bannerbanner
Таптал уонна дьүккүөр
Таптал уонна дьүккүөр

Полная версия

Таптал уонна дьүккүөр

Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 2

Ол кэнниттэн Түбүктээхэптэн сүбэлэтэр, ыйытар элбээбитэ, исхиэмэ оҥорторуон баҕалаах уочарата да баар буо-лан ылара. Онон Бэриэт билиитин, сыыһаны була охсорун, ону быһа суолун тобулан оҥороро түргэнин туһунан институкка номох курдук кэпсээннэр элбээн барбыттара…

Командировкалар быыстала суох буолбуттара, сырыы кэҥээбитэ. Сойуус сибээһигэр үлэлиир Россия, Прибалтика, Украина куораттарын научнай уораҕайдарыгар ыйы-ыйынан сылдьара. Ол тухары Саха сирин уһук Барҕа дэриэбинэтин уолун билиитин-көрүүтүн, сатабылын сөҕөөччү көстөрө, элбиирэ. Сүбэлэтэр-амалатар даҕаны онтон итэҕэһэ суох этэ.

* * *

Саҥаны айыахха айылаах киһи элбэх бөҕө ээ, миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы. Дьэ, ону олоххо киллэрэр олус да ыарахан, бадьыыстаах, эриирдээх буолар эбит. Маннык салгыы бардаҕына дойдубут Сэбиэскэй Сойуус барахсан сайдыыттан хаалара ырааҕа суох буолсу быһыылаах.

Барытын туорайдаһа, сатаммат, ханнык эрэ балаһыанньаҕа сөп түбэспэт, маннык стандарт суох диэн сабыта баттыыр бүрүкүрээт наһаа да элбэх эбит. Оттон, доҕоттоор, саҥа айыллыбыкка патент биэрэ охсон, ол оннук наадалаах «стандарт» диэннэрин иҥэрэр туох айылаах ыараханнааҕа буолла?! Тоҕо ол табыллыбатый? Ким да билбэт. Барыта чып кистэлэҥ быһыылаах. Бу бэрэбиэркэлиир дьонуҥ бары ааттаах-суоллаах, урукку өттүгэр өҥөлөөх кырдьаҕастар. Ол чыыннарынан-хааннарынан саба баттаан олороллор, кинилэр эппиттэрин, муҥур уһугар түмүк оҥорбуттарын утарсар киһи баара да биллибэт.

Дьэ дьикти! Арааһа, ити партиябыт тойотторо бары кырдьаҕастар мустан үөлээннээхтэрин эрэ истэр, кимиэхэ даҕаны сабардаппат балаһыанньалара букатыннаахтык олохтоммут курдугар тахсар. Бочуоттаналлара сөп. Ону ким утарыай, суох. Ол эрээри саҥаны утарсар, саба баттыыр дьону баҕас тохтотуох, туоратыах баара, сынньалаҥнарын үчүгэйдик тэрийэн баран…

Билэрэ-көрөрө элбэх, ымпыктаан-чымпыктаан ырытар исписэлиис буолан Бэриэт исхиэмэлэрэ сигналлары хас эмэ төгүл түргэнник, быһаччы тиэрдэр кыахтаахтара. Ол көстөн турар кырдьыгын үрдүнэн ханнык эрэ балаһыанньа утарар, эргэрбит «стандарт» көҥүллээбэт. Элбэх утарсыы, муҥур уһугар хаайтарыы буолар. Хайыаххыный – уларытыы, кэҥэтии буолар, онон сибээстээн өйдөөх-хаанынан сигнал бытаарыытын олохтуурга тиийэҕин!

Бэриэт Сиидэрэбис сэбиэскэй тутулу атыҥыраабыта – ханнык да дьыаланы анал үөрэхтээх исписэлиис эрэ би-лэрин, ол кырдьыгын билэн туран, ону партия эрэ билэр, сатаан дьаһайар, олоххо киллэрэр диэни илэ итэҕэйбэт буолбута. Бу сүөргү ситими кини олох сайдыытын туормаһын быһыытынан билиммитэ. Ол эрээри ону кэпсиир-ипсиир кутталын элбэх холобуртан көрбүтэ – инники олоҕун санаан дьаахханара, онно бастакы төрүөтүнэн кулаах эһэтин дьылҕата этэ.

«Сэбиэскэй Сойуус сайдыыттан хааллаҕына хайдах, туох буолан иһэрэ буолла?» – диэн ыйытыгы куруутун өйүгэр тута сылдьара.

5

Новосибирскай куоракка үөрэнэр саха ыччаттара сыл аайы сайыны көрсө ыһыахтыыллара. Бэриэт онно чох хара харахтаах, уһун суһуохтаах, сибэкки ойуулаах сиидэс былаачыйалаах, сэмэй баҕайытык тутта сылдьар курбуу курдук уҥуохтаах кыыһы бэлиэтии көрбүтэ.

Кыыс кини билэр дьонун, аммалары, кытта сылдьара, биир хампаанньа быһыылаахтара. Кини билсэр дьонун-сэргэтин көрсөн дорооболоһон, кэпсэтэн-ипсэтэн баран, сотору ол кыыс баар бөлөҕөр тиийбитэ.

– Дорооболоруҥ! – быйыл эргиэн институтун бүтэриэхтээх Амма ыччата Петя уонна кини кэргэнэ Света илиилэрин хардары-таары бобута харбаан эҕэрдэлэһээт, кыргыттар диэки хайыспыта. – Саргы, дорообо! Хайа хаһан сыа сиибитий? – үрдүкү куурус кыыһа табаарыстааҕын билэр, кинилэр холбоһоллорун курдук истибит буолан күлэ-үөрэ ыйыппыта. Кыыс кытаран хаалан баран: «Привет!» – диэн судургутук хардарбыта.

– Бу Сардаана диэн, мин биир дойдулааҕым, – Петя Бэриэт интэриэһиргии көрбүт кыыһын оргууй окумалыттан ылан бэттэх диэки чугаһатан билиһиннэрбитэ. – Биир нэһилиэкпит. Ксенофонтовтар диэн ыаллар мааны кыыстара. Мин курдук эмиэ эргиэн институтугар үөрэниэхтээх, ол эрээри кини үһүс кууруска быһа киирэр.

– Бай, ол хайдах? – Бэриэт кыыс сандаархай хараҕын утары көрөн туран, тугу да анаара барбакка ыйыппыта, онтон бэйэтэ да соһуйбута.

– Кооперативнай техникум кэннэ, – Сардаана быһаарбыта уонна илиитин утары ууммута.

– Үчүгэйдик үөрэммит оҕолорго салгыы үөрэнэллэригэр путевка биэрэллэр ээ, биһиэннэрэ. Онон кини быйыл үөрэххэ быһа киирэр. Бу манна билсэ кэлэ сылдьар, – диэн Петя сиһилии быһаарбыта.

– Олус үчүгэй! – Бэриэт кыыс илиитин туппутун ыһыктыбакка туран чахчы үөрэн, долгуйан туран эҕэрдэлээбитэ. – Аатыҥ да кэрэтэ бэрт дии. Амма бэлиэтэ бэйэтинэн турар, – диэн баран олус истиҥник мичээрдээбитэ.

Кыыс ити тыллартан кыбыстан имэ сардаана сибэкки курдук кытара кыыспыта.

– Мин буоллаҕына Бэриэт диэн уу сахалыы ааттаахпын, – кини сытыы бэйэтэ хайдах эрэ симиттибит курдук буолбута, илиилэрин ханна гыныан билбэккэ өттүктэрин сууралаабыта. Ол да буоллар син кыанан: – Манна сибээс институтун бүтэрэн баран ол институппар бэйэтигэр үлэлиибин. Онон куорат кырдьаҕас олохтооҕобун, – диэбитэ уонна бэйэбин наһаа арбанан эрэбин ээ дии санаан күлбүтэ буолбута.

– Бэриэт Сиидэрэбис улахан научнай-чинчийэр лаборатория тутаах, олус диэн наадалаах, тарбахха баттанар биир чулуу үлэһитэ.

– Петя, бээрэ, тохтоо, – Бэриэт табаарыһын илиититтэн тардыбыта.

– Тоҕо, доҕоор? Тугу эрэ сымыйанан кэпсиир буолламый… Барыта кырдьык, – диэн баран Сардаана диэки эргиллэн: – Космическай сибээс саҥа ситимнэрин көрдүүр, булар, ону олоххо киллэрэр биһиги өйдөөбөт дьыалабытынан дьарыктанар бэрт дьээбэ киһи, – диэбитэ итиэннэ дьэ ситэри кэпсээтим быһыылаах диэн тохтоон хаалбыта. Онтон күлэ-күлэ: – Сардаана, бу уолу үчүгэйдик көр, билис. Аны бэйэтэ киһи киэнэ бэрдэ, табаарыс, доҕор киэнэ талбыта, дьоһуна, – дии-дии, дьэ сиэрэ ситтэ диэбиттии Бэриэти санныттан таптайбыта.

– Адьас сибэтиэй бэйэтинэн кэлэн турарын курдук кэпсээтиҥ дии. Ити үлэм туһунан кырдьык. Онтон атына, оттон көстөн иһиэ буоллаҕа. Билистибит дии, – Бэриэт Сардаана кинини олус интэриэһиргии одуулаһа туралларын бэлиэтии көрбүтэ. – Бээрэ, салгыы тугу гынабыт?

– Сотору түһүлгэлээн олорон аһыырбыт буолуо. Эн ханнык хампаанньаҕа сыстар былааннаах сылдьаҕын?

– Мин соҕотох киһи ханна баҕарар сыстарым көҥүл буоллаҕа, – Бэриэт барыларын кэрийэ көрбүтэ. Сардааналыын харахтара харсыһа түспүтэ. – Атыҥыраабат буоллаххытына, эһиэхэ сыстыахпын сөп.

– Атыҥырыырбыт баара дуо? Аньыы даҕаны! – Петя өрө көтө түспүтэ. – Хата, ыҥыраары, биһиэхэ кыттыс диэн көрдөһөөрү гыммыппыт. Чэ бардыбыт, миэстэтэ булуоҕуҥ, – Петя бу сибилигин миэстэ булуохтуу олоотообута, онтон аны өй булунан. – Сардаана, эн Бэриэт биһиэхэ кыттыһарын утарбат инигин? – диэн бэрт дьээбэ ыйытыылаах буолан биэрбитэ.

– Эс, мин ол туох диэн? – Сардаана олус соһуйбута, хараҕа төгүрүйэ түспүтэ. Уолаттары хардары-таары көрүөлүү-көрүөлүү: – Ону мин тоҕо быһаарабын? Бииргэ сылдьар буоллаҕына сылдьар буоллаҕа дии. Эһиги табаарыскыт, эһиги быһаарыҥ ээ, – диэн баран, икки ытыһынан иэдэстэрин саба туттубута, туох дииллэрин кэтэһэн таалан турбута.

– Сөп, сөп, Сардаана, – Петя кыыһы холус соҕустук дьээбэлээбититтэн бэйэтэ даҕаны сонньуйбута. – Ити таах мээнэ, өскүөрүтүн! – диэн көннөрүммүтэ буолбута.

– Сардаана утарбат буоллаҕына, мин кыттыһан буоллаҕа, – аны Бэриэт ытаһа угааччы буолбута уонна Сардаана диэки эргиллэн хараҕынан имнэнэн ылбыта. Ол имнэнии киниттэн олох да ыйытыыта суох тахсан кэлбитэ. Ону кини атыҥырыах курдук буолан иһэн «буолбут сатаан төннүбэт» диэн өйүнэн хам баттаан кэбиспитэ.

Сардаана буоллаҕына ити имнэниигэ хардаран эмиэ имнэммитин бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Онтон төттөрү хайыһан, күлэ-күлэ, айаҕын хам туттан кэбиспитэ.

Ол күн кинилэр бары бииргэ сылдьыбыттара. Кэпсээн, сэһэн-сэппэн элбэх этэ. Ордук кыыс Амма туһунан: кини сардаана сибэккинэн симэнэр, сайынын сылаас, талыы күннэрин, дьэдьэн сытынан тунуйар чагдалар күөҕүнэн сууланар бүччүм ырааһыйаларын, Амма ыраас уутугар сөтүөлээн чомполонор кэрэтин, саһарчы буспут бурдуктаах бааһыналарын, үтүө үлэһит дьоннорун, талыы-мааны кыргыттарын, уолаттарын туһунан сэһэргэспиттэрэ. Бэриэт ону бэркэ сэҥээрбитэ уонна ону барытын хаһан эрэ көрбүт киһи дии санаабыта.

Бэйэтэ ыйытыы күүһүнэн дойдутун туһунан быһыта-орута кэпсээн аһарбыта. «Кэлин кэпсиир түгэн көстөр ини. Бүгүн Амма туһунан истэрим, билэрим ордук курдук. Эһиги кэпсээни быһымаҥ. Истэргэ олус үчүгэй», – диэн Амма дьонун, хата, үөрдүбүтэ.

Ыһыах олус үчүгэйдик ааспыта. Саха сирин араас муннуктарыттан мустубут, билиини-көрүүнү эккирэтиһэн манна кэлэн көрсүбүт ыччаттар билсиһиилэрэ, доҕордоһуулара кэҥээбитэ, күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннаах этэ.

Сибиир киэҥ иэнин тухары үөрэнэ сылдьар ыччат сырдык ыра санааларын туох да кистэлэ, хос санаата суох үллэстэр сэһэннэрэ сонун, инники кэскили түстүүр ис хоһоонноох этилэр. Ону бигэргэтэн оһуохай дэгэрэҥ тыллара ил-эйэ эҥээрдээх, билсии-көрсүү тулааһыннаах, үөрэҕи, үлэни өрө анньар күүрүүлээх, дойдуга тиийэн дьол-соргу тэнийэр аныгы олоҕун тэрийэр туһунан буолбуттара. Ордук үчүгэй түһүлгэлэр сунтаардар тойуктарын тула кэҥээбитэ. Бүлүү эҥээр ыччат дьон өбүгэ үгэһин умна иликтэрин илэ бааччы көрдөрбүттэрэ. Оттон илин эҥэртэн биир да оҕо оһуохайга холонон көрбөтөҕө.

Бэриэт ыһыахтан эрдэ соҕус төннөр, лабораториятыгар киирэн биир тобула сатыыр боппуруоһун бэрийэр, бэрээдэктээн кумааҕыга киллэрэр санаалаах этэ. Ол эрээри кини Сардаананы көрсөн, билсиһэн тардыллыбыта, анарааҥы дьыаланы олох да умнан кэбиспитэ. Кыыс тас көрүҥэ, сымнаҕас, сылаас майгыта, килбик эрээри ис-тиҥ мичээрэ барыта уол санаатын хоту этэ. Кини маннык кыыһы көрдүү, кэтэһэ сылдьыбытын бүгүн билиммитэ.

Кинилэр Петялаах уопсайдарыгар тиийэн бэйэлэрэ, онно баар сквергэ балайда олорбуттара, кэпсэппиттэрэ.

– Олус үчүгэйдик сырыттыбыт дии, – Сардаана ыйытар харахтара эппиэти күүтэллэрэ чахчы этэ.

– Мин тус бэйэм олус астынным, – Бэриэт утары көрбүтэ. – Ордук эйигин кытта билсибиппиттэн, – диэбитэ уонна кыыс илиитин ылан бобо туппута. Сардаана илиитин сулбу тарпатаҕа, онтон эр ылан, үөрэн буолуо: – Сардаана, мин дьиҥинэн эрдэ төннүөх буолбутум ээ, кыра үлэ баара, – диэн билиммитэ.

Кыыс быһа түһэн ыйыта охсубута:

– Оттон тоҕо төннүбэтиҥ?

– Оттон эйиигин көрсөн, кэпсэтэн, – кини бобо тутан олорор илиини ибигирэтэн ылбыта. – Дойдуҥ Амма туһунан кэпсээҥҥин сөбүлээн, эйигин кытта бииргэ сылдьарбын биһирээн умнан кэбиспиппин дии.

– Оо, дьэ, мөҕүллэриҥ буолуо, – кыыс туох эрэ буруйу оҥорбут киһи курдук икки ытыһынан иэдэстэрин бобо харбаммыта.

– Эс, туох да мөҕүллүү суох. Бэйэм оннук үлэлээччибин, өрөбүл күннэргэ. Хата үөрдүм ону умнубуппуттан, эйигин кытта күнү быһа бииргэ сылдьыбыппыттан, – Бэриэт үөрбүтэ чахчы этэ.

– Ээ, чэ бэрт, – мөҕүллүү буолбатын сэҥээрбит курдук буолбута гынан баран Сардаана, дьиҥинэн, Бэриэт кинилиин сылдьыбытыттан эмиэ үөрбүтэ.

Кини бу Бэриэт диэн муокас баҕайы ааттаах уолу күн бүтүүтэ олус сөбүлээбитэ, «бастакы көрүүттэн таптал» диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ дуу диэх курдук санаа биллибитэ. Уол туһунан билиэн-көрүөн баҕарар санаата батарбакка ыйыппыта:

– Бэриэт, эн тоҕо маннык муокас баҕайы ааттааххыный?

– Дьэ, ити бэйэтэ туспа сэһэн. Өбүгэбитигэр итинник ааттаах баар эбит. Ону өйдөөн аҕам иҥэрбит, ийэм утарсан көрбүтэ үһү.

– Бэриэттээн иһэри урутаан билэр-көрөр киһинэн ааҕааччылар дии. Дьиҥинэн бэрт аат эбит ээ, Бэриэт, – кыыс сэҥээрбитин биллэрбитэ.

– Ити ааппын үлэбэр уолаттарым Вперед диэн уларыппыттара, аны кэлин наар инньэ диэн ааттыыр буоллулар.

– Хайа-а, наһаа сөпкө, бэркэ тылбаастаабыттар буолбаат, – Сардаана өрө көтө түспүтэ, бэрт истиҥник күлэн чачыгыраабыта. – Наһаа үчүгэй аат дии, Вперед! – кыыс тойон эрбэҕин чочоҥноппута. – Вперед, Вперед, – дии-дии, ойон турбута, икки илиитин халлаан диэки өрө ууммута.

– Сардаана, аргыый! Кэл бэттэх, – Бэриэт кыыһы илиититтэн харбаан ылбыта, бэйэтигэр тардыбыта, кууһан ылбыта, кулгааҕар сибигинэйбитэ. – Уоскуй. Баһыыба, үтүө баҕа санааҥ иһин! Наһаа үөрдүҥ дуо?

Кыыс уолга куустаран хайдах эрэ уоскуйан, налыйан хаалбыта. Бэриэт кыыс иһирэх тылларыттан үөрбүтэ чуолкай этэ. Оттон ол үөрүү кыыс дууһатыгар туох эрэ саҥа сүүрээни биллэрбитэ, эбии күүһү укпут курдук буолбута.

– Үөрдүм ээ. Олус интэриэһинэй, дьикти – Бэриэт уонна Вперед. Олус сөп түбэһэллэр, барсаллар.

Кыыс куустарыыттан босхолонон уолу илиититтэн оргууй тутан туран:

– Туохха барытыгар вперед буоллаҕыҥ дии! – диэбитэ.

Кыыс ити тылларын кытта уолтан тэйэ хаампыта, кинини үөһэттэн аллара, алларааттан үөһээ үөрэтэрдии, таптыырдыы имэрийэ көрөн балачча турбута. Бэриэт он-но эмиэ сөпсөһөн буолуо, кыыһы одуулуу, хас биирдии хамсаныытын кэтээн көрөрө.

– Чэ, мин барыым, Бэриэт. Мин эйигин кытта билсибиппиттэн үөрэбин. Бүтэһик көрсүһүүбүт буолбатах ини?

– Мин эмиэ билсиһииттэн үөрдүм. Көрсүөхпүт, күн сарсын да тиийэн кэлэрим буолуо.

– Бэриэт, сарсын-өйүүн кэлимэ, сөп? – кыыс ааттаһа көрдөһөрдүү, уолу супту көрөн турбута. – Мин манна күүлэйдии буолбатах, атын улахан наадалаах буолан кэлбитим. Онон сүүрэрим-көтөрүм элбэх.

– Оччоҕо мин онно көмөлөһүүм. Биир күнү баҕас көҥүллэтиэххэ сөп. Куораты билэр киһи көмөтө наада буолуо дии…

– Бэриэт, суох, сатаммат, – кыыс саҥата кытаанах этэ. Туох эрэ бүччүм, бэйэтэ эрэ билэр дьыалата быһыылааҕа. – Эн миигин көрсүөн баҕарбат дии санаама. Баҕарабын, көрсүөхпүт, – онтон ордугу тугу да саҥарбакка эрэ уолга илиитин туттаран «Покаа» диэн оргууй сибигинэйээт, тэйэ хаама турбута. Уопсай ааныгар тиийэн эргиллибитэ, далбаатаабыта. Бэриэт илиитин өрө уунан бакааласпыта.

Кинилэр тыл тылларын ылынсан, өйдөһөн арахсыбыттара. Бэриэт кыыс эппит «туохха барытыгар вперед буоллаҕа» диэн тылларын сыымайдыыр дьарыгы булан ылбыта: «Тоҕо? Туох туһунан? Тугу эппитэ буолуой?»

Оттон кыыс бу уол баччааҥҥа диэри онно-манна аралдьыйбакка науканы эрэ өрө тута сылдьыбытын таба таайбыта. Бэриэт туох да омнуота суох дьоһуннаах, туруоруммут соругун ситиһэр киһи буоларын билбитэ. Онон буоллаҕа, кини сөбүлүү соруммут буоллаҕына кимиилээх буолуон сэрэйбитэ уонна кини оннугу баҕарарын билиммитэ. Онтон эмиэ да куттаныах курдуга эрээри, сүрэҕэ-быара, дууһата тоҕо эрэ холку этэ.

Сардаана кыһалҕа кыһайан бу куоракка баар буолбутуттан уонна аны күһүн үөрэххэ төннөн кэлэриттэн олус үөрбүтэ, бу аҕыйах күҥҥэ иннигэр күүтэр түбүгүн умнубута.

6

Сардаана уонна Бэриэт доҕордоһуулара таптал кутаатынан күөдьүйбүтэ.

Сыл буолаат ыал буолар туһунан сүбэни тобулбуттара. Онон Сардаана үөрэҕин кэнниттэн дойдулуур, Бэриэт уоппуска ылан Аммаҕа, кыыс дьонуттан көҥүл, алгыс ыла тиийэр буолбута.

Новосибирскай, Толмачево аэропорда. Күүтэр саалаҕа ыскамыайкаҕа Түбүктээхэп Бэриэт уол уонна Ксенофонтова Сардаана кыыс туох да саҥата суох ыбылы куустуһан баран олороллор.

– Бэриэт, уоппускаҕын хаһан биэриэх курдуктарый? – Сардаана сибигинэйэ соҕус ыйыппыта.

– От ыйыгар көрдөспүтүм, туох да диэн утарбатахтара. Биэрэллэр ини, – Бэриэт бэрт холкутук, эрэллээх куолаһынан хардарбыта.

– Табыллара буоллар, – кыыс хайдах эрэ саарбахтыыр курдук, симик баҕайытык ити тыллары ыһыктыбыта.

– Биэриэхтэрэ, Сардаана, – Бэриэт чинэччи туттан кыыс сирэйин одууласпыта, икки илиитинэн тібітүн күөйэ туппута, онтон уу сахалыы иэдэһиттэн сырылаччы сыллаан баран. – Саарбахтаама, Сардаана, барыта табыллыа, – диэн күлүм аллайыынан түмүктээбитэ.

– Бэрт буолуо этэ. Мин өөр да өр кэтэһэрим буолуо диэн куттанабын ээ, – кыыс төбөтүн Бэриэт санныгар ууран кэбиспитэ.

– Эн этэҥҥэ тиийэн дьоҥҥор көмөлөс, элбэх аста бэлэмнээ, кэтэс. От ыйын иккис аҥаарыгар мин бу баар буола түһүөм. Оттуохпут-мастыахпыт, сир астыахпыт.

– Сөп, Бэриэт! – кини доҕорун ыбылы кууһан ылбыта.

Дьокуускайдыыр рейскэ регистрацияны биллэрбиттэрэ.

Бэриэт Сардаанатын уураан, иэдэһиттэн, сүүһүттэн сырылаччы сыллаан, алгыс тыллары этэн атаарбыта.

Ыал буолар киһиэхэ уоппусканы үөрэ-көтө, үтүөнү эрэ баҕаран туран биэрбиттэрэ. Ол эрээри кэтэх санаа син биир баара. Бэриэти көмөлөһүннэрэр, сүбэлэтэр баҕалаах элбэҕэ. Ол дьон кинини ханна да ыытыахтарын, мүччү тутуохтарын баҕарбаттара. Онон уоппускаҕа диэ-ри өрүсүһүү, үөмэхтэһии балачча этэ. Бэриэт даҕаны ону таба өйдөөн буолуо, күнү-дьылы аахсыбакка туран, үлэҕэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Соруктаах үлэни түргэтэтэр, улгумнук тобулары күөттүүр, бириэмэни ыксатар күүһүнэн кини Сардааната этэ.

От ыйын 17 күнүгэр киэһэ Бэриэт Дьокуускай куораты булбута. Кини аймахтарыгар хоммута. Аммалыырын эппитэ буолан баран, тоҕотун быһаарбатаҕа.

Нөҥүө күнүгэр сарсыардаттан маҕаһыыннары кэрийэн кэһии хомуйсубута. Сардаана ийэлээх аҕатыгар эр-биир обургу ыстакааннары ылбыта. Бэртээхэй бэлэҕи толкуйдаатым диэн астынан, аны онно туох эрэ диэн суруктаах буолуохтаах диэн универмакка баар гравировка киоскатыгар тиийбитэ. Иһиттэрин хостоон эргим-ургум көрө туран: «Бээрэ, ол мин туох диэн, киммин диэн сурук-бичик түһэрэбин?» – диэн улаханнык мунаарбыта. «Күтүөттэн» диэн олох сатала суох (буола илик буоллаҕа дии), «Бэриэттэн» диэҕи, ол эмиэ киммитий диэн буолуоҕа диэн сыымайдаан баран, суруллара табыллыбат эбит диэн түмүккэ кэлэн ыстакааннарын төттөрү суулаан суумкатыгар уктан кэбиспитэ.

Дьиэ кэргэҥҥэ диэн ааттаан истиэнэ чаһытын ылбыта. Онно эмиэ туох да суругу түһэрбэтэҕэ. Оттон Сардаанатыгар сибэкки букета ылан кичэйэн суулаппыта.

Күтүөттүү барар киһи быһыытынан маанытык таҥнан, хаалтыһын иилинэн балачча улахан бартыбыалын, көстүбэт гына сууламмыт чаһытын сиэккэҕэ уган, сибэккитин букетын чөмчөччү тутан өрүһү теплоходунан туораан Аллараа Бэстээх автовокзалыгар кэлэн автобус ыйыталаспыта. Автобус барбыт, аны сарсын эрэ барар диэн буолбута.

Атын массыыналар сырыылара баар ини диэн Бэриэт остолобуой таһыгар турар массыыналартан Амма диэки барааччылары ыйыталаспыта.

Кэнтиэйнэрдэри тиэммит Камаз массыынаҕа кэлэн табахтыы олорор нуучча суоппардартан:

– Мужики, может, вы в Амгу? – диэн ыйыппыта.

– Да, в ту сторону и едем. В чем дело?

– Мне срочно в Амгу надо, – кини ити тылларын кытта тэҥҥэ тута сылдьар малларын «бу көрүҥ» диэх айылаах өрүтэ көтөхпөхтөөбүтэ. – Проезд оплачу, – диэн эбэн биэрбитэ.

– Ну, давай, залезай. Почему бы не помочь доброму человеку.

Бэриэт бэркэ табылынным диэн үөрэн массыынаҕа киирбитин кэннин диэки утуйар миэстэҕэ утаарбыттара. Итиннэ сынньаныахха сөп диэн көҥүл биэрбиттэрэ.

Сотору айан саҕаламмыта. Суол бэртээхэй эбит, асфальт. Онтукабыт соччо уһаабакка бүттэ буолан баран таас суоллара да киһи улаханнык сирбэт суола. Манна тыа сиригэр маннык суол диэн ырыа буоллаҕа дии. Оо, мин дойдум суола «барахсаны» оттон суол диэн ааттыырга тиийэбит, онтон атыммыт суох.

Сырыылаах суол эбит. Кэлэр, барар массыыналар элбэхтэр. Үксэ таһаҕас тиэммиттэр. Суол бэйэтэ даҕаны киэҥэ-куоҥа сүрдээх. Айылҕата да эриэккэс: суолу быһа түһэр үрэхтэр, үрүччэлэр дэлэйдэр, муосталаммыттара сырыыны сыыдамсытара чуолкай, киириилэр, тахсыылар да балайда уһуннар эбит, мас-от, үүнээйи арааһа барыта солбуйсар. Саҥа көрөр киһиэхэ кэрэ, дьикти көстүүлэр биир-биир солбуйсан иһэллэр. Айанныырга сэргэх дойду эбит…

Амма төһө ыраах эбитэ буолла диэн Бэриэт кэтэһэ испитэ. Син балайда айаннаатылар, халлаан хараҥарда. Сотору дьоно тохтоон, аһаан баран утуйар буоллулар. Дьонун кытта үөрэ-көтө аһаста, кэпсэттэ-ипсэттэ. Аммаҕа тиийэллэрэ төһө хаалбытын чуолкайдаспыта, билигин да балачча баар эбит. Бэриэт хайдах эрэ атыҥырыах санаата биллэн барбытын хам баттаан кэбиспитэ уонна тахсан инники сидиэнньэҕэ олорон утуйан хаалбыта.

Кэргэн кэпсэтэ баран иһэр киһи сүрэҕэ тэбэрэ кэмнээх буолуо дуо, халлаан сырдыыта уһуктубута. Кини бу оло-рон хайдах эрэ ыраах баҕайы айаннаабытын, дьэ, дьиҥнээхтик атыҥыраабыта, «маннык ыраах буолуо суохтаах» диэн санаа мускуйан барбыта. Сардаана аҕыйах чаас айанныыр гына эппитэ ээ. Солобуодаҕа тиийдэххэ кини дэриэбинэтэ кэккэлэһэ турар гына ахтара.

Солобуода… Солобуода? Бээрэ, Сардаана ханнык Солобуоданы эттэҕэй? Амма Солобуодата диирэ ээ. Оччоҕо мин ханнык Аммаҕа баран иһэбиний, бу? Атын Амма диэн эмиэ баара буолуо дуо? Солобуодата суох Амма? Оннук буолуон сөп эбит. Кини харааччы булкуллан хаалбыта…

Суоппардар сотору уһуктубуттара, өрө баллыгыраһа түспүттэрэ, өндөҥнөһөн туран кэлбиттэрэ.

– Атастаар, мин бу күтүөт киһи хайа Аммаҕа баран иһэбиний? Слобода диэн Амма баар дуо? – Бэриэт хабаҕырбыт суоппардар таһырдьаны былдьаһар кэмнэригэр ыксаабыт куолаһынан ыйыппыта.

– Оо, дорогой, олох да атын хайысханы туппуккун. Пахай, сатамматаххын! Биһиги Ґіһээ Аммаҕа баран иһэбит ээ, – аллара ыстанан түспүт дьон ыстааннарын тимэҕин ситэ сүөрбэккэ, чэпчэтинэллэрин да умнан күлсэн тоҕо барбыттара.

– Ол Ґіһээ Аммабыт диэн хайа диэки баарый?!

– Эн хантан сылдьар, хантан кэлбит сахаҕыный? Слобода Амматын билбэт саха баар эбит дуу?! – күлэллэрин тохтотон улаханнык соһуйбуттара.

Тугу эрэ баллыгыраһа туран чэпчэтинэн, дьэ, уоскуйан сүбэ-ама тобула сатаабыттара.

Конец ознакомительного фрагмента.

Текст предоставлен ООО «ЛитРес».

Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.

Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.

Конец ознакомительного фрагмента
Купить и скачать всю книгу
На страницу:
2 из 2