуурга көтөн тиийэн, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хайдах сылдьарын, кинилэр олохторун сэҥээрэн көрөр этим. Сороҕор оннук көтө сылдьан, атын дьон хараҕар көстүбэт тас эйгэ дьоно кэлэн, өлбүт киһи дууһатын дьиэтиттэн илдьэ баралларын көрөрүм. Аҕыйах хонон баран, кырдьык, ол дьиэҕэ ким эрэ өлбүт буолааччы. Ол оннук, киһи дууһатын илдьэ барааччылар сороҕор хап-хара, сороҕор туман курдук буолан көстөллөр. Кинилэр тэпилииссэ салапаанын нөҥүө көстөр күлүк курдук сылдьаллар.

Улааппытым кэннэ, бу дьиибэ дьоҕурум өссө сайдан киирэн барбыта. Аны аттыбар олорор киһи тугу саныырын, туох кыһалҕалааҕын – барытын билэр-көрөр буолбутум. Ол курдук, ханна эмэ уочаракка туран эбэтэр таксинан айаннаан иһэн, аргыс киһим ис туругун, эниэргийэтин билэр уонна ону көрөрбүттэн олус сылайар, илистэр буолбутум. Кэнники бэйэбин харыстаан, сабынарга үөрэммитим.

Билигин миэхэ араас кыһалҕалаах, көмөбөр наадыйар дьон быыстала суох кэлэр, сүбэлэтэр. Кыаҕым баарынан барыларыгар көмөлөһө сатыыбын. Ардыгар, сүбэлэтэр киһим былыр үйэҕэ өлбүт төрүттэрэ илэ бэйэлэринэн киирэн кэлэн, тоҕо итинник диэбэтиҥ, тоҕо маннык гымматыҥ, оннук гынныннар, маннык гынныннар диэн мөҕүттэр да түгэннэрэ баар буолааччы.

Оттон ыарыһаҕы эмтиирбэр, миэхэ кини туга ыалдьара биллэр. Холобур, ыарыһах бэгэччэгэр баар тымырын тарбахпынан баттаатахпына, кини ыалдьар уоргана миэхэ бэйэбэр ыалдьан биллэрэр. Ол оннук кини туга ыалдьарын билэбин. Билигин, пандемиянан сибээстээн, ыарыһахтары ыраахтан эмтиибин. Хаартыска нөҥүө ыалдьар уорган ньэгирин (эниэргийэтин) хомуйан ылан, тарбахпынан тутан-хабан ыраастаан, көннөрөн, эмтээбитинэн барабын. Эмтиирбэр түүн эрэ эмтиибин. Коронавирустаан өлөрө чугаһаабыт, ыарахан ыарыыга ылларан, куомаҕа өйө суох сытар да киһини атаҕар туруорбут түгэннэрим элбэхтэр. Эмтиирбэр, бэйэм уонна эмтиир киһим өбүгэлэриттэн, хайаан да көҥүл ылабын. Көҥүлэ суох эмтиир кыаҕым суох. Көҥүл биэрбэтэх ыарыһахтарыгар алгыс түһэрэн, ыарыытын мүлүрүтэн, чэпчэтэн биэрэбин. Алгыһы түүнүн буолбакка, күн оройугар түһэрэбин. Ол маннык буолар: ыарыһах хаартыскатын көрөн олорон, ыалдьар уорганын ньэгирин хомуйан ылан, илиибинэн имэрийэн-томоруйан көннөрөбүн уонна күн сардаҥатын түһэрэбин. Күн сардаҥатынан туолан сылыйбыт ньэгири төттөрү уоргаҥҥа ылан угабын. Ити курдук үлэлиибин.

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «Литрес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Конец ознакомительного фрагмента
Купить и скачать всю книгу
На страницу:
2 из 2