Полная версия
Көһөрүллүү
– Туох буоллуҥ, тоойуом, – диэт, ойон турдулар.
Күннэйдэрэ ытыырын быыһыгар арбайбыт баттаҕын көннөрүнэ сатаата.
– Холорук. Этиҥнээх холорук! – дии-дии ытыырын туттуна сатаата. Ити бириэмэҕэ Туллук сүүрэн киирдэ.
– Күннэй, ытаама, бу холорук көтүппүтүн төттөрү былдьаатым ээ. Мэ, чэ ытаама, – дии-дии Күннэй туос ынаҕын чочоҥнотто. Өрүүнэлээх Күөрэгэй оҕолору, буордарын-сыыстарын тэбэтэлээн, арыычча уоскуттулар.
Өрүүнэ туох эрэ куһаҕан бит буолаары гыммытын сэрэйэн:
– Кэбис, арах-арах, – диэн ботугуруу-ботугуруу өһөн эрэр оһоҕун чоҕун булкуйбахтаан күөдьүттэ. Онтон лэппиэскэттэн ойо тутан оһоҕун аһатта. Ол турдаҕына, ааннара аһыллан хаачыгыраата. Бары соһуйбуттуу ол диэки көрө түстүлэр. Дьиэҕэ Өрүүнэлээх ыаллара эмээхсин киирэн кэлбитэ уонна таҥаһын тэбэнэ-тэбэнэ, аан аттынааҕы олох маска олорунан кэбиспитэ. Арбы-сарбы буолбут көрүҥнээҕэ, онтон көхсүн этитэн баран:
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.