Полная версия
Кытылга кыыс ытыыра
Өрүү бииргэ тапталыҥ Димаҥ.
Кулун тутар 4 күнэ. Понедельник. 9 күн буоллуҥ. Сарсыарда 8 ч. 45 мүн.
Күн аайы 2-лии суругу суруйдум.
* * *Тапталлаах доҕорум Инна, привет!
Бүгүн сарсыарда 5 ч. Итииргээн уһугуннум, онтон хаһыат ааҕа сыттым уонна бу оҕобор сурук суруйан эрэбин. Төһө да ыраах сырыттаргын, санаабар субу баар курдуккун, ахтарым-саныырым күүһэ бэрт буолан, олох кууһа сытар курдукпун. Эйигин ахтарым бэрт буолан, уум олох көтөн хаалла. Доҕоччугуом, хаһан кэлэ охсон уоскутаҕын? Бэҕэһээ киэһэ телефонунан ахтыбытым ааһыар диэри кэпсэтэн наһаа дуоһуйбутум, олох субу баар курдуккун.
Чэ, бары үчүгэйи кытта оҕонньоруҥ Дмитрий.
Ахта-саныы, өйдүү-таптыы хаалабын. Ууруубун-сыллыыбын.
Муус устар 18 күнэ. Сарсыарда 6 ч. 47 мүн.
* * *Ахтар-саныыр, өйдүүр, таптыыр, долгуйа күүтэр кэргэним Инна, дорообо!
Бу олус күүскэ ахтан, кэлэргэр тиийбэккэ сурук суруйан эрэбин. Хаһан да кыыһырсар буолумуох, туохпутун былдьаһыахпытый. Мин эйигин наһаа күүскэ, ис сүрэхпиттэн таптыыбын, ону бэйэҥ да сэрэйэр буолуохтааххын. Оҕом сыыһа, олох кыайан тэйсиэ суохпут, биир-икки күҥҥэ араҕыстыбыт да, ахтыһан барабыт. Оо, таптал, олус да күүстээх эбиккин, урут маннык олох буолбат этэ. Телефонунан куруук саанаҕын, «тиийдэхпинэ аахсыахпыт» диэн. Туох буруйбар? Олох өйдөөбөппүн, оонньуур быһыылаах дии саныыбын. Бэҕэһээ «Семейные узы» көрө-көрө: «Оо, дьахталлар үөннэр эбит», – дии саныыбын, ол мин оҕобор, конечно, сыһыана суох диэн эрэнэбин. Ол иһин олус күүскэ таптаан эрдэҕим буолла. Тапталбытын харыстыах, дьон ону-маны үлүннэрэн кэпсиирин итэҕэйимиэх, бэйэбит эрэ албыннаһымыах.
Тапталга буруй суохТаптыырга буруй суох, доҕоруом,Олуһун күүскэ да таптыыбын,Кэрэчээн уостаргын уураары,Күн аайы кэтэһэн эрдэҕим.Аҕыйах хонукка арахсан,Ахтыста сүрэхпит олуһун.Омуннаах тапталга ылларан,Олохпут уһуоҕа биһиэнэ.Доҕоруом, эн бааргын мин сүрэхпэр,Атыны букатын билбэппин,Эрэнсиэх бэйэбит иннигэр,Хаһан да сүтэрсибэт туһугар.Сэтинньи 22 күнэ,Димаҥ.* * *Сэгэрим, Иннам, привет!
Бу олох эрдэ уһуктан баран турдум. 5 ч. 40 мүн. уһуктубутум. Олох иэдэйииһикпин быһыылаах. Биир күнү нэһиилэ аһардым. Ахтарым бэрт, бу сир үрдүгэр таптыыр киһигинээн куустуһан сытар саҕа үчүгэй суох эбит. Чэ, хайдах эмэ тулуйар инибин. Кытаат, доруобай эрэ буол. Бары үчүгэйи кытта Димаҥ.
Күүскэ да күүскэ ууруубун. Арба, сыттыккар сытыҥ хаалбыт, ону сыллыы хоннум.
29/XI. 6 ч. 44 мүн.
* * *Күндүттэн күндү киһим, Иннам, привет!
Эйигин санаан уум олох көтөн хаалла. Мантан түүн хаһыат ааҕар буоллум. Уопсайынан суох бириэмэҕэр кыайан утуйбакка сору көрдүм. Баар эрэ буоллаххына, утуйар эбиппин. Тоҕотун олох билбэппин. Оҕом сыыһа, суоҕуҥ наһаа куһаҕан, олох ылларан кэбиспиппин, күнү быһа эйигин санаан тахсабын, барахсаным тугу гына сылдьара буолла диэн. Халаатыҥ абырыыр, кэлэ-бара сыллыы сылдьабын. Ии, оҕом барахсан, төһө да мөхтөргүн олус күүскэ таптыыбын. Чэ, көрсөрбүт олох аҕыйах чаас хаалла, утуйа охсубут киһи.
Наһаа күүскэ таптыыбын. Ууруубун-сыллыыбын.
14/IV. Түүн 1 ч. 40 мүн.
Дорообо, таптыыр кэргэним Инна!
Сэгэрим, олох ахтан иэдэйдим, аҥаарым эрэ хаалла быһыылаах.
КөрсүһүүКүүтэбин, доҕоруом, олуһунОл кэми, көрсүһүүнү,Аҕынным даҕаны эйигин,Күндү көмүс биэбэйим.Үөрүүнэн толорор дьиэ иһинЭн көрдөөх күлүүҥ өрүүтүн,Чуҥкуйда дьиэбит эн суоххар,Айманна дууһабыт барыбыт.Кэлиий дуу, доҕоруом, түргэнник,Уоскутууй сүрэхпит төлөнүн.Долгуйар Дьокуускай сиригэрКэтэһэ хааллыбыт биһиги.Муус устар 24 күнэ.
Димаҥ. 18.00 ч.
Инна билигин бу суруктарынан күннээҕи олоҕун сырдатынан, ааспат-арахпат ахтылҕан буолбут тапталыттан сылаанньыйан, эрэллээх, бигэ тирэхтээх курдук сананан иннин диэки дьулуруйар. Суруктардаах альбомун күҥҥэ хаста да хабан ылан бу курдук ааҕа олорор буолар. Инна кэргэнин көмөн баран сүрэҕин хаһыытын, дууһатын кыланыытын суруйбут бэйэтин суругуттан эмиэ айманан, ытамньыйан ылла.
«Дима, Дмитрийим барахсан…
Эйигинэ суох сылдьыам, үөрүөм-көтүөм, бэйэбин толору дьоллоох киһинэн ааҕыныам диэхпин санаам буолбат. Бу сиргэ күндүттэн күндүбүн, нэһиилэ көстүбүт таҥарам бэлэҕин, эйигин, куоттардым, былдьаттым, мүлчү туттум.
Биһиги буруйбут буолуо дуо, хойутаан көрсүбүппүт?! Оо, олорбут сылларбытын төттөрү эргиппит киһи баар ини! Бачча булсан баран саатар 10-ча сыл бииргэ олорор дьолбут суох буоллаҕа. Суох буолаахтаатаҕа, барбыт эргийбэт, өлбүт тиллибэт…
Доҕорум оҕото, итэҕэй дуу… Эн буолаҕын мин сүрэхпин сүүйбүт, дууһабын долгуппут, тапталбын, иэйиибин иккистээн тыыннаабыт, хаһан да ааспат-арахпат, сүппэт-симэлийбэт мин улахан тапталым.
Мин эйигин, күндү киһибин, хаһан да умнуом суоҕа. Тыыннааҕым тухары түүлбэр көрсүөм, санаабар кэпсэтиэм. Ааспыт олоҕум оспот бааһа, сэниэбин эһэн, санаабын самнаран, хараҕым уутунан сууннаран барбытыҥ наһаа да абалаах, кыһыылаах. Олус ыарахан. Быраһаай.
Үнүр биир киэһэ бу суруктары Асяҕа көрдөрө олорон эмиэ ытаан-соҥоон барбыта.
– Ася, олох тоҕо олус уустугуй? Тоҕо сатамматый биһиги, хойутаан көрсүбүт дьон, арыый да уһуннук олоро түһэрбит?! Тоҕо дьылҕа хаан түөрт эрэ сыллаах дьолу быктаран баран былдьаан ыларый?
– Инна, олох оҥоһуута, ыйааххыт буоллаҕа. Хайдаҕын да иһин эн дьиҥнээх тапталы, улахан тапталы биллэҕиҥ. Мин урут да эппитим дии, оннооҕор биһиги, чугас дьүөгэлэриҥ, эйиэхэ кэлэн ааспыт дьолунан дьоллонон олоробут. Бу орто дойдуга таптал баар эбит ээ дэһэбит. Дьиҥнээхтик таптаабыт эр киһини илэ биллэхпит, ол тапталтан эн хайдахтаах курдук кыыс оҕолуу иккистээн тыллыбыккын, тупсуоххунан тупсубуккун көрдөхпүт. Билигин биһиги эмиэ эрэллээхтик, улаханнык таптал баар дэһэбит, – диэбитэ Ася.
Инна, дириҥник үөһэ тыынан кэбиһэ-кэбиһэ, альбомун түөһүгэр хам кууһан оттуллубут оһох иннигэр олорунан кэбистэ. Таһырдьа эмиэ күһүҥҥү ардах түһэн сабыгыратан барда…
Кыыс кырдалыгар
Оо, дойдум барахсан, күндүгүн даҕаны! Салгынныын, сыттыын-сымардыын сүрэҕи-быары ортотунан киирэн тоҕо баҕас үчүгэйэй! Уулусса тоҕойун аайы тохтоон кэпсэтэр биир дойдулаахтарым, били оруобуна Исай Брызгалов ырыатыгар ылланарыныы, ийэ, аҕа курдук чугаскыт. Сыл-хонук баттаан эһиги кырдьыбыккытынан көрдөххө, күн-дьыл да барбыт, ол аата саас да ырааппыт буоллаҕа».
Светлана Николаевна өрүс кытылын устун аргыый хааман иһэн ыскамыайкаҕа кэлэн олордо. Ыскамыайка эрэйдээх эмиэ кырдьаахтаабыт. Эмиэ бэйэтэ туспа олох кэрэһитэ турдаҕа эбээт. Төһөлөөх эдэр паараны олордон, көрсүһүннэрэн, арааран ааспыта буолуой? Светлана Николаевна ыскамыайкаҕа олорон эбэтин саҥа көрөр киһилии одуулаата. Кырдьык, уруккута буолбатах, хайдах эрэ бүүс-бүтүннүү өлбөөдүйбүт, соҥуорбут көрүҥнэммит. Урут… оо, кэрэ да көстүүлээх этэ… Светлана Николаевна хараҕын симэн ылла. Эбэ уута ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир буолара, мэктиэтигэр уу түгэҕэр уста сылдьар балыктар курдаттыы көстөллөрө. Биэрэгэр чыычаах арааһа мустан ыллыыра, үп-үрүҥ хоптолор уу кырсын үрдүнэн талбаара көтөллөрө. Оттон киэһэ чуумпуга налыйан-наскыйан, аргыый мөлбөйө устан эмиэ киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ көстүүлэнэрэ. Светлана оҕо сылдьан уу баһа киирэн баран күөххэ сууламмыт өрүс уҥуоргу өттүн, ыраах көстөр хайалары одуулаан кытылга өөр-өр таалан олороро. Ол кэмҥэ үөрүү-көтүү, сырдык санаа эрэ аргыстаах, олоҕу билэ илик туҥуй кыыс оҕо этэ буоллаҕа. Оттон билигин эбэтэ барахсан элбэҕи да эргитэ санатар…
Светлана Николаевна хоту диэкиттэн сөрүүн тыал үрбүтүгэр хайдах эрэ дьагдьайа быһыытыйан эмискэ ойон турда: «Бэйи, дьиэҕэ барыахха. Эдьиийим аах сүтэриэхтэрэ». Уонна бу киэһэ хайаан да Ларисаҕа төлөппүөннүөхтээх, дьүөгэтэ улуус кииниттэн бүгүн кэлиэхтээх. Дьэ долгутуулаах көрсүһүү күүтэр!
Эдьиийин аахха кэлбитэ – бары утуйаары оннуларын булан эрэллэр. Күнү быһа окко, оҕуруокка, үлэҕэ эриллибит дьон эрдэ сыталлар, сарсыарда эрдэ туран тарҕаһыахтара турдаҕа. Светлана утуйа иликтэринэ дьүөгэтигэр төлөппүөннүү охсорго быһаарынна.
– Алло, дорооболоруҥ. Сергеевтэр дуо? Оҕолор, маамаҕыт кэллэ дуо? – Светлана Николаевна дьүөгэтин куолаһын истэриттэн долгуйан барда.
– Кэлбитэ. Эн тетя Светаҕын дуо? – кыра уол куолаһа чаҕаарар.
– Даа-даа, түргэнник ыҥыр, тоҕойум.
– Хотуой, Сибиэтэ, бирибиэт! Куоласкын истэр күннээх эбиппин ээ.
– Привет, дьүөгэ-э! Эн хаһан иһиттиҥ кэлбиппин?
– Хас да хонуктааҕыта эйигин маҕаһыыҥҥа көрбүт дьон «донуостаабыттара». Уонна бу оҕолорго эрийэн истэбин. Хаста да дьоҥҥор төлөппүөннүү сатаабытым. Иһирдьэ-таһырдьа буолуоххут, ким да суох буолан иһээччи.
– Дьэ, тугу кэпсиигин? Лариса, бириэмэ да ырааппыт. Дьонум утуйан эрэллэр. Онон эн биһикки сарсын ханна көрсүһэрбитин быһаарыахха, – Светлана дьоно ороннорун таһынан өрө-таҥнары элэҥнэһэн барбыттарыгар ыксаата.
– Бээрэ, эн төһө өр буола кэллиҥ? – Лариса хата холку.
– Өйүүн мантан араҕабын. Үлэбэр эрдэ ыҥырбыттар, онон ыксал буолла. Уоппускаҕа сылдьыбытым ыраатта ээ. Кэлэн иһэн Гриша дьонугар уонча хоммутум, уолбун онно хаалларбытым.
– Кэм буолуо, эн ыксыырыҥ биллэр этэ. Оччоҕо хайдах буолабыт? – Лариса куолаһыгар ыксыырыҥ бэрт эбит диэн сэмэлээһин иһилиннэ.
– Сарсын эн хайдах бириэмэлээххинэн Кыыс Кырдалыгар көрсүһүөххэ, – Светлана өртөн былааннаабыт буолан этэ оҕуста.
– Кыыс Кырдалыгар даа? Айыкка, бачча куйааска таһырдьа дуо? – Лариса соһуйуу-өмүрүү бөҕөтүн түһэрдэ.
– Бу үлүгэр самаан сайын сатыылаан турдаҕына ама дьиэҕэ хаайтаран олоруохпут дуо? Кыра ыһык, чэй ылыахпыт. Хонууга олоро түһүөхпүт буоллаҕа дии. Дьонуҥ көҥүллүүллэр ини?
– Дьэ эн эрэ буолаҥҥын бу оҕолор көҥүллүүллэр. Чэ сөп. 11 чааска миэхэ көрсүөххэ. Сарсыҥҥа диэри!
Сарсыныгар Лариса тиэргэнигэр көрсүһэн, хас да сыл көрсүспэтэх дьүөгэлиилэр сиэрдэринэн, омуннаахтык куустуһан, сыллаһан Кыыс Кырдала диэн үрэх үрдүгэр турар айылҕа биир маанылаан оҥорбут кэрэ миэстэтин диэки хаамсыбыттара… Уруккуну-хойуккуну, оҕо саас, оскуола доҕотторун ахтыһан атахтара уруккуттан да кэлэ үөрэммит сиригэр түргэнник тиийбитэ.
– Оо, дорообо, Кыыс Кырдала барахсан! Наһаа да ахтар сирим буоллаҕыҥ эбээт! – Светлана бөлкөй талахтарынан тулаламмыт кырдалга кыыс оҕолуу кылыйбахтаан ылбыта.
– Айыккабыын, куорат чүөчэтэ диэх курдук. Эниэргийэҥ бөҕө, аны аэробикалаан бардыҥ дуу? – Лариса, модьу-таҕа буолан куйааска хаампытыттан аҕылаабыт киһи быһыытынан, «дьэ олорор сирбин буллум ээ» диэбиттии, лаҕыччы олорунан кэбиспитэ.
Светланалаах Лариса бастакы кылаастан бииргэ үөрэнэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Уу тэстибэт дьүөгэлиилэр этэ. Арай кинилэри, этэргэ дылы, улахан олох аартыгар тахсыы, бэйэ туспа суолун солонор кэм-кэрдии кэлиитэ араартаабыта. Светлана үөрэҕэр өрүү үчүгэй буолан, ол кэмнээҕи сиэринэн совхоз үлэтигэр хабыллыбакка, тута үөрэххэ киирэ Дьокуускайдаабыта. Оттон Лариса төрөөбүт совхоһун туругурда, этин-үүтүн элбэтэ, уйгутун уһанса үлэлии хаалбыта. Оскуолаттан доҕордоспут табаарыс уоллааҕа. Онтун армияҕа атааран, Светата эмиэ үөрэххэ баран, бастаан чуҥкуйуох курдук гынан иһэн, олоҕун саҥа укулаатыгар үөрэнэригэр тиийбитэ. Биир да өрөбүлэ да, бырааһынньыга да суох ферма үлэтэ сөп оҥороро. Билигин санаатахха, сабыс-саҥа оскуоланы бүтэрбит, оччо улахана, күүһэ, кыаҕа суох көрүҥнээх нарын-намчы кыргыттар эмискэ үлэ да бөҕөҕө тиксэр эбиттэр ээ. Былаан, бырыһыан сырсыыта сэниэлэрин эһэрэ. Эдэр, син доруобай буоланнар тулуйдахтара. Үлэлиэхтээх икки сылын түмүктээн дьэ туохха эрэ үөрэммит, идэлэммит киһи диэн саныы сырыттаҕына, табаарыһа Виссарион армияттан кэлбитэ. Ахтыспыт эдэр дьон омуннаах соҕус көрсүһүүлэрэ ыал буолар туһунан быһаарыныыга аҕалбытын өйдөөбөккө да хаалбыттара. Икки өттүттэн дьонноро «үөрэммэккэ ыксаатыгыт» диэн мөҕүттэн-мөҕүттэн баран, хайыахтарай, кэскил тэринэр оҕолорун сиэр быһыытынан тэрийэр түбүккэ түспүттэрэ. Виссарион үрдүк үөрэх туһунан санаан да көрбөт этэ, оскуоланы бүтэрэригэр үөрэнэн ылбыт трактор ыытарга бырааптааҕын килиэбин хааччынар идэлээх курдук хата бэрт холкутук сананара. Онон тута үлэлээн барбыта. Лариса сотору ыарахан буолан хаалан үөрэнэр туһунан санаата эмиэ ыраас ыраҕа эрэ хаалбыта. Утуу-субуу икки оҕолонон баран хата улуус киинигэр продавец-кассир курса аһыллан, онно үөрэнэн син хамнастаах идэлэммитэ. Онон иккиэн идэлэринэн үлэлээн, дойдуларыгар олохсуйан олорорго санаммыт дьон быһыытынан, сүөһү-ас көрүнэн быр-бааччы олорон кэллилэр. Лариса үөрэҕин бүтэрэн баран өссө икки уолланан, түөрт оҕолоохтор. Икки улахан кыыс оскуоланы бүтэрэн устудьуоннаан үөрдэллэр, уолаттар эмиэ син улаатан оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэллэр. Аҕалаах ийэлэригэр дьиэнэн, тэлгэһэнэн көмөлөөх дьон кинилэр.
Светлана оҕо эрдэҕиттэн ыра санаа оҥостубут эмчитин идэтигэр үөрэххэ киирбитэ. Биллэн турар, киһи хараҕар быраҕыллар кэрэ сэбэрэлээх эдэр кыыс Сэргэлээх сэргэх олоҕун үөһүгэр буола түспүтэ. Бастакы икки-үс сылга үөрэх сылаалаах, сыраны ылар этэ гынан баран, күөгэйэр күннэригэр сылдьар эдэркээн дьон сынньалаҥы да сатаан тэринэллэрэ. Светлана урут таптал диэни билбэтэх уу туҥуй сүрэҕэ сэмээр ол дьикти, Кинилиин соһуччу көрсүһүүнү күүтэрэ. Аны кинини аҥаардастыы сөбүлээн эрэйдэнэр уол баара. Биир курска үөрэнэллэрэ. Света өттүттэн туох да иэйии суох курдуга. Биллэн турар, өрүү кини туһугар кыһалла, көмүскүү, харыстыы сылдьар киһилээҕэ саныахха үчүгэй этэ. Бэйэлэрэ ааттаналларынан, «соҕотох туруйа» буолан эрэр дьүөгэлэрэ ордугургууллара даҕаны. «Гриша курдук уолу буларыҥ биллибэт. Эҥкилэ суох идеалы күүтүмэ, кэргэн таҕыс», – дииллэрэ. Гриша да Света иннэ-кэннэ биллибэт сыһыаныттан эрэйдэнэр, ньиэрбинэйдиир да быһыылааҕа. Улам-улам кыыһырсаллара элбээн барбыта. Гриша аны куттаатаҕа аатыран арыгылыы баран хаалар идэлэммитэ. Оччоҕо бииргэ үөрэнэр оҕолоро, атын факультекка үөрэнэр Гриша балта Светаны буруйдаан ылаллара. Аны оннук кыыһырсан, тэйсиһэн хааллахтарына, Света бэйэтэ да айманар, долгуйар буолан барбыта. Хайдах эрэ Гриша мэлдьи аттыгар баарыгар үөрэнэн хаалбыта. Эйэлэс-тэхтэринэ эмиэ уоскуйан, аныгыскы кыыһырсыыга диэри киинэлээн, театрдаан арахсыбакка бииргэ сылдьаллара. Дьиҥинэн, Светаны атын да уолаттар интэриэһиргииллэр, сөбүлүүллэр быһыылааҕа, ол эрээри өрүү Гришаны кытта хаамсарын көрөннөр чугаһыы сорумматтара.
Үөрэхтэрин бүтэрэн, Сэргэлээхтэн арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Бастакы курстан бииргэ олорбут кыргыттарыттан икки кыыс ыал буолбуттара. Биир кыыстара оскуолатааҕы табаарыһыгар, иккистэрэ атын факультет уолугар кэргэн тахсыбыттара. Доҕотторо сэмээр Светалаах Гриша быһаарыныыларын күүтэллэрэ. Дьүөгэлэрэ: «Света сөбүлэспэккэ ити уолу иэдэтэрэ буолуо», – диэн дьиксинэллэрэ. Ол эрээри кыыстара кинилэр күүппэтэх өттүлэриттэн түргэнник быһаарынан, бүтэрэр саастарыгар Гришатыгар кэргэн тахсан, түргэн үлүгэрдик сыбаайбалыы охсон соһуталаабыта. Биллэн турар, Гриша саҕа дьоллоох киһи суоҕа. Гриша хирург, Света терапевт идэтин ылан хоту үлэлии барбыттара. Билигин ол дойдуларыттан куоракка көһөн кэлэн олороллор. Кыыстара студентка, омук тылын факультетыгар үөрэнэр, уоллара быйыл 8 кылааска үөрэнэ киириэхтээх.
Светланалаах Лариса хахха сири булан чэйдиирдии тэринэн бардылар. Лариса дьиэлээх, тыа киһитин сиэринэн аһа-үөлэ дэлэй. Бастаан үгэстэринэн биир кылааска үөрэммит оҕолорун, ким ханна баарын, хас оҕоломмуттарын, хайдах олороллорун ырытыстылар. Биллэн турар, араас кэпсээннэр, бииртэн биир бэйэ-бэйэлэригэр майгыласпат дьылҕалар тахсан кэллилэр.
– Лариса, өйдүүгүн, онуһу бүтэрэн баран кыргыттар эрэ буолан бу Кыыс Кырдалыгар кэлэн барбыппытын? – Света, ол кэмнээҕи эдэр сааһын олус күүскэ санаан олорор киһи быһыытынан, дириҥник үөһэ тыынна.
– Баар быһыылааҕа, уопсай поход кэнниттэн уолаттартан кистээн кэлбиппит. Виссарион кэлсэ сатаан бөҕө буолбутун өйдүүбүн.
– Даа, онно бары күн кыһалҕата суох, саҥаран көрө-көрө күлэр омуннаах кыргыттар этибит. Оттон билигин хайдах курдук атын хартыынаный… Араас да олохтоох дьон буолбуппут, – Светлана эмиэ өрө тыыммытын өйдөөбөккө да хаалла.
– Эн наһаа ностальжилыыр эбиккин дии. Мин тоҕо эрэ оннук айылаах эдэр сааспын ахтыбаппын. Романтичнайым суох быһыылаах, – Лариса дьүөгэтин, дьэ саҥа өйдөөн көрбүт киһи курдук, одуулаан ылла.
– Лариса, эн Виссариоҥҥун таптыыгын дуо? Чэ, уопсайынан бу сиргэ таптал диэн баар дуо? Туох дии саныыгын? – Светлана ону эрэ күүппэтэх дьүөгэтигэр боппуруос бөҕөтүн кутан кэбистэ.
– Таптал? Оттон баар ини. Сөбүлэһэн, түөрт оҕолонон бачча олорон кэллэхпит. Ол туһунан эчи санаабыт да суох. Сөбүлэспэппит буоллар, арахсыбыт буолуо этибит. Оттон эн бэйэҥ туох дии саныыгын?
– Таптал, таптал… Мин бу сотору эбээ буолар сааспар тиийиэхпэр диэри ити боппуруоска эппиэт була илик курдукпун. Дьүөгэлэрбин кытта арыт эмиэ бу темаҕа бөлүһүөктээн ылабыт да, мөккүһэн-мөккүһэн баран тарҕаһабыт. Мин көрдөхпүнэ, тоҕо эрэ бары «оттон, арааһа, баар быһыылаах» диэн соччо быһаарыыта суох түмүккэ кэлэбит. Сорохтор ити барыта өй-санаа фантазията, үйэлээх таптал диэн суох дииллэр, иннилэрин биэрбэттэр.
– Хотуой, Света, оттон эн Гришаҕын таптаан ыал буолан олорор инигит? Сааһырыаххытыгар диэри «эйигин таптыыбын» дэһэ сылдьыбатаххыт иһин, эдэр сааскыт иэйиитинэн холбостоххут дии.
– Лариса, ону баара мин кинини хаһан да таптаабатаҕым. Баҕар, уруккутун курдук, биир тэҥник сыһыаннаһан, улаханнык кэлэппэккэ, хомоппокко сылдьыбыта буоллар, таптаан да туруом этэ. Саамай чугас киһим, оҕолорум аҕалара буоллаҕа дии.
– Таптаабатаҕыҥ? Эс, хайдах оннук буолуой, – Лариса чахчы соһуйан дьүөгэтин диэки эмиэ болҕомтолоохтук, ыйытардыы көрбөхтөөн ылла.
– Таптала да суох ыал буолан олороллор, сэгээр. Эн ыал барыта Виссарион биһикки курдук олороллоро буолуо дии саныыгын дуо? Ити кыргыттарбыт дьылҕаларын ырытан көрдүбүт дии. Төһө дьоллоохторуй дьахтар быһыытынан? Улахан аҥаардара оҕолорун эрэ туһугар олороллор. Бу ыарахан кэмҥэ онтон атыннык дьаһанар, арахса оонньуур кыахтара суох. Үлүгэрдээх ньиэрбэлэрин бараан, доруобуйаларын сүтэрэн… Мин медик быһыытынан биир түмүккэ кэлэн турабын: дьахталлар эрэйдээхтэр санааларын оонньооһуна, дууһаларын муунтуйуута барыта араас ыарыыга кубулуйан саастарын тухары эрэйдиир эбэтэр кылгас үйэлиир. Быстах санааттан ол-бу буолаллара да элбэх. Нус-хас олохтоох, этэҥҥэ олорор дьахталлар ыарыыга ылларбаттар. Уопсайынан, биһиги, уһун баттахтаахтар, дьылҕабыт хайдах эр киһини кытта аргыстаһарбытыттан улахан тутулуктаах. Лариса, эн үчүгэйдик, этэҥҥэ олороруҥ сирэйгэр-хараххар көстөр. Истиҥ дьүөгэ быһыытынан ис сүрэхпиттэн эн тускар үөрэбин, «Виссарион маладьыас» диибин. Инньэ диэн тиэрдээр. Лариса, мин хайдах олоҕу олорон кэлбиппин эйиэхэ кэпсээбэтэхпинэ, кимиэхэ кэпсиэмий? Оҕо эрдэхпиттэн чугас киһим буоллаҕыҥ. Маннык налыччы көрсүбэтэхпит да ыраатта. Тастан көрүүгэ мин саҕа дьоллоох, барыта бары табыллыбыт дьахтар суоҕа буолуо. Ол эрээри, истэр буоллаххына, кэпсиим. Хайдах эрэ аһыллыахпын, санаабын сайҕыахпын баҕарабын. Олус дьоло суохпун диэн эмиэ санаммаппын. Эмиэ «арааһа» диирбэр тиийэбин, тапталы, арааһа, көрсөн ааспыппын, дьол түгэнин билбиппин. Ол дьылҕам бэлэҕэ буолбут көрсүһүүнэн күн бүгүҥҥэ диэри санаабын сырдатынан сылдьабын. Өскөтө мин олохпор ол дьол түгэнэ кэлэн ааспатаҕа буоллар, барыта чуҥкук, сиэрэй да буолуо эбит, – Светлана, кэпсиибин дуу, суох дуу диэбиттии, дьүөгэтин диэки көрөн ылла.
– Өссө атын таптал баар дуо, хотуой? Кэпсээ, Света, кэпсээ.
– Баҕар, эн билигин истэргэр солуута да суох соҕус кэпсээн буолара дуу. Билбэтим. Ол эрээри, чэ, иһит. Эдэр сааспыт биһигэр – Кыыс Кырдалыгар да үктэммиччэ ностальжилыым. Мин ол сайын манна дойдубар практикалана кэлбитим. Улуус киинигэр балыыһаҕа сиэстэрэлээн сайылаабытым. Эн манна иккис кыыскар уоппускаҕа олорор этиҥ. Элбэх сыл ааспытын кэннэ санаатахха, ол мин олохпор хаһан да хатыламмат, умнуллубат кэрэ сайын ааспыт эбит. Быһата, Виталий диэн уоллуун билсибитим. Көрдө көрөөт, сүрэхпин туттарбытым. Оруобуна таптал туһунан ыралана саныыр буолуохпуттан идеал оҥостор уолбар маарынныыра. Дьикти уйаҕас баҕайытык көрөр арылхай харахтааҕа, истиҥ бэйэлээх мичээрдээҕэ. Аны хас да киһи бэлиэтээн эппитинэн, бэйэ-бэйэбитигэр олус маарыннаһар үһүбүт. «Ити убайыҥ дуу, табаарыһыҥ дуу?» – диэн ыйыппыттаахтар. Ону баара дьылҕабыт биһиэхэ күн сиригэр көрсүһэн ааһарга бэрт аҕыйах да күнү анаабыт эбит. Ол аҕыйах күммүтүн, үрүҥ түүннэрбитин, хаһан да арахсыа суох дьон курдук, сиэттиһэ сылдьан атаарбыппыт. Кини армияттан саҥа кэлбит этэ, атын улууска училищеҕа туттарса бараары бэлэмнэнэрэ. Арахсар күммүт-дьылбыт чугаһаабыта. Биир киэһэ манна дьиэбэр кэлэн уһун киэһэни быһа сыттыгым илийиэр диэри арахсарбытыттан айманан хараҕым уутунан сууммутум. Бэйэм бэйэбиттэн сөхпүтүм. Уолтан, тапталтан ытыам диэн хаһан да санаабат этим. Арааһа, букатыннаахтык тэйсэрбитин биттэнэн эрдэттэн олус айманнаҕым буолуо.
Үөрэххэ барарыгар авиапорка атаарбытым. Сүрэҕим ыарыылаахтык нүөлүйэн эрэ хаалбыта, тулам барыта кураанахсыйа түспүтэ. Суруйсуох буолбуппут да, хайдах эрэ букатыннаахтык арахсан эрэрбитин сэрэйэр курдугум. Аҥаардастыы айманан, санаабар дьоллоох күннэрбин сылаанньыйа сааһылаан ол сайыны атаарбытым. Өрүс кытылыгар киирэн кэллэхпинэ, ахтылҕаным өссө күүскэ киирэрэ. Биһиги теплоходунан айаннаан иһэн билсибиппит. Ол кыра теплоходу билигин көрдөхпүнэ, Виталий биһикки «Титаникпыт» дии саныыбын. Аргыый, мичээрдии-мичээрдии, утары хааман иһэрин өйбөр оҥорон көрөн, онтубуттан дьоллонон, аргыый долгуйа устар эбэбин одуулаан өөр-өр олорорум.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.