Полная версия
Таптыыбын… Шёпот сердца…
– Хайдах, ол аҕам атын кэргэннээх этэ дуо? Туох буолуохтааҕай?
– Кэргэннээх эрэ, кэргэнэ суох эрэ, хайа эрэ Маайыс баара… Оннооҕор утуйа сытан, ханнык эрэ Маайыhы ыҥыран тахсаахтыыра.
– Оттон… Ханнык Маайыhы ыҥыран тахсаҕын диэн ыйытыаххын? Эбэтэр эбэттэн сураһыаххын?
– Оннук ыйытар бырааптаах үһүбүн дуо, чыычаах? Барыта оннук чэпчэки буолбат… Вера-а, эн эмиэ улааттыҥ, эн эмиэ биири билиэхтээххин… Бүөтүр эн аҕаҥ буолбатах…
– Туох даа? Онтон Васильева Вера Петровна диэн мин буолбатахпын дуо?
– Мин эмиэ хаhан эрэ эн курдук эдэр, акаарычаан этим. Ийэтэ, аҕата суох киhи баhым ханна саллайарынан сылдьарым. Оскуоланы бүтэрээт, тута куораты булбутум. Дьиҥэр, үөрэхпэр куhаҕана суоҕум, үөрэххэ чэпчэтиилээх да киирэр кыах баара. Оннук өй угар киhи суоҕа. Тыа оҕотун куорат көр-нар олоҕо иилэ тардан ылбыта. Барыта бырааhынньык курдуга. Үс сайыны быhа көрүлээhин… Саша диэн куорат уола доҕордоммутум. Наhаа күүскэ таптаабытым. Кинилэр дьиэлэринэн, даачаларынан көҥүл көтүү… Биирдэ уhукта биэрбиппит – хос иhигэр мап-мааны таҥастаах дьахтардаах эр киhи тураллара… Дьонноро уоппускаттан кэлбиттэр этэ. Таҥнан аан хоско тахсыбыппытыгар: «Саша, киир манна», – диэн ийэтэ уолун куукунаҕа ыҥырбыта. Мин батыhаары гыммыппар, аҕалара түргэн үлүгэрдик соммун ылан кэтэрпитэ уонна аан диэки ыйбыта. Тахсан эрдэхпинэ, сиэппэр харчы укпута уонна: «Аны манна кэлимэ», – диэбитэ… Соҕотох мааны уолларыгар тулаайах сордооҕу тэҥнээбэтэхтэрэ. Мин онно номнуо хат буолбут этим… Сашалыын көрсөн кэпсэтээри өр да өр кинини манаабытым. Өр күүппүтүм.
Сайын ааhан, күһүн обургу тымныы тыала мин чап-чараас кууркабын курдары үрэрэ. Биир сарсыарда оччолорго муодунай таҥаска киирсэр аляска кууркалаах Сашам соҕотоҕун тахсан кэлбитэ. Мин утары сүүрэн тиийэн, кууhа түспүтум. Өрүһүспүттүү таптыырбын, оҕо күүтэрбин тоҕо тэбээбитим. Уолум миигиттэн тэйэ туттубута, сиргэммиттии кууркатын тэбэммитэ уонна: «Ол эн хас уоллуун утуйбуккун мин хантан билэбин?» – диэт, тииhин быыhынан силлээн чыырк гыннаран баран, бара турбута.
Эмискэ мин үрдүбүн халлаан хараҥата саба барыйан, субу аҕай бүрүйэн ылыах курдук буолбута. Хас да күн аhаабатаҕым, тоҥмутум барыта эбиллэн, өйүм-санаам туймаарарга дылы буолбута. Онтон хабыс-хараҥа ииҥҥэ түhэн эрэр курдугум… Арай суолга тахсан, массыына утары хааман эрэрбин бүдүк-бадык өйдүүбүн…
Туормас кыычыгырыыр тыаhын уонна чаҕылхай сырдык уот кэлэн миэхэ сааллан эрэрин өйдүүбүн уонна онон бүтэр… Балыыhаҕа өйдөнөн кэлбиппэр аттыбар намыһах уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин лэкэллэн олороро. Мичээрдээбитэ, көрөн-истэн барбыта. «Кимҥиний?» – диир быһыылааҕым. «Эбэҕин хайдах билбэккин?» – диэбитэ. Тоҕо эбитэ буолла, мин ону итэҕэйбитим. Хата, биир чугас киhилээх эбиппин диэн үөрэ санаабытым.
Нэдиэлэ курдугунан уолун илдьэ кэлбитэ. Мин кини массыынатын анныгар киирбит эбиппин. Оhоҕостоох саахалга түбэспит буолан, патологияҕа төрүөхпэр диэри сыппытым. Миэхэ ол үчүгэй курдуга… Ханна барыахпыный уонна? Онтон ыла эмээхсиннээх дьээдьэм күнү көтүппэккэ кэлэ турар буолбуттара. Төрөөн баран, аны улахан моhуокка ыллардым, хайдах буолабын диэн. Эйигиттэн аккаастанан, эмиэ атах балай барарбын саныы сыттахпына, Бүөтүр киирэн кэлбитэ. Ийэтэ мин туспунан барытын кэпсээбит быhыылааҕа. Илиибин ылан ыга туппута уонна биир-биэс тыла суох биhиэхэ тахсаҕын диэбитэ, барытын тэрийэн, кыра малбын-салбын тиэйэн таhаарбыта. Бастаан дьиэс-куос туттар этим, онтон сыыйа үөрэнэн, дьиэлэhэн, ыаллаhан барбытым…
Биир түүн туран Бүөтүр хоhугар бэйэм киирбитим. Эдэргин, толкуйдан диэбитин сөбүлэспэтэҕим. Эн аҕаламмытыҥ, мин кэргэннэммитим… бүгүҥҥээҥҥэ диэри…
– Уой, маама, эн бачча өр хайдах кэпсээбэккэ сылдьыбыккыный? Уонна аҕам хайдах миэнэ буолуо суоҕай? Кини миэнэ! Ол уол былдьаhаары гынар дуо? Суох, биhиги паапабытын биэрбэппит. Барыах, ийээ, аахсыахха!
– Вера, уоскуй! Бачча тухары үтүөнү эрэ оҥорбут дьоҥҥо туох диэн мэhэйдиэхпитий? Туораан эрэ биэрэр буоллахпыт дии…
– Кэтириис, Кээтии, ханна бааргыны-ый? Кэл! Кэлэ оҕус! – чугас Бүөтүр хаhыыта дуораhыйда.
Кэтириис кыыhын кытта киниэхэ утары сүүрдүлэр. Бүөтүр, аҕылыырын кыатана-кыатана, кэлэн иккиэннэрин кууhан ылла, эргилиннэрэ тардаат, дьиэлэрин диэки дэллэриттэ уонна кирилиэскэ күүтэн турар Дьулуска:
– Көр, Дьулус, бу ийэбит Кэтириис, оттон бу балтыҥ Вера, саамай атаахпыт диэн буолар. Билсиҥ, – диэтэ. Дьахталлар, ытаhа түһээт, куустуhа түстүлэр.
– Оо, бу да дьон, ардах суоҕар ардаҕы аҕалан! – дии-дии биир-биир харахтарын уутун сотон, Бүөтүр иккиэннэрин сыллаан-уураан, дьиэлэригэр киирдилэр.
Били утуйа сытар диэбит эбэлэрэ, хата, кириэhилэҕэ бу чөмчөйөн олорор:
– Хайа, түүнү быhа сырсыакалаhаҥҥыт турбутунан уол оҕолоннугут дуу? – диэн күллэртээтэ.
– Аҕыйах ыйынан баҕар үһүстэниэхпит даҕаны, – диэн саайда ийэлэрэ.
– Кырдьык даҕаны? – Бүөтүр кэлэн Кэтирииґин кууhан, сымнаҕас иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Бэрт дии бэлэм ньээҥкэ баар, – Дьулус аны кыттыста.
– Үчүгэйэ бэрт дии, мин эрэ ньээҥкэлээбэппин, бары уочараттыахпыт буо, – Вера бэрээдэги олохтоото.
– Тыый, бу дьон биир түүн иhигэр хас уолланаары гынныгыт? Утуйуҥ! Киhини утутуҥ! – эбэлэрэ, сыттыгын кыбынан, хоhугар дьөгдьөрүйдэ.
– Дьулуска бүгүн бакаа мансаардаҕа оронно оҥоруохха, сарсын быыс быhан, туспа хос оҥоруохпут, – Кэтириис быhаарда.
– Мансаардаҕа кумаар сүгүннүө суоҕа. Убайдаммыт үөрүүбэр бэйэм ороммун туран биэрэрим дуу, биир эрэ күҥҥэ. Эбээ, бүгүн миигин дьукаах киллэр эрэ-э! – Вера атаахтаабыт куолаhа эбэтигэр тиийдэ.
– Сыччыый, киир-киир, бииргэ утуйбатах да ыраатта, хобугунаhа түhүөхпүт.
– Сэкириэттэhэ диэ, – Вера, малын-салын хомунан, эбэтин хоhугар дьылыс гынна.
– Чэ, чыычаах, эн да сылайдаҕыҥ буолуо, киирэн утуй, – диэн Кэтириистээх аны Дьулус миэстэтин буллардылар уонна иккиэн, саҥардыы көрсүбүт дьон курдук, ыгыта куустуhан, уохтаахтык уураhан ыллылар уонна бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэспитинэн хосторун аанын саптан, иһирдьэ дьылыс гынан хааллылар.
Наталия Рязанская-Сыккыс (II миэстэ)
Уруум таптала
Бүгүн Марина Руслановна сурук тутта. Дьүөгэтэ Аанчык суруйбут. Төһө да аныгы үйэҕэ сибээс араас көрүҥэ элбэх буоллар, былыргылыы, бэйэлэрэ этэллэринэн, «сэбиэскэйдии» илиинэн суруйсалларын сүрдээҕин сөбүлүүллэр. Оччотугар, тылынан арыт кыайан тиэрдиллибэт, дууһа кылын таарыйар бүччүм санаалара сурук буукубалара буолан, оҕуруо курдук тиһиллэн, сүрэххэ чугастык тиийэллэр, илии сылааһынан илгийэн ордук истиҥ курдуктар. Аанчык бу сырыыга сүрүннээн үлэтин, оҕолорун, кэргэнэ Коля сүрэҕинэн ыарытыйар буолбутун туһунан иҥэн-тоҥон суруйбут. Арай сурук биир быстах, бүтэһик кэрчигэ бу аҕамсыйа барбыт дьахтар кутун-сүрүн аймаата, уйан дууһатын уйгуурта.
«…Маришка, бырастыы гын. Ол эрээри суруйбатахха кэлин хомойо, хоргута сылдьыаҥ. Чэ, быһатын, Миичикпит өлбүт. Куһаҕаннык, бэйэтигэр тиийинэн. Бииргэ үлэлиир дьахтарым үнүр кэпсээбитэ. Хаайыыттан тахсан баран, киһитийбэтэх, түптээн үлэлээбэтэх, олоҕун оҥостумматах, быһыыта, арыгыһыт буолбут да курдук. Уопсайынан, табыллыбатах. Эн наһаа айманыма, бэйэҕин буруйданыма. Итиннэ барытыгар аймахтара буруйдаахтар. Бэйэҥ билэҕин барытын. Эбэтэр, чэ, дьылҕата оннук буолаахтаатаҕа дуу…»
Марина соһуччута бэрдиттэн суругу ылан хос хаттаан аахта. Өссө тугу эмэ атыны булуом диэххэ айылаах, сурук кэмбиэрин ылан, ургум-эргим тутан көрдө. Чочумча саҥата суох таалан олордо. Киниттэн ыйытыы көрдөөбөккө, сүтүк үрүччэтэ буолан, хараҕын уута икки иэдэһин устун сүүрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла. Өр сыҥсыйан, уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан, санна ыгдаҥныы олордо. Онтон аргыый кэҥээн, түннүгүн сабыытын сэгэтэн, таһырдьаны одууласта. Таһырдьа олус да курус кэм буолбут. Биир кэм тохтоло суох күһүҥҥү уһун ардах ибиирэр.
Ама да дьылҕатын иһин… туох айыытыгар-харатыгар… Барытыгар, арааһа, мин буруйдаахпын уонна Миичик таптала, уруум таптала, аймахтарым алҕастара… Арай кини олоҕун суолугар миигин көрсүбэтэх буоллун… Бука, Миичик атын олоҕу олоруо этэ… Оо, дьылҕа-дьылҕа, олус да тыйыскын…Урукку, ааспыт, аны кэлэн төннүбэт кэми санаан, дьахтар эмиэ уйа-хайа суох, оҕолуу ытаан барда.
* * *1997 сыл. Сэргэлээх 12-с куорпуһун 416-с хоһун аһаҕас түннүгүн нөҥүө Михаил Семёнов кэрэ кыыс туһунан ырыата иһиллэр. Бу хос үс хаһаайыныттан биирдэстэрэ, иккиc куурус устудьуона Мичил Харахутов, атыннык Миичик, тугу да гынара суоҕуттан уонна эксээмэнэ чугаһаан, наада дии санаан, оронугар сэбиэскэй былаас, автономия Саха сиригэр олохтонуутун туһунан параграбы арыйан, кинигэ аахпыта буола сытта. Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков курдук чулуу дьон мэтириэттэрин сыныйан көрдө. Онтон дьэ, общественнай-политическай олохторун сырдатар сирэйи арыйан, ааҕа сатаата. Ол эрээри кулгааҕар туора санаа киирэ турар. Тугу ааҕарын улаханнык өйдөөбөт. Өйдөппөттөр да диэххэ сөп. Ол төрүөтүнэн хоһугар бииргэ олорор уолаттарын уочараттаах мөккүөрэ буолла. Лаппычах уҥуохтаах, кэтит сарыннаах Коля Никитин хара бараан сирэйин мылата-мылата, түннүгү сэгэтэн, табахтаан бусхатар. Табахтыырын быыһыгар Кэбээйи соботун туһунан күүстээх тылларынан дакаастаан тугу эрэ кэпсээн үллэҥнэтэр. Киниэхэ кыһыллыҥы маҥан, уһун синньигэс Амма уола Бүөккэ Ракитин кыттыһар. Кэнникинэн дьоно үлүһүйэн, аны кыыс тиэмэтигэр тиийдилэр. Коля саамай кырасыабай кыргыттар Өлүөхүмэҕэ, оттон Бүөккэ Аммаҕа бааллар диэн буолла. Миичик кинигэ ааҕарын тохтоторго күһэлиннэ.
– Эһиги бүтэҕит дуу, суох дуу? Ааҕан да диэн, барыта эһиги айдааҥҥыт. Дьаабы дьоҥҥут дии, дьэ. Ханна баҕарар кэрэ кыыс элбэх. Баҕа баҕатын, чоху чохутун син биир хайгыыр.
– Эс, даа, оттон Өлүөхүмэҕэ бааһынай кыыс син биир элбэх. Сымыйанан мөккүспэтин. Амма «бааһынайдарын» да билиллэр. 205-с хос кыргыттара диэ, хата, хап-хара барабыай курдук «бааһынайдары» этэр, – Коля кыайбыт киһилии туттан, табахтаан бүтэн, орон үөһээҥҥи дьаарыһыгар ытынна.
– Эс, уопсайынан диэн этэбин ээ мин. Ити 205-с хос кыргыттара быраабылаттан туораабыт дьон буоллахтара. Аммаҕа бааһынай кыыс син биир элбэх. Дойдум дьонун эйигиннээҕэр мин ордук билэр инибин. Нууччалар биһиэхэ 17-с үйэттэн олохсуйан, оҕо-уруу төрөтөн олороллор. Киһи барыта ону билэр. Арай эн, инникитин историк ааттаах, билбэккин. Сааппаккын даҕаны. Сайдыыҥ, билииҥ таһыма намыһаҕа итинтэн да көстөр. Уһун муннуҥ эрэ аннын көрө сырыттаҕыҥ.
Коля иннин биэрэр санаата суох:
– Өлүөхүмэҕэ аан бастаан нууччалар кэлбиттэрэ, ону баара.
– Эс, Аммаҕа. Өлүөхүмэҕэ арыый хойут ини…
Миичик соччо солуута суох мөккүөртэн салҕан барда. Уолаттара мөккүстэллэр эрэ хайалара да, кимиэхэ да иннин биэрбэттэрин бэркэ диэн билэр. Ол иһин тыҥааһыннаах боппуруос дириҥии илигинэ тохтоторго сананна.
– Даа, табаарыстар (тоҕо эрэ уолаттарыгар тугу эмэ ордук тоһоҕолоон этээри гыннаҕына бу курдук ыҥырар), мөккүһэн бүттүбүт. Билигин иккиэн түннүк диэки чугаһаатыбыт эрэ. Биһиги түннүкпүт аннынан хас күн аайы сүүһүнэн кыыс ааһар. Оннук?
– Буоллун даҕаны… – уолаттар туох эрэ көрүдьүөс буолаары гыммытын сэрэйэн, сирэйдэрэ-харахтара туран, дьээбэлээхтик мүчүҥнэстилэр.
– Таак, – Миичик боччумурбута сүрдээх. – Билигин түннүкпүтүн күүскэ нэлэччи арыйабыт. Бары аллара диэки одуулаһабыт. Сөп. Салгыы ааһар кыргыттарбытын болҕойон көрөбүт. Болҕойон эрэ буолуо дуо, сыныйан. Булчут курдук. Өскөтүн үһүөн атын-атын кыргыттары кырасаабысса диэтэхпитинэ табыллыбат… Чэ, быһатын эттэххэ, бары биир эрэ кэрэчээнэни талыахтаахпыт уонна кини хайа улуустан сылдьарын ыйыталаһыахпыт. Тиэмэ итинэн сабыллар. Өйдөөтүгүт?
– Оттон арай нуучча кыыһа буоллун? – Коля оронуттан түһэн иһэн кэтэҕин тарбанар.
– Оо, акаары, саха кырасаабыссатын быһаарабыт ээ. Хайдах өйдөөбөт дууһаҕыный? – Бүөккэ кыйаханар.
Уолаттар үһүөн, кырдык-хордьук улахан суолталаах боппуруоһу быһаарар курдук сананан, түннүккэ ыкса чугаһаан, ааһар дьону болҕомтолоохтук одууластылар.
Бу курдук күйгүөрэ олорон, уолаттар дьэ кэмниэ кэнэҕэс икки кыыс ааһан иһэрин көрдүлэр. Кыргыттар саҥата суох тоҥолохторуттан ылсан баран, тугу эрэ сэлэһэ-сэлэһэ күлсэр саҥалара иһиллэр.
– Кыргыттаар, сэбэрэҕитин бу диэки хайыһыннарыҥ эрэ. Манна биир олус суолталаах улуу мөккүөр-боппуруос быһаарылла турар.
Кыргыттар үөһээҥҥи түннүктэн кинилэргэ туһаайыллыбыт ыйытык бэриллибитигэр соһуйан ходьох гына түстүлэр. Кырата, модороон соҕус ласпайбыт быһыылааҕа, сирэйин мылатан түннүк үөһэтин одууласта.
– Ээ, пахай. Эн биһиги проблемабытын кыайан быһаарбат эбиккин. Бырастыы гын. Ыл, ити бодоруунньаҕын тоҥсуй эрэ. Аны кини көрдүн. Ытырыахпыт суоҕа, – Коля, күлэн мытырыйа-мытырыйа, кыыс аргыһын диэки ыйар.
– Кыһыл сонноох кыыс, биһиги диэки көр эрэ!
Уолаттар үһүөн күлэн, быардарын тарбыыллар. Иккис кыыс кинилэр диэки көрөр да санаата суох. Төбөтүн нарын тарбахтарынан имэринэн ылаат, сирэйин кистии туттан, дьүөгэтин тоҥолоҕуттан өссө ыксары тутуһаат, долгун курдук уста турда.
Миичиккэ, бэйэтэ да билбэтинэн, төбөтүгэр «ити кыыһы ханна эрэ көрбүтүм ээ» диэн санаа охсуллан ааста.
– Бүттэхпит дии, улахамсык дуу, үөдэн дуу, – Коля сонньуйбут куолаһынан уолаттарын диэки көрөр.
– Санаарҕаама, Коля, кыыс оҕо кыыкынайдааҕар элбэх, хата, табахтыахха, – Бүөккэ табаҕын үрдүгэр түһэр.
Миичик кыргыттары сайыспыттыы батыһыннара көрөн хаалла. Онтон табах сытын ылан, уолаттарын диэки эргиллэн:
– Дьаабы да дьоҥҥут. Табах буортутун миигиннээҕэр ордук билэҕит да, син биир табахтыыгыт…
– Миичик, бүт эрэ, эмиэ үөрэтэн эрэҕин дуо? Эн курдук биһиги спортсмен буолбатахпыт уонна …
Уолаттар үһүөн ах бардылар. Миичик санаатыгар олох тэтимэ эмискэ тохтуурга дылы гынна. Остуоруйа кэрэчээнэтэ, олоҥхобут куота диэн, арааһа, бу иһэр буоллаҕа. Кини хаһан да маннык кэрэ кыыһы бу Орто дойдуга төрөөн баран, көрө илик эбит. Кыыс киһи соһуйуох, ып-ыраас, муус маҥан ньуурдаах сирэйдээх, ыйаастыгас соҕус эрээри саһархайдыҥы харахтаах, уулаах дьэдьэн уостаах, уһун синньигэс курбуу быһыылаах.
– Эс, маннык кэрэ кыргыттар бу сиргэ төрүүллэр эбит дуу? Дьэ, мөккүөр быһаарыллар буолла, – Коля сибигинэйэ былаастаан саҥа аллайбытыттан бары «өйдөнөн» кэллилэр.
Эмискэ алларанан иһээччилэр уолаттар саҥаларыттан биитэр бэйэлэрэ тугу эрэ кэпсэтэ иһэллэриттэн эбитэ дуу, күлэн саһыгырастылар. Сааскы сылаас күн уота кинилэр оҕолуу ыраас сирэйдэрин, хаһан да сүтүө суох айылаах көмүс солотуунан дуйдаабыттыы, сандаарыччы сырдаппыта көрүөххэ ордук кэрэ этэ. Икки кыыс сэрэнэ былаастаан, тоҕо эрэ тохтоон үөһээҥҥи түннүк диэри хантайа одууластылар.
– Ээй, үс саарбах соҕус дьон түннүккэ мылаҥныы олорор эбит дуу, үөдэн, сэрэниҥ эрэ, халтархай буолуо, сууллан хаалаайаххытый? Аны искитин хайа түһүөххүт, сэрэниҥ! – кыра кыыс күлэ-күлэ хорсуннук чобуорхайар.
– Ок, кыргыттаар, биһиэхэ көстө сатыыгыт дуу, тугуй? Тоҕо төннөн иһэҕит, биһиги түннүкпүт анныгар туоххутун умуннугут? – Бүөккэ хаһыытыы былаастаан ыйыталаһааччы буолла.
– Кинигэлэрбитин төнүннэрээри УЛК бибилэтиэкэтигэр баран испиппит да, хатанан хаалбыт, эһиэхэ эрэ наадыйбаппыт. Хата эһиги туоххутун сүтэрэн олороҕут? – кыра кыыстара хап-сабар кинилэртэн хардары ыйыталаһар.
– Эн наһаа дакылааттаама эрэ, билбэт уолаттаргар. Бүт, кэпсэтимэ-хайаама, хааман ис, хас саҥарбыт киһи аайы эппиэттээн иһимэ, – уһун кыыһа дьүөгэтин сөбүлээбэтэхтии холус соҕустук тардыалаһар.
– Оттон тугу баарыҥҥыттан мыҥыы-мыҥыы күнү-күннүктээн олороллоруй? Мин эмиэ билиэхпин баҕарабын. Улахан эбит, – биирэ өһүргэннэ.
Уһун кэрэ кыыс уолаттары кытта кэпсэтэр санаата суоҕун биллэрэн, иэдэс биэрэрдии түҥнэри хайыһан турда.
– Кыра кыыс, бырастыы гын. Ол гынан баран ити уһунуҥ ханнык улуустан сылдьарый? – боппуруоһу түргэнник быһаараары Коля өрүсүһэ соҕус ыйытар.
– Хас бастакы билбэт киһибэр эппиэт биэрэр санаа да, баҕа да суох, – чахчы уол болҕомтотун билбит кырасаабысса бытааннык сыыйан, улахамсыйбыттыы саҥаран унаарытта.
– Ээ, оттон биһиги хайа улуус саамай кырасыабай кыыстааҕын быһаарабыт ээ, – Бүөккэ, түннүктэн түөс аҥаара быган туран, буруйдаммыттыы сэрэнэн-сэппэнэн хардарар.
– Оччотугар Чу-рап-чыт-тан. Өйдөөтүгүт? Биһиги иккиэн чурапчыларбыт, – кэрэ кыыс мөккүөрү түргэнник быһаарда. Дьүөгэтин эмиэ ыксары бодоруускалаат, ис киирбэхтик, олус нарыннык, имигэстик иҥиэттэн ылла уонна түҥнэри хайыһан кэбистэ. Кыргыттар онтон киэн туттубуттуу, Чурапчы кэрэ кыргыттара буолалларын дакаастаабыттыы, киэбимсийэ соҕус туттан, күлсэ-күлсэ түннүк аннынан салгыы ааһа турдулар. Арааһа, 14-с куорпуска олороллор быһыылаах, онно киирдилэр.
Уолаттар кинилэри сайыспыт харахтарынан батыһыннара көрөн хаалаллар.
– Ити кэрэ кыыс мин олоҕум анала уонна аргыһа, – Миичик иһигэр саҥарбыт санаата таска тахсыбытыттан бэйэтэ да соһуйда.
– Тыый, Миичикпит эмиэ бастакы көрүүттэн таптал буолбут дуу? – Бүөккэ соһуйбута буолла.
Ити быстах көрсүһүү кэнниттэн икки эрэ хонук ааста. Миичик аһыыр да, утуйар да кыаҕын сүтэрэн олорор. Сотору-сотору саҥата суох түннүк аннын манаһар. Уолаттара, ону көрө сылдьар дьон, ол аайы дьээбэлээн сордууллар.
Бүөккэ кыыс буолан Миичик иннигэр хаамыталыыр, араастаан мунньараҥныыр. Хас саҥардаҕын аайы «чу-чу Чу-рап-чы» диэн тылы кыбытан иһэр.
– Оо, таптал, таптал! Быраҕан аас, саатар биир кэрэ кыыһы. Били тоҕус томтордоох Чурапчы кэрэчээнэтин. Баҕар дууһам уоскуйуо, санаам көтөҕүллэн, остуоруйа дойдутугар айанныам этэ, – Коля, кыараҕас харахтарын үөннээхтик көрө-көрө, Бүөккэттэн хаалсыбакка хаадьылыыр.
– Та-ак, табаарыстар. Миигин үөннээн да диэн туһаҕыт суох. Чопчу быһаарыныы, хамсаныы наада. Ити кыыс арааһа 14-с куорпуска олорор быһыылаах дии. Түннүкпүт аннынан аны хаһан ааһара биллибэт. Кэтэһэн олорбоппут. Көрсүөххэ, тугу эрэ былаанныахха наада. Ээ, онно бара сылдьабыт дуо? Вахтаттан эҥин ыйыталаһыахха буо. Оннук?
– Оннук… онно диэ… 14-с куорпуска… Чу-чу чулуу Чу-рап-чы кырасаабыссата манна олорор дуо диэн да? – Коля син биир эҕэлиир.
– Чэ, мин кырдьык этэбин ээ. Ити кыыс миэнэ буолуо диэн. Мин да кыыска сирдэрбэт киһибин буолбат дуо? Быһыы-таһаа мааны, сирэй-харах олоруута да, эһиэхэ холоотоххо, чаҕылхай уонна чуолкай. Дьүһүммэр, майгыбар туох куһаҕан баарый? Арыгы испэппин, табах тардыбаппын, өй да баар, үөрэхпэр, эһиэхэ холоотоххо, бастыҥмын, – Миичик кыһытаары сирэйин доҕотторун диэки мылатар.
Кырдьык, ханна эмэ кыргыттардыын түбэһэ билистэхтэринэ, кинилэр харахтарын бастаан Миичиккэ хатыыллар. Онон Бүөккэлээх Коля «кыыс кулгааҕынан истэн сөбүлүүр дииллэрэ сыыһа» диэн түмүккэ кэлбиттэрэ икки сыл буолан эрэр. Миичик киэҥ, арылхай, уһун кыламаннаах харахтаах, хойуу хаастаах, толору сөллөстүгэс уостаах, кырыылаах уһун муруннаах маҥан уол.
– Ити Чурапчы кыыһын дьиҥнээхтик уонна бүтэһикпин таптаатым.
Уолаттар үһүөн тоҕо эрэ саҥата суох чочумча олордулар. Бүөккэлээх Коля Миичиктэрин кытта үөрэммиттэрин, икки сыл устатыгар бииргэ бодоруспуттарын тухары бу хаһыс да «бүтэһик таптал» буоларын бэркэ диэн билэллэр. Ол да буоллар, хайыахтарай, доҕор туһугар ойдуо да, быстыа да буоллаллар, аны аҕыйах хонугунан атын «бүтэһик таптала» көстүөхтээҕин билэн туран, киһилэригэр көмөлөһөргө быһаарыннылар.
* * *Маришка бүгүн тоҕо эрэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ уһугунна. Бүгүн баскыһыанньа. Аанчык уһуктар санаата суох быһыылаах, муннун тыаһа муораҕа.
Кыыс ону-маны саныы, эргитэ толкуйдуу сытта. Ийэтэ эрэйдээх эмиэ бэргээбит. Тоҕо киниттэн куруук ыалдьарын кистиирэ эбитэ буолла? Долгуйбатын диэн санааттан эбитэ дуу? Ийэм эрэйдээххэ тугунан эмэ көмөлөспүт киһи… Убайа Павлик бүгүн биллэ сылдьара дуу? Соҕотох инбэлиит ийэҕэ икки устудьуон оҕону иитэр-таҥыннарар уустук буоллаҕа. Саатар, Павликпыт да баар ээ. Куруук кини проблемата. Үнүрүүн эмиэ милииссийэҕэ хонон тахсыбыт этэ. Саатар онтун киэн тутта кэпсэнэрин, эчи, истиэххэ-саныахха куһаҕанын, киһи да кыбыстар. Ити Аанчык убайа Чаҕыл үчүгэй да уол. Эчи, аата да үчүгэйэ бэрт. Итинник убайдаах киһи… Аанчыкка олох майгыннаабат. Бииргэ төрөөбүт дьон диэтэххэ, олох атыттар. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да. Чаҕыл үрдүк уҥуохтаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, хойуу хаастаах, уһун кыламаннаах, сахаҕа киэҥ харахтаах кыаһаан уол. Хайдах эрэ оттомноох, олус ис киирбэх, саҥата-иҥэтэ да онно дьүөрэлии соҕус.
Оттон Аанчык – кыра-хара мэник кыыс. Чаҕыл манна, Дьокуускайга, үөрэнэрэ эбитэ буоллар, баҕар, билсиэ этилэр… Ээ чэ, итиччэ киэҥ сирдэринэн сылдьар, Санкт-Петербурга үөрэнэр уол кини эрэ диэки көрбөт ини. Маришкатааҕар ордук кырасаабыссаны булунан сылдьар уол оҕото буолуо. Чаҕыл үнүрүүн кинини бааргын диэн наадакалаан, болҕойон да көрбөтөҕө. Баҕар… уларыйбытым дуу?
Кыыс эмискэ оронуттан туран кэллэ. Сыгынньах атаҕынан сүүрэ былаастаан тиийэн, кини хоруйугар мэлдьи тута эппиэти биэрэр кыахтаах төгүрүк сиэркилэтигэр көрүннэ. Тоҕо кинини кырасаабысса дииллэрэ эбитэ буолла? Былырыын баччаҕа тоҕо эрэ кэрэ кыыска бэйэтин соччо-бачча холообот этэ ээ. Дэриэбинэтин да уолаттара убайыттан куттанан чугаһаабаттара. Сураҕа, Павлик: «Тэлгэһэ иһинээҕилэр, балтыбар чугаһаамаҥ, киэҥ сиртэн табаарыс уолун бэйэм булуом», – диир эбитэ үһү. Дьэ, ким билэр, көрүллүө. Оннооҕор бу уопсайга дискотека буоллаҕына, убайа хайаан да Маришка аттыттан арахпата.
Кыыс убайын эмискэччи санаан мичээрдээн мүчүк гынна.
* * *Арай биирдэ ыала Кэтириис эмээхсин:
– Наадьа, бу кыыһыҥ улаатан истэҕин аайы Уйбаныаптар диэки буолан иһэргэ дылы дии. Туттардыын-хаптардыын. Аны аҕыйах сылынан кырасаабысса буолсук.
– Эс, аньыыта даҕаны, миэхэ маарынныыр буолбатах дуо? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытта.
– Суох, хотуой, чахчы Руслан ийэтигэр үүт-үкчү маарынныыр. Туох да диэбит иһин, номоххо киирбит Күөх Кэтириинэ удьуордара буоллахтара эбээт.
Бу кэпсэтии кэнниттэн Маришка кыратыгар өлбүт аҕатын дьонун туһунан ыйыталаһан көрбүтэ да, ийэтэ кини билэриттэн ордугу тугу да кэпсээбэтэҕэ. Арай соторутааҕыта Манчаары Күөх Кэтирииһин туһунан учуутала кэпсээбитин истэн олус соһуйбута. Номоххо киирбит кэрэ дьахтар, кырдьык, кини аймаҕа буоллаҕа дуу? Тугун дьиктитэй? Ийэтэ ол туһунан тоҕо киниэхэ тугу да кэпсээбэтий? Биирдэ, түгэн көстүбүччэ, ыйыталаһан көрбүтэ да, билбэттэн атыны ийэтэ тугу да эппэтэҕэ.
Аҕалара Руслан Маришка биирдээҕэр, Павлик иккилээҕэр өлбүт. Хаартыскаттан көрдөххө, кырдьык, кыыс кэрэ номоҕон дьүһүнүгэр маарынныыр эдэр киһи курус харахтарынан имэрийбэхтии көрөр.
Маришка ийэлээх аҕата холбоһон баран, баара-суоҕа биэс эрэ сыл олорбуттар. Быар ыарыһах буолан, эрдэ суорума суолланаахтаабыт. Саатар ыалдьарын сэрэйэр эрээри, балыыһа диэҥҥэ биирдэ да көрдөрүммэтэх. Хаама сылдьан охтубут, ол кэннэ үс эрэ хоноохтообут. Аҕалара өлбүтүгэр Маришка эбэлээх эһэтэ кэлэ сылдьан, ийэлэрин дэлби буруйдаабыт, үөҕэн-таныйан барбыт сурахтаахтара. Онтон сиэттэрэн Мэҥэ Хаҥаласка баар аймахтарын кытта билигин билсиспэттэр. Ийэлэригэр этэн көрөллөр да, бэйэлэрэ тэйиппиттэрэ, онно баран сыҥаланаары гынаҕыт дуо диир. Анараа да дьон сиэттэрбит эһиги бу бааргыт ээ диэн биирдэ да билсибэтэхтэрэ, эгэ кэлэ сылдьыахтара дуо? Онон тыыннаах тулаайаҕа буолан олорон кэлбиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хата, дэриэбинэлэрин дьоно, ыаллара бэркэ өйөөн бу бур-бур буруо таһаарынан ыал аатын ылан олордохторо.
Дьиҥэр, Наадьаны бастакы билсиһииттэн, өссө ыал буола иликтэринэ, Уйбаныаптар атарахсыта көрсүбүттэрэ. Кинилэр уоллара, үрдүк үөрэхтээх историк учуутал, ханнык эрэ төрдө-ууһа суох дайаарка кыыһы кэргэн ылбытыттан олус диэн аймаммыттара, бэйэлэрин уолларыгар тэҥнии көрбөтөхтөрө. Кэлэйбиттэрэ бэрдиттэн көрсүһүү, сыбаайба да диэни тэрийбэтэхтэрэ. Саатар Наадьа тулаайах буолан, улахан аймаҕа, уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар аймах кийииттэрэ, күтүөттэрэ бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолорун кытта уруурҕаһаллара. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо хара тураах кэриэтэ буолан, Наадьа барахсан кийииттии кэлээхтээбитэ. Детдомҥа улааппыт кыыс баай, уурунуу харчы диэнэ хантан кэлиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да халыҥ аймах Уйбаныаптарга, Күөх Кэтириинэ сыдьааннарыгар, кылбаа маҥан сиэннэригэр, соруйан айылҕа анаан төрөппүтүн курдук, тэҥэ суох курдуга.
Ол эрээри Руслан ыйаастыгас соҕус хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьа кыыһы көрүөҕүттэн, хара маҥнайгыттан таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн, килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота, тэйэ сылдьыбыта. Кэлин уһугар баар баара бүкпэт буоллаҕа, икки таптаһар сүрэх тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу, ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Руслан киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна, туох кистэлэ кэлиэй, дьүһүнүнэн ыраас бэйэлээх, сиртэн-буортан тэйбит, Орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи тута көрөөт, дьону ытыктыыр, сыаналыыр кистэлэҥ ураты көстүүлээх диэн билэр дьоно бэлиэтээччилэр. Аҕыйах сыл иһигэр Мырыла биир бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ эрэ баара. Кэлин Руслан өссө массыына ылар баҕа санаалааҕа. Олохтоохтор кинини ытыктаан Уйбаанабыс диэн ыҥыраллара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…
Буолар буолтун кэннэ хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барсыбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа эрэйдээх ферма хара үлэтигэр умса-төннө түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатыран, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, үрүҥ илгэ үс сыллаах кубогын хаһаайката буолан, биирдэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үлүскэнин билбитэ үчүгэй да этэ.