Полная версия
Мифы и легенды Севера = Хоту дойду үһүйээннэрэ уонна номохторо
– Краб, миигин хатааһылат эрэ!
Кутх кини көхсүгэр олорбутугар, краб муора диэки хаампыт. Оттон Кутх ырыа ыллаан барбыт:
– Миигин ууга хатааһылаталлар. Эн, Мити, дьиэҕэр олороруҥ ордук!
Краб муораҕа хатааһылатан барбытыгар, Кутх хаһыытаабыт:
– Ээй, краб, миигин ыыт, тимирдиэҥ!
Краб эппит:
– Кутх, тоҕо эн миигин уһугуннарбыккыный? Билигин кэлэн куттаныма!
Кутху муора ортотугар илдьибит уонна онно биир улахан төкүнүк таас баарыгар хаалларан кэбиспит. Кутх тааска олорбут. Муора долгуна тааска охсуллан, уунан киһини саба ыспыт. Кутх төбөтүн кухлянка сонугар кистээбит. Ол олорон иһиттэҕинэ, арай таас анныгар дьон саҥарсар эбит. Эмискэ улахан долгун Кутху таас анныгар бырахпыт.
Кутх кирилиэһинэн түспүт, онно кинини муора дьоно аламаҕайдык көрсүбүттэр. Хаппыт этинэн күндүлээбиттэр. Утуйардыы оҥостон сыппыттар. Муора уолаттара ууну барытын кистээбиттэр, өрүһү куурдубуттар. Кутх түүн уһуктан кэлэн уу иһиэн баҕарбыт. Дьиэ иһигэр ууну булбатах. Өрүскэ барбыта, өрүс эмиэ кууран хаалбыт. Кэргэнин, кыра оҕолорун санаабыт. Барыларын ааттарынан ааттаабыт уонна эппит:
– Мити, эн оҕолоргун кытта уу иһэҕин, оттон мин манна утатан өлөөрү гынным!
Ону муора уолаттара истибиттэр эрээри, турбатахтар. Кутх улахан оҕолорун, кыргыттарын, санаабыт:
– Синаневт, Анаракльнавт, эһиги уу иһэҕит, оттон эһиги аҕаҕыт утатан өлөн эрэр!
Муора уолаттара Кутх суланарын саҥа истибит курдук уһуктубуттар уонна эппиттэр:
– Дьахталлар ыалдьыппытын наһаа да сордоотулар! Киниэхэ уу иһэрдибэттэр.
Тута уу баар буола түспүт. Кутх ууну иһэн барбыт. Уолаттар бүтүн биир тыы ууну куппуттар. Ону Кутх барытын испит. Кини өрүскэ тиийэн эмиэ уу бөҕөтүн испит. Дьэ утаҕын ханнарбыт. Уу испит манньатыгар кыргыттарын муора уолаттарыгар кэргэн биэриэх буолбут. Кутху күтүөттэрэ тыынан дьиэтигэр илдьибиттэр. Кини туох буолбутун барытын кэргэнигэр кэпсээбит:
– Мити, кыргыттарбыт хомуннуннар, кэргэн таҕыстыннар, мин кинилэри уу туһугар иһэн кэбистим! – диэбит.
Ити курдук Кутх кыргыттара бары кэргэн тахсан, үөрэ-көтө олорбуттар.
Керекский фольклор=Керек фольклора
Лиса и ворон
Ленилась лиса пищу добывать, плохо жила, голодала. Однажды сказала дочери:
– Обману ворона: скажу, что замуж вышла, богато жить стала.
– Не надо обманывать, лучше по-хорошему попроси еды.
Не послушалась лиса. Взяла старую мокрую сеть для рыбы, в мешок затолкала, завязала. Пошла к ворону. Тот услышал – кто-то идет, сказал своим:
– Посмотрите, кто идет.
Вышли. Лиса уже в сенях. Там темно. Говорит лиса:
– Мы с мужем пришли.
Неправду сказала лиса. А ворон поверил, удивился:
– Ишь ты! Замуж двоюродная сестрица вышла. Ну что ж, покажи мужа.
Лиса сказала:
– Муж не может при свете быть. Его предки в темноте жили, и он темноту любит. Он слепой как будто, ничего не видит. Не сможет на свет выйти.
Ворон сказал:
– Ну что ж, потушите светильники, пусть заходит.
Вошли. Ворон спросил:
– Что будете есть?
Лиса ответила:
– У нас пищи много. Ешьте сами.
Пошла жена ворона в кладовую за пищей, а лиса тихонечко за ней проскочила и стала пищу в мешок накладывать. Полный мешок наложила, завязала, в сени вынесла, в угол поставила.
А ворон все удивлялся:
– Вот ведь, замуж вышла двоюродная сестрица! Наконец-то замуж вышла!
А лиса все хвастает:
– Да, у моего мужа издавна много оленей. Два больших табуна у него.
Затем спросила, нет ли яиц. Сказала, что муж очень любит яйца. В обмен шкуры оленьи обещала:
– Вот они, шкуры, в мешке. Пощупай!
Пощупал ворон мешок. Действительно, там что-то мягкое, как оленьи шкуры. Обрадовался: «Вот богатство, всем на одежду хватит». Велел мешок в полог положить.
Сказала лисе жена ворона:
– У нас есть сын, у вас – дочь: посватать бы их.
Лиса подумала и сказала:
– Если ваш сын жениться хочет, пожалуй, посватаем.
Так разговаривая, чай пили. Закончив чаевничать, лиса сказала, как бы к мужу обращаясь:
– Идем домой. А то олени испугаются и убегут. Или еще хуще, угонят их.
(Все это она выдумывает: нет у нее мужа, одна пришла).
Потом, попрощавшись с хозяевами, вышла. В сенях мешок с пищей захватила. Взвалила на спину, едва домой донесла. Дочери, смеясь, сказала:
– Смотри-ка, ведь обманула ворона: думает, правда я замуж вышла. И старую сеть за оленьи шкуры принял.
Дочь опять ей сказала:
– Зачем обманывать? Нужно по-хорошему просить.
Лиса сердито ответила:
– Не учи меня, а то без еды оставлю!
Замолчала дочь, а мать закусила яйцами и стала мясо варить.
А ворон тем временем радуется, что так легко оленьи шкуры добыл. Вдруг что-то закапало с потолка на постель.
– Что это? – воскликнула жена.
Ворон ответил:
– Наверное, лиса дорогой шкуры подмочила.
В это время сын пришел. Сказали ему про шкуры. Сын попросил:
– А ну-ка, покажите свое богатство!
Достала мать мешок, развязала. Вытащила сеть. Удивилась:
– Смотрите-ка, нет ничего! Только старая мокрая сеть.
Рассердился ворон, приказал:
– Повесьте сеть с мешком на дверь в кладовую. Сегодня лиса, наверное, опять придет. Пусть сама идет в кладовую за пищей. Сунет лапу в мешок – завяжите ее. Как в капкане будет.
И правда, через некоторое время опять лиса пришла. Дочь ворона сказала матери:
– Смотри, опять пришла обманщица.
А лиса уже свои лживые речи разводит:
– Вот мы с мужем опять пришли, шкуры принесли. Хорошие шкуры, выделанные.
Жена ворона притворилась больной, говорит:
– Ах, у меня сегодня вдруг голова заболела, не могу ходить. Это вы опять пришли?
Лиса говорит:
– Да, это мы, ненадолго. Торопимся. До свидания!
А сама в кладовую пробралась, сунула лапу в мешок. Завязла лапа в мешке. Дернула лиса лапу. Хотела убежать, сама в сети запуталась, закричала:
– Ой, что вы со мной делаете?
А ворон говорит:
– Ничего мы с тобой не делаем. Ты сама себе плохо сделала. Зачем обманула нас? Зачем вместо шкур старую сетку дала? Зачем в чужие кладовые лазишь?
Заплакала лиса, просит, чтобы отвязали. Не стали отвязывать. Смеются над ней, обманщицей и воровкой называют. Наконец порвала лиса старую сеть, выскочила на улицу. А на лапе мешок завязан. Так с мешком домой и прибежала.
Старшей дочери сказала:
– Развяжи скорее мешок.
Та ответила:
– Не буду развязывать. Зачем ты обманываешь дочку Кукки?
Младшая дочь все же отвязала.
Так ворон проучил лису за то, что обманывала и воровала.
Все.
[Легенды и мифы Севера, с. 364–366]Саһыл уонна суор
Саһыл ас булуон сүрэҕэлдьиирэ, ол иһин куһаҕаннык олорбута, аччыктыыра. Биирдэ кыыһыгар эппит:
– Суору албыннаан маннык диэм: кэргэн тахсан баайдык олоробун.
– Албыннаама, ол кэриэтин үчүгэйинэн аста көрдөө.
Саһыл ону истибэтэх. Эргэ инчэҕэй илими куулга уган баайбыт. Суорга барбыт. Анарааҥҥыта ким эрэ иһэрин истэн дьонугар эппит:
– Көрүҥ эрэ ким иһэрин.
Тахсыбыттар. Саһыл хайыы үйэ күүлэҕэ турар эбит. Онно хараҥаҕа саһыл эппит:
– Мин кэргэммин кытта кэллим.
Саһыл албыннаабыт. Онуоха суор итэҕэйбит уонна соһуйбут:
– Тыый! Сиэн балтым ыал буолбут. Дьэ эрэ, эргин көрдөр.
Саһыл эппит:
– Кэргэним уоттаахха сатаан сылдьыбат. Кини өбүгэлэрэ хараҥаҕа олорбуттар, ол иһин кини эмиэ хараҥаны сөбүлүүр. Кини хараҕа суох курдук тугу да көрбөт. Сырдыкка сатаан тахсыбат.
Онуоха суор эппит:
– Чэ, ыһыырынньыктары араарыҥ, киирдин.
Киирбиттэр. Суор ыйыппыт:
– Тугу аһыыгыт?
Саһыл хоруйдаабыт:
– Биһиги аспыт элбэх. Бэйэҕит аһааҥ.
Суор ойоҕо хоспохтон ас аҕала барбытыгар, саһыл кини кэнниттэн сыбдыйан тиийэн, куулугар ас уктан барбыт. Куулун толору уган баайан, күүлэҕэ таһааран муннукка олордон кэбиспит.
Суор сөхпүтэ ааспакка эппит:
– Хор, сиэн балтым кэргэн тахсыбыт! Дьэ ыал буолбут!
Онуоха саһыл киһиргээбит:
– Оннук, мин кэргэним уруккуттан элбэх табалаах. Икки улахан үөрдээх.
Онтон сымыыт көрдөөн ыйыппыт. Кэргэнэ сымыыты олус таптыырын туһунан эппит. Ол оннугар таба тириитин эрэннэрбит:
– Таба тириилэрэ бу куулга бааллар. Тыытан да көр!
Суор куулу тыытан көрбүт. Кырдьык, онно таба тириитин курдук туох эрэ сымнаҕас баар эбит. Үөрбүт: «Бу баайы! Барыларыгар таҥаска тиийииһик». Куулу быыс кэннигэр ууран кэбиһэргэ соруйбут.
Суор ойоҕо саһылга эппит:
– Биһиги уол оҕолоохпут, эн кыыстааххын. Холбуохха баар эбит.
Саһыл толкуйдаабыт уонна эппит:
– Уолгут ойох ылыан баҕарар буоллаҕына, холбуохха да сөп.
Ити курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээбиттэр. Чэй иһэн бүтэн баран, саһыл кэргэнигэр туһулуурдуу эппит:
– Дьиэбитигэр барыахха: табалар куттанан куотан хаалыахтара. Эбэтэр оннооҕор куһаҕан – үүрэн илдьэ барыахтара.
(Маны барытын кини сымыйалаабыт. Кэргэнэ суох, соҕотох кэлбитэ).
Ол кэннэ дьиэлээхтэри кытта быраһаайдаһан тахсыбыт. Күүлэттэн астаах куулун ылбыт. Көхсүгэр сүгэн дьиэтигэр нэһиилэ аҕалбыт. Кыыһыгар күлэн эппит:
– Көр эрэ, мин суору албыннаатым. Миигин кырдьыктыы кэргэн тахсыбыт дии санаата. Эргэ илими таба тириитэ диэн ылынна.
Онуоха кыыһа эппит:
– Тоҕо албынныыгыный? Үчүгэйинэн көрдөһүөххүнүй.
Саһыл кыыһырбыттыы хоруйдаабыт:
– Үөрэтимэ эн миигин, оччотугар аһа суох хаалларыам!
Кыыһа саҥата суох барбыт. Оттон ийэтэ сымыыт сиэн баран, эт буһаран барбыт.
Суор судургутук таба тириилэнэн хаалбытыттан олус үөрбүт, астыммыт. Арай дьиэ үрдүттэн ороҥҥо туох эрэ таммалаабыт.
– Тугуй бу? – ойоҕо саҥа аллайбыт.
Суор хоруйдаабыт:
– Баҕар, саһыл суолга тириини инчэтэн кэбиспитэ буолуо.
Ити кэмҥэ уоллара кэлбит. Киниэхэ тирии туһунан кэпсээбиттэр. Онуоха уол көрдөспүт:
– Дьэ баайгытын көрдөрүҥ эрэ.
Ийэлэрэ куулу ылан сүөрбүт. Илими хостоон таһаарбыт, ол онтон олуһун соһуйбут.
– Көрүҥ эрэ, туох да суох! Инчэҕэй эргэ илим эрэ баар.
Суор кыыһырбыт уонна дьаһайбыт:
– Илими куулу кытта хоспох ааныгар ыйаан кэбиһиҥ. Бүгүн саһыл, арааһа, эмиэ кэлэрэ буолуо. Хоспоххо ас ыла бэйэтэ бардын. Илиитин куулга уктаҕына, баайан кэбиһээриҥ. Хапкаан курдук буолуоҕа.
Кырдьык, сотору буолан баран, саһыл эмиэ кэлбит. Суор кыыһа ийэтигэр эппит:
– Көр эрэ, албынчык эмиэ кэллэ.
Саһыл албын тылынан ньуолбардык кэпсиир:
– Бу биһиги кэргэмминиин эмиэ кэллибит, тирии аҕаллыбыт. Таҥастаммыт, үчүгэй тириилэр.
Суор ойоҕо ыалдьыбыта буолан кубулуммут уонна эппит:
– Айа, бүгүн эмискэ төбөм ыарыйда, сатаан хаампаппын. Бу эмиэ эһиги кэллигит дуо?
Онуоха саһыл эппит:
– Оннук, биһиги өр буолуохпут суоҕа, ыксыыбыт. Көрсүөххэ диэри!
Саһыл хоспоххо уоран киирэн, илиитин куулга укпут. Онуоха илиитэ куулга иҥнэн хаалбыт. Илиитин босхолуу сатаабыт. Саһыл куотуон баҕарбыт даҕаны, илимҥэ иилистэн хаалбыт. Ыксаан хаһыытаабыт:
– Уой, миигин хайыыгытый?
Суор эппит:
– Хайаабаппыт даҕаны. Эн бэйэҥ бэйэҕэр куһаҕаны оҥордуҥ. Тоҕо биһигини албыннаабыккыный? Тоҕо тирии оннугар эргэ илими биэрбиккиний? Тоҕо дьон хоспоҕуттан уораҕыный?
Саһыл ытыы-ытыы «ыытыҥ» диэн көрдөспүт. Ыыппатахтар. Саһылы албын уонна уоруйах диэн күлүү-элэк оҥостубуттар. Тиһэҕэр саһыл эргэ илими алдьатан, таһырдьа ойбут. Оттон илиитигэр куул баалла сылдьыбыт. Бу курдук дьиэтигэр диэри сүүрэн тиийбит.
Улахан кыыһыгар эппит:
– Куулу түргэнник сүөр.
Анарааҥҥыта хардарбыт:
– Суох, сүөрбэппин. Тоҕо эн кыыскын Куккины албынныыгыный?
Ол да буоллар, кыра кыыһа куулу сүөрбүт.
Ити курдук суор саһылы албыннаабытын уонна уорбутун иһин үөрэппит.
Бүттэ.
Кетский фольклор=Кет фольклора
Глухарь, утка и гусь
Однажды утка и гусь встретили старого глухаря.
– Глухарь, полетим с нами на юг, – сказали они, – а то ведь зимою ты здесь пропадешь с голоду.
– Нет, я не полечу с вами, – ответил глухарь. – Если я улечу отсюда, трудно тогда будет людям.
– А мы полетим. Не станем зимовать. Здесь холодно. Человек без нас не умрет. Зимой он может добывать и есть рыбу. Рыба никуда не уйдет; она здесь, в озерах, живет зиму и лето. А для человека есть еще и другая пища.
Глухарь на это сказал утке с гусем:
– Когда настанут сильные морозы, озера и реки застынут, покроются толстым льдом, тогда людям будет тяжело добывать рыбу. Без меня они умрут с голоду.
– Сам-то ты что будешь есть зимой? Скажи нам.
Глухарь сказал:
– Пищи у меня много. Зимой я буду есть кедровую хвою.
– На этой пище ты долго не проживешь. Если ты не хочешь с нами лететь, то мы тебя заставим.
Гусь и утка схватили глухаря под зоб и потащили в теплые края. Глухарь так заплакал, что от слез у него покраснели перышки у бровей. Утка с гусем бросили глухаря и улетели на юг. С тех пор у глухаря от слез всегда брови красные.
[Легенды и мифы народов Севера, 156 с.]Улар, кус уонна хаас
Биирдэ кус уонна хаас кырдьаҕас улары көрсүбүттэр.
– Улар, биһигини кытта соҕуруу көтүс, – диэбиттэр, – кыһын манна аччыктаан эрэйи көрүөҥ дии.
– Суох, эһигини кытта көппөппүн, – диэн улар хардарбыт. – Мин мантан көттөхпүнэ, дьоҥҥо ыарахан буолуо.
– Оттон биһиги көтөбүт. Кыстаабаппыт. Манна тымныы. Киһи биһигинэ суох өлүө суоҕа. Кыһынын кини балыктыан сөп. Балык ханна да барбат, манна күөлгэ сайылыыр уонна кыстыыр. Киһиэхэ онтон да атын ас баар эбээт.
Улар кустаах хааска эппит:
– Күүстээх тымныылар турдахтарына, күөллэр уонна өрүстэр хам тоҥуохтара, халыҥ мууһунан бүрүллүөхтэрэ. Оччоҕуна дьон балыктыырыгар ыарахан буолуо. Миигинэ суох кинилэр аччыктаан өлүөхтэрэ.
– Оттон бэйэҥ тугу аһыыгыный кыһынын? Эт эрэ биһиэхэ.
Улар эппит:
– Аһым миэхэ элбэх. Кыһынын кедр мутукчатын сиэҕим.
– Ити аска эн өр олоруоҥ суоҕа. Эн биһигини кытта көтүөххүн баҕарбат буоллаххына, биһиги эйигин күүспүтүнэн илдьэ барыахпыт.
Хаас уонна кус улары куолаҕатыттан ылан сылаас дойдуга соспуттар. Улар хааһын түүтэ кытарыар диэри ытаабыт. Онуоха кустаах хаас улары быраҕан баран, соҕуруу көтө турбуттар. Ол ытаабытыттан ыла улар хааһа кыһыл буолбут.
Не ночуйте в медвежьей берлоге
Однажды осенью два охотника собрались на промысел в тайгу. Взяли они с собою запас хлеба на несколько дней. Вот пришли в лес и целый день охотились на дичь и белку.
Стемнело. Надо где-то переночевать. Стали они подыскивать хорошее место, где было бы много сухих дров для костра, но не нашли. Вместо сухих дров увидели они пустую медвежью берлогу. Разожгли около берлоги костер, сварили в котелке еду, поели и решили лечь спать. Посмотрели на пасмурное небо и поняли, что ночью будет дождь или снег.
Делать нечего. Закрыли охотники свои вещи и добычу, перевязали крепко, а сами полезли в берлогу. В берлоге медведь мягкую постель оставил из тонких веток да сухой травы. Недолго думая, улеглись охотники спать. Но ночь была холодная, и они решили закрыть отверстие в берлогу. Взяли один бесем (полушубок) и прикрыли им плотно отверстие. В берлоге стало тепло. Охотники уснули, да и проспали на медвежьем месте всю зиму. Шесть месяцев спали охотники! Только один раз за всю зиму перевернулись они с боку на бок.
Но вот пришла весна, и охотники проснулись. Выглянули из берлоги, а небо чистое, нет ни дождя, ни снега. Собрали они свои вещи, которые пролежали всю зиму около берлоги, и пошли домой. Пришли в становище, а людей там нет. Пошли охотники на берег реки, а там чумы стоят, собаки лают. Вышли из чумов люди и увидели охотников, которые осенью ушли в тайгу, а вернулись только весной. А их ведь пропавшими считали.
Недаром же кеты говорят: «Не ночуйте в медвежьей берлоге, а то проспите всю зиму».
[Легенды и мифы народов Севера, 157 с.]Эһэ арҕаҕар утуйумаҥ
Биир күһүн икки булчут тайҕаҕа бултуу барарга быһаарыммыттар. Хас да күҥҥэ сииргэ диэн хаһаанан килиэп ылбыттар. Тыаҕа кэлэн баран, күнү быһа көтөрү-сүүрэри уонна тииҥи бултаабыттар.
Халлаан хараҥарбыт. Ханна эрэ хонуохха наада буолбут. Уот отторго кураанах мастаах үчүгэй сири көрдүү сатаан баран булбатахтар. Кураанах мастар оннуларыгар иччитэх эһэ арҕаҕын көрбүттэр. Арҕах аттыгар уот оттубуттар, солуурга ас өрүнэн аһаабыттар уонна утуйарга санаммыттар. Халлаан былытырбытын көрөн, түүнүн ардыан эбэтэр хаардыан сөп дии санаабыттар.
Хайыахтара баарай?! Булчуттар малларын, бултарын сабан баран, ыга баайбыттар, ол кэннэ арҕахха киирбиттэр. Арҕахха эһэ синньигэс лабаанан, хаппыт отунан оҥорбут сымнаҕас ороно баар эбит. Булчуттар толкуйдуу барбакка, онно утуйардыы сыппыттар. Түүн тымныйан, арҕаҕы сонунан ыга бүөлээбиттэр. Арҕах иһэ сылыйбыт. Онуоха булчуттар утуйан хаалбыттар. Кинилэр кыс устата – алта ыйы быһа утуйбуттар! Ол тухары биир ойоҕосторуттан биир ойоҕосторугар биирдэ эрэ эргийбиттэр.
Саас кэлбит, булчуттар уһуктубуттар. Арҕахтан өҥөйөн көрбүттэрэ, ып-ыраас халлаан, хаар да, ардах да суох. Кыһыны быһа арҕах аттыгар сыппыт малларын хомунан баран, дьиэлэригэр барбыттар. Тохтообут сирдэригэр тиийбиттэрэ – биир да киһи суох. Булчуттар өрүс кытылыгар тиийбиттэр. Онно тордохтор тураллар эбит. Ыттар үрбүттэр. Тордохтортон дьон тахсан, күһүн бултуу барбыт булчуттара саас эргиллибиттэрин көрбүттэр. Кинилэри сүппүттэр дии саныы сылдьыбыттар.
Ол да иһин кет омуга: «Эһэ арҕаҕар хоммот буолуҥ, кыһыны быһа утуйуоххут», – диэн мээнэҕэ эппэт.
Корякский фольклор=Кэрээк фольклора
Как Куйкынняку прекратил дождь
Давно это было. Долго, не переставая, шел дождь.
Тогда Куйкынняку сказал своим сыновьям:
– Ну-ка, сыновья, наловите оленей!
Наловили сыновья оленей. Куйкынняку большую ладью сделал. В нее этих оленей загнал. Потом стал всех зверей созывать. Всякие звери к нему пришли. И мыши тоже пришли. Составил Куйкынняку из мышей упряжку, запряг их в ладью, поехал к морю. С собой мухоморов10 взял. Приехал к морю. А дождь-то все время идет.
На другой день отплыл. Долго плыл по морю. Наконец к острову подплыл. Высадился на берег. Видит – поселок. Пришел туда. Видит – женщина сидит, волосы расчесывает.
– Ага, вот из-за чего дождь идет!
Сказала ему женщина:
– Здравствуй, старик! Явился!
– Да, явился!
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
1
Орел-птица – тойон көтөр. Дословный перевод «господин диких птиц», иносказательное название орла. Якуты в прошлом зверей и птиц в разговоре не называли их собственными обозначениями, а пользовались иносказательными.
2
Миф «намекает на какую-то легенду христианского происхождения» [Якутские сказки, т. 1, 296 с.].
3
Тойон көтөр – хотой. Хотой көтөрү ытыктаан ханалытан этии. Былыр сахалар кыыллары, көтөрдөрү ааттарынан быһаччы эппэттэрэ, харыс тылы туттан, ханалытан этэллэрэ.
4
Номох «христианскай төрүттээх ханнык эрэ үһүйээни таайтаран этэр» [Саха остуоруйалара, 1 т., 296 с.].
5
На золотые прииски (тайҕалаан) – букв.: «в тайгу». До Великой Октябрьской революции якуты Ленские золотые прииски называли тайгой.
6
Дети, одетые во все зеленое (күөх өҥнөөх таҥастаах оҕолор), – это духи-хозяева трав и деревьев, они сопровождали богиню Айыысыт, помогали ей, иногда самостоятельно предопределяли судьбу человека. Обычно они наделяли человека плохой судьбой.
7
Джылга Хаан, Одун Хаан – якутские божества.
8
Тайҕалаан – сахалар Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннинэ Ленскэйгэ баар кыһыл көмүс бириискэни «тайҕа» дииллэрэ.
9
Күөх өҥнөөх таҥастаах оҕолор – от-мас иччилэрэ, Айыыһыт арыалдьыттара, кини көмөлөһөөччүлэрэ, ардыгар киһи дьылҕатын төлкөлүүллэрэ. Үгэс курдук киһини куһаҕан дьылҕалыыллара.
10
Чукчи и коряки употребляли в качестве опьяняющего, одурманивающего средства. Эти свойства мухомора нашли отражение в устном художественном творчестве народностей чукотско-корякской группы, а также в петроглифах на скалистых берегах Пегтымель.