Полная версия
Киһи биирдэ олорор
– Кэпсээниҥ? – эргэ нэк бэргэһэни сабыччы кэппит киһи, умса түһэ сылдьар куондарын өрө сыҕайа-сыҕайа, эҕэрдэлиир-ыйытар иккэрдинэн сэлибирээтэ.
– Суох… Эйиэнэ?.. – Валерий, төһө да сулбуччу ааһа туруон баҕардар, хардарарыгар тиийдэ.
– Миэхэ да мэлигир. Бу ханналаан иһэҕин?
– Ээ, бу диэки…
– Туох соруктанан иһэр киһигиний?
– Өрөпкүөмнэр сорудахтарынан, – диэтэ Валерий уонна: “Сатана, ыаспыйалаан түһэн. Аны суол ортотугар кини доппуруостуура итэҕэс эбит!” – диэн иһигэр үөҕүстэ. Ситэ сэһэргэспэккэ бара турдаҕына ордук сатаныа суохха айылаах.
– Тыый, оччоҕо арахсар суолгун ааһа кэлбиккин. Биһиги улахан өрөпкүөммүт бу соҕуруу баар ээ. Эн онно наадалаах инигин?
– Ээ, суох, бу диэки, – Валерий быһаарыыта суох иннин диэки сапсыйда.
– Бэйи, бу эн хайалара этиҥ? Хараҕым таптыы көрөр да билбэтим ээ.
– Ээ… Алтаммын…
– Алтаннары билэр ахан дьонум. Эн онно…
Валерий кистээн атын муоһатынан соруйда. Ата түһэн кэбистэ.
– Туу!.. Туу!.. Хайа, бу сүөһү туох буолла?! – Валерий атын, тохтото сатаан тардыаласпыта буола-буола, эбии күүскэ охсуолаата.
“Алтаммын диэн айахтатан түбэһэ сыстым. Ыт баара Алтаннары билэр эбит дии! – диэн санаата кини ыраатан, арыый холкутуйан баран. – Урукку эбитэ буоллар, итинник илбириискэ суол ортотугар көрсөн силиэстийэлии оонньуо суох этэ. Билигин аны ааһа көтүтэриҥ да сатаммат, тохтоон ылахтастаххына табыллар. Дьиккэр, атым сиргэммитин итэҕэйбитэ дуу, суоҕа дуу”.
Валерий табах уурунан тарта. Иэдээни мүччү түстүм диэн холкутуйа санаабыта ити көрсүһүү кини алдьархайын саҕаланыыта эрэ эбит. Хамсатын табаҕа ситэ тардылла илигинэ кэннигэр, ыраах толоон саҕатыгар, алта-сэттэ ыҥыыр аттаах киһи тэбиннэрэн иһэллэрэ көһүннэ. Ол дьон, далбаатаһа-далбаатаһа, тугу эрэ хаһыытаһалларын арааран иһиллии барбакка, Валерий атын быһа биэрдэ. “Ити чахчы сэрии дьоно, кыһыллар”, – диэн ыгылыйда кини, муоһатынан харса суох үрүт-үрдүгэр сабыы-сабыы. Суол хата ойуур иһигэр киирэн абыраата. Тэйбэхтээн баран, иһиллээтэ. Аттаахтар төннүбэтэхтэр, эккирэтэн иһэллэр эбит. Тыастара өссө чугаһаабыттар. Соруйан анаан-минээн эккирэтэллэр быһыылаах. Арааһа, били нэк бэргэһэ сатана, уорбалаан, тыллаабыта буолуо. Валерий ата таһыыр бэрдиттэн муҥ кыраайынан түһэ сатыыр да, сири соччо хороппот, күүһэ мөлтөөбүтэ биллэн барда. Кэлин диэки туйахтар чигдигэ хабыллар тыастара улааттар улаатан истэ. Өлүү түбэлтэлээх, тыа баранан, суол эмиэ үрэх толоонугар киирдэ. Валерий толоону саҥардыы ортолоон эрдэҕинэ эккирэтээччилэр уҥуоргу тыаттан субу ойутан бачымахтаһан таҕыстылар.
– Тохтоо! Тохтоо! Ытыахпыт!
Валерий көбүөхтэс буолбут атын тохтоло суох кымньыынан сабаата.
– Тохтоо!
Эмискэ үрдүнэн, ойоҕоһунан суйуласпыт ыйылас тыастар иһиллээттэрин кытта толоон кытыытынааҕы тоҥ тииттэр сиритэ ыстанан таһырҕастылар. Валерий, ньыкыйа түһээт, “буулдьалар…” диэн өйдөөн эрдэҕинэ кэннигэр саалар тыастара дэлбэритэ бардылар. Сыарҕа эмиэ тыа иһигэр ньимис гынна. Ол да буоллар куотарга эрэмньи аччаата. Эккирэтээччилэр лаппа чугаһаатылар. Валерий ата төрүт уҥа быһыытыйда, сэниэтэ суоҕунан өкөчөҥнүү сатыыр. “Аныгыс ытыыларыгар бэйэбин ытыахтара биитэр ситэн тутан ылыахтара, – диэн кини ыксаата. – Тыыннаахтыы бэриниэм суоҕа. Син биир өлөрүөхтэрэ. Ол кэриэтин үгүстэн үгүс охтуо, аҕыйахтан аҕыйах… Биирдэстэрин эмэ сууллардахха, атыттара, баҕар, дьулайан эккирэтиэхтэрэ суоҕа… Чэ синэ биир…”
Валерий саатын харбаан ылла, бэлэмнэнэн кэннин хайыһан истэ. Эккирэтээччилэр, ойуур тоҕойун эргийэ көтүтэн, көнө суол төрдүгэр утуу-субуу кутулла түстүлэр. Валерий бастакы киһини, ол киһи түөһүгэр туох эрэ кытарарын, сыалыгар киллэрээт, чыыбыһын тарта. Саата эстибитин өйдүөн иннинэ били киһитэ атыттан таҥнары хойуоһунна. Кини, кэнники булумахтаспыт аттары, дьоннору туһулуу-туһулуу, үлүбүөй утуу-субуу төлүтэ тардыталаата. Суол эргийиитигэр туораан иһэн эрэ тула өттүнэн буулдьа сырдыргыырын биллэ. Тииттэр хаххаларыгар киирэн баран, бинтиэпкэтигэр саҥа обуойманы угунна, бэргэһэтин сэгэччи анньынан үөһэ тыынна. “Көрдөөбүккүтүн ыллыгыт ини…” – диэн өһүөннээхтик ботугураата. Эккирэтэр дьон били доҕордоро табыллыбыт сиригэр тохтоотулар быһыылаах, тыастара иһиллибэт буолла. Валерий, сир ыла охсоору, муоһатын үрдүгэр түстэ. Маҥнай муоһатынан, онтон кымньыытынан үрүт-үрдүгэр сабаата. Онуоха ата, уруккутун курдук, хардыытын түргэтэппэтэ. Хата ордук бытаарарга дылы гынна. Валерий, нууччалыы маатырылаан үөхсэн бардьыгынаат, кымньыытын далайан самыыга түһэрэн эрдэҕинэ, ата итирик киһилии уҥа-хаҥас байааттаҥнаан ылла уонна сүүрбүтэ сүүрбүтүнэн иһэн суол кытыытыгар, хаарга, умса баран түстэ. Валерий, соһуйбучча дуу, көбүөхтүү сытар ат самыытын иккитэ-үстэ кууһуннарда. Туох-ханнык буолбутун ол эрэ кэнниттэн өйдөөтө быһыылаах: суолу туора тардыллыбыт сыарҕатыттан чигдигэ ыстанна.
Ат хаҥас түөһүттэн итии хаан өрө тыган буруолуур. Уҥа быттыгын анныгар хаар эмиэ өһөҕүрэ хараарбыт. Кырыарбыт ойоҕоһо түүрүллэ-түүрүллэ дьигиҥниир. Валерий, туруоруон баҕарбыттыы, ат төбөтүн эргилиннэри тарта уонна, кыһыҥҥы буһурук халлаан күлүгүн түһэрбит, умуллан эрэр мэндээркэй хараҕы көрөөт, ыһыктан кэбистэ. Итиэннэ, суолга ойон тахсан, иннин диэки тэбинэ турда. Ат туох-баар күүһүн мунньунан төбөтүн өндөтөн иччитин көхсүн ааттаспыттыы батыһа көрдө. “Истээрэй…” диэбиттии, иһин түгэҕиттэн аҕала сатаан иҥэрсийбитэ буолла да, биир да дорҕоон айаҕыттан тахсыбата. Тураары гыммыттыы, тыынын былдьаһан үнүөхтээтэ уонна, аа-дьуо нуоҕайан, төбөтө хаарга батары түһэн барда…
Сыарҕалаах ата көстүбэт буолбутун эрэ кэннэ Валерий саатын сыарҕатыгар хаалларбытын өйдөөтө. Абатыттан кыланан ыллар да, төннүөн дьулайда. Икки хараҕын саба түһэр көлөһүнүн туора соттон кэбиһэ-кэбиһэ, тохтоло суох иннин диэки сүүрэн истэ. Сотору суол ойоҕоһугар кыракый алаас көһүннэ. Анараа саҕахха быыкайкаан кыстык угун саҕа балаҕан үөлэһинэн күөх буруо унаарыйар. Бэттэх, суол чугаһын диэки, күөл баар быһыылаах: сүөһүлэр тоҕуоруспуттар. Валерий өйүгэр суол устун бардахпына субу сотору ситэ баттаан ылыахтара диэн санаа кылам гынна. Соччо тугу да быһаарына илигинэ атахтара бэйэлэрэ күөл диэки барар ыллыгынан туораан таҕыстылар.
Үтүрүһэ-үтүрүһэ уулуу турбут ынахтар сиргэнэн үрэл гына түстүлэр. Валерий манна тохтоон тыынын ылан эрэ баран биллэ: саҕынньахтаах иһэрин, ол иһин олус көймөстүбүтүн, тириппитин. Кини саҕынньаҕын устан элитэн иһэн кэннигэр кыраһа хаарга кэлбит суола дьэргэйэ сытарын көрөн, уолуйан, хайыан да билбэккэ турда. Ол туран уулаан бүтэн ойбон аттыгар салбанан сыраана сынньылыйбыт чурумчулаах оҕуска хараҕа иҥнэ түстэ. Көрүөх бэтэрээ өттүнэ кини оҕус үрдүгэр ыстанан таҕыста, муоһугар эриллибит быатын өһүлэ тарта уонна балаҕан кэннигэр сэндэҥэ тииттэр быыстарыгар көстөр дал диэки сүөһү орох суолунан салайан тиҥилэхтээн кэбистэ. Оҕус улгумнук ходьоҥолообутунан барда.
Валерий кыбыыга ыкса кэлэн, оҕуһун быатын муоһугар эрийэн баайаат, оҕус самыытыттан күрүө үрдүгэр ойон таҕыста, онтон соторутааҕыта сүөкэммит окко ыстанан кэбистэ. Итиэннэ ол оту дьөлө хаһан иһирдьэ киирэн, кыракый дьөлөҕөһүнэн таһырдьаны одуулаһан, бэстилиэтин угун бобо тутан кирийэн олордо.
Өр-өтөр буолбата: үс аттаах киһи кинини суоллаан күөлгэ киирдилэр. Саҕынньаҕын ылан сахсыйбахтаатылар. Суолун көрдөөн эргичийдилэр. Биирдэстэрэ ойбону буккуйда. Онтон үһүөн тугу эрэ кэпсэтэн, ойбон тула турбахтаат, балаҕан диэки барар суолу төҥкөйөн көрө-көрө, бэттэх хаамтылар. Бука, сүөһүлэригэр ойбон алларан тахсыбыт дьиэлээх киһи суолун буллулар быһыылаах. Аҕыйахта хардыылаан иһэн, били ойбону буккуйбут киһи дьонугар тугу эрэ эттэ, бэтэрээҥҥи суолу уонна, төннөн, айан суолуттан ойбоҥҥо туораабыт ыллыгы ыйа-ыйа, үтүлүктээх илиитэ күөрэҥнээтэ. Балаҕаҥҥа кэлэн киирдилэр. Сотору биир намыһах уҥуохтаах, бэргэһэтин кэтэҕэр ньыппаччы ууруммут киһи тахсыста: күрэҥ паарынан тыына-тыына, сонун бобо тутан туран, тугу эрэ саҥарар. Кыһыллар ол киһини кыраһаҕа хаамтаран көрө-көрө төҥкөҥнөстүлэр.
Ол турдахтарына аара хаалбыт дьонноро кэллилэр быһыылаах. Биир киһи сыарҕалаах аты муоһалаан ойоҕолообут. Иккиһэ ыҥыырдаах атыгар икки сыбыдах аты холбоммут. Валерий бэйэтин сыарҕатын биллэ.
Ампаар кэнниттэн улахан таһаҕас сыарҕатын аҕалан биир аты онно көлүйдүлэр уонна, от тэлгэтэн баран, били кини сыарҕатыттан икки киһини көтөҕөн онно көһөрдүлэр. “Мин…” – дии санаата Валерий. Кыһыллар эмиэ чөмөхтөһөн тугу эрэ сэһэргэстилэр. Онтон били икки сыарҕа, икки ыҥыыр аттаах киһи кэлбит суолларын диэки бардылар, икки ыҥыыр аттаах киһи айан суолунан арҕаа тэбиннэрдилэр.
Валерий отугар умса түһэн, тугу да санаабакка, нухарыйбыт курдук чочумча олордо. Онтон дьэ өйө-төйө улам дьэҥкэрэн барда. Бэстилиэтин хоонньугар угунна. Кини тиийиэхтээх сирэ мантан икки көс кэриҥэ буолуохтаах. Билигин суолга тахсара табыллыбат. Хараҥаҕа бардар ордук буолуо этэ да, манна сотору ынахтарын аһата кэлиэхтэрэ баар. Дьэ кыһалҕа. Арай тоҥуу хаарынан барарга тиийиллэр. Чэ туох буолуой. Мантан тахсан барбыт суолун эрэ көрбөтөллөр.
От-мас күлүгэр үктэнэ сатыы-сатыы, Валерий кыбыы кэтэх өттүнэн ойуурга таҕыста. Тоҥуу хаары оймоон, айан суолун ойоҕолуу арҕаа диэки бардар баран истэ. Хаар халыҥа сүрдээх: киһи ахтатыгар тиийэр. Онуоха эбии арыт киһи кыайан тумнубат лааҥкыта иннин быһа түһэр, арыт ыт мунна баппат ыркыйыгар киирэн хаайтаран хаалар, арыт туруору сыырдаах дириҥ аппа барар суолун күөйэ субуллар.
Валерий, маҕыйа-маҕыйа, күүһүн муҥунан иннин диэки дьулуруйа сатыыр да, кэннин хайыһан көрдөҕүнэ, дуоннаах сири хоруппатах буолар. Көс аҥаарын кэриҥин эрэ барда эрээри, күүһэ өһүллэ быһыытыйда, ийэ-хара көлөһүнэ таҥнары саккыраата. Аччыктаата. Тугу эмэни үссэниэҕин туох-баар аһылыга бүтүннүүтэ сыарҕатыгар хаалбыт. Валерий чөҥөчөк үрдүгэр олорон сынньанна. Хаары ытыһан ылан хаппыт тамаҕын илитиннэ. Ол олорон устунан утуктуох курдук буолан барда. Көхсүгэр сыстыбыт ырбаахыта аны муус тымныынан хаарыйталаата. Кини уутун аһаран илгистэн кэбистэ, нэлэккэйдэммит сонун ыга тимэхтэннэ уонна эмиэ тус арҕаа тоҥуу хаары кэһэн ньоҕоохтуу турда.
Ааттаан кэлбит ыалын, бу дойду сис баайа Уордаах Уоһук, алааһыгар сордонон-сордонон киэһэлик син тиийдэ. Сэрэнэн тэлгэһэҕэ чугаһаабата. Кыһалҕаланан тиэстэр сир кэтэҕэр, кыс балбаах быыһыгар, сытта. Төттөрү-таары сыбыытааһын элбэх да, оҕонньор бэйэтэ көстөн быстыбата. Арай биирдэ эмээхсинэ тахса сырытта, ону ыҥырбытын, таас дьүлэй муҥутаан, дьүүллээн-дьаабылаан истибэккэ, уҥа-хаҥас олооруҥнаан баран төттөрү киирдэ. “Дьиэтигэр суох муҥа дуу”, – диэн тоҥон ыксаан саараҥнаан эрдэҕинэ, борук-сорук буолуута Уордаах дьэ таҕыста.
– Уоһук!.. Уоһук!.. – оҕонньор чугаһаан эрдэҕинэ Валерий сибигинэйэ былаан ыҥырда.
– Һук!.. Туох күтүр!.. – оҕонньор төлөрүтэн испит ыстаанын иитин ыга туттубутунан соһуйан чинэрийдэ.
– Уоһук, куттаныма… Мин… кэллим…
– Кимҥиний?..
– Аргыылап Миитэрэй уолабын. Бэлиэрийбин. Куттаныма, бэттэх кэл.
– Ким… даа?
– Аргыылаппын. Бэлиэрийбин.
Уордаах, хайыан да билбэккэ, турбахтаата. Төбөтүн кыҥнах-иҥнэх гына-гына, одуулаһа сатаата.
– Куттаныма. Манна кэл.
Оҕонньор, ыстаанын тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, аа-дьуо чугаһаата.
– Дорообо, Уоһук.
– Ээ, кырдьык, Бэлиэрий эбиккин дуу? – Уордаах өрө тыынна. – Хата киһини куттаатыҥ.
– Мин-мин. Дьиэҕэр туора киһи суох ини?
– Артыамыйабы кытта барбыт сурахтааҕыҥ дии, – оҕонньор, хардарбакка, бэйэтэ утары ыйытта. – Хайдах бу балбаахха кэлэн симиллэн хааллыҥ? Эмиэ кыайтаран ыһылынныгыт дуу?
– Кыайтарбатыбыт. Кыайаарыбыт диэн сылдьабыт.
– Кыайар киһи тахсан киирэр сиргэ сытар үһү дуо?
Валерий маннык түбэлтэҕэ өһүргэнэр туһата суоҕун санаан, оҕонньор эҕэлээх ыйытыытын кулгааҕын таһынан аһарда.
– Ычча! Өр да күүттэрдиҥ.
– “Күүттэрдиҥ” буолан… Үлэхтээххэ дылы…
– Тымныыта бэрт ээ, – Валерий дьигиһийэн ылла.
– Кыһын буолан баран тымныйымына. Кыньараал иһэр дииллэрэ чахчы дуо? – Уордаах, соһуйбута ааһан, аны барытын токкоолоон ыйытар киһи буолла.
– Чахчы. Мин Дьокуускайдаан иһэбин. Ол кыньараал сорудаҕынан. Аппын аара кыһыллар өлөрдүлэр. Бу түүн эйиэхэ хонон баран, сарсыарда куораттыам. Миигин туора киһи көрбөтөҕүнэ сатанар.
– Кыһылларыҥ батыһан кэлбэттэр дуо?..
– Кэлиэхтэрэ суоҕа. Мин манна ойуурунан, тоҥуу хаарынан кэллим. Суолбун сүтэрбит буолуохтаахтар.
– Чэ, лаппа хараҥарарын көһүтэ түс, аны киһи хамначчыттарыттан да куттанар кэмэ кэлэн турар. Мин сотору тахсыаҕым.
Валерий, тоҥ тары сиэбит ыт курдук, титирээн, тииһэ лыһыгыраан, балбаах быыһыгар өссө да өр сытта.
Сарсыарда кинини куоракка Уордаах Уоһук бэйэтэ илтэ. Халлаан өссө сырдыы илигинэ туран атын сыарҕатыгар өрөһөлүү от тиэйдэ. Валерийын от иһигэр сытыарда, бэйэтэ үөһэ тахсан олордо. Оҕонньор айанын устатын тухары ыйытара эрэ диэн Пепеляев, кини төһө сэриилээҕэ, туох санаалааҕа, хаһан манна кэлэрэ…
Күнүһүөрэх Өлүөнэ мууһун устун халыһыттылар. Уордаах Пепеляев кэллэҕинэ улууһун дьонуттан кимнээҕи туттартыаҕын туһунан дойҕохтуу иһэн ах барда.
– Хайаҕаскын сабын. Кэтэбиллэр иһэллэр.
Хас да ат туйаҕын тыаһа утары кэллэ.
– Огоннёр, куда бардаа? – нуучча олуттаҕас саҥата иһилиннэ.
– Куорат… өрөпкүөм… бирикээс…
– Өрөпкүөм бирикээһэ уйаларыгар син ууну киллэрбит ээ, – саха киһитэ сэтэрээбиттии эттэ.
– Сэбэрэҕиттэн көрдөххө, кыахтаах соҕус оҕонньор быһыылааххын, – диэтэ атын саҥа. – Оккор туох да суох ини?
– Эс, туох кэллэҕэй.
Валерий муннун арыычча таарыйбакка тыбыс-тымныы өнчөх курдары көтөн ааста. Саабыла уһуга тиэйиилээх оту үөһэнэн-алларанан батарыта түстэ.
– Сирэйэ-хараҕа адьас контра, – били сэтэрээбит саҥа өһүөннээхтик эттэ. – Ырҕайа сытыйан, хонноҕун анныгар быһаҕын уктан иһэрэ буолуо.
– Эс, эмиэ тугум быһаҕай. Бу да оҕо тылын, – Уордаах ботугураата.
– Ну, огоннёр, бардаа…
Аттар ааһа турдулар.
– Таппатылар дуо? – Уордаах тэйэ түһэн баран ыйытта.
– Арыычча…
– Баранаактар… Олус да үрдүбүтүгэр үҥкүүлээн эрэллэр. Хаһан иэстэһиэхпит баарай, – Уордаах абатыйбытын омунугар ынчыктаан ылла. – Оо, кыахтааҕым буоллар, төһө эрэ элэ-была тылларын этитэ оонньуур этим.
– Биһиги да күммүт күөрэйэрэ чугаһаата, Уоһук. Оччоҕо бу сырыыбыт барыта аахсыллыа… Үтүө-өҥө барыта өйдөнүллүө…
– Эн эппэтэҕиҥ, таҥара эппитэ буоллун.
Сыарҕа килэҥ суол устун сыыйыллан истэ.
– Уоһук! Истэҕин дуо, Уоһук?
– Саҥарыма, Дьокуускай…
Сыарҕа куорат сыырын өрө дабайан кыычыгыраата.
3Өлүөнэ өрүскэ туруору таас истиэнэ буолан үтэн киирбит соҕуруу Табаҕа Ытык хайатыттан хоту Хаҥалас Ытык хайатыгар диэри сэттэ көс устатыгар Улуу Туймаада хочото харах ыларын тухары көҕөрө туманныран нэлэ- һийэр. Манна соҕуруу Охотскай муораттан Хоту Муустаах байҕалга диэри, Арҕаа Хатанга өрүһүттэн илин Чукоткаҕа диэри тайыыр Саха кыраайын киин куората Дьокуускай кырса уорҕатыныы туналы маҥан сыһыы ортотугар, Сайсары уонна Таалай күөллэр иккэрдилэригэр хараара бачымахтанар.
Куораты уһаты-туора быһыта сүүртэлээбит уулуссалары икки өттүнэн онон-манан дьөлүтэ үүттэммит аал былаахытынан соппулуоттаммыт мас дьиэлэр кэккэлииллэр. Куорат киинигэр чуоҕуспут кырааскалаах ыстаабаннаах, килэркэй киэҥ таас түннүктээх дьиэлэр кытыы диэки тиийэн муус чуолҕан сыыстаах, туруору эркиннээх самнархай балаҕаннарынан солбуллаллар. Мас дьиэлэр субурҕаларын быыстарыгар онон-манан таас дьиэлэр дьэндэһэллэр. Аппа чугаһыгар хайдаары куттаан кураанахсыйбыт Реальнай училище дьиэтэ багдайар. Улахан уулуссаҕа музей кыһыл кирпииччэ дьиэтэ сиэдэрэй ойуутунан өҥнөрдүү өрөһөлөнөр. Онтон арыый олдьу уруккута уобаластааҕы суут, билиҥҥитэ ревком дьиэтэ кылбаһыйар. Куорат саамай хабыллар хаба ортотугар былыр-былыргыттан элбэх киһини ытаппыт-ыллаппыт, атыы-тутуу бөҕө дэлэйбит сирэ – Таас Көстүүнэй эргийдэххэ дьоҕойон биэрэстэ аҥаара сири сабардаан ньалҕайар. Ол чугаһыгар урут аар-саарга аҥаардастыы аатырбыт, түүлээх бөҕөнөн иирэ байбыт Кушнарев, Никифоров атыыһыттар саҥа былаас илиитигэр киирбит уоруктара, лааппылара кэккэлииллэр. Анараатах хоту киин ыскылааттар, арыгы монополиятын дьиэлэрэ көстөллөр. Куорат араас өттүлэригэр дьон уҥуохтарынан төгүрүктэммит Преображенскай, Богородицкай, Ньукуола, Собуор таҥараларын дьиэлэрин солотуулаах куупаллара күлүмүрдэһэллэр.
Урут Россия халлаанын хара кынатынан саба хаппахтаабыт баҕыырдаах тумустаах икки бастаах өксөкү кыыл биир саамай хотугу уйата манна этэ. Үс үйэ устатыгар Бүлүү уонна Өлүөхүмэ, Алдан уонна Амма, Халыма уонна Индигирка сүнньүлэригэр мантан тарҕаналлара суохтан соролуур, дьадаҥыттан талыыр, дьолго дьулуспуту сиргэ тимирдэр, көҥүлгэ көҕүйбүтү күнтэн сүтэрэр ыраахтааҕы ынырык ыйаахтара.
Бу этэ тыыннаахтыы көмүллүбүттэр кылабыыһалара, эрэһиэҥкэтэ суох түрмэ диэн ынырык сурахтаммыт тымтар тымныылаах ирбэт тоҥ муус кыраай киинэ. Нуучча ыраахтааҕылара өрөлөспүт өстөөхтөрүн, эрэйдээн-муҥнаан өлөрүөхтэрин баҕардахтарына, манна утаараллара. Ким-ким үүрүллэн-кыйданан, түгэнэн-түҥкэлийэн тиийэн кэлбэтэҕэй үрдүк таҥара таҥнары кыраабыт бу сир бүтэр уһуга дойдутугар? Манна кэлэн умсубуттара Россия халыҥ дьонун араас бииһин араҥалара – сарыыссалар бэрт былдьаһан тылларын быһан утаарбыт аристократ хотуттарыттан үгүс киһи тыынын быспыт улахан суол ороспуойдарыгар тиийэ. Манна кыйданыы сорун көрбүттэрэ нуучча революционердарын бары көлүөнэлэрин дьонноро – ыраахтааҕыга өрө тураары Петербург Сенатскай болуоссатыгар үөмэхтэспит декабристартан Россия баттаммыт аймаҕын өрөгөйдөөх пролетарскай революциятын тэрийбит, салайбыт бассабыык партиятын биллиилээх дьонноругар тиийэ. Манна көрсүбүттэрэ 1917 сыллааҕы Олунньу революциятын Ленин эрэллээх доҕотторо, төлөннөөх революционердар, тулхадыйбат коммунистар Е.М.Ярославскай, Г.И.Петровскай, Г.К.Орджоникидзе. Үгүс үйэ тухары үүрүүгэ сылдьыбыт, үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх, быстыбыт-ойдубут, түҥкэтэх норуоттарын дьолун-соргутун, кэрэ кэскилин туһугар уоттаах охсуһууга кинилэр манна уһуйбуттара саха бассабыыктарын бастакы хайҕаллаах кэккэтин…
Билигин Дьокуускай баттал-үктэл дьэбиннээх сыабын тоҕо тыыллыбыт, үлэһиттэр былаастарын туругурдубут сэбиэскэй Ийэ дойду саамай хотугу уһук киинэ. Бу кырдьаҕас куорат хахсааттаах халлааныгар Совет былааһа кыайбытын биллэрэн кыһыл знамя уотунан умайыктана күөрэйбитэ хайыы-үйэ бэһис сыла буолла. Улуу Октябрьтан көҥүлүн ылбыт саха норуота саҥа олоҕу тутар бастакы хардыылара мантан саҕаланаллар. Бу хотугу кыраайга урукку батталлаах үйэни эргитээри хааҥҥа хааҕырҕаан элиэтэһэр революция ис уонна тас өстөөхтөрүн утары кырыктаах охсуһуу мантан тэриллэр…
Бу күннэргэ Дьокуускай эргэ уонна саҥа, хараҥа уонна сырдык күөн көрсөн күрэстэһэр күүрээнигэр – өрөгөйдөөх үөрүүлээх уонна аана суох алдьархайдаах сабыытыйалар ухханнарыгар олороро.
Бастакыта, урукку ыраахтааҕылаах Россия уһуктан уһук, хаалыылаахтан хаалыылаах колонията – Саха сирэ Советскай Автономнай Республика буолбута.
1922 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр РК(б)П Киин Комитетын Политбюротун чилиэннэрин санааларын ыйыппыттарыгар Владимир Ильич Ленин:
– Саха автономнай уобалаһын буолбакка, Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийиэххэ. Ол туһунан Политбюро уурааҕын бырайыагын ылыныахха, – диэн саарабыла суох быһаарыылаах, ыйааһыннаах тылын эппитэ итиэннэ сахалар автономнай государстволара социализм сардаҥалаах суолунан барҕара сайдыа диэн бигэ эрэлин биллэрбитэ.
Олунньу 16 күнүгэр М.И.Калинин председателлээх Бүтүн Россия Киин Ситэриилээх Комитетын Президиума Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республикатын тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Советскай Россия правительствота бу историческай сабыытыйаҕа анаан таһаарбыт Манифеһыгар, саха норуотун истиҥник уруйдаан-айхаллаан туран, маннык кэрэ-бэлиэ тыллары суруйбута:
“Саха бырааттарбыт!
…Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ норуоттары национальнай өттүнэн баттыыр-атаҕастыыр политикаттан аһаҕастык уонна чиэһинэйдик аккаастанна. Аан дойду үрдүнэн арай суос-соҕотох Советскай былаас эрэ бүтүн Россия биир сомоҕо федерациятыгар көҥүл өттүнэн түмсүбүт тус-туспа народностар автономнай тутулларын идеятын аһаҕастык уонна чиэһинэйдик олоххо киллэрэр…
Туругурдун Советскай былаас знамятынан норуоттар босхолонуулара!
Туругурдун көҥүл норуоттар эйэлэһиилэрэ уонна бырааттаһыылара!
Туругурдун Автономнай Саха Советскай Республиката!”
Саха АССР тэриллиитэ Улуу Октябрьскай социалистическай революция өлбөт-сүппэт идеялара күнтэн күн олоххо киирэн иһиилэрин дьэҥкэ кэрэһитэ этэ, В.И.Ленин сирдьиттээх Коммунистическай партия национальнай политиката кырдьыктааҕын чаҕылхай холобура этэ. Дьон бииһэ дьолго дьулуспут сүүһүнэн, тыһыынчанан сыллаах историятын устатыгар төһө үгүс бөлөхтөр, партиялар омук-омугу барытын охтубат соргулуох, улахан оҥоруулуох буолан айаҕаламмыттара буолуой! Төһөлөөх үгүс мүөтүнэн чалҕарыйар минньигэс, албын тыллаах деятеллэр “көҥүлү”, “тэҥ быраабы” биэриэх буолан түөстэрин охсуммуттара, эрэннэрэн айдаарбыттара буолуой! Ол барыта күүгэннии уостан сүппүтэ, күл-көмөр буолан көппүтэ. Бары кыра да, улахан да норуоттар ити сырдык дьулуурдарын, истиҥ баҕаларын арай Октябрь революцията үөскэппит Советскай былааһа эрэ, арай Ленин сирдьиттээх Россия Коммунистическай партията эрэ толорбуттара. Хаһан даҕаны, хойутун хойут даҕаны, дьон бииһэ ханнык баҕарар үрдүк чыпчаалларга ыттыбытын иһин, бу улуу чахчы күлүмүрдэс килбиэннээх сырдыга өлбөөдүйүө суоҕа, норуоттар кэмэ суох элбэх күн-дьыл үчүгэйин-куһаҕанын иҥэриммит кырдьыксыт өйдөбүллэриттэн сүтүө, умнуллуо суоҕа. Хаһан даҕаны! Киһи кэрэни кэрэхсиирин, үчүгэйи, үтүөнү өйдүүрүн тухары!
Бу нуучча норуота саха норуотугар сүдү бэлэҕэ этэ. Араас дойдулар ыраахтааҕылара, хоруоллара, императордара атын дойдулар баһылыктарыгар күндү малынан, сиринэн-уотунан, бүтүн куораттарынан даҕаны үгүс улахан, сыаналаах бэлэхтэри биэрбиттэрин история билэр. Ол эрээри киһи аймах үөскүөҕүттэн ыла биир даҕаны омук атын омукка маннык сүдү бэлэҕи биэрэ илигэ. Көлөһүннээччилэр тутулларын түҥнэрбит, былааһы бэйэтин илиитигэр ылбыт революционнай нуучча норуота эрэ маннык үчүгэйи, үтүөнү, кэрэни оҥорор, айар, маннык айылгы санааланар, кэскиллээх өйдөнөр, амарах сүрэхтэнэр, киэҥ-дэлэгэй дууһаланар кыахтаах этэ. Үйэттэн үйэҕэ үрдээн-үүнэн иһэр барҕа махтал буоллун ол иһин киниэхэ!
Бу саха норуотун үлүскэн үөрүүтэ, муҥура суох дьоло этэ. Урут “санньыххай санаалаах, саппаҕырбыт дьүһүннээх, саллаҕар бастаах, саах балаҕаннаах саха урааҥхай дуо” дэнэн бэйэтин сэнэнэн-түһэринэн хоһуммут, нуучча шовинист биистэринэн “туспа дьуортулар” диэн сиргэниллэн ааттаммыт саха дьоно бэйэлэрэ туспа республикалаах, кими баҕарар кытта тэҥ бырааптаах, көҥүл советскай гражданнар буолбуттара.
Үлэһит саха муҥнаах былыр-былыргыттан, инньэ “урукку дьыл охсуһуулаах уорҕатыттан, былыргы дьыл быһылааннаах мындаатыттан”, чоҥкуйа кырыарбыт тыаны быыһынан кыһыҥҥы омоон суолунан саадьаҕай оҕуһун туора миинэн кыыкырдатан иһэн биитэр күөдүччү оттуллубут көмүлүөк оһоҕун иннигэр оллоонноон олорон, көҥүлгэ, дьолго бүтэйдии умсугуйан, ырыатыгар ыпсаран, олоҥхотугар холбоон хоһуйбут ыратын чыпчаала дьиҥ олоххо илэ-бааччы туолар кэмэ кэлбитэ. Бу кэмҥэ Саха сиригэр саамай элбэхтик этиллэр, үгүстүк ахтыллар тылынан “Аптаныамыйа” диэн дьикти, кэрэ тыл этэ. Саха отчут-масчыт киһитэ “Автономия” диэн тугун-ханныгын, дьиҥ суолтатын өйүнэн ситэри өйдөөбөтөр даҕаны, бу киһи тылынан кыайан толору ойуулаабат үчүгэй, үтүө суола буоларын сүрэҕинэн бигэтик билбитэ. Ыһыах түһүлгэтин ахсын, алаас-алаас аайытын Автономия айхалланара, тыл сүмэтэ, тойук чулуута бүтүннүүтэ Автономияҕа ананара.
Саха норуотун ити барҕа махталын, баараҕай баһыыбатын Саха сирин Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета Москваҕа БРКСК Председателигэр Михаил Иванович Калиниҥҥа, РСФСР Народнай Комиссардарын Советын Председателигэр Владимир Ильич Лениҥҥэ ыыппыт суруктарыгар бу курдук эппиттэрэ:
“Автономнай республикалар Россиятааҕы Федерацияларыгар тэҥ бырааптаах чилиэнинэн киирэн туран, Саха сирин үлэһит кылаастарын ааттарыттан, Саха Автономнай Республикатын Революционнай Комитета уонна Народнай Комиссардарын Совета биһиги кыраайбытыгар автономнай быраабы бэлэхтээбиккит иһин истиҥник махтанар.
Гражданскай сэрии уотун үөһүгэр уһаарыллыбыт саха үлэһит норуота аан дойду үрдүнэн социалистическай идеаллар өрөгөйдүүллэрин туһугар атын бырааттыы республикалары кытта бииргэ бары күүһүн көхтөөх үлэҕэ холбуур кэмэ бэрт чугас диэн бигэтик итэҕэйэбит”.
Саҥа сэбиэскэй олоҕу тутар көҥүл, көхтөөх үлэҕэ туруна охсуохха! Саха отчут-масчыт дьонун баҕарар баҕата, дьулуһар дьулуура ити этэ.
Ол кэрэ баҕа, ол сырдык дьулуур туоларын аны туох даҕаны мэһэйдиэ суохха айылааҕа.
Түөрт унньуктаах уһун сыл устата дьон-сэргэ олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыт, үгүс үлүгэри аҕалбыт Гражданскай сэрии Кыһыл Армия регулярнай чаастарын, саха дьадаҥыларын кыһыл партизанскай этэрээттэрин килбиэннээх кыайыыларынан түмүктэммитэ. Ыраахтааҕы офицердара, саха тойотторо тэрийбит үрүҥ этэрээттэрэ 1922 сыллаах саас, сайын Киллэмҥэ, Төхтүргэ, Ньукуолускайга буолбут хааннаах кыргыһыыларга үнтү сынньыллыбыттара. Бүлүү, Өлүөхүмэ уокуруктара бандьыыттартан ыраастаммыттара.
Саха норуота өрө тыына түспүтэ, эйэлээх олоххо эргиллибитэ. Саҥа көҥүл олоҕу тутар, саҥа советскай автономия тулхадыйбат бөҕө акылаатын уурар айымньылаах үлэҕэ туруммута.