bannerbanner
Кэм кэрэһиттэрэ
Кэм кэрэһиттэрэ

Полная версия

Кэм кэрэһиттэрэ

Язык: Русский
Год издания: 2021
Добавлена:
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 6

Төрдүс ирдэбил тас эйгэ уларыйыытыгар киһи ис кыаҕа дьүөрэлэһиитигэр туруоруллар. Ол эбэтэр аныгы кэм тэтимэ олус күүскэ уларыйда, киирбит-тахсыбыт, турбут-олорбут, иилэ хабан ылан туттан-хаптан иһэр киһи ситиһиилээх буолар үйэтэ үөскээтэ. Былыргы курдук сыта-тура толкуйдаан, араастаан эридьиэстээн, атах тэпсэн олорон быһаарсар кэм ааста. Онуоха дьүөрэлээх ээл-дээл, муҥкук, сыылба сырыылаах, бытаан айаннаах майгы эмиэ хааларыгар тиийэр. Түргэн-тарҕан туттуулаах, элбэх дьарыгы тэҥҥэ тутар, үгүс киһини кытта алтыһар, улаҕа санаатын булкуттарбат ис чиҥнээх киһи табыллар бириэмэтэ буолла. Онуоха дьүөрэлээн аныгы саха оҕото хамсаныыта, өйдүүр-толкуйдуур тэтимэ быдан түргэтээбитин психологтар бэлиэтииллэр.

Маны сэргэ аныгы тэтимнээх, күрэс былдьаһыылаах олох киһи эт-хаан өттүнэн чиргэл буоларыгар кытаанах ирдэбиллэри туруорар. Араҥ киһи соһуллан хаалар. Онон сайдыылаах диэн ааттанар государстволарга оҕону кыра эрдэҕиттэн чиргэл буоларыгар, эдэр ыччат спордунан күүскэ дьарыктанарыгар ураты болҕомтону уураллар, куһаҕан дьаллыктартан харыстыыллар. Оттон күөн көрсүөхтэрэ, былдьаһыахтара-атахтаһыахтара диэбит омуктарын ыччаттарын куһаҕан дьаллыкка сутуйа сатыыллар, быртах дьарыктарга сыһыараллар. Ол курдук, биһиэхэ, Россияҕа да, Саха сиригэр да, көлүөнэни көлүөнэнэн араҥ, содур, бэйэни кыайан салайынар кыаҕа суох турукка киллэрэргэ бу сүүрбэ сылга күүскэ туруммуттара. Онуоха киин былааспыт таах олорон биэрбитин түмүгэр ол ыччаппыт кэскилигэр ыар содулланна. Билигин төрөппүттэр, дьон саҥа өйдөнөн, пиибэ, арыгы, наркотик, проституция, криминал, араас быдьар быһыы тас көстүүтүн харах халтарыйар угаайытыттан дьэ босхолонуох, утарсыах курдук буолан эрэллэр. Ыччаты ыччат угуйар. Онон дьоһун сиэрдээх-майгылаах, туруулаһар кыахтаах ыччат дьону өрө тутан, биһирэмнээх холобур буолалларын ситиһэр сорук турда.

Бэһис ирдэбил олоҕу анаарар көрүү уларыйыытыгар сытар. Ол эбэтэр киһи олоҕо диэн киҥкиниир киэҥ куйаар эйгэтиттэн ситим тарпыт кут сайдыыта буолар диэн төрүт өйбүтүн-билиибитин саҥалыы сайыннарыы. Материалистыы мас курдук судургутук олоҕу анаарыы түмүгэр киһи олоҕун ураты кистэлэҥ анала суураллар, суолтата намтыыр, бэйэни салайынар кыаҕа кыаһыланар. Оттон төрүт сахалыы өйдөбүллэринэн ырыттахха, киһи ис кыаҕа – бараммат күндү барҕа. Ону тута сылдьар буолан саха ыччата барытыгар дьоҕурдаах, атын омуктар ыччаттарыгар күөнүн түһэн биэрбэт. Оннук күүһүгэр күүһү, кыаҕар кыаҕы, эрчимигэр эрчими эбинэр буолан, саха ыччата оччугуйтан да улаханы үөскэтэр, таһаарар кэскиллээх. Онон «кыра-хара омукпут» диэн бэйэни сэнэнииттэн тардыныахха, ыччаппыт кэскилин таҥнарымыахха. Суорун Омоллоон саханы «куттас омук» диэн эппит да буоллаҕына, кини, арааһа, төрүт кыаҕын батталга киэптэтэн, хас репрессия аайы көҕүрээн, алааһыгар бүгэн ордубут дьонун аһынан эппитэ буолуо. Куттас, кутуйах хороонун кэҥэтэр омук маннык үс мөлүйүөн квадратнай километр тухары тайаан сытар сири иччилээн, олох-дьаһах тэринэн иитиллэн олоруо суох этэ. Биһиги курдук ахсааннаах уонна онуоха дьүөрэтэ суох киэҥ сирдээх омук бүтүн аан дойду үрдүнэн суох. Айылҕата тыйыһын этэ да барыллыбат. Онон сиҥнэриилээх, сэнээһиннээх сыһыаҥҥа киирэн биэрэр ончу сатаммат. Хата, төттөрүтүн, дьэ эбии сэтэрэн, дьэ эбии кэҥээн кимиилээхтик киирсэн иһиллиэхтээх. Ол курдук саха интеллигенцията быыһык кэмнэргэ туруорсуулаах буолара. Бу кинигэ эмиэ ол кэрэһитинэн буолар.

Алтыс ирдэбил Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын тутуһуу күрэҕэр көстөр. Ол эбэтэр омук быһыытынан бэйэ бодотун, аналын тутуһар кыахпытын тургутуу. Этиллибитин курдук, аһаҕас эйгэҕэ тарҕанан хаалыахха сөп, олорор сирбитигэр элбэх дьон ааҥнаан кэлиэхтэрин сөп, иинэҕэс, муҥкук ыччаттанан кэрэгэй кэскиллэниэххэ сөп. Бу барыта Одун хаан оҥоһуутун, Чыҥыс хаан ыйааҕын ситэри өйдөөбөккө таҥнарбыт содулугар арыллар өлүү маҥалайдара. Киһи аймах күн сирин дьоллоох иччитэ буолан айыллыбыт аналлаах. Ол тэҥэ саха омукка ананыллыбыт кыталыктаах кырдаллардаах хотугу дойду туругун туһугар сахалар үрдүк эппиэтинэһи сүгэллэр. Ол да иһин айылҕа харыстабылын дьаныһан туруулаһабыт, саамай ыалдьар, сомоҕолоһор чопчубут онно иитиллэр. Айылҕа чөл туругуттан сиэттэрэн олохпут уйгута, дьылҕабыт оҥоһуута түҥрэх тэбэр. Онон суверенитет диэн угуйуулаах көҥүл туруга айылҕаны харыстааһынтан саҕаламмыта уонна кииннэммитэ. Иитиллэр ийэ эйгэбитин таҥнарбатахпытына, Иэйэхсиппит кэлэйиэ суоҕа, Айыыһыппыт арчылыы сылдьыа. Оччоҕо кэхтии, иинии ыар тыына биһигини тумнуо. Айылҕа тыынынан тыыннанан хас биирдиибит үйэтэ уһуо, омук кэскилэ кэтириэ.

Сэттис ирдэбил – баһылыыр былаас уларыйыыларыгар туруулаһыы. Киһи аймах историятын анааран көрдөххө, төһөлөөх элбэх государстволар үөскээбиттэрэй уонна сууллубуттарай? Оттон кыахтаах омуктар саҥа хаан эбинэн, ааттарын салгыы салайан, өссө күүһүрэн иһэр буолар эбиттэр. Саха да саха ааттаммыта түҥ былыргыттан. Хаста да дьүһүн кубулуйан, олох стратегиятын уларытан, бу сүүрбэ биирис үйэҕэ үктэннэхпит уонна салгыы сайдыы стратегиятын тобулабыт. Билигин Россия учуонайдара саханы пассионарнай омук диэн билинэллэр. Саха стратегиятын биир уратытынан баһылыыр былааска сыстан, онтон кыах ыларга дьулуһуу буолар. Онтон сибикилээтэххэ, былаас да, государство да араастык уларыйдахтарына, саҥа кыах үөскүүрүгэр эрэл баар. Хаһан баҕарар араас уларыйыыларга омук чөмчөкөлөрө үс аҥыы хайдаллар: уруккуну тутуһааччылар, уруккуну утарсааччылар уонна орто сүүрүгү тутуһааччылар. Саха ортону ордорор, ол сүнньүн була сатыыр мөккүөр күрэҕэр сыыһа-халты да туттунуон сөп. Баһылыыр, тастан соҥноммут былааска төрөлөммүт оҕус курдук сиэтиллэр майгы-сигили биһиэхэ олохсуйбатах. Ол да иһин ис көҥүллээх буолан, баччалаах киэҥ, тыйыс сиргэ тарҕанан, туспа буруо таһааран ураты омук аатын ылан олордохпут. Оттон кэлэн иһэр далааһыннаах уларыйыыларга быыһык кэмҥэ мунньуммут уопуппутун ымпыктаан-чымпыктаан ырытан, сыыһатын-халтытын ылҕаан, туруулаһар ньымалары чопчулуох тустаахпыт. Оннук сыалы-соругу туруоран, бу кинигэни кэлэр кэрдиис көлүөнэ ыччатыгар уунабыт.

Кэнэҕэһин-кэнэҕэс киһи аймах омугунан буолбакка, өй-санаа, майгы-сигили кылааннаахтарынан салайтарар кэмнэрэ үүнүөҕэ. Оччоҕо эрэ сирдээҕи олох силигилиир кыахтаныаҕа. Онно дьоһуннаах дуоһунастарга, иилиир-саҕалыыр түмүк быһаарыылары ылынар тэриллиилэргэ саха ыччата күөнүнэн кыттарыгар эрэллээхпин. Тоҕо диэтэххэ, биһиги курдук айылҕа эриирдээх ирдэбилин этигэр-хааныгар иҥэрэн, эйэҕэс, сайаҕас, ньыгыл уйулҕаламмыт омук суох. Биһиги курдук көҥүл туһа диэн тоҥортон-хатартан толлубатах омук суох. Биһиги курдук аһаҕас киэҥҥэ тардыһар, аан дойду таһымынан үтүөнү, сырдыгы, кэрэни ыраланар омук суох. Биһиги курдук быста-быста салҕанарга үөрүйэх буолбут, баһылыыр омуктар быыстарыгар бэйэ бодотун үйэлэри курдаттаан ыһыктыбатах омук суох. Биһиги курдук Киэҥ Куйаар таҥаратыгар сүгүрүйэр, айылҕаҕа дьүөрэлээх киһи аймах киһилии майгытын үөскэппит итэҕэлин таҥнарбатах омук суох. Онон биһиги ис турукпут ыраас, аньыы, сэт-сэлээн мунньуллубатах, ол аата айылҕаттан да, киһи аймахтан да иэстэбил төрүөтэ суох. Хата киһи аймах алгыстаах үтүөнү күүтэр эрэл санаата тус хоту туһаайыллар. Ол аата, биһиэхэ, сахаларга, хотугу дойду хоһуун, дьоһун олохтоохторугар.

Өбүгэ үгэһинэн, өлбөт сүбэни омук бэйэтэ эрэ ситиһэр. Туораттан кэлэн абыраабыт, өрө тардыбыт суох. Арҕааттан-соҕурууттан үрэр хахсаат тыал астар туһа биллибэт. Онон хотугу муора хонноҕор хорҕойбут саха омук дьылҕата былыргыттан быйылгыга да, кэнэҕэски да өттүгэр иитэн таһаарбыт сайдам саҥа көлүөнэтиттэн, үүнэр ыччатыттан тутулуктаах. Иитиллибит – иэстээх.

У.А. Винокурова,

«Көлүөнэ ситимэ быстыбатын,

утум быстыбатын туһугар» кинигэ (2009)

киирии тылыттан

САХА НЬУРГУНА ДЬӨГҮӨР СУРКУОП

Туругу, соругу атыннык көрүөҕүҥ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүс сылын кэрдииһэ бүттүүн дойду уустук үйэтин – үксэ будулҕаннаах, атааннаһыылаах, алдьатыылаах Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриилээх, ол кэннэ үөһээ өксөйүүлээх, онтон былаас эстиилээх, таҥнары түһүүлээх, кэлиҥҥи кэмҥэ саҥаттан өнүйэ сатааһыннаах иннэ-кэннэ биллибэт кэмигэр түбэстэ.

Бу билиҥҥи кэм уратыта – Арассыыйабыт инники көрүүтэ чопчута суох, сайдыы суолугар киирбиппит көстүбэт. Ол да буоллар, Сахабыт Сиригэр өрөспүүбүлүкэлээх омук хайаан да кэскили көрүүлээх, сыаллаах-соруктаах буоларбыт эрэйиллэр.

Баар балаһыанньаны анааран, кыһалҕаны ааҕар-суоттуур хараҕынан көрөн, сүбэни түмэн, уопсай өйдөбүл үөскэттэхпитинэ – иннибит диэки эрэллээхтик хамсаныахпыт.

Салгыы тус бэйэм санаабын, толкуйдаан таһаарбыт тобулбун дьон-сэргэ болҕомтотугар туһаайабын.

Сир баайын хостооһунугар – харыстабыллаах сыһыаны

Саха сиригэр сир баайын хостооччулар тулалыыр айылҕаҕа хоромньута, олохтоохторго охсуута суох үлэлиэхтээхтэр. Биһиэхэ үлэлиир аан дойдуттан капитал кыттыгастаах корпорациялартан холбоһуктаах омуктар ылыммыт экологияҕа стандартарын тутуһан үлэлииллэрин ирдиир кэммит кэллэ.

Бүлүү уутун киртийиитэ, Саха сирин арҕаа өттүн экологията аан дойдуга бөдөҥнөрүнэн биллэр аламаас уонна нефть-газ корпорацияларын айылҕаҕа сыһыаннарыттан тутулуктаах. Кинилэр уонна чох корпорацията, кыһыл, үрүҥ көмүһү, сурьманы, тимир тааһын хостуур улахан хампаанньалар бары цивилизациялаах дойдулар таһымнарынан экология ирдэбилин тутуһууга ыраас барыыстарыттан уон бырыһыан кэриҥин, онтон да үрдүгү туһаайыах тустаахтар.

Олохтоох былаас, эко-актыбыыстар уонна уопсастыбанньыктар өйдөөхтүк уонна сатабыллаахтык иннилэригэр тирээн турар соругунан экология нуормаларын уонна сир баайын хостооһуҥҥа харыстабыллаах сыһыан ирдэбилин туруорсаллара сөптөөх.

Хотугу сир экономикатын саҥа көрүҥэ үөскүөхтээх

Биһиги Сахабыт сирин уратыта – аан дойдуга бөдөҥүнэн биллэр алмаас, нефть, газ, чох корпорациялара баар да буоллаллар, бу көмүс хостооһуна өрө көппөс гыммыт кэмэ да кэллэр, бэйэтэ олохтоох бырамыысыланнаһа суох кэриэтэ олороругар буолар. Олохтоох бырамыысыланнас бүтүн министиэристибэтэ баар буола сылдьыбыт сэбиэскэй кэмин санаан кэлэр тоҕоостоох буолла.

Урбааны кэҥэтэри уонна саҥа оҥорон таһаарыыны үөскэтэри көҕүлүүр дьаһаллар ситэ көдьүүһэ суохтар. Тутуу индустрията көрдөрөн туран мөлтөөтө. Алдан, оннооҕор Нерюнгри олохтоох оҥорон таһаарар тэрилтэлэрэ ситэ кыаҕыран испэттэр. АЛРОСА салайар аппараата Мирнэйтэн Новосибирскайга дьиҥэ, сөбө суохтук көһөрүллүөҕүттэн Мирнэй, Удачнай, Айхал куораттар алмаас корпорациятыгар үлэлээбэт атын олохтоохторо быраҕыллан хааллылар. Киин куораппытыгар – Дьокуускайга үүнэн иһэр үлэһит ыччат бэйэтин дохуот киллэринэр дьарыгын тэринэрин көҕүлүүр толкуйдары тобулуохтаахпыт. Ону тобулан үлэ миэстэтин, саҥа дохуоттаах дьарык көрүҥнэрин элбиирин ситиһиллиэхтээх.

Олохтоох бырамыысыланнас, урбаан, бэйэ оҥорон таһаарыыта кыаҕын ыларыгар усулуобуйа, өйөбүл суоҕун тэҥэ.

Сир баайын хостуур улахан хампаанньалар оҥорон таһаарыылара кэҥээн, барыыстара быдан бөдөҥөөн иһэр. Ону тэҥэ кинилэр салалталара олохтоох дьонтон тэйэн иһэр.

Төһө да саҥа бас билээччилээх, саҥа салалталаах буолбуттарын иһин, хас биирдии бөдөҥ корпорациялары, улахан хампаанньалары Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр сирэйдэринэн хайыһыннарар сыалы-соругу туруорунуоҕуҥ.

Биһиги сирбитигэр аҥардас АЛРОСА эрэ баар буолбатах. «Транснефть», «Газпром», «Сургутнефтегаз» курдук аан дойду ырыынагар тарбахха баттанааччылар эмиэ бааллар. Чоҕу хостооччулар эмиэ аан дойдуга тахсыылаахтар. Күндү тааһы, көмүһү хостооччулар сэбиэскэй кэмнээҕи көрдөрүүнү аһардылар, барыстара баһаам – көмөлөһөр иэстээхтэр. Бары Саха сирин сайдыытыгар кыттыһар кыахтаахтар.

Бүттүүн Арассыыйа Төрүт Сокуонугар баар «Сир итиэннэ сир баайа туһааннаах төрүт омуктар олохторун-дьаһахтарын тупсарарга тирэх быһыытынан туттуллуохтаах» диэн сүрүн балаһыанньа үлэлиэх тустаах.

Онно биһиги былааспыт кыһалларын, уопсастыбаннас кыттыһарын, ирдиирин эрэйэр кэм үөскээтэ.

Тыа сирэ – омукпут дьылҕата

Саха дьонун уонна хотугу омуктар төрүт дьарыктарын, өбүгэ сиригэр бырааппытын көрөр, бултааһын уонна балыктааһын туһунан сокуоннары өйөөһүн уонна анал программалар күүһүрэллэрин ситиһэр сорук турар.

Бу хайысхаҕа судаарыстыба бэлиитикэтин саҥардыыга ураты суолтаны орто саастаах дьону, өбүгэлэрин уонна төрөппүттэрин дьарыгын салгыыр эдэр ыаллары, ынах, сылгы, таба иитэр дьону өйөөһүҥҥэ ууруллуохтаах.

Үүнэн иһэр үлэһит ыччат өбүгэтин сирин-уотун харыстаан илдьэ хаалыахтаах, тыа хаһаайыстыбатынан уонна булдунан дьарыктанар учаастагы, нэһилиэстибэ быһыытынан кэлэр сири бэйэтин өйүн-сүрэҕин ууран туран баһылыырга дьулуһуохтаах. Саха сирин үрдүнэн сиртэн уонна ойууртан, ол иһигэр сир баайдаах хайалартан быһа астаран ыларга бэриллибит кыаҕы тахсан иһэр көлүөнэ туһаныах тустаах.

Аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр олоҕу-дьаһаҕы тэринэр уонна тыа сиригэр сайдыыны аҕалар туһуттан дьоҕус тэрилтэлэри, олохтоох тутуу индустриятын базаларын тэрийэр сөптөөх (бэйэтигэр бетону уонна бетон блоктары оҥорон таһаарар тэриллээх; бытарытар уонна араарар тэриллээх кумах уонна щебень таас ылар карьердаах). Оччоҕо улахан кыамталаах массыыналаах олохтоох дьоҥҥо эбии үлэ үөскүөҕэ. Бу саас-сайын эмискэ тутуу матырыйаалыгар, бурууска, эрбэммит маска сыана икки төгүл, онтон тахса үрдээн, саҥа дьиэ тутуутун ороскуота аһара барда. Кэтэх ыал дьиэтин бурууһун маһынан тутуохтааҕар, таастан туттара ордук чэпчэки буолан эрэр.

Чугас, тэйиччи даҕаны баар хайабыт тааһын таҥастаан таһаарар технологияны баһылыыр кэскиллээҕин өйдүөҕүҥ, хамсаныаҕыҥ. Манна Алдан эҥэр үөскээн, тахсан сытар диопсид уонна дунит боруодалары, улуустарга баар атын таастары туһаҕа таһааран, үйэлээх, сылааһы үчүгэйдик тутар тутуу матырыйаалларын бэйэбит оҥорору ситиһиэҕиҥ.

Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсары ситиһиэххэ

Биһиги сайдыылаах олох таһымыттан (цивилизацияттан) хаалан иһэрбитин кыбыстыбакка эрэ билинэр кэммит кэллэ. Дьокуускай куорат 17-с кыбаарталыгар онон-манан туалеттар таһырдьа тураллара – цивилизация биһиэхэ суоҕун көрдөрөр.

Улуус кииннэригэр, дэриэбинэлэргэ төһө дьиэҕэ сылаас туалет суох да – оччонон цивилизация суох.

Икки этээстээх мас дьиэлэргэ электричество тардыытын туруга мөлтөҕүттэн баһаардар буолаллара цивилизация ирдэбилигэр сөп түбэспэт.

Киин куоракка уулусса кытыытынан ардах уутун аһарар канализация суоҕа аныгы кэм таһымыгар тахса иликпитин туоһулуур.

Уулусса аайы таас тротуардаах буолары итиэннэ бадараан, быыл куоракка, улуус кииннэригэр суох буоларын ситиһэр сорук туруохтаах.

Биһиги бу хаалыыбытын кистии-саба сылдьыбаппыт ордук. Баары баарынан аахсан, ааҕан-суоттаан онтон хайдах тахсары толкуйдуох-тобулуох тустаахпыт.

Цивилизация хаалынньаҥыттан тахсыы – билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Бу – былаас бары араҥатын иннигэр турар аныгы ирдэбил.

Куорат уонна улуустар бүддьүөттэрэ ааһан иһэр сыллааҕы ороскуоту толуйарга аналлаахтар. Кэскиллээх былааннар үбүлээһиннэрин манна көрдөрөр күчүмэҕэй, кыаллыбат тэҥэ.

Онон бу улахан кыһалҕаҕа сытыы болҕомтону тардан, дойду киин былааһын кыттыһыннаран, кинини кытта Дьокуускай уонна атын куораттар мас кыбаарталларын саҥардан тутуу федеральнай тус соруктаах программатын оҥорон-чочуйан олоххо киллэрэри ситиһиэххэ.

Республика 100 сылын кэрдиис кэмин кэннэ цивилизация хаалынньаҥыттан уон сыл иһинэн букатыннаахтык тахсар дьоһун соругу туруорунар сөптөөх.

Сайдыы суолун тутуһуу – быыһанар ньыма

Мин сайдыы туһунан толкуйдуоҕуҥ, сайдыы туһугар хамнаныаҕыҥ диэн ыҥырабын.

Сайдыы бэлиитикэтин бигэргэтэр, урбаан уонна производство саҥа көрүҥнэрэ үөскүүллэрин баҕарыаҕыҥ. Арассыыйа олохтоохторо бары судаарыстыба экономикаҕа уонна бырамыысалыннаска бэлиитикэтэ хаһан саҥа ис хоһооннонорун кэтэһэр.

Биһиги бары дойдубут сайдыы киэҥ суолугар эрэллээхтик киириэн итиэннэ саҥа технологияларга олоҕурбут олох-дьаһах, уопсастыба тутулугар көҥү көтөн тахсыан баҕарабыт. Саха сирин олохтоохторо оҥорон таһаарыы дьоҕус тэрилтэлэрин үөскэтиинэн уонна бэйэ дохуоттаах дьарыгын кэҥэтиинэн хайаан да дьарыктанарбыт ирдэнэр. Мин көрүүбэр, мантан салгыы кэмҥэ Саха сирин орто саастаах хас үһүс олохтооҕо, хас иккис эдэр киһитэ дохуот киллэрэр бэйэ дьарыгын булуммут, оҥостубут буолуохтаах.

Саҥа үйэ – саҥа технологиялары баһылааһын, онуоха олоҕурбут саҥаны оҥорон таһааран ырыынакка эргинии кэмэ. Саҥалыы көрүүлээх урбаанньыттар уонна көҥүл тыыннаах, дьоҕурдаах эдэр дьоммут хорсун санааларынан Саха сирэ Азиатскай-Тихоокеанскай ырыынакка тахсар ураты суолларын тобулуохтара диэн эрэнэбин. Онно Саха сирин минералларын уонна хайатын боруодаларын туһаҕа таһаарыы тирэх буолуоҕа. Холобур, уокка умайбат тутуу матырыйааллар уонна техническэй суолталаах бородууксуйалар.

Биһиги суол арахсыытыгар турабыт.

Эбэтэр иннибит диэки хардыылыыр бэйэбит ыллыктарбытын булан, киэҥ сайдар суолга тахсыахпыт, эбэтэр хаалынньаҥ буолуу уонна дьадайыы биһигини эһиэ.

Ийэ тыл, төрүт култуура – баар буолуубут мэктиэтэ

Дойдубут төрүт омуктарын тыллара уонна култууралара – биһиги Арассыыйабыт чэлгийэр тыына, харысхаллаах баайа буолар.

Кинилэри барыбыт бүттүүммүт баайын быһыытынан харыстааһын, сайыннарыы уонна омуктар култуураларын дьүөрэлэһиннэрии – норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһүүлэрин уонна Арассыыйа биир сомоҕо буолуутун мэктиэтэ диибин.

Биһиги 2009 с. «Үөрэҕирии туһунан» федеральнай сокуоҥҥа киирбит уларыйыылар содулларын умнубаппыт. Ол уларыйыыларга сөп түбэһиннэрии диэн ааттаан республика сокуонуттан национальнай-региональнай компонент туһунан ыстатыйаны суох гынаары ыгыы-түүрүү буолбута. Онно бастаан Ил Түмэҥҥэ биһиги саха норуотугар, хотугу омуктарга тыын суолталаах сокуоммут сүнньүн туруулаһан көмүскээбиппит. Федеральнай сокуону оҥорооччуларга кытта сабыдыаллаабыппыт.

2018 сыл сааһыгар Ил Түмэн 5-с ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутааттара мин үөрэнэр тылы талыыга көҥүлү, төрөөбүт тылы үөрэтэр быһыыны-майгыны хааччыйар тэрээһини бүрүкүрээттии быраабылаҕа хаайан хааччахтыыры, үөрэх тылын талар быраабы оскуола таһымыгар эрэ киллэрэргэ сорунууну Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран утарбыппын өйөөбүттэрэ.

Ил Түмэн ити күүстээх быһаарыытын салгыы Госдумаҕа туруулаһыннара миигин ыыппыта. Ол түмүгэр үөрэнэр тылы талыы көҥүлүн уонна республикалар судаарыстыбаннай тылларын таһымын түһэрии сатамматын туһунан биһиги туруорсуубут өйөммүтэ уонна аахсыллыбыта.

Билиҥҥи кэмҥэ аны уһуйаан саастаах, бэһис-алтыс кылааска тиийэ саха оҕото төрөөбүт тылыттан күргүөмүнэн тэйэн эрэр. Бу ааннаабыт кыһалҕа элбэх ыалы, нэһилиэк аайы дьону долгутар.

Манна саҥа дьаһаллар наадалар. Төрөөбүт тылы сыыппара эйгэтигэр тоҕо анньан киллэрии суһаллык үбүлэниэх тустаах оҕо аймах компьютергэ, төлөпүөҥҥэ ийэ тылынан ааҕар, оонньуур, көрөр кыаҕын уталыппакка, салгыы бириэмэни сүтэрбэккэ хааччыйыахтаахпыт. Ону оҥорор, айар, олоххо киллэрэр дьоҕурдаах дьон үлэлэрэ быһаччы уонна киэҥник үбүлэнэрин ситиһии – бу тыын суолталаах сорук буолар.

Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай бэлиитикэҕэ ураты болҕомтону

Билиҥҥи кэм уратыта – пандемия уонна кини тарҕанарын тохтотор охсуһуу үөрүйэхтэригэр олоҕуран, доруобуйа харыстабылын ситимин төрдүттэн тупсарар сорук турар.

Ураты болҕомтону тыа сирин уонна аччыгый куораттар олохтоохторугар бүддьүөт уонна страховка суотугар төлөбүрэ суох хаачыстыбалаах медицинскэй көмө оҥоһулларыгар ууруохтаахпыт.

Ол туһугар ылыллар сокуоннар сарбыйыыга түбэспит медицина үлэһиттэрин ахсаанын чөлүгэр түһэриигэ туһуланыах тустаахтар. Өрөспүүбүлүкэ туруорсуулара дьон доруобуйатын көрүүгэ туһуламмыт федеральнай бырагырааммаларга киирсиэхтээх, доруобуйа харыстабылын судаарыстыбаннай уонна муниципальнай ситимнэрин салгыы сайыннарар дьаһалларга кыттыахтаах.

Сокуоннар уонна бырагырааммалар киһи доруобуйатын тупсарар, физическэй культура, спорт сайдыытын өйүүр, тулалыыр эйгэ ыраас буоларын ирдиир, нэһилиэнньэ санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн куттала суох олоруохтааҕын хааччыйар аналлаахтар.

Дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну, оҕо сааһы, доруобуйаларынан хааччахтаахтары уонна сааһырбыт дьону, үөскээбит саҥа быһыыга-майгыга үлэлиир социальнай сулууспа ситимин өйүүр дьаһаллар көдьүүстээх буолалларын ситиһиэхтээхпит.

Ыччат дьоҥҥо аман өс

Эдэр киһи – эн дойдуҥ инники кэскилин быһаарар аналлааххын. Кэм-кэрдии болдьоҕунан, бу дойду судургута суох олоҕун сотору эһиги бэйэҕит быһаарар дьон буолаҕыт. Дойду саҥа экономическэй уонна уопсастыбаннай тутула хайа диэки хайыһара эһигиттэн тутулуктаах буолуо.

Билэбин, эһиги эрдэлээн ситэргэ-хоторго тиийэҕит, олоххут суолун бэйэҕит талаҕыт, быһаараҕыт.

Тус дьылҕаны оҥосторго, дьиэ кэргэни тэринэргэ, олоҕу тутарга уонна кэскили уһанарга хорсуннук киирсиҥ. Сыалы-соругу ситиһэр туһугар өһөс буолуҥ, өрөйөн-чөрөйөн биэриҥ.

Үлэ уонна дохуоту киллэрэр дьарык – бу эрэ киһи бэйэтин эрэллээхтик сананарыгар, ситиһиилээх буоларыгар тулхадыйбат тирэх.

Санааҕытын күүһүрдүҥ. Эһиги барытын сатыаххыт.

Мин сүбэм. Мин кимминий, ким-туох буолуохпун баҕарабын, мин тугу гынан дохуот оҥостобун диэн элбэхтик эргитэ санааҥ. Итиннэ хайаан да хоруйу булан тэйиҥ уонна иннигит диэки дьулуһуҥ.

Төрөппүт сүбэтин эмиэ болҕойуҥ. Саҕаламмыты салҕааччы буолар улахан суолталаах.

Биир саҥа, балайда уустук соругу эһиэхэ туруорабын. Өҥөнү оҥорууттан атын, үгэс буолбут үлэ көрүҥнэрин таһынан, эһиги, Саха сирин эдэр олохтоохторо, саҥа бородууксуйалары оҥорон таһаарар дьоҕус тэрилтэлээх уонна бу хайысхаҕа санааҕытын ситиһэргэ дьаныардаах буолуҥ.

Ону таһынан оҥорон таһаарбыккытын тас ырыынакка атыылыырга, экспорка бэйэҕит бородууксуйаҕытын тиэрдэргэ кыһаныҥ.

Мин эһиги Сахабыт сиригэр ыраахтан тиэллэн кэлэр малы-салы, табаары солбуйар оҥоһуктары тобулан олоххо тэнитиэххитин баҕарабын.

Дьокуускай билигин – хаалтыстаах, бартыбыаллаах, сулууспалаах, уонна бүддьүөттэн үлэлээх дьонунан толору куорат.

Киин куораппытын оҥорон таһаарааччылар уонна уран тарбахтаахтар куораттарыгар кубулутуҥ диэн ыҥырабын.

Эһиги, Саха сирин эдэр ыччата, сайдыыга көҥү көтөн тахсыыны, сайдыыны ситиспит дойдулар бу иннинээҕи көлүөнэлэрэ дойдуларын туһугар оҥорбуттарын курдугу оҥорор, кыайар аналлааххыт.

Эрэнэбин эдэр дьоҥҥо, итэҕэйэбин кэхтибэт кэскилгэ!

САХАҔА СЫРДЫК ЭРЭЛИ САҔАР

«Уол оҕо үс кырыылааҕа, урааҥхай уһуктааҕа» диэн хайҕал тыллара чахчы уратылаах, көннөрү дьонтон таһыччы эр бэрдэ, элик үтүөтэ киһиэхэ туһаайыллан этиллээччи. Саха омук барахсан оннук туйгуннардаах буолан, былыр-былыргыттан туһугар тууланан, иннигэр илимнэнэн, эстибэккэ-быстыбакка кэллэҕэ. Кинилэр, урааҥхай саха хоодуоттара-хоһууннара уһук түгэн, кыһалҕа кыһайдаҕына, үлэҕэ, булка, күн-хаан күһэйдэҕинэ – кыргыска даҕаны, бар дьоно тумус туттар, дурда-хахха күөн киһилэрэ буолан өрүһүйэллэрэ. Оннук, омугун дьолугар төрөөбүт биир уһулуччу киһинэн дьон-сэргэ Матвей Евсееви ааттыан ааттыыр. Кинини төһө даҕаны биир саастыылааҕым буолбутун иһин, кырыы эрээри, ураты сиргэ төрөөбүт-үөскээбит, сэбиэскэй кэмҥэ иитиллэн үлэһит, киһи буолбут Матвей Евсееви мэлдьи биһирии, сөҕө, хайгыы, толло даҕаны көрөрүм. Хайдах итинник уустук биисинэс эйгэтигэр, буолаары буолан, дьалхааннаах тоҕус уонус сылларга тоҕу анньан киирэн, ситиһиилээхтик үлэлиирин өйбөр сатаан батарбатым. Кини ким да бэлэмэ, үөһээттэн өрө тардыыта суох олоҕор, үлэтигэр суолун бэйэтэ солонон, көмүс-алмаас хостооһунун, батарыытын курдук омук ааттаахтара, урдурҕаччылара эрэ баһылаан-көһүлээн илдьэ сылдьар оҥорон таһаарыы, урбаан эйгэтигэр эргичийэн тахсыылаахтык үлэлиирин, саханы бырамыысыланнаска киллэрбитин дьон-сэргэ биһириир, олус хайгыыр. Биир бэйэм, тэҥҥэ кэриэтэ үрдүк үөрэххэ үөрэммит, эмиэ саха тыатын сириттэн, уһук, кытыы нэһилиэктэн тыыллан-хабыллан тахсыбыт үөлээннээхпинэн киэн тутта саныыбын. Уонна, олохтоох дьон барытын кэриэтэ, саха даҕаны итинник уустук оҥорон таһаарыы хайысхатыгар атын омуктартан хаалсыбакка, өссө ордуктук үлэлиэн сөбүн дьиҥ дьыаланан, күүстээх үлэнэн дакаастаабыт, итиэннэ күн бүгүнүгэр диэри айымньылаахтык үлэлээн, чаҕылхай холобуру көрдөрө сылдьарыттан олус үөрэбин-астынабын. Көрсөн кэпсэтиэх иннинэ, атын араас матырыйаалы билсиһэргэ кини эт саастыы, оҕо сааһын доҕорун Н. Михалева-Сайа «Саханы быыһаабыт саха» диэн интервьютун наһаа сөбүлээн, ылынан аахтым. Онуоха тирэҕирэн, тоҕоостоох түгэн тосхойбутунан, М.Н. Евсеев күүрээннээх үлэтин-хамнаһын, олоҕун туһунан кинилиин атах тэпсэн олорон кэпсэтииттэн кылгастык киэҥ эйгэҕэ билиһиннэриэхпин баҕарабын.

– Матвей Николаевич, саха сиэринэн киһи кимин-тугун, быһыытын-майгытын, олоҕун илгэтин билээри, «кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын» диэн төрдүнү-ууһу хайан токоолоһор үгэстэн туораабакка, ити ыйытыыттан саҕалыахха. Эн бука, түҥ былыргыттан кыахтаах-күүстээх төрүттэрдээх, үөһээттэн айдарыылаах, тымырдарын-сыдьааннарын көрө-истэ, араҥаччылыы сылдьар сүдү өбүгэлэрдээх буолаҥҥын, араас моһоллору, харгыстары мүччү түһэн, ситиһиилээхтик үлэлии сырыттаҕыҥ!

– Сунтаар улууһун биир кырдьаҕас нэһилиэгэ Түбэй, былыргы атын аатынан Тирэҕэ, 1841 сыллаахха тэриллибит. Былыр манна, Бүлүү эбэҕэ үөһээнэн түһэр Утакаан, аллараанан Ыгыатта үрэхтэр хочолоругар баар өҥнөөх-быйаҥнаах бу сиргэ, сылгынан байбыт Муостаах Сылгылаах Мордьуос Баай диэн киһи олорбута биллэр. Саха бастакы үөрэхтээх дьонуттан биирдэрэ Михалевтар төрүттэрэ эмиэ сылгынан байбыт дьон. Саха биир маҥнайгы суруйааччыта М.Н. Тимофеев-Терешкин аймаҕа-хаана Тимофеевтар эмиэ биһиги нэһилиэкпит төрүт уус үөрэхтээх дьонноро. Түбэйтэн саха барҕа талааннааҕа С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөн-үөскээн, саха норуотун киэн туттуута буолбута. Түбэй бөһүөлэгиттэн биир биэрэстэ холобурдаах Атырдьах диэн сиргэ сэбиэскэй былаас саҕана өрөспүүбүлүкэ салайааччытынан үлэлээбит Ю.Н. Прокопьев төрөппүттэрэ, хаан аймахтара олохсуйан олорбуттара. Биллиилээх араадьыйа суруналыыһа, судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, искусствовед Николай Иванович Максимов төрүттэрэ Буотама, Ыгыатта үрэхтэринэн олорбут дьон. Ааспыт үйэҕэ бөдөҥсүтүүгэ түбэһэн, Түбэй аччаан эстэ сыспыта, «Элгээйи» сопхуос учаастагар кубулуйа сылдьыбыта.

На страницу:
2 из 6