Полная версия
Күрэтиллибит таптал
Былыта суох ыраас халлааҥҥа үөһэ ойбут күн итии сыламынан сыдьаайар. Арҕааттан үрэр быстах сиккиэр сөрүүн салгына сайар. Хонууга халыйбыт күөлгэ түспүт кустар долгун сырдык эрэһэтигэр ордук чуолкайдык харааран көстөллөр. Аттар туйахтарыттан сир куоһаҕар халыйбыт уу бырдаҥалыыр. Алаас иһэ күрэҥсийэ күкээрбит өҥүн уларыта илик. Арай үрдэл сиргэ хайы-үйэ ньургуһун тахсан бүөрдээн эрэр. Аны аҕыйах хонугунан күн уотугар арыллан тахсыа буоллаҕа.
Бу бэйэлээх үчүгэйгэ, күрүлүүр күнүс, дьону халыы-талыы баран иһэллэрэ саныырга алыс сүөргү, куһаҕан. Ойох ылыам этэ диэн күнү-ыйы ааҕа сылдьар бэйэтэ аны түөкүттэр сирдьиттэрэ буолан хаалла. Киһи хаһан да үөйбэтэх-ахтыбатах суолугар түбэһэр эбит.
Күн сүрдээҕин уһаабыт. Киэһэлик Тыыллымаҕа чугаһаатылар. Улахан алаас саҕатыгар кэлэн, сыарҕалаах оҕуһу мииммит киһи туора суолунан баран эрэрин көрдүлэр.
– Ол киһиттэн баран Даркы Дьаакып ханна олорорун ыйыт. Бэйэҕин биллэримэ, – диэн Манчаары Обуҥҥа сорудах биэрэр.
Обун атын тиэтэтэн оҕустаах киһиэхэ чугаһыыр. Кырдьаҕас оҕонньор аттаах киһи кэлбитигэр оҕуһун тардан тохтотор.
– Оҕонньор, кэпсиэ.
– Суох. Эн, кэпсиэ.
– Даркы Дьаакып диэн киһи ханна олороруй?
– Ити чараас тыаны аастаххына суолуҥ икки аҥыы арахсыа. Уҥа суолу тутустаххына тиийэҕин, – оҕонньор билбэт киһитин сонурҕаабыттыы көрөр.
– Төһө ырааҕый?
– Чугас. Икки эрэ биэрэстэ буолуо. Хантан иһэҕин?
– Ыраах нэһилиэктэн, – Обун атын хаамтаран аһара барар.
Тыаҕа киирэн, атын тохтотон, дьонун күүттэ. Талах, хахыйах былаастаах симилэх ойуур көстөр. Ким эрэ суол кытыытыгар турар тиит лабаатыгар эргэ томторугу ыйаабыт. «Сибилигин итинэн күрээн хаалбыт киһи» дии санаата. Ол эрээри кэбис. Манчаары кыыһыран өһүөннүө. Итинэн кини кэлбитин кэмсинэр санаатын уҕарытта.
Ыйдарбыт сирдэригэр дьэ чугаһаатылар. Аттарын тыа иһигэр тэйиччи баайдылар. Сонос талаҕы быһан, икки мохсуо маһы оҥордулар. Биири Топпооску ылла, иккиһин Обуҥҥа туттардылар. Онтон хатыҥ туоһун хастаан сирэй сабыыта оҥоһуннулар. Икки харах уонна мурун туһунан туоһу ойо быстылар. Бүүрэ тардар буолан туос киһи сирэйигэр иҥнэр. Түспэтин диэн кулгаахтарыттан эмиэ иҥнэр гына оҥордулар. Манчаары бэйэтэ сирэй сабыыта оҥостубата.
Тыа саҕатыгар кэлэн чуҥнаан көрдүлэр. Улахан балаҕан, ампаар, хоспох эҥин көстөр. Күн тыа баһыгар түстэ.
Обун кэлэн иһэн «Манчаары ыалы халыырын көрүөм» диэн хантан эрэ түгэхтэн күөрэйбит көлдьүн санаалааҕа. Дьулаан, суоһар быһыы сибилигин буолуохтааҕыттан саллыбыт киһиэхэ, ол көлдьүн санаата эмиэ түгэххэ түһэн кирийбит, симэлийбит.
– Кэбис, миигин илдьимэҥ. Мин манна хаалыам, – Обун сирэйин сабыытын устан сиргэ уурар.
– Көр эрэ, бачча кэлсэн баран, аны барсымаары гынар дуу?! Хата, батыйа хаптаҕайынан үчүгэй аҕайдык самыыгын лабырҕатыам ээ, – Манчаары, Обун көрдөҕүнэ, моонньун тымыра күүрбүт.
– Оо, дьэ, куттаҕас да киһигин доҕоор. Эн таһырдьа туруоҥ. Куттаныма, – Топпооску төһө да ньымааттаан саҥардар эмиэ кыһарыйар.
– Чэ, ыл, туоскун сирэйгэр кэтэт! – Манчаары саҥата кытаанах.
Биир бэрэмэдэйи тутан аҕалбыттара. Манчаары Обуҥҥа «тугу таһырдьа бырахпыппытын бэрэмэдэйгэ хаалаар» диэн эттэ.
Боруҥуй буолуута туран, дьиэ диэки хаамтылар. Үүт күрүө иһигэр киирбиттэрин кэннэ, эмискэ ыт үрэн баргыйда. Манчаары батыйатынан далбаатаан ыты үүрэн, дьиэ ааныгар сүүрэн тиийдэ да, аан халҕанын тэлэ тардан иһирдьэ киирэр. Топпооску киһитин кэнниттэн киирсэр. Обун эппиттэрин курдук таһырдьа туран хаалла.
– Илиигитин-атаххытын хамнатымаҥ! Ыар ыалдьыт, дьоһун хоноһо кэллим, – Манчаары баргыытаан саҥарбыта дьиэ таһыгар иһиллэр.
Сотору олоппос дуу, туох дуу түҥнэри тэбиллибит тыаһа, күргүйдүүр саҥа, дьахтар ньааҕыныыра, ким эрэ ааттаһара иһиллэр. Ортоку түннүк иһирдьэттэн анньыллан, таһырдьа түһэн, дьиэ иһэ аҥас гынар. Аһаҕас түннүгүнэн нуучча таҥаһынан тигиллибит ырбаахы, суккун сон, солко кур, хас да ылтаһын тэриэлкэ таһырдьа быраҕыллар. Обун олору ыла-ыла бэрэмэдэйгэ угаттыыр. Дьиэ иһигэр Манчаары ампаар күлүүһүн көрдөөн күргүйдүүрэ иһиллэр. Ампаардарын хатыыр эбиттэр.
Чочумча буолан баран, Манчаары тахсан ампаар күлүүһүн аһар. Топпооску дьиэҕэ хаалар. Ампаар иһиттэн аһаҕас аанынан бэдэр саҕынньах таһырдьа быраҕыллар. Онтон бэдэр тириитэ, имиллибит сарыы, сиэрэй суккун сон, хас да кыһыҥҥы бэргэһэ таһырдьа тамнааттанар. Обун ыла-ыла бүк-тах тутан бэрэмэдэйгэ хаалыыр. Манчаары иһирдьэ тугу эрэ хасыһан баран көмүс куру быраҕар. Тахсарыгар саппыйаны кытта тимир сааны тутан тахсар.
Дьиэ ааныгар тиийэн өҥөйөн туран киһитин ыҥырар. Топпооску дьиэттэн тахсан үүт умуһаҕар киирэн, хаҥас илиитигэр сүөгэйдээх ыаҕаһы тутан, уҥатыгар чабычахтаах арыыны кыбынан тахсар.
Обун бэрэмэдэйи ылан санныгар биллэхтии быраҕар. Ыт тэйиччи туран тохтоло суох үрэр. Бу барыта олус дөбөҥ уонна судургу курдук буолла.
Ыар ыалдьыттар тиэтэйэ-саарайа аттарын миинэн, атын сир диэки туора бараллар. Түүннэри наар тыанан айаннаан, сыыйа дьиэлэрин диэки эргитэллэр. Хайа эрэ алааска аһыы сылдьар атыыр үөрүн көрөннөр, суолларын муннараары, сылгылары иннилэригэр үүрэн бараллар.
Сарсыарда, биир кыра бүтэй алааска тохтоон, аттарын аһата ыыттылар. Өйүөлэрин, буспут эти, сиэтилэр. Солуурчахха чэй өрөн истилэр. Өтөр аһаабатах дьон аччыктаабыттар, утаппыттар. Сүөгэйдэриттэн сиэтилэр. Онтон күн ортотугар диэри утуйдулар.
Киэһэ, боруҥуй буолуута, эмиэ айаннаатылар. Түүн дьиэлэригэр чугаһаан баран, тыаҕа тохтоон малларын үллэһиннилэр. Манчаары Обуҥҥа суккун сону, икки ылтаһын тэриэлкэни биэрдэ. Улахан сарыы саппыйа иһигэр биэс киис тириитэ, алта бүүчээн ыыта баар эбит. Онтон биир киис тириитин уонна эмиэ биир бүүчээн ыытын Обуҥҥа биэрдилэр.
– Бу сырыыбытын иэгэйэр икки атахтаахха иһитиннэрэр буолаайаҕын. Мин туспунан кимиэхэ да кэпсээмэ. Этиэҥ да өлөрөн кэбиһиэхпин сөп. Мин абааһы киһибин, – Манчаары Обуҥҥа сутуругун көрдөрөр.
– Оттон бу малбын дьоммор хантан ыллым диибиний? – Обун күндү малы ыларыгар ол туһунан санаабыта.
– Бэбэһэ биэрдэ диэ. Киниэхэ дьиэ маһа кэрдэр үһүгүн буолбат дуо, – диэн Топпооску сүбэлиир.
– Дьиэ маһын кэрдэрбэр хаччы ылыах буолбутум.
– Бу малы эбии үлэлээбиппэр биэрдэ диэ. Ону булан эппэккин дуо? Мин туспунан дьоҥҥор да кэпсээмэ. Кэпсиэҥ да сэрэн, – Манчаары эмиэ сэрэтэр. Ол эрээри сирэйэ-хараҕа сымнаҕас.
* * *Обун Арамаан Бэбэһэ Ыстапааннаахха кэлэн икки хонно. Күнүс тыаҕа тахсан мас кэрдэр. Үһүс киэһэтигэр дьиэтигэр дьэ тиийэн, Бэбэһэттэн уларсыбыт матаҕатын туппутунан киирдэ. Дьоно дьиибэргээбит харахтарынан көрдүлэр.
– Хайа тоҕо ыҥырбытый? Бу тугу аҕаллыҥ? – Тиэхээн саҥата суох олорбохтоон баран ыйытар.
– Оттон Бэбэһэ биэрдэ, – Обун матаҕа иһиттэн ылтаһын тэриэлкэни хостоон ылан остуолга уурталыыр. Суккун сону, бүүчээн ыытын хостуур. Бэбэһэ сүбэтинэн киис тириитин ыалга хаалларбыта. Онуоха-маныаха диэри диэн.
– Тыый, нохоо, суккун сон. Сабыс-саҥа. Бу тугуй, бүүчээн ыыта дуу? – ийэтэ эмээхсин кэлэн бүүчээн ыытын сыллаан көрөр.
– Бу туох ааттаах күндү маллары биэрдэ? Тугу үлэлэттэ? – Тиэхээн эмиэ ыйытар. Соһуйа көрөн хараҕа кэҥээбит.
– Оттон умуһах хастарбыта. Уонна ааспыт сайын киниэхэ от охсубутум дии, – Обун этиэх буолбут тылын этэр.
– Ол умуһаҕы саас, тоҥҥо, хаһаллар үһү дуо?
– Уолбар тутар саҥа дьиэбэр хастарабын диэбитэ. Баран Бэбэһэттэн ыйытыҥ даҕаны.
– Тугу-тугу кэпсээн эрэр киһи буоллуҥ, – Тиэхээн түннүгү көрөн ылар.
Обун санаатыгар, дьоно Манчаарыны кытта сылдьыбытын сэрэйдилэр. Туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыыга түбэспит дьон курдук буоллулар. Үөрбүт быһыылара биллибэт.
Сарсыарда туран Тиэхээн инитин олуйан-молуйан ыйытта. Обун төрүт да муҥкук, көнө муҥутаан, ыктаран билиннэ. Барытын кырдьыгынан кэпсээтэ. Дьоно кини кэпсээниттэн сүрдээҕин куттаннылар. Уоллара туох эрэ улахан буруйу оҥорбутун курдук саныыллар. Дьиэҕэ киирэн, көрдөрбүтүнэн туран, баай ыал малын-салын халааһын диэн, икки атах истибэтэх суола. Улахан буруй, айыы, саат-суут.
Тиэхээн күөлгэ баран туутун көрөн кэллэ. Онтон үтэһэлээх балык буһан күнүскү аһылыктарыгар олордулар.
– Тыыллымаҕа бараҥҥын Даркы Дьаакыпка бу малы барытын төннөр. Уонна атаҕар үҥэҥҥин буруйга-сэмэҕэ тиэрдимэ диэн көрдөс, – дьиэлээх дьахтар Ылдьаана санаатын түмүгүн эригэр Тиэхээҥҥэ иһитиннэрэр.
– Оттон оччоҕо Манчаары уолбутуттан ситиһиэ суоҕа дуо? Кимиэхэ да кэпсээмэ диэн сэрэппит буолбат дуо, – Тиэхээн кыынньыбыт сылаас үүттэн сыпсырыйар.
– Кырдьык, ити киһи уолбутун өлөрөн да кэбистэҕинэ көҥүлэ, – эмээхсин эбэн биэрэр.
– Оччоҕо хайдах буолабыт? Торбос сонноох сылдьан эмискэ суккун сонноннохпутуна дьон хантан ыллахтарай диэхтэрэ, – Ылдьаана Тиэхээн диэки көрөр.
– Онуоха-маныаха диэри кистээн кэбиһэр инибит. Оттон бүүчээн ыытын куоракка ыытан атыылаттарыахпыт. Бүүчээн ыыта ыарахан сыаналаах буолуо.
– Бу киһи аны үп сиэри гынна дии. Тыалынан киирбит үп холоругунан тахсар диэн өс хоһооно баарын умуннуҥ дуо?
– Биһи уолбут дьону халаспатах. Көннөрү сирдьит, таһаҕасчыт буолбут. Ол аата үлэлээн ыллаҕа дии. Икки атах оннооҕор буолуох айыыны оҥорор ини.
– Манчаары кэлэн эмиэ уолбутун илдьэ барара буолуо. Бэбэһэ бэдэр мэйии бэйэтэ барсыа дуо, биһи уолбутун уган биэрдэҕэ.
– Бэбэһэ халбархай киһи. Ол уруккуттан биллэр.
Обун убайыттан Тиэхээнтэн уон сылынан эдэр. Оҕо эрдэҕиттэн аҕа туппут киһитэ. Убайа тылынан-өһүнэн даҕаны баһыйар. Уол киэһэ үлэтиттэн кэлбитигэр убайа мас-таас курдук эттэ:
– Аны Манчаары кэлэн онно-манна ыҥырдаҕына олох барсыма. Дьону халыыр, талыыр диэн, үрдүк таҥараҕа айыы, бар дьоҥҥо саат, чолобууда суукка буруй буолар. Манчаары тутуллан хаайылыннаҕына, эн эмиэ хаайыллыаҥ. Оччоҕо ойох ылыах буолбут кыыһыҥ кэлиэ суоҕа. Ону өйдөө. Таһыйдаҕына даҕаны тулуй. Эр киһи буоллаҕыҥ дии.
* * *Ыаллар сайылыктарыгар көһөн кэлбит саҥалара иһилиннэ. Биир үтүө күн Бүөтүччээн, саҥатык соҕус даба ырбаахытын кэтэн, Бүрүнэйгэ барда. Онно атаһын Охоноон уолу көрсүөхтээх.
Сайылык, алаас эҥин өҥнөөх сир симэҕинэн киэргэнэн, олус тупсубут. Кинилэр кыараҕас ыырдарыгар холоотоххо, алаас сир хонуута киэҥэ, киһитэ-сүөһүтэ элбэҕэ, үтүө дойду буоллаҕа. Күөрэгэй чыычаах саҥата дьырылас.
Алааһы ортолоон эрдэҕинэ ыттар үрдүлэр. Батыһан кэлбит ыта Моойторук кулгааҕын чөрбөттө. Инники иһэн тохтоото. Эргиллэн иччитин көрөн ылла. Иккитэ-үстэ «моҥ» диэтэ. Ити икки ардыгар икки ыт үрэ-үрэ утары кэллэ. Анараа ыттар ыты көрөн сэрэммит курдук туттан чугаһаатылар. Ыкса кэллилэр. Маҥнай сытырҕалаан көрдүлэр. Аргыый кутуруктарын хамнаталлар. Моойторук дьулайбыт көрүҥнээх, кутуругун купчуппут да буоллар, эмиэ сытырҕалыыр.
Күөт ыт арҕаһын түүтүн адаарытан көхсүн тыаһатта, тииһин көрдөрдө. Бүөтүччээн аны ыппын тутуохтара диэн «чөт» диэтэ. Ыттарга чугаһыы хаамта. Мас сытара буолаарай диэн көрүөлээтэ.
Эмискэ ыттар ардырҕаһа түстүлэр да охсуһан булумахтастылар. Моойторук уҥа-хаҥас харбыалаһан иһэн, мүччү ойон, дьиэтин диэки ыстанна. Кутуругун купчуччу туттубут. Дойдулаах ыттар эккирэтэн субуруҥнатан, үрүйэҕэ түһэрэн көстүбэт буолан бараннар, сотору төннөн, тылларын салыбыратан кэллилэр. Кыайбыт-хоппут көрүҥнээхтэр. Бүөтүччээҥҥэ кыһаммакка, дьиэлэрин диэки дыгыйдылар.
Дьиэҕэ киирбитэ – дьукаахтыылар бары кэлбиттэр. Оттон Охоноон уол баара көстүбэт. Бүөтүччээн ыалдьыт быһыытынан уҥа ороҥҥо кэлэн олордо.
– Тугу кэпсиигит? – Бүөтүччээн сиэр быһыытынан аан аһан кэпсэтэр.
– Суох. Эн кэпсээниҥ? – Быргый ийэтэ кыра уҥуохтаах чаҕаарыйбыт эмээхсин кэпсэтэр.
Дьиэлээх эмээхсин туох сонуннаахтарын, хайдах кыстаабыттарын, хас ынах төрөөбүтүн эҥин ыйыталаһар. Бүөтүччээн оҕо киһи быһыытынан хоруйдуур эрэ.
– Манчаары Баһылай эмиэ күөрэйэн ыалга ыалдьыттаабыт үһү. Ону истибиккит дуо? – Быргый Дьөгүөр оһох иннигэр сүгэ ытаһалыы олорон ыйытар.
– Суох. Истэ иликпит. Хайа ыалга сылдьыбытый? – Бүөтүччээн «ыалдьыттаабыт» диэн тылы көнөтүнэн өйдөөтө.
– Хоро нэһилиэгэр Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ ыалдьыттаабыт.
– Ол аата хайаабытый? – Бүөтүччээн тыл эҕэтин дьэ сэрэйдэ.
– Хайыай, ыган-ынан туран ампаардарын астарбыт уонна малларын халаабыт. Хата сэрэнэн олоруҥ, эһи ампааргытын алдьатан баайгытын халыаҕа.
– Оҕону хаадьылаама. Манчаары үрдүк өһүөлээхтэри өҥөйөр сурахтааҕа, – эмээхсин үүт кыынньаран ыалдьыкка иһэрдээри көһүйэҕэ кутар.
Бүөтүччээн атаһа суох буолан, кыынньыбыт үүтү иһэн баран дьиэтигэр төнүннэ. Дьиэтигэр кэлэн ытын чинчийэн көрдө. Эмсэҕэлээбэтэх. Арай муннун кырыытын сиирэ ытырбыттар. Моойторук иччитигэр кутуругун куйбаҥнатар, илиитин салаан «ньалып» гынна.
– Хайа туох сонуннаах ыалга сырыттыҥ? – Дьаакып оҕонньор уол киирэрин кытары ыйытар.
– Манчаары ыалы халаабыт үһү, – Бүөтүччээн сонунун иһитиннэрэр.
– Тыый! Кимнээҕи? – Мааппа этэрбэс абырахтыы олорон тохтоон, уолун диэки көрөр.
– Хороҕо Архыып Сүөдэрэп диэн киһиэхэ сылдьыбыт.
– Хайалара буоллаҕай. Сахалыы аатын эппэтилэр дуо? – оҕонньор лаппыйан ыйытар.
– Суох.
– Төһө эмэ таһыллар, көскө ыытыллар да кэһэйбэт, көммөт киһи эбит, – Байбал оһох иннигэр олоппоско олорор.
– Отуора алдьаммыт киһи буоллаҕа. Уонна тугу иһиттиҥ? – оҕонньор сиэниттэн эмиэ ыйытар.
– Уонна тугу да кэпсээбэттэр.
– Бэйи, мин бэйэм бара сылдьыыһыбын. Бу киһи тугу да иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа буолуо.
Оҕонньор ыалга баран, саас, өрүс хаайыан иннинэ, куораттан нууччалар тахсаннар, Манчаарыны тутаары уонча хонукка көрдөөн баран, булбакка төннүбүттэр үһү диэн сураҕы истэн кэллэ. Ол аата Манчаары эмиэ күөрэйбит үһү диэн кэпсээбиттэрэ кырдьык эбит.
Уонча хонук ааста. Манчаары туһунан сурах хас нэһилиэк аайы долгун курдук тарҕанна. Хаһан баҕарар сурах-садьык эбиилээх, күүркэтиилээх буолар. Ол ыалы халаабыт, бу баайы таһыйбыт, онно сылгы өлө сытарын көрбүттэр, манна ат сүппүт үһү диэн кэпсээн үллэҥнэтии. Ыалга ыалдьыт киирдэҕинэ туох ханнык иннинэ Манчаарыны сураһаллар.
Баайдар уйаларыгар уу киирдэ. Улахан баайдар ампаардарын үрдүгэр чуолҕаннардаах кыра мэҥэһик ампаар оҕотун туттара охсон, түүннэри-күнүстэри харабыллаах олороллор. Онно-манна ынах, сылгы сүппүтэ элбээтэ. Ону, Манчаарыга балыйтараары, нэһилиэк уоруйахтара бэйэлэрэ сииллэр быһыылаах диэн сэрэйдэллэр даҕаны, ким-хайа иннинэ Манчаарыны ааттыыллар.
Манчаары абаҕатыгар Чоочо баайга өстөнөр үһү, хаһан эрэ киниэхэ ыар ыалдьыт буолара буолуо дэһэллэр. Ыаллар кыра оҕолорун «Манчаары кэлиэ» диэн куттуур буоллулар.
* * *Бэс ыйын халлаана ардахтаах буоллаҕына, өҥ үчүгэй дьыл буолар. Быйыл ардах сири син бэркэ өҥсүттэ. Сир ийэ барахсан ардах түһэн аастаҕына ырааһырар, салгынныын чэбдигирэр. Ону билбит курдук чыычаах саҥата эмиэ элбиир. Быйыл сайын бырдаҕа аҕыйах буолла. Ону бэс ыйын саҥатыгар халлаан тымныйан бырдаҕа өллөҕө, кэҕиннэҕэ дэһэллэр.
Дьаакыптаах киэһэлик, дьиэлэригэр олордохторуна, эмискэ ыттара үрдэ. Охоноон уол кэллэҕэ буолуо дэстилэр. Баччаҕа кини кэлээччи. Сотору ыт тэскилээн баран тэйиччи туран үрэрэ иһилиннэ. Хайалара кэллэҕэй?
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.