Полная версия
Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ
Аата мээнэ ааттаммат улуу киһи уутун уйгуурдан, саатар кырамтатын тута ийэ буоругар харайа охсубакка хаалларан барбыт киһитин итинник иэстэстэҕэ буолуо, дьиктитэ диэн, удаҕан уҥуоҕун булбатахтар, кимиэхэ да көстүбэтэх үһү…
(с) К.В.
Көстүбэт күүстэр уйалара
Сахабыт сирин биир улууһун кытыы уулуссатыгар ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар тутуллубут икки кыбартыыралаах дьиэ баар. Сэбиэскэй саҕана маннык дьиэлэри тэбис-тэҥ былааннаахтык туппут буоланнар, бары биир халыып курдуктара. Дьиэни таһыттан көрдөххө, атыттартан туох да уратыта суоҕа, ол эрэн бу дьиэ туһунан соччото суох, оҕону-дьахтары чаҕытар сурахтар иһиллэллэрэ. Мин кыра эрдэхпинэ, ол дьиэ өр баҕайы кураанах турбута, ким да олорбот этэ. Ол дьиэҕэ олоро сылдьыбыт дьон кистээн кэпсииллэринэн, дьиэлэрин иһигэр туох эрэ тыаһыыр, сороҕор өссө ол-бу маллара турар миэстэлэриттэн сыҕарыйан хаалбыт буолар үһү, олохтоох дьон куруук төбөлөрө ыалдьар эбит.
Биир сайын элбэх буолан мустан, ол дьиэттэн чугас оонньуу сылдьыбыппытыгар кыра кыыспыт мантан барыахха да барыахха дии сатаабытын истибэтэхпит. Өссө дьиэ аттыгар чугаһаан, түннүктэрин өҥөйтөлүү сатаабыппыт да, туох да көстүбэт этэ, өстүөкүлэ тас өттүттэн ырааһа, оттон иһиттэн барыта быылынан бүрүллүбүт курдуга. Дьиэлиэххэ диэммит сүүрэн хаалбыппыт, арай арыый да аҕа саастаах Бааскабыт кэннин хайыһан көрбүтүгэр түннүккэ дьахтар турар курдук көстүбүт. Биһиги ону отой да итэҕэйбэтэхпит, Баасканы сымыйалыыр, куттуу сатыыр диэбиппит, онтон төннө сылдьыахха диэн хаайбытыгар сөбүлэһэммит эмиэ кэлбиппит. Хата, күн киирэ илик этэ, улахан дьон этэринэн, туох баар абааһылар күннээххэ көстүбэттэр диэн. Ол төннөн көрбүппүтүгэр түннүккэ ис өттүттэн илии суола баар курдуга, Бааска эппитин, дьэ, итэҕэйэн, дьиэбит диэки сүүрбүппүт.
Ол сайын биһиги дэриэбинэбитигэр эдэр ыал үлэҕэ ананан көһөн кэлбит. Эр киһи Киргиэлэй, инженер дуу, электрик дуу быһыылааҕа, кэргэнэ кыра оҕотун көрөн олорор дииллэрэ. Олохтоох дьон: «Бу дьиэттэн атын сыантырга өссө биир кураанах дьиэ баар, онно олоруҥ, бу дьиэҕэ дьон олорботоҕо олус ыраатта», – эҥин диэн таайтаран этэ сатаабыттарын эдэр киһи истибэтэх. «Ээ, манна чуумпуга ойуур саҕатыгар үчүгэй, үлэбиттэн да чугас, бэрт!» – диэбит. Онтон күһүөрү сайын истибиппит, Киргиэлэй кэргэнэ оҕотун илдьэ дойдутугар барбыт. Сурах иһиллибитинэн, күнү быһа дьиэҕэ оҕотун көрөн олорон, дьон саҥатын истэр эбит, өссө хаста даҕаны күлүк курдуктары көрөн олус куттаммыт. Куһаҕан тыын баарын этэ сатаабытын кэргэнэ отой итэҕэйбэтэх уонна ол дьиэҕэ соҕотоҕун олорон хаалбыт.
Киргиэлэй дьоно барбыттарын кэннэ, хас да күн арыгылаабыт, бииргэ үлэлиир дьонугар: «Мин олорор дьиэбэр өлө итирик эрэ киһи холкутук утуйан турар дьиэтэ», – диэбит. Дьиэҕэ дьон саҥата, сороҕор хаһыы иһиллэр, миэбэли сыҕарытар тыас эмиэ баар эбит.
Киргиэлэй кэргэнэ кэлэн илдьэ бара сатаабытын эр киһи буолумматах. Күһүнүгэр хас да күн үлэтигэр тахсыбатаҕын дьиктиргээннэр бара сылдьыбыттара, арай киһилэрэ өйүн сүтэрэн, илиитигэр быһах тутуурдаах нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Дьиэ мала-сала барыта күөрэ-лаҥкы түспүт, иһит-хомуос бөҕө алдьаммыт үлтүркэйдэрэ муостаҕа ыһыллыбыт. Бу кэнниттэн Киргиэлэй соҕотоҕун туох да иһин хаалбат буолбут, ыйы-ыйынан саҥарбакка сылдьыбыт дииллэрэ. Төбөтүгэр оҕустаран сыл аҥаарын кэриҥэ эмтэммит.
Ити алдьархай кэнниттэн хас да сыл ааспыта. Киргиэлэйдээх диэн ыал хаһан да кэлэ сылдьыбатахтарын курдук, киһи куйахатын күүрдэр кэпсээннэр умнуллан барбыттара.
Биир кэмҥэ сулумах киһи олохсуйа кэлэн, ол дьиэ адьас чугаһыгар дьоҕус дьиэни тутта охсубут. Дэриэбинэ саастаах өттө ити чугас турар дьиэ соччото суоҕун сэрэтэ сатаабытын истибэккэ, чопчу ол дьиэ таһыгар туттубут эбит. Арай күһүөрү били киһилэрэ хас киэһэ ахсын тутуутун таһыгар кэлэн олорор, кими эрэ кытта кэпсэтэр курдугун сибикилээбиттэр.
Тымныы да түспүтүн кэннэ, син биир кэлэн олорор буолар эбит. Алтынньы бүтүүтэ били киһи саҥа тутуллубут дьиэтин көҥдөйүгэр бэйэтигэр тиийиммитин буланнар, дьон сүрэҕин хайыталаабыт… Ол миэстэттэн саҥа түспүт хаарга дьахтар уонна кыра оҕо атахтарын суоллара бааллара үһү. Ити дьулаан быһылаан буолуон аҕыйах хонук иннинэ, бокуонньук дойдутугар бара сылдьан: «Бэрт сотору кэргэннэнээри сылдьабын, ол дьахтарым уол оҕолоох, мин туттубут дьиэбиттэн ыаллыы дьиэҕэ олорор», – диэн кэпсиирэ үһү.
Иэдээн төрдө буолбут дьиэ билигин даҕаны турар, ким да олорбот, чугаһыгар дьиэ туттубаттар, аттынан да мээнэ сылдьыбаттар. Киһи чопчу туох диэн быһаарыан уустуга, дьиэни көстүбэт күүстэр уйалара эрэ дии саныыллара.
Сахаяна Лопатина
Сэлиилии сиэлэн
Икки сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы сынньалаҥмар түбэспит быһылааным өйбүттэн-санаабыттан тахсыбакка эрэйдиир…
Самаан сайын сатыылаан турдаҕына, от-мас силигилии ситэн, сыт-сымар минньийэр, сир аһа буһар Бөтүрүөп кэнниттэн, нэлэмэн киэҥ сахабыт алаастарын, хотуулаах ходуһаларын нуолур солко отторо хойдон, бар дьон окко киирэр кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, бу кэмҥэ буоллаҕа дии, тыа ыала уһун кыстыкка бэлэмнэнэн, сайыҥҥы куйаас, ылааҥы күннэри баттаһа, үлэтин-хамнаһын үгэнэ! Охсуллубут от сыта, субуллар субуулар, лэкэспит лэкээлэр, от кээһии, отуу чэйэ, омурҕаҥҥа тахсан сылааны таһааран сынньанан олоруу, бэл, киһи сонньуйуох, кумаартан куотуу, оҥоойулардыын охсуһуу – үтүө да буоллаҕа.
Ол сайын бастаан өрүс арыытын охсубуппут, онтон сэлиэнньэттэн уонча килэмиэтирдээх сиргэ сытар алааска киирбиппит. Кииринньэҥ аҕам эргэ «УАЗ» массыынатынан күөрэ-лаҥкы сахсыллан төттөрү-таары айанныырбыт, ол эрэн оҕо эрдэхпиттэн тэбэр бэлисипиэппин тиэйэн илдьэ баран, төннөрбөр бэйэм көлөбүнэн кэлэр буолбутум. Биир киэһэ баһаам бугулу оҥорбуппут, киэһэлик күн арҕаалыырын саҕана, аҕам хомунан барбыта. Хаалан, бастаан күөлгэ дуоһуйа сөтүөлээбитим, күнүскү күүстээх үлэ кэнниттэн сылаас ууга сөтүөлүүр үчүгэй да буоллаҕа! Тимир көлөбөр олороот, бөһүөлэк диэки айаннаабытым. Тиэтэйбэккэ тэбэн истэххэ, саҕахха саһан эрэр күн кытара саһарбыта кэрэ көстүү буолан дууһабын кынаттыыр курдуга, элэҥнэһэн ааһар бэс, хатыҥ мастар «сарсын эмиэ от бөҕөнү охсоор» диир курдуктара. Онтон салгыы түөрт килэмиэтир курдугу барбытым кэннэ, аны олохтоохтор отторун угар күрүөлэрэ кэлитэлээбиттэрэ, өссө да кур оттор тураллара көстөрө. Суол тосту эргиллиитэ кэлбитэ, бу миэстэ кутталлааҕа диэн, утары туох иһэрин көрбөккө хаалыахха сөбө. Бу айаннаан иһэммин, суолга куоластыы турар кыыс, тайахтаах эмээхсин айан массыыналарын сырсалларын туһунан киһи иэнэ кэдэҥэлиир дьон кэпсээнин санаан кэлбитим. Ити курдук ону-маны саныы иһэн өйдөөн көрбүтүм, суол өҕүллүүтүттэн тураҕас аттаах киһи сэлиилии сиэллэрэн иһэр эбит. Эмискэ көрө биэрэн олус соһуйбутум! Чугаһаан баран, ат туйаҕын тыаһа отой да иһиллибэтин дьиктиргээбитим. Айанньыт сындалҕаннаах айантан сылайбыт көрүҥнээҕэ, тулатын көрүммэккэ, көбүс-көнөтүк туттан олороро, хараҥа таҥастааҕа, лаппа чугаһаабытым, атаҕа уп-уһун эбит, мэктиэтигэр сири таарыйар курдуга. Ат бэйэтэ сиэри таһынан уһун, үс-түөрт сылгыны кэккэлэһиннэрбит курдуга, айыы сирин сылгыта, Дьөһөгөйүн оҕото ама итинник буоллаҕай диэх курдук санаа киирэн ааспыта. Начаас икки ардыгар аттаах киһим бу тиийэн кэлбитин утары көрөн бараммын, бэлисипиэппиттэн сууллан, охтон түспүтүм. Муннубар амырыын сыт саба биэрэр курдуга да, өйбүн сүтэрэн кэбиспит этим. Өйдөнөн турбутум, аттыбар ким да суоҕа, уҥа тобугум уотунан аһыйара, тириитэ саралаабыт этэ. Ойон тураммын, туох баар күүспүнэн бэлисипиэппин тэбэн, уон биэс мүнүүтэ курдугунан дэриэбинэҕэ кэлбитим. Уолуйбут, уйуһуйбут куттал санаабын оҕолор күйгүөрдэрэ, ыал тиэргэниттэн иһиллэр муусука, тэйиччи хайа эрэ киһи уһанар эрбиитин холбоспут тыаһа уоскуппута. Дьиэҕэ киирээт да, туохха түбэспиппин дьоммор кэпсээбитим. «Бэйэтин дьыалаларын ситэрэ-оһоро сылдьар, туспа ыырдаах айанньыт буолуо», – диэн санааларын түмүктээбиттэрэ.
Күн бүгүн да ол аттаах киһи муҥунан көрбүт харахтарын кыайан умнубаппын.
Георгий Старков
Сааһырбыт көмүсчүт кэпсээннэрэ
Соһуччу көрсүһүү
Бу түгэн 2006 сыллаахха Булуҥҥа баахтаҕа үлэлии сырыттахпына буолбута.
Үгүс кыһалҕаны көрсөн, хамыыһыйа, бэрэбиэркэ бөҕөнү ааһаммын бэрт эрэйинэн үлэ булан, хоту улууска баахтаҕа барбытым. Тута бульдозориһынан үлэбин саҕалаабытым. Биһигини бөлөх-бөлөх арааран мас баалкы дьиэлэргэ олохсуталаабыттара. Үлэлииргэ син үчүгэйэ, хоту дойду чэбдик, чэгиэн салгына сүрэҕи-быары ортотунан киирэрэ. Бэйэтэ да айылҕаттан бэрт кылгас, сип-синньигэс мастары солуур этим, ону соччо сөбүлээбэтэрбин да, хайыамый, үлэм буоллаҕа дии. Биһиги дойду отугар-маһыгар, халыҥ сис тыаларыгар холоотоххо, айылҕа уратылааҕа харахха быраҕыллара.
Биирдэ түүн таһырдьа тахса сылдьар наадаламмытым. Тахсан, көҕүрэттэн баран, хоту дойду холку-наҕыл түүнүнэн дуоһуйа тура түстүм. Эмискэ баҕайы, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, сытыы тыал иэдэспин кымньыылаан, тыбыс-тымныынан хаарыйар курдук буолан ылбыта. «Тыый, бу үлүгэр чуумпуран туран, тыалырбыта тоҕо түргэнэй, дохсунай?» – дии санаабытым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, уун утары дохсун буурҕа ытыллан иһэр эбит, онно кыыл табалар омоонноро баарга дылыта да, ытыллар буурҕа ыы муннубар тиийэ чугаһаан кэлэригэр табалар омоонноро сүтэн, кырдьаҕас оҕонньор буолан хаалбыта. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ турбутум, онтон уоскуйан, өссө Байанай кырдьаҕас илэ бэйэтинэн кэллэ дуу диэбит санаабыттан хайдах эрэ чэпчээн хаалбытым. Оҕонньорум миигин кыбыс-кытаанахтык көрө-көрө: «Дьэ, бу эн, саха киһитэ, үгэһи кэһэҥҥин тоҕо оту-маһы солуугун, үлтү барчалыыгын, мин ону отой буойабын. Урукку өбүгэ дьонуҥ курдук мас мастаан, от оттоон, тирии имитэн, биитэр маһынан арааһы уһанан олоруохтааххын», – диэбитэ. Онтон өйдөнүөм икки ардыгар кэлбитин курдук салгыҥҥа суураллан сүтэн хаалбыта. Дьиэҕэ хайдах киирбиппин чопчу өйдөөбөппүн, олус соһуйбутум да бэрдэ, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдуга.
Ити түгэн кэнниттэн, син ханнык эрэ кэмҥэ, Байанайдыын көрсүһүү төбөбүттэн тахсыбакка сылдьыбыта. Онтон сыыйа-баайа умнуллан, үлэлээбитим курдук үлэлээбитим, уурайбатаҕым.
«Дойдулаах дьону уйгуурдумаҥ!»
Манна кэпсэнэр түбэлтэ эмиэ кыһын уһук хоту буолбута. Холомолоох диэн сиргэ үлэлээбиппит. Хара маҥнайгыттан бу сир аатын дьиктиргии санаан ыйыталаспытым: урут холомолор элбэх буолаллара үһү. Бэрэбинэттэн оҥороллор, былыргы ойууннар дьахтар төрүүрүгэр туһаналлар эбит. Мантан сиэттэрэн, Байанай кэлэн сэрэппит тылларын санаабытым: кырдьык даҕаны, алмааһы хостоору сир ньуурун алдьатабыт, дьөлө хаһабыт, оту-маһы алдьатан суол солуубут, уу сүүрэр тымырдарын таптыырбытынан уларытабыт, хаһыллыбыт сирбит дириҥ умуһах буолан бааһыран хаалар…
Мантан салгыы өссө күөл уутун түһэрэр сорудахтаахпыт.
Геологическай разведка былаанынан күөл түгэҕэр элбэх сыаналаах минерал баар эбит. Киһи сөҕүөх, күөл кытыытынан, кураанах сиригэр, үс хаппыт, олус суон мас үүнэн турара. Киһи төһө да баҕарбытын иһин, мастары иилии кууһар кыаҕа суоҕа, оннук кэтиттэрэ. Онно өссө суон бэрэбинэ ыскамыайка баара.
Күөл уутун көһөрөр эбээһинэһи Алексей диэн түөрт уонча саастаах нуучча киһитигэр сүктэрбиттэрэ. Кини айылҕаттан бөдөҥ-садаҥ, сүрдээх киппэ көрүҥнээх уола хаан киһи этэ. Киэһэ сэттэ аҥаартан симиэнэ тутуһан, Алексей күөлгэ киирбит. Симиэнэ кэнниттэн остолобуойга киирбитим, Алексей тулатыгар дьон мустубут, киһибит олус улаханнык куттаммыт, уолуйбут көрүҥнээҕэ. Хараҕа мээнэнэн сүүрэкэлиир курдуга, илиилэрэ салыбырыыллара. Кини туохха түбэспитин кэпсээбитэ.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.