bannerbanner
Дойду ахтылҕана
Дойду ахтылҕана

Полная версия

Дойду ахтылҕана

Язык: Русский
Год издания: 2018
Добавлена:
Настройки чтения
Размер шрифта
Высота строк
Поля
На страницу:
2 из 3

АЙМАХ ДЬОНУМ

(1949–1954)

ПАРТИЯ ТУһУНАН ЫРЫАКүөх мыраан күлүгэ аларга түһүүтэӨлүөнэ чэлгийэр биэрэгэр,Колхозтаах хочоҕо, бу дьоллоох дойдугаӨрүүтүн биир ырыа дьиэрэйэр.Сүрэхтэн тахсаллар ол ырыа тыллара,Ырыаҕа партия туойуллар.Аан дойду билбэтэх махтала, тапталаЭтиллэр ол ырыа тылыгар:– Уйгулаах олоххо, бу дьолго, көҥүлгэКоммунист партия тиэрпитэ,Баттанан олорбут сахаҕа, эбээҥҥэКэхтибэт кэскили биэрбитэ.– Туойуоҕуҥ, сахалар, кыайыыттан кыайыыгаТиэрдээччи партия сирдьити,Мэһэйтэн иҥнибэт, ыардартан чаҕыйбатКоммунист дуулаҕа кэккэтин.Кылбаарар кыыс кэрэ Өлүөнэм биэрэгэрОл ырыа сатарыы дуорайар.Колхозтаах хочобор ол көҥүл сахаларПартия сирдьити туойаллар.НУУЧЧАЛЫЫ МИН БИЛИИМЯ русский бы выучил только за то,что им разговаривал Ленин.В. МаяковскийМин сахабын.Мин ырыамСахалыыСатарыыр,Баай тыл – мин тылым,Ол эрээри ардыгар…(Ардыгар, атастар)Дьадайар,Тардыастыыр.Оччоҕо дууһабарОргуйар санаабынНууччалыы тобулан,Толорон туойабын,НууччалыыБаай тыллаах буоламмын.Долгуйбут дууһабарНууччалыы чочулланНомоҕон дорҕоотторТохтоллор,СахалыыСатарыыр туһугар!Мин ырыамСахалыыСатарыыр,НууччалыыМин тыллаах буоламмын,Аан дойду үөрэҕин,Аан дойду талаһар баҕатынБарытын истэбин,Барытын билэбин,НууччалыыТыл баайдаах буоламмын.НууччалыыСаҥарар буоламмын,Доҕордуу дьоннордуун,Негрдиин, маврдыын –Сүүс араас омуктуунСүбэбин холбуубун,Сүрэхпин холбуубун.НууччалыыСаҥарар буоламмын,Аан дойду көй үгүсЭйэни көмүскүүр дьонунуун– МИР! – диэммин билсэбин. –– Миру – мир! – дэһэбин.НууччалыыМин тыллаах буоламмын,Аан дойду эйэлээх дьоннороӨйдүүллэр мин тылбын.Нууччалыы мин тылым –Мин улуу Ийэ дойдумСүүс быраат холбоспут,Сүүс омук кэргэнэОхсуһар, үлэлиир,Кэпсэтэр баай тыла,Партия норуоттуун,Аан дойду дьонунуунКэпсэтэр күн тыла –Нууччалыы мин тылым!Күн Ленин нууччалыыҮөрэтэр, ыҥырар,Саҥарар баай тылынКөҥүлгэ тардыһар,Күн диэки талаһарАан дойду биһирии,Долгуйа иһиллиир.Нууччалыы мин тылым –Мин иккис эрчимим,Мин баайым,Мин кыаҕым,Мин өргөс кылааным,Мин көтөр кынатым –Нууччалыы мин тылым!Мин ырыам ардыгарНууччалыы чочулларСахалыыкүүстээхтик,Саҥатык,эрдээхтикСатарыыр туһугар.ЫРЫАЛАР НААДАЛАРПоэккаОо, поэт, эн ыллаа хабарҕаҥ муҥунан,Ийэ дойду саҥарар набаата буолаҥҥын,Биһиги үйэбит аар аатын арбыйан,Аан дойду сиксигэр тарҕанар хаһыынан!Уһуга биллибэт уйгулаах дойдубарКүөрэгэй чыычаахтыы көҥүллүк туйаарар,Биһиги олохпут мичилэ буоланнар,Буурҕаны мэҥэстэр ырыалар наадалар!Трактор көлөлөөх эдэркээн колхозтаахКүөмэйин муҥунан көтөҕөр ырыата,Сөрүүн киэһэҕэ сынньанар бөһүөлэкУоһуттан түһэрбэт дорҕоонноох ырыата!Ыанньыксыт дьахтарым чараҥым быыһыгарСанаатын долгутар сайаҕас ырыата,Эр-хорсун киһибит охсуһуу уотугарКүдэҕин көтөҕөр чаҕылҕан ырыата!Хаарчахтан хаайтарбат, мэһэйтэн иҥнибэт,Аан дойду сиксигин тыал курдук арҕарар,Хаһан да эргэрбэт, сир курдук чэлгийэрХотойдуу куорсуннаах хоһооннор наадалар!Кыргыска кырыктыыр, үлэҕэ көҕүтэр,Кыайыыга кынаттыыр, олоҕу киэргэтэр,Этиҥтэн эрчимнээх, көмүөлтэн күдэхтээхБойобуой ырыалар биһиэхэ наадалар!Бу ырыа сүрэҕэ, бу ырыа кыната –Тапталлаах партия норуокка саҥата!Ырыабыт хас тыла, төлөннөөх эрчимэСылаастык сатардын норуотун сүрэҕэр!ДЕПУТАТЫ АТААРЫЫДолгууса сыарҕаҕа көлүллэнТурдулар торуойка дьоруолар.Ыанньыксыт кыратык долгуйар…Ыанньыксыт айаҥҥа хомунар.Дьонноро кинини таллылар,– Депутат буол, оҕобут, – диэтилэр.Дьокуускай куоракка атаара,Дьонноро бүтүннүү кэллилэр.Дьүөгэлэр, ыанньыксыт кыргыттар,Кинини тулалыы көтөллөр,Доҕоттор, сылгыһыт уолаттар,Долгуйа сэмэйдик көрөллөр.Алаапый эмээхсин алаадьы,Ас астаан, ыһык диэн аҕалла.Доропуун «быһытын былаанын»Туруорсан көрөөр диэн туттарда.– Оҕобут, этэҥҥэ сырыт, – диэнОхоноос оҕонньор сүбэлиир:– Бар дьонуҥ баҕатын билэҕин,Барытын мунньахха кэпсээр, – диир.Намыйаан, кыыһынан киэмсийэ,Наҕыллык, намыыннык мичээрдиир:– Намчы да сарыннаах киһиэхэҮлэхпит үгүһүн баҕас, – диир.Долгууса сыарҕалаах дьоруоларДьоруонан түһэрэн бардылар.Депутат бэйэтэ салайар,Депутат кыратык долгуйар.Өйүгэр үгүс да былааннар,Сүүс киһи сүбэтэ түмүллэр…Дьэргэһэ, тэлимнии хааллыларТэтиҥнэр, чэпчэки тэтиҥнэр.ТУУНДАРАҕАТугу да тулуппатмуҥутуур буурҕаТуундара ньуурунсууйар,ыраастыыр.Тыынар тыыннаахтыын былдьаһыгар куотар,Ханна эмэхаспаҕы булан саһар.Силлиэлээх туундара оҕолоро бэлКылбары маҥан кырсалар кирийбиттэр…Буурҕаһыт курдук,буурҕаны быыһынанАрай ыт көлөлөрхарбаһан истилэр.Хоһуун айаҥҥакинилэри ким ыытта?Ханна сүүрдүлэрбу айылаах?Буурҕаҕа муммаккаыт көлөлөрТиийиэхтэрэ дуоол аналлаах,Кумах куйаарга чокуур тооромоһоСүтэрин курдук,киэҥ туундараҕаСоҕотох турар тордох ураһаҕа?!Ким,ханнык хоодуот сүрэхтээхХоһуун хотойдуу айаҥҥа турда?Кини бу туохмодун күрэхтээхТугу эккирэттэ,туохха дьулуста?Түргэн сыарҕаҕа бухатыыр буолбатах,Ыттары тиэтэтэркыыс оҕо саҥата.Намчы бэйэлээх,наҕыл быһыылаахДоктор иһэр,Мария Ивановна,Нуучча кыыһын талыы нарына.Кини Москваҕа үөскээбитэ,Москваҕа үөрэҕин бүтэрбитэ.КиниСаха сиригэр кэлэнБухатыырдар айаннарын айаннаата,Сахалары кытары кэргэнниһэн,Сахалыы саҥарда,сахалыы ыллаата.Норуот тапталынан кынаттанан,Норуот ытыктабылынан күүс салҕанан,Куттаммат буолла кини буурҕаттан,Аартыга суохтуундара айаныттан.Кинини көрсөллөр уһун суолугарБулчуттар,табаһыттар,балыксыттар.– Табаарыс! – диэн үөрэ тоһуйаллар,– Уйбаанабына! – диэн ытыктааныҥыраллар.Ханна эрэ ыраах,үрэх баһыгар,Булчут оҕото ыараханнык ыалдьыбыт.Онно Уйбаанабынаны ыҥырбыттар.– Абырыа, – дииллэр, – Уйбаанабынабыт!Тугу да тулуппат муҥутуур буурҕаТуундара ньуурунсууйар,ыраастыыр…Оҕону быыһаарыМосква кыыһаБуурҕаны быыһынанэрдээхтик айанныыр.СААСКөмүс сардаҥам түһэн сатыылаатаСөрүүнүнэн тыынар ийэ буорбар,Саҥа тыллар ачам салаатаХамсыы-хамсыы үүнэн барар.Этиҥ тыаһынан эҥсэн таҕыстыларӨҥ сонуоктарбар трактордар,Харыларын ньыппарынан, эдэр дьоннорСааһы көрсүһэ салайдылар.Саһыл сыһыыларга сайаҕас тыаллыынСааскы ыһыым күрэҕэ турда,Күннээх халлааҥҥа үгүс да чыычаах ыллыыр,Үтүө да күн үүннэ мин дойдубар!ЫАМҮрдүк түннүктээх титииккэЫнахтар кэбиннилэр,Ыан бүтүөххэ тиийбэккэ,Ньирэйдэр мөҕүстүлэр.Ньирэй ымсыырбыт хараҕарИйэтин минньигэс үүтэОйуулаах ыаҕайа айаҕарКөнньүнэн күүгэннии сүүрдэ.Имигэс-имигэстик имитэн,Наҕыл-наҕыллык тардыалаан,Ыанньыксыт үөрүйэх илиитэЫаммытынан хойуу үүтүнэнЫаҕас-ыаҕаһы толордо.Араҕас илгэнэн туоланТурдулар оһуордаах ыаҕастар,Ыллаан барда аныгы тылынанБыйаҥ туһунан сэппэрээтэр.Үчүгэйиэн саппыйа саадьаҕайНьирэй тигиилээн ойороЫрыа аргыстаах кыргыттардаахБаай колхоз сайылыгар.АТ СҮҮРҮҮТЭ(1948 с. күһүҥҥү сүүрдүү)Тыһыынчанан одуулуур,Айманар дьон хараҕарСаһыл кэрэ, дьаҕыл буулуурАт сылгы мөхсө турар.Ол ат үгүс сүүрдүүгэУлуус-улуус ааттаахтарынТаһыыра суох инникилээнТардыылаах диэн аатырбыта.Бүгүн Тардыылаах аатыгар,Тардыылаахтыын сырыһыннара,Оҥорон, чочуйан аҕалбыттарУон оройуон ааттаахтарын.Сыгынньах болгуо быччыҥаБыыра курдук быыппастыгас,Сыһыыга сыспай сиэллээҕиСыыдамынан сыһыарбатахСындыыс диэн Нам ааттааҕынСыһыары тутан аҕаллылар.Ньалака сиэлинэн оонньуу,Түөрт туйаҕынан охсуолуу,Кугас тураҕас СардамаХончоһуйан таҕыста.Сылгылар мээрэйдэһэӨһөстүк көрсүһэллэр.Чиччигинии мөхсө иһэнБиэтэккэ тэҥнэһэллэр.Былаах түстэ. Буор ытыллар…Хаҥыл хамсаныылар…Субурус гынан хааллыларОҥочо-куйаар кутуруктар.Айа кирсинии ууннулар,Ахсымнык кыырайа ойдулар.Илин тиийэн иэттэстилэр,Илин-кэлин түһүстүлэр.Көрөөччү дьон иһийэр,Онтон айдаан-ньиргиэр турар:– Ойоҕолоон эрэр Сындыыс…– Устатынан атта Сындыыс…– Таһыыр диэни билэ иликТардыылаах таһылынна…– Сардамаҕыт кимэр эбит…– Сындыыс тардылынна.– Бэйи, тохтооҥ, ТардыылаахМуҥурдана илик… ыраах!– Кимэн киирэр…– Эмэн эрэр…Трибуна силлиэрэр:– Тиһэх уста, – дэһэллэр.– Аттар атта…– Сындыыс холку…Биэтэк чугаһаата.Эрчимнээх ураа, ыһыы-хаһыыЭймэнийэ турдаҕына,Кутуругунан оонньуу-оонньуу,Куотан таҕыста Нам ааттааҕа.Тыһыынчанан ах бара сөҕөрДьон хараҕын ортотугарРеспубликам тимир көгөччөрАаттаах ата оонньуу турар.Барыта быччыҥ, сындаа, иҥиир –Мындыр маастар оҥоһуута,Үрдүк мындаата – тэбэр киил,Арҕаһа – халлаан кустуга.* * *Халлааны хайа суруйар,Халлааҥҥа тайанан турарКүлүмүрдэс үрдүк дьиэлэрКүн тахсыытыгар дьиктилэр.Мин хаамабын дьон бөлөҕөр,Бу аарыма тутуулары сөҕө.Мин дойдубар, Саха сиригэр,Үүнүөхтэрэ эбээт маннык дьиэлэр.Соҕуруу устар сэдэх былыттарКинилэр чыпчаалларын аалаллар.Былыттар устубаттар,бу дьиэлэр усталлар,Хараабыл буоланнар,хоту,мин дойдубар!* * *Взгляни на Кремль – и станет легче.Сильва КапутикянБыраатым барда…Соҕотох хааллымЧаҕылхай Москва биир чуумпу хоһугар.Тулабар – көр,уйгу,таһырдьа үчүгэй,Оттон мин чуумпуга соҕотох олордум.Дойдубун санаатым:Чысхааннаах эрээри,чаҕылхай халлааннаах,Тэйиччи эрээри,бу турар аартыктаахДойдубун,дьоннорбун,көһүтэр үлэбин.Ахтылҕан ырыата,Тэһийбэт санаалар,Нап-намыын долгуйуу дууһабынкуустулар…Мин турдум.Арыйдым сабыылаах түннүкпүн:…Киэһээҥҥи Москваиннибэр дьиримниир.Көҕүтэр күйгүөрэмуоралыы ньирилиир.Кремль…Ол онно улахан дыбарыасДьикти сымнаҕас сырдыга сыдьаайар,Рубин сулустарМосква үрдүнэнЫҥыра, уруйдуу,көҕүтэ турдулар.Москва…Оо, дьикти…Мин санаам дьэгдьийдэ,Мин ырыам ыбыста,ахтылҕан сайҕанна.Мин биллимМосква миэхэ кэрэтин,Мин тоҕо өрүүтүнкиниэхэ кэлэрбин.МЕТРО ТУТААЧЧЫТАИскусство оҥоһуутун көрө-астына,Норуот күүһүн сөҕө-махтайа,Биһиги турабытсир түгэҕин дыбарыаһыгар,Москва метротун биир станциятыгар.– Ким бу бэйэлээх күрбэ мыраамарыСүгэн-көтөҕөн дьаптайбыта буолуой,Ким уустук хараҕа,ким нарын тарбаҕаОйуулаан-оһуордаан оҥорбута буолуой,Атах сылайарбу киэҥ киэлийэлэрин,Харах саатарбу килбиэннэрин?!– Биһиги, – диэтэкыһыл бэргэһэлээх,Куорма таҥастаах контролеркыысчаан, –Биһиги оҥорбуппут – комсомольскайбиригээдэ…Мичээрдии турдаметро тутааччыта.ПУШКИН ПАМЯТНИГАТверской бульвар мастараДьикти кэрэлэр, ырыа курдуктар.Уран тыл аптаах маастараУлуу Пушкин онно турар.Кини турар ньургун бэйэтэ,Нуучча норуотун ытык ыччата.Өрүү эдэр, өрүү эрдээх,Өрүү будьурхай баттахтаах.Кини кырдьыбат айымньылараМин дойдубар, Саха сиригэр,Убай уруйунуу үөрэтэ, ыҥыра,Сахалыы сатараан тэнийэллэр.Кинини ааҕан, киниэхэ үөрэнэнСахалыы мин ырыаһыт буолбутум,Ол иһин бүгүн манна кэлэмминКинини кэриэстээн сөҥөн турдум.Уран тыл аптаах маастараУлуу Пушкин тыыннаах турар.Тверской бульвар мастараДьикти кэрэлэр, ырыа курдуктар.* * *Бэҕэһээ улахан үөрэх дьиэтиттэнБиир студены атаардыбытСаха сиригэр.Москва, ийэ кэриэтэ,Итиитик да атаарар эбитИиппит дьонун:туох баарМөлүйүөн сырдык уоттарынанУмнуллубаттык сандаарар,Баҕарбыкка дылыол уол бу сырдыгыДууһатыгар иҥэрэнилдьэригэрОл ыраахСаха сиригэр.Ол уол турдауон этээс үрдүгэрУлуу Москвалыын бырастыылаһа:– Бырастыы, – диэтэ, – иитиллибитбиһигим… –Киэн туттар долгуйбут куолаһынан,Уруйдуур курдук, андаҕайар курдук.Оттон Москваалгыстаах сырдыгынанАтаара хааллаол саханы.ЛЕНИН ХАЙАТЫГАР…Күн төрүүр көмүс хайата…Саха олоҥхотуттанМоскваҕа Ленин хайатыгар тутулларАан дойду бастыҥ үөрэҕин дьиэтигэрМин көрсүбүтүм бу дьиэни тутуһарКырдьаҕас маастары үлэ үгэнигэр.Бу дьиэни тутуһар дьолломмутун туһунанМиэхэ кэпсээбитэ кырдьаҕас маастар:– Тутабыт, – диэбитэ, – партия ыйыытынан!Киэн туттуу баара кини куолаһыгар.– Манна дуо, доҕоор? Атом араас диэн кыра.Манна иккис күнү төрөтүөхтэрэ,Эн дойдуҥ дьыбар-чысхаан, муус кырыа,Тымныы айылҕатын ириэриэхтэрэ.Манна кэлэн дьоллоохтук үөрэниэхтэрэЭн хара харахтаах ыччаттарыҥ.Күнү төрөтөргө, айылҕаны кыайан,Муустаах муора мууһун ириэрэргэ.Кэлэр үйэлэр кэскиллэрин тэрийэ,Кини турара кирпииччэ быыһыгар,Үрүҥ бытык быыһынан мичилийэ,Күөх хараҕа эдэрдии чаҕылыйа.Москваҕа Ленин хайатыгар тутулларУлахан университекка тураммын,Өйдүү түстүмСаха норуотун номоҕор ахтылларКүн төрүүр көмүс хайатын.* * *Бухара эмирэ аатыранОлорбут дыбарыас дьиэтигэр:– Табаарыс, биһиэхэ таарыйан,Сөрүүкээн, тохтоон аас, – диэтилэрОл эмир сөрүүкүүр сиригэр.Кэлтэгэй ыйдары бысталаанКиэргэппит хосторун аайытын,Гаремҥа көрбүтүм баай талаанУус-уран илиитин айыытын:Илиҥҥи истиэнэ ойуутун.Ол ыйдар бүтүннүү көмүстэр,Үксүн да илиҥҥи сибэкки…Ол онно уруйдуу көрүстэСаханы сынньанар эбэҥки,Грузин, белорус, кореянка.Баттанан олорбут хараҥаУон омук дьолломмут дьоннороКөмүһү ыһыахтыыр фонтаҥҥа,Күлүккэ сөрүүкээн олорон,Туойбуппут дойдубут туһунан.Мин дьиэбэр хойутаан барабын.Бу үөрүү өрөгөй үөһүгэрКэм-кэрдии ааһарын умнаҕын:Кавказка уу нуурал киэһэлэрСөрүүннэр, этиэхтэн кэрэлэр.Бухара эмирэ аатыранОлорбут дыбарыас дьиэтигэрСаханы атастыы атааран,Уон омук маанытын сиэринэн,Уруйдуу, ыҥыра истилэр.ЛЕРМОНТОВ ОЧУОһАДьон булан ааттыыллар:Биир тылга дириҥ суолтаны,Бүтүн хартыынаны биэрэри сатыыллар.Көр бу очуос аарыманы:Ама суох диэҥ дуо поэты санатарТуох эрэ үрдүк, туох эрэ дириҥ?!Халлааҥҥа харбаһар,Халлаанныын хатыһарМодун күүс баар буолбаатБу турар таас бухатыырга?!РИЦА КҮӨЛГЭКырдьаҕас Кавказ хаардаах арҕаһыгар,Сир дьикти муннугар ытынным.Бу күөл сүрэҕи сөрүүкэтэрТымныы салгынынан тыынным,Дьэҥкир ыраас уутунан сууннум.Бу ырайы, бу күөлү Рица диэнКыыс нарын аатынан ааттаабыттарУонна ол кыыс уобараһа өлбөтүн диэнНоруот номоҕо, ырыа оҥорбуттар.Рица кимин, кини мөссүөнүнҮйэлэр саба халыйбыттар…Ол эрээри бу күөлгэ көрөбүнКини бу хайалары сырдатарКэрэ бэйэтин, хаарыан хараҕын,Бу күөллээҕэр дириҥ, бу халлааннааҕар үрдүкКини өлбөт үйэлээх тапталынЭдэр сүрэхпинэн таайабын.* * *Кэпсээ, кэпсээ, мин саҥа доҕорум,Таптыыр дойдуҥ – Грузия туһунан.Эн тылгын барытын билбэт да буолуум,Син биир сэҥээрэн, истэн олоруом.Таас үрэх дохсун күүрээнин тыаһа,Соловей тойуга, хайа тыала,Кыыс ырыата ардыгар дуорайар –Барытын истэбин эн куоласкар.Оттон хараххар муустаах чыпчаалларКөмүстүү килбиэннэрэ чаҕыллар,Арыт көстөллөр роза сыһыылар,Күн уоттаах садтар, үрүҥ куораттар.Көстөн кэлэллэр сэргиир санаабарКуба кыргыттар, хотой уолаттар.Кэпсээ, кэпсээ, мин саҥа доҕорум,Син биир өйдүөм – грузинныы да буоллун.ӨЛҮӨНЭ ЭБЭКЭММин күнү көрбүтүм,Мин манна үүммүтүм –Бу налыы сыһыыбар,Бу чараҥ аларбар.Үөрэниэххэ, үүнүөххэҮчүгэй да дойду,Үчүгэй да дойду –Өлүөнэ эбэкэм.Мин үлэ үөрүүтүн,Мин олох күндүтүнБилбитим чэлгийэрБу кытыл сирдэрбэр.Үлэлиэххэ, үөрүөххэҮчүгэй да дойду,Үчүгэй да дойду –Өлүөнэ эбэкэм.Мин сырдык тапталбын,Мин хоһуун хотойбунБулбутум, сэгэрдэр,Бу өрүс биэрэгэр.Үрдүк таптал биһигэ,Үчүгэй да дойду,Үчүгэй да дойду –Өлүөнэ эбэкэм.Дьолунан толору,Үөрүүнэн ситэри –Ким маннык дойдунуТаптаабат буолуоҕай?!Үтүөкэн дьоннордоохҮчүгэй да дойду,Үчүгэй да дойду –Өлүөнэ эбэкэм.ЫһЫАХХА ЫҤЫРЫЫСибэккинэн симээммит,Сэлэ чэчир астыбыт,Үрүҥ астаах сири иһитТүһүлгэтин тартыбыт.Саамал кымыс ыһыаҕар«Сайдыы» колхоз ыҥырар.Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!Оонньуулаахтыын оонньоһорУолан дьоннор үгүстэр,Кыраһыабай оҕолор,Кыргыттар да дэлэйдэр.Көрдөөх эдэр киһиэхэКөр-нар дэлэй биһиэхэ.Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!Олоҥхоһут оҕонньорОлбох булан олорор,Сэлэһэргэ бэлэмнэрСэргэх сээркээн сэһэннэр.Сайдам-дьэллэм киһиэхэСолун элбэх биһиэхэ.Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!Кытыт сылгы кымыһаКырылаччы кутуллар.Субай, харта сокуускаСойон, тупсан тураллар.Аҕам аһас киһиэхэАс-үөл дэлэй биһиэхэ.Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!Асчыт талыы кыргыттарАйах тутан күүтэллэр,Тустуук, быһый уолаттарДоҕоттору кэтииллэр.Уйгу-быйаҥ ыһыаҕарУлуу колхоз ыҥырар.Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!ТУТУУ ЫРЫАТАСаҥа тутуу таһыгарСардаҥаны көрсүһэ,Ыллаан-туойан баралларЭрбии, сүгэ, өтүйэ.Салгын, саҥа бэс сытаСайан киирэр сүрэххэр,Үчүгэйин тутуу тутаҮлүмнэһэ туруохха.Устурууһум көөбүлэТохтобула суох көтөр.Айар-тутар көх үлэЫрыа буолан дьиэрэйэр.Эмэҕирбит дьиэ сууллун –Эргэни аһыммаппыт,Бэтилиэткэ толоонунСаҥанан сандаардыахпыт.Суоруллубут тииттэримСолотуулаах курдуктар,Ыпсарыллан, килбэйэн,Истиэнэлэр үүнэллэр.ХОДУһАҕАОхсуллубут күөх от сытаХодуһаҕа тарҕанар.Отчут дьүөгэ кыргыттарҮрүҥ туллук курдуктар:Үөмэр-чүөмэр хаамсаллар,Өгүрүк-төгүрүк көрөллөр.Уһун субуу, сыыр курдук,Утуу-субуу тардыллар.Массыынаһыт кыргыттарМаҥан туллук курдуктар:Элэҥнэстэр, түргэттэр,Имигэстик тутталлар.Үчүгэйин күөх сайынҮүнүүбүтүн хомуйар!Үлэлии сылдьар кыргыттарҮрүҥ туллук курдуктар:Үөрэ-көтө туойбуттар,Өгүрүк-төгүрүк көрбүттэр.КИНИ ДИИЛЛЭРОһуокайга оҕо дьоннорОонньуулара тахсыбат,Сырдык дьиэттэн эдэр дьоннорХарахтара арахпат.– Кимий? – диибин,– Кини! – дииллэр,Кими эрэ кэтииллэр.– Тугуй? – диибин,– Тулуй! – дииллэр,Тугу эрэ кистииллэр.Дьоннор бары бэркиһииллэр,Бары үөрэ кэпсииллэр:– Кини манна кэлиэ, – дииллэр,Кими эрэ кэтииллэр.– Кимий? – диибин,– Кини! – дииллэр,Кини аатын эппэттэр.– Тугуй? – диибин,– Тулуй! – дииллэр,Тугу эрэ кистииллэр.Ферма дьиэтин сырдык аанаАһылларын кытары:– Иһэр, – дииллэр талыы-мааныЭдэр кыыһы дьон бары.– Кимий? – диибин,– Кини! – дииллэр, –Кэрэхсэллээх киһибит;– Тугуй? – диибин,– Герой! – дииллэр, –Туйгун киһи, ыанньыксыт.БУЛЧУТХара бараан кыыс ахтар,Хараҕа мичилийэ,Күн-түүн улам ыраатарКүндү сэгэттэйин.Ол уол үгүс үрэхтэри,Киэҥ Сибиири тэлэр,Булт сойуотугар киниСир сиксигэр тиийэр.Алдаҥҥа тахсан тииҥниир,Сиинэҕэ саһыллыыр,Сур бөрөнү сойуолуур,Токоҕо саарбалыыр.Ханна да күндү киһи –Бар дьон үөрэ көрсөр.Кырдьаҕас дьоҥҥо киниОҕолоро буолар.Оттон кэрэ кыргыттар,Илиилэрин биэрэннэр,Эҕэрдэлии көрсөллөрМинньигэс мичээринэнУонна уһун суолугар,Уйадыйа ыллыы,Сайыһа хаалаахтыыллар,Саҥата суох алгыы.АЛААСКА, МИН ЫАЛЛЫЫ КОЛХОЗПАРАлааска, мин ыаллыы колхозпар,Аатырбыт сылгыһыт киһи баар,Ол киһи хотойдуу хараҕарДууһабын туттардым быһыылаах.Кынаттаах туус маҥан атынанКытылбар көтүтэн ааһарын,Санааргыы, бүтэйдии сайыһа,Саҥата суох көрөн хаалабын.Оһуокай саҕалаан чоргуйан,Оҕуйа-доҕуйа дугунан,Үҥкүүлээн битийэн барарынҮөрэ дуу, сөҕө дуу көрөбүн.Кинини мин илэ көрдүүбүн,Кинини мин түһээн көрөбүн,Суоҕугар бүтэйдии ахтабын,Баарыгар тылбыттан матабын.Үчүгэй хараҕын алыба,Үчүгэй түүл курдук, манньытар,Тапталы мин билэ илигим…Тапталым ама эн инигин?!ЫЛЛАА, ЫЛЛАА, ДОҔОчЧУГУОМЫллаа, ыллаа, доҕоччугуом,Ыйдаҥа киэһэ буолла,Өрүс нарын долгуннарынУҥуоргу тыаҕа үүрдэ.Ыллаа хайдах кэрэ кыыһыБулчут уол таптаабытын,Тапталын кыыс таайымынаБулчуту муҥнаабытын.Ыллаа уол кыыс билиниитинӨр да өр кэтэспитинУонна сэрии силлиэтигэрТапталын илдьибитин.Ыллаа онно буойун киһиЭрдээхтик кыргыспытын.Ол кыыс сырдык мөссүөнэСэриигэ сылдьыспытын.Ыллаа сэрии хонуутуттанЭргийэн уолбут кээлтин,Кинини кыыс көрсүбүтүнМинньигэс мичээринэн.Ыллаа, ыллаа, доҕоччугуом,Ыйдаҥа киэһэ буолла,Нарын таптал тойугунанТаптыыр сүрэҕим туолла.АТААРЫЫКүн киирэн айан суолунКиэһээҥҥи барык сабар.Кыыс ыраах барар уолунАтаарар чааһа буолар.Кыыс: «Кэлээр, күндү сэгэр,Кэһиилээх күүтүөм», – диэтэ.Онуоха уол ыйытар:«Ол тугу ууруоҥ этэй?»«Мин уурсуом үлэм үрдүкКыайыылаах таһаарыытын,Мин уурсуом үрдүк үүнүүМинньигэс алаадьытын».Сиэттиһэн аргыый аҕайСөрүүҥҥэ хаамар бэрдин,Араарар айан суолаЫраата түспэт буолан…Кэпсэтэр түгэн кэмчи…Уол кыыһы аргыый кууста.«Көһүтээр, кэрэ киһим,Хайаан да кэлиэм!» – диэтэ.ЭДЬИИЙДЭРИЭМ, КЭРЭ КЫЫС…Эдьиийдэриэм, кэрэ кыыскими көһүтэрий?Суолга күдэн көтөрүнтоҕо кэтэһэрий?Күүтэр дуу таптыыр сүрэхсэмэй биллэриитин,Биитэр ыраах сиртэн иһэрэдэр сэрииһитин?Тоҕо кини үлэҕэөрүү инникиний?Тоҕо «эйэ» диэн тылыордук биһириирий?Эдьиийдэриэм, кэрэ кыыскими көһүтэрий?Тоҕо эйэ ырыатынуоһуттан түһэрбэтий?ЫРЫААлдан көмүһүн килбиэнэАралыйдаҕа диэбитим,Арыылаах алаас киэҥ иэнэАлтан отунан симэммит.Нарын бэйэлээх хатыҥымНамылыйдаҕа диэбитим,Тапталлааҕым, наскыйаТаспар турбут эбиккин.Тумат кырсатын уорҕатаТуналыйдаҕа диэбитим,Туус маҥан туман былаатыҥТуртас гыммыт эбит дии.Сиинэ кэрэмэс саһылынБочугураһа дуу диэбитим,Долгуйар уһун суһуоҕуҥТолбоннурара эбит дии.Тумара үрүҥ туллугаЧуоҕустаҕа дуу диэбитим,Кэчигир чараҥ тиистэриҥМичилийбиттэр эбит дии.Күөх тыам тыллаах чыычааҕаКүйгүөрдэҕэ диэбитим,Хомус холоонноох куолаһыҥКутуллан эрэр эбит дии.УОЙ, ОҔОЛООР, ИСТИҤ ЭРЭОмурҕаҥҥа тахсан иһэнУол бээһээ миигин ситтэ.Эмискэччи: «Иһит эрэ,Этэрдээх этим…» – диэтэ.Онуоха мин кыбыһынным.– Ол тугуй? – эрэ диэтим.Уонна бэйэм улаханныкУйадыйа иһиттим.– Уой, оҕолоор, истиҥ эрэУол миэхэ тугу диирин:Үрүмэчиис, дьикти кэрэҮрүмэччи үһүбүн.Хапсаҕайбар хараҥаранХарыаста сылдьар үһү,Уран ньуурбар умсугуйанУтуйбат буолбут үһү.– Үлэһитиҥ бэрдинэнӨйбүн сүүйдүҥ, – диэхтээтэ. –Амарахчай сүрэххинэнАбылаатыҥ! – диэхтээтэ.– Уой, оҕолоор, истиҥ эрэУол миэхэ тугу диирин:Күн сиригэр миигин эрэКүүстээхтик таптыыр үһү.«ҮҮНҮҮ» КОЛХОЗ КЫЫһАБЫНҮүттээх сүөгэй далбардаах«Үүнүү» колхоз кыыһабын.Тэтэгэркээн имнэрдээхДьэбдьиэйдэрэ буолабын.Ынахтаабыт ынаҕымЫаҕаһынан үүттэнэр,Ньирэйдээбит ньирэйимТөлөһүйэ мөлбөйөр.Умсугуйбут уолчаанымУдаарынньык буолаахтыыр,Таптаабыччай уолчаанымНаҕараада ылаахтыыр.Саҥарбыччай саҥакамСанньыйбыты саататар,Ыллаабыччай ырыакамЫтаабыты ыматар.Үүттээх сүөгэй далбардаах«Үүнүү» колхоз кыыһабын.Тэтэгэркээн имнэрдээхДьэбдьиэйдэрэ буолабын.ДОҔОРУОМ, ДАБАЙ КҮӨХ СЫЫРДАРГЫНДоҕоруом, дабай күөх сыырдаргын,Мырааҥҥа көрүс күн тахсыытын.Эн өрүү инники сырдыыгын,Эн өрүү сүрэхпэр ыллыыгын.Хараҥа кэрэ да киэһэлэр…Халлааҥҥа сулустар хойдоллор:Эйигин, эйигин кинилэрЭтэргэ, кэпсииргэ дылылар.Сылаас тыал иэдэспин бигииринЭн тыыныҥ кэлэр дии саныыбын,Өрүллэр сүүрүктэр тыастарынЭн көмүс куоласкар холуубун.Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын,Мырааҥҥа көрүс күн тахсыытын.Эн өрүү инники сырдыыгын,Ол иһин, ол иһин таптыыбын.МИН ЫЛЛЫАХПЫН БАҔАРАБЫНМин ыллыахпын баҕарабын,Үлэҕэ, охсуһууга киирсэр күҥҥэрЫҥырар ырыам илгэлээх тылаКөтөҕөр чэбдик сэниэ буолан,Эккин-хааҥҥын сайар гына.Мин ыллыахпын баҕарабын,Арыт санньыйар курус күҥҥэрЫллыыр ырыам сырдык тыла,Ахтар алааһыҥ чараҥа буолан,Айгырыы хамсыы түһэр гына.Мин ыллыахпын баҕарабын,Мунаахсыйар күннээх буоллаххына,Сырдыы сыдьаайар кыымнаах тылбынҮрдүккэ ыҥырар, кырдьыкка дьайарЫраас сырдык эркээйи гына.Мин ыллыахпын баҕарабын,Күлэр-үөрэр көрдөөх кэмҥэрСайаҕас санаам дьэллэм тылаДьолу толорор, санааны сайар,Үрдүк үөрүү чолбоно гына.Мин ыллыахпын баҕарабын,Ыллыыр ырыам хас биир тылаӨйгөр иҥэн, сүрэххэр сөҥөн,Үйэлээх сааскар өйөбүл буоларӨлбөт үйэлээх уобарас гына.* * *Эн дууһаҕар биир хара мэҥ,Эн өйгөр биир өлбөөркөй санааХаһан да хонон ааспатаҕын,Хаһан даҕаны сыстыбатаҕынКэпсииллэр эн сырдык харахтарыҥ.Оттон эн күн уота саһарпытСайаҕас сирэйиҥ, имигэс илииҥЭн чиэһинэй улахан олоххун,Эн кимҥэ, эн туохха холооннооххунЭҥкилэ суох ситэри кэпсииллэр.* * *Нарын да нарын, дириҥ санаалаахХаһан да умнуллубат ырыаныАахпыт курдук мин саныыбынЭйигин,эйигин көрсүөхпүттэн ыла.Ол ырыа номоҕон,умсулҕаннаах тылаКүнтэн күн тупсарга,сырдыырга дылы.* * *Эйигин мин өйдөөтөрбүн эрэЛермонтов баарыһын саныыбын:Будулуйар муора күөх күдэнигэрЫрааттар ыраатан туртаҥныырын.Мин ахтылҕаным атына диэнЛермонтов курдук мунчаарбаппын:Эн тугу хаалларан, тугу эккирэтэнТуох туһугар ыраах айанныыргынБарытын билэбин, барытын сэрэйэбин.Эйигин миигиттэн тэйитэр айаныҥЭйиэхэ миигин ордук чугаһатар,Ол иһин эн хоһуун уобараһыҥЛермонтов баарыһын санатар.* * *Былыр, оҕо сылдьан, мин саныырымМин тапталым хайдах буолуохтааҕын.Эйигин санаабынан сабаҕалыырым:Бу маннык таһаалыырым, бу маннык харахтыырым.Ол эрээри оччоҕо, оҕо буоламмын,Эн мөссүөҥҥүн толору туойбатахпын:Эн субу маннык күн дууһаҕын,Эн субу маннык үрдүк олоххун.* * *Мин эйигиттэн, көссүө да көссүө, нарын киһиттэн,Тоҕо эрэ олус толлобун, кыбыстабын:Мэник бэйэм сиргэ тимирэбин,Тыллаах бэйэм тылбыттан матабын.Тоҕо итинник буолбуппун билбэппин…Бэйэҥ эмиэ эппэккин. ЭппэккинМин сүрбүн баттыыр кистэлэҥҥин.* * *Мин эйигин «холбоһуох» диэтэхпинэ,Дьиибэргии көрүмэ, элэктээмэ,Мэнигилээн айахха киирбиччэ,Үтэн-анньан этэр диэмэ.– Холбоһуох, – диэммин мин, – тэбис-тэҥҥэИлии тутуһан айанныах, – диибин. –Үчүгэйи-куһаҕаны тэҥҥэ үллэстэн,Бэйэ-бэйэбитин өйөһүөх, – диибин.Иккиэн үлэлиэхпит таптыыр идэбитинэн,Инники дьулуһуохпут күүс тиийэринэн,Олох хаамыытыттан харыс да хаалбаккабытОлох олоруохпут, ырыа да ыллыахпыт.Мин эйигин «холбоһуох» диэтэхпинэ,Тэбэнэттээхтик күлүмэ, дьиибэргээмэ.* * *Мин холус, мин сэмэй ыҥырыыбар хоруйдаан,– Хаһан? – диэт, төбөҕүн санньытан,Кыбыстан турбутуҥ бу баар санаабар,Эйигин ахтар мин сырдык чаастарбар.Күннээх Сэргэлээх алардара, сыһыылараЫччат ырыатынан күйгүөрэ турбуттара.Биһиги эдэр сааспыт дьикти романтиката –Афишаҕа тэлээрэрэ Чапаев буурката.Эн, нарын киһи, кыбыстыбыт санааҕарКытара кыыспыттара эдэркээн иэдэстэриҥ.Аһаҕас уолуктаах комсомольскай куоптаҕар«КИМ»-иҥ значога хамсыы илигириирэ.Умнуом дуо эн кыргыылаах баттаххарДэлэгэйдик тохтор ол күн саһарҕатын,Маҥнайгы таптал аан бастаан уһуктан,Эн сүрэҕиҥ: «Хаһан?..» – диэн саҥарбытын?!* * *Мин ааспыт олохпун эргитэ санаатахпына,Эн тураҕын мин хараҕым иннигэр.Мин эдэр олоҕум хас биирдии күнэМин тапталым килбиэнинэн киэркэйэр.Биир хомолто куруһа, биир үөрүү мичилэЭн биһиэхэ иккиэммитигэр тосхойор:Үөрүүбүт үгүс – икки киһиэхэ тиксэрэ,Иккиэ буоламмыт хомолто хоппот.Эйигин, мин олоҕум сырдык аҥаарын,Илдьэ сылдьабын сүрэхпэр иҥэрэн.Эйигинэ суох сатаан санаабаппынАаспыппын,бүгүҥҥүбүн,кэлэрбин.СААСКЫ КИЭһЭЧэлгийэн эрэр чараҥ лабаатыгарКиирэр күн килбиэнэ түстэ.Сыһыы саҕатыгар күөх от сыта халыйар.Кэрэ да киэһэ.ӨрүскэХойутаабыт хаастар хаһыытастылар.Кэрии тыаҕа кэҕэ саҥатаЧугаһаан кэлэр, ыраатар.Кулууп таһыгар кыргыттар ылластыларСайын туһунан, таптал туһунан.…Хонууга тураммын, хомойо санаатымУон аҕыстаах уолан буолбатахпыттан.* * *Урут төрөөбүттэр поэзия кэрэтин,Биһиги, билиминэ улааппыппыт,Ойуулуур идэҕэ эмиэ үөрэммэтэхпит,Музыкаттан төрүт да маппыппыт.Оттон бүгүн түөрт саастаах саха киһитэПушкин поэматын өйүттэн аахта,Бетховен сонататын сэттэлээх эдьиийэУон тарбаҕынан оонньоон сыналытта.Итини истэ-истэ, ким саарбаҕалыаҕайБиһиги ыччаппыт үрдүк аналлааҕар?УЛУУ НОРУОТ СҮРЭҔИН СЫЛААһА[3]Советскай норуоттар кэргэннэригэрСахам тыла барҕара сайынна:Сахалардыын сахалыы кэпсэттэЕвгений Онегин – Нева ньургуна.Татьяналыын комсомолка кыргыттарЧараҥҥа нарыннык ылластылар,Алаас аайы Ленскэй ариятаСахалары уйадыта дуораһыйар.Улуу Пушкин лыҥкынас ырыатаСахалыы сатараан тарҕанна.…Толстой Анната ыар трагедиятынМин төрүт тылбынан муҥатынна.Революция өргөстөөх тыллааҕаМаяковскай сахалыы саҥарар.…Улуу норуот сүрэҕин сылааһа,Күн санаата сахаларга сыдьаайар.БИһИГИ НЬУКУЛАЙБЫТ(Оҕонньор олоҕуттан үс түбэлтэ)Аҕыс уон сыл кыстык хаарынКим кыайан күрдьүө баарай!Чахчы бааччы кырдьыбытБиһиги Ньукулайбыт.1Былыт саппыт былыргытынОҕонньоттор кэпсииллэр.– Ыраахтааҕы, баай былааһынЫар кэмигэр, – дэһэллэр,– Тыаны, ууну мамырыйан,Талбытынан дьаһайан,Бу сир бастаах сиһэ буолан,Аҥаардастыы аатыранУлуу кулуба оҕотоУордаах тойон олоорто.Кини диэтэх уу ньуурун,Уоттаах хараҕын утаран,Туруулаһан кэпсэтэр,Дьохсооттоһон мөккүһэрБиһиги сирбитигэрИкки атах суоҕа, – дииллэр.Ханнык диэбит хардааччыларУоттуун-күөстүүн умуллаллар,Бэл-бэл диэтэр иһээччилэрТоллор, куотар үһүлэр.Оччолорго бу НьукулайОтут уолан саастааҕа,Сытыы, модьу, кус быһыйСылгыһыт уола ааттааҕа.Арай биирдэ уордаах, улууТойон аатын ааттааннар,Күөн көрсө диэн арҕаа улуусАаттаахтара мустаннар,Ат сүүрпүттэр,Онно туранБиһиги НьукулайбытСүүрдүбүт ата кыайтаран,Быдан хаалан тахсыбыт.Кыһыытыгар уордаах тойонТаптыыр атын кырбаабыт,Оннооҕор ордук уордайанНьукулайга хайыспыт.Өксөкү курдук үөгүлээн,Хахай курдук хаһыытаан,– Сыакаар! – диэн үөҕэн, сэмэлээн,Сынньан барбыт, куолутунан.– Онуоха, – дииллэр, – НьукулайОлох диэн уолуйбатах.– Оргууй! – диэбит. – Тохтоо, туолуй!Мин атаҕым кыайтарбата.– Тыллаах-өстөөх… АбаккабынКөрдүгүөт-көрбөтүгүөт… –Харса суох кулаан барбыт…Ньукулай холку үһү.Тайаҕынан сырбаппытынТайаҕын тосту саайбыт,Куортугунан далайбытынКуортугун былдьаан ылбыт.Күрдьүөттэһэн туран баранТойон хат санамматах,Киһи эрэ буоллар кыайанКини иннин ылбатах.Ол иһин харса хааныттанУон улуус дьулайбыта,Албан аатын ойуун ааттаахКырыыска туруорбута.Уолан дьоннор үөскээбиттэрОнтон ыла улууска,Баайдар да син дьон эбиттэр,Туруулаһан турдахха.Оччолорго отут саастаахУолан киһи эр бэрдэ –Ньукулайбыт хандалыттанТайҕаҕа күрээбитэ.Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,Оҕонньор аатырдаҕа,Олорбут дохсун олоҕоОстуоруйа буоллаҕа.2Аҕыс уон сыл кыстык хаарынКим кыайан күрдьүө баарай!Чахчы бааччы кырдьыбытБиһиги Ньукулайбыт.Бодойбо хааннаах күннэринКөҥүл норуот умнубат,Ол күннэр киэҥ күүрээннэринӨтөр-өтөр ахтыбат.Баһан ылар көмүһүнэнАатырбыт ӨлүөнэҕэСоҕотох Барон[4] тойон этэУонунан бириискэҕэ.Уһуга суох кыһалҕаҕаСаллар сааһын баратан,Угаардаах, сииктээх шахтаҕаБарон баайын хаҥатан,Отут тыһыынча үлэһитКөлөһүнүн тоҕоро,Аччыктаан, үлэ ыарыттанМуннук аайы тоҥоро.Сууйар баһыы көмүстэрэСоҕотох барон сиэбигэр(Оччотооҕу сокуон сиэрэ!)Кэпсэтиитэ суох киирэр.Сиҥнэн эрэр симиэбийэ,Бадарааннаах бараактар,Тыһыынчанан аҕа, ийэТыыннаах эрэ олоортор.Үлэһит муҥун, эрэйинАймах дьоннуу үллэстэн,Үлэһит норуот сиэринэн,Биир санаанан, сүбэнэн,Нуучча, саха, эбээн барыОлоорторо буккуһан.«Эн-мин» дэһии, омуктаһыы,Атааннаһыы диэн суоҕа.Онно баара бараак аайыЛенин сырдык кырдьыга,Ол кырдьык сылаас сыдьаайаСүрэх аайы тиийэрэ.Улуу кырдьык баттал төрдүнЫйар, дьоҥҥо өйдөтөр,Батталы кыайар, дьол көрдүүрОхсуһууга үөрэтэр.Өлүөнэ хааннаах күннэринКөҥүл норуот умнубат.Саас этэ. Тайҕа үрдүнэнДьыбар түһэн турбута.Уонунан тыһыынча бар дьон –Оҕо, дьахтар, оҕонньорЭрэйдэрин этэн туран,Чэпчэтиини модьуйарЭйэлээх демонстрацияНадеждинскайга тиийэр.…Саа тыаһа… этиҥнии сааллар…Ыһыы-хаһыы… Дьон сиҥнэр.Сир, халлаан –барыта хаан!Хаантан тоҥ муус ирбитэ.…Ол күн, хаанынан суруллан,Остуоруйаҕа киирбитэ.Ол Бодойбо тоҥ буоругар,Хахсаат халлаан анныгарБиэс сүүс ньургун доҕор дьоноХааҥҥа устан сыттаҕына,Хааннаах уолан сөҥөн туранХабырдык хабырыммыт,Өлбүт ол дьон ааттарынанСахалыы андаҕаммыт.– Өс-саас! – диэбит, – обот соллоҥБатталлаах баай үөрүгэр!..Ол киһини көрбүт дьоннор:– Ньукулай этэ, – дииллэр.Бар дьон сүрэҕин сойуолуурЫраахтааҕы буулдьатаТыҥаан турбут улуу тулуурСыабын дьэ алдьаппыта.Хаайан турбут халыҥ мууһуОл күн сүллэр этиҥэХамнаппыта, сайта үһүБүтүн дойду үрдүнэн.Атын буолан төннүбүтэНьукулай ийэ сиригэр:Кинини кытта кэлбитэЛенин модун кырдьыга.Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,Оҕонньор аатырдаҕа,Олорбут дохсун олоҕоОстуоруйа буоллаҕа.3Аҕыс уон сыл кыстык хаарынКим кыайан күрдьүө баарай!Чахчы бааччы кырдьыбытБиһиги Ньукулайбыт.Бассабыык Ньукулай аатаГражданскай сылларыгарКыһыл сэрии тыалын кыттаУон улууска тарҕанар.Билиҥҥэ диэри өйдүүллэрБуденовка хортууһунҮрүҥнэри титирэтэрКыһыл уоттаах сулуһун.Советскай былаас бастакыЫар, тыйыс сылларыгарХоһуун ревком сут дьыллары,Өстөөх өһүөнүн кыайар.Махтанар дьон кэпсээнигэрЭн сир аайы истиэҕиҥӨстөөхтөрү киэр сиппийэрКини тимир миинньигин.Ол иһин отут сыллааххаБандьыыттар, баайдар мустан,Атыыр бассабыык ааттааҕынСайылыырга быһаартар.– Өлөрөн баран өлүөххэ…Синэ биир! – Кыыллыы санаа.Киэҥиэн халааннаах Өлүөнэ –Көстүбэт нөҥүө мыраан.Ким да суох кытылга.АрайҮөскэ долгун айманар…Колхоз тэрийэ НьукулайТыынан уҥуор анньынар.Эмискэ саа тыаһа… иккис…Ньукулай өйдүүр:«Кытаат,Партизан, күүскэ эрдэн ис.Өстөөх өһүөннүүр буолбаат?»Эрдиитин булгу ыттылар,Илиитин бааһыртылар,Дорҕоонноох сүнньүөх буулдьаларТыыны да алдьаттылар…Эрдиитэ суох тыы долгуҥҥаБатыллар… Ууну баһар…Ньукулай тымныы далайгаАҥаар илиилээх хаалар.Иҥсэлээх буулдьа дьэ арайӨр кинини батыһар…Долгун быыһыгар НьукулайКөстүбэт буолар…– Аһаай!Өлөрдүбүт! – диэн өстөөхтөрӨрөгөйдүү куоталлар…Киэһэ кистээн өтөхтөрүгэрКөрдөөх остуол тардаллар.Ким да билбэт ол киһиХайтах уҥуор тиийбитин,Арай билэллэр ол киэһэКолхоһун тэрийбитин.«Өлүөнэ бэйэтэ чахчыНьукулайы сүкпүтэ,Уҥуор таһааран кумаххаУурта!» – диэн номох этэр.«Ууга тимирбэт, уот сиэбэтУолан киһи» диэн арайНоруот номоҕо үөскээбитТөрдө ити буолаарай?!Ол бэйэтэ, сыл-хаар моҥоон,Оҕонньор аатырдаҕа,Олорбут дохсун олоҕоОстуоруйа буоллаҕа.Сыллар да сыллар!Ыар сылларЫнчыктата ардыгарЫардык тайанан аастыларКини сааһырбыт санныгар…Сыллар, санаалар, түбүктэрСатамматах күүстээхтэр,Оҕонньорбун дэммэт арайАҕыс уоннаах Ньукулай.Аҕыс уон сыл кыстык хаарынКим кыайан күрдьүө баарай!Чахчы бааччы кырдьыбытБиһиги Ньукулайбыт.
На страницу:
2 из 3