Полная версия
Хомурахха хоммут хоһооннор
Филатова-Сыгыйык Елена Афанасьевна
Хомурахха хоммут хоһооннор
«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»
Мин, түлэй түүн ыалдьыта,Хомуһуннаах тыл хоноһото,Атын эйгэ туора ырыаһыта,Иэйии ыарыылаах дьахтарабуолабын.Сир ийэ көстүбэт сииктэринСытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,Үс дойду кичим кистэлэҥинКүлүүһэ суох харабылабуолабын.Уулаах харахтаах одуулаабатИнчэҕэй илиилээх туппат,Сарымтах таҥастаах чугаһаабатСоргулаах аартык доҕуһуолдьутабуолабын.Сай барар салгын илгиэрдээх,Суй гынар түргэн иэйиилээх,Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,Моһуок идэлээх суруксутбуолабын.Муммут дууһа
Күндэлэс уоттаах түннүктэрКөһүтэллэр дуо миигин,Сылаас чэйдээх остуолларЫҥыраллар дуо миигин?Хараҥа кууспут далайыттанХалты туттар буолуом дуо,Эрэл угуйар кыымыттанЭмэх бэйэм умайыам дуо?Сору суорар олохпорСоргу күнүн көрүөм дуо,Аньыым аалар муҥуттан,Айыым кутун тутуом дуо?Муммут дууһам кыаһытаМуннук чэҥэ ууллуо дуо,Маннык ыарык кыһалҕаМүччү баран түһүө дуо?«Түлэй хара түүн…»
Түлэй хара түүнХараҥалыын силбэнэн,Тулам бүрэ күлүгэрХолбоһобун кумунан.Ый эрэ ытыһын таһынар,Ыт эрэ улуйан хантайар,Мин эрэ иһийэн сыһыйарЧох хара түүнэ уһунуон…«Саарбах санаа…»
Саарбах санааСэбирдэҕэр олорсон,Хахсаат тыалХолоругар ытыллан,Тыллыбыт умнастанТуура тутуллан,Умнуллубут ыллыккаУмса түһэр ынырыгыан…Кылгас санааКыымыгар кыбыллан,Күлүмнүү умайарКөмүлүөк түөһүттэнКыырайа көтөнКытара түһээт,Балаҕан буоругарУмуллан хаалар ынырыгыан…Көмүс санааКынатыгар кыттыһан,Кыаллары ыралаан,Күөххэ тардыһан,Көнө олоххоКөҥүл тыынар,Кылгаһын да иһин,Күндүркэй ини ньии…«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»
Хоһоон холбоон хоҥкуйан,Хомоҕой тылы халбыйан,Хараҥа иэйиини хаһыйанХоройо хонобун хорооммор.Тоҕо эн, тыыппа тыл,Тыын сирбэр уйаланан,Тоҕо куппун хат тарбыыТуой туолбаккын астынан?Хоһоон
Хомурахха хоммут хоһооннорХабдьы буолан көппүттэр,Сииккэ сүппүт тылларымСиккиэр буолан сайбыттар.Үрэххэ сырсыбыт иэйиилэрҮрүмэччи кыната буолбуттар,Хатыҥҥа саспыт санааларХампа күөххэ умсубуттар.Дууһа муҥур дайыытаЫрыа ыллаан сапсыммыт,Кутум көмүөл күрүлгэнэКуйаар устун кутуллубут.Хоһоон уохтаах атынанХоту Чолбону табыйбыт,Хотой кыылга олорсонХаллаан сиигин тарыйбыт.Хоһоон көҥүл боотура,Харса суоххун, хоодуоккун,Хоһоон ураты ууһа,Хомуһун уоххун сөҕөбүн.«Олох долгунун быыһынан…»
Олох долгунун быыһынанОҥочом устан түөрэҥниир,Оргууйдук эрдинэр кыахтарымОргуйар айаммар күүһүрэр.Ыйдарар сулуһум – Чолбон,Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,Ырыам сырдык ыралаах,Ырам ыраах сүүрүктээх.Күрүлгэн күүтэр иннибэрКыахпын тургутар көтүү,Кытаат, тулус, оҥочом!Күлэр күнүм, кииримэ!«Түүҥҥү хара халадаай…»
Түүҥҥү хара халадаайЭҥээриттэн тутуһан,Түүлүм түлүк дойдутугарТүлэй-балай түһэбин.Күөх айылҕам былаатынКөҕөрүмтүйэр күөнүгэр,Күн уотун анныгарКөтөн-дайан иһэбин.Күһүнүм кыһыл атынан,Көҕүлүттэн тутуһан,Сырдырҕас тыаһынанТэйэн-тэбэн сыыйабын.Сороҕор суор буоланСэргэбэр түһэбин,Саба үүммүт эрбэһиниСоҥуора-сонньуйа көрөбүн.Түүл даҕаны араастаах,Аптаах дойду быһыылаах…Ньургуһун
Сылластым, сылаас иэйиинэнСаһархай бэйэҕин ахтаммын,Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.Аттыбар саас үҥкүүтэ,Араҕас оһуор үктэлэ,Алааска олох тиллиитэ,Айылҕа уһуктар эргиирэ.Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,Тапталым эргийэр иэдэһэ,Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,Талаһар эрэлим иэйиитэ.Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,Ньургуннук олоххо талаһыа.«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»
Сааскы ырыа таптала – дииллэрСиргэ быкпыт ньургуһуну,Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэрХорсун кэрэ сибэккини.Кини курдук, сырдык сааскаСитэн-тупсан нуоҕайыахха,Кини курдук өрө анньан,Сайан-сырдаан нуурайыахха.Көрбүт бары үөрэ түһэр,Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,Намчы-намчы ньуолах төбөНарын-нарын Ньургу кыыс.«Тааттам нарын хатыҥа…»
Тааттам нарын хатыҥаТалах уолу кууспута,Таптыыр сүрэх ытыһын«Тутус» диэхтии ууммута.Онно, үрэх уутугар,Уоттаах иэйии күлбүтэ,Онно, сүүрүк атаҕар,Уохтаах илдьит көппүтэ.Маҥан намчы харыларЭдэр талаҕы бигииллэр,Тулам бары иһийэнТаптал кыымын кистииллэр.Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,Үрэх чуумпу күлүгэрҮрдүк иэйии уураһар.Сайын
Куйаас тыынын бүрүнэн,Кустук курун тардынан,Чээлэй күөҕүн тэлгэтэнКэллэ сайын, илгийэн.Хамсыыр бары көҕүйэн,Халлаан эмиэ көҕөрөн,Тулам бары киэркэйэн,Хаамта сайын, сайбайан.Ылбай олох салҕанан,Ырам ыллыга аһыллан,Күөгэл-нусхал тыыннанна,Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.Сайын, сайын барахсан,Сайыһыаҕым, ыксаама,Сайын, сайын, биһигим,Сатыылыахха, куотума.«Күлүм-чаҕыл күнүм уота…»
Күлүм-чаҕыл күнүм уотаКүлэн-үөрэн мичилийдэ,Куйаас-найаас саба кууһанКүөгэл-нусхал тула түстэ.Алаас аайы солко отАргыый-аргыый хамсаата,Сиккиэр тыалым тарбаҕаОргууй-оргууй тараата.Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,Халлаан чэмэлин бүрүннэ,Сөрүүн күлүк талах төрдүнСөрүү тардан, онно саста.Өрүс эбэм тааһын сууйаКытыл устун ыкса сүүрдэ,Дьэҥкир уута араас өҥнөөхКустук курун сайгыы турда.Көҥүл көтөн, күөҕү үктээнЭн биһикки көрүлүөх,Самаан сайын кыл кылгаһынСатыы сылдьан кэм уһатыах.«Уһун кыһын кылгаата…»
Уһун кыһын кылгаата,Уһун тыына мөлтөөтө,Утах уота сырдаата,Уоһум күлэн ыртайда.Лабаа хаара чаҕыллаТоҥ умнаска дьэргэйдэ,Харах саатыах дьиримэХардыы аайы имнэннэ.Саас иһэрэ билиннэ,Санаам эмиэ киэркэйдэ,Саҥа ырам тилиннэ,Сонун баҕам күүһүрдэ.Ардах
Ыадаһан ыанньыйбыт былыттарЫарахан ыарынан тэниһэн,Ыыстыйбыт санаанан сундуһанЫргыһан кэллилэр үрдүбэр.Күндээрэр күнүм кубарыппытКөҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,Кураанах буорун өрүкүппүт,Куолайа кууран күкээрбит,Куйаартан сииги эрэйбит,Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспытКөҕүөрдээх сирим барахсан.Чаҕылҕан курунан таһыллан,Чыпчаххай тыаһынан куһууран,Хайыта бардылар былыттар,Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,Хатан-хабараан халлаантанХалыс гынна уу муора,Хатан сыппыт хара буоргаХабах үллэн тэһэ барда,Чоҕул таммах тэйэ-тэйэЧобуо битии тэптэ, тэптэ.Куттас куттаах быкпат гынаКурбуу уота күлүмнээтэ,Кэрэ-намчы көрбөт гынаКөҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,Иҥнэри барыах илиттэТүҥнэри барыах инчэттэ,Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,Хара уу халыйда,Үрүҥ уу үлүннэ,Олус омуннуранУоҕа хараата,Уостан хаалла,Халлаан халынна,Үрүҥ Айыы тыынна.Сир ийэ тилиннэ,Симэҕин иилиннэ,Сир киһитэ илгиһиннэ,Сирэм күөх эргилиннэ.Күһүн
Түүнүм кэллэ, барыйа,Күнүм куотта, сыбдыйа,Турдум манна, хомойо,Барбыт кэммин бэрийэ.Күһүн буолла, кытара,Көмүс суола дыргыйа,Көтөр санаа үрдүккэКөтөр курдук сапсына.Сарсын кэлиэ, кылыйа,Саҥа суолу арыйа,Арай хаалыа, сайыһа,Ааспыт сайын амтана.«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»
Лыҥкынас мин көмүс тапталымЛабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,Сүүс араас куоласка ыһылла,Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.Айылҕам араҕас хараҕын уулараАлары, алааһы бүрүйэ толордо,Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолтоСиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.